Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [670]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [93]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [239]
Тюрки [76]
Саха [153]
литература [42]
здоровье [465]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [123]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2012 » Балаҕан ыйа » 28 » Аймахтыылар, билсиилээхтэр-көрсүүлээхтэр
Аймахтыылар, билсиилээхтэр-көрсүүлээхтэр
18:08
 "Прокурордар дьыалаларыттан” сиэттэрэн... политиктар дьахтарга "сылаабастарыгар" тиийии
Пятница, 28 Сентября 2012 12:03
"РФ Генеральнай прокуратуратын хамыыһыйата Саха Республикатын прокуратуратыгар бэрэбиэркэ ыытан баран – 24 прокурор хамнаһын хас да мөлүйүөҥҥэ уоран эбинэ сылдьыбытын булбут” диэн оҥорбут "кистэлэҥ түмүгэ” интернет нөҥүө бар дьон истиитигэр тахсыбыта. Тахсарын тахсыбыта да, үрдүк сололоох прокурордарга туох да дьарыллыы ылыллыбата. Бу аата тугуй, СОКУОН эмиэ талымастаан барарын быһыыта? Ким эрэ 200 тыһыынчаҕа сир-буор сирэйдэнэр, ким эрэ сүүһүнэн  мөлүйүөҥҥэ төбөтүттэн имэриллэр...
***Саха сирэ Ис дьыала миниистиригэр субуруччу икки төгүл табыллыбата. 2002 сыл сэтинньитигэр Ис дьыала миниистиринэн анаммыт Ростовтан кэлбит Александр НАЗАРОВ саҥа ананан кэлээт кэриэтэ солбуйааччытын Сергей ГАНЗЕЕВЫ кытары олохтоох предприниматели эккирэтэ сылдьан кырбаан улахан араллааны таһаарбыта. Суут, биллэн турар, улахан дуоһунастаах быраабы араҥаччылыахтаах дьон диэки буолан, "буруй дакаастамматаҕа”. Ол гынан баран, нэһилиэнньэ ити нүдьү-балай быһыыттан  улаханнык кэлэйэн турар.
Назаров Ростовтан кэлэригэр икки киһини аҕалбыта: Сергей ГАНЗЕЕВЫ уонна Марат САРУМЯНЫ. Ганзеевка Стахов саҥа дуоһунас толкуйдаан - Дьокуускайы көрөр-истэр миниистир солбуйааччытынан анаабыта. Оттон Сарумяны милииссийэ анал сулууспатын управлениетын (УССМ) баһылаттарбыта. Бу дьон үлэлиир кэмнэригэр "криминал үүнэ-тэһиинэ суох барда” диэн кэриэтээһин аан бастаан подполковник Анатолий ДЗИВИЦКЭЙ уоһуттан тахсыбыта.
Аата-суола барбыт Назаров 2005 сылга уурайар. Дуоһунаһын туттарбакка да эрээри, Саха сириттэн куотан кэриэтэ тэскилээн хаалар. Кэлин Сарумянныын массыына саахалыгар түбэһэллэр, онтон "Назаров эппэрээссийэлэнэ сытан өллө” диэн сонун иһиллэр.
***
Назаров кэнниттэн сыл курдук Ис дьыалабыт миниистирэ суох олорор. Онтон 2006 сыллаахха өссө биир бөтөс, "айдааннаах баккылаах” Яков СТАХОВ ананааһына саҕаланар. Стаховы хара маҥнайгыттан "сир баайын, чуолаан көмүһү үллэстэргэ анаан ыннарааттан ыыппыттара” диэн сабаҕалааччылар бааллар. Эбээн-Бытантайга баран буукка ытыллан кэлбит төрүөтэ эмиэ итиннэ сытар дииллэр. Вертолетунан дуу, сөмөлүөтүнэн дуу көппөккө оччо ыраах тоҕо джибынан барда? Аара баран иһэн көмүс хостуур бириискэлэри кэрийтээн ааһаары?
Стахов аатын-суолун ыыттаран, иһин-баккытын ырыттаран баран 2001 сыл муус устар 6 күнүгэр дуоһунаһыттан босхолонор.
Быйыл олунньуга Стахов Дьокуускайга доппуруоска кэлэ сылдьыбыта. Следственнэй кэмитиэт Саха сиринээҕи управлениетыгар доппуруостана олорон сүрэҕэ ыалдьыбыт аатыран балыыһаҕа киирэр. Онтон сөмөлүөтүнэн (кини аатыгар билиэт ылыллыбатаҕын да үрдүнэн) Москубаҕа күрээбит сураҕа иһиллэр. Стаховы билиҥҥи миниистир Виктор КОШЕЛЕВ уонна прокурор Анатолий ПОДЛАСЕНКО массыыналара көтөр балаһаҕа киллэрэн атаарбыттарын туһунан хаһыаттарга суруллубут. Ол эрээри тустаах чыыннаах дьон ону кыккыраччы мэлдьэһэн кэбиспиттэрэ.
Стахов федеральнай ирдэбилгэ биллэриллибитэ сыл аҥаарыттан орто. Ол эрээри эриэхситиҥ тутуллан биэрбэтэ сөхтөрөр.
Билиҥҥи миниистир Виктор КОШЕЛЕВ 2011 сыл сайыныгар анаммыта. Бакаа улахан айдааҥҥа аатын барыы илик.
***
Саха сирин прокурорунан Анатолий ПОДЛАСЕНКО анаммыта алтыс сыла. Кини бу иннинэ Хабаровскай кыраайга үлэлии сылдьыбыта. Хоту республикаҕа көһөн кэлэригэр 20-ттэн тахса киһини "сыһан-соһон” аҕалбыта биллэр.
Подласенко сааһа 60-на. Уонна бачааҥҥы диэри ойоҕо, оҕото  суох. Дьикти. Итиччэ дуоһунастаах, хамнастаах киһи, эппиккэ дылы, талбытын ылыахтааҕа. Кэргэнэ, оҕото суох киһи сиэр-майгы өттүнэн син-биир туох эрэ дьиэктээх буолуон сөп... Ону туоһулуур видео тустаах уоргаттарга харалла сытар диэн этэр дьон эмиэ баар.
Подласенко уонна кини Хабровскайтан кэлбит эргимтэтин тула айдаан олус элбэх. Дьиэ-уот, массыына, баай-дуол хамсааһына... Ол гынан баран кинини дьарыйар киһи көстүбэт. Тоҕо диэтэххэ, билсиитэ-көрсүүтэ, дурдата-хаххата инньэ Москубаҕа тиийэн иҥнэр буолан сирэйин тириитэ халыҥаатаҕа.
Алта сыл тухары хамнаска уоран хотугу төлөбүрү оҥосто сылдьыбыттарын быйыл буллулар эрээри «…данные нарушения не носят системного и умышленного характера», - диэн түмүктээтилэр. Өссө аһара баран бу "систиэмэтэ суох буруйу” бэрэбиэркэлииргэ Подласенконы бэйэтин анаабыттар! Бэйэм уорбуппун бэйэбэр бэрэбиэркэлэтэллэр...
***
Аны ол бэрэбиэркэһиттэрбит бастаан кырдьык-хордьук Москубаттан – РФ Генпрокуратуратыттан кэлбит диэн этэ да, бу кэлин биллибитинэн, олох даҕаны Дальнай Восток управлениетыттан, били алта сыл ыннараа өттүгэр алтыспыт прокуратуратыттан кэлбит буолан таҕыста...
Ол хамыыһыйабыт кэлэн икки күн, ону даҕаны ыам ыйын 1,2 - бырааһынньык күн кэлэн бэрэбиэркэлээбитэ буолан барбыт. Бэрэбиэркэлээтэ эрэ бырааһынньыктаата эрэ, биллибэт. Хамыыһыйа үс киһиттэн турбут: каадыр үлэһитэ Наталья СЕРГА уонна икки көннөрү прокурордар – Лариса АЛЕКСЕЕВА уонна Николай ЖНАКИН. Бу дьонтон биир да киһилэрэ  финансист-бухгалтер үөрэҕэ суох эбит. Оттон хамыыһыйа бухгалтерия докумуонун хаһыахтааҕа...
***
Хамыыһыйа уураахтаабытын кэннэ, ПОДЛАСЕНКО бэйэтин бэйэтэ бэрэбиэркэлэнэн баран каадыр үлэһитигэр Моисей ИЛЛАРИОНОВКА уонна кини солбуйааччытыгар Виктор ШАБЛЯҔА кытаанах быыгабар биллэрэр. Ону сэргэ күрүө намыһахтыы каадыр отделын үлэһитигэр быыгабар биэрээри гыммыта, ол күн элбэх оҕолоох ыал ийэтэ Ирина Егорова "бэйэтин баҕатынан” уурайан хаалан быыгабары ылбакка хаалар. Ол аата каадырдар бэйэлэрэ соруйан, уоран, күүһүлээн туран тойонноругар хамнаһын алта сылы быһа үрдэтэ олордохторо...
***
Аймахтыылар, билсиилээхтэр-көрсүүлээхтэр
"В Якутии.ру” ИХ суруйбутунан, ПОДЛАСЕНКОНЫ "бэрэбиэркэлэтэ” Дальнай Восток управлениетыттан РФ генеральнай прокурорун солбуйааччыта Юрий  ГУЛЯГИН ыыппыт. Оттон ол ГУЛЯГИН РФ генеральнай прокурорун Юрий ЧАЙКАНЫ аймаҕа диэн элбэх сайт биллэрэр эбит.  
Биир суруйуунан ЧАЙКА Дмитрий МЕДВЕДЕВ киһитэ. Саҥа сиппиир саҥалыы сиппийэр дииллэринии, былаас уларыйбытынан сибээстээн, прокурорбут даҕаны олоҕо түөрэҥниэн сөп.
"Аймахтаһыы, улуустаһыы, алаастаһыы” саха тойотторугар көстөр диэн сирэй-харах анньаллара. Алаастаһыыны утарбыт Яков СТАХОВ уола Григорий СТАХОВ ОБЭП сотруднига буола сылдьан бэрт бүдүмүк дьыалаларга түбэһэн баран ууттан кураанах тахсарын туһунан элбэх суруйуулар тахсаллара.
Дьиҥинэн, билсии-көрсүү, дойдулааҕымсыйыы судаарыстыба салалтатын  таһымыгар баар көстүү.  Дмитрий МЕДВЕДЕВ көмөлөһөөччүтэ, билигин вице-премьер Аркадий ДВОРКОВИЧ кэргэнэ дагестанка Зумруд РУСТАМОВА биир дойдулаахтарын ини-бии МАГОМЕДОВТАРЫ, "АЛРОСА” АК-ны атыылаһарга интэриэстээх Сулейман КЕРИМОВЫ кытары биир клаҥҥа киирсэллэрин туһунан эрдэ суруйан турабыт.  Генпрокурор ЧАЙКА уола "Роснефть” вице-президенин уолун уорууга кыттыгастаах этэ диэн этэллэр.
Инньэ гынан, дойдубут салалтата бэйэтэ прокурордаах, силиэдэбэтэллээх, олигархтаах, полициялаах, сууттаах-судьуйалаах буолан сокуону хайа-талбыт эргитэ сылдьар кыахтаах.
***
Билигин  Владимир ПУТИН, кини дьоно былаастарын төнүннэрэргэ үлэлии сылдьаллар диэн, "Аартык.ру” интернет-хаһыакка  "Саха сирин гааһыттан маппыт схемата” диэн ыстатыйаҕа  сэһэргэспит киһибит этэн турар. Кини "сотору МЕДВЕДЕВ дуоһунаһыттан барыаҕа, кини кэнниттэн кини дьонноро ылҕаныахтара” диир.
Оччотугар "биһиги” ПОДЛАСЕНКОБЫТ даҕаны үтэһэтэ туолуо ини диэн үөрүөххэ баар. Ол гынан баран, син биир ким эрэ аннынан сылдьар прокурор, сокуон иһинэн үлэлиэ дуо диэн ыйытыы үөскүүр.
***
Ханнык баҕарар үйэҕэ сэрии төрүөтэ - дьахтар
Былыр-былыргыттан аҕа уустара кими эрэ кытары куомуннаһаары гыннахтарына дьахталларын уган биэрэллэрэ. Ол курдук, нуучча тронун кийииттэрэ Пруссияттан, Австрияттан төрүттээхтэрэ.
Дьахтарынан өйү, күүһү сүүйүү аныгы Россияҕа да туттуллубата буолуо дуо? Холобур, ДВОРКОВИЧ дагестанканы кэргэн ылан бу норуот бэрэстэбиитэллэригэр улахан экономическай тирэҕи биэрдэ.  
ПУТИНЫ кытары узбечка Алина КАБАЕВАНЫ холбуу сатыыр туох интэриэстээҕий? Орто Азияттан тахсыбыт урукку Сэбиэскэй сойуус территориятыгар үлэлиир олигархтар эмиэ аҕыйаҕа суохтар. Холобур, Алишер УСМАНОВ. Кини кэргэнэ Ирина ВИННЕР Россия саамай бочуоттаах художественнай гимнастикатын тренерэ, Кабаеваны аан дойдуга таһаарбыт дьахтар буолар.
 ПУТИН Орто Азияҕа хайыһан Киргизия хас да миллиардтаах иэһин сотто, Казахстаны кытары ыкса сибээһин өссө ыксарда, аһара баран "Евразийскай союз” диэн Азияҕа тайанан сайдар идиэйэни таһаарда. Манна дьахтар оруола суоҕа буолуо дуо?
***
ААРТЫК.РУ
Category: Суд-закон.МВД.Криминал | Views: 1374 | Added by: uhhan2
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  Балаҕан ыйа 2012  »
БнОпСэЧпБтСбБс
     12
3456789
10111213141516
17181920212223
24252627282930
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 88
Ыалдьыттар (гостей): 88
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024