News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии
[900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения
[263]
Суд-закон.МВД.Криминал
[1280]
Право, закон
[323]
Экономика и СЭР
[839]
Власть Правительство Ил Тумэн
[1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты
[400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО
[215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка
[555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги
[155]
Коррупция
[862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство
[291]
Социалка, пенсия, жилье
[277]
ЖКХ, строительство
[132]
Образование и наука. Школа. Детсад
[215]
Люди. Человек. Народ. Общество
[224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет.
[670]
Алмазы Анабара
[161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра
[240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода
[377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ
[158]
Промышленность
[43]
Нефтегаз
[284]
Нац. вопрос
[284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации
[65]
Дьикти. О невероятном
[183]
Выборы
[661]
Айыы үөрэҕэ
[93]
Хоһооннор
[5]
Ырыа-тойук
[23]
Ыһыах, олоҥхо
[102]
Култуура, итэҕэл, искусство
[365]
История, философия
[239]
Тюрки
[76]
Саха
[153]
литература
[42]
здоровье
[465]
Юмор, сатира, критика
[14]
Реклама
[7]
Спорт
[123]
В мире
[86]
Слухи
[25]
Эрнст Березкин
[88]
Моё дело
[109]
Геннадий Федоров
[11]
BingHan
[4]
Main » 2012 » От ыйа » 9 » Дьон туруннаҕына, биир санаа тула муһуннаҕына элбэҕи ситиһэр
Дьон туруннаҕына, биир санаа тула муһуннаҕына элбэҕи ситиһэр
20:40
Ньурба улууһун баһылыга Борис Попов: "Ньурба - куорат буолбутуттан сүтэрбитэ элбэх”
Кулун тутардааҕы муниципальнай тэриллии баһылыктарын быыбарыгар икки улууска аатырар "дьаһалта күүһүн” утары турбут икки кандидат кулубаларынан талыллан хаалбыттара: Бүлүүгэ - Сергей Винокуров, Ньурбаҕа – Борис Попов. Үөһээ салалта "баҕатын учуоттаабакка” эрэ баһылыгы талан кэбиһии сэрэхтээх: үп-ас тыырыы боппуруоһугар улуус "хапсыбакка” хаалыан эмиэ сөп. - Егор Афанасьевич быыбарга орооспотоҕо, олохтоох "дьаһалта күүһэ” биһигини утары үлэлээбитэ, - диэн Борис Попов онуоха этэр. – Уонна Егор Афанасьевичтыын, биһиги Новосибирскайга үөрэнэ сылдьыахпытыттан билсэбит. - Борис Николаевич, 43 сыл кэнниттэн, Новосибирскай курдук улахан, байылыат, киин куораттан Ньурба курдук кыра, кыһалҕалаах улууска тоҕо таластыҥ? - ...Мин сааспар тиийдэххинэ, "дойдуга төннүү” диэн тугун билиэҥ турдаҕа. Киһи бэйэтигэр эрэ тирээн кэллэҕинэ өйдүүр оҥоһуулаах... - Быыбарга эйигин утары үлэлээбит дьону кытары сыһыаныҥ хайдаҕый? - Быыбар аата быыбар, олох аата олох буоллаҕа. Киһи барыта биир санааланара сатаммат даҕаны. Урукку баһылыкка солбуйааччынан үлэлээбит үс киһи быыбар кэнниттэн "эйиэхэ үлэлээбэппит” диэн батынан кэбиспиттэрэ. Онуоха мин "толкуйдааҥ, икки нэдиэлэ иһинэн эппиэккитин биэриҥ” диэбитим. Икки нэдиэлэ иһинэн кэтэһэн көрөн баран, атын дьону солбуйааччыларынан анаталаабытым кэннэ, иккилэрэ "төннөбүт” диэн этэ сылдьыбыттара... - Ону? - Бэлиэр атын дьону кэпсэтэн баран хайдах төттөрү түһүөхпүнүй? Уонна толкуйдуурга биэрбит болдьоҕум аастаҕа эбээт. - "АЛРОСА-Нюрба” АОны кытары сыһыаҥҥыт хайдаҕый? - Хайдах да буолбатах... Урукку өттүгэр наар биһиги көрдөһөөччү оруолугар сырыттахпыт. Мин санаабар ол сыыһа этэ. Тэҥ муостаҕа туран кэпсэтиэхтээхпит дии саныыбын. Биһиги сирбитигэр үлэлиир, айылҕабыт баайын туһанар дьон – олохтоох социальнай политикаҕа кыттыһар кинилэр ытык иэстэрэ дии саныыбын. Ол санааттан туран кинилэри кытары кэпсэтии барыахтаах. - "Ньурбаҕа, ыһыах кэмигэр итирбит-кутурбут дьону Күндээдэлиир, Чаппандалыыр суолга илдьитэлээбиттэр” диэн сурах баара. - Олоҕо суох сурах. Киһи санаатыттан тутулуктаах. Олоҥхо ыһыаҕар "Саамай уһун оһуохай” диэн Гиннес Арассыыйатааҕы рекорда олохтоммута. Онно бэлэмнэнэн ыам ыйын 9-ттан бэс ыйын 23-гэр диэри биэс төгүл оһуохайы тэрийбиппит. Туох баар Ньурба таһынааҕы нэһилиэктэр баһылыктарын, дьаһалта үлэһиттэрин – барыларын оһуохайга булгуччу кыттаҕыт диэн сорудахтаабытым. Салайааччы дьону кытары быһаччы алтыһыахтаах, норуоту кытары бииргэ сылдьыахтаах диэн өйдөбүлтэн ити дьаһал ылыллыбыта. Баһылыктар бары бэлэмнэниигэ сылдьыбыттара, кэлин букатын ис сүрэхтэриттэн баҕаран туран кыттан барбыттара. Ыһыахха арыгыны атыылыыры боппуппут. Дьиҥинэн, ити дьаһал сокуону утарар. Ол гынан баран дьон-сэргэ өйөөбүтэ, улуустааҕы прокуратура даҕаны бырачыастаабатаҕа. Итирии-кутуруу, айдаан-иирсээн суох этэ. Ханнык баҕарар тэрэһиҥҥэ үөс санаа – мотивация наада. Оччоҕо эрэ тэрээһин табыллар. Мин оһуохайга бэлэмнэнии саҕана "историяҕа киирэбит, онон ньурбалар сыал-сорук оҥостон күүспүтүн-кыахпытын түмүөҕүҥ, бэйэ бодотун тардыныаҕыҥ” диэн хаста да төхтүрүйэн этэ сылдьыбытым. Дьон, кырдьык, сыал-сорук туруоруннаҕына, күргүөмүнэн ылыстаҕына тугу барытын кыайар кыахтаах. Аны, бу иннинээҕи сылларга Ньурба ыһыаҕар, наар ардахтаах-самыырдаах күн буолар эбитэ үһү. Дьон онно үөрэнэн да хаалан, "син биир самыырдыа” диэн бэринэн кэбиһэн сылдьыбыттара. Хас бэлэмнэнии аайы мин "дьон санаата – көмүөл күүһэ, түмүстэххэ, баҕардахха сир-уот, айылҕа бэйэтэ даҕаны ылынан туран биэриэ” диирим. Онтубут чахчы даҕаны, ыһыахха, бэс ыйын 23-24 күннэригэр аһара үчүгэй халлаан турда эбээт. - Ньурба ыһыаҕа тэрээһинэ үчүгэйинэн урут-уруккуттан аатырар. Бу да сырыыга дьон улаханнык астыммытын кэпсииллэр. - Бүлүү улууустарыгар ыһыах урут-уруккуттан саамай улахан суолталаах күн. Ас мааныта, таҥас үтүөтэ ыһыахха хаһааныллар буолара. Билигин даҕаны ити үгэс тутуһулла сылдьар. Киһи ыһыахха олбох оҥоһунна, чороон киллэрдэ, сахалыы таҥас кэттэ даҕаны – тэрийээччи буола түһэр. Тэрийээччи буолла да, дьоро күн үчүгэйдик эрэ ааһарыгар кыһаллар. Ньурбаҕа ыһыахха киирбит дьон бары кэриэтэ сахалыы таҥастаахтара. Тэрилтэлэр, нэһиилиэктэр балаҕан, ураһа туттан, күрүө-хаһаа тэринэн, биирдиилээн дьон балаакка тардан аймахтаан, үлэлэринэн, доҕотторунан, биир дойдулаахтарынан түһүлгэ тэринэн сырыттылар. Ас-үөл, хорчуоппа мааныта. 27 сүөһүнү, сылгыны тутуннубут. Ону таһынан кэтэх дьон атыы-тутуу тэрийдилэр. Хорчуоппа сиригэр остуол, олоппос тардан, ыраас артезианскай уунан, уотунан-күөһүнэн барытын хааччыйдыбыт. Бэл, түргэнник тутуллар дьоҕус душтары туруорталаабыппыт. Ыалдьыттар да, ньурбалар бэйэлэрэ да ону улаханнык сэргээтилэр. Дьон туруннаҕына, биир санаа тула муһуннаҕына элбэҕи ситиһэр. Олоҥхо ыһыаҕын тэрийэргэ фонда аспыппыт. Онно дьон биир күннээх хамнастарын биэрэн, баҕалаах дьон харчы уган, Ньурба холугар туох да баһаамы – 1,3 мөл. солкуобайы хомуйбуппут. Дьокуускайга олорор предпринимателлэргэ тахса сылдьыбытым: дойдугут ыһыаҕар бириистэ туруоруҥ диэн. Биир да киһи аккаастаабататаҕыттан улаханнык үөрбүтүм. Кинилэр бары холбоон 7 мөл. солкуобайы биэрбиттэрэ, сорохтор "УАЗ” массыынаны кытары туруорбуттара. Инньэ гынан, ыһыахха барыта 7 массыына оонньонно, биир тыраахтыр, биир квадроцикл, ону аһынан атын сыаналаах бириистэр эмиэ турдулар. - Ньурбаҕа эрэ ыытыллар ураты сиэр-туом баар дуо? - Дьэ, баар! Кымыс иһиитин сиэрэ-туома. Бу былыргы сиэри-туому үөрэтэн, хаһан-булан тилиннэрбит киһинэн Ксенофонт Дмитриевич Уткин буолар. Ыалдьыттар улаханнык сэргээтилэр. Олоҥхо ыһыаҕар бу сиэри-туому булгуччу киллэриэххэ баар эбит диэн салалта өттүттэн эттилэр. - Президент бара сырытта. - Егор Афанасьевич кэлэ сылдьыбыта. Тэрээһинин хайҕаан, сэҥээрэн барбыта. - Рекорду дьүүллээбит Гиннес рекордун Арассыыйатааҕы бэрэстэбиитэлэ оһуохайдьыттар ахсааннарын "ынахтыы” (биирдии-биирдии кэрийэ сылдьан) аахпыт дииллэр. - Ол кырдьык. Өссө оһуохайга кыттыах баҕалаах дьон олус элбэх этилэр. Ону "аһара элбэхтэр” диэн дьүүллээччибит кытыннарбатаҕа. Дьиҥинэн, 10 000 толору сахалыы көстүүмнээх киһини да мунньуох эбиппит. - Рекорд олохтуур ким идиэйтэ этэй? - "Саамай уһун оһуохайы” олохтуур идиэйэ "Ситим” МБ салайааччыта М.Н.Христофорова идиэйэтэ этэ. Мария Николаевна тэрээһинигэр олус улаханнык көмөлөстө. Киниэхэ ньурбалар ааттарыттан барҕа махтал тиэрдэбин. Олоҥхо ыһыаҕын тэрээһинигэр араас кэмнэргэ улуус култууратын управлениетын салайа сылдьыбыт дьон –.М.Р. Гоголева, Т.П.Олесова, билиҥҥи салайааччы Л.Р.Степанова, сценарист Г.Е.Томская, режиссер А.В.Титигиров буолан быһаччы салайан, тэрийэн ыыттылар. Түгэн тосхойбучча кинилэри хайаан да ахтан ааһыах тустаахпын. - Саамай уһун оһуохайы таһаарар этээччини хайдах таллыгыт? - Үс түһүмэхтээх сүүмэр кэнниттэн, куолаһа чөллөркөйүнэн, хоһооно хомоҕойунан (дьүһүнэ да мааны!) Малдьаҕартан төрүттээх Прокопий Степанов талыллыбыта. Киһибит биир эрэ чаас этиэ дуо, дьэ, уутугар-хаарыгар киирэн, хонноҕо аһыллан эрдэҕинэ дьүүлдьүппүт "сөп буолла” диэн тохтотон хомоппута. - Гиннес бэрэстэбиитэлэ ханна түһэ сытта. Эйиэхэ? - Суох, ыал дьиэтин куортамнаан онно түһэрбиппит. - Рекордка сайаапка түһэрбит сыанаҕыт төһө этэй? - 300 000 солкуобай курдук этэ уонна ол бэрэстэбиитэл кэлэр-барар айанын, аһын-үөлүн уйуммупут. - Олоҥхо ыһыаҕар барыта төһө киһи ыалдьыттаан барда? - Дьаһалта өттүттэн ыҥырыллыбыт ыалдьыттар ахсааннара 3 тыһыынча кэриҥэ этэ. Оттон биирдиилээн дьоҥҥо, атын тэрилтэлэргэ кэлбит ыалдьыттары ааҕар букатын кыаллыбат суол буоллаҕа. - Ол айылаах "салалта ыалдьыттарын” ханна түһэрэ-хонноро сырыттыгыт? - Туох баар гостиницалары барыларын туһаммыппыт уонна толору хааччыллыылаах квартиралаах ыаллар дьиэлэрин куортамнаабыттара. Ону таһынан, оскуолаларга, лицей уопсайыгар, дьыссааттарга түһэртэлээбиппит. - Дьон кэтэх дьиэлэрин хаска куортамнаабыттарай? - 1 тыһыынчаҕа эҥин. Уонна бэйэлэрэ аймахтарыгар көһөн, ыалдьыттарга сынньанар усулуобуйа оҥорбуттара. - Ньурбаҕа саамай үс тыын кыһалҕаны ааттаа эрэ. - Ититии, суол уонна олорор дьиэ-уот хааччыстыбата. Билигин даҕаны Ньурбаҕа дьон былыргылыы мас мастаан оһоҕун оттунан олорор. Быйыл Ньурбаҕа Сунтаартан үрдүк күүрүүлээх уот линията кэлиэхтээх. Ол кэллэҕинэ дьон электроэнергиянан ититинэр кыахтаныа. Маһынан оттунуохтааҕар уотунан оттуммут быдан чэпчэки буолан тахсар. 1 киловатт – 43 харчы. Томороон тымныыларга саамай улахана 1,5-2 тыһыычаны төлүөхтэрэ. Кыаммат ыалларга оборудованиетын, хочуолун туруорарга субсидия көрүллүөхтээх. Оттон нэһилиэктэргэ 80% нэһилиэнньэ кыаммат-түгэммэт араҥаҕа киирсэр буоллаҕа. Нэһилиэктэр икки ардыларынааҕы суол суоҕа улаханнык атахтыыр. Үөһээ бүлүүлэр сылын ахсын 20 км суол туталлар, ол аата үүт-хайаҕас булан, бюджеттан үп көрдөрөн суол туталлар буоллаҕа. Биһиги кинилэр курдук тэринэрбит тоҕо сатамматый? Оччотугар үс сылынан Ньурбаттан Малдьаҕарга диэри үчүгэй суолу тутуох этибит. - Ньурба куорат буолбута 15 сылын туолар. Эҕэрдэлиигин? - Ньурба куорат буолан абыраныахтааҕар сүтэрбитэ элбэх. Хамнас да аахсыытыгар улаханнык оҕустарбыттара. Ньурба аата эрэ куорат. Толору хааччыллыылаах дьиэ ахсааннаах. Суолбут уута-хаара ханан да барбакка бырыыланан эрэр. Уу түһэр ханааллары сөргүтэн, уулуссалары асфаллаан иһиэхтээхпит. Мииринэйтэн итэҕэһэ суох куорат оҥоруохтаахпыт. Биллэн турар, күн сарсын ол табыллыбат дьыала. Ол гынан баран, оннук хайысхаҕа үлэлиир олук билигин ууруллуохтаах. Куорат баһылыгын оруола итиннэ улахан буолуохтаах. - Борис Николаевич, махтал, төрөөбүт сиргин сайыннарарга сүрэххин-быаргын ууран туран үлэлииргэр баҕарабыт. Кэпсэттэ Туйаара НУТЧИНА. Находящийся под следствием мэр Нюрбы сменил фамилию
Увеличить шрифт A A A ИА SakhaNews. Мэр Нюрбы Михаил Пан-Си-Хе сменил фамилию. Теперь этого человека зовут Михаил Маркович Пан. Зачем он это сделал, попыталась выяснить газета «Наше время». «Чаще всего люди меняют имена или фамилии по одной причине – в попытке изменить линию судьбы и, скорее всего, Михаил Маркович пошел этим же путем. Респектабельного главу Нюрбы нередко связывают с «лихими девяностыми», причисляя к нюрбинской группировке. К тому же в настоящее время он находится под уголовным преследованием и три долгих месяца проведет в СИЗО. Наверняка на фоне неприятных событий Михаил Маркович и решил изменить фамилию, чтобы таким образом изменить ход судьбы»,– пишет издание. Тем временем, в минувшую пятницу прокуратура Нюрбинского района направила уголовное дело в отношении мэра Нюрбы в суд. Ему инкриминируется причинение по неосторожности тяжкого вреда здоровью человека и применение насилия в отношении представителя власти. Как пишет «Российская газета», по версии следствия, 17 декабря 2011 года, находясь у себя в служебной квартире, мэр города в результате неосторожного обращения с травматическим пистолетом произвел выстрел в голову своему знакомому, находившемуся у него в гостях. В результате здоровью мужчины был причинен тяжкий вред. А когда на место происшествия прибыли сотрудники полиции, Пан-си-хэ, не желая, чтобы к нему в квартиру прошел участковый, ударил полицейского кулаком в лицо. Эти события разыгрались после новоселья, которое справлял прокурор района. Подвыпивший во время вечеринки мэр уехал домой вместе со знакомым предпринимателем. Через некоторое время супруга бизнесмена обнаружила своего мужа в подъезде дома, где живет градоначальник, лежащим в крови. Голова его была прострелена из травматического пистолета. Михаил Пан-си-хэ обвиняется в совершении преступлений по ч.1 ст.118 УК РФ (причинение тяжкого вреда здоровью по неосторожности) и ч.1 ст.318 УК РФ (применение насилия в отношении представителя власти), сообщает Право.ру.
Category: Мэрия, районы, муниципалитеты |
Views: 1943 |
Added by: uhhan2
Ааҕыылар
Баар бары (online): 53
Ыалдьыттар (гостей): 53
Кыттааччылар (пользователей): 0