Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [670]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [93]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [239]
Тюрки [76]
Саха [153]
литература [42]
здоровье [465]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [123]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2012 » Бэс ыйа » 7 » …Саха сирин үс гыммыттан биирэ тыаҕа олорор. Политика - тыаҕа оҥоһуллар. Саха дьонун кэнэҕэскитэ - тыа сирэ
…Саха сирин үс гыммыттан биирэ тыаҕа олорор. Политика - тыаҕа оҥоһуллар. Саха дьонун кэнэҕэскитэ - тыа сирэ
19:22
Четверг, 07 Июня 2012 13:47
Родион ФЕДОРОВ: «Политика тыа сиригэр оҥоһуллар»
 (Мэҥэ Хаҥалас улууһун кулубатын инаугурациятын кэтэһэ таарыйа)

Ыам ыйын 27 күнүгэр, Саха сирин биир бөдөҥ улууһугар – Мэҥэ Хаҥаласка улуус кулубатын талар быыбар буолан ааста. Дьэ, улахан киирсиилээх, тыҥааһыннаах быыбар буолла. Дэлэҕэ даҕаны, быыбар хампаанньатын тиһэх күннэригэр президеммит илэ бэйэтинэн Мэҥэҕэ «үлэ хаамыытынан» тахса сылдьыа дуо?
Сүрүн киирсии салалта – «адмресурс» туруорбут кандидатын Николай Старостины уонна бэйэтэ туруоруммут кандидат Родион Федоров икки ардыгар таҕыста.
 Хаһан да буоларын курдук, тыаҕа дьон быыбарга ис сүрэҕиттэн бүтүннүү дьигиһийэн туран кыттар үгэстээх. Бу сырыыга эмиэ ити майгы хатыланна, билигин Мэҥэ икки аҥыы хайдан олорор. Кыайбыт өттө өрөгөйүнэн утахтанар, кыайтарбыта – бааһын оһорунар.
Быыбар түмүгүн барыллаан ааҕааһынынан, бэрт кыранан сабырыйтаран (4% кэриҥинэн) Родион Федоров Николай Старостиҥҥа хоттордо. Улуус 31 нэһилиэктээҕиттэн 12-гэрРодион Федоров кыайда.
- Родион Иннокентьевич, кыайбыт кандидаты эҕэрдэлээтиҥ дуо?
 - Суох. Ол төлөппүөнүнэн бэйэ икки ардыгар эҕэрдэлээбит – суолтата суох. Сотору Мэҥэ Хаҥаластааҕы ТИК быыбар түмүгүн бигэргэтиэҕэ, ол кэнниттэн дуоһунаска киирии сиэрэ-туома оҥоһуллуоҕа. Инаугурацияҕа ыҥыран миэхэ тыл биэриэхтэрэ дии саныыбын. Оннук дьаһаннахтарына да сатанар диэн баҕа санаабын тиэрдиэм этэ. Тоҕо диэтэххэ, билигин улууска олох, үлэ-хамнас сүнньүгэр киирэригэр, миэхэ да, киниэхэ да куоластаабыт дьон сомоҕолоһуох тустаах. Хайдыһыы, атааннаһыы быыбарынан түмүктэниэхтээх.
- Дьокуускайга олорон иһиттэххэ, бэйэ-бэйэҕитин «компроматынан тамнаспыт» сурахтааххыт.
 - Хайдах-туох быһыы-майгы таҕыспытын итэҕэллээх дьоммуттан, холобур, Ил Түмэн дьокутаата Г.М.Артемьевтан, СР норуодунай артыыһыттан А. М. Алексеевтан, ыйыталаһыаҥ этэ. Бэйэм ытана-соҥоно олорорум олуонатык көстүө…
- «Адмресурс» күүһүн бэйэҥ эккинэн-хааҥҥынан биллэҕиҥ?
 - Билэн-билэн…
- Өр сылларга ситэриилээх былааска үлэлээбит, политика ис-тас «оонньуутун» көрбүт киһи тоҕо киирсэ турдуҥ?
 - Билигин уруккутааҕар атын кэм үүннэ диэн. Дьон өйө-санаата уларыйан, «Уһуктуу» кэминэн ааҕыллар кэм саҕаланнаҕа. Ол иһин быыбарга кыттарга быһаарыммытым. Мин быыбардааччым – нэһилиэнньэ араас араҥатын бэрэстэбиитэллэрэ, ол курдук боростуой, тыа үлэһит киһититтэн, эдэр ыччатыттан саас ортолоох үлэһиттэргэ, пенсионердарга тиийэ этэ.
 Онтон «адмресурс» электората - бюджет үлэһиттэрэ, нэһилиэк салайааччыларыгар тиийэ буолуохтаахтара эрдэттэн сэрэйиллэр этэ.
- Оттон бюджет эрэ үлэһиттэрин хамнастарынан тыа сирэ олорор буолбатах дуо? Тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктанан атаҕар турбут киһи ахсааннаах ини.
 - Оннук буолбатах. Бюджет үлэһиттэрэ оннук айылаах элбэх буолбатахтар, нэһилиэнньэ 15-25%-нын эрэ ылаллар. Хара маҥнайгыттан кинилэргэ «адмресурс» дьайыыта күүстээх буолуохтааҕын сэрэйэр этим.
- Быыбар кэмигэр сокуону кэһии таҕыста дуо?
 - Тахсан бөҕө буоллаҕа. Хара маҥнайгыттан Интернет ситимигэр миигин утары «хара» пиары туһаныы олус күүскэ барбыта.
 Мин агитациялыыр матырыйаалларбын (баннердары, листовкалары о д. а.) хайыта тыытан суох оҥоруу түбэлтэлэрэ элбэх этэ.
 Быыбар иннинээҕи күн уонна буолар күнүгэр сорох дьону арыгынан күндүлээн баран, «босхо таһан» быыбардаппыттара… Ол гынан баран, үҥсүүлэрбитин барытын – «полиция, ГИБДД боротокуола суох» диэн туһааннаах былаас уорганнара дьыала тэрийэртэн аккаастаммыттара. Итинник аахтахха элбэх.
- Саамай элбэх куолаһы хайа нэһилиэк биэрдэ?
 - Мэҥэ биэс улахан нэһилиэгиттэн (Майа, Табаҕа, Бэстээх, Павловскай уонна Төҥүлү) саамай элбэх куолаһы төҥүлүлэр 57,7% биэрдилэр. Бырамаҕа 67,18%-ны ыллым. Быыбар түмүгүн бу ылан олоробун («Секретно» диэн суруктаах кумааҕыны көрдөрөр – аапт.).
- Бэрт кыранан хотторбут курдуккун. Быыбар хаамыытыгар тугу сыыстым дии санаатыҥ?
 - Улууска уонна нэһилиэктэргэ үлэлээбит ыстаабым, агитатордарым үчүгэйдик үлэлээтилэр. Ол эрээри син биир онон-манан тактическай итэҕэстэр бааллар.
- Кыахтаах политтехнологтары тоҕо таһааран үлэлэппэтиҥ, үп кырыымчык этэ дуу?
 - Мэҥэлэр туораттан орооһор дьону атыҥырыыллар. «Бэйэбит политтехнологтардаахпыт» диир дьон буоллахпыт.
- Инаугурацияҕа ыҥырыллаххына саҥа баһылыкка анаан тугу этиэҥ этэй?
 - Баҕа санаам элбэх. Мин улуус, өрөспүүбүлүкэ социальнай-экономическай сайдыытын программатыттан тугу да устан ылбатаҕым. Баар программалары таһынан «өссө тугу оҥоруохха сөбүй» диэн ыйытыы туруоран, тоҕус түһүмэхтээх программа оҥостубутум. «Биир дьыссаат, икки оскуола» диэн буолбакка, улуус сайдар стратегическай хайысхаларын ыйбытым. Саҥа баһылык ити программаны төһө кыалларынан үлэтигэр-хамнаһыгар тута сатыа этэ диэн баҕа санаалаахпын.
 Ол курдук тыатын хаһаайыстыбатын салаатын уонна ыччат боппуруоһун – үлэлээх уонна дьарыктаах буолууларын, солбуйааччыларыгар туттарбакка, тус бэйэтэ дьарыктаныан баҕарабын.
- Уонна?
 - Уонна инаугурациятын бүтүннүү сахалыы сиэринэн, арыгыта суох кымыһынан тэрийэрэ буоллар.
- Эн, букатын испэккин?
 - Суо-ах! Умсугуйбаппын. Николай Старостин (Егор Борисов президент буолаат арыгыны утары ыҥырыы таһаарбытын курдук) төрөөбүт улууһун олохтоохторугар, чуолаан, ыччатарыгар чөл олоххо көҕүлүүр ыҥырыы таһаарыах этэ. Өссө Сэбиэскэй былаас саҕана мэҥэлэр дойду үрдүнэн чөл олоҕу пропагандалаан аатыра сылдьыбыттара. Дьабыл нэһилиэгин Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Иннокентий Егорович Сергучев диэн үтүөкэннээх киһи баара. Кини аан бастаан арыгыны утары ыҥырыы таһааран, саха дьонугар улахан туһалаах үлэни ыытан турардаах.
- Салалта бэйэтинэн чөл олох холобура буолуохтаах диигин?
 - Диибин.
- Билигин холобур буолар кыахтара суох дуо?
 - Сакалааттаһыам да этэ: Үс Хатыҥҥа ыһыах кэмигэр Моҕол, Тойон, ураһалары эбиэт кэннэ тиийэн өҥөйөн көрөөр эрэ… Мин ол иһин Туймаада ыһыаҕар сылдьыбаппын.
 «Ыһыах кэмигэр итирдэр утахтары иһии, атыылааһын бобуллар» диэн дьаһал таҕыста. Дьэ, Айсен Сергеевич Николаев арыгы оннугар ыалдьыттарын кымыһынан, быыппаҕынан күндүлээтэҕинэ үтүө мээр аатырыаҕа.
- Оччотугар биир да дуогабар баттаһыллыбат дьылҕаланар.
 - Үс Хатыҥҥа дьон Айыыларга сүгүрүйэр ытык сирэ. Атын аһыыр-сиир Дьокуускайга элбэх. Холобур, ыҥырыллаах ыалдьыттарын атын да сиргэ аралдьытыахтарын сөп буоллаҕа.
- Дьокуускай ыһыаҕар сылдьыбаппын диигин. Оччоҕо ханна ыһыахтыыгын?
 - В.П.Ларионов төрүттээбит, мэҥэ хаҥаластары түмэр «Дойду ситимэ» диэн өрөспүүбүлүкэтээҕи общественнай тэрилтэлээхпит. Дьокуускайга 30-чча тыһыынча Мэҥэттэн төрүттээх киһи олорор. Төрдүс көлүөнэҕэ тиийэ бааллар…
- …Түөрт көлүөнэ тухары «мэҥэлэрбит» дэнэллэр?
 - Биллэн турар, куораттарынан ааҕыналлар, ол гынан баран төрүттэрин дойдутун кытары билсиһиэхтэрин баҕараллар буоллаҕа… Мин 2010 сылтан «Дойду ситимин» салайабын. Бастакы сылбар 2,5 тыһыынча киһилээх ыһыах тэрийбитим. Былырыын тэриллэн-хомуллан баран, баһаардарынан сибээстээн ыыппатахпыт. Быйыл бэс ыйын 30 күнүгэр «Уйгу» ыһыаҕын урукку ыытыллар сиригэр былааннаатыбыт.
- Саха итэҕэллээх эбиккин дуу?
 - Биллэн турар!
- Православнай итэҕэли ылынар муода кэмигэр итэҕэлгин уларыппатаҕыҥ дуо?
 - Суох-суох.
- Афанасий Мигалкин православиены пропагандалыырын туох дии саныыгын?
 - Православие даҕаны син биир айылҕаҕа сүгүрүйүүттэн – язычествоттан тирэнэн таҕыстаҕа. Православие даҕаны син биир айылҕаҕа сүгүрүйүүттэн – язычествоттан тирэнэн таҕыстаҕа. Афанасий Васильевич – политик. Итэҕэллээх политик. Кини дьиҥ санаатынан – саха. Саха итэҕэлин тута сылдьар киһи дьэ, кини баар. Ол гынан баран кини политиката – православие. Православиены пропагандалыыра, Суорун Омоллоон «политикалаабытын» кэриэтэ, политическай боппуруос буоллаҕа. Православиеҥ элбэх харчыны сүгэ сылдьар, судаарыстыба иһигэр судаарыстыбалар. Мигалкин православиенан былааска чугаһыыр биир ньымата. Тенгрианствоны судаарыстыбаннай итэҕэлинэн  биллэрдэхтэринэ, онно да көһөр киһи (күлэр).
- Родион Иннокентьевич, хас оҕолооххунуй, сиэннээххиний, сахалыы билэллэр дуо?
 - Бастакы кэргэммэр кыыстаахпын. Москубаҕа олорор. Билиҥҥи кэргэмминээн 37 сыл олордум. Икки уоллаахпын, куорат оҕолоро буолан сахалыы билбэттэр. Ыаллар. Биирдэрэ Москубаҕа, иккиһэ манна олорор. Иккиэн бэйэлэрэ дьарыктаахтар. Икки уол сиэннээхпин. Бэйэм эһэм аатынан Ородьумаан диэн сүрэхтэммит буолан, кыра уолбар аҕам аатын Иннокентий диэн ааты биэрбитим, онтон сиэним уол бэйэм ааппын ылбыта. Утум салҕанар.
- Кэргэниҥ ханнааҕыный?
 - Приморскай кыраайтан төрүттээх.
- Нуучча?
 - Кэриэй
- Дуо?! Оттон бастакыҥ?
- Саха.
- Кэргэниҥ үлэлиир?
 - Пенсийэлээх. Урут Олох-дьаһах өҥөтүн министиэристибэтэ диэн баара (1992 сыллаахха диэри) онно үлэлээбитэ.
- Судаарыстыбаннай кэмитиэт салайааччытынан төһө өр үлэлээбиккиний?
 - 2002-2009 сылларга.
- Тоҕо уурайбыккыный?
 - Штыров иккистээн президент буолан баран, дуоһунаспар бигэргэппэккэ өр баҕайы илдьэ сылдьыбыта. Онтон Егор Афанасьевич кэлэн баран уураппыта.
- Холуобунай дьыала тэрийэ сатаабыттарын туһунан сурах баара...
 - …Ээ, тендер кэнниттэн субу-субу тэрийэ сатыыллар этэ (сапсыйан кэбиһэр – аапт.). Прокуратура сайтыгар бырастыы гыннаран баран, хаһан да холуобунай дьыала тэриллибэтэҕин туһунан бигэргэтэн таһаарбыттара эбээт.
- Билигин туох үлэлээх-хамнастаах буолаҕын?
 - 2011 сылтан Хоту дойду экономикатын чинчийэр институкка үлэлиибин. 2008 сыллаахха РФ Президенин иһинэн РАГС-а экономическай наука кандидатыгар үлэни көмүскээбитим.
- Былаастан туоратыллыбыт политиктар тоҕо наукаҕа барар үгэстээхтэрий? Василий Филиппов да буоллун…
 - (Күлэр)… Сыалым-соругум диэн – докторскай үлэ суруйуу.
- Экономичесай наука кандидата киһи эт эрэ: Уһук Илин сайдыытыгар корпорация тэриллэрэ Саха сиригэр туох сабыдыалы аҕалыай?
 - Корпорация тэриллибэт буолла,  ол оннугар Уһук Илин сайдыытын министерствота баар буолла, онно полпред В.Ишаев миниистиринэн ананна.
- Атыннык эттэххэ, урут РФ Минэкономразвития баран харчы көрдөһөр буоллахпытына, билигин Ишаевка барабыт?
 - Уһук Илин сайдыытын РФ Правительствотынан бигэргэтиллибит программа иһигэр киирбит хайысхаларга харчы кэлэ туруо буоллаҕа.
- …Муоста тутуллар буолла дуу, суох дуу?
 - Ким 81 млрд ууран биэриэй? Суох буоллаҕа. Мин көрдөхпүнэ тимир суолу Магадан диэки тутуохтара. Федеральнай киин интэриэһэ диэн – хайдах гынан сир баайыгар өссө чугаһыыбытый диэн. Онно суол уонна энергетика боппуруоһа киирэллэр. Социальнай эйгэни субъектар бэйэлэрэ быһаарыахтаахтар.
- Канкуннааҕы ГЭС оҥорбут энергията экспорка барар? Саха сиригэр экологиябытын эрэ алдьатар?
 - Саха сирин электроэнергияҕа хааччыллыыта быыкаай. Электростанциялар, чуолаан,  Кытайга туһаайыллан тутуллуохтаахтар. Биир өттүнэн Канкуҥҥа ГЭС тутулуннаҕына, Илин Эҥээр улуустарын уота-күөһэ тупсуоҕа. Туох баар подстанциялары, остуолбалары, линиялары – барытын саҥардан биэриэхтэрэ. Уот баар буолла да, суол тутуллар, суол-иис баар буоллаҕына – сир баайа хостонор. Арай, кимиэхэ уонна төһөҕө атыылыыллара боппуруос. Онтон эрэ тутуллан сыталлар.
 Кытай – Германия, Франция буолбатах. Европа дойдулара гааста-ньиэптэ аҕал диэн наар көрдөһөр аҥаардаах буоланнар, кинилэри кытары сыананы быһарга дөбөҥнүк биир тылы булуохха сөп. Оттон Кытайыҥ бэйэтэ атыылаһар сыанатын бэйэтэ ультиматум аҥаардаах олохтуур кыахтаах. Оннук да буолла. Миллер («Газпром») тоҕо Чайыҥда гааһын хостуурга тиэтэйбэтий? Тоҕо диэтэххэ, Кытай кэппиэйкэҕэ атыылаһабын дииригэр сөбүлэспэккэ. Алдаҥҥа Алексеевскай диэн сиргэ уран баар. Ол гынан баран ураны сөптөөх сыанаҕа атыылаһааччы билигин суох, ол иһин хостоммокко сытар. Атыылаһааччы көһүннэ да хостоон барыахтара.
- «Евразийскай союз» идиэйэтин төһө сэргиигин?
 - Олус! Европа сайдар кыаҕын толору туһанна. Салгыы сайдар кыаҕа да суох. Бэйэтэ кризистээн эрэр. Грециятын да быһаарар кыаҕа суох. Оттон Азия дойдулара хаппытаал бөҕөтүн мунньуннулар. Билигин аан дойду экономиката Азия харчытынан хамсыаҕа. «Евразия союһа» тэрилиннэҕинэ, Саха сиригэр харчы киирэрэ элбиэн сөп. Онон биһиэхэ олус табыгастаах союз буолуоҕа.
- Аан дойду экономикатын кэнниттэн, күннээҕи олохпутугар төнүннэххэ: уматык сыаната тоҕо наһаа үрдүгүй?
 - Арассыыйаны үс нолуок аһатан олорор: НДПИ (налог на добычу полезных ископаемых), НДС (налог на добавочную стоимость) уонна таможня пошлината.
 НДПИ- ны, аан дойду биржаларыгар ньиэп сыаната төһө хамсыырынан көрөн, үрдэтэн, экспортка тахсар сыанаҕа тэҥнээн (бу биир өттүнэн ВТО ирдэбилэ), сыана барыбытыгар биирдик быһылла турар, онон уматык сыаната үрдүк.
 Путин быыбарын иннинэ национальнай экономикаҕа ньиэп бородууктатыгар чэпчэтии оҥоруом, тыа хаһаайыстыбатыгар ананар уматыгы лиитэрэтин 16 солкуобай оҥоруом эбэтэр оптовай сыанатыттан 10% түһэриэм диэбитин толорорун кэтэһэбит.
- Олохпут кэлэр 12 сылга хайдах буолуой?
 - Дьон уулуссаҕа тахсыбатын курдук, социальнай эйгэҕэ уларыйыы тахсыахтаах. Болотнай болуоссакка долгуйуу кэнниттэн партиялары тэрийэри судургуттулар, губернатордар быыбардарын төнүннэрдилэр. Былаас аҥардастыы айбардыырыттан туттунуоҕа. Пенсийэ, пособия үрдүөҕэ, араас чэпчэтиилэр элбиэхтэрэ. Босхо үөрэх, медицинэ боппуруоһа күүскэ өйөнүөҕэ. Миграцияны хаарчахтыыр сокуоннар ылыллыахтара дии саныыбын. Тоҕо диэтэххэ, национальнай боппуруос олус сытыырхайда. Биир өттүнэн, Киргизияны бэйэтигэр чугаһатара – улахан геополитика күһэйиититтэн тахсар. Киргизтэргэ Арассыыйа көмөлөспөтөҕүнэ америкаларыҥ киириэхтэрэ, аттынааҕы судаарыстыбалара, холобура, Афганистан даҕаны өтөн киирэрин сириэ суоҕа этэ.
 Путин быыбарын хампаанньатын олус мындырдык ыытта. Ити ыстатыйалар түһүмэхтэрин бэчээккэ таһаартаан-хайаан… Биллэн турар, итини кини бэйэтэ суруйа олорботоҕо чахчы. Киниэхэ бүтүн стратегическай кииннэр үлэлээтилэр. Бу кииннэргэ атын дойду технологтара буолбакка, Арассыыйа аналитиктара – ол аата быһыыны-майгыны иһиттэн билэр дьон үлэлээтилэр. Онон олохпут туох да тупсарыыта суох үчүгэйдик ырытылыннаҕа.
- Путинтан ураты талар киһибит суох этэ дуо?
 - Кими талыахпытый? Путин бу кэлиҥҥи 20 сыл устата Арассыыйаҕа туруктаах судаарыстыбаннай политиканы олохтоото, Кавкаһы да «уоскутан» олороро элбэҕи кэпсиир.
- Уоскуталлар эрэ, күөртүүллэр...
 - Улахан политика хаһан баҕарар үбүн-харчытын соһо сылдьар. Харчыта суох политик - политик буолбатах.
- Бэйэбит дьоммутугар төнүннэххэ, үс президеммитин характеристикалаа эрэ.
 - Михаил Николаев авторитарнай ньымалаах эрээри судаарыстыбаннай далааһыннаах, ис хаан дьиҥнээх политик этэ. Вячеслав Штыров хайдах-туох салайан барбытын сыана быһарбыт олох эрдэ. Кини үчүгэй лоббист этэ. Өрөспүүбүлүкэҕэ федеральнай бюджеттан үбүлэнэр элбэх программаны киллэрбитэ. Мин Мэҥэҕэ тахса сылдьан сүрдээҕин сөхтүм: «Штыров өрөспүүбүлүкэни ыста, ону турууласпыт саха ньургун уолун Максимовы хаайда» дииллэр. Хантан ылан инньэ дииллэрэ эбитэ буолла?!
- Дьэ, билбэтим.
- Штыров өрөспүүбүлүкэҕэ нолуок киириитин улаатыннарбыта ээ. ИС-ТА турбатын туттарда. Өрөспүүбүлүкэ харчыта суох олордоҕуна «Якутуголь» АО- ну атыылаан, тимир суолу туттарбыта.
- Муоста тутуллубат буоллаҕына, туохха наадалаах тимир суолуй? Тимир суолга федеральнай бюджеттан үп…
 - …аҥаар-аҥаарга үбүлээһин этэ. Штыров президеннии кэлэр болдьоҕо эрдэттэн биллэр этэ, сыала-соруга эмиэ - АЛРОСА аһылынна. Кэмниэ-кэнэҕэс алмаас хампаанньатын Штыров өлөр өстөөҕө Лев Леваев атыылаһар буолуохтаах. Политика диэн итинник…
- Егор Борисов?
 - Егор Афанасьевич наһаа үчүгэйдик саҕалаан баран… барытын бэйэтэ саба тута сатыыр. Дьиҥинэн, үбү-харчыны кэрэйбэккэ, аан дойдуттан үчүгэй специалистары ыҥыран өрөспүүбүлүкэ стратегическай сайдар программатын оҥотторуох этэ. Назарбаев курдук… Каадырдарын боппуруоһугар улаханнык доҕолоҥнуура – бэйэтигэр наһаа эрэнэриттэн тахсар.
- Юлия Песковскаяны элбэх киһи харыһыйарын истэбин. «Вице-президент оҥоруохтара хаалла» дииллэр.
 - Дьэ, ситигирдик... Билигин Виктор Ишаевтыын кэпсэтэр киһилэниэн наада. Геннадий Алексеевын эмиэ ыытан кэбистэ...
 …Саха сирин үс гыммыттан биирэ тыаҕа олорор. Политика - тыаҕа оҥоһуллар. Саха дьонун кэнэҕэскитэ - тыа сирэ. Онон тыа сиригэр аналлаах олох атын программа оҥоһуллуон наада.
 Дьону көрдөһөргүтүн эрэ билэҕит диэн мөх да мөх буолартан туһа тахсыбат. Дьон үлэлиэн баҕарар, көмө наада кинилэргэ. Хас да улууска, нэһилиэккэ олохтоох усулуобуйаларыттан көрөн пилотнай бырайыак быһыытынан саҥа программалары боруобалыахха наада.
 Сүрүн соруга – сыала диэн: тыа дьонун олохторун таһымын үрдэтэргэ анаммыт саҥа стандартары оҥоруу, саҥа технологиялары олоххо киллэрэргэ инновацияннай кииннэри  тэрийии, оҕолорго, эдэр дьоҥҥо идэни сатаан таларга анаммыт үлэни күүскэ ыытыы уонна кинилэр дьарыктаах, үлэлээх буолууларын ситиһии уо. д. а. хайысхалар…
 Маны таһынан, бюджет эйгэтигэр көрүллэр үп туһаҕа тахсар көдьүүһүн үрдэтии (эффективность) бу пилотнай бырайыактар сүрүн идеаларынан буолуохтаах уонна нэһилиэнньэнэн хонтуруолланыахтаах.
- Кэнэҕэс туох былааннааххын? Быыбардарга кыттар санааҥ суох дуо?
 - Толкуйдуу сылдьабын. Баҕар, кыттыам даҕаны.

 

Кэпсэттэ Туйаара НУТЧИНА.
Category: Политика.Митинги. Пикеты. Партии | Views: 1679 | Added by: uhhan2
Total comments: 1
1 Max  
You really found a way to make this whole process easeir.

Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  Бэс ыйа 2012  »
БнОпСэЧпБтСбБс
    123
45678910
11121314151617
18192021222324
252627282930
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 40
Ыалдьыттар (гостей): 40
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024