News topics |
Политика.Митинги. Пикеты. Партии
[900]
|
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения
[263]
|
Суд-закон.МВД.Криминал
[1280]
|
Право, закон
[323]
|
Экономика и СЭР
[839]
|
Власть Правительство Ил Тумэн
[1207]
|
Мэрия, районы, муниципалитеты
[400]
|
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО
[215]
|
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка
[555]
|
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги
[155]
|
Коррупция
[862]
|
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство
[291]
|
Социалка, пенсия, жилье
[277]
|
ЖКХ, строительство
[132]
|
Образование и наука. Школа. Детсад
[215]
|
Люди. Человек. Народ. Общество
[224]
|
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет.
[670]
|
Алмазы Анабара
[161]
http://alanab.ykt.ru//
|
Земля. Недра
[240]
|
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода
[377]
|
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ
[158]
|
Промышленность
[43]
|
Нефтегаз
[284]
|
Нац. вопрос
[284]
|
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации
[65]
|
Дьикти. О невероятном
[183]
|
Выборы
[661]
|
Айыы үөрэҕэ
[93]
|
Хоһооннор
[5]
|
Ырыа-тойук
[23]
|
Ыһыах, олоҥхо
[102]
|
Култуура, итэҕэл, искусство
[365]
|
История, философия
[239]
|
Тюрки
[76]
|
Саха
[153]
|
литература
[42]
|
здоровье
[465]
|
Юмор, сатира, критика
[14]
|
Реклама
[7]
|
Спорт
[123]
|
В мире
[86]
|
Слухи
[25]
|
Эрнст Березкин
[88]
|
Моё дело
[109]
|
Геннадий Федоров
[11]
|
BingHan
[4]
|
|
|
Main » 2013 » Алтынньы » 5 » Президеннэрбит уьуон (М.Е.Н, Ш.В.А, Б.Е.А.) олорбут сроктарын устатыгар бэйэлэрин эрэ торообут улуустарын корон та5ыстылар,
Президеннэрбит уьуон (М.Е.Н, Ш.В.А, Б.Е.А.) олорбут сроктарын устатыгар бэйэлэрин эрэ торообут улуустарын корон та5ыстылар, | 17:10 |
Былаас систематын тордуттэн уларытыахха!
Эт-сиин элэйэр, санаа-оноо буккуллар, а5ыс айдааннаах-куйдааннаах аарыма быыбардарбыт, син тумуктэннилэр. Этиьииннэн-эрэйсииннэн да буоллар, кэлэр 5 сылга олохпутун тустуохтээх ИЛ ТУМЭН 70 депутатын талынныбыт. Ол эрэн, быыбар тумуктэрэ угус дьону-сэргэни астыннарбат. Албынынан-колдьугунэн да буоллар, баьыйар угус мандаты (51-и 70 мандаттан) единайдарга диэн буолла, БКХ тойоно, ханньары бэргэьэ уола туохтан да ымыттыбакка, быыбар тумуктэрин, кворума суох мунньа5ынан бигэргэтэн кэбистэ. Улэлээн ааспыт ИЛ ТУМЭН 4-с ынырыылаах мунньа5а эмиэ «едиинэйдэртэн» турара эбээт. Кинилэр обургулар, тойотторбут, Президеннэр эрэ эттилэр дии диилэр, кими да, тугу да утары кордорбокко, анардастыы айбардаан, республика баайын-дуолун босхону эрэ урдунэн араас олигархтарга, дагестанецтарга атыылаан улахан буруйга-сэмэ5э, норуот аьа5астык уо5уутугэр тубэспиттэрэ.
Бу да ынырыы единэй депутаттара ити улэлээн ааспыт депутаттартан наьаа ордубаттара буолуо. Аны 5 сылынан бу дьоннорбутун уо5эн хооьур5атыахпыт, хайдах да улэлээбиттэрин иьин. Этэргэ дылы, хаьан ба5арар, буруй Моттойо5о наадыйар. Хайаан наар ыраахтаа5ыларбытын уо5эн тахсыахпытый, онон буруйу, итэ5эьи-быьа5аьы сугэр Моттойо косторо булгуччу наада курдук буолан тахсар. Ити оруолу бу талыллыбыт депутатарбыт толорор дьыл5алаахтар.
Мантан туох санаа уоскууруй? Арааьа, дьыала депутаттарга буолбатах быьылаах, дьыала былаас талыллар систематыгар сытар быьылаах. Президентскэй республика буолбуппут арааьа ал5астардаах дуу хайдах дуу.Биьиги Араассыйаны туруору утуктэммит Президеннэн (Ыраахтаа5ыланан) олоробут. Былыр былыргыттан, саха норуота ыраахтаа5ыта суох олорбута, айма5ынан, а5а, ийэ уустарынан уллэстэн, салаллан олорбуттара, бэл Тыгын Дархан улуу кырдьа5ас саха норуотун кыайан тумпэккэ орто дойдуттан убайдарбыт илиилэриттэн бараахтаабыта, оссо саха урукку тойотторун улахан комолорунэн курдук номохторго кэпсэнэр.
Бу кэнники 20-чэ сылларга ус Президеннэрбит да норуоту улаханнык тумпэтилэр. Боростуой киьи соьуйуох курдук, кыайан ойдоммот тугэннэр угустэр. Президеннэрбит уьуон (М.Е.Н, Ш.В.А, Б.Е.А.) олорбут сроктарын устатыгар бэйэлэрин эрэ торообут улуустарын корон та5ыстылар, утарбыттары сойуолаьан. Бастакы Президеммит М.Е.Н. Ханаластары, Эдьигээннэри оро туппута, утарбыт абыйдары, алданнары, туоьээ булуулэри, кэбээйилэри тобуктаппыта. Иккис Президеммит Ш.В.А. Томполору уонна Мирнэйдэри аатырдыбыта, сахалыы саналаах, Тумууьапка куоластаабыт улуустары сэриилээбитэ.
Уьус Президеммит Б.Е.А. чурапчылары эрэ оро тутара уос номо5ор киирдэ, онноо5ор, дьонно-сэргэ5э ЧК (чурапчы киьитэ) улахан буукубаттан суруллар буоллулар. Угус уптээх-астаах, салайар дуоьунастарга анардастыы Чурапчы дьоно тиксэллэр, бэрт а5ыйах илин энээр киьитин аахпатахха. Булуу болох, Хоту улуустар койготутуллубут курдук костоллоро буолуо да, кинилэр да5аны Чиряев Г.И, Прокопьев Ю.Н. эрдэхтэринэ куннээн-куонэхтээн ааспыттара. Онтон биьиги, саха дьоно, атын улууска торообуппукт буруйбут дуо диэн боппуруос уоскээн тахсар. Айыл5а сокуонунан, сиргэ торообут тыынар-тыыннаах хаьан да, ханна да бэйэтэ торообут туолбэтин оро тутара костон турар дьыала, онноо5ор ба5а бэйэтин бадараанын ордорор. Бу туохтарын да умнан туран норуоппут туьугар улэлээбит дьоннорбут торообут туолбэлэрин эрэ оро туппуттарын иьин, ор сыллаах уо5уллуугэ тубэьэллэр, алааьынан, улууьунан, туолбэннэн арахсыыга, ымсыырыыга тириэрдэллэр.
Бэйэбит да а5ыйых ахсааннаах, куруутун унсуулээх-харсыылаах дьон, отой да онуйбэт балаьыанньа5а киирээри гынныбыт. Аны туран, ыраахтаа5ылаах дьиэ саамай куьа5ан дьаллыга (фавориттар, олору охторсуу, бэйэ эрэ дьонун ыраахтаа5ы олбуоругар киллэрии, тойону утары санарыы, кириитикэ отойдуу суттулэр, дьэ дьиннээх улугурууга тутуспутунан киирдибит.Онон, биьиги, а5ыйах ахсааннаах сахалар Президеннэнэн даххыьайырбыт хайдах эрэ сыыьа курдук костор.
Бу талыллыбыт депутааттар Парламентскай республика5а коьуу боппуруостарын уорэтэн кордохторунэ соп буолсу быьылаах. Холобур, аныгы ИЛ ТУМЭНИ улуус аайыыттан биирдии депутаттаан постоянно улэлэтиэххэ, кинилэргэ билинни Президент угус боломуочуйаларын биэриэххэ, Правительствоны кинилэр дьаьайдыннар, таллыннар, тохтоттуннар. 35 депутат а5ыйах диир буоллахха улахан куораттарга (Дьокуускай, Мирнэй, Нерюнгри, Алдан, Ленскэй) ба5ар эбии биирдии депутат талыахха, оччотугар зоналарынан эмиэ депутат эбиэххэ соп-(Илин,энэр, киин, булуу болох, хоту, арктика диэн, эбэтэр орустэринэн- Халыма улуустара, Индигир улуустара, Яна, Лена уонна да атыттар- чэ ити техническэй боппуруос.
Аны туран бу ИЛ ТУМЭММИТ спикердэрэ соп буола буола солбуьан иьиэхтээхтэр, оччо5уна кунуулэьии, ордургаьыы, алаастаьыы, улуустаьыы арааьа лаппа а5ыйыа этэ. Эьиги санаа5ытыгар, хайда5ый?.
Кугдаарап
|
Category: Власть Правительство Ил Тумэн |
Views: 1437 |
Added by: uhhan1
|
Total comments: 1 | |
1
Роман
(2013-10-06 12:32)
саамай соптоох ыстатыйа
|
|
|
|
|
|
Ааҕыылар |
Баар бары (online): 22 Ыалдьыттар (гостей): 22 Кыттааччылар (пользователей): 0 |
|