News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии
[900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения
[263]
Суд-закон.МВД.Криминал
[1280]
Право, закон
[323]
Экономика и СЭР
[839]
Власть Правительство Ил Тумэн
[1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты
[400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО
[215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка
[555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги
[155]
Коррупция
[862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство
[291]
Социалка, пенсия, жилье
[277]
ЖКХ, строительство
[132]
Образование и наука. Школа. Детсад
[215]
Люди. Человек. Народ. Общество
[224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет.
[670]
Алмазы Анабара
[161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра
[240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода
[377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ
[158]
Промышленность
[43]
Нефтегаз
[284]
Нац. вопрос
[284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации
[65]
Дьикти. О невероятном
[183]
Выборы
[661]
Айыы үөрэҕэ
[93]
Хоһооннор
[5]
Ырыа-тойук
[23]
Ыһыах, олоҥхо
[102]
Култуура, итэҕэл, искусство
[365]
История, философия
[239]
Тюрки
[76]
Саха
[153]
литература
[42]
здоровье
[465]
Юмор, сатира, критика
[14]
Реклама
[7]
Спорт
[123]
В мире
[86]
Слухи
[25]
Эрнст Березкин
[88]
Моё дело
[109]
Геннадий Федоров
[11]
BingHan
[4]
Main » 2013 » Тохсунньу » 22 » Лоокуут. республика тыатын µгµс нэ´илиэктэригэр олох-дьа´ах, µлэ-хамнас тэрээ´инэ барыта былыргылыы, кур бэйэтэ кубулуйбакка турар.
Лоокуут. республика тыатын µгµс нэ´илиэктэригэр олох-дьа´ах, µлэ-хамнас тэрээ´инэ барыта былыргылыы, кур бэйэтэ кубулуйбакка турар.
15:16
КҮӨМЧҮЛЭЭҺИН: үлэни, быраабы, көҥүлү
Самый большой грех по отношению к ближнему - не ненависть, а равнодушие; вот истинно вершина бесчеловечности. Джордж Бернард Шоу Көмүс - сиртэн хостонор күндү баай, ол баайбыт сирэ суох баар буолбат. Ону тэҥэ үлэ хамнас, олох эмиэ сиртэн силистээх-мутуктаах. Сири ту´аныы, туһаҕа таґаарыы боппуруостара сµµрбэ сыл аннараа ³ттµгэр олус кµµскэ, сытыытык уонна Сэбиэскэй Сойуус экономикатын биир сүрүн салаатынан буола сылдьыбыта. Ол са²а µлэ´ит буолбут эдэр киһиэхэ ба±ар олуона со±устук и´иллэрэ буолуо да, ол кырдьык.
Былыр-былыргыттан аныгы кэм²э диэри сир барахсан сыаната суох, туохха да тэ²нэспэт сµдµ баай буоларын отчут-масчыт, тыабыт дьоно олус µчµгэйдик өйдүүллэр. Уларыта тутуу (перестройка) са±аланыытыгар тыа сирин дьоно-сэргэтэ, быһата үлэлээн иитиллээччилэрэ хамнас аахсан а´ыыр сирбитин бөдө² совхозтарбытын демократтарбыт «барахсаттар» ыйыыларынан баара-суо±а биир-икки сыл иһигэр ы´ан-то±он, «паай» дуу, «баай» дуу үллэрэр дуу, үллэстэр дуу аатыран ыскайдаан кэбиспиттэрэ. Билигин буолар буолбутун кэннэ, толкуйдаан көрдөххі, олус да±аны дьэбирдик, тыйыстык тыабыт дьонун аһыммакка «сарсы²²ы килиэбин, харчытын хантан да ыллын, ол мин кыһал±ам буолбатах», нууччалыы эттэххэ «равнодушие к ближнему» диэбиттии быра±аттаан кэбиспиппит номнуо 20-тэн тахса сыл аа´а о±уста. Оччотоо±у республика салалтата инникини анааран к³рб³кк³, бы´аччы федеральнай центр µрдµк сололоохторун дьа´алларын толорон уонна бэйэлэрин дуо´унастарын тутан олорор инниттэн, республика тыатын дьонун дьыл±аларын толук уурбуттара. Ол тµмµгэ билигин арылхайдык к³ст³р. Оттон атын кэккэ регионнар (Башкортостан, Татарстан, Калмыкия уо.да а.) тыа сиригэр баар ха´аайыстыбаларын, баайдарын - дуолларын ыспакка тутан кэллилэр, инньэ гынан бу регионнарга тыа сирэ рынокка киириитигэр улахан охсуута суох ааста.Тыа сиригэр билигин дьо²²о-сэргэ±э µлэ миэстэтин биэрэр, хамнастыыр, утумнаахтык тыа ха´аайыстыбатынан бы´аччы дьарыктанар тэрилтэлэр суохтарын тэ²э. Ол и´ин ынах сµ³´µнµ, сылгыны уонна табаны иитии технологията улаханнык кэ´илиннэ, кинилэртэн ылыллар т³рµ³х µксэ оро´у буолан т³рµµр буолла, биир т³б³тт³н ылыллар бородууксуйа му²утуурдук тµстэ .Сири кытта µлэ олох хаалла, баа´ыналарбыт µксэ о´орбо буолан, сыыс отунан бµрµллэн тураллар. Ол курдук, 2002 сылы кытта тэ²нээтэххэ 2011 сыл тµмµгµнэн ы´ыы иэнэ туорахтаах культураларга– 1,7 т³гµл, хортуоппуйга – 2,2 т³гµл, о±уруот а´ыгар – 2,7 т³гµл сарбылынна. Илин э²эр улуустарга кураан са±аламмыт эбит буолла±ына, Бµлµµ улуустарыгар, Кэбээйигэ µлµгэрдээх элбэх ходу´а сирэ уу анныгар сытар, урут о²о´уллубут мелиорация системата ы´ыллан, то±уллан бµттэ. Ты´ыынчанан гектар иэннээх о²о´уу ходу´алар билигин талах саба µµнэн, эбэтэр дул±а буолан, сатыы да ки´и сатаан хаампат сирдэрэ буолан сыталлар. Сир реформата Сахабыт сиригэр паай µллэриититтэн са±аламмыта. Алаастары мээрэйдээ´ин, сирдээх дьон границаларын чопчулаа´ын (межевание) билигин да бµтэ илик. Сирдээх-уоттаах, кырдьыга да±аны, санаа±ар µчµгэйэ сµрдээх курдук. Ол гынан баран, тыа±а олорор ки´иэхэ бу сирэ харчы буолан кубулуйан хачыгыраабытын, к³мµс буолан кылабачыйбытын, байан-тотон, «баа´ынайдаан абыранан» демократтарбыт тµстээбит к³мµс олохторо кэлэн биэрбэккэ, сыанан-арыынан ньал±арыйбыт кими да к³р³ иликпит. Биллэрин курдук, Республикабыт Ил Дархана 2013 сылы тыа сирин сылынан биллэрэн турар, правительство та´ымыгар анал уураахтар, дьа´аллар ылылыннылар. Бу µчµгэй са±алаа´ын. Ол гынан баран, тыа ха´аайыстыбатын сайдыытыгар тыырыллар µп уопсай сууммата республика бюджетын ороскуоттуур чаа´ыттан син биир 6,7%-тан µрдээбэтэ. Ол эбэтэр уруккутунан хаалла. Аны туран бу µбµ тыырыы кэнники кэм²э хайдах эрэ кэлтэй со±устук о²о´уллар буолла. Манна били²²ээҥҥэ дылы, ханнык улуус хайдах туруктаа±ар, сайдыылаа±ар, транспортнай схемалаа±ар оло±урбут с³пт³³х сы´ыан эбэтэр кэмниир-нуормалыыр критерий олохтоно илик. ¥бµ тыырыы, би´иги сыаналыырбытынан а²ардастыы билсиигэ-к³рсµµгэ, уруула´ыыга уонна улууста´ыыга оло±уран о²о´уллар курдук. Бу олус хомолтолоох. Сир билигин атыыла´ыллар, атыыланар уонна баантан харчы ылыаххын ба±ардаххына солуокка угуоххун сөп. 2001 сыллаахха сир кодексын ылалларыгар хайдах этэй? Биир да±аны гектар сир тас омук дьонугар бэриллиэ суохтаах диэн буолбута. Дьыалатыгар Сир кодексыгар суруллубутунан граница аттыгар (приграничные) баар эрэ сирдэр бэриллибэттэр диэн сурулла сылдьар, онтон атынын ба´аалыста, ол эбэтэр, сарсын хайа ба±арар харчылаах тас дойду ки´итэ кэлэн би´иги алаастарбытыгар, ³рµстэрбитигэр, кµ³ллэрбитигэр кµн сарсы²²ыттан ха´аайыннаан айбардаабытынан барыахтаах! Би´иги ки´ибит кинини кытта туруула´ыахтаа±ар сарсын килиэбин да, харчыта суох олорон тугун толук ууруо±ай? Улахан сири тыыппакка, эрэ би´иги бэйэбит тыабыт сирин ырытан көрµ³ххэйи². Т ыабыт сиригэр, бастатан туран соруйан толкуйданан о²оһуллубутун курдук µлэ суох. Чаа´ынай сµ³´µлээх ки´и алаа´ын баран оттоото, ына±ын ыата, уулатта да кµнэ онон бµтэр. ¥µппµт харчыта лиитэрэтэ 20 солкуобай, биир т³б³±³ сылга 6000 солкуобай бэриллэр. Орто сэниэ ыал биэс ынахтаах Бэйбэрикээн эмээхсин курдук ыанар ына±а биэс буоллун. Сылга биир ынах тонна µµтµ биэрдин. Оччотугар ыал сыллаа±ы киллэрэр µбэ 130000 солкуобай тахсар. О±олордуун орто ыал биэс ки´и. Оччотугар бу ыал биир ки´иэхэ тиксэр µбэ сылга 26000 солкуобайга тэ²нэ´эр. Ыйга 2167 солкуобай буолар. Дьэ уонна толкуйдаа².Орто хамнас билигин республика±а 40,00 ты´ыынча солкуобайга тиийдэ диэн отчуоттаатылар . Оттон урукку ГУП-тар, били²²итэ ОАО генеральнай директордара уонна кинилэр солбуйааччылара ылар хамнастарын сууммалаан баран µлэ´ит ахсааныгар тµ²этэн та´аарыллыбыт сыыппара буолуон с³п. Билигин генеральнай директордар уонна кинилэр солбуйааччылара биир ыйдаа±ы хамнастара 500,00 тыһыынчаттан 2,0 м³лµйµ³н солкуобайга тиийэ халбаҥныыр, сылга бу ки´ибит 24,0 м³лµйµ³н солкуобайы ылар. Ыйга ортотунан биир ки´иэхэ 15,0 ты´ыынчаны да т³лµµр буоллахпытына, 133 ки´иэхэ хамнас т³л³³н, биир орто дэриэбинэни, биир ки´и хамна´ынан µлэнэн хааччыйыахха с³п. Ону биир ки´и ылар. Сµрдээх ба±айы! Билигин телевидениенан, радионан уонна интернетынан Сэбиэскэй кэми, Сталины уонна Ленины µ³х да µ³х, холуннар да холуннар буолаллар. Аныгы кэм²э т³р³³бµт о±олорго коммунистар ³л³рµ³хсµттэр уонна илэ сиэхситтэр диэн ³йд³бµлµ биэрдилэр. Оччо±уна бу били²²и кэм²э т³р³³бµт о±олор т³р³ппµттэрэ, э´элэрэ, эбэлэрэ коммунистическай партия±а чилиэн буола сылдьыбыт буоллахтарына, били²²и ыччат ³йд³бµлµгэр ким буолалларын сэрэйиэххэ эрэ с³п. Мин тус бэйэм ³йд³³´µммµнэн уонна кэтээн к³рµµбµнэн ³ск³тµн норуоту хаттаан албыннаары гыннахтарына, эмиэ тема була охсон холуннарбытынан бараллар. Тылга да±атан эттэххэ, Сэбиэскэй Сойуус кэмигэр а²ардас дьахталлар, кыаммат ыаллар оччоттон-бачча±а диэри син биир бааллар этэ. Ол гынан баран 80 солкуобай, элбээтэ±инэ 120 солкуобай, хамнастарыгар уот курдук ортотук Сэбиэскэй экономика кµµ´э бэрт буолан, ыал буолан бур-бур буруо та´ааран олорбуттара. О±олоро этэІІэ улаатан, µ³рэ±и бµтэрэн, э²ин араас идэни ылан, норуот ха´аайыстыбатын араас салаатыгар µлэлээн дьон бэртэрэ буолбуттара. Ол са±ана саамай µрдµк пенсия 120 солкуобай буолара, салайааччытыттан совхоз рабочайыттан тутулуга суох. Перестройка кэнниттэн орто саастаах дьон пенсия±а тахсар кэмнэрэ кэллэ. Билигин пенсия орто кээмэйэ 7-18 ты´ыынча±а дылы халба²ныыр. Ол гынан баран сорох-сорохтор пенсиялара 100,00 ты´ыынчаттан лаппа тахсар. Бу туох ааттаа±ы үлэлээн кэдэрийбит уонна мэтэрийбит то±о к³ппүт барахсаттарый? Бастатан туран, суут-сокуон систематыгар µлэлээбит дьоннорбут, онтон бэлэм государство массыынатыгар тиэрэ тµ´эн тиэллибит, босхо дьиэлэммит-уоттаммыт, µрдµк хамнастаах Ил Тµмэн депутаттара кэлэллэр, салгыы ситэриилээх былааска µлэлээбит оччо-бачча дэммит µлэ´иттэрбит уонна тойотторбут кэлэллэр. Т³рµт сокуо²²а ырылыччы сурулла сылдьар, би´иги бары биир тэ² бырааптаахпыт!¥³´ээ ахтыллыбытын курдук тыабыт сирин дьоно хамна´а суох, алаастара тугу биэрбитинэн олороллор. £р сыллаах кураан и´эрэ биллэр. Бу сµіґµ иитэн олорор дьоІІо хайдах дьайыан киґи сэрэйиэн эрэ сіп. Сылтан сыл куоракка к³´³н барыы ахсаана аччаабат. Правительство ха´ан «³йд³н³н» тыа сирин диэки хайы´арын айбыт та²ара бэйэтэ билэрэ буолуо. Оччотугар хайдах буолабыт?Бу олох сотору кэминэн баа´ына, оттуур, мэччирэ² сирдэрэ атыыланар буолуохтара. Оччотугар кураан дьыллар кэлбиттэринэн сµ³´µлэрбин сµµстэрин та´ыйан баран, сирбин кимиэхэ ба±арар атыылаабаппын дуо, кэннэ кээнчэ да буоллун диэн баран? Олох к³рд³р³рµнэн, балыктыыр, бултуур сирдэри кыахтаах, куоракка олорор баай дьоннор ыллылар. Олохтоох, тыа±а олорон хаалбыт дьон кинилэргэ µлэлээн, онтон ас та´ааран а´ыыр, бы´ата былыргылыы хамначчыкка кубулуйдулар. Саастарын тухары эрэ буолбакка, төрүттэрэ Омо±ой э´эбит инниттэн олорон баран, олсирбититтэн ытыспытын соттон кэбистибит! Аныгы сокуон ирдэбилэ ким баай – ол сокуон уонна сир хаһаайына. Сиэбин таһынан бычча²ныы сылдьар толору харчылаах ки´и тендери да, конкурсу да, аукциону да кыайара биллэн турар суол. Сахабыт сирэ-уота аан дойду бараммат баайынан биллэр. Сиртэн хостонор баайбытын ый-кµн ы´ыа±а о²орон, сур бөрөлөр туора-маары ыскайдаан сиирин сиэбит, а´ыырын а´аабыт тобохторун кэнниттэн, билигин кинилэр айахтарыттан кµ³х от µµнэрин кэтэ´эбит. Холобур а±аллахха, былырыын, дьадайбыт «Сургутнефтегаз» «эрэйдээ±и» 800 мөлүйүөн нолуогун Ил Түмэн бырастыы гыммыта. То±отун ким билиэ баарай? Бу тэрилтэ сыллаа±ы киллэринэр дохуота сµллµкµµн харчыта диэн сымыйа. Бу харчыны тутуутугар таһаардахпытына 30 м³лµйµ³н сууммалаах 27 о±о садын тутуохха с³п этэ. Манна да±атан суруйдахха, харчы тыырыытын барытын Ил Түмэн депутаттара быһаараллар. Ол эбэтэр µлэ миэстэтин тыырыытын эмиэ кинилэр бы´аараллар, тыа сиригэр эмиэ. Мин көрбөккө да этиэхпин сөп: хайа ба±арар депутат быыбар са±ана «са²а үлэ миэстэтин та´аарыыга µлэлэ´иэм» диэн быыбардааччыларын иннилэригэр «анда±ар» эрэ биэрбэт. Ону баара би´иги быыбардааччыбыт аан бастаан депутат ханнык массыынанан кэлбитин, хайдах та²на-симэнэ сылдьарын көрөр. £ск³т³ бу ки´ибит джибинэн сылдьар буолла уонна мµ³ттэммит о±уруктаах тылынан бэйэтин угаайытыгар киллэрдэ да быраап хаалдьык, куолас киниэнэ! Онтон биэс сыл устата сыалаах-арыылаах тус оло±ун о²остубут «ки´ибит», депутаппыт сµтэн хаалар. Быыбарынан талыллар кистэлэҥ албастары олус күүскэ баһылаабыт бу дьон. Быыбар туспа искусствоҕа кубулуйда. Дьонум туһа диэн үлэлиир депутат олох аҕыйах киһи баара биллэр. Онтуҥ улууска тиийдиҥ да ырылыччы көстөн кэлэр. Буор бурҕайа турбутун курдук бурҕайа турар, эбэтэр бадараан бырдьайа сыппытын курдук сытар, дьон үлэтэ суоҕун курдук суох. Государство±а куруутун харчы элбэх, µбэ суох государство государство буолбатах. Ону хайдах тыырдыгыт, ханна гынныгыт диэн, тыырар уонна бы´аарар депутаттартан ыйытыахха баар этэ: То±о µлэ суо±уй, ордук тыа сиригэр? Баар да буолла±ына, хамнаһа то±о лаппа кыраный куорат µлэ´итин киэниттэн ? Депутат быыбар иннинэ быыбардааччыларын иннигэр туруоруммут биир эмэ соруга туолбут дуо? Ордук дьон µлэлээх буолуута, µлэнэн хааччыйыыга ханнык µлэ ыытылынна, туох ситиґиилэннэ, тµмµгэ тугуй? Былаас партията µ³±э уонна холуннара сатыыр Сэбиэскэй Сойууспутугар биир да±аны киһи үлэтэ суох хаалара улахан айдаанынан бүтүөн сөп этэ. Хайа эрэ салайааччы ба´а к³т³-к³т³ барара. Ол са±ана секретарь (били²²и глава курдук) µлэ миэстэтэ да буолбатах, хамнас ал±аска а±ыйах хонукка хойутаата±ына улахан миэрэ±э тардыллара. Оттон билигин? Киґи туохха ба±арар тµргэнник µірэнэр дуу, тугуй? Ґлэтэ суох буолууга дьон соґуйбат, µірэнэн хаалла дуу? Ха´ан ³йд³н³р-т³йд³н³р дьоммутуй?Тыа сиригэр олох кµнтэн кµн ыарыыр . Ма±а´ыыннарга бэ±э´ээ «с³бµгэр со±ус сыана±а атыыластым» дии санаабыт табаары² бµгµн кэлэн µрдэ суох µрдээн-м³±µрээн сытар буолар. Бу бала´ыанньа манна киминэн да хонтуруолламмат, бэрэбиэркэлэммэт, то±о диэтэххэ - чаа´ынай бас билии, маны аныгы былаас сокуона к³мµскµµр, ара²аччылыыр. Манна тирэ±ирэн, табаары бас билээччи бэйэтэ билэринэн, хайдах таптаабытынан сыананы т³´³ ба±арарынан µрдэтэр.Оту-ма´ы тиэйтэрии, уунан хааччыныы боппуруостара тыа сиригэр ха´ан да бµппэт-бараммат кы´ал±анан буолла . Олохтоох дьа´алталар били²²и туругунан маны миэстэтигэр кыайан бы´аарар µптэрэ да, техникалара суох. Онон этэргэ дылы «ууга тимирэн эрэр ки´ини ³рµ´µйµµ - тимирэн эрэр ки´и бэйэтин кы´ал±ата» диэбит курдук бала´ыанньа буолла. Ким хайдах сатанарынан, сатыырынан отун-ма´ын тиэнэр та´ар. Били этэллэригэр дылы – «Живите Как Хотите» диэбит чахчылара бу манна баар. Коммунальнай ха´аайыстыба ту´унан этэ да барыллыбат. Тыа сиригэр тиэйэр-та´ар ³²³л³рµ сµрµннээн чаа´ынай техникалаах дьон о²орор. Манна государство уонна олохтоох дьа´алта ³ттµттэн ³й³бµл суох буолан, тиэйии-та´ыы и´ин т³л³бµр эриэ-дэхси буолбат. Холобура икки тонналаах оту биир к³ст³³х сиртэн а±алтарар буоллаххына кырата µс-тµ³рт ты´ыынчаны, эбэтэр биир прицеп оттук ма´ы тиэйтэрэр буоллаххына эмиэ биир оччону т³лµ³ххµн наада. У´ун кы´ыны бы´а окко-маска биирдии сырыынан эрэ му²урдаммаккын, ортотунан µстµµ-тµ³ртµµ сырыыны о²оруоххун наада. Манна уунан хааччынаргар тахсар ороскуоту эбэн кэбис. Бы´а холоон тыа ыалын кыстыкка ороскуота барыта тµ³рт уонтан тахса ты´ыынча буолан тахсар . Бу кыра дохуоттаах тыа ыалыгар элбэх харчы. Былыр былыргыттан, ³бµгэ са±аттан саха ки´итэ дьиэ ис-тас µлэтин µлэнэн аахпат, тыыннаах сылдьар ту´угар т³´³л³³х сыратын-сылбатын уурарын улаха²²а уурбат, аахайбат µгэстээх, буолуохтаах буоларын курдук саныыр. Дьи²инэн ыллахха, бу µлµгэрдээх тыйыс айыл±алаах дойдуга олохсуйан, дьиэ-уот туттан, бур-бур буруо та´ааран, сµ³´µ-сылгы иитэн, т³рµ³х т³р³т³н бачча±а дылы норуот аатыран, тэнийэн кэлбиппитигэр ³бµгэлэрбитигэр улахан махтал тылларын этиэхтээхпит. Оттон би´иги билигин сайдыылаах кэм²э олоробут. Ол сиэринэн, ханнык ба±арар государство салалтата бэйэтин норуотун убаастыыр, ытыктыыр буолла±ына, киниэхэ с³пт³³х (комфортабельнай) олорор уонна µлэлиир усулуобуйаны тэрийиэн с³п этэ. Ол суох. Баччаа²²а дылы, республика тыатын µгµс нэ´илиэктэригэр олох-дьа´ах, µлэ-хамнас тэрээ´инэ барыта былыргылыы, кур бэйэтэ кубулуйбакка турар. А²ардас от-мас бэлэмигэр, дьиэ-уот к³рµµтµгэр – тыыннаах буолар ту´угар тыа ки´итэ т³´³л³³х сыратын уурара, бириэмэтин сµтэрэрэ буолуой? Ким кэмнээбитэ, аахпыта баарай маны? Бу кµ³мчµлээ´ин буолбатах дуо? Лоокуут.
Category: Экономика и СЭР |
Views: 1438 |
Added by: uhhan1
Ааҕыылар
Баар бары (online): 78
Ыалдьыттар (гостей): 78
Кыттааччылар (пользователей): 0