News topics |
Политика.Митинги. Пикеты. Партии
[900]
|
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения
[263]
|
Суд-закон.МВД.Криминал
[1280]
|
Право, закон
[323]
|
Экономика и СЭР
[839]
|
Власть Правительство Ил Тумэн
[1207]
|
Мэрия, районы, муниципалитеты
[400]
|
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО
[215]
|
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка
[555]
|
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги
[155]
|
Коррупция
[862]
|
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство
[291]
|
Социалка, пенсия, жилье
[277]
|
ЖКХ, строительство
[132]
|
Образование и наука. Школа. Детсад
[215]
|
Люди. Человек. Народ. Общество
[224]
|
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет.
[670]
|
Алмазы Анабара
[161]
http://alanab.ykt.ru//
|
Земля. Недра
[240]
|
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода
[377]
|
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ
[158]
|
Промышленность
[43]
|
Нефтегаз
[284]
|
Нац. вопрос
[284]
|
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации
[65]
|
Дьикти. О невероятном
[183]
|
Выборы
[661]
|
Айыы үөрэҕэ
[93]
|
Хоһооннор
[5]
|
Ырыа-тойук
[23]
|
Ыһыах, олоҥхо
[102]
|
Култуура, итэҕэл, искусство
[365]
|
История, философия
[239]
|
Тюрки
[76]
|
Саха
[153]
|
литература
[42]
|
здоровье
[465]
|
Юмор, сатира, критика
[14]
|
Реклама
[7]
|
Спорт
[123]
|
В мире
[86]
|
Слухи
[25]
|
Эрнст Березкин
[88]
|
Моё дело
[109]
|
Геннадий Федоров
[11]
|
BingHan
[4]
|
|
|
Main » 2012 » Балаҕан ыйа » 5 » Магомедовтар кыһарыйан туран “ЯТЭК” АОну республикаҕа атыылыы сатыыллар
Магомедовтар кыһарыйан туран “ЯТЭК” АОну республикаҕа атыылыы сатыыллар | 20:16 |
http://aartyk.ru/sakha/item/1613-saha-sire-gaa%D2%BByttan-mappyt-shemata
Саха сирэ гааһыттан маппыт схемата
Среда, 05 Сентября 2012 12:05 "Кини курдук баай айылҕалаах, кини курдук быстыбыт, быһа сиэппит омук суоҕа”. Софрон Данилов, "Санаам туймуулара” кинигэтиттэн. Киһи аймах сайдар суола тыйыс: халыҥ кыраны суурайар, элбэх аҕыйаҕы энчирэтэр. 90-с сылларга олохтоох норуот сирин баайыттан тииһинэн испитэ баара, ХХI-с үйэ бастакы уон сыла барытын ньылбы сотон ааста. Алмаас, ньиэп, гаас, чох, көмүс барыһа биһиги туспутугар кэлэн дьэргэлгэн буолан куота көттө. Аартык.ру интернет-порталга, этэллэригэр дылы, "былааска чугас киһи” интервью биэрэбин диэн эрийэ сырытта. Көрсөн кэпсэттибит. Кини хайдах-туох схеманан уочараттаах сирбит баайа – гааспыт туора дьон илиитигэр киирбитин туһунан манныгы сэһэргиир. Сүүлүктээһин саҕаланыыта - 2005 сыллаахха, республика правительствота акционер быһыытынан олорон, "Якутгазпром” (билигин "ЯТЭК”) хампаанньа акциятын улаатыннаран баран, 620 мөлүйүөҥҥэ атыылаабыта. Атыыласпыт дьон "Якутгазпром” бас билэр икки гаастаах сирин – Мастаахтааҕы уонна Орто Бүлүүтээҕи сирдэри "Сбербааҥҥа” солуок ууран, хампаанньа сайдарыгар диэн 18 млрд солкуобайы иэс ылбыттара. Хостоно илик сир баайын солуокка ууран баантан кредит ылар практика арҕаа дойдуларга туһаныллар. Бу, "Якутгазпром” хампаанньа сайдарыгар” диэн ааттаан, ылбыт 18 млрд солкуобайдарын бэйэлэрин атын проектарыгар туттубуттара. Кредитнэй лиинийэ 2013 сылга сабыллыахтаах. Кредит "Якутгазпром” сыанатыгар буолбакка, чуолаан Мастаахтааҕы уонна Орто Бүлүүтээҕи газоконденсаттаах сир сыанатыгар оҥоһуллубута диэн тоһоҕолоон бэлиэтиэххэ наада. Ол сирдэр төһө сыанаҕа туралларын "DeGolyer and MacNaughton” ("ДеГольер энд МакНатон”) диэн аудиторскай уонна консалтинговай өҥөнү оҥорор американскай хампаанньа суоттаан 18 млрдка таһаарбыта. "Якутгазпром” акциятын улаатыннарыы (дополнительная эмиссия) сабыылаах этэ. Ол аата чопчу биир атыылаһааччыга ананан оҥоһуллубута. Бастаан атыылаһааччыларынан "АЛРОСА” АК-аҕа бас бэринэр 4 тэрилтэ баара. Ол гынан баран эргитии-урбатыы түмүгэр "АЛРОСАҕа” туох да тиксибэтэҕэ. "Якутгазпрому” сэргэ "Якутгеофизикаҕа” эмиэ "АЛРОСАҕа” анаан эбии сабыылаах эмиссия оҥоһуллубута. "АЛРОСА” акцияны атыылаһан баран урукку президеҥҥэ - В.Штыровка сыһыаннаах тэрилтэлэргэ атыылаабыта. 2009 сыллаахха "Якутгазпром” 18 млрд солкуобай иһинэн сайдыахтаах программатын, сокуон ирдииринэн, регион салайааччыта В.Штыров бигэргэппитэ. 2010 сылга кинилэр гаас тарыыбын сыанатыгар "ЯТЭК” АО сайдарыгар 600 мөл. солкуобай баранар диэн суоттаан, гаас сыанатын улаатыннараллар. 2011 сылга 1 млрдтан тахсаны барыыбыт диэн гаас сыанатын өссө үрдэтэллэр. Ол курдук, 2018 сылга диэри 18 млрд солкуобайы суоттаан, гаас сыанатын үрдэтэн иһиэхтээхтэр. "ЯТЭК” АО "сайдыытыгар” сылын ахсын 1 млрдтан тахса солкуобайы былаанныыллар даҕаны, сороҕор соххор солкуобайы ол үлэҕэ ыыппаттар. "Сайыннарар үлэҕэ” диэн бюджеттарын ыстатыйатыгар булгуччу оҥоһуллуохтаах капитальнай өрөмүөҥҥэ туттубут харчыларын укпут курдук отчуоттууллар. Ол аата дьыалаҕа таҕыстаҕына, Штыров көмөтүнэн, эбии эмиссияны таһааттаран куоттаран ылаллар, кини көмөтүнэн "Сбербаантан” тэрилтэни сайыннарабыт диэн 18 млрд ылаллар. Тарыыптарын үрдэтэллэр эрээри, тэрилтэлэрин сайыннарбаттар. Оттон ол тарыыбы нэһилиэнньэ төлүү олорор. Харчы ханна тиийэн "иҥнэрий”? Ини-бии Магомедовтар хармааннарыгар киирэр. "Сбербаан” кредитыттан, ону таһынан онно эбии дивиденнэриттэн барыһыра олороллор. Магомедовтар кыһарыйан туран "ЯТЭК” АОну республикаҕа атыылыы сатыыллар - Билигин Магомедовтар "ЯТЭК” хампаанньаны 1 млрд дуолларга Саха сиригэр төттөрү күүстэринэн атыылыы сатыы сылдьаллар. "ЯТЭК” иэһин-күүһүн аахтахха ол сыанаҕа 0,6 млрд эбиллэр уонна уопсай сыаната 1,6 млрд. дуолларга тэҥнэһэн тахсар. 360 мөл. солкуобайга ылан баран, туһанан-эргитэн баран 1,6 млрд дуолларга атыылаары гыналлар. Республика президенэ Е.Борисов, РФ вице-премьерын А.Дворковичтыын көрсүһүүтүгэр ити кэпсэтии тахсыбыта. А.Дворкович уонна Магомедовтар биир кланнар. Дворкович ойоҕо омугунан дагестанка. Кинилэр санааларынан "ЯТЭГы” атыылаһарга "Сахатрансефтегаз” АО бэйэтин актыыбын "Сбербааҥҥа” солуок ууран кредит ылан атыылаһыахтаах. Борисов Москваҕа бу Магомедов-Дворкович кланыттан көмүскэл көрдүү сатыыр даҕаны була илик. Республика правительствотын бэрэссэдээтэлин солбуйааччыта А.Стручков Е.Борисов сорудаҕынан, РФ атын вице-премьерыгар И.Сечиҥҥа (Путин киһитэ) чугас дьону кытары көрсө сылдьыбыта. "Сардаана” – сыыҥка, сибиньиэс баайдаах сир - А.Дворкович мунньаҕын протоколугар биир кыра эрээри суолталаах пуун баар: күндү металларга туспа мунньах тэрийэргэ диэн. Ол тугу кэпсиэн сөбүй? Зия Магомедов Саха сиригэр гаастан ураты өссө биир актыыптаах. Кини Штыров саҕана "Сардаана” диэн полиметалл (сүнньүнэн сибиниэс, сыыҥка) баайдаах сири босхону эрэ үрдүнэн атыыласпыта. Аукцион, буоларын курдук, элбэх сокуону кэһэн оҥоһуллубута. Икки кыттааччы эрэ аукциоҥҥа "киирсибитэ”. Ону даҕаны ол тэрилтэлэр иккиэн Магомедовтар бас билэр хампаанньалара этэ. "Алмазы Анабара” АО (сал. Матвей Евсеев) кыттаары гыммытын, Штыров киллэрбэтэҕэ. Аукциоҥҥа кыайбыт тэрилтэ 30 күн иһигэр биир кэмнээх төлөбүрү төлүөхтээҕин Магомедовтаах уһатан-кэҥэтэн төлөөбүттэрэ. Биһиги сокуоммут – мэкчиргэ төбөтө, онон суут-сокуон өттүттэн кинилэргэ туох да дьарыллыы, сэмэ-суҥха ылыллыбатаҕа. Москва кланнарын киирсиитэ - Билигин Москваҕа клан клаҥҥа утары киирсэр ынырыктаахай сэриитэ буола турар. Премьер Дмитрий Медведев сотору астаапкаҕа барара кэлиэҕэ. Аркадий Дворкович уонна Зиявуддин Магомедов бииргэ МГУга үөрэниэхтэриттэн доҕордоһоллор. Зия Дворковыһы "Аркаша” диэн ыҥырарын туһунан интернеккэ булан ааҕыаххытын сөп. Аны туран, Дворкович кэргэнэ омугунан дагестанка. Ити эмиэ биир ыкса сибээс. Дворкович Медведев президенниирин саҕана көмөлөһөөччүнэн сылдьыбыта, онтон билигин солбуйааччытынан ананна. Медведев кэмигэр Зиявудин Магомедов публичнай киһи буолла. Судаарыстыбаннай сакаас бөҕөтө ылан эмискэ дуоллар миллиардера буолан күөрэс гына түстэ. АТЭСкэ З.Магомедов АТР (Азия-Тиихэй океан региона) хас да улахан бөдөҥ хампаанньаларын түмсүүтүн баһылаата. Магомедов Нидерландыга Роттердам муора пуордугар ньиэп терминалын тутуутугар меморандум түһэрсэригэр Дмитрий Медведев бэйэтинэн баар этэ. Россия харчыта атын дойдуларга инвестицияланар. Бэйэбит экономикабыт ол иһин инвестицияны аҕаларга 120-с миэстэҕэ тэбиллэн сырыттаҕа. Россия бизнеһа хайдах-туох суолунан оҥоһулларын аан дойду бизнес сообществота барыта билэ-көрө сылдьар. Сокуоннайа суох, коррупционнай суоллаах-иистээх, аһара баран хаан тохтуулаах бизнеспитин сайдыылаах дойдулар биһирииллэрэ буолуо дуо? Магомедовтар өлөрүүгэ уорбаланалларын эмиэ Россия бэчээтиттэн билиэххитин сөп. Бу ини-бии Магомедовтар сытыйа байбыт схемалара барытын кэриэтэ коррупциогеннай. Сыраларын бараан, өйдөрүн-суобастарын үлэлэтэн тутан-айан таһаарбыт бырайыактара баара буолуо дуо? Барыта сокуону кэһии, куттааһын, былдьааһын, хааны тоҕуу, тыыны быһыы суолунан барара киһини дьиксиннэрэр... Аркадий Дворкович диэн кимий? Аһаҕастык бэйэтин аатын этэриттэн туттунар киһини кытары кэпсэтэн баран, ааҕааччыларга кылгастык үөһээ ахтыллыбыт дьон кимнээхтэрин билиһиннэрэбит. Вице-премьер Аркадий Дворкович балаҕан ыйын 21 күнүгэр 40 сааһын туолуохтаах. Аатырбыт саахыматчыт уола. 2000 сыллаахха Рустамова Зумруд Хандадашевна диэн бэйэтиттэн икки сыл аҕа дьахтары ойох ылбыт. Бу дьахтар РФ баайга-дуолга миниистирин солбуйааччытынан үлэлии сылдьыбыта (2000—2004). Ити кэнниттэн икки сыл Сибиирдээҕи таас чох энергетическэй хампаанньатын вице-президенинэн үлэлээбитэ. Билигин Зумруд Рустамова «Полиметалл» диэн хайаны байытар хампаанньаҕа генеральнай дириэктэри солбуйааччы. Ону сэргэ Магнитогорскайдааҕы металлургическай комбинат, "Международный аэропорт Шереметьево” ААО, "Ханты-Мансийский банк” ААО, "Полюс-Золото” ААО, "ПИК” ААО хампаанньа бөлөҕүн Дириэктэрдэрин Сүбэтин чилиэнэ. Дворковичтан Павел уонна Владимир диэн икки уоллаах. Аркадий Дворкович 29 сааһыгар РФ Экономическай сайдыытын солбуйар миниистиринэн анаммыта. 2001 сыллаахха Нолуокка уонна төлөбүрдэргэ аналлаах РФ госкомитетын чилиэнинэн киирбитэ. Сир, Таможня, Үлэ кодексатын оҥорууга уонна бааҥҥа ууруу харчыны страховкалыыр, валютаны бэрээдэктиир сокуону оҥорууга кыттыгастаах. 2004 – 08 сс. РФ президенин экспертнэй управлениетын салайааччытынан үлэлээбитэ. 2008 сылга, Дмитрий Медведев президент буолбутугар көмөлөһөөччүнэн ананар ( http://www.mega-stars.ru/politics/dvorkovich_arkadiy.php). Дворкович пенсияҕа тахсар сааһы үрдэтии, студеннарга стипендияны төлөөбөт буолуу, государство кыттыгаһын "хаһыаттартан, пароходтартан, собуоттартан” суох оҥорор иккис приватизация "идиэйэлэрин” ааптара. Кини былаанынан, государство өлүүтэ, хаалбыт стратегическай тэрилтэлэртэн 208-тан 41-гэ диэри аччыахтаах. Федеральнай унитарнай тэрилтэ ахсаана 230-ттан 159-ка диэри аҕыйыахтаах (http://via-midgard.info/news/in_russia/10047-zavetnyj-bigmak-sovetnika-prezidenta-kto-i-kak.html). Зиявудин Магомедов диэн кимий? "Сумма” – аан дойду биир баараҕай транснациональнай логистическай хампаанньаларын бас билэр ини-бии Зия уонна Магомед Магомедовтар Дмитрий Медведев дойдуну салайбыт кэмигэр эмискэ олигархтар кэккэлэригэр киирдилэр. "Госсакаас хоруола” диэн ааттаммыт Зия Магомедов биир сыл аҕа убайыныын Россия икки улахан муора пуордун баһылыыллар. Россия ньиэбин саамай бөдөҥ атыылаһааччытын – Роттердам пуордун кытары бииргэ үлэлиир стратегическай партнер быһыытынан дуогабардаахтар. Роттердамҥа ньиэп кутар терминал тутуутун тендеригэр кыайбыттара. Онон Европаҕа Россияттан киирэр ньиэби барытын хонтуруоллуур кыахтаннылар. "Сумма” быйыл сааскыттан Европаҕа биир саамай бөдөҥ - "Домодедово” аэропорды атыылаһарга кэпсэтии ыыта сылдьар. 2011 сыл тохсунньутааҕы терагын кэнниттэн, РФ салалтата "Домодедово” аэропорт билиҥҥи хаһаайыттарын (ол иһигэр Дмитрий Каменщиковы) актыыптарын атыылыылларыгар күүскэ күһэйбиттэрин этэллэр. Аэропорду атыылаһыах эрэ кэриҥнээх тэрилтэнэн соҕотох "Сумма” ааттанар. Магомедовка эрэ "Сбербаан” 2 млрд кредит биэрэр усулуобуйата тэриллибитин кэпсииллэр ("Сбербаан” тойоно Герман Греф Дворковичтыын биир кэмҥэ РФ правительствотыгар үлэлээбиттэрэ). http://www.aviaport.ru/digest/2012/03/26/231853.html Олигархтар суоллара Ини-бии Магомедовтар улахан бизнескэ 1995 сыллаахха "Диамант" бааны атыылаһан киирбиттэр. Бааны оччолорго эдэр финансист Алексей Френкелинэн салайтарбыттар. Баан государственнай хампаанньалары кытары "тахсыылаах” үлэтин түмүгэр, уот начаас 20 бөдөҥ баан иһигэр киирэр. 1998 сыллаахха Госдума депутата Сергей Шашурин "Транснефть" салалтатын үбү сиэһиҥҥэ буруйдуур, харчы сууйуутугар "Диамант" баан кыттыгастааҕын ыйар. "Диамант" баан хаста да сокуону кэспитин түмүгэр, РФ Киин баана лицензиятын быһар. Ол кэнниттэн 5 сыл буолан баран Киин баан солбуйар председателя Андрей Козлов өлөрүллэр. Онно Алексей Френкели буруйдууллар, Френкель 19 сылга хаайыыга барар. Сорохтор бу өлөрүүгэ Френкели "кимнээх эрэ” балыйдылар диэн этэллэр. Магомедовтар мантан бүдүрүйэн-охтон барбаттар, төттөрү күннэрэ дьэ тыгар. Бизнескэ ини-биилэртэн, докумуон быһыытынан, кыра Магомедов – Зия хаалар. Магомед политикаҕа барар. Смоленскай уобаластан сенатордыыр. Онтон Дагестан президенин быыбарыгар кыттар. Билигин Сергей Миронов көмөлөһөөччүтэ. 2001-02 сыллааҕы Саха сирин айдааннаах быыбарыгар, Михаил Николаевы туоратыы, Вячеслав Штыров кандидатуратын туруорааһыҥҥа Магомедовтар кыттыгастаахтар диэн суруйаллар. 2006 сыллаахха Зия Магомедов "Сумма” хампаанньата Саха сирин сүрүн гаастаах актыыбын – "Якутгазпром” АОну атыылаһар. Бу атыыны-тутууну "АЛРОСА” АК бырачыастыы сатаабыттаах: "Сокуоннайа суох эбии эмиссия таһааран, "АЛРОСА” өлүүтүн "Якутгазпром” уонна "Сумма Капитал” аччатан суурайан кэбистэ”, - диэн. Ол да буоллар Могамедовы кыайбаттар. Дагестаннар кланнара Политолог Станислав Белковскай этэринэн, Зиявудин Магомедов "дагестаннар кланнарыгар” киирсэр (http://www.inosmi.ru/economic/20120405/189923710.html#ixzz25WP2M8hq). Бу клаҥҥа "АЛРОСАны” атыылаһарга баҕатын биллэрэр Дагестан Федерация Сүбэтигэр бэрэстэбиитэлэ, миллиардер, Дмитрий Медведев чугас эргимтэтигэр киирэр - Сулейман Керимов эмиэ баара биллэр. Керимов "АЛРОСА" билиҥҥи социальнай эбээһинэһин утарарын бэчээккэ иһитиннэрэн турар.
Туйаара НУТЧИНА.
|
Category: Коррупция |
Views: 1541 |
Added by: uhhan2
|
|
|
Ааҕыылар |
Баар бары (online): 105 Ыалдьыттар (гостей): 105 Кыттааччылар (пользователей): 0 |
|