News topics |
Политика.Митинги. Пикеты. Партии
[900]
|
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения
[263]
|
Суд-закон.МВД.Криминал
[1280]
|
Право, закон
[323]
|
Экономика и СЭР
[839]
|
Власть Правительство Ил Тумэн
[1207]
|
Мэрия, районы, муниципалитеты
[400]
|
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО
[215]
|
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка
[555]
|
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги
[155]
|
Коррупция
[862]
|
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство
[291]
|
Социалка, пенсия, жилье
[277]
|
ЖКХ, строительство
[132]
|
Образование и наука. Школа. Детсад
[215]
|
Люди. Человек. Народ. Общество
[224]
|
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет.
[670]
|
Алмазы Анабара
[161]
http://alanab.ykt.ru//
|
Земля. Недра
[240]
|
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода
[377]
|
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ
[158]
|
Промышленность
[43]
|
Нефтегаз
[284]
|
Нац. вопрос
[284]
|
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации
[65]
|
Дьикти. О невероятном
[183]
|
Выборы
[661]
|
Айыы үөрэҕэ
[93]
|
Хоһооннор
[5]
|
Ырыа-тойук
[23]
|
Ыһыах, олоҥхо
[102]
|
Култуура, итэҕэл, искусство
[365]
|
История, философия
[239]
|
Тюрки
[76]
|
Саха
[153]
|
литература
[42]
|
здоровье
[465]
|
Юмор, сатира, критика
[14]
|
Реклама
[7]
|
Спорт
[123]
|
В мире
[86]
|
Слухи
[25]
|
Эрнст Березкин
[88]
|
Моё дело
[109]
|
Геннадий Федоров
[11]
|
BingHan
[4]
|
|
|
Main » 2013 » Алтынньы » 29 » Саха сылгы, ынах, таба иитэн, тыһыынчанан сылы тыыннаах туораан кэлбитэ. Саха олоҕор ынах сүөһүнү иитии ордук улахан суолталааҕын ынахтан ыл
Саха сылгы, ынах, таба иитэн, тыһыынчанан сылы тыыннаах туораан кэлбитэ. Саха олоҕор ынах сүөһүнү иитии ордук улахан суолталааҕын ынахтан ыл | 18:59 |
Саха ынаҕа: тыа олоҕун түҥнэрбит эспэримиэн-1
25.10.2013 11:48 | Автор: Владимир Степанов | ТХМ тымныыга үөрүйэҕэ суох соҕуруу дойду "сыгынньах” ынахтарын аҕалан, тыа сирэ байыа диэн, албын санаа кутуругар сөрүү сатыыра "кролики - это не только ценный мех..." диэн кэмиэдьийэни санатар. М.Николаев саҕана түргэнник ситэр салаалары сайыннаран "этинэн тамнаһыахпыт” диэн, соҕурууттан сибиинньэни, араас куһу-хааһы таспыппыт бүддьүөт харчытын соҕуруу кутартан ураты туох да көдьүүһү биэрбэтэҕэ. Тоҕус ыйдаах кыһыммытын умнан айылҕаны утары баран уһун сонноммут холобурбут устуоруйаҕа суох. Оннооҕор ыам бырдаҕын курдук ыспыт андаатартан "көмүскэ сууламматахпыт”. Аан дойдуга экэниэмикэ балаһыанньата уустук. Федеральнай кииҥҥэ бүддьүөтү сарбыйыыттан сылтаан айдаан бөҕөтө. Харчы чычырбас кэмэ хас да сыл барыа дииллэр. Саха сиригэр харчы тиийбэт балаһыанньата үөскээбитин көрөҕүт. Ол да буоллар сорох үрдүк өһүөлээхтэрбит саханы "кууруссанан, бараанынан аар-саарга аатырдыахпыт” диэн хой баһын туойаллара уурайбат. Атаах оҕо саҥаттан саҥа оонньуурга баҕарарын курдук, сүүһүнэн мөлүйүөнү "кумахха кутар” эспэримиэн көҕүрүүр санаата суох.
Бүгүн саха норуотун сүрүн баайын – саха ынаҕын эспит, аньыыга киирбит эспэримиэн туһунан кэпсэтиэххэ. Бу эмиэ туох да толкуйа суох айылҕаны утары барыы холобура буоларын билим бигэргэтэр. Саха сүөһүтүн эһии оччотооҕу салайааччыларбыт "саха ынаҕын улахан оҕус сиэмэтинэн буоһаттахха, бөдөҥ төрүөх этинэн-үүтүнэн былааны толоруохпут, соҕуруу тойоттортон хайҕаныахпыт” диэн ньүдьү-балай быһыыларыттан тахсыбытын устуоруйа бигэргэтэр. "Бил баһыттан сытыйар” диэн өбүгэлэрбит мээнэҕэ эппэтэхтэрэ...
Саха сылгы, ынах, таба иитэн, тыһыынчанан сылы тыыннаах туораан кэлбитэ. Саха олоҕор ынах сүөһүнү иитии ордук улахан суолталааҕын ынахтан ылыллар ас көрүҥэ элбэҕэ, дьиэлэрин кытта холбуу хотон туттан, эбии сылытынан бытарҕан тымныыттан быыһанар албаһы булбуттара уо.д.а. чахчылар бигэргэтэллэр. Биллиилээх учуонайбыт Г.П. Башарин «История животноводства в Якутии второй половины ХIХ в. - нач. ХХ в.» (1962 с.) диэн кинигэтигэр 1857 с. Саха уобалаһыгар 171166 саха боруода сүөһүтэ баарын ыйбыт. Онтон 1866 с. 373371 тиийэ элбээбит, 1891 с. 213399 диэри аҕыйаабыт. Саха сүөһүтэ Өктөөп өрөбөлүүссүйэтин иннинэ саамай муҥутаан 1917 с. 482 тыһ. төбөҕө тиийэ сылдьыбыт. 1922-28 сс. – 475,6; 1932-41 сс. – 415,3; 1942-1951 сс. – 297,4; 1952-64 сс. – 376,7 тыһ. төбө. Саамай элбэхтик сэрии кэминээҕи кураан сылларга 224 тыһ. диэри аҕыйыы сылдьыбыт. Ынах сүөһү ахсаана үөһэ-аллараа түһүүтэ – норуоппут олоҕор суоһаан ааспыт ыарахан, сут-аччык кэмнэри, саха ынаҕа норуотун хоргуйууттан быыһаабыт сиэртибэтин көрдөрөллөр.
Урутаан эттэххэ, саха ынаҕын дириҥник үөрэппит биллиилээх учуонай, т/х дуоктара Г.П. Коротов дааннайдарынан саха ынаҕын үүтэ сүөгэйин-арыытын таһынан киһи доруобуйатыгар туһалаах элбэх белоктаах, лактозалаах, атын туһалаах бэссэстибэлээх эбит. Ону таһынан ордук тотоойута (калорийнайа) биллибит. Оннук да абыраллаах, өлбөт мэҥэ тэҥэ үүттээх ынахтаах буолан, сут-кураан, сэрии кэмигэр дьон аҥаардас суоратынан аһаан тыыннаах хааллахтара. Билиҥҥи сулугур суоратынан төһө барарбыт биллибэт. Хомойуох иһин, норуоппутун тыыннаах аҕалбыт сүөһүбүтүн кэмигэр харахпыт харатын курдук харыстаабакка, көмүскээбэккэ кэнчээри ыччаппытын бороһуок үүт, "Доширак” лапса, мас арыыта аһылыктаах олоххо олортубут.
***
Саха сүөһүтүн 1925-1926 сс. Саха сирин чинчийбит ССРС НА эспэдииссийэтин дьиэ кыылын үөрэппит үлэһиттэрэ Е.И. Шубская уонна Ф.И. Салтыков чинчийбиттэрэ. Кинилэр 11 ый устата Саха сирин улуустарын барытын кэриэтэ хаппыттара. Үлэлэрин түмүгэ «Якутский крупный рогатый скот» (1931 с.) диэн кинигэ буолан тахсыбыта. Саха ынаҕын тас көрүҥүн, үүтүн, аһатыытын уонна көрүүтүн-харайыытын туһунан сүрдээх элбэх матырыйаал хомуллубута. Кинилэр саха ынаҕын дьикти уратытын – үүтүн сыата 5,23 бырыһыаҥҥа тиийэ үрдүгүн аан-бастаан билимҥэ киллэрбиттэрэ. Ол эрээри учуонайдар "үүтэ аҕыйах, сылга 538 кг эрэ биэрэр эбит” диэн суруйбуттара. Кинилэр саха ынаҕын атын боруоданы кытта булкуйуохха, иитиитин култуурунай төрүккэ көһөрүөххэ сөп диэбиттэрэ, ол эрээри туһата суох диэн төрдүттэн эһэр туһунан ончу эппэтэхтэрэ. Төттөрүтүн, саха ынаҕын үүтүн-этин элбэтэр буоллахха, хайаан да бастаан аһын элбэтиэххэ, көрүүтүн-харайыытын тупсарыахха диэбиттэрэ. Академик Е.Ф. Лискун саха ынаҕын этин-үүтүн элбэтии хайдах кыаллыан сөбүн бастаан стационарга дириҥник чинчийиэххэ диэн ыйбыта. Бу саамай сөптөөх быһаарыы этэ.
Ити тосхолу тутуһан саха ынаҕын аан бастаан стационарга туруоран чинчийии 1929 с. Покровскайдааҕы т/х уопутунай ыстаансыйатыгар саҕаламмыта. Бу үлэни 1925 сыллааҕы ССРС НА эспэдииссийэтигэр үлэлэспит зоотехник Ф.И. Салтыков ыыппыта. Кини 1931 с. стационар усулуобуйатыгар саха ынаҕыттан 242 хонук устата 1545 кг үүтү ыыры ситиспитэ. Хомойуох иһин, 1932 с. Саха сириттэн уурайан, соҕуруу төннүбүтэ. Ол кэннэ саха ынаҕынан научнай төрүккэ олоҕуран дириҥник дьарыктанар киһи көстүбэтэҕэ. Хомойуох иһин, 1932 сыллаахтан салалта быһаарыытынан билим чинчийиитин түмүгүн күүппэккэ, саха ынаҕын маассабайдык холмогор уонна симментал боруодалары кытта булкуйуу саҕаламмыта. Аһылыгын элбэппэккэ, көрүүнү-харайыыны тупсарбакка, "аҥаардас бөдөҥ оҕуһунан буоһатыы эти-үүтү элбэтиэ” диэн ньүдьү-балай өйдөбүлү тутуспуттара.
Сурукка хаалбыттан көрдөххө, оччолорго араас быһыы-майгы үөскүү сылдьыбыт. 1932-34 сс. уопутунай ыстаансыйа научнай үлэһитэ Т.Тимофеев "саха ынаҕын атын боруоданы кытта булкуйар наадата суох, биэрэр бородууксуйата боруода сүөһүттэн итэҕэһэ суох” диэн утары дакаастыырга туруммут. Кини ботуруйуоттаан, саха ынаҕын көрүүтүн-харайыытын, аһатыытын тупсарбыт, ол оннугар ыраас холмогор боруоданы уонна саха ынаҕа аҥаардаах метистэри куһаҕан усулуобуйаҕа туппут. Ол түмүгэр 1932 с. алта ыйдаах саха ньирэйэ -- 170,2, холмогор 152,0 кг ыйааһыннаммыттар. Саха ынаҕа 270 хонук устата -- 1648 кг, оттон холмогор метистэрэ 983 кг эрэ үүтү биэрбиттэр.
***
Киһи сонньуйуох, билигин сүүһүнэн мөлүйүөн сыаналаах хотоннор эмиэ олоххо да, билимҥэ да тирэҕирбэккэ тутулла тураллар. 2000 сс. переработканы сайыннарабыт диэн 2-3 хонук хараллар үрүҥ аһы оҥорор тэрилинэн өрөспүүбүлүкэни барытын сэбилээбиппит таах турар. Мугудай үүтүн собуота эмиэ үлэлээбэт. Модукка Австрия ынахтарын аҕалбыппыт уонунан мөл. солк. иэс дьэбэрэтиттэн оронор кыаҕа суох. Куурусса баабырыкаларын "бастыҥ тэрилтэлэрбит” дииллэр да, бүддьүөт көмөтө суох иитиллэр кыахтара суох. Төһө да эспэримиэн буолтун иһин, өрөспүүбүлүкэбит кыаҕа түгэҕэ суох, арыынан алла турар Аал Кудук Мас буолбатаҕын ким да өйдөөбөт курдук.
***
1938-39 сс. саха ынаҕын стационарга чинчийиини тохтоппуттар. Билим үлэтэ 1944 с. Дьокуускай анныгар Сэргэлээххэ (Племхозка) салҕаммыт. 1945-47 сс. биир саха ынаҕар 21-31 ц от, 0,7-10 ц сиилэс уонна 70-140 кг уотурба бэриллибит. Итинник аһаабыт саха ынаҕыттан 4,39-4,88 бырыһыан сыалаах 842-1313 кг үүтү ыы сылдьыбыттар.
Сыл устата 305 кг үүтү иһэн, 243 кг уотурбаны, 1227 кг оту сиэн үчүгэйдик аһаабыт саха ньирэйэ 116,7 кг улааппыт.
И.Д. Кулагин дааннайынан стационарга турбут саха сүөһүтүн тыыннаах ыйааһына маннык эбит (кг.):
Төрүүрүгэр –16,9
6 ыйыгар – 96,0
12 ыйыгар – 143,3
24 ыйыгар – 264,7
36 ыйыгар – 306,0
4 сааһыгар – 314,5
5-тэн үөһээ саастаах – 360,0.
Үчүгэй көрүүгэ турбут сорох ынах көрдөрүүтэ олох үрдүгэ. Улита диэн ынах 1949 с. бэһис төрөөһүнүгэр - 2048 кг, сэттиһин төрөөбүт Зорька - 1847 кг, 1952 с. Игарка – 2332, Зеница ахсыс төрөөһүнүгэр 2414 кг үүтү ыаппыттар.
***
Г.П. Коротов Сунтаарга «Элгээйи» сопхуоска үчүгэй аһатыылаах стационар тэрийэн, 8 сыл устата 350 саха ынаҕын үүтүн чинчийбитэ. 1 ынахха сылга 18,4 ц. от, 30,7 ц. сиилэс уонна 3 ц уотурба бэриллибитэ. 17 ынаҕы элбэх үүтү ылар анал көрүүгэ-харайыыга (раздойга) туруорбута. Бу ынахтартан ортотунан 2483 кг үүтү ылбыта. Кини саха ынаҕа саамай элбэх үүтү төрөөн баран бастакы ыйыгар биэрэрин билбитэ. Онтон кыччаан барар эбит, бэл, мэччирэҥҥэ сылдьар кэмигэр. Оттон күһүн олох аҕыйыыр, сорохтор бэйэлэринэн уолан хаалаллар эбит. Итини Г.П. Коротов саха ынаҕын этэ-сиинэ сайын кыһыны туоруур сыатын саппааһын мунньар генетическэй, биологическай уратылааҕынан быһаарбыта.
Элгээйигэ саха ынахтара рекорка киирэр көрдөрүүлэммиттэрэ. Холобур, 1960 с. Сабынньах диэн ынахтан – 2924, 1963 с. Өлөөнөттөн – 3022, Чыычаахтан – 2940 кг үүтү ыабыттар (Г.П. Коротов, 1966 с.).
Саха ынаҕын этэ-үүтэ аан дойдуга тэҥэ суох үчүгэйин эмиэ билим дакаастаан турар. Саамай сыаналаах хаачыстыбатынан үүтүн сыата үрдүгэ буолар. Үүтүн сыатынан саха ынаҕа дойдуга 1 миэстэҕэ турар. Бүрээттэр уонна тувалар ынахтарын үүтэ – 4,66-4,57, Сибиир ынаҕа – 4,60, горбатовскай боруода 4,28 бырыһыан сыалаахтар. Стационарнай чинчийиилэри ыллахха: саха ынаҕын үүтүн сыата Сэргэлээхтээҕи ОПХ-ҕа – 4,79, Элгээйигэ – 5,31 тиийэрэ бэлиэтэммит. Сорох ынах үүтэ 6,08-6,75 бырыһыаҥҥа тиийэр эбит.
ССРС НА Саха сиринээҕи филиала 1949-1955 сс. киин уонна соҕуруу улуустарга сүөһү иитиитин туругун үөрэтэр иккис улахан эспэдииссийэни тэрийэн ыыппыта. 1954-1959 сс. балачча научнай үлэни суруйбуттара. «Очерк современного состояния и перспектив развития скотоводства в Ленском и Олёкминском районах Якутской АССР» (1956 г.) диэн үлэлэригэр саха ынаҕын иитиигэ племенной үлэ уонна аһылыгынан хааччыйыы тупсарыллыахтааҕын туһунан ыйбыттара. Саха ынаҕын хойуу үүттээх, тымныы усулуобуйаҕа үөрүйэх ураты айылгылаах боруода сүөһү буоларынан хайаан да тыыннаах хаалыахтааҕын тоһоҕолоон бэлиэтээбиттэрэ.
Ити кэнниттэн 1958-62 сс. Саха сиринээҕи Тыа хаһаайыстыбатын научнай-чинчийэр института (ССТХНЧИ) аан бастаан 5 хоту оройуоҥҥа (Үөһээ Дьааҥыга, Муомаҕа, Үөһээ Халымаҕа, Өймөкөөҥҥө уонна Абыйга) сүөһүнү иитии туругун чинчийбитэ. Бу үлэни саха биллиилээх учуонайа П.А. Романов салайбыта. Барыта 2897 сүөһү, ол иһигэр 1549 саха ынаҕа үөрэтиллибитэ. Кини үлэтин бу оройуоннарга баар саха ынаҕа 320-367 кг ыйааһыннаах, сылга 5,0-5,68 бырыһыан сыалаах 986 кг үүтү биэрэр диэн түмүктээбитэ.
***
Бу үс эспэдииссийэ (1925-1926; 1950-1953 уонна 1955-1962 сс.) дааннайдарын тэҥнээтэххэ, бастакы чинчийиитээҕэр саха ынаҕа аһа, көрүүтэ-истиитэ тупсан, көрдөрүүтэ лаппа улааппыта көстөр. Ынах тас кээмэйэ: түөһүн эргимтэтэ 158,4-тэн 167,4 см, түөһүн кэтитэ 29,7-тэн 31,4 см диэри улааппыт, ыйааһына 290,6-тан 350,6 кг диэри эбиллибит.
Үүтүн көрдөрүүтүн саамай аҕыйаҕа 1925-26 сс. бэлиэтэммит: 886 ынахтан ортотунан 560,3 кг 5,23% сыалаах үүтү ылбыттар. 1950 с. 19 ынахтан ортотунан 4,67% сыалаах 758 кг үүт ыаммыт. Үһүс чинчийии кэмигэр (1958-62 сс.) оройуоннарынан көрдөрүүлэрэ араас: 171-388 сүөһүттэн ортотунан 804,8-1109,5 кг 5,24-5,03 % сыалаах үүтү ыабыттар.
Саха ынаҕын чинчийэр тиһэх комплекснай научнай, зоотехническай эспэдииссийэ 1976 с. Бүтүн Сойуустааҕы тыа хаһаайыстыбатын сүөһүтүн иитии уонна генетикатын научнай-чинчийэр институтун (ВНИИРГЖ) тирэх хаһаайыстыбатыгар Үөһээ Дьааҥы оройуонугар «Ленинскэй» сопхуоска П.А. Романов салайыытынан ыытыллыбыта. Манна Саха сиригэр сүөһүнү иитии устуоруйатыгар аан маҥнай 7 саха оҕуһуттан 600 доза сперманы ылан тоҥорбуттара уонна Ленинградка өр хараллыыга ыыппыттара. Эмиэ аан бастаан ити чинчийии кэмигэр институт үлэһитэ С.И. Егоров 315 саха ынаҕын уонна 9 оҕуһун иммуногенетическай харахтарыыстыкатын оҥорбута.
Профессор К.М. Иванов салалтатынан тирэх хаһаайыстыбаҕа 1978-1980 сс. ыытыллыахтаах научнай-чинчийэр үлэ методиката оҥоһуллубута. Бу хаһаайыстыба ыстаарсай научнай үлэһитэ, доцент В.С. Винокуров саха сүөһүтэ элбэх аһы-үөлү биэрэр кыаҕын өр сыл чинчийбит дааннайдарыгар олоҕуран, саха ынаҕын, оҕуһун, эдэр сүөһүтүн бонитировкалыыр ыстандаартары оҥорон киллэрбитэ.
***
Билим өр сыллаах чинчийиитэ саха ынаҕын көрүү-харайыы, аһатыы тубустаҕына – ыарахан сыанаҕа турар кыахтаах бородууксуйата төһө эмэ элбиирин бигэргэтэр. Тыабыт хаһаайыстыбата оччолорго ССКП обкомун салайааччыларын ыйыытынан буолбакка, билим бигэргэппит хайысхатынан барбыта буоллар, билигин ырыынакка киириигэ өрөспүүбүлүкэ аан дойдуга тэҥэ суох, күрэстэһэр уратылаах сүөһүлээх олоруохпут хаалбыт.
(Салгыыта бэчээттэниэ)
|
Category: Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка |
Views: 1970 |
Added by: uhhan1
|
|
|
Ааҕыылар |
Баар бары (online): 51 Ыалдьыттар (гостей): 51 Кыттааччылар (пользователей): 0 |
|