News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии
[900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения
[263]
Суд-закон.МВД.Криминал
[1280]
Право, закон
[323]
Экономика и СЭР
[839]
Власть Правительство Ил Тумэн
[1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты
[400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО
[215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка
[555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги
[155]
Коррупция
[862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство
[291]
Социалка, пенсия, жилье
[277]
ЖКХ, строительство
[132]
Образование и наука. Школа. Детсад
[215]
Люди. Человек. Народ. Общество
[224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет.
[670]
Алмазы Анабара
[161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра
[240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода
[377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ
[158]
Промышленность
[43]
Нефтегаз
[284]
Нац. вопрос
[284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации
[65]
Дьикти. О невероятном
[183]
Выборы
[661]
Айыы үөрэҕэ
[93]
Хоһооннор
[5]
Ырыа-тойук
[23]
Ыһыах, олоҥхо
[102]
Култуура, итэҕэл, искусство
[365]
История, философия
[239]
Тюрки
[76]
Саха
[153]
литература
[42]
здоровье
[465]
Юмор, сатира, критика
[14]
Реклама
[7]
Спорт
[123]
В мире
[86]
Слухи
[25]
Эрнст Березкин
[88]
Моё дело
[109]
Геннадий Федоров
[11]
BingHan
[4]
Main » 2013 » Олунньу » 20 » Учуонайдарбыт Казарян баар-суох киэн туттуубутун – олоҥхобутун күлүү-элэк оҥосторун кытта эмиэ сөпсөһөн олороллоро дуу?
Учуонайдарбыт Казарян баар-суох киэн туттуубутун – олоҥхобутун күлүү-элэк оҥосторун кытта эмиэ сөпсөһөн олороллоро дуу?
09:40
Устуоруйа кырдьыкка эрэ тирэҕириэхтээх
19.02.2013 11:14 | Автор: Владимир Степанов КЫЫМ. ХИФУ учуонайа П.Казарян саха омук төрдүн-төбөтүн, өрөспүүбүлүкэбит устуоруйатын түөспүт мөккүөрдээх, сороҕор наһаалыыр интервьютун айдаана сиэллэнэн-кутуруктанан барда. Уопсастыба ортотугар, хомойуох иһин, билим баһыйар өттө Казаряны кытта сөбүлэспит курдук өйдөбүл үөскээтэ. А.И. Гоголев ылбат-биэрбэт ис хоһоонноох интервьютугар тирэҕирэн, сонуну тарҕатар тэрилтэлэр «Билим академията Казаряны өйөөтө», оттон ХИФУ ректора «Е.И. Михайлова Казаряны көмүскэстэ» диэн суруйуулара учуонай «аптарытыатынан» өйбүтүн-санаабытын хам баттыах да курдуктар.Учуонайдарбыт таах хамнас сииллэр дуо? Казарян былырыын бырабыыталыстыба отчуотун саҕана Манчаарыны аһара "түһэрбитигэр” Е.Ярославскай аатынан кыраайы үөрэтэр түмэл дириэктэрэ Е.С. Шишигин "саха норуотуттан бырастыы гыннар” диэн модьуйсан турар. Быйыл эмиэ бу Казаряммыт бырабыыталыстыба отчуотун көрсө атын айдааны тарта... Ытык өйдөбүллэрин таарыйтарбыт дьон олох кыһалҕатын буолбакка, быйыл эмиэ, сүрүннээн, норуоттарын дьоһунун, киэн туттуутун көмүскээһин тула кэпсэтэллэрэ чахчы. Казарян өссө 2006 с. «Саха сирин былааһын көдьүүһүн этнобюрократия харгыстыыр» диэн айдааннаах интервью биэрэн турардааҕ а. Кини онно өрөспүүбүлүкэбит "Саха” диэн ааттанарын утарбыта. "Бу сахалар сирдэрэ буолбакка, ким баҕарар кэлэн олорор сирэ” диэн өйү-санааны соҥноспута. Саха сиригэр бастаан сахалар кэлэн сүөһү иитиитин киллэрбиттэрин, оттон нууччалар бурдук үүннэриитин, сир оҥоруутун аҕалбыттарын санатыспыта. Оттон армяннар, киһи да күлэр, «ремеслолары» аҕалан байыппыттар үһү. Өрөспүүбүлүкэ үһүс улахан омуга буолар баҕа батарбатаҕын да иһин, кинилэр иннилэринэ ким да манна дьиэ туппатаҕын, тимири уһаарбатаҕын, тугу да уһамматаҕын-оҥорботоҕун курдук этии табыллыбата чахчы. Манна диэн эттэххэ, казаряннар көмөлөрүнэн, ыччаппыт ортотугар "Саха сирин тутуутун барытын кэриэтэ армяннар оҥорбуттара” диэн өй-санаа күүскэ иҥэн эрэр. Былырыын инньэ диэн нууччалыы суруйбут биир эдэр суруналыыс кыыстан "тыа сирин дьиэтин-уотун эмиэ кинилэр туппутттара буолуо дии саныыгын дуо?” диэн ыйыппыппар эрэ, "кырдьык даҕаны...” диэн соһуйбута. Казарян интервьютугар дьиҥнээх билим археографияҕа тирэҕириэхтээх диир. Кини «К сожалению, в истории Якутии наблюдается отсутствие достоверности. Выводы делаются на основании мифов и легенд – это несерьезно. Олонхо почему-то считают уникальным явлением. Общеизвестно, что подобные сказания были у сотен народов, но другое дело, что у якутов очень поздно возникла письменность. Так что очень многое зависит от базы. Оперировать мифами легко, а попробуйте изучить рукописные фонды, кропотливо работать в архивах» диир. Ол эбэтэр, суругунан бигэргэтиитэ суох ханнык да түөрүйэни кини ылыммат. Саха сиригэр сурук билиҥҥи көрүҥүнэн нуучча кэлбитин кэннэ баар буолбута. Итинэн сирдэттэххэ, Казарян Г.В. Ксенофонтовы, Окладниковтааҕы да сурукка олоҕурбуттара суох диэн тибэн кэбиһэр. Оччотугар биһиги учуонайдарбыт бары «сымыйаны суруйар», хамнаһы таах сии олорор курдук буолан тахсаллар дуо? Кырдьык, саха төрдүн-төбөтүн туһунан нуучча иннинэ сурукка тиһиллибитэ суох курдук. Кытай, Европа, атын да омуктар летопистарын, архыыптарын тылы билбэт буолан, дириҥник хаһыспыт да суох. Баарбытын санаттахха, сахалар диэн кимнээхтэрин XVII үйэттэн Идес Исбрантан саҕалаан элбэх учуонай анаан-минээн үөрэппитэ. Кинилэр, сүрүннээн, "түүр тыллаах омуктар манна кэлэн олохтоох омуктары кытта холбоспуттарын түмүгэр сахалар үөскээбиттэр” дииллэр. Ол эрээри, сахалар төрүттэрэ чопчу хантан кэлбиттэригэр биир көрүү суох. Дьиктитэ диэн бары тоҕо эрэ атын күүстээх омуктартан үтүрүллэн, куотан кэлбиттэрэ диэн санааны тутуһар. Сахалар көһөн кэлиилэрин Г.В. Ксенофонтов «Урааҥхай сахалар» диэн үлэтигэр дириҥник ырытан таһаарбыта.Туспа санааны С.А. Токарев тутуһар. Кини "сахалар бэлэм омук быһыытынан ханна эрэ үөскээн баран манна көһөн кэлбэтэхтэрэ, кинилэр Өлүөнэ орто тардыытыгар кэлии уонна олохтоох тоҥус, палеоазиат омуктар холбоһууларын түмүгэр үөскээбиттэрэ” диир. Саха тыла кэлии түүр омуктар төрүт олохтоох норуоттар тылларын баһыйбытын түмүгэр түүрдүү тутулламмытын ыйар.Оттон А.П. Окладников Токаревы утарар, кини "сахалар соҕурууттан төрүттээхтэр” диир. Ол да буоллар, "сахалар омук быһыытынан Орто Өлүөнэҕэ сиппиттэрэ-хоппуттара” диэҥҥэ сөбүлэһэр. Кини сахалар түүр тыллаах төрүттэрэ курыканнар олох соҕурууттан буолбакка, Байкал таһыттан кэлбиттэрин суруйар. Курыканнар VI-Х үйэлэргэ сиппит-хоппут, суруктаах-бичиктээх, судаарыстыбалаах сайдыылаах омук этилэр. Кинилэр тустарынан кытай былыргы летопиһыгар суруллубут.Археолог И.Е. Зыков археологияны, топонимканы уо.д.а. чиничийэн баран, "бастакы былыргы сахалар XI-XII үйэлэргэ үөскээбиттэрэ, оттон этнос быһыытынан XVI үйэҕэ диэри сиппиттэрэ” диэн түмүккэ кэлбитэ. Саха үөскээһинигэр тоҥустар уонна юкагирдар оруоллара анал чинчийиини эрэйэрин эппитэ. Атын археолог И.В. Константинов, төттөрүтүн, XV үйэҕэ кэлбит түүр төрүттэрбит тоҥустары уонна юкагирдары суурайбыттара диир. Оттон саха тыла V-VII үйэлэргэ үөскээбит үһү.С.И. Николаев-Сомоҕотто «саха эт-хаан өттүнэн манна былыр-былыргыттан төрүт олохтоох омук, ханнык да түүр буолбатахпыт» диирэ. Түүрдүү тылбытын соҕурууҥҥу төрүппүт дакаастабылын быһыытынан ылыммат этэ. Кини «бэрт сотору кэлии омуктарбыт диэбиккититтэн кэмсиниэххит. Атын омуктар эһиги эмиэ кэлиилэргит, биһиги эмиэ кэлиилэрбит, онон Саха сирэ биһиэнэ диэмэҥ диэхтэрэ» диирин өйдүүр буолуохтааххыт. Академик А.Н. Алексеев 1986 с . Токкоҕо булуллубут IV-V түүр малларыгар олоҕуран, бастакы түүрдэр ити кэмҥэ Саха сиригэр өтөн киирэн олохтоох тоҥустары кытта булкуһан саха омугун үөскэппиттэрэ диэн түөрүйэлээх. Кини чинчийиилэрэ Г.В. Ксенофонтов бастакы түүрдэр Саха сиригэр II үйэҕэ кэлбиттэрэ диэн сабаҕалааһынын бигэргэтэр эбит. А.Н. Алексеев сахалар дьахтар өттүнэн Саха сиригэр 4 тыһ. сыл анараа өттүттэн силис тардаллар, аҕалара соҕуруу түүрдэртэн төрүттээх диир. Саха омук быһыытынан үөскээһинэ бэрт элбэх мөккүөрү төрөтөр. Хайдах биир сомоҕо тыллаах омук бачча киэҥ сиргэ тарҕанан олохсуйда? Холобур, эбэҥки тылын диалектара букатын атын атыннар, өйдөспөттөр ээ. Курыканнар манна кэлэн баран тоҕо суруктара сүттэ, судаарыстыбаннастара мэлийдэ? Хаһан манна чуолкай көһөн кэлбиттэрэй? Ол эрээри, бу билиҥҥитэ барыта, сурук-бичик, докумуон суоҕун быһыытынан, дакаастабыла суох түөрүйэ эрэ. Көрөргүт курдук, "суругунан туоһугут суох” диэн баран ханнык баҕарар ааһар былыт албына, көтөр былыт көлдьүнэ кэлэн устуоруйабытын барытын туора сотон ааһыан сөп эбит. Ол иһин Казарян курдук дьон ити түөрүйэлэр икки ардыларыгар көҥүл «мэччийэллэр». Саха дьахтара содурун, эр дьоно мөлтөҕүн, тугу да быһаарбатын, саха оҕо омук буолан «өйө убаҕаһын», Саха сиригэр «намыһах» уонна «сайдыылаах» норуоттар баалларын”, саха түмсүүтэ суоҕун, улуустаһарын эҥин туһунан наар куһаҕаны хомуйан «Франкенштейн» курдук сүөргү мэтириэттээх саханы уруһуйдаан таһаарыахтарын сөп эбит.Учуонайдарбыт Казарян баар-суох киэн туттуубутун – олоҥхобутун күлүү-элэк оҥосторун кытта эмиэ сөпсөһөн олороллоро дуу? Казарян толкуйун батыстахха, биэс үйэ анараа өттүгэр үөскээбит омук хантан 1263 сыллаах олоҥхолонуой?! Өйдүүргүт курдук, 2000 сыллаахха Олоҥхо төрүттэммитэ 1250 сылын өрөспүүбүүлүкэ судаарыстыба таһымынан ньиргиэрдээхтик бырааһынньыктаабыта. Бу даата халлаантан кэлэн түспэтэҕэ ээ. 1998 с. муус устар 3 күнүгэр устуоруйа билимин дуоктара, профессор, Гуманитарнай чинчийии институтун (ону П.А. Ойуунускай олохтообута) оччотооҕу дириэктэрэ В.Н. Иванов салайааччылаах учуонай сэбиэтин кэҥэтиллибит мунньаҕа ОЛО¢ХОБУТ 1250 сааһа 2000 с. туоларын бигэргэтэн турардааҕа. Билигин Казарян олоҥхобутун ити курдук "ааһан иһэн” садаҕалаабытын кэннэ, В.Н. Ивановтаах ити даатаны М.Николаев «бэлитиичэскэй конъюнктуратын сакааһа этэ» дииллэрэ эбитэ дуу? Оччотугар Александр Жирков уонна Андрей Борисов «сымыйа шедеври” аатырдаары 16 миллиард солкуобайга «Олоҥхоленды» тутаары сылдьар буолан тахсаллар. Дьыала сиэлэ-кутуруга ити курдук уһаан-тэнийэн барар... Казаряны "провокатор, киһи аахсыбат киһитэ, кинилиин мөккүһэн сыраны-хараны бараабаппыт” диэн сапсыйан кэбиһиэххэ сөп. Ол эрээри, мындыр өбүгэлэрбит «кээнчэ быта кэтэххэ ыттара” куһаҕанын этэллэрэ. Онон учуонайдарбыт кэлэр да өттүгэр ити курдук киһи барыта күлүү-элэк гына сылдьыбатын, санаан кэлэ-кэлэ үөҕэрин тохтотор балаһыанньаны олохтуулларын күүтэбит.Генетика тугу этэрий? Казаряны кытта соҕотоҕун кэриэтэ аахсар Е.С. Шишигин: «Казарян никогда не занимался вопросами происхождения народов Якутии, а изучал вопросы политической ссылки. Поэтому его выводы в отношении происхождения и расселения народов очень сомнительны. Ну, не может человек быть компетентным по всем вопросам. ... До прихода русских была бесписьменная история. Для того, чтобы изучить этот период, необходимо исследовать язык, фольклор, этнографию, генетику в совокупности», диир. Чахчы, норуот устуоруйатын итини барытын кэлимник көрдөххүнэ эрэ быһаарар кыахтааххын. Онон сахалар геннэрин туһунан үлэлэри көрүөҕүҥ. Генетика – билим көрүҥэ. Төһө да тугу барытын "билбитин”, сымыйанан өйдөөҕүмсүйбүтүн иһин, Казарян да ону мэлдьэспэтэ буолуо. 1. Саха омуга үөскээбит этногенеһыгар генетика аан бастаан 1980-с сыллартан, учуонай В.В. Фефелова "сахаларга арийдыы HLA ген маркера баар” диэн арыйыытынан киирбитэ. Кини "саха -- монгуоллар түҥ былыргы индо-европалыы биис уустарын кытта холбоһууларын түмүгэр үөскэбитэ” диэн сылыктаабыта. 2. 90-старга Tatjana Zerjal диэн учуонай Tat-C ген мутациятын чинчийэн баран, "сахалар финн-угорс омуктарыттан, ол аата Европаттан төрүттээхтэр” диэн түмүккэ кэлбитэ. Бу ген кэлин илин славяннарга, Сибииргэ, бэл, хуннуларга кытта киэҥник тарҕаммыта дакаастаммыта. Бу ген мутацията 15-20 тыһ. сыл тухары барар. 3. N1c1 ген линиятынан аахпыт учуонайдар сахалар V үйэ диэки үөскээбиттэрин этэллэр. 4. Генетика "сахалар -- түүр тылын ылыммыт юкагирдар” диэн түөрүйэ сыыһатын дакаастыыр. Метохондрия ДНК-тынан, биохимическай маркердарынан сахалар соҕуруу Сибиир, Киин Азия омуктарын кытта уопсайдара элбэх эбит. 5. Генетик учуонайбыт С.Федорова, бэйэтин чинчийиилэригэр олоҕуран, саха этноһын сааһа 1000-2000 сыл диэн ааҕар. 6. Аан дойду генетик учуонайдара сахалар өр кэм устата ханна да тарҕаммакка, биир сиргэ олорбуттарын сөҕөллөр. Килиимэт уларыйар, онон Европа дойдулара сахалар, атын да Сибиир омуктара тымныыны хайдах тулуйалларын интэриһиргииллэрэ улаатан иһэр. «Огонек» сурунаал 2013 с. олунньу 11 күнүнээҕи нүөмэригэр Кембридж университетын генетикаҕа лабораториятын салайааччыта, Эстонияттан төрүттээх биолог Тоомас Кивисилд интервьюта тахсыбыта. Онно кини хотугу омуктар тымныыны тулуйалларын үс ген хааччыйарын этэр. Онтон, холобур, ENPP7 ген ордук элбэхтик биһиэхэ көстөр эбит. Учуонайдар "киһи Сибииргэ 30 тыһ. сыл анараа ө ттүгэр олохсуйбута " дииллэр. Билигин гени ааҕар методика элбэх, онон кембриджтэр сотору тымныыны тулуйар ген хаһан үөскээбитин быһаарыахпыт дииллэр. Бу арыйыы кинилэргэ көдьүүһэ – халлаан тымныйар кэмигэр Европа омуктара хайдах ити геннэри үлэлэтэн бэйэлэрин быыһанар суолларын тобулуу. *** Көстөрүн курдук, Таҥара суругунан саха омуга үөскээһинин үөрэтии бэрт дьикти чахчылары арыйан иһэр. Оттон Таҥараҕа, этэргэ дылы, мастаммаккын. «Саха сирин устуоруйата» ханнык да казаряннааһына, кураанах уонна халы-мааргы эрдиитэ суох, билимҥэ олоҕуран оҥоһуллуохтаах.Ырытыылар #1 petrslepsov 19.02.2013 13:19 Манчаарыны уо5эрин са5ана общественность а.э. Манчаары олорбут, сылдьыбыт, кини аатын уйэтитэргэ улэлэспит дьон, ол оройуоннар депутаттара, кырдьа5астарын Субэлэрэ бэйэлэрин общественнай сыаналааьыннары н сонно тута этиэхтээхтэр этэ. Ону тэнэ культура, уорэх тэрилтэлэрэ, музейдар, норуот геройун аатынан спортивнай оонньууларын тэрийэн ыытар комитет Ил Тумэннэ анаан-минээн боппуруос киллэриэхтэрин соп этэ. Оччо5о республика научнай институттара уонна Общественнай Палата официальнайдык ылсан официальнай научнай сыаналааьыны оноруохтар этэ. Оттон биьиэхэ куруутун буоларын курдук, ити бириинсэптэьиил ээх моккуоргэ, дьинэр Дьогуор Испирдиэнэбиьи со5отохтуу хаалларыы, олох бол5омтону уурбат буолуу бэйэтэ бол5омто" - диэн бириинсибинэн салайтарыы сыыьата эрдэттэн биллэр этэ. Тоттохторуна топпут сирдэригэр хотуолуур харамайдары, холобура боролору, бэйэбит иитиэхтээн айыл5аны кытта дьуорэлэьэр ахсааннарыттан сэттэ тогул элбэттибит. Барытыгар бэйэбит буруйдаахпыт уонна баран соьуйбута буолабыт.
Category: История, философия |
Views: 1838 |
Added by: uhhan1
Ааҕыылар
Баар бары (online): 89
Ыалдьыттар (гостей): 89
Кыттааччылар (пользователей): 0