Main » 2013»Тохсунньу»13 » Чем же провинились якутяне и «заслужили» такие тарифы?
Чем же провинились якутяне и «заслужили» такие тарифы?
12:39
Тумууһап туруорсуута: чэпчэки интернет эбэтэр куолас хомуйуу?
Воскресенье, 13 Января 2013 10:18 "Сибиир – киһи-аймах хасааһа” диэн аан дойдуга дорҕоонноохтук АХШ урукку госсэкиритээрэ Кондолиза Райс этиитин санаатахха даҕаны, Сибиир, чуолаан, Саха сирин баайыгар-дуолугар саантааччы элбэҕэ көстөр. Орто үйэлэргэ курдук, аны аһаҕастык саанан-сэбиргэлинэн сири-сибиири холуонньалыыр кыаллыбат. Аныгы колонизатордар туттар тэриллэрэ, ньымалара уларыйан турар. Сир баайын сүргэйэр транснациональнай корпорацияларынан өтөн киирэн дойду экономикатыгар дьайаллар. Оттон экономика – харчы, харчы – политиканы оҥорор. *** Сир шарыгар баппат улаҕалаах өйдөөх омуктар биир банкирдара – Натан Ротшильд өссө 19-с үйэҕэ "ким информацияны баһылыыр, ол – аан дойдуну баһылыыр” диэн этэн турардаах. Кырата 30-50 сылы эргитэн-урбатан көрөр дьоҕурдаах дьон, сир баайдаах регионнарга хайдах өтөн киириэххэ сөбүн тобулбуттара быдан ырааттаҕа. Бүтүн аан дойдуну аймыыр дьон, биһиги курдук аҕыйах ахсааннаах омугу эрбэхтэрин үрдүгэр эргитэр кыахтара муҥура суох буоллаҕа. Айдааннаах президент быыбарыттан, Талакаан ньиэптээх сирин атыылыыр дьикти тендертэн саҕалаан, сирэй көстүбэт "саахыматчыттар” оонньуулара бара турарын көхсүбүтүнэн сэрэйэбит. Кинилэр сыалларын-соруктарын биһиги бэйэбит илиибитинэн оҥоттороллорун, сойбутун кэннэ дьэ өйдүү сатыыбыт. Информация – өйү-санааны оҥорор, айар, тутар-хабар, салайар, ыһар СҮДҮ КҮҮС. Ол иһин информацияны тарҕатар тэрилтэлэргэ болҕомто улахана ууруллар. *** Ааспыт сылга республика бэчээтин эйгэтигэр улахан уларыйыы таҕыста. Тоҕо, туохтан маннык уларыйыы-тэлэрийии саҕаламмытын сабаҕалаан "Аартык.ру” суруйан турар. "Информация тарҕатар тэрилтэлэри барытын ыһан баран чааһынайдарга биэрэр – судаарыстыба, норуот интэриэһин куйаҕа суох хаалларыыга тэҥнээх” диэн эппиппит. Судаарыстыбаттан үбүлэнэр сопхуостары ыһыталаан, бытарыталаан баран төһө тыабыт сирэ өнүйдэ? Билигин кэлэн төттөрү кэпэрэтииптэргэ холботолуу сатыылларын көрөбүт эбээт. Сол кэриэтэ кыра, аҕыйах ахсааннаах норуот бэйэтин тылынан тахсар бэчээтэ, телевидениетэ, араадьыйата хааһынаттан тэйитиллэҕинэ – тыла умнуллар кутталга киирэр. Күннэтэ бэйэҥ тылгынан аахпат, суруйбат, кэпсэппэт буоллаххына төһө өр барыаххыный? Чааһынай информацияны тарҕатар тэрилтэ, өр кэмҥэ (ол 10 сылынан эрэ муҥурдаммат) бэйэтэ бэйэтин үбүлэнэрэ ону сэргэ тиһигин быспакка хаачыстыбалаах информационнай бородууксуйаны оҥорон таһааран тарҕатара - олус уустук, кыаллыбат даҕаны. Ахсааммыт аҕыйаҕа – ырыынакка охсор. Ким оҕо, ыччат хаһыатыгар, сурунаалыгар, теле- араадьыйа ханаалыгар харчытын уган үлүннэрэн ылбыт холобурдааҕый? Суох. Онон, сахалыы тахсар улуус хаһыаттара, ыччаты, оҕону иитэр, култуураны тарҕатар информация тэрилтэлэрэ хайаан да бюджеттан үбүлэниэхтээхтэр. Ону сэргэ чааһынай хаһыаттар, атын да сонуну тарҕатар тэрилтэлэр кыахтаах буоллахтарына төһө баҕарар аһылынныннар, үлэлээтиннэр. Ким да боппот. *** Аҕыйах ахсааннаах норуоттар информацияны тарҕатар тэрилтэлэрэ биир сүрүн оруоллара – тылы, култуураны, норуот духуобунаһын харыстааһын, тарҕатыы буолар диэтибит. Иккиһинэн, информация - өйү-санааны оҥорор күүс диэтибит. Өскөтүн, информацияны тарҕатар тэрилтэлэр бары чааһынайга бардахтарына рекламаттан үбүлэнэн олорор тэрилтэлэр ким харчылаахха онно атыыланаллара көстөн турар. Ол - кинилэр буруйдара буолбатах, тыыннаах хааларга ырыынак сокуона итини ирдиир. Улахан транснациональнай хампаанньа, ханнык эмэ холдинг, барыларын атыылаһан ыллаҕына – общество өйө-санаата үбүлээччи ыйыытынан-кэрдиитинэн оҥоһуллан барыаҕын көрбүттээҕэр сэрэйбит ордук. Онуоха германскай медиа-холдиннар ыаллыы сытар кыра судаарыстыбаларга үлэлиир холобурдарын аҕалбыппыт. Польша информацияны тарҕатар ырыынагын 98%-нын ньиэмэстэр холдиннара бас билэллэр. Информация, үбүлээччитин ыйыытынан-кэрдиитинэн, кэлтэйдии тиэрдиллэрин утаран, олохтоох норуот сотору-сотору сабатаастыыра иһиллэр. Биһиги эмиэ кинилэр киэптэрин кэтиэ суохпут диэн ким мэктиэлиэй? *** Бастакы былаанынан, икки правительственнай хаһыаттары сэргэ, саҥа тэриллибит медиа-холдиҥҥа улуус хаһыаттара, ыччат-оҕо хаһыаттара, иитэр-сырдатар сурунааллар, кэлин телевидение, араадьыйа холбонуохтааҕа диэн этэ. "Саха” НКИКка күрэстэһэр майгынан "Общественнай телевидение” диэн тэриллиэхтээҕин туһунан кэпсэтии бара турара эмиэ иһиллэр. Бу айылаах бюджет суотугар тэриллибит, аныгы сайдыылаах оборудованиенан таҥыллыбыт судаарыстыбаннай сонуну тарҕатар тэрилтэлэри барытын чааһынай илиигэ биэрии - бэйэ олорор мутугун кэрдиммиккэ тэҥнээх. Бу айылаах медиа-сэбиргэл үбүлээччитин санаатын хоту кими баҕарар "ас оҥостуон” сөп. *** Интернеккэ тиийэн кэлиэххэ. Хаһыаты, телевидениены ыларга баҕалаах дьон интернети эмиэ бэйэлэрин диэки иэҕэр соруктаахтара биллэр. Оннук да буолуохтаах, хас да салаанан тэҥҥэ өтөн киириэхтээхтэр. Интернет сыаната чэпчээн биэрбэтэ итиннэ эмиэ быһаччы сыһыаннааҕа сэрэйиллэр. Хаһыаты, телевидениены өссө хонтуруоллуур кыах баар эбит буоллаҕына, "аан дойду ооҕуйун ситимигэр” "наадата суох” информация тарҕанарын ситэри кыайан үүннүү-тэһииннии иликтэр. Ааспыт сыл саҕаланыаҕыттан ылата суруналыыстар ортолоругар "СахаИнтернет” хампаанньаҕа утары туран күрэстэһэр, интернет трафигын кууһунан атыылаһар кыахтаах улахан провайдер үлэҕэ киириэхтээх” диэн информация тарҕаммыта. Биллэн турар, бу бырайыак дьиҥнээх үбүлээччилэрин ааттарын-суолларын бу диэн билбэппит. Кинилэр интэриэстэрин маннааҕы бэрэстэбиитэллэриттэн көрдөххө, ыраахтан силис-мутук тардар дьон. Биир өттүнэн, интернет сыанатыттан чаҕыйан, кырыымчык олохтоох тыа дьоно (саха үксэ онно олорор) информацияны ситэ-хото ылбаттар. Иккис өттүнэн, олохтоох провайдердары ырыынактан туораталаан баран (холобур, "Гелиос” олохтоох хампаанньаны бу сайын "Билайн” атыыласпыта), бэйэлэрин провайдердарын киллэриэхтэрэ. *** Ахсынньы 22 күнүгэр, уруй-айхал ортотугар "Триумф” спорт комплекска республика президенэ Егор Борисов уонна РФ сибээскэ миниистирэ Николай Никифоров Саха сиригэр оптоволокно магистралын учаастагын арыйбыттара. Миниистир "чэпчэки, түргэн, хаачыстыбалаах интернети баҕараҕыт дуо” диэн ыйытыыта, хас да хаһыаттарга ыстатыйа аата буолан тахсыбыта. Баҕарабыт. Ол баҕабытын кууспутунан тохсунньу ортотугар диэри олоробут. Интернеппит түргэтээбэт да, сыаната чэпчээбэт даҕаны. Правительство "кэтэһиҥ” диир, оптоволокнону тардыбыт "Трастелеком” САО сайтыгар чэпчэки сыана сыта да суох ыарахан тарыыба бэчээттэнэн турар. *** ГД депутата Федот Тумууһап миниистир Николай Никифоровка сурук суруйбут. "Пиар” да дэннин, ол гынан баран, объективнайдык сыаналаатахха, Тумууһап интернет сыаната ыараханын туһунан Госдума трибунатыттан үһүстээн эттэ ээ. Бастаан, алҕаһаабат буоллахпытына, үс сыллааҕыта Саха сиригэр интернет бытаанын, сыаната ыараханын этэн федераллары соһуппуттааҕа. Аны, билигин быһаччы РФ сибээскэ миниистиригэр Никифоровка сыана чэпчээбэтэҕин, "куомуннаһыы бэрээдэгэ” баарын ыйан суруйбут суруга интернет ситимигэр тарҕанна. Биир өттүнэн "ТТК” САО – чааһынай тэрилтэ. Ситэриилээх былаас дьаһайарын улаханнык ылыммата да буолуо эрээри, Никифоров дьайар кыахтаах киһи буолан биһиэхэ кэлэн "ТТК” аатыттан "чэпчэки интернети” хадаҕалаатаҕа. Чааһынай тэрилтэ бырайыагар тоҕо үөрэн-көтөн кыттыспытай, тылыгар туран, сыана түһэрин быһаарыстын ээ, Тумууһап туруорсубутун курдук. *** Онон, чуолаан, Саха сиригэр сыана интернеккэ түспэтэ – улахан оонньуу биир түһүмэҕэ буолуон сөп. Бэчээт тылын күүһүнэн өйбүтүн ытыйан, сахалыы сонуну тарҕатар тэрилтэлэри сабан, тылбытын умуннаран баран, хайа талбыт сирбит баайын айбардыахтарын сөп. *** Аллараа, Федот Тумусов суругун бэчээттиибит: "Уважаемый Николай Анатольевич! В Якутии, так и на всем Дальнем Востоке, несправедливо высокие цены на услуги интернета. По требованию моих избирателей я в течение ряда лет не раз ставил вопрос об исправлении этой несправедливости перед представителями Правительства Российской Федерации и Республики Саха (Якутия). При этом мы всегда понимали, что полномасштабное реальное снижение цен возможно при конкуренции поставщиков услуг интернета и в особенности оптовых поставщиков. Запуск 21 декабря 2012 года первой волоконно - оптической линии связи в г. Якутске всеми нами было воспринято как начало реальной конкуренции на рынке магистральных поставщиков интернет-услуг. Однако тарифы, вывешенные на официальном сайте компании «Транстелеком «нас всех огорчили. Предлагаются следующие тарифы для населения г. Якутска: «Начальный», стоимость 1200 руб/ месяц, скорость 1 Мбит/с ; «Оптимальный», стоимость 1700руб/месяц, скорость 3 Мбит/с; «Большой», стоимость 2700 руб/ месяц, скорость 5 Мбит/ с. На том же сайте имеются тарифы по всем регионам. Например, в соседней с Якутией области - Иркутской такие цифры: «Солидный плюс», стоимость 790 руб/мес., скорость 100 Мбит/с; «Большой Плюс», стоимость 590 руб/мес ., скорость 60 Мбит/с; «Оптимальный плюс» стоимость 390 руб/мес, скорость 30 Мбит/с. Чем же провинились якутяне и «заслужили» такие тарифы? Вы, уважаемый Николай Анатольевич, в своем интервью газете «Наше Время» в июле месяце сделали предположение, что «Транстелеком» сможет сделать тарифы дешевле на 30-50% ниже, чем тарифы "Ростелекома". Правда, при этом сделали оговорку, что ни одна интернет-компания не подпадает под действие антимонопольного законодательства ( http://www.1sn.ru/61536.html ). На тот период все к этому и шло. Например, с ООО "Гелиос-сеть", местный провайдер, был подписан договор с ЗАО «Байкал-ТрансТелеКом» о присоединении сетей электросвязи от 22 октября 2012 года. Подписан был заказ на услугу присоединения от 21 ноября 2012 года. Однако, сразу после завершения официальных торжественных мероприятий по запуску линии связи 21 декабря 2012 г., ООО «Гелиос- сеть» было получено извещение от Компании ТТК об отказе от договоренностей. Одновременно им было предложено урегулировать вопросы подключения и тарифов с ООО «Диапазон» ( создано в 2012 г., директор Докунаев Е.В). Было объявлено, что ООО «Диапазон» является уполномоченным торговым представителем Компании ТТК на территории Республики Саха ( Якутия). И самое главное, предложенная ООО «Диапазон» цена соизмерима с ценой ОАО «Ростелеком» до ввода в эксплуатацию новой магистральной линии связи и почти в ДВА РАЗА ДОРОЖЕ ранее полученной цены от ЗАО «Байкал-ТрансТелеКом». В изложенных фактах просматриваются признаки картельного сговора и, по всей видимости, не без коррупционной составляющей. Уважаемый Николай Анатольевич! Убедительно прошу Вас разобраться в создавшейся ситуации и при необходимости принять соответствующие меры, в том числе, меры по привлечению к ответственности виновных лиц. О принятых мерах прошу проинформировать меня. ТУМУСОВ Федот Семенович, Депутат Государственной Думы РФ”. *** Аартык.ру