News topics |
Политика.Митинги. Пикеты. Партии
[900]
|
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения
[263]
|
Суд-закон.МВД.Криминал
[1280]
|
Право, закон
[323]
|
Экономика и СЭР
[839]
|
Власть Правительство Ил Тумэн
[1207]
|
Мэрия, районы, муниципалитеты
[400]
|
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО
[215]
|
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка
[555]
|
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги
[155]
|
Коррупция
[862]
|
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство
[291]
|
Социалка, пенсия, жилье
[277]
|
ЖКХ, строительство
[132]
|
Образование и наука. Школа. Детсад
[215]
|
Люди. Человек. Народ. Общество
[224]
|
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет.
[670]
|
Алмазы Анабара
[161]
http://alanab.ykt.ru//
|
Земля. Недра
[240]
|
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода
[377]
|
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ
[158]
|
Промышленность
[43]
|
Нефтегаз
[284]
|
Нац. вопрос
[284]
|
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации
[65]
|
Дьикти. О невероятном
[183]
|
Выборы
[661]
|
Айыы үөрэҕэ
[93]
|
Хоһооннор
[5]
|
Ырыа-тойук
[23]
|
Ыһыах, олоҥхо
[102]
|
Култуура, итэҕэл, искусство
[365]
|
История, философия
[239]
|
Тюрки
[76]
|
Саха
[153]
|
литература
[42]
|
здоровье
[465]
|
Юмор, сатира, критика
[14]
|
Реклама
[7]
|
Спорт
[123]
|
В мире
[86]
|
Слухи
[25]
|
Эрнст Березкин
[88]
|
Моё дело
[109]
|
Геннадий Федоров
[11]
|
BingHan
[4]
|
|
|
Main » 2012 » Сэтинньи » 30 » «Максимов дьыалата» хаттаан көрүллэр буолбута - Россияҕа бытааннык да буоллар суут-сокуон эйгэтигэр демократическай хамсааһыннар киирэн эрэл
«Максимов дьыалата» хаттаан көрүллэр буолбута - Россияҕа бытааннык да буоллар суут-сокуон эйгэтигэр демократическай хамсааһыннар киирэн эрэл | 22:53 |
«Максимов дьыалата» уонна Кыыс Ньургуннар Пятница, 30 Ноября 2012 21:34
Саха сирин олохтоохторун үгүстэрин долгуппут «Афанасий Максимов дьыалата» диэн ааттаммыт уголовнай дьыала Саха сирин Үрдүкү суутугар хаттаан көрүллэр буолбута – бу республика общественноһыгар улахан суолталаах событиенан буолар. Ааһа баран эттэххэ, омук быһыытынан бэйэбитин билинэрбитигэр биир улахан суолу-ииһи хаалларар дьыала буолла диир дьону кытары сөбүлэһэбин. Олох уларыйа турар, кэм-кэрдии биир кэм куһугуруу көтөр, үйэни атын үйэ солбуйар. Общество өйө-санаата ол тэҥинэн эмиэ инники хардыылыыр. Билигин Россия үрдүнэн былааска улахан итэҕэл суох буолан «гражданскай общество сайдыахтаах» диэн хамсааһыннар бөҕө буолалларын урукку курдук үһү-таамах быһыытынан буолбакка, илэ Интернет нөҥүө бары билэн олоробут. Төһө да киинтэн ыраах сыттарбыт бэйэбит холбутунан «норуот күүһэ - көмүөл күүһэ» диэн дьайыылары олохпутугар көрсөр буоллубут. Ол эрээри ол «көмүөл күүһэ» үксүгэр урукку курдук плакаттардаах аһаҕастык тахсан пикеттээн эрэ буолбакка, олох уларыйыытынан Интернеккэ санаа атастаһыытын нөҥүө барара билигин биһиги олохпут уратытынан буолла. Бу – общество демократия диэки хардыылыырын туоһута. Киһи-аймах олоҕор Интернет букатыннаахтык киирбитинэн билигин дьон-сэргэ өйө-санаата улаханнык уларыйда. Ол туһунан профессор Михаил Эпштейн «Русский журнал» диэн изданияҕа тохсунньу 30 күнүгэр биэрбит интервьютугар бэлиэтээн эппитин санатыахпын баҕарабын: «Билигин обществоҕа сетевой өй-санаа – ноократия диэн баар буолла. Манна ханнык да былаас диэн суох, дьон-сэргэ электроннай сибээстэр нөҥүө санаатын, толкуйун этэн-тыынан атын дьону кытары тута үллэстэн бэйэтин олоҕор интеллектуальнай дьайыылары оҥорор буолла» диэн. Ол сиэринэн биһиги республикабытыгар уонна атын дойдуларга буолар событияларга санаабытын үллэстэрбит – общество сайдыытыгар улахан олук. Биллэн турар, Интернет куһаҕан информация, кир-хох миэстэтэ, ооҕуй оҕус сабынан барыбыт төбөтүн хайдах баҕарар буккуйар диэни аахсыбакка туран эттэххэ, норуот бэйэтин санаатын аһаҕастык, цивилизованнайдык, Россия сокуонун тутуһан туруорсарыгар Интернет төһүү күүс буолбута мэлдьэҕэ суох. Маннык демократия биир көстүүтэ олохпутугар букатыннаахтык киириитин биричиинэтинэн 90-с сылларга кэккэ хамсааһыннар үөскээн силис-мутук тардыбыттара дьон өйүгэр-санаатыгар дириҥник иҥмитэ көстөр. 90-с сыллартан саҕалаан ССРС улуу империята эстэр суолга киирэн Россия демократия суолугар үктэммитин туоһулара билигин да баарбыт. Оччотооҕу общество кэрдиис кэмигэр саҥа өй-санаа тарҕанан обществоҕа саҥа геройдар баар буолбуттара. Ол курдук демократияны тарҕатыыга, туруорсууга общество сорох идэлэри олох инники күөнүгэр таһаарбыта. Биир оннук демократияны тарҕаппыт идэнэн суруналыыс идэтэ ааҕыллыан ааҕыллар. Бу эйгэҕэ биһиги Сахабыт сиригэр олох талыытынан урут иһиллибэтэх саҥа ааттар, саҥа геройдар баар буолбуттара. 80-90 сс. сылларга киэҥ араҥаҕа улаханнык биллибэт эдэр дьон, кэлин ааттаах-суоллаах суруналыыстар буола үүммүт Иван Николаев уонна Иван Ущницкай «Центральное дело» диэн таһаарбыт кинигэлэрэ сенсация, үгүс киһиэхэ ыраас күн этиҥ сааллыбытын курдук буолбутун үгүстэр өйдүүргүт буолуо. Бу урут Саха сирин историятыгар хаһан да тыытыллыбатах, суруллубатах темалаах хорсун кинигэ Сэбиэскэй кэмҥэ «бөө» диэн олорбут НКВД, КГБ «дьиҥ дьыалаларын» норуот киэҥ билиитигэр таһаарбыта уонна история «үрүҥ бээтинэлэрин» үөрэтиигэ интеллигенция бастаан иһэр араҥатыгар олук охсубута. Оччолорго эдэр дьон, хорсун суруналыыстар ол кэнниттэн ханнык уорганнар кэтэбиллэригэр киирбиттэрин, суут, силиэстийэ саалатыттан тахсыбат буолбуттарын бэйэлэрэ эрэ билэн эрдэхтэрэ. Онтон «Сахаадаҕа» Уйбаан Уххан сахалыы, Спиридон Татаринов нууччалыы билиҥҥи тылынан эттэххэ, «хоруупсуйаны утары» суруйуулара эмиэ бэйэлэрин кэмнэригэр элбэх сенсацияны оҥорбута, оттон бэйэлэрэ нэһилиэнньэҕэ кырдьыгы тириэрдэр соруктаах суруналыыс ньиэрбэ-тирии баранар суолун бары «таһымын ааспыттара». Онон даҕаны Николаевы, Ущницкайы, Ухханы уонна Татариновы Саха сирин суруналыыстыкатын историятыгар ураты суоллаах-иистээх ааттарын-суолларын хаалларбыт дьон быһьыытынан үгүс киһи сыаналыан сыаналыыр. Ол турууласпыт демократиябыт баһа-атаҕа ханна тиийбитин быһаарбатарбыт да, билигин биһиги ортобутугар үлэлии сылдьар суруналыыстар дьиҥ гражданскай позицияларын сүтэрбэккэ суруйуулара дьон-норуот сэҥээриитин ылыахтарын ылаллара - үтүө үгэс салҕанарын туоһута. Саамай интэриэһинэйэ диэн, билигин инники күөҥҥэ бу эйгэҕэ суруналыыс дьахталлар ааттара үгүстук иһиллэр, кинилэр суруйуулара ааҕааччы сэҥээриитин ылар буолла. Ол курдук аҕыйах сыллааҕыта министр Стахов айдааннаах «ыстаанын» туһунан куттаммакка суруйан Россия суруналыыстарын ортолоругар биһирэммит Виктория Габышева билигин даҕаны тахсыылаахтык үлэлии-хамсыы сылдьар. Оттон кини ыстатыйаларын «геройа» Стахов министр оҥорбут «дьыалатынан» аны уорганнар бэйэлэрэ көрдөөн эппиэтинэскэ тардар киһилэригэр кубулуйбутугар суруналыыс үтүөтэ-өҥөтө кырата суох. ХХI-с үйэ 2012 сыла саха суруналыыстыкатын сайдыытыгар саҥа үрдэллэри аҕалбыта бүгүн мэлдьэһиллибэт чахчы. Үйэ ирдэбилинэн аныгы суруналыыстар кырдьык кыайарын иһин принципиальнайдарын көрдөрбүт хардыыларынан «Еремеев дьыалата» уонна биллэн турар, «Максимов дьыалата» ааттаныан сөп. Өскөтүн «Еремеев дьыалата» «хоруупсуйаны утары» диэн ааттанан элбэх чиновник-тойоттору тоҕо суулаан буруйдааҕы көрдүүр «акциянан» барбыт эбит буоллаҕына, «Максимов дьыалата» саха омук сайдыытыгар кырата суох оруоллаах дьыаланан ааҕыллыан сөп. Чиновник-тойоттор «государствоттан сиэһиннэрин» «арыйбыт» уорганнар буруйдааһыннара олоҕо суоҕун дакаастаан ыччат министрэ Еремеев, тыа хаһаайыстыбатын министрэ Охлопков, доруобуйа харыстабылын министрэ Александров уо.д.а. суут быһаарыытынан буруйа суохтара дакаастаммыттарыгар республика суруналыыстара кырата суох кылааты киллэрбиттэрин бэлиэтиир тоҕоостоох. Ордук кинилэртэн саамай эдэрдэрэ ыччат министринэн үлэлээбит Алексей Еремеев дьыалата суруналыыстар харахтарын далыттан сүппэккэ, олох очуругар оҕустарбыт эдэр киһини өйөөн, харыстаан да сыһыаннаспыттара үгүстэргэ холобур буолуон сөп. Бу «уорбут, сиэбит-аһаабыт» диэн олоҕо суох буруйдааһын түбэлтэлэрэ Россия үрдүнэн биһиги обществобытыгар силиэстийэ, суут-сокуон үлэлэрэ, сымнатан эттэххэ өссө да кырдьыктааҕа суохтарын, ким эрэ сакааһынан, ыйыытынан-кэрдиитинэн Конституциянан бигэргэммит хас биирдии киһи бырааба, көҥүлэ күөмчүлэнэрин, сэбиэскэй кэмтэн кэлбит гулаговскай өйдөбүл «Был бы человек, да статья найдется» диэн түктэри өйдөбүл билигин да «популярнайын» көрдөрөр. Оччолоох буолуох үбү-аһы сиэн дойдубутун Россияны дьиҥнээхтик куорҕаллааччылар эппиэккэ тардыллыбаттарын, төттөрүтүн, олох сүөгэйигэр-сүмэтигэр сылдьалларын туһунан иһитиннэрэр-биллэрэр эйгэ нөҥүө бары да билэн олордохпут. Ол кинилэр диэтэх дьону суут-сокуон харыларыттан харбаабакка, биһиги курдук улахан үбэ-аһа суох дьону үрдүнэн барара өйдөммөтүн ааһан «кылгас тыстаахтары атаҕастыыллар» диэн санааҕа тириэрдэрэ мэлдьэх буолбатах. Киин сир ааттарын билбэт буолуохтарыгар диэри тиэрэ байбыт дьоно олох үөһүнэн, ортотунан сылдьар дьон атын толкуйдаах, атын сыаннастаах буолаллара өйдөнөр. Ол курдук халыҥ ахсааннаах, күүһүгэр-кыаҕыгар сылдьар омук санаатынан да дохсун, майгытынан-сигилитинэн да атын буолар диэн өссө өбүгэлэрбит эппиттэрин бары билэ-көрө сылдьабыт. Оттон биһиги курдук аҕыйах ахсааннаах «омук оҕото» кыһалҕабыт олортон букатын атын. Быйыл да, былыр да хайдах эмэ гынан Орто дойдуттан сүппэтэх эрэ диэн санаалаах хас эмэ үйэни уҥуордаатыбыт. Ол эрэн норуоппут бастыҥ ыччаттарын харыстыыр, наада буоллаҕына өйүүр өйбүт-санаабыт өспөтөҕүн «Еремеев дьыалата» уонна «Максимов дьыалата» дакаастаата дии саныыбын. Ол курдук Интернет нөҥүө үгүс киһи санаатын эппитэ, өйдөөхтүк-төйдөөхтүк дьаһанан аһара түспэккэ суут-сокуон хараҕынан көрөн туруорсары тобулбуттара үтүө түмүгү аҕалбытын бары билиннибит. Манна улуу бөлүһүөкпүт Өксөкүлээх Өлөксөй ыйбыт-эппит кинилэр диэтэх дьон аҕыс уон аҕыс албастаах, тоҕус уон тоҕус кубулҕаттаах үөрэхтэрин сүһэн ылан бэйэлэрин утары киирсиигэ туһаммыппыт түмүгэ ырылхайдык көһүннэ диэн этэр үгүс киһини кытары сөбүлэһиэххэ сөп. Оттон «Максимов дьыалата» хаттаан көрүллэр буолбута - Россияҕа бытааннык да буоллар суут-сокуон эйгэтигэр демократическай хамсааһыннар киирэн эрэллэрин туоһута. Төһө да суут-сокуон быһаарыытыгар быһаччы сибээһи оҥорботоллор даҕаны үгүс киһи өйүн-санаатын түмпүтэ, биир санааҕа кэлэн үлэлэспитэ бу дьыаланы хаттаан көрүүгэ тиэрдибитэ мэлдьэҕэ суох. Манна Сокуон хараҕар элбэх кэһиилэри оҥорон бооччойуллубут дьыала нэһилиэнньэҕэ кырдьыктааҕын тириэрдиигэ суруналыыстар Елена Тихонова («В Якутии.ру»), Туйаара Нутчина («Аартык.ру») олоҥхоҕо этиллэр Кыыс Ньургун курдук турууласпыттарын ыйар наадалаах. Кинилэр суруйууларынан обществоҕа хамсааһын, сэҥээрии тахсан биһиги да үөһээнэн-аллараанан туруорустахпытына, биир сомоҕо буоллахпытына элбэҕи ситиһиэхпитин сөбүн туһунан толкуйга аҕалла. Бу иһэ-истээх, хас эмэ хаттыгастаах дьыала хара күн силиэстийэ уорганнарынан тэриллиэҕиттэн аҕыйах киһи дьыалата буолбакка, бүтүн норуот дьылҕатын таарыйар дьыала буолбутун суруналыыстар өйдөөн туран дьоһуннук ылсыспыттара кинилэри киһи, личность, суруналыыс быһыытынан ураты суоллаахтарын дакаастыыр. Ол курдук Максимовы уонна кини бииргэ үлэлээбит дьонун сууттаан түүн 12 ч. таһаарбыт бириигэбэрдэрин быһа Интернеккэ таһааран сырдаппыт «В Якутии.ру» уонна «Аартык.ру» суруйууларынан, сороҕор модьуйууларынан даҕаны биһиги депутаттарбыт эмиэ хорсуннук санааларын этэн сыана быспыттара, кинилэр дьиҥнээхтик норуот депутаттара буолан демократическай суолу тутуспуттарын холобурунан буолла. Ону таһынан бу дьыала кырдьыктаахтык быһаарыллар түбэлтэтигэр Саха Республикатын Общественнай палаататын чилиэннэрэ дьиҥ суобастарынан быһаарыыны ылыммыттара эмиэ үтүө дьайыы быһыытынан историяҕа киирэр туруктанна. Билигин норуокка биллэринэн «Максимов дьыалата» диэн балыырдаах дьыала атын таһымҥа таҕыста. Бу бар-дьон чахчы кыахтаах ыччаппыт диэн ааттаабыт, норуот сөҕөн-махтайан таптыыр геройугар Манчаарыга холообут киһитэ, норуот депутата Афанасий Максимов дьыалата сотору кэминэн үтүө туруктаахтык быһаарылларын бары эрэнэ күүтэбит. Уолларын өйөөн хас эмэ тыһыынчанан куолаһы биэрбит республика олохтоохторо Кырдьыктаах суут буоларын туруорсалларын киһи эрэ барыта өйдүүр, ылынар. Үгүспүт общество ол эрэлин суут, силиэстийэ үлэһиттэрэ түһэн биэриэхтэрэ суоҕа, дьиҥ профессиональнайдык дьыаланы көрүөхтэрэ диэн иһигэр бүк эрэнэрин ааһан аһаҕастык туруорсара хас биирдиибит Конституциянан бигэргэтиллибит бырааба буолар. Дьиҥ сокуон хараҕынан көрөн суут үлэһиттэрэ Киһи Көҥүлүн көмүскүүр быһаарыыны ылыннахтарына общество үгүс араҥата киэҥ нэлэмэн тапталлаах дойдубут Россия Конституциятыгар, Сокуонугар итэҕэйэрэ күүһүрүө, атыннык эттэххэ, дойдубут демократия суолун тутуһан сайдарын туоһутунан буолла диэн этэр кыахпыт улаатарын көрдөрүө. Онон өбүгэлэрбит барахсаттар хас биирдии киһи гражданскай позициятын турууластаҕына кырдьык кыайарын билэн «Норуот күүһэ-көмүөл күүһэ» диэн олус да бэргэнник эппиттэринэн ыстатыйабын түмүктүүбүн. Эмма ДАВЫДОВА.
|
Category: Суд-закон.МВД.Криминал |
Views: 1601 |
Added by: uhhan1
|
|
|
Ааҕыылар |
Баар бары (online): 32 Ыалдьыттар (гостей): 32 Кыттааччылар (пользователей): 0 |
|