News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии
[900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения
[263]
Суд-закон.МВД.Криминал
[1280]
Право, закон
[323]
Экономика и СЭР
[839]
Власть Правительство Ил Тумэн
[1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты
[400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО
[215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка
[555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги
[155]
Коррупция
[862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство
[291]
Социалка, пенсия, жилье
[277]
ЖКХ, строительство
[132]
Образование и наука. Школа. Детсад
[215]
Люди. Человек. Народ. Общество
[224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет.
[670]
Алмазы Анабара
[161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра
[240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода
[377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ
[158]
Промышленность
[43]
Нефтегаз
[284]
Нац. вопрос
[284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации
[65]
Дьикти. О невероятном
[183]
Выборы
[661]
Айыы үөрэҕэ
[93]
Хоһооннор
[5]
Ырыа-тойук
[23]
Ыһыах, олоҥхо
[102]
Култуура, итэҕэл, искусство
[365]
История, философия
[239]
Тюрки
[76]
Саха
[153]
литература
[42]
здоровье
[465]
Юмор, сатира, критика
[14]
Реклама
[7]
Спорт
[123]
В мире
[86]
Слухи
[25]
Эрнст Березкин
[88]
Моё дело
[109]
Геннадий Федоров
[11]
BingHan
[4]
Main » 2013 » Тохсунньу » 23 » Афанасий Гаврильевич Гуринов-Арчылан бу күннэргэ “Хоһооннорум-айыыларым” диэн кинигэтэ
Афанасий Гаврильевич Гуринов-Арчылан бу күннэргэ “Хоһооннорум-айыыларым” диэн кинигэтэ
13:16
Арчылан: "Мөккүөрэ суох – олох суох”
23.01.2013 11:30 | Автор: Туйаара Сиккиэр 100_2015Киһи кэпсээтэҕинэ, мөккүстэҕинэ өссө хонноҕо аһыллан сэһэнэ-сэппэнэ бүтэн биэрбэт, бэйэтин көрүүтүн ылыннаран баран тэйэр дьон баар буолааччылар. "Күрүлгэн” уус-уран альманах эрэдээктэрэ, биллэр суруналыыс, суруйааччы доҕорбут Афанасий Гаврильевич Гуринов-Арчылан бу күннэргэ "Хоһооннорум-айыыларым” диэн кинигэтэ күн сирин көрдө. — Афанасий Гаврильевич, бастатан туран, үбүлүійгүнэн уонна «Хоґооннорум — айыыларым» диэн кинигэІ тахсыбытынан итиитик-истиІник эҕэрдэлиибин! «Кыым» хаґыат ааҕааччылара эйигин үлэІ эйгэтинэн эрэ билэр буолуохтаахтар. Бэчээт күнүн кірсі, эн тус олоҕуІ сабыытын сэгэтэн кірүіххэ сібі эбитэ дуу... Эн биґикки тірүттэрбит биир күіл уутун испит дьон буоллахтара дии, киэІ эйгэҕэ билиґиннэрэ түс эрэ. — Махтанабын. Сол да буоллар, үбүлүійүм ааспыт сылы кытары аастаҕа. Атын іттүнэн илиІІи халандаарынан Моҕой сыла Луо сылын олунньу уонугар солбуйуоҕа. Оттон саха кэми-кэрдиини ааҕыытынан саІа сыл эргиирэ ыам ыйыттан саҕаланар. Онон үбүлүій салҕанар даҕаны диэххэ сіп. Ити оонньуу-күлэ эттэххэ. Кырдьык, үйэ аІаара — бэлиэ саас. Онно тоҕооґуннаран хоґооннорум хомуурунньуга тахсыбыта миэхэ күндү бэлэх буолла. Тэрилтэбэр — «Ситим» медиа біліххі — уонна салайааччыбытыгар Мария Николаевна Христофороваҕа махталым улахан. Элбэх сүбэни поэт Анатолий Старостин-Сиэн Кынат биэрбитэ. Аан тылын философия билимин доктора Андрей Саввич Саввинов суруйда. СЈ Суруйааччыларын сойууґун саламтатын сэкирэтээрэ, «Полярная Звезда» сурунаал сүрүн эрэдээктэрэ Владислав Доллонов эрэдээктэрдээтэ. Уонна ойуутугар-таІыытыгар Анатолий Гоголев-Дархан Уус, Александр Попов, Аграфена Иванова үлэлээтилэр. Аҕабынан тірдүм, чахчы, эн тіріібүт-үіскээбит Күндэйэҕиттэн силис-тымыр тардар. Былырыын Михаил Саввич Львов диэн ытык-мааны киґи «Аҕаларбыт алаастара, ібүгэлэрбит ітіхтірі» диэн Күндэйэ дьонун-сэргэтин туґунан кинигэтэ тахсан турар. Онно аҕабынан эбээм уонна эґээм тірдүлэрэ, олохторо, тымырдара-сыдьааннара балай эмэ киэІник кірдірүллэн сылдьар. Итинник дьаныґан үірэтээччилэр, хомуйааччылар баар буоланнар, этэргэ дылы, ітіх тіІүргэстээх, сурт кэриэстээх буолар. — Тірүттэргэр суруйар дьоҕурдаах, дьарыктаах дьон бааллар этэ дуу? — Оттон тіґі эрэ дьоҕурдаах, дьарыктаах дьон бааллара чахчы. Хайдах туох даҕаны суох буолуоҕай? Кырылас кумахтан, кубус-кураанахтан хахыйах тыллан тахсыбат. Астаах туораахтан іІ буорга түспүт сиэмэттэн үнүгэс үүнэр буоллаҕа. Ырыатынан-тойугунан сураҕырар Сунтаарга күндэйэлэр, дьаархаттар (аҕам ийэтинэн тірді ол диэки барар) ортолоругар эгэлгэ талааннаах дьон элбэх. Түістэххэ, үгүстэрин кытта аймахтыы буоларым дуу. Оттон ийэм іттүнэн — Зедгенидзевтэр іттүлэринэн — бардахха, эмиэ тараан буолан тарҕаабыт дьон. Ону үчүгэйдик иІэн-тоІон билбит, үірэппит суох. Саха сирин улуустарыгар үірэх уонна итэҕэл тарҕаныытыгар бэйэлэрин суолларын-иистэрин хаалларбыт Зедгенидзевтэр бааллар. — БэйэІ хаґааІІыттан айар үлэ абылаІар ылларбыккыный? — Бастакы хоґооннорбун Тойбохойго бииргэ үірэммит уолбун Афоня Семёновы үтүктэн суруйдум быґыылааҕа. Туох эрэ кірдііҕү-күлүүлээҕи суруйар курдугум — тіґі хоґооІІо маарынныыры бооччойорум буолла? Афоня — айылҕаттан дэгиттэр дьоҕурдаах уол — олоҕор табыллыбакка кылгас үйэлэннэ. Онно үүммүт-улааппыт кэммит туманнаах-дьыбардаах тыына хаҕыстык сабыдыаллаатаҕа... Мунуу-тэнии, оттон сылтаан муІурданыы... Атын іттүнэн, Сунтаарга, алын кылааска үірэнэ сырыттахпына, тоҕо эрэ, сорох оҕолор Махтумкули диэн хос ааттыы сатыыллара. Ону дьиктиргиибин. Махтумкули диэн туркмен XVIII үйэтээҕи поэта. Кини туґунан ааҕаммын кэпсээччи буолбутум дуу, Махтумкули туґунан киинэ кістүбүтэ эбитэ дуу — букатын тугу да этэр кыаҕым суох. — Эн ураты кірүүлээх суруналыыс, суруйааччы буоларгын билэбит. Бу да сырыыга соґуттуІ. Кинигэҕэр тоҕо Интернет ситимин кэпсэтиитин киллэрдиІ? Туох санааттан? — Бэйэ кірүүтэ мэлдьи баар буолуохтаах уонна тус санаа мэлдьи этиллиэхтээх, иґиллиэхтээх, болҕойуллуохтаах. Оччоҕо эрэ олох бары хайысхатыгар тула іттүттэн ырыІаламмыт сіптііх быґаарыылар ылыллар кыахтаахтар. Поэт Иван Горнай биир поэматыгар эппитинии: «Киґи диэн этэрин этиэхтээх, кэрэ тыл оччоҕо үксүіхтээх». Оттон хомуурунньукка «Кто такой язычник?» диэн бэйэм кыттыспыт интернет кэпсэтиибин сонун, кэрэхсэбиллээх уонна дьон толкуйдууругар-ырыІалыырыгар, билиитэ-кірүүтэ кэІииригэр туґалаах буоллун диэн санааттан киллэрбитим. Уонна хоґооннорбор этэр ійбүн-санаабын атын ньыманан арыйарга, кірдіріргі дьулустаҕым. — Итэҕэл тула міккүір былыр-былыргыттан баар. Улахан киирсиилэр да буолуталыыллара. Эґиги да бэрт интэриэґинэй кэпсэтиини, міккүірү таґаарбыт эбиккит. Ол гынан биир санааҕа кэллигит дуу, суох дуу? — Міккүірү «биґиги» таґаарбаппыт. Міккүір олох элбэх утарсыылаах уустук сайдыытыттан үіскээн тахсар. Этэргэ дылы, міккүірэ суох — олох суох. Сүрүнэ, міккүір киґилии сиэрдээх уонна киґи, дьон кырдьыгын кірдүүргэ, буларга туґуланыылаах буолуохтаах. Ити іттүнэн Dr Zolber диэн, бастаан, оруо маґы ортотунан курдук тыллаґар кыттааччы кэлин: «Знание родного языка делает человека язычником... Ну, тогда все люди — язычники. Спор завершён», — диэбитэ, мин санаабар, үчүгэй түмүк. Ол эрээри, биґиги — холобур, Будда, Христос эбэтэр Магомет үірэхтэрин сүнньүнэн сайдыбыт итэҕэллэргэ сыстыбатах, тірүт үгэстэри тутуґар саха дьоно — бэйэбитин бэйэбит «язычниктарбыт» диэн атын итэҕэллээх дьон харахтарыгар «намтатына» этиниэ суохтаахпыт. Саха тірүт ійі-санаата, итэҕэлэ диэн баар, ібүгэлэрбит «Айыы», «ТаІара» диэн үрдүк ійдібүллэринэн салайтаран бэйэлэрин олохторун оІосторго дьулуґаллара — ол сайдан кэлбит суолбут атыттар киэннэриттэн туох даҕаны итэҕэґэ суох. — Афанасий Гаврильевич, эн литература эйгэтигэр быґаччы үлэлии сылдьаҕын. Кэнники сыллардааҕы кинигэлэри, айымньылары кірдіххі, ордук прозаҕа охтуу баар дуу дии саныыбын. Эн туох дии саныыгыный? — Ахсаан-кээмэй іттүнэн ылар буоллахха, оннуга оруннаах курдук. Сэґэн-кэпсээн хайа да кэмІэ, хайа да омукка ырыаттан-тойуктан биллэ элбэх эбитэ буолуо. Онон ити — сіптііх кістүү. Арай, «драма хаалла» дииллэр. Ол эрээри, кэлиІІи үірэтээччилэр биґиги кэммитин «Сиэн Јкір диэн улахан драматург тахсыылаахтык айбыт-суруйбут кэмэ» диэн эттэхтэринэ даҕаны кіІүл. Литературабыт чахчыта буолбут айымньылары ситэ ійдүү, ырыІалыы иликпит. Ол иґин итинник этэбит. Аны, киинэ курдук саІа хайысха сайдан эрэр. Оттон киинэ литератураны, чуолаан, драманы кытары ыкса ситимнээхтик, онтон тирэнэн-тэбинэнэн сайдар эбээт. — Бастакы суруйааччылар олох үтүі да, мікү да ірүтүн хайдах баарынан кырдьыгынан суруйаллара. Сэбиэскэй кэмІэ кырааскалааґын ирдэнэрэ. Оттон билигин хайдах буолла диэн сыаналыыгын? — Кинилэр оннук суруйарга дьулустахтара. Аныгы суруйааччылар даҕаны эмиэ онно дьулуґан эрдэхтэрэ. Ол онтон түмүгэр туох тахсан кэлэрэ баар — кыґалҕалааҕа, мунааҕа. Хаарчах, ирдэбил сэбиэскэй да иннинэ баара. Ыраахтааҕы саҕана Күлүмнүүр «Манчаары түікүнэ» киэІ кірүүгэ тахсара бобуулааҕа, пьеса нууччалыы тылбааґыгар сэрэхэдийии түмүгэр уларытыылар киирбиттэрэ. Оттон «соцреализм» эрэ айар ньыма быґыытынан соІноммут сэбиэскэй кэм туґунан этэ да барыллыбат. Онно холоотоххо, билигин айар-суруйар киґи быдан кіІүл. — Эмиэ үлэҕэ-хамнаска иэҕиллээри гынныбыт быґыылаах. Дьиэ кэргэниІ туґунан кэпсии түс эрэ. — Кэргэним Лена Владимировна бэйэтэ дьоҕус тэрилтэлээх. Эргиэнинэн дьарыгырар. Ґс оҕолоохпут. Бары сахалыы ааттаахтар: Алгыс, Сандаара уонна Айхаан. Айхаан Саха гимназиятыгар 5-с кылааска үірэнэр, улахаттарбыт устудьуоннууллар. Сиэммит Уйгулаана иккис СаІа дьылын кірсін үірдэ-кітті. — КэргэІІин кытары хаґан билсэн ыал буолбуккутуй? — Мин ол кэмІэ армия кэнниттэн «Сунтаар» сопхуоска хачыгаарынан үлэлиирим, оттон Леналаах — оскуоланы бүтэрбит эдэркээн кыргыттар — онно үлэлии тахсыбыттара. Оннук үгэс баара. Лена асчытынан үлэлиирэ, онно, бука, хойуу мииІІэ тиксээри эрийсибитим эбитэ дуу? Түірт-биэс сыл олохтоохтук билсэн, суруйсан баран ыал буолбуппут. — Дьиэ кэргэн тутулун сүнньэ туохханый? — Туох барыта ійдіґүүттэн, онно дьулуґууттан тутулуктаах дии саныыбын. — Хаґаайын-хаґаайка быґыытынан баґылыыр-кіґүлүүр оруолу былдьаґыы баар буолааччы. Эґиэхэ хайдаҕый? — Ыал бэйэтин айылҕатын быґыытынан хотуннаах уонна тойонноох буолар. Хотун ойох булгуччу тойон эрдээх буоллаҕына сатанар. Ону ійдүүр дьоІІо ким баґылыгын быґаарса сатыыр кыґалҕа турбат. — Ґчүгэй аҕа баґылык хайдах буолуохтааҕый? — Бастатан туран, дьиэ кэргэнигэр кыґамньылаах, болҕомтолоох. — Уолаттардаах киґи эт эрэ. Куоракка уол оҕону эр киґи дьарыгар батыґыннара сылдьан кыайан үірэтиллибэт быґыылаах дии... Эн маныаха туох ньыманы туттаҕын? — Оҕо ким-туох буолан тахсара элбэхтэн тутулуктаах быґыылаах. Бэлэм ньыма, соломмут суол диэн суох. Сорох ардыгар тіріппүт ис сүрэҕиттэн олус сіпкі дьаґаммыта букатын атын түмүктээх буолар. Уол оҕону кытары аҕа элбэхтэ бииргэ сылдьыахтаах — үлэҕэ илии-атах гынан, булка-алка доҕор оІостон. Ол куорат дьонугар соччо-бачча кыайтарбата баар. Аны, спорка сыґыарыллыахтаах. Ити іттүгэр билигин кыах элбэх. Холобур, кыра уолум утумнаахтык бассейІІа сылдьар уонна спорт оскуолатыгар ытыынан дьарыктанар. Ону хайа сатанарынан кіҕүлүү, тэрийсэ сатыыбын. — Урукку ыччат суолун бэйэтэ солонор этэ. Билигин бэлэми кэтэґии баар курдук. Кэммит ирдэбилэ оннук дуу, оччотооҕу сору-муІу кірбүт тіріппүт буруйа дуу? — Оннук кістүү баар. Бэл, устудьуон ыччаттарбытыгар кыра оҕоҕо курдук сыґыаннаґабыт. Биир іттүнэн, оннук кыґамньы баара эмиэ даҕаны үчүгэйгэ дылы. Иккис курдук, олус ньээчикэлээн, ыччаппыт олоҕун оІостор дьулуурун мілтітібүт. Олус үлбүрүллүбүт ыт оҕотуттан булчут ыт тахсыбат. Аны, ыччаты иитиигэ, дьиэ кэргэни таґынан, оскуола оруола улахан. Оттон оскуолаҕа иитэр-үірэтэр үлэҕэ эр киґи аҕыйаан турар. Ол аата, ыччаты иитиибитигэр уйан-намчы айылгы баґыйар, оннук айылгы эр киґилии кытаанах майгыны кырыылаан, чочуйан таґаарар кыаҕа суох. — Эр киґи эрэ барыта саас-күґүн биир сиргэ таба олорбот үлүгэрэ. Эн тіґі булчуккунуй? — Кыра булка тыа оҕотун сиэринэн кырабыттан сылдьыбытым. Уол оҕо тіріітіҕүнэ, тыаҕа хара суор халаахтыыр диэн уос номоҕо баар. Булдуттан тииґиэм диэн үірэр үґү. Кустаан-куобахтаан, ол үірбүт суорбун улаханнык хомоппотох буолуохтаахпын. Билигин улаханнык бултуу сатаабаппын. Ол оннугар күігүлүүрбүн сібүлүүбүн. — Дьиэ кэргэнинэн ханна сынньанаргытын ордороҕут? — Бииргэ айылҕаҕа, айаІІа сылдьартан ордук туох баар буолуой? Арай, оннук түгэн сэдэхтик тосхойор. Биирдэ Санкт-Петербург бэлиэ сирдэринэн бары дьиэ кэргэнинэн сылдьан турардаахпыт. Билигин саныырга олус үчүгэй. — Арчылан, истиҥ кэпсээниҥ иһин махтал буолуохтун. Бу сыл бастакы нүөмэригэр тахсыбыт дьоруой буоларыҥ быһыытынан "Кыым” ааҕааччыларыгар тугу баҕарыаҥ этэй? — "Кыым” хаһыат, чуолаан "Кулуһун” сыһыарыы, "Күрүлгэн” сурунаал ааҕааччыларыгар барыларыгар дьолу-соргуну, баай-талым олоҕу уонна доруобуйаны баҕарабын! Этэҥҥэ буолуҥ!
Category: литература |
Views: 2335 |
Added by: uhhan1
Ааҕыылар
Баар бары (online): 38
Ыалдьыттар (гостей): 38
Кыттааччылар (пользователей): 0