News topics |
Политика.Митинги. Пикеты. Партии
[900]
|
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения
[263]
|
Суд-закон.МВД.Криминал
[1280]
|
Право, закон
[323]
|
Экономика и СЭР
[839]
|
Власть Правительство Ил Тумэн
[1207]
|
Мэрия, районы, муниципалитеты
[400]
|
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО
[215]
|
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка
[555]
|
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги
[155]
|
Коррупция
[862]
|
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство
[291]
|
Социалка, пенсия, жилье
[277]
|
ЖКХ, строительство
[132]
|
Образование и наука. Школа. Детсад
[215]
|
Люди. Человек. Народ. Общество
[224]
|
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет.
[670]
|
Алмазы Анабара
[161]
http://alanab.ykt.ru//
|
Земля. Недра
[240]
|
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода
[377]
|
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ
[158]
|
Промышленность
[43]
|
Нефтегаз
[284]
|
Нац. вопрос
[284]
|
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации
[65]
|
Дьикти. О невероятном
[183]
|
Выборы
[661]
|
Айыы үөрэҕэ
[93]
|
Хоһооннор
[5]
|
Ырыа-тойук
[23]
|
Ыһыах, олоҥхо
[102]
|
Култуура, итэҕэл, искусство
[365]
|
История, философия
[239]
|
Тюрки
[76]
|
Саха
[153]
|
литература
[42]
|
здоровье
[465]
|
Юмор, сатира, критика
[14]
|
Реклама
[7]
|
Спорт
[123]
|
В мире
[86]
|
Слухи
[25]
|
Эрнст Березкин
[88]
|
Моё дело
[109]
|
Геннадий Федоров
[11]
|
BingHan
[4]
|
|
|
Main » 2013 » Тохсунньу » 21 » Мэҥэ Хаҥалас улууһугар Василий ШИМОХИН турар?
Мэҥэ Хаҥалас улууһугар Василий ШИМОХИН турар? | 21:25 |
Мэҥэлэр мөккүөрдэрэ. Владимир ПТИЦЫН, Айаал СТЕПАНОВ уонна Родион ФЕДОРОВ
Понедельник, 21 Января 2013 08:59 Aartyk.Ru "Быыбардыыр уокуруктары сырыы аайы саҥаттан тыырар кимиэхэ барыстааҕый?" диэн ахсынньы 15 күнүгэр матырыйаал таһаарбыта. Ол иннинэ Дьокуускай куоракка Мэҥэ Хаҥаластан төрүттээх дьону түмэр "Дойду ситимэ" общественнай тэрилтэ айдааннаах-куйдааннаах, этиһиилээх-этиниилээх атыыр мунньаҕа буолбутун иһитиннэрдилэр.
Санатар эбит буоллахха, "Быыбардыыр уокуруктары сырыы аайы саҥаттан тыырар кимиэхэ барыстааҕый?" ыстатыйаҕа саҥа тыырыллыбыт быыбардыыр уокуруктары ырытыы барбыта. Онно Мэҥэ Хаҥалас улууһа үс уокуругунан (Мэҥэ Хаҥалас, Бороҕон, Чурапчы) арахсыбытын эппиппит. Кэлэр Ил Түмэн мунньаҕар депутаттары талар быыбарга төннүбэттии оппозицияҕа "сыылкаламмыт" Родион ФЕДОРОВ киирсэр баҕалааҕын, кини "Дойду ситимэ" общественнай тэрилтэ салайааччытын быһыытынан куолас хомуйарга тирэхтээҕин этэн аһарбыппыт. Родион Иннокентьевич былырыын төрөөбүт сиригэр-уотугар тахсан былаас туруорбут кандидаттарын утары туран дьаһалтаны ууга-уокка түһэрэ сылдьыбыта. Бастаан улуус кулубатын, онтон Аллараа Бэстээх баһылыгын быыбардарыгар аҕыйах куолаһынан сабырыйтаран хотторбута. *** Мэҥэ Хаҥалас урукку баһылыга дуобатчыт уонна финансист Владимир ПТИЦЫН былырыын СР Счетнай палататын аудиторынан талыллан, саҥа миэстэҕэ көһөн барарыгар, улууһу солбуйааччытыгар Николай СТАРОСТИҤҤА туттарбыта. СТАРОСТИН ыам ыйыгар быыбарга кыттан улаханнык эриһэн туран Родион ФЕДОРОВЫ хоппута. Быыбар хампаанньатын түмүгэр улуус нэһилиэнньэтэ икки аҥы арахсыбыта. Билигин даҕаны ол быыбар дуораана салҕанан бара турарын айдааннаах мунньах туоһута кэпсиир. *** Дьаһалта хараҕар кытыастар кыһыл былаах буолан тэлимниир Родион ФЕДОРОВ кандидатурата, Ил Түмэҥҥэ эмиэ "бэйэ киһитин" таларга мэһэй-таһай буолуо диэн, эрдэттэн хайыҥ охсунуу быһыытынан, "Дойду ситимиттэн" кинини туоратарга былаан ылыллыбыт. Ол былаан быһыытынан, ахсынньы 10 күнүгэр, "Дойду ситимэ" уочараттаах мунньаҕар Николай СТАРОСТИН салалталаах улуус дьаһалтата бүтүннүү көһөн күккүрээн Дьокуускайга киирбит. Мунньах ыытыллыбыт - "Туймаада" кэнсиэртиир саалатыгар, улуус дэлэгээссийэтэ аҥаарын кэриэтэ киэптии олорунан кэбиспит. "Тыллаах чыычааҕынан" бастаан суруналыыс кыыстарын туруорбуттар. Эдэр киһи тыла-өһө быһымах, судургу буолбут: "Быыбарга туһанаары "Дойду ситимигэр" сылдьаҕын, бар!", - дэниллибит. Кини кэнниттэн эппит-тыыммыт дьон бары Родион ФЕДОРОВ "барарын" туруорсубуттар. "Дьиҥинэн, биһиги быыбар туһунан кэпсэтэр санаабыт суоҕа. Бэбиэскэбит быһыытынан, "Олоҥхо" ыһыаҕын ыытарга дьоммутугар-сэргэбитигэр күүс-тирэх буолар суолу тобула кэлбиппит. Ону таһынан, улуус ыччата идэни таларыгар көмөлөһөр санаалаах этибит", - диэн ол мунньах туоһута кэпсиир. Мунньахха кэлбит дьон сыалларын-соруктарын ситиэ эбиттэр да, мунньах ыытааччынан, эмиэ бэйэтэ "бөө" диэбит майгылаах "мэҥэ киһи" - Михаил САННИКОВ олорбут. Имиритэ-хомурута саҥарыах дьону САННИКОВ ханнын сааҕынан хам баттаан кэбиспит. Онон, былааһы уларытыы кыайан тахсыбатах. Тиһэҕэр тиийэн дьаһалталар "атын дойду ситимин" тэрийиэхпит диэн суоһураҕаммыттар. Билигин ол суоһурҕаныыларын толороору тиритэ-хорута сылдьаллара иһиллэр. *** Родион ФЕДОРОВКА тиийдэххэ, мунньах маннык салаллан тахсыан төрүкү күүппэтэх. Сииктээх харахтарынан эргим-ургум көрбөхтүү олорбут. Тыыннаахтыы тутан сиэхтэрин САННИКОВТААХ эрэ буолан ордубут. Манан диэн этэн кэҕийдэххэ, ФЕДОРОВ "Биир ньыгыл Арассыыйа" чилиэнэ, "хара тэриллиэҕиттэн "ньыгылбын" диэн кини этэр үгэстээх. Ону баара "ньыгыллар" чилиэннэрин олорчу билиммэт буолбуттара ыраатта. Быыбарга кыттара үгэс буолбут киһини "Сиэрдээх Арассыыйа" олохтоох этэрээтэ "баартыйаҕыттан аккаастан, дурда-хахха буолуохпут" диэн хаста да элэ-была тылларын этэ сатаан кэбиспиттэрэ биллэр. Ол эрээри киһилэрэ баччааҥҥа диэри "ээҕин" биэрбэккэ эрэйдии сылдьар. Дьиҥинэн, Родион ФЕДОРОВ Аллараа Бэстээх баһылыгын быыбарыгар кыттыа, күүһүн-харчытын барыа, "марайданыа" суоҕа этэ. Аллараа Бэстээх - Мэҥэ Хаҥалас бүтүннүүтэ буолбатах. Былыр-былыргыттан кэлии дьон олохсуйбут бөһүөлэгэ. Кинилэр даҕаны, бүтэр-хаалар күҥҥэ диэри "бэйэ киһитин" талыахтаахтара сэрэйиллэр этэ. Аны, ФЕДОРОВ ылбат-биэрбэт майгыта эмиэ быыбар түмүгэр, хаамыытыгар улаханнык охсор. Кытта соруммут киһи тугун барытын кыайыы туһугар ууруохтааҕа. Бычык-юыһаҕас, кэлэр-кэлбэт, киирсэр киирсибэт... Бэлиитикэҕэ икки саар икки ардынан сылдьыы хаһан кыайыыга тиэрдибитэ баарай? *** "Дойду ситимэ", омуннаабат буоллахтарына, 30-чча тыһыынча киһини түмэр. Улахан күүс. Биллэн турар, билигин, салайааччытыттан сылтаан кынчарыллар дьылҕаламмыт общественнай тэрилтэттэн ыйааһыннаах соҕустара бары саҥа тэриллэр общественнай түмсүүгэ көһүөхтэрэ. Оттон "дьаһалта ресурсата" Ил Түмэн быыбарыгар Владимир ПТИЦЫНЫ уонна Айаал СТЕПАНОВЫ туруорар санаалаахтара иһиллэр. Айаал Иванович өр кэм тыа хаһаайыстыбатын миниистиринэн, онтон вице-премьеринэн үлэлии сылдьыбыта. Биир үтүө күн республика кууруссатын барытын түмүөхтээх холдинг салайааччытынан анабыттара даҕаны, ол холдинг баар эрэ, суох эрэ... "СТЕПАНОВ быыбарга кыттартан аккаастанар" диэн билэр киһи этэр. Ол эрээри тутулуктаах киһи үөһээ салалта тылыттан тахсыаҕын саарбахтыыбыт. *** Aartyk.Ru
Мэҥэ Хаҥалас улууһугар Василий ШИМОХИН турар?
Понедельник, 21 Января 2013 12:23 Саха улууһугар Василий ШИМОХИН турар? Мэҥэ Хаҥалас быыбардыыр уокуругуттан Ил Түмэн быыбарыгар туруон баҕарталыыр дьон аата тахсаатын кытары, "Aartyk.Ru" хаһыакка атын сонун киирдэ.
Улуус дьаһалтата айдааннаах мунньах кэнниттэн дойдутугар тахсан, нэһилиэк аайы үлэлиир "Ытык сүбэ" общественнай түмсүү кырдьаҕастарын түмэн сорудах-көрдөһүү биэрбит: мэҥэлэри түмэр "Дойду ситимэ" тэрилтэ салайааччытын Родион ФЕДОРОВЫ туоратарга, кини оннугар Владимир ПТИЦЫНЫ таларга анаан сурукта суруйуҥ диэн. Сорудах-дьаһал төһө туолбутун кэпсээбэтилэр. Арай, улуус баһылыга Майаҕа отчуотун кэмигэр Родион ФЕДОРОВ оннугар Владимир ПТИЦЫН бэлиэр талыллыбытын курдук эппититтэн суҥхардылар. *** Аны, "стратегическэй" диэн ааттанар улахан улуустан Ил Түмэҥҥэ, былаас, "Саха сирин тимир суола" ААО генеральнай дириэктэрэ - Василий ШИМОХИНЫ туруоран эрэр диэн сонун киирдэ. Саха уутуйан үөскээбит улууһугар тимир суол кэлбитин билэбит. Ол гынан баран омук киһитигэр нэһилиэктэри куоластатыахха диэтэххэ, арааһа, ийэ-хара көлөһүн барыта тохтор буолуохтаах. Аллараа Бэстээх куоластааччытын ахсаана -- 2000 кэриҥэ. Ол - Мэҥэ Хаҥалас быыбардыыр уокуругун 1/9 эрэ. *** Владимир ПТИЦЫН соторутааҕыта Ил Түмэн бюджеккэ кэмитиэтин председателин Александр УАРОВЫ көрсөн кэпсэтэ сылдьыбытын туһунан былааска чугас сылдьар киһи кэпсиир. УАРОВ миэстэтэ ПТИЦЫН кыраҕы хараҕар хатаммытын этэр. Ол гынан баран, УАРОВЫҤ миэстэтин "туран биэрбэтэх". Дьикти дуу? Ил Түмэн депутатын мандатыгар улуус депутаттарын мунньаҕын спикерэ Андрей НАХОДКИН баҕатыйарын эмиэ этэллэр. Оттон Айаал СТЕПАНОВ быыбарга кыттартан кыккыраччы аккаастаммытын кэпсииллэр. *** "Саха сирин тимир суола" ААО федеральнай уонна олохтоох былаас 50/50 кыттыспыт өлүүлээх. Устаабынан хаппытаала 3 872,7 мөл. солк. Василий Владимирович ШИМОХИН хампаанньаны 2007 сыллаахтан салайар. *** Aartyk.Ru
|
Category: Выборы |
Views: 1745 |
Added by: uhhan1
|
|
|
Ааҕыылар |
Баар бары (online): 105 Ыалдьыттар (гостей): 105 Кыттааччылар (пользователей): 0 |
|