News topics |
Политика.Митинги. Пикеты. Партии
[900]
|
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения
[263]
|
Суд-закон.МВД.Криминал
[1280]
|
Право, закон
[323]
|
Экономика и СЭР
[839]
|
Власть Правительство Ил Тумэн
[1207]
|
Мэрия, районы, муниципалитеты
[400]
|
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО
[215]
|
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка
[555]
|
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги
[155]
|
Коррупция
[862]
|
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство
[291]
|
Социалка, пенсия, жилье
[277]
|
ЖКХ, строительство
[132]
|
Образование и наука. Школа. Детсад
[215]
|
Люди. Человек. Народ. Общество
[225]
|
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет.
[670]
|
Алмазы Анабара
[161]
http://alanab.ykt.ru//
|
Земля. Недра
[240]
|
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода
[378]
|
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ
[158]
|
Промышленность
[43]
|
Нефтегаз
[284]
|
Нац. вопрос
[284]
|
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации
[65]
|
Дьикти. О невероятном
[183]
|
Выборы
[661]
|
Айыы үөрэҕэ
[93]
|
Хоһооннор
[5]
|
Ырыа-тойук
[23]
|
Ыһыах, олоҥхо
[102]
|
Култуура, итэҕэл, искусство
[365]
|
История, философия
[239]
|
Тюрки
[76]
|
Саха
[153]
|
литература
[42]
|
здоровье
[465]
|
Юмор, сатира, критика
[14]
|
Реклама
[7]
|
Спорт
[123]
|
В мире
[86]
|
Слухи
[25]
|
Эрнст Березкин
[88]
|
Моё дело
[109]
|
Геннадий Федоров
[11]
|
BingHan
[4]
|
|
|
Main » 2012 » Сэтинньи » 29 » саха имни даҕаны - Көмүстээх көҕөннөөх, күрэн кулун күөкэстиир үйэбит күрэнэн хаалан, көҥүлбүт күрүөлэнэн, көмүс саҕалаахтар күөннэригэр кү
саха имни даҕаны - Көмүстээх көҕөннөөх, күрэн кулун күөкэстиир үйэбит күрэнэн хаалан, көҥүлбүт күрүөлэнэн, көмүс саҕалаахтар күөннэригэр кү | 22:16 |
Бүөтүр Уйбаанабыс Кэрээкин Өксөкүлээх Эдьигээҥҥэ сырыытыттан бэлиэтээһиннэр Саха норуотун биир биллэр чулуу уола, омукпут уус-уран литературатын төрүттээбит улуу убайбыт, айар тыл аҕата, бөлүһүөк, суруйааччы, ырыаһыт, хоһоонньут уонна алгысчыт Өлөксөй Дьэлиһиэйэбис Кулаковскай күн сирин көрбүтүттэн хайыы үйэ 135 сыл ааһа оҕуста. Быйыл, Кулаковскай үбүлүөйэ Эдьигээн улууһун 380 сыллаах үбүлүөйүн кытта сөп түбэстэ. Биллэрин курдук, Кулаковскай олоҕо Эдьигээн сирин-уотун кытта ыкса ситимнээх этэ. Временнэй правительство былааһы ылан олордоҕун саҕана, 1917 сыл сайыныгар, Кулаковскайы Верхоянскай уокуругар (билиҥҥи Эдьигээн, Булуҥ, Усуйаана, Абый, Аллайыаха, Муома, Верхоянскай улуустара киирэллэрэ) комиссарынан анаан ыыппыттар. Ол да иннигэр, кини Эдьигээн олохтоохторун олоҕор-дьаһаҕар тутул чэрчитин дьайыытын, сахалар уустук кэм үөскээһинигэр хайдах быһыылаах уларыйыылары көрсүбүттэрин үөрэппитэ-чинчийбитэ биллэр. Ол курдук, Бүлүү куоратын үс кылаастаах училищата үрдүк таһымнаах высшай начальнай училища буолар сылыгар онно учууталлыы сылдьан суруйбут суруга Саха Өрөспүүбүлүкэтин Национальнай архыыбыгар харалла сытар. Бу суругу Ө.Дь. Кулаковскай 1912-1913 сылларга хотугу улуустарга таһаҕас тиэйиитинэн дьарыктана сылдьан суруйбут буолуон сөп. Манна кини 100 сылы эрэ кыайбат уҥуоргу кэмҥэ (1913 с.) санаан-этэн ааспыт тыллара, билиҥҥи олоҕу кытта ыкса ситимнээх, биһиэхэ ыҥырыы курдук суруйбут суруга хайа баҕарар киһи интэриэһин тардыан сөп. Суруктан кэлии дьоннору тойоннооһун туһунан быһа тардыыны аҕаллыбыт. Оччотон баччааҥҥа диэри Саха сиригэр кэлиилэр олохтоох дьону кытары сыһыаннара бэрт уустук кыһалҕалары үөскэтэрэ. Билиҥҥитин да курдук үөһээттэн кадрдары аттаран туруоруу бэлиитикэтэ дьон-аймах олоҕор улахан оруолу оонньуура. Ыраах ыраахтааҕы ыйааҕынан соһуччу кэриэтэ соҥноммут кэлии тойоттор туох-ханнык сиэрдээх сууту ыытыахтарай, криминалы эрэ кытта алтыһан, коррупцияны хаҥаталлара. Өксөкүлээх убайбыт барахсан сахалар күөмчүлэммиттэрин, кэлиилэр хадаҕаламмыттарын ханан тумнан ааһыаҕы сүбэлээбитэ үөлээннээхтэрбитигэр үөрэх буолара саарбаҕа суох. Бэйэтэ эпиитинии «көҥүлбүт күрүөлэммит кэмигэр көмүскээччилэр» көстүөхтэрэ дуо? Сурукка саха дьонун былыргылыы сиэрэ, майгыта-сигилитэ сатарайыытын, уонна онно холуобунай элементан – үрдүк тойотторугар тиийэ түөкүттэр мөкү сабыдыалларын ырылхайдык көрдөрбүтүн иһин, биһиги, билиҥҥи кэм дьоно Өлөксөй Дьэлиһиэйэбискэ махтаныах эрэ тустаахпыт. Итиннэ даҕатан эттэххэ, бүгүҥҥү кэмҥэ төрүт өбүгэлэр үгэстэрин суурайар өрүттэртэн – сайдарыгар Өксөкүүлээх үлэлэрэ төрүөт буолбут, билиҥҥитинэн улахан таһымнаах, "Кут-сүр”, "Тайылҕан” уопсустубалар тарҕатар Айыыларын Үөрэҕэ эрэ абырыах курдук. Ону биһи умнуо суохтаахпыт. Суругу А4 формааттаах 8 лиискэ икки өттүгэр хоҥор өҥнөөх чэрниилэнэн ааптар бэйэтин илиитинэн суруйбут. Былыргы суруйуу истиилин уларытыллыбакка бэриллэр.
«Үһүс сыла буолла быйыл, соҕуруу дойдуга суолу оҥорон көскө Эдьигээн улууһугар кэлбиттэрэ - 10 татар кэлтэ – биһиги черкестэрбит – диэччилэр. Ол маҥнай кэллэхтэринэ биирдии бэйэлэрэ иккилии быһаҕы сиэптэригэр уктар этилэр, сорохтор атахтарыгар уктар этилэр. Олохтоох дьонтон куттанан оннооҕор түүн харабыллаах хонор этилэр. Рындин сэтээтэл эрдэҕинэ оннооҕор кинилэргэ эҥин-эҥин саалары көҥүллүүр этэ, бэрдээнкиттэн бастыы көҥүллүүрэ. Олохтоох дьон нуучча өттө этэллэрэ: "Айыбыын черкестэр кэллилэр, хайа ол күтүрдэр өлөртөөн кэбиһиэхтэрэ, дьиэҕит аанын хатыы сылдьыҥ, борукка-сорукка биирдии киһи сылдьымаҥ”, - дииллэрэ. Ол сүртэн-сүрдээх кэптээх-киэлилээх дьон икки сайыны, икки кыһыны олордулар да кинилэрэ суох карты оонньоммот буолла, биэчэр тэриллибэт буолла, дьахталлар даҕаны ньуурдарын бөрүкү толлубат буоллулар, син киһи да киһи дэһэр буоллулар, сорох нуучча дьахталлара артыал да гынар буоллулар. Кэлиэхтэриттэн арыгынан, картынан эргинэр буоллуллар. Якутскай уобалас баһылык тойонун сүрдээх ыйааҕа саха икки нуучча иккигэ эрэ баар буолар эбит, нууччаттан сахаттан эккирэтэ сылдьан иһэр да арыгыларын тутталыыллар, оннооҕор испииринэн оҥоһуллубатах, күндү отонунан оҥоһуллубут арыгыны туталлар. Биирдии черкес сүүрбэлии-отуттуу биэдэрэни эргиэн оҥоһуннахтарына ол тутуллубат, оннооҕор олохтоох сэтээтэлгэ тыллабыр киирдэҕинэ төрүт дьэдьийэ да соруммат. Ороһооспо иннинэ үс хонук урут Мөҕө Кузмаа диэн киһини кытта, Кильдэм-Хаҥалас Данила Федоров диэн киһи, иккиэн арыгылаабыттар, ол дьону Сэтээтэл тойон хаайыыга угуталаабыт, онтон абаран Федоров ойоҕо Балбаара Сэтээтэлгэ баран тыллабыр оҥордо. "Сэтээтэл тойонум бу арыгы атыылааччылар дьону өлөрөллөрүгэр тиийдилэр, арыгыны, испиири атыылыыр дьону мин билэбин, испиирдэрэ баар даҕаны сирдэрин билэбин, тойонум казакта аҕал, эбэтэр бэйэҥ баран дьэгдьирдэ оҥор, мин ыйталаан биэриэм”, - диэтэ. Онуоха Сэтээтэл тойон эттэ, "сарсын күн ортотугар барыахпыт” - диэтэ. Ол гынан баран күнтэн күн тардыллан истэ, уһугар тиийэн букатын кыһаммат буолан хаалла. Курдарытын быһан эттэххэ, соҕуруу дойду улаҕатыттан туран, Муустаах муора кытыытыгар баар дьиикэй дьоннорго "тойон буолуом” диэн ааҥнаан сэмэлээн кэлэн испитин бар дьон көрбүттэрэ буолуо эбээт, арай мин көрүүбэр, ойохтуун иккиэн хамнас ылан бэйэлэрин туһаларын эрэ тупсарар наадатыгар кэлбит тойонноох хотун курдук көрөбүн. Хотун буоллаҕына, ыалдьыбыт сахалар ыҥырдахтарына, дьиэлэригэр барбат, оҕо да буоллун, улахан да киһи буоллун, манна аҕалыҥ диир. Киһи эрэ барыта сөһүөҕэр тура сылдьан ыалдьыбат, оҕо да буоллар ыһаардаах-тиһиктээх буолар. Мин бэйэм санаабар ыалдьыбакка сылдьар өлүөр дьахтар дьиэҕэ кэлэн эмтиэн даҕаны сөп ини, син нууччаларга сылдьар эбээт, саха туһа буоллаҕына сорох ардыгар, уоспутчутта аҕалыҥ диэхтээх. Ол биһиги Булуммут уоспутчуттаныахтааҕар, көлө дьүһүнүн дьылга бэрт ахсааннаахтык көрөн аһарабыт, итигэннэ куоратын иһинээҕи ыал бэрт кыараҕас, киһи күҥҥэ үстэ да төгүрүйбүтүн иннигэр бөрөкү сыларҕаабат сирэ. Урут эмиэ айаҥҥа барарга даҕаны, эбэтэр бэйэ билэр ыарыытыгар ыарыттахха, Булун фельдшериттэн ылыллар буолара. Аны нууччаттан атын саха көрдөөтөҕүнэ, эрэйэ-муҥа, соро суох биэрбэт. Саха дьахтара эмсэх тумугун көрдөөтөҕүнэ, - ээ, саха дьахтара син ынах буолбат дуо, эмсэҕэ даҕаны суох сатаныаҕа - диэн биэрбэт. Онон мин санаабар арай нуучча эрэ наадатын туһугар кэлбит курдук саныыбын, саха имни даҕаны - Көмүстээх көҕөннөөх, күрэн кулун күөкэстиир үйэбит күрэнэн хаалан, көҥүлбүт күрүөлэнэн, көмүс саҕалаахтар күөннэригэр күрүөлэнэн хаалбыт эбиппит. Күүрүөх дьонум көрдүгүт дуо, ону көмүскээччи көстүбэт эбээт, Күн ыраахтааҕыга дылы ыраах, Сырдык таҥараҕа дылы үрдүк. Көстөр аламай күн кырдьыгын сырдыга сабылынна, ураанхай икки атахтаах, араҥ албаһа аатырда! Саха омук санаата саньыалхай буолан, атарах-сатарах буоллубут. Үөскүүр эдэр ыччат дьон, үтүө үөрэх күүһүн үмүрүччү тардан ыллахтарына! Арай оччоҕо көмүс саҕалаахтар күөннэриттэн көтүө инибит, аламаҕай күн үтүөтүн тутуох этибит. Төрүүр оҕо дьоло тобуллуох, иитэр сүөһү күрүөтэ көнүөх этэ! Икки атахтаах ураанхай саха санаата саҕаллыах этэ!”
|
Category: Саха |
Views: 1796 |
Added by: uhhan1
|
|
|
Ааҕыылар |
Баар бары (online): 4 Ыалдьыттар (гостей): 4 Кыттааччылар (пользователей): 0 |
|