Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [670]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [93]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [239]
Тюрки [76]
Саха [153]
литература [42]
здоровье [465]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [123]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2013 » Тохсунньу » 19 » 2012 с. алтынньытыттан үс ый устата ынах сүөһү 98,7 тыһ., сылгы 61,5 тыһ. аҕыйаабыт. Бу иэдээн буолбатах дуо? Ким манна эппиэттиирий?
2012 с. алтынньытыттан үс ый устата ынах сүөһү 98,7 тыһ., сылгы 61,5 тыһ. аҕыйаабыт. Бу иэдээн буолбатах дуо? Ким манна эппиэттиирий?
10:53
 Сүөһүбүт үс гыммыт биирэ эһиннэ? Ким эппиэттиир?
18.01.2013 09:06 | Автор: Владимир Степанов |
Саҥа дьыл иннинэ «Россия» судаарыстыбаннай ханаалынан РФ т\х-тын урукку миниистирэ Е.Скрынник урут «Росагролизинг» ААУо салайа сылдьан, судаарыстыбаҕа 39 млрд солк. хоромньуну оҥорууга уорбаланарын кэпсээтилэр. Е.Скрынник бэйэтэ ити сууманы лизинг кирэдьиитин ылбыт тэрилтэлэр төлөөбөтөх иэстэрэ диэн мэлдьэһэр. Итини силиэстийэ быһаарыа. Оттон биһиги Саха сирин т/х тэрилтэлэрэ «Росагролизини» кытта хайдах үлэлэһэ олороллорун билээри, тэрилтэ салалтатыгар сурук ыытан ыйыталастыбыт.
100-тэн тахса мөл. солк. хоромньу ирдэниэ дуо?


«Росагролизинг» пресс-сулууспатыттан кэлбит хоруй сурукка этиллибитинэн, 2002-2012 сс. Саха сирин т/х тэрилтэлэрэ: 267 мөл. солкуобайга 315 т/х-тын тиэхиньикэтин, 223 мөл. солк. суумалаах 10821 төбө плембородууксуйаны, 332 мөл. солк. переработка тээбиринин, 25 мөл. солк. 200 сүөһү турар тэрилин, барыта 847 мөл. солк. суумалааҕы ылбыттар. 2012 с. 53,9 мөл. солк. суумалаах 44 тиэхиньикэ: 18,9 мөл. солк. 25 тиэхиньикэ федеральнай лизинг усулуобуйатынан, эргэрбит тиэхиньикэни солбуйуу бырагырааматынан 19 тиэхиньикэ (ол иһигэр 12 тыраахтар, 3 комбайн) бэриллибит.

«Росагролизинг» суругар үс түгэҥҥэ тохтуоҕу баҕарыллар:

1. Биһиги тыабыт сиригэр тиэхиньикэбит тиийбэт, эргэрэн бүттэ диибит. Ааспыт сайын тустаах тиэхиньикэ суоҕуттан оттооһуҥҥа улахан бытаарыы тахсыбыта. Тиэхиньикэни саҥардыыга, саҥа технологиялары ылыыга «Росагролизинг» курдук чэпчэтиилээх усулуобуйалаах (7 бырыһыаннаах) федеральнай лизиннээх, судаарыстыба бырагырааматынан үлэлиир тэрилтэни кытта сылга ортотунан баара-суоҕа 85 мөл. солк. эрэ үлэ ыытыллар эбит. «Росагролизини» кытта үлэлииргэ биһиги сүрүн интэриэспит кыра бырыһыаннаах лизинг кирэдьиитинэн элбэх тыраахтары, т/х тэрилин, оҥорон таһаарар оборудованиены ылыы буолара чахчы. Судаарыстыба «Росагролизиҥҥэ» федеральнай лизиҥҥэ, тиэхиньикэни саҥардыыга регионнарга биэрэр харчыта кэмнэнэн бэриллэр. Онон ТХМ уонна  тиэхиньикэнэн хааччыйыыга тустаах үлэлээх дьон «Росагролизини» кытта ситэ үлэлэспэттэр, кыһалҕабытын, усулуобуйабытын  үчүгэйдик тиэрдибэттэр дуу диэн санаа үөскүүр.

Тоҕо диэтэххэ, «Росагролизинг» Саха сиригэр т/х производствотын тэрийэргэ, сири оҥорууга нуорма быһыытынан 445 тыраахтар, 64 комбайн наада, итиннэ  сөп буолар тиэхиньикэлээхтэр диэн ааҕар эбит. Ол иһин чэпчэки усулуобуйалаах бырагыраамаларга улаханнык чугаһаппаттар быһыылаах. Билиҥҥи тэтиминэн сылга 12 эргэрбит тыраахтары уларыттахпытына, бу үлэ 30-40 сыл барыан сөп.

Онон тыа сиригэр тиэхиньикэ тиийбэт кыһалҕатын быһаарарга «Росагролизини» чэпчэки кирэдьииттээх бырагыраамаларыгар киирэр үлэҕэ сыһыан тосту уларыйыахтаах.

Инньэ гымматахпытына, элбэх бырыһыаннаах кэмиэрчэскэй кирэдьииккэ ылыллыбыт тиэхиньикэни аҕалан, дьоммутугар өссө ыарахан сыанаҕа атыылаан, дириҥ иэс-күүс дьэбэрэтигэр киллэрэ олоруохпут. Т/х-та оччоҕуна чэчирээбэт.

2. «Росагролизинг» хоруйуттан көрдөххө, сахалар төһө да кыра суумалааҕы ылларбыт, иэспитин төлөөбөппүтүнэн «хара испииһэккэ” бигэтик киирэ сылдьабыт быһыылаах. Иэһин кэмигэр төлөспөт дьону сөбүлээбэттэр, итэҕэйбэттэр. Кинилэртэн лизинг кирэдьиитин ылбыт 19 тэрилтэбититтэн 13-һэ: «Туймаада лизинг», «Нерюнгри көтөрүн фабриката», «Бөртө сылгытын собуота», «Тунал», «Уус-Алдан» МТС, «Эт-Ас» ХЭТ-тэр, «Болугур», «Мындаҕаайы», «Маай», «Уолба» ТХПК-лар, «Кириэстээх» ТПЖК, «Тыымпы» ТПК, «Булуҥ» МУТ  2012 с. ахсынньытын туругунан, бырыһыаннарын төлүүргэ 51,1 мөл. солк. иэстээх олороллор. Бу испииһэккэ ситиһиилээх, үп өттүнэн туруктаах диэн ааҕар, өссө сорохторун бастыҥнарбыт диэн РФ т/х миниистирэ Н.Федоровка көрдөрбүт тэрилтэлэрбит бааллара киһини хайдах да дьиксиннэрбэт буолуон табыллыбат. Ити аата өрөспүүбүлүкэ т/х-гар төрүт дьарыктарбытынан: сүөһү, сылгы, таба иитиитинэн барыстаахтык үлэлиир тэрилтэбит суох буолан тахсар. Ол кэннэ ТХМ көдьүүстээхтик үлэлии олорор диир уустук.

3. «Росагролизиннэр» Нерюнгри көтөрүн фабрикатын (НКФ) бастакы уочаратын киллэрии кэмигэр өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн 130-ча мөл. солк. «сойботуллубутун», улахан хоромньу таһаарыллыбытын ыйбыттар. "Тоҕо бүддьүөккэ хоромньу оҥоһулунна?” диэтэххэ, НКФ судаарыстыба 100 % бас билэр тэрилтэтэ, сыл аайы элбэх көмөнү ыларын сэргэ, кирэдьиитин бырыһыанын сабарга устаабын хапытаалыгар кэлэр уонунан-сүүһүнэн мөл. солк. туһана олорорун быһайыҥҥы СӨ Бэрэсидьиэнин КХУ-тун бэрэбиэркэтэ бигэргэтэр. Бачча үлүгэр харчы «күрүлүүр күнүс сүппүтүн» ТХМ, экэниэмикэ сайдыытын, үп министиэристибэлэрэ,  Ил Түмэн дьокутааттара, хонтуруоллуур, быраабы араҥаччылыыр уорганнар билбэккэ олорон хаалбыттар. Хаһыат – силиэстийэлиир уорган буолбатах, онон бу харчы уоруллубутун дуу, эбэтэр балыйбыттарын дуу быһаарар кыахпыт суох.

Оттон дьыала сүнньэ маннык эбит. 2007 с. НКФ «Биг Дачмен» ХЭТ-тэн 200-тэн тахса мөл. солк. суумалаах көтөр иитэр омук технологическай тэрилин атыылаһарга дуогабар түһэрсибит. Ол дуогабарын туппутунан  «Росагролизиҥҥэ» кэлэн,  «федеральнай лизиҥҥэ ылыҥ, дуогабар сууматын төлөөҥ, усулуобуйаҕытын барытын толоробут» диэн көрдөспүт. «Росагролизиннэр» сөбүлэһэн, НКФ-ны кытта уон сыл төлөнөр 7 %-наах, 267 мөл. солк. суумалаах  дуогабар түһэрсибиттэр. Кэлин РФ нолуогун уорганнара «Росагролизиҥҥэ» камеральнай бэрэбиэркэ ыыта сылдьан, бу тэриллэри «биг дачменнар» Арассыыйаҕа киллэриллибит (ол аата собуот) сыанаттан икки төгүл үрдэтэн атыылаабыттарын булбуттар. Биһиги "оччотугар «Росагролизинг» ньиэмэстэри кытта аахсан, НКФ иэһин 130 мөл. солк. диэри икки төгүл кыччатыан сөп дуо?” диэн ыйыттыбыт. Кинилэр «НКФ уонна «Биг Дамчен» ХЭТ икки өттүттэн сыанатыгар сөбүлэһэн дуогабар түһэрсибиттэрэ, онон ити биһиги дьыалабыт буолбатах» дииллэр. Сөп даҕаны, «Росагролизинг» иэс биэрбит 267 мөл. солк. харчытын НКФ-тан син-биир ыга үктээн ылар. НКФ кыайбатаҕына, Саха сирин бүддьүөтэ төлүүрэ буолуо. Онон сүтэрэрэ суох, хонтуруоллуур, эрэбиисийэлиир уорган буолбатах. Хоромньу сууматын НКФ бэйэтэ эрэ ирдэстэҕинэ төннөрүөн сөп курдук.

Бу бөрүкүтэ суох түгэн «росагролизиннэр» биһигини эрэммэт буолалларын өссө күүһүрдэрэ чахчы. Ол да иһин буолуо, НКФ иккис уочаратыгар анаан, эмиэ «Биг Дачментан» көтөрү иитэр тэрили атыылаһаары, 2012 с. балаҕан ыйын 3 күнүгэр түһэрбит сайаапкатын көрбөтөхтөр, дуогабар түһэрсибэтэхтэр, племенной кууруссаны да биэрбэтэхтэр.

Манна даҕатан эттэххэ, 2012 сылга «росагролизиннэр» «Калмыкия бройлера» «Биг Дачмен» ХЭТтэн куурусса иитэр тэрил атыылаһар дуогабарын бэрэбиэркэлээбиттэр уонна сыана 6,9 мөл. солк. үрдэтиллибитин туппуттар уонна лизинг кирэдьиитин үчүгэй толук көстүөр диэри биэрэри тохтоппуттар.

Биһиги өрөспүүбүлүкэҕэ, бүддьүөппүтүгэр сүүһүнэн мөл. солк. хоромньу оҥоһуллубутугар тарбаммакка да, ирдэһэн харчыбытын төннөрбөккө да олорон хааларбыт сүрэ бэрт буолбатах дуо?

«Росагролизинг» эппиэтигэр биһиги дьоммутун итэҕэйбэт буолбуттара чуолкай көстөр. Өрөспүүбүлүкэ үтүө аатын-суолун чөлүгэр түһэрэргэ өссө төһө сыра-сылба, үп-харчы баранара биллибэт. «Росагролизинг» курдук улахан тэрилтэ «сөтөллүбүтэ» федеральнай былаас уорганнарыгар тута иһиллэрин умнар эмиэ табыллыбат.

Кыайан төлөспөт тэрилтэлэр иэстэрин сабарга сылын аайы бүддьүөттэн сүүһүнэн мөлүйүөнү таах босхо биэрэ олорор сыыһата чахчы. Онон инникитин улахан дуогабардар суумалара кичэйэн эспэртиисэлэниэхтээх, хайдах төлөнөрө быһаарыллыахтаах, производство ороскуотун сабынара, тэрилтэ иэһин-күүһүн бэйэтэ төлөөн барыска тахсара ирдэниэхтээх, ситиһиллиэхтээх.

Киһи дьиксиниэх, бу кэлин сайдыыны, инновацияны, саҥа технологияны киллэрэбит диэн ситэ үөрэппэккэ, анаалыстаабакка, ыарахан сыаналаах хотоннору тутар, ыарахан сыаналаах омук технологияларын, оборудованиетын көр-күлүү кэриэтэ атыылаһар майгы дириҥиэх курдук. Оччотугар эмиэ ити НКФ курдук тэрилтэлэрбитигэр сыананы уонунан-сүүһүнэн мөл. солк. үрдэтэн, балыйан хаһан да ороммот дириҥ иэскэ баайан кэбиһиэхтэрин сөп. Ону ыраах нэһилиэккэ олорон хайдах билиэҥий, ханна баран ирдэһиэҥий, кырдьыккын булуоҥуй? Онон тэрилтэлэрбит, дьоммут кыайан төлөөбөт ыарахан иэскэ киирбэттэрин хааччыйар үлэ барыахтаах.

 

Сүөһүбүтүн хаһан тото аһатабыт?

 

Быйыл эмиэ уустук кыстык буола турар. Сүөһүбүт, сылгыбыт хайдах кыстаан, төһөтө ордон аны саас күөххэ үктэнэрин этэр уустук. Сылын да аайы балаһыанньа итинник, уларыйбат. Үлэҕэ көтүмэх сыһыан, көрүнньүк салайыы салҕанан барара, бүддьүөт харчытын көдьүүстээхтик туһаммаппыт барыта охсор. Сүөһүбүт, сылгыбыт, табабыт ахсаана аҕыйаан иһэрин айылҕа уустугар балыйан эппиэттэн куотунар, ууттан кураанах тахсар майгы дириҥник олоҕурбута дьиксиннэрэр.

Былырыын иэдээннээх ыарахан кыстык кэлэн ааспыта. Нэһилиэктэргэ элбэх сылгы, сүөһү өлбүтэ. Ол эрээри, «отчуот сыыппарата сөпкө суруллан», ону туох да буолбатаҕын курдук "ыйыстан” кэбиспиппит. Кэнники сылларга биир да үтүө түмүктээх кыстык суоҕун сыыппаралар кэпсииллэр.

Сүөһүлэрбит кэлин зоотехниканан олохтоммут нуорманан көрүллэр 17 ц. кормовой единицаны толору буолбакка, 10-н эрэ аһаан, аччык аҥаардаах, быста ыран саас күөххэ үктэнэллэрин ТХМ билинэр. Хата, ити үлүгэр ынырык «концлааҕыр» усулуобуйатыгар турар ынахтарбыт эрэйдээхтэр сылга хайдах 2000 киилэ кэриҥэ үүтү биэрэллэрэ сөхтөрөр! Ити эмиэ отчуот «киэргэтиитэ» эбитэ дуу? 2012-2016 сс. бырагырааманан 2016 с.1 ынахтан 2500 киилэ ыанар буолуохтаах.

Онон ТХМ аччык ынахтан итиччэ үүтү ыырынан аан дойдуга улахан рекорд олохтоон да аатырыан сөп курдук.

Ити балаһыанньа хаһан көнөрүн ыйдаҥардыахпыт диэн, ааспыт сайыҥҥы от үлэтин түмүгүн, сүөһү хайдах хааччылларын билээри, бырабыыталыстыба оперативнай ыстааба быйыл кыһын сүөһү ахсаанын аҕыйаппат туһугар тугу былаанныырын билээри, СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы А.А. Стручковка ыйытыы сурук ыыппыппыт. Кини хардатын ТХМ бэлэмнээбит быһыылаах, күһүн эрдэ «Бэрэсидьиэн сорудаҕа ситэ туолбата» диэн ыстатыйабытыгар аҕалыллыбыт сыыппаралары хат суруйан ыыппыттар, атын туох да этиллибэтэх.

Сайын 481 тыһ. т. от, былаан 86,7 %-на оттонно, тиийбэтин уотурбаны атыылаһан толуйуохпут, «кыстыгы этэҥҥэ туоруохпут» дэммит. Ол эрээри, бу эппиэттэн киһи үөрбэт. Тоҕо диэтэххэ, сүөһүнү хоргутан кыстатыы ТХМ-ҥа «нуормаҕа» кубулуйбут, ону бырабыыталыстыба таһымыгар сөбүлэспиттэр диэн өйдөбүл үөскүүр. Быйылгы кыстыгы туоруурга оту, сиилэһи, сенаһы, уотурбаны барытын эптэххэ, 1 усулуобунай төбөҕө 10,3 ц. кормовой единица тиксэр, зоотехническай нуорма 60,6 %-на эрэ аһылыктаах олоробут. Сүөһүлэрбитин хайдах сордоон иитэрбитин Хамсыыр харамайы көмүскээччилэр уопсастыбалара билэрэ буоллар...

Сүөһүнү иитэргэ, бородууксуйатын элбэтэргэ саамай сүрүн усулуобуйа – аһыыр аһылыга. Дьиктитэ диэн, бэрэсидьиэн бырагыраамата диэн ааттанан саҕаламмыт т/х-тын сайдыытын 3 бырагырааматын тухары сүөһүнү зоотехническай нуорманан тоторо аһатар сорук чопчу турбата, ону ситиһэр үлэ аттарыллыбата, төһө үп көрүллэрэ биллибэт. Уопсай тылларынан саба быраҕан от элбиэхтээх, сир оҥоһуллуохтаах диэн суруллар. Бастакы бырагыраамаларга от тиийбэтэ сенаһы, сиилэһи, олохтоох уотурбаны элбэтэн толуйуллуохтаах диэн суруллар. Ол эрээри, билигин олохтоох комбикорм оҥоһуллуута сабыллар буолла дииллэр. ТХМ "тастан атыыласпыт быдан ордук” диэн санааҕа охтубут курдук. Сир оҥоһуллубатын курдук оҥоһуллубат, сиилэс, сенаж элбээбэт.

Онон Тыа сирин сылыттан сүөһүнү зоотехническай нуормаҕа сөп түбэһэр аһылыгынан толору хааччыйыы судаарыстыба сүрүн ирдэбилигэр кубулуйуохтаах.

 

Бу иэдээҥҥэ ким эппиэттиирий?

 

А.А. Стручков суругар сайын бэлэмнэммит аһылыкпыт 234,9 тыһ. ынах сүөһүгэ, 170,8 тыһ. сылгыга тиийэр диэбит. Кини 2012 с. алтынньы 1 күнүн туругунан кыстыкка 293,3 ынах сүөһү (о.и. 94,8 тыһ. ыанар ынах), 216,8 сылгы киирбитин ыйбыт.

Билигин улуустарга сүөһү ахсаанын кырдьыгынан чуолкайдааһын ыытылла сылдьар. Бэтэринээрдэр департаменнара биллэрэринэн, 2013 с. тохсунньу 1 күнүгэр өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 194,6 тыһ. ынах сүөһү, 155,3 тыһ. сылгы кыстаан турар. Ол аата сүөһүбүт, сылгыбыт ахсаана киһи бэркиһиир гына ынырыктык түспүт.

Кыстыгы этэҥҥэ туорааһыны, сүөһү ахсаана аҕыйаабатын хааччыйыыны бэрэсидьиэн бырабыыталыстыба эппиэтинэһигэр сүктэрбитэ. А.А. Стручков суругар этиллибит сүөһү ахсаанын кырдьыгынан аахтахха, 2012 с. алтынньытыттан үс ый устата ынах сүөһү 98,7 тыһ., сылгы 61,5 тыһ. аҕыйаабыт. Бу иэдээн буолбатах дуо? Ким манна эппиэттиирий?
Category: Экономика и СЭР | Views: 1628 | Added by: uhhan1
Total comments: 1
1 Семен  
У всех одна кормушка!!!! Каждый своей ложкой черпают борщ из одной и той миски! Вот и весь ответ. Так было, так есть, так и будет.
Вот Вы написали статью, например предположим, Вы министр с/х республики. К Вам подойдет ваш друг или брат, или родственник, неужели Вы не поделитесь и непоможите его хозяйству?! А?! Деньги то, не из своего же кармана?
Вот и думайте.

Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  Тохсунньу 2013  »
БнОпСэЧпБтСбБс
 123456
78910111213
14151617181920
21222324252627
28293031
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 95
Ыалдьыттар (гостей): 95
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024