News topics |
Политика.Митинги. Пикеты. Партии
[900]
|
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения
[263]
|
Суд-закон.МВД.Криминал
[1280]
|
Право, закон
[323]
|
Экономика и СЭР
[839]
|
Власть Правительство Ил Тумэн
[1207]
|
Мэрия, районы, муниципалитеты
[400]
|
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО
[215]
|
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка
[555]
|
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги
[155]
|
Коррупция
[862]
|
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство
[291]
|
Социалка, пенсия, жилье
[277]
|
ЖКХ, строительство
[132]
|
Образование и наука. Школа. Детсад
[215]
|
Люди. Человек. Народ. Общество
[224]
|
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет.
[670]
|
Алмазы Анабара
[161]
http://alanab.ykt.ru//
|
Земля. Недра
[240]
|
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода
[376]
|
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ
[158]
|
Промышленность
[43]
|
Нефтегаз
[284]
|
Нац. вопрос
[284]
|
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации
[65]
|
Дьикти. О невероятном
[183]
|
Выборы
[661]
|
Айыы үөрэҕэ
[93]
|
Хоһооннор
[5]
|
Ырыа-тойук
[23]
|
Ыһыах, олоҥхо
[102]
|
Култуура, итэҕэл, искусство
[365]
|
История, философия
[239]
|
Тюрки
[76]
|
Саха
[153]
|
литература
[41]
|
здоровье
[465]
|
Юмор, сатира, критика
[14]
|
Реклама
[7]
|
Спорт
[122]
|
В мире
[86]
|
Слухи
[25]
|
Эрнст Березкин
[88]
|
Моё дело
[109]
|
Геннадий Федоров
[11]
|
BingHan
[4]
|
|
|
Main » 2013 » Ыам ыйа » 6 » Өспөт өбүгэлэрбитин ис туоһутун (источнигын) ирдэспэккэ эрэ
Өспөт өбүгэлэрбитин ис туоһутун (источнигын) ирдэспэккэ эрэ | 15:48 |
САХА САҤА СЫЛЫН КӨРСҮҮ БЫРААҺЫННЬЫГА "Тыа сирин кэлимник сайыннарыы сылыгар” ананар.
Аан дойду барыта билигин Григорианскай кэрдииһинньигинэн күнүн-дьылын ааҕынан олорор. Онон Тохсунньу ый 1 күнүн үөрэн-көтөн көрсөбүт. Манна даҕатан эттэххэ, холобур, биһиги курдук уһун кыһыннаах дойдуга, Саҥа сыл бырааһынньыга суоҕа буоллар дьылы туоруур сындааһыннаах буолуох этэ. Онно эбии ити кэмҥэ үлэһиттэргэ уһун өрөбүлү киллэрбиттэрэ олоҕу чэпчэттэ, СЭРГЭХСИТТЭ диэн сыаналыыбын. Наукаҕа олоҕурбут Григорианскай кэрдииһинньик киирэ илигинэ үгүс омук бэйэтэ туспа кэрдииһинньиктээх этэ. Олортон, ордук улуу омуктар, ол бэйэлэрин төрүт кэрдииинньиктэринэн саҕаланар Саҥа сылларын умнан кэбиспэккэ күн бүгүҥҥэ диэри далааһыннаахтык бэлиэтии олороллор.
Улуу кытай омугун Саҥа сыла быйыл олунньу 10 күнүттэн саҕаланна.
Кинилэр эмиэ син сахалар курдук, Саҥа сыл айылҕа уһуктар ыйыттан саҕаланар диэн философиялаахтар эбит. Ол иһин Саҥа сыллара үүнэр күнэ, сааскы бастакы ый халлааҥҥа тахсыытыттан саҕаланар буолан, сыл аайы уларыйа сылдьар.
Кытайдар, улуу омуктар улуу омук курдуктар – Саҥа сылларын судаарыстыба таһымынан национальнай бырааһынньык оҥорон, 7 хонук сынньалаҥ күннээхтэр. Оттон норуот бу үөрүүлээх кэми ый аҥарын устата салгыы бырааһынньыктыыр. Онон быйыл кытайдар Саҥа сылларын бырааһынньыга олунньу 15 күнугэр түмүктэннэ.
Ыаллыы буряттарбыт Сагаалган бырааһынньыктара
Биһигини кытары ыаллыы сытар буряттарбыт Сагаалган диэн Буддийскай Саҥа сылы далааһыннаахтык бырааһынньыктыыллар – республика тас өттүттэн кытта кыттыылаах араас улахан күрэхтэри тэрийэн ыыталлар. Ол курдук Улан-Удэҕэ быйыл Аан дойдутааҕы 2-с шахмат фестивалэ, Россия рапидка кубогун иһин күрэхтэһии 2 түһүмэҕэ о.д.а. буоллулар. Биһиги эстрадабыт ырыаһыттара "Үрүҥ ый” диэн куруук ыытыллар ырыа күрэҕэр баран миэстэлэһэн кэлэллэрин туһунан истэбит. Сагаалган туһунан информация Интернеккэ тобус-толору, онон ити бырааһынньыгы Аан дойду үрдүнэн элбэх киһи билэр буолуохтаах.
Сагаалган государство таһымынан Култуура министерствотын салалтатынан ыытыллар уонна Бурят балетын уонна оператын театрыгар Республика баһылыга, правительство чилэннэрэ кыттыылаах үөрүүлээх мунньахтан саҕаланар. Россия бары улахан куораттарыгар – Москваҕа, Санкт-Петербурга, Дьокуускайга о.д.а. буряттар диаспоралара Сагаалганы эмиэ киэҥник бэлиэтииллэр. Быйыл Дьокуускайга буолбут Сагаалгаҥҥа СР норуоттар дьыаларыгар Департаменын салайааччыта, элбэх ахсааннаах олохтоох тэрилтэ, дьон кытынна.
Биһиги сахалар эмиэ Саҥа сыллаахпыт.
Онтубут Ыам ыйыгар, ийэ айылҕабыт уһуктар кэмигэр, Сайын саҕаланар күнүгэр кэлэр. Бу күнү – ыам ыйын 22-н дьон сүнньүнэн Ньукуола таҥара күнэ диэн бэлиэтиир. Ити саха таҥараһымсаҕыттан буолбатах – Дьылы туораабыт, күөххэ үктэммит үөрүүтун – ол аата, дьиҥ иһигэр киирдэххэ, өйдөөбөтөр даҕаны, бэйэтин Саҥа сылын бэлиэтиир. Дьокуускайга аҕыйах энтузиаст дьон көҕүлээһининэн Саха Саҥа сылын көрсүү бастакы бырааһынньыга 2002 сыллаахха буолбута, онтон хас сылын аайы салгыы тэрийэн, былырыын 10-с төгүлүн ыыттыбыт. Дьон сэҥээрэр, көхтөөхтүк кыттар буолан иһэрэ киһини үөрдэр. Ол гынан баран салалта, култуура тойотторун-хотуттарын өттүттэн бу тэрээһиҥҥэ сыһыан тоҥуй соҕус. Бырааһынньык дьон бэйэтин көҕүнэн, аҕыйах спонсор көмөтүнэн уонна тэрийээччилэр бэйэлэрин үптэринэн тэриллэн ыытыллар.
Мантан инньэ Саха Саҥа сылын көрсүү бырааһынньыга сылын аайы Ыам ыйын бүтэһик субуотатыгар – сынньалаҥ күҥҥэ ыытыллар буолуоҕа. Холобур быйыл Ыам ыйын 25 күнүгэр бырааһынньыктыахпыт.
2013 сылы Президеммит Егор Борисов "Тыа сирин кэлимник сайыннарыы сылынан” биллэрбитэ. Ити саха аймахха улахан үөрүүлээх, кэскиллээх Ыйаах буолар.
Ыйаах илии баттаныаҕыттан ыла син балайда кэм ааста эрээри ити хайысханан үлэ-хамнас саҥа тэтимирэн эрэр курдук. Ол өйдөнөр, саҥа дьыала уонна элбэх хайысхалаах улахан хамсааһын иниэрсийэлээх буолар. Саҥа 2014 сыл үүнэрэ баара-суоҕа 8 ый хаалла. Онон Президент Ыйааҕын олоххо киллэрэр үлэ дьэ күөстүү оргуйан эрдэҕинэ тыа сиригэр анаммыт 2013 сылбыт бүтэн хааларыгар тиийэр.
Бу уустук балаһыанньаттан тахсар туох толкуй баарый?
Уһук хоту сытар тымныы, тыйыс кыраайга Аан дойдуга хайа да омук иннинэ бастакынан сүөһү иитиитин баһылаабыт өбүгэлэрбит үтүө үгэстэригэр олоҕуран, "Тыа сирин кэлимник сайыннарыы сылын” Тохсунньу 1 күнүттэн буолбакка, Ыам ыйыттан – Саха Саҥа сылыттан саҕалыахха уонна эһиилги Саха Саҥа сылыгар тиийэн түмүктүөххэ диэн этиилээхпин.
Дьэ бу тугу биэрэрий?
Бастакытынан сылбыт 5 ыйынан уһаан биэрэр. Биэс ый диэн быһата сыл аҥара кэм. Сибилигин да дьыаланы саҕалаатахха 5 ый устата бэрт үгүһү оҥоруохха сөп. Оччоҕо билигин саҥа саҕаламмыт уонна домнуо тэтимин ылбыт даҕаны үлэ-хамнас үмүрүйэн, үтүө түмүгэ көстөр кыахтанар.
Иккиһинэн, "Тыабыт сирин сылын” Саха Саҥа сылыттан саҕаламмытынан ааҕар буоллахпытына, дьиҥнээх баар, дьылы этэҥҥэ тахсыбыт ынаҕы, сылгыны салгыы иитэн, кэлэр кыстыгы туоратабыт. Оччоҕо Президент ыйааҕын төһө хаачыстыбалаахтык толорбуппутуттан кэлэр кыстык улахан тутулуктаах буолуоҕа уонна Президент ыйааҕа чахчы сөптөөх, кэскиллээх быһаарыныы эбитин кэрэһэлиэҕэ.
Быйыл олус ыарахан кыстык буола турарын бары үчүгэйдик билэн олоробут. Сүөһү өлө турар, онон 2013 сыл тохсуньу 1 күнүгэр баар сүөһүттэн төһөтө тыыннаах ордон күөххэ үктэниэ биллибэт. Өскөтүн "Тыабыт сирин сылын” тохсунньу 1 күнүттэн аахтахпытына уонна 2014 сыл тохсунньутугар тиийэн түмүктээтэхпитинэ охсуулаах сылбыт урукку сыллартан лаппа мөлтөх көрдөрүүлээх буолара саарбаҕаламмат. Оччоҕо ити үтүөкэннээх Ыйааҕы туһата суох эбит, хата бу сылга үүнүөхпүтүнээҕэр төттөрү түстүбүт диэн санаа түһүүтэ, саҥа-иҥэ тахсара мөккүөрэ суох. Сыыппараны утары барбаккын.
Саха норуота айылҕаны кытта ыкса алтыһан, олоҕун, хаһаайыстыбатын айылҕа эргииригэр сөп түбэһиннэрэн тэринэн олорбута.
Ол да иһин бу тымныы кыраайы баһылаатаҕа. Өбүгэлэрбит Саҥа сылларын Дьыл бүттэҕинэ, күөххэ үктэннэхтэринэ бэлиэтииллэрэ. Дьэ манна ыарахан кыстыгы – Дьылы төһө төбө сүөһу, төһө киһи туораабытын ааҕаллара. Сылаас кэмҥэ тиийбит, сай күөҕэр үктэммит киһи даҕаны, сүөһу даҕаны аныгыскы кыстыкка диэри этэҥҥэ тиийэллэрэ эрэбил этэ. Оттон кэлэр кыстыгы хайдах туорууллара дьыл-күн хайдах туруктанарыттан, оттон саамай сүрүнэ – сайыҥҥы кэмҥэ хайдах үлэлээн-хамнаан, кыстыгы хайдах бэлэмнээх көрсөллөрүттэн улахан тутулуктааҕа. Ити үгэс үгүс үйэ тургутуутун аастаҕа.
Бу мин этиим өйөбүлү ылар түгэнигэр, өбүгэ дьоммут үтүө үгэһигэр – Саха Саҥа сылын көрсүүгэ улахан болҕомто ууруллуоҕа, тэрээһиннээхтик, киэҥник бэлиэтэнэр буолуоҕа.
Ити улахан бырааһынньыкка кыстыгы туорааһыны, сайыҥҥы кэмҥэ үктэниини эрэ буолбакка, үөрэх дьылын түмүктээһини, олоҕу-дьаһаҕы хааччыйааччылар үөлэс сабыыларын о.д.а. бары бииргэ бэлиэтээһин үөрүүлээхтик ыытыллыаҕа. Бу күнү Саха сиригэр Айылҕа харыстабылын да күнүнэн биллэриэххэ сөп. Ол тоҕото өйдөнөр – Саҥа сылга ааспыт сыл кириттэн-хоҕуттан ыраастанар үгэс баар. Ол аата Саха Саҥа сыла дьиҥнээх норуот бырааһынньыгар кубулуйуоҕа.
Үсүһүнэн, ити үөһээҥҥи этиилэрбэр олоҕураммын Президеммитигэр Егор Афанасьевич Борисовка анал Ыйааҕынан Саха Саҥа сылын иккис национальнай бырааһынньыгынан биллэрэн, норуотугар үйэлэргэ өлбөөдүйбэт, өлбөт-сүппэт үтүө бэлэҕи оҥороро буоллар диэн баҕа санаабын тиэрдэбин.
Православие олохтонуоҕуттан ыла Саха сиригэр сайын Ыам ыйын 22 күнүттэн - Ньукуола таҥара күнүттэн саҕаланар дэнэр. Оттон сахаларга Саҥа сыл Сайын кэлиититтэн саҕаланар. Ол гынан баран былыр Саҥа сылы чопчу биир күн буолбакка, 10-ча хонук устата көрсөллөрө үһү диэн баар. Оттон кэлиҥҥи кэми ылан көрөр буоллахха, Ыһыахпыт бэс ыйын 21 күнүгэр буолуохтаах даҕаны үксүгэр нэдиэлэннэн хойутаан ыытыллар. Итиннэ олоҕуран, Саха Саҥа сылын көрсөр быааһынньыгы Ыам ыйын бүтэһик субуотатыгар тэрийэр табыгастаах дии саныыбын. Холобур, быйыл ити күн ыам ыйын 25-гэр түбэһэр. Оччоҕо үлэ күнэ алдьаммат. Ити кэмҥэ өрүс мууһа барар, халлаан сылыйар, от-мас балачча көҕөрөр, онон бырааһынньыктыырга күнэ-дьыла лаппа тупсар.
Быйылгы Дьокуускай таһыгар үгэс курдук буолар Саха Саҥа сылын көрсүү бырааһынньыга тыа сирин олохтоохторо сайдалларыгар үктэл буолар "Тыа сирин кэлимник сайыннарыы сылыгар” анананыаҕа уонна ыам ыйын 25 күнүгэр ыытыллыаҕа.
Эһээ Дьыл
2013 сыл муус-устар 29 күнэ.
Түгэнинэн туһанан
Саха радиотын, телевидениетын,
"Кыым”, "Саха сирэ”, "Ил түмэн”, "Киин куорат”, "Якутск вечерний” хаһыаттар, "Кистэлэҥ күүс” сурунаал салайааччыларыгар
Саха саҥа сылын бырааһынньыгын туһунан
биллэриилэри, матырыйааллары
кэмигэр босхо биэрэллэрин, сырдаталларын иһин
барҕа махталбын тиэрдэбин!
"КИСТЭЛЭҤ КҮҮС" сурунаал
Өспөт өбүгэлэрбитин
ис туоһутун (источнигын) ирдэспэккэ эрэ
___________________________________________________________________
Биһиги кэммит билиитинэн, одоҥ-додоҥ аар харалта (архыып, археология) көстүүлэринэн сылыктаатахха, саха норуотун уста-туора уйатыгар үс үйэ иһинэн үөттэриилээх үөрэхтээх, түөрт үйэ эрэ иһинэн түөрүйэлээх учуонай түмүктүүрүнэн бүппэт эбит.
___________________________________________________________________
Марксизм, ленинизм курдук сымыйа-кырдьык үрдүнэн үөрэҕинэн салайыллыбыт (атыннык этиттэрбэттэр, тыыннаттарбаттар даҕаны этэ), атын араас чаб (чабыланар) ааттарынан суолталаммыттар буолбакка, саха тыынын дорҕоонун, саҥатын, ол аата тылын сүһүөҕүн билээччилэр эрэ суруйуохтаахтар. Саха тылыгар-өһүгэр суолтатыгар улахан тургутууну тулуйбуттар эрэ саха историятыгар орооһуохтаахтар, суруйуохтаахтар.
Саха историятын, биллэн турар, сааһылыыр кэм кэллэ. "Сэбиэскэй дьокуут үйэтэ” уста-туора уйатыгар сырдатыы сэттэ уон сылы хабар. Онтон үс сүүс сыла "инородец-якут” оруолугар суолталанан суруллубута. Бу хос аакка бас бэринэн, кубулуна сырыттахпытына, историябыт уһуна 380 эрэ сыл буолар. Уруккубутун улаатыннарар, силис тардыһыннарар, дириҥиир кыахпыт суох. Саха эрэ буоллахпытына түөрт тыһыынча сыл иһинэн түөрсэн, тирэх, күүс кыайыыга кынаттанар кыахтанабыт. Чурапчыларбыт дэнэ сырыттахпытына историябыт диэн биир эрэ киһи үйэтэ буолар
Бу үлэҕэ үйэлэрин тухары саха сиригэр олорон баран, улаатымсыйаллара, сэнэбиллээхтик сыһыаннаһаллара бэрдиттэн баччааҥҥа диэри сахалыы билбэтэх маргиналлар уонна манкуртар сыстыа суохтаахтар. Былыр даҕаны, урут даҕаны, аны даҕаны кэлии нуучча үс ый иһинэн сахалыы холкутук билэр, быһаарсар буолара.
______________________________________________________________________
Саха кэлии омугу "ыһыыттартан” уратытын барытын "нуучча” диэн ааттыыра. Ол аата төрдө-ууһа суох, хаамаайы, хомуур омук диэн суолталаах. Ол сэбиэскэй идеология сиэһининэн "убай” диэн буолан хаалбыта. Түүр омуктар историяларын суох оҥоро сатааһын, ол иһигэр сахалары харгыстааһын урут даҕаны баара, хойукка диэри даҕаны буккуйуохтара, мэһэйдэтиэхтэрэ, соһуохтара.
______________________________________________________________________
Хаспыт билэрий, Рустан Рахманалиев "Империя тюрков” диэн үлэтин? Бу кинигэ аан дойду саамай үрдүктүк сыаналанар бастыҥ быыстапкалар, аатырбыт фестиваллар тоҕус кыһыл көмүс, биир үрүҥ көмүс мэтээллэринэн наҕараадаламмыта. Кинигэ араас омук тылларынан сүүһүнэн тыһыынча ахсаанынан тарҕаммыта. Онтон сиэдэрэй оҥоһуулаах көрүҥэ, тирии тастаах, бэлэххэ анаммыт сэттэ сүүс экземплярынан тахсыбыта. Мантан үһэ Саха сиригэр баарын билэбит. Бу сүдү үлэни, биһиги, Ньурба ытык хайатыгар Сатаҕа тиийэн иккитин сахалыы сиэринэн сүрэхтээбиппит.
2011 сыллаахха Америка Нью-Йорк куоратыгар ХНТ иһинэн үлэлиир аан дойду төрүт олохтоох омуктарын онус конференциятыгар А.И. Кривошапкин-Айыҥа "Наследие предков” диэн кинигэтин ситиһиилээхтик билиһиннэрбиппит.
Тоҕо онно тиийдигит диир буоллаххытына, манна кыһыл көмүс таҥастаах саха ыраахтааҕыта "Царь саков V-IV в. до нашей эры” диэн английскайдыы быһаарыы суруктаах ХНТ пресс-конференцияны ыытар дьиэлэригэр 1997 сыл бэс ыйын 24 күнүттэн көрдөрүүгэ турар. Алма-Ата куораттан 50 биэрэстэлээх "Ыраахтааҕылар хотооллоро” диэн ааттанар сиргэ 50-ча курганнарыттан биирдэрэ алҕас халаммакка ордубутуттан 4000-тан тахса араас киэргэл-симэх оҥоһуулаах киһини 1969-70 сылларга булбуттара. Ол курганнары хас биирдии ыраахтааҕы бэйэлэрин кэмнэригэр төһө кыахтаахтарын, убаастабыллаахтарын туоһулаан, араас сабардамнаах, кээмэйдээх гына кутуу, таһыы күүһүнэн оҥотторбуттара. Тоҕо маннык муҥнаммыттара буолуой? Үрдүк айыыларга үрүҥ күҥҥэ ордук чугаһын уонна ыраахтааҕы күҥҥэ тэҥнээҕин, дьүөрэлээҕин (солнцеподобный) бэлиэтээн, ол туоһутун бу киһини кыһыл көмүһүнэн киэргэттэрбиттэрэ. Үөһээ Таҥараттан этитиини ыларын ылыннарар гына, 70 сантиметр үрдүктээх хороох бэргэһэлээх эбит (антенна оннугар). Бэргэһэтин бэлиэ киэргэллэрэ эмиэ күҥҥэ чугас кыылынан архаардарынан, аар хаарга олохтоох чубукуларынан, көтөрдөртөн хотойунан, кыыртынан ситэриллибиттэрэ. Быһа түһэн эттэххэ, "курган” диэн саха тылыттан хаалбыт эбит. Өспүт, өлбүт, курсуйбут, Кур буолбут Хаан хараллыбыт сирэ диэн суолталаах диэн мин быһаарыы биэрэбин.
Мэҥэ таастарга, ытык сирдэргэ суруйан хаалларбыттарын эбэтэр дьиэлэригэр, долбуурдарга уурунар суруктарын "руна” диэн ааттыыллар. Саха тылынан суруллубут буолан, сатаан аахпакка араас омук бэйэтин тылынан быһаара сатаан, кырдьыга үөрэх бөҕөтүн үүннэрэн-үөскэтэн олорор.
Айыҥа этэринэн, "рунаны” бастакытынан, саха тылын билэр эрэ киһи, иккиһинэн, саха итэҕэлин бэйэтин этинэн-хаанынан (генетически) этиттэрэн истэр эрэ киһи сатаан ааҕар, суруйар. Ол иһин "кыһыл көмүс таҥастаах киһи” иһитигэр суруллубуту ааҕаары муҥнана сатаан баран, аан дойду тоҥ тыл үөрэхтээхтэрэ аккаастаммыттара. Онтон биһиги киһибит А.И. Кривошапкин-Айыҥа аахпыта. Билигин рунанан ааҕар уонна суруйар дьон бааллар. Айыҥа ньыматынан "рунаны” ааҕар Чурапчы Хатылытыттан дойдум дьоннорун Кузьма Аполлонович уонна Новосибирскай куоракка олохсуйбут, онно үлэлиир кини убайын, тутуу учуонайын Дмитрий Аполлонович Федоровтары туоһу быһыытынан күөн уонна киэн туттан бэлиэтээн аһарыым.
Билиҥҥи түүр омуктар өбүгэлэрин удьуорун 5-6 тыһыынча сылынан барыллатан ааҕаллар: htth|www.limk.com/golimk.php/lid=116518.
Биһиэхэ сыһыаннааҕа 4-4,5 тыһыынча сыллааҕыттан биллэр "этрускалар” буолаллар. "Бөө туруу уустара” диэн суолталаах. Билиҥҥи Чурапчы, Таатта, Амма 1912 сыллаахха диэри Боотурускай аатыран олордохторуна, Иркутскай генерал-губернатора "Хайа, эһиги туох диигит?” - диэн ытыктаан туоһулаһара. Ол бэйэбит үс аҥы территориянан быһа анньыллан туга даҕаны (өбүгэтэ, историята, территорията) суох буолан, атын ааттарынан ааттанан өбүгэ эйгэтин ситимин сүтэрэн олоробут. Хаһан эрэ чарапчылаах балаҕаннааҕын иһин Чарапча диэн сурукка хатаабыттарыттан Чурапчынан сураҕырабыт. Улуус аата түөрт тыһыынча сыллаах историятыттан аккаастаммакка, төрүт аатынан Боотурускай улууһа буолуохтаах. Бу Чурапчы диэн улуу уус, нэһилиэк, аҕа ууһа, сир-дойду, үрэх-күөл, сис тыа, алаас да аата буолбатах.
___________________________________________________________________
Аҕа ууһа олус улаатан тэнийэн улуу уус буоллаҕына "Улуус” диэн аатырар. Бу өйдөбүл харах харатын курдук харыстаныахтаах. Улуус иһиттэн эрэ улахан удьуор хааннаах (геннаах), норуотун туһугар олоруохтаах баһылык, салайааччы тахсыахтаах.
___________________________________________________________________
Оттон үйэлэрин тухары бэйэлэрин айахтарын уонна истэрин иһин сордоспут "көҥөс” байанайдаах "соболооруйа хоспохтооруйа, кистээрийэ” буола сылдьыбыт, өбүгэтиттэн тартарыылаах киһи, төһө даҕаны үгүс үрдүк үөрэхтэннин, төһө даҕаны өйдөөх-талааннаах буоллун, баара-суоҕа үөһэттэн эппиттэригэр истигэн салайааччы эрэ буолар кыахтаах. Абыраатаҕына аймаҕын аһатыа, улааттаҕына уруутун улаатыннарыа. Ол таһымыттан хаһан да тахсыа суоҕа. Сорохторго ол даҕаны суох, хааннарыгар хатамматаҕын хантан ылыахтарай? Суох аата суох.
Бу түүр омуктар биһиги эрабыт иннинээҕи тыһыынча сылтан саҕалаан биһиги эрабытыгар диэри биллэр өбүгэлэрин "скифтэринэн” ааҕаллара, атыннык эттэххэ, "үс кут сахалары”. Ити кэминээҕи туоһулааччыларынан – Геродот (V үйэ б.э.и.), Ксенофонт (V-IV үйэлэр б.э.и.), Полибия, Птоломея (II үйэ б.э.и), Старобона (I үйэ б.э.и.). Онтон салгыы "гуннар”, "хууннар” диэн ааттанар үрүҥ күн таҥаралаах "күннэр”. Күннэр ол биһиги, күн бүгүнүгэр диэри үрүҥ күҥҥэ сүгүрүйэн ыһыах ыһааччылар буолабыт. Сахалар аатырбыт киһибитин Ат Уола Дьөһөгөйү (Атилланы) киһи-аймах билинэригэр тиийэр. Атилла дьүһүннүүн-бодолуун, килиэ тимир куйахтыын, аһыыр иһиттиин, иһэр чорооннуун (мас кубок дииллэр) бэйэбитигэр майгынныыр. Хартыынаҕа, кумааҕыга суруллубута, ахтыллыбыта элбэх. Итинтэн салгыы VII-VIII-с үйэлэргэ диэри кинилэри мэҥэ күөх халлааҥҥа диэри үҥэллэрин, сүгүрүйэллэрин иһин төргүү ындыылаахтарынан, ат көлөлөөхтөрүнэн "күөх түүрдэр” диэн билинэллэр. Онтон олус улаатан, элбээн тоҕус оҕустартан (улуустартан) туһунан суолланан-иистэнэн Казахстан, Кыргызстан, Узбекистан, Туркменистан, Азербайджан уонна Турция буолан олороллор.
Онтон сахалар ханна бардыбыт? 758 сыллаахха үрдүк халлаантан үөттэриилээх Бөртө Чоной диэн киһи үөскээбитэ үһү. Ойоҕо Маралай Куо. Бөртө ууһа диэн биһиэхэ арҕаа Хаҥаласка Сэбиэскэй былаас силигилиэн иннинэ Улахан Ааны ааттыыллара. Бу киһи оҕото Бата Чаҕаан 786 c. төрүөх. Чаҕааннар олохторо, сыдьааннара Чурапчы Кытаанаҕар бааллар. Баҕар, Бата буолбакка, Кыта буолуо? Эмиэ онно Кыта Баалы диэн улахан күөл таһыгар Улуу Кудаҥса төрөөн-үөскээн ааспыта. Бата Чаҕаантан – Тамача (828 c.) – Хорочоон Мэргэн (847c.) – Уолдьу Борохул, Салы Хачаайы, Өкө Ньулдьун (873 с.) – Сим Сэчи (891 с.) – Хорчу (908 с.) – Бордьугунай Бэргэн; ойоҕо Моҕолдьун Куо. Эрэ өлбүтүн кэнниттэн Үөһээ Таҥараттан төрөөбүт оҕото Бөдөҥ Чуор (970 с.) буолар. Киниттэн Баргыдай; Баргыдайтан Чихидул Бөҕө, онтон Мэҥэ Тулун. Кини Маварул диэн ойоҕуттан сэттэ уоллаах. Онтон ордубута Тумбунай Сэһэн (1069 с.); киниттэн Хабыл Хаҕан (1094 с. эбэтэр 1101 с. төрүөх); Уһун Суһугул диэн ойоҕуттан биэс уолуттан соҕотоҕун ордубут Бардам Баатыр. Кини улахан уола Түмүүчээн (Төбөтчөөн, Таҥара оҕочооһо). (Чингисиана. Свод свидетельств современников. Москва. "Эксмо”. 2009 г.)
Ааспыт үтүмэн (үтүмэн - кэм-кэрдии ааҕыытыгар тыһыынча сыл) улуу киһитэ Чыҥ (крепкий духом) уус Хаана – Чыҥыс Хаан аатырбыта. Бары омук үөрэхтээхтэрэ үтүгүннэрэн Чингиз Хан диэн баран, бу тыл суолтатын билбэппит дииллэр. Чыҥыс Хааны үөрэппит калмык учуонайа Эренжен Хара Даван 1928 с. Белгородка эмиграцияҕа сылдьан кинигэтин таһаартарыаҕыттан бары онтон усталлар.
Дойдубар Хатылыга билигин Чөбүччээн диэн ааттанар алаас баар. Ол, баҕар, таайа сатыыр таабырыммыт буолаарай? Мантан балтараа көстөөх сиргэ ойоҕун аатынан ааттанар Одьулуун (Ойулуун) диэн ааттанар улуус улахан нэһилиэгэ баар. Таатта улууһугар иккис уолун аатынан Игидэй (1186-1241 с.) нэһилиэк диэн баар. Нугудай диэн улахан сэрии тойонун аатынан нэһилиэк Чурапчы сэлиэнньэтиттэн үс көс бэттэх Мугудай диэн аатыран түөлбэлээн сытар. Ити курдук, өспөт, өлбөөдүйбэт өбүгэлэрбит ааттарынан үйэтитиллэн Хадаар, Хайахсыт, Хатылы, Дириҥ диэн нэһилиэктэр бааллар.
Чыҥыс Хаанныын бииргэ сэриилэспит, былаас былдьаһан утары охсуспут Алтан Хаан аатынан нэһилиэк Аммаҕа баар. Мэҥэ нэһилиэктэрэ Өлөчөй, Сатаҕай, Бүтэйдээх сороҕо урут алтаннар диэн аатыраллара. Онтон тарҕанан алтаннар олохторо диэн ааттанар сир Одьулуун уонна Хатылы икки ардыгар тиийэ баар. Хорулу Дархан диэн Чыҥыс Хаан үөлээннээҕин, солбуйааччытын сыдьааннара билигин Амма Абаҕатыгар баалларын билинэллэр. Дархан аатынан Ньурбаҕа Хорула нэһилиэгэ баар. Антоновкаҕа Чыҥыс Хаан үөлээннээҕэ, Инээк аҕатын ууһуттан төрүттээхтэр элбэхтэр. Сэбиэскэй кэм биллэр салайааччыта А.Я. Овчинникова бу аҕа ууһуттан төрүттээх.
642-671 с. саха ыраахтааҕыта буолбут Хадан Хаан диэн ааттаах нэһилиэк Сунтаарга баар. 1152-1170 cc. баһылаан олорбут Одуну Хаан нэһилиэгэ 1931 сылтан Горнай оройуонугар Маҕарас бөһүөлэгэ буолбут. Дьиҥинэн, Одуну улууһа буолуохтаах. Сахаҕа дьиҥинэн өйдөнөр дьыала. Ол да иһин өбүгэ саҕаттан "Одун Хаан оҥоһуута, Чыҥыс Хаан ыйааҕа” диэн бигэ өйдөбүл, суруллубатах сокуон баарын хас биирдии саха бүтэйдии этинэн-хаанынан билэр, сэрэйэр. Ити курдук, өбүгэ дьаһаныыта аҕыс үйэ да аастар умнуллубат, сүппэт гына дьайа сытар.
Онтон нууччалыы суруллубуппут диэн суох. Ити кэмнэрдээҕи илиҥҥи түүрдэр тустарынан Лю Мао Цзай үлэтэ атын омуктар тылларыттан ньиэмэстии эрэ тылбаастаммыт эбит. Ону саҥа ирдэһэн булан, үлэлэһэн эрэбит.
Орто Азияҕа уонна билиҥҥи хаһаах омуктар сирдэригэр 517-518 сыллардаахха Иирээн ыраахтааҕыта Дарий аҕыс саарыстыбаны сэриилээн баһылаан олорбута. Ол кыайыытын үйэтитээри Бехустун хайатын хапчаанын сирэйигэр бэйэтин уонна аҕыс самнарбыт ыраахтааҕыларын кэлгиллэн туралларын мэҥэ тааска суордаран оҥотторбута билигин даҕаны баар. Манна ахсыһынан турааччы хороох бэргэһэлээх киһини "Бу сах схунха”, а.э. "үс кут саха” диэбиттэр.
Онон Ахменидтар династияларын уста-туора уйатын билээри, аны иранныы билэрбит ирдэнэр буолла. Онуоха диэри бу маннык эрэ ис туоһулартан дуоһуйарга тиийэбит.
Бумын Хагантан (Бу Мин Хаан аҕата 552 с. өлбүтэ) саҕалаан саха ыраахтааҕыларын төрүччүтэ маннык сайтка www.wostlit.info баар.
Айыы Сиэн . "КИСТЭЛЭҤ КҮҮС " сурунаал.
|
Category: Култуура, итэҕэл, искусство |
Views: 1554 |
Added by: uhhan1
|
|
|
Ааҕыылар |
Баар бары (online): 4 Ыалдьыттар (гостей): 4 Кыттааччылар (пользователей): 0 |
|