Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [670]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [93]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [239]
Тюрки [76]
Саха [153]
литература [42]
здоровье [465]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [123]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2012 » Атырдьах ыйа » 8 » Аартык.ру дьокутаат көмөлөһөөччүтүн, быраабы көмүскэһээччини, “Ситим” общественнай тэриллии салайааччытын - Николай СЕДАЛИЩЕВЫ кытары көрсөн
Аартык.ру дьокутаат көмөлөһөөччүтүн, быраабы көмүскэһээччини, “Ситим” общественнай тэриллии салайааччытын - Николай СЕДАЛИЩЕВЫ кытары көрсөн
12:31
"Максимов дьыалата” – 4 сыла

Атырдьах ыйын 8 күнүгэр, 2008 сыллааҕыта өрөспүүбүлүкэ урукку салалтатын сорудаҕынан норуот дьокутаатын Афанасий МАКСИМОВЫ утары холуобунай дьыала тэриллибитэ. Баҕар, сыыппара сабыдыала эбитэ дуу – "08.08.08” бу дьыала уһун-унньуктаах буолла, түмүгэ-кэтэҕэ билигин да биллибэт. Дьокутаат төһө да хаайылла сыттар, дьон-сэргэ кыларыйар кырдьык тахсарын кэтэһэрэ уҕараабат.
Аартык.ру дьокутаат көмөлөһөөччүтүн, быраабы көмүскэһээччини, "Ситим” общественнай тэриллии салайааччытын - Николай СЕДАЛИЩЕВЫ кытары көрсөн кэпсэттэ:
- Николай Иннокентьевич, дьыала-куолу ханна тиийдэ, туох сонун-нуомас баар?
- Дьыала билигин хонтуруол быһыытынан Россия Үрдүкү суутугар ыҥырылынна. Сотору кэминэн быһаарыллыаҕа диэн эрэнэбит.

- Афанасий Николаевыһы кытары көрсөҕүн, хайдаҕый?

- Бэрээдэк иһинэн көрсөбүт, докумуоҥҥа илии баттатаары бу аҕыйах хонуктааҕыта Үөһээ Бэстээххэ баран көрсө сырыттым. Санаата кытаанах. Ол эрээри доруобуйатын чааһыгар "кыратык ыарытыйдым” диэбитэ.

- Кинигэ суруйа сылдьар диэбиттэрэ...


- Суруйа сылдьар, үлэлиир-хамсыыр.

- "Максимов дьыалата” диэн ааттаммыт дьокутааты эккирэтэн тэриллибит холуобунай дьыала төрүөтүн эн туохха көрөҕүн?

- Афанасий Максимовы эккирэппит суоллара бэрт судургу – бизнеһи былдьааһын, ньиэп уонна гаас салаатыттан олохтоох дьону туоратыы. Россияҕа быстар дьадаҥы ахсаана – нэһилиэнньэ 13 %-нын ылар. Оттон Саха сиригэр – 19%... Бу сүрдээх улахан хараастыылаах дьыала. Сирин баайынан аан дойдуга тэҥнээҕэ суох регион нэһилиэнньэтин сүүрбэ гыммыт биирэ – кумалаан!.. Биллэн турар, "Азия оҕолоро” курдук улахан спорт тэрээһиннэрэ буолаллара үчүгэй. Онтон үөрэбит эрэ. Ол гынан баран улахан бырааһынньыктар кэтэх өттүлэригэр норуот быстан-ойдон олороро киһини дьулатар. Олохтоох, үлэни-хамнаһы тэрийэр кыахтаах уолаттарбытын, омугуттан тутулуга суох өйөөн, кэлии сиэмэх бизнесменнэртэн көмүскээн илдьэ сырыттахпытына эрэ, төрүт норуот олоҕо тупсуоҕа. Кэлии дьон туохха кыһаллыахтарай?! Муус кыаһаан дойдуга биһигини сайыннара кэлбэттэрэ чахчы. Афанасий Максимовы, Игорь Чикачевы, Игорь Пахомовы хаайыыга киллэрбит төрүөттэрэ – кинилэр сирбит баайын апчырыйалларыгар утарылаһар, харгыстаһар олуйсар туора мас буолбуттарыгар сытар. Сокуону соруйан токурутан туран холуобунай дьыаланы тэрийбиттэрин дакаастаан элбэх инстанцияҕа суруйдум, суруйуом даҕаны. Аны, Максимовтааҕы утары холуобунай дьыаланы тэрийбит дьон кимнээҕий? Урукку миниистир Яков Стахов билигин федеральнай ирдэбилгэ сылдьар. Прокурор Анатолий Подласенко "бэйэ дьонугар” хотугу надбавка "оҥостон” эмиэ мундир чиэһин улаханнык киртиттэ. Судаарыстыба суотугар дьиэ-уот эргитиитигэр эмиэ улаханнык умньанна. Аны, сокуон ирдииринэн, республика прокурора 5 сыл буола-буола дуоһунаһыгар Ил Түмэнинэн бигэргэниэхтээх. Подласенко 5 сыллаах болдьоҕо бу кыһын бүппүтэ. Дьокутааттар кинини саҥа болдьоҕор бигэргэппэтэхтэрэ. Ол аата тугуй? Эмиэ сокуону көрөөччү дуоһунастаах киһи бэйэтинэн сокуону убаастаабат дуо?

- "Коррупцияны утары охсуһууга СМИ уонна общественоость оруола” диэн Төгүрүк остуолга "ЯТЭК” салалтатын хамнаһын сиэрэ суоҕунан ааттаабытыҥ. Быһаар эрэ...

- 307 млрд кубометр айылҕа гааһа, 13,1 мөл. т газоконденсат билигин толору "ЯТЭК” ААО бас билиитигэр баар. Биһиги гааспытын хостууллар, биһиэхэ бас быстар сыанаҕа атыылыыллар, ол суотугар ыйга 750 000 солкуобай хамнастаналлар, сыл бүтэһигэр 19 мөлүйүөнтэн тахса бириэмийэлэнэллэр. Ити мин халлаантан ылбыт сыыппарам буолбатах, "ЯТЭК” бэйэтин отчуотуттан ыллым, бу баар (Н.И.Седалищев докумуоуну уунар – аапт.).

- Бачча үлүгэр харчы туһугар, кырдьык Саха сирин аҥаарын да олордуохтарын сөп...

- "ЯТЭК” ААО 2007 сыллаахтан Дириэктэрдэрин сүбэтигэр биир да олохтоох киһи суох. Газоконденсат сыаната сыл саҕаланыаҕыттан 63% үрдээтэ! Кыс ортото сыананы үрдэтэн улаханнык уолуппуттара эбээт – тохсунньу томороон тымныытыгар атыыласпакка ханна барыаххыный, үлүйэн өлүөҥ дуо?!

- "ЖКХ РС(Я)” ГУТ газоконденсат сыаната эмискэ үрдээбитин утаран антимонопольнай сулууспаҕа үҥсүбүттээх. Онно УФАС, Саха сирин 98% гааһын хостуур тэрилтэ "монополист реестрыгар киирбэтэх” диэн дьарыйартан аккаастанарын туһунан ГУТ генеральнай дириэктэрэ Александр Ноговицын суруналыыстарга абаран кэпсээбиттээх.

- Ол иһин этэбин, айылҕабыт баайын бэйэбитигэр бас быстар сыанаҕа батараллар диэн...

- Сыананы туохха олоҕуран итинник наһаа үрдэтэллэрий?


- Сыанаҕа, производствоны сайыннарарга диэн ааттаан "инвестиционнай тариф” диэн киллэрэ сылдьаллар. Ол гынан баран, эмиэ бэйэлэрин отчуоттарыттан көрдөххө, 240 мөлүйүөҥҥэ диэри үбү көрүөхпүт диэн сыананы үрдэтэллэр эбит да, производстволарын сайыннарарга сорох сыл соххор солкуобайы да көрбөттөр эбит. Ол аата, судургутук санаатахха, хамнастарын, бириэмийэлэрин эрэ элбээтиннэрээри, биһиги суоппутугар тарыыбы үрдэтэллэр.

- Сиртэн хостонор баайга үлэлиир хампаанньалар, холобур "АЛРОСА” АК республикаҕа социальнай эппиэтинэстээх: дьиэ-уот, суол-иис, балыыһа-оскуола туттарар, көмө оҥорор-хайыыр... Оттон "ЯТЭК” оннук социальнай ноҕуруускалаах буолаарай?


- Мин билбэтим. Эн?

- ?

- Тугу да гымматтар... "ЯТЭК” олбуорун иһин көрөөр эрэ өйдөөн, үс былаахтаахтар: биир - Россия былааҕа, иккис - Саха сирэ уонна үһүс - "ЯТЭК” былааҕа. Төрүт туспа экономическэй сыһыаҥҥа киирбит, "ураты” сиэрдээх, өйдөөх-санаалаах, судаарыстыба иһигэр судаарыстыба буолан олороллор. Итинник дьаһанан, билбиттэринэн айбардаары Максимовтааҕы, Чикачевтааҕы букатын балыйан туораттахтара эбээт. Бэйэбит уолаттарбыт ньиэпкэ-гааска үлэлиир эрдэхтэринэ, газоконденсат республикаҕа кыра сыанаҕа атыыланара. Ол бириигэбэргэ кытары ахтыллар, сыананы чэпчэтии кинилэргэ БУРУЙ курдук ааҕыллыбыта эбээт! Иэдээн диэ...

- "Максимов дьыалатыгар” саатар эмсэҕэлээччитэ суох?

- Суох... Саха сирэ ньиэп-гаас комплексыгар хонтуруоллуур "көмүс акциялааҕа”. Бу "көмүс акция” рөспублика дьылҕатыгар ураты улахан суолталааҕа - Төрүт Сокуоммутугар кытары киллэриллибитэ туоһулуур. Ил Түмэн дьокутааттара эрэ "көмүс акция” дьылҕатын быһаарар боломуочуйалаахтара. Ону баара, саатар правительство бэрэссэдээтэлэ да буолбатах, солбуйааччы эбээһинэһин быстах кэмҥэ толоро олорбут А.Оглы дьаһалынан суох оҥоһуллубута. 2007 сыллаахха, Британияҕа регистрациялаах "СЛАВИЯ” диэн чааһынай тэрилтэ бэрэстэбиитэлин кытары 20 мүнүүтэлээх үс киһилээх мунньах кэнниттэн, ити "көмүс акциябытыттан” маппыппыт. Саха сирин баайын итинник түргэнник туран биэрбиттэрэ.

- Александр Оглы билигин "Сургутнефтегаз” ААО Дьокуускайдааҕы бэрэстэбиитэлистибэтин салайар?

- Махтаннахтара дии...

- Оглы, этэргэ дылы "торпедо” эрэ буоллаҕа...


- Оннуга чуолкай. "Көмүс акцияны” республика бас билиитигэр төннөрөрү, Оглы илии баттаабыт дьаһалын көтүрэри туруорсан, быһаас, муус устар 7 күнүгэр миитин тэрийбиппит. Республика салалтатыгар, чуолаан президент Егор БОРИСОВКА миитин резолюциятын тиэрдибиппит. Баччааҥҥа диэри "сөп” да диэн, "сөтөгөй” да диэн харда кэлэ илик. Оттон миитин резолюцията хайаан да хардары тылы эрэйэр ээ.

- Общественнай палата "Максимов дьыалатын” үөрэтэн баран, "предприниматели соруйан сойуоласпыттар” диэн түмүк оҥорбута. Ол түмүк туох эмэ көдьүүстээх буолла дуо?

- Общественнай палата саҥа тэриллэн эрэр, бастакы хардыылары оҥорор гражданскай общество института буоллаҕа. Мин, кинилэргэ Афанасий Максимов уонна кини коллегаларын утары тэриллибит дьыаланы объективнайдык, тутулуга суохтук көрбүттэригэр улаханнык махтанабын. Ол гынан баран, ситэри түмүктүөхтэрин наада дии саныыбын. Оччоҕо эрэ көдьүүс буолуох этэ. ОП солбуйар салайааччыта Марина Богословская Саха сиригэр бастакы "Гражданскай форум” ыытылларыгар, Россия Общественнай палатата кытары "Максимов дьыалатынан” интэриэһиргээтэ диэн эппитэ.

- Гражданскай общество тутабыт, оҥоробут диибит. Эн бэйэҥ "Ситим” общественнай тэрилтэ салайааччытаҕын. Республикаҕа общественнай тэрилтэлэр төһө улахан оруоллаахтарый?

- Саха сиригэр эрэ буолбакка, дойду үрдүнэн гражданскай общество үөскэхтэрэ саҥа тыллан эрэллэр. Общественнай өй-санаа үөһэттэн соҥнооһун быһыытынан буолбакка, аллараттан, норуоттан буһан-хатан таҕыстаҕына эрэ дьиҥнээхтик гражданскай общество үөскүүрүгэр тиэрдиэҕэ. Билигин буоллаҕына, былаас "общественнай” тэрилтэлэри, хамыыһыйалары бэйэтэ тэрийэр уонна онно бэйэтэ баһылааччы-көҕүлээччи, хонтуруоллааччы оруолун толоро олорор. Оннук искусственнай "общественнай тэрилтэлэр” КИҺИ туһугар үлэлиэхтэрэ дуо? Саарбах.

- Николай Иннокентьевич, эн бэйэҥ эмиэ сууттаһа сылдьар сурахтааххын.

- Тоҕус сылы быһа сууттаһан-сууттаһан кырдьыкпын дьэ буллум!

- Но! Биһиги дойдуга "суут” диэн тыл хас эмэ үйэ тухары накаастыыр, тутар-хабар эрэ суолталааҕа. Саха киһитэ маннык "ньоҕойдоһон” туран сууттаһара, бэйэтигэр туспа ситиһии, холобур буоллаҕа.

- 9 сыл мээнэ ааспата. Биир өттүнэн ньиэрбэбин, доруобуйабын айгыраттылар, үлэлиэх-тутуох кэммин уордулар, биир өттүнэн, эн этэриҥ курдук КЫРДЬЫК син биир баарын, сокуон тутуһуллуохтааҕын дакаастаатаҕым эбээт. Дэлэҕэ даҕаны, хас атын мунньахха: "Уважаемые судьи!” - диэн этэн дьону күллэриэм дуо? Тылым баһа буоллаҕа...

- Ханна үлэлии сылдьыбыккын сокуону кэһэ туран уураппыттарай?


- Мин 9 сыл ынараа өттүгэр правительствоҕа УРЭНПОМО отделын начальнигын солбуйааччытынан үлэлии сылдьыбытым. Кэмниэ-кэнэҕэс Галина Данчикова уһуллубут бирикээспин көтүрдэ. Сокуон быһыытынан, үлэбэр төттөрү ылан, 9 сыллаах хамнаспын төлөөн баран, дьэ быһаарыахтаахтар салгыы үлэлиирбин-үлэлээбэппин.

- Хамнаскын биэрэ иликтэр?

- Ол боппуруос суукка атырдьах ыйын 12-гэр көрүллүөхтээх. Сокуон мин диэки диэн эрэллээхпин. Биир сууппар – дьиэ боппуруоһугар эмиэ кыайыылаах тахсыбытым. Инньэ гынан, Юрий Куприянов (АПиП салайааччыта) ыам ыйын 2 күнүнээҕи дьаһалынан, урукку Терентьев таһаарбыт дьаһалын көтүрдэ. Онно Терентьев миигин "Жилище – 2007-

09”

подпрограмматтан сокуону кэһн туран таһааран кэбиспитэ. Дьиэм боппуруоһун үтүө санаалаахтык бэйэлэрэ, сууттаспакка быһаарыахтара диэн эрэнэ сылдьабын.

- Идэҕинэн туоххунуй?

- Историк, менеджер этим. Билигин, олох кыһарыйан юрист буоллум.

- Түмүккэр тугу этиэҥ этэй?

- В.Штыров Сахабыт сирин баайын талбытынан ыскайдыыр кыахтанаары соруйан, үлэҕэ-хамнаска эриллибит, олоххо элбэх билиилээх саха

дьонун тиксиһиннэртээн, утарыта туруортаан биэрбитэ. Кини этэр тыллаах, туспа толкуйдаах, саныыр санаалаах дьону букатын тулуйан көрбөт этэ. Бу суруга баар: "Товарищ Иванова Т.С! В Управлении,наверное лишние штаты, если сотрудники заняты выражением своего личного мнения в рабочее время", - диэн. Штыровка саҥата суох кини уурааҕын, дьаһалын толорор "сурууктар” эрэ наадалара.

Онон, олохтоох дьоммутун "нуучча-саха” диэн араарбакка, производствоттан туораталларын, бизнестэрин былдьыылларыттан көмүскүөххэйиҥ диэн дьоммун-сэргэбин ыҥырыахпын баҕарабын. Дьиҥинэн, 20-ччэ сыл тухары биһиги бэйэбит экономическай бигэ тирэхтээх, норуоттарыгар дурда-хахха буолар, улахан сиэмэх бизнес адьырҕаларын кытары тэҥҥэ тургутуһар кыахтаах, үлэни тэрийэр кыахтаах дьон араҥатын үөскэтиэхтээх этибит. Култуура, духуобунас үчүгэй эрээри, аччык искэ ырыа ылламматын эмиэ өйдүөхтээхпит. Бу ирдэбил республикаҕа эрэ буолбатах, Россияҕа эмиэ сыһыаннаах. Дэлэҕэ даҕаны предпринимателлэри харыстыыр сокуон ылыллыа дуо.

- "Максимов дьыалатын” кытары ылсыбытыҥ кэннэ, тустаах уоргаттартан туох эмэ мэһэйи көрүстүҥ дуо?

- Суох. Үлэбиттэн устуохтарын үлэм суох, дьиэбин былдьыахтарын иһин дьиэм суох. Ол гынан баран, бу дьыалаттан сылтаан элбэх юридическай билиилэнним, үгүс доҕоттордоннум, сэргэх дьону кытары билистим. Онон санаам күүһүрдэ!

***

Источник - Аартык.ру от 08 августа 2012 года:


http://aartyk.ru/sobitiya/item/1481-"maksimov-dyalata”-–-4-syla
Category: Суд-закон.МВД.Криминал | Views: 2626 | Added by: uhhan2
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  Атырдьах ыйа 2012  »
БнОпСэЧпБтСбБс
  12345
6789101112
13141516171819
20212223242526
2728293031
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 96
Ыалдьыттар (гостей): 96
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024