News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии
[900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения
[263]
Суд-закон.МВД.Криминал
[1280]
Право, закон
[323]
Экономика и СЭР
[839]
Власть Правительство Ил Тумэн
[1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты
[400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО
[215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка
[555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги
[155]
Коррупция
[862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство
[291]
Социалка, пенсия, жилье
[277]
ЖКХ, строительство
[132]
Образование и наука. Школа. Детсад
[215]
Люди. Человек. Народ. Общество
[224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет.
[670]
Алмазы Анабара
[161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра
[240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода
[377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ
[158]
Промышленность
[43]
Нефтегаз
[284]
Нац. вопрос
[284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации
[65]
Дьикти. О невероятном
[183]
Выборы
[661]
Айыы үөрэҕэ
[93]
Хоһооннор
[5]
Ырыа-тойук
[23]
Ыһыах, олоҥхо
[102]
Култуура, итэҕэл, искусство
[365]
История, философия
[239]
Тюрки
[76]
Саха
[153]
литература
[42]
здоровье
[465]
Юмор, сатира, критика
[14]
Реклама
[7]
Спорт
[123]
В мире
[86]
Слухи
[25]
Эрнст Березкин
[88]
Моё дело
[109]
Геннадий Федоров
[11]
BingHan
[4]
Main » 2012 » Балаҕан ыйа » 1 » «Мин оҥорботохпуна ким оҥоруой?! Мин толорботохпуна ким толоруой?! Мин көннөрбөтөхпүнэ ким көннөрүөй?! Мин ситэрбэтэхпинэ ким ситэриэй?!»
«Мин оҥорботохпуна ким оҥоруой?! Мин толорботохпуна ким толоруой?! Мин көннөрбөтөхпүнэ ким көннөрүөй?! Мин ситэрбэтэхпинэ ким ситэриэй?!»
08:22
Сүгүрүйэбин.
Сахалар сүүрбэ сыллааҕыта улуу убайбыт Өксөкүлээх Өлөксөй уҥуоҕа сүтэн хаалбыт, симэлийбит сиригэр, сурах хоту, мэҥэ тааһын туруоран уоскуйа быһыытыйбыппыт. Боотур ууһун утум удьуордара кииннэрэ ханна түспүт сиригэр кистэнэр, көмүс уҥуохтарын көтөхтөрөр көтүллүбэт ытык ыйаахтаахтара, үйэтийбит үгэстээхтэрэ, араҥастатар аналлаахтара, айыы аҥаардаахтара. Уһун кэмҥэ саха омугу сабардаабыт ыар баттык буолбут санааларын сайҕаары сылайалларын-сындалыйалларын сынньалаҥҥа тэҥнээбит, эрэйдэнэллэрин-муҥнаналларын маанылатарга холообут тумус боотурдаргар сөһүргэстиибин. Сүгүрүйэбин, Эһиэхэ - Таатта талыы-мааны дьонугар-сэргэтигэр, үүнэр сайдар ыччаттарыгар! Улуу Убайгытын күнү көрбүт күндү, киинэ кистэммит, көмүс биһигэ ыйаммыт, төрөөбүт-үөскээбит төрүт буоругар төннөрбүккүтүнэн, ыйаахтаах ытык сиригэр олохтообуккутунан, санньыар-курус санаалаах салгын кутун сайҕаабыккытынан, уу нуһарал олоҕун түстээбиккитинэн уруйдуубун! Өйдүүбүн эһиги уһун кэмҥэ утуйар уугут уйгуурбутун. Улуу убайгытын айыллыбыт аҕа дойдутугар аҕалар, иитиллибит, иитиэхтэммит Ийэ сиригэр тиксэрэр, төрөөбүт төрүт буоругар төннөрөн туттарар ытык ыйааҕы тутуһары ылыммыт ыччаттаргын, аналларынан ааҕыммыт аҕам дьоҥҥун өйүүбүн. Айхаллыыбын, эһигини, «Мин оҥорботохпуна ким оҥоруой?! Мин толорботохпуна ким толоруой?! Мин көннөрбөтөхпүнэ ким көннөрүөй?! Мин ситэрбэтэхпинэ ким ситэриэй?!» - диэн олонхо бухатыырыныы туруммут Таатта ытык ыччатын, дьоһун дьонун. Алампа убайбыт, кэлэр кэмнэри кэрэһэлээри, үүнэр үйэлэри үйэтитээри, аньыылаах- харалаах аҕыс уонча сыллары аһараҥҥын, сэттээх-сэмэлээх сэттэ уон сэттэ сыл силбигэр, силлиэтигэр симэлийбэккэ, сибэтиэй сэбэрэҕин сүтэрбэккэ, кур бэйэҥ кубулуйбакка, ытык эккин-сииҥҥин ыһыктыбакка, бүтүн көлүөнэҕиттэн бүтэһигинэн көстөр дьүһүҥҥүн кытта көрдөрөн аастаҕын. Саамай ахтар саныыр, саатар биирдэ түөс туоларынан толору тыыммыт киһи диэн, суохтаабыт дойдуҥ мүөттээх салгыныгар сайа оҕустаран, сиккиэр тыалыгар сипситтэрэн уоскуйдаҕын буолуохтун! Аһаҕас эттээх, көрбүөччү харахтаах дьонуҥ сириҥ-дойдуҥ иччилэрэ үөрбүттэрин иһиттилэр,көрдүлэр эбээт! Бэйэҥ бэлиэтээбиккинии «Иин түгэҕэр иһийэн сытар киһи курдук» диэбит ийэ сириҥ ыччаттара, Боотур ууһун удьуордара бүгүн тумус туттар дьоннордоох инники күөҥҥэ сылдьалларын илэ бэйэҥ куттаргынан билэн аастаҕыҥ, өр даҕаны кэтэстэҕиҥ. Арай эмиэ оҕо сааскын санатардыы, соһуйдаҕыҥ үрдүк дьиэҕэ үҥүлүппүттэриттэн, атын тыллаах аҕабыыттар атаарсыбыттарыттан. Күһүҥҥү хаайтарыыттан күһэллэн, бэйэтэ даҕаны кэрэйэн кэриэһигэр эппэтэх, дьиҥнээх ис тыыннаах, эрэл кыымнаах баҕа санаатын толорбуккутунан, эһигини, уруйдуубун! Алампа - ытык киһибит, уһун уугунан уоскуйа быһыытыйан, саҥа киһи буолан айдарыылах кут- оҕо кэлэргин кэтэһэбит. 20.08.2012 Айыы Сиэн.
Category: Култуура, итэҕэл, искусство |
Views: 1392 |
Added by: uhhan2
Ааҕыылар
Баар бары (online): 107
Ыалдьыттар (гостей): 107
Кыттааччылар (пользователей): 0