News topics |
Политика.Митинги. Пикеты. Партии
[900]
|
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения
[263]
|
Суд-закон.МВД.Криминал
[1280]
|
Право, закон
[323]
|
Экономика и СЭР
[839]
|
Власть Правительство Ил Тумэн
[1207]
|
Мэрия, районы, муниципалитеты
[400]
|
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО
[215]
|
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка
[555]
|
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги
[155]
|
Коррупция
[862]
|
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство
[291]
|
Социалка, пенсия, жилье
[277]
|
ЖКХ, строительство
[132]
|
Образование и наука. Школа. Детсад
[215]
|
Люди. Человек. Народ. Общество
[224]
|
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет.
[670]
|
Алмазы Анабара
[161]
http://alanab.ykt.ru//
|
Земля. Недра
[240]
|
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода
[377]
|
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ
[158]
|
Промышленность
[43]
|
Нефтегаз
[284]
|
Нац. вопрос
[284]
|
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации
[65]
|
Дьикти. О невероятном
[183]
|
Выборы
[661]
|
Айыы үөрэҕэ
[93]
|
Хоһооннор
[5]
|
Ырыа-тойук
[23]
|
Ыһыах, олоҥхо
[102]
|
Култуура, итэҕэл, искусство
[365]
|
История, философия
[239]
|
Тюрки
[76]
|
Саха
[153]
|
литература
[42]
|
здоровье
[465]
|
Юмор, сатира, критика
[14]
|
Реклама
[7]
|
Спорт
[123]
|
В мире
[86]
|
Слухи
[25]
|
Эрнст Березкин
[88]
|
Моё дело
[109]
|
Геннадий Федоров
[11]
|
BingHan
[4]
|
|
|
Main » 2013 » Сэтинньи » 6 » “Кырыыстаах таас” (“Проклятый камень”) 1992 с. тахсыбыта. Саха сиригэр рок-бөлөх бастакы уонна бүтэһик винил-пластинката.
“Кырыыстаах таас” (“Проклятый камень”) 1992 с. тахсыбыта. Саха сиригэр рок-бөлөх бастакы уонна бүтэһик винил-пластинката. | 16:36 |
"Чолбон”. "Табык”. Эдэрдэр
06.11.2013 16:05 | Автор: Мэхээс Сэмэнэп-Серкан | Соторутааҕыта Саха араадьыйатын "Устуудьуйа ыалдьыта” биэриитигэр ыҥыра сырыттылар. Гаврил Неустроев ыытта. Кэпсэтиибит ис хоһооно – саха рок-муусукатын уруккута, билиҥҥитэ, кэскилэ. "Чолбон” бөлөх биир тутаах киһитэ Александр Ильин (дьон Чолбон ¤ааска диэн ааттыыр), ХИФУ уһуйааччыта Дмитрий Васильев уонна мин ыалдьыттаатыбыт. Чолбон ¤аасканы тоҕо ыҥырбыттара өйдөнөр. Мин кыралаан бу тиэмэҕэ суруйабын. Оттон Дмитрий Васильев манна туох сыһыаннааҕын, арааһа, бу эйгэҕэ чугас эрэ дьон билэр буолуохтаахтар. Оттон кини "Табык” курдук аан дойду таһымнаах баар-суох улахан бэстибээлбитин төрүттэспит, тэрийсибит дьонтон биирдэстэрэ эбээт. Ону ааһан, "Чолбон” Сэбиэскэй Сойуус, аан дойду таһымыгар аан бастаан тахсарыгар кини өҥөтө эмиэ улахан. Ол иһин кинилиин анаан көрсөн, сэлэһэ түстүбүт. – 80-с сыллар бүтүүлэригэр Москубаҕа олоро сылдьыбытым диэн ахтан аһарбытыҥ. Онно тугунан дьарыктаммыккыный?
– "Институт земного магнетизма ионосферы и распространения радиоволн” (НИИ "ИЗМИРАН”) диэн тэрилтэҕэ үлэлээбитим.
– Былыргылар "халлаан үөрэхтээх” диэхтэрэ эбитэ буолуо. Биһиги кэпсэтэр тиэмэбитигэр, омос көрдөххө, туох да сыһыана суох курдуккун. Ол эрээри, "Чолбону” истэн баран, дойду таһымыгар таһаарар санаа үөскээбитэ диигин. Маннык үөрэхтээх киһи уонна рок-муусука туох ситимнээхтэрий?
– 70-с сылларга хас оскуола, кулууп аайы ВИА (вокальный-инструментальный ансамбль) баара. Оччотооҕу оҕо-ыччат барытын да курдук, мин эмиэ гитаараҕа үс аккордунан оонньуу үөрэммитим. "Битлз”, "Дип Перпл”, "Пинк Флойд”, "Статус Кво” ырыаларын истэрбит. Биир уолбут убайа кыраныысса таhыттан күрэхтэhэн кэлригэр пластинкаларын аҕалар этэ. Оскуолабытыгар ВИА тэрийбиппит. Субуота аайы үҥкүүгэ, бырааhынныктарга онньуурбут. Оччолорго акустик да гитара суоҕа. Онон бэйэбит маһынан кыһан, муусука оскуолатыттан балалайка струнатын ылан, араадьыйа дэтээллэриттэн хомуйан, элэктириичэскэй гитаара оҥосторбут. Аппаратурабытын онтон мантан бэйэбит таҥарбыт, алдьаннаҕына, өрөмүөннүүрбүт. "Моделист-конструктор”, "Юный техник”, Радио курдук сурунааллары ааҕан үөрэнэрбит. Онтон сиэттэрэн, радиоэлектроникаҕа, радиофизикаҕа сыстыбытым, кэлин идэ оҥостубутум.
Ол саҕана ВИА-ҕа оонньообутум сүтэн хаалбат буоллаҕа – муусуканы оччоттон баччаҕа диэри сэҥээрэбин. Аны туран, 1970-с сылларга Артемий Троицкай "Ровесник” сурунаалга олус элбэх ыстатыйа таһаарара. "Deep Purple”, "Led Zeppelin”, "Pink Floyd” туһунан аан бастаан онтон билбитим.
– "Чолбон” Саха сирин тас өттүгэр биллэригэр-көстөрүгэр бастакынан олук уурсубут киһигин. Хайдах саҕаламмытын, салҕаммытын туһунан кэпсээ эрэ
– Оччолорго саха ырыата пластинкаҕа тахсыбыта диэн ахсааннаах этэ. Саамай улахан үлэ – "Ньургун Боотур”. Уонна биирдэ эмэ үтүөлээх, норуодунай ырыаһыттар. Оттон ыччат сөбүлүүрэ, буолаары буолан, рок-муусука киэнин таһаарар туһунан киһи санаммат да этэ. Бэл, идэтийбит таһымнаах "Чороон” уһуллубатаҕа. Ол да буоллар, миэхэ оннук ыра санаа баара.
Оскуола саҕаттан араас пластинкалары, магнитофон лиэнтэтигэр уhуллубут ырыалары истэр хомуйар этим. Ол кэмнээҕинэн көрдөххө, куһаҕана суох кэллиэксийэм билигин да сороҕо баар. Ханна, туох саҥа тахсыбыта барыта кэриэтэ миэхэ баар буолара. Холобур, урут Новосибирскайга бииргэ үөрэммит уолаттарым ыыталлара. Оннук муусуканы сэҥээрэр доҕотторум миэхэ мустан истэллэрэ.
Биирдэ, Москубаттан кэлэ сырыттахпына, Тумус Мэхээлэ "Чолбон” ырыаларын аҕалла. Иһиттим. Уонна: "Сахабыт сирин таhыгар тахсар кыахтаах, атын бөлөхтөртөн быдан ураты уонна сорох өттүнэн үрдүк да, ордук да таhымнаах”, – дии санаатым. Ханна да суох, кимиэхэ да майгыннаабат, туох эрэ дьиктилээх ураты муусука эбит этэ.
Ити кэмҥэ, 1988-89 сс. эргин, Жак Карро диэн олоҥхону үөрэтэр француз кэлэ сылдьыбыта. "Чолбон” ырыаларын илдьэ, Тумустуун киниэхэ бардыбыт. Киһибит аныгы муусукаттан адьас тэйиччи, фольклору уонна тылы үөрэтэр киһи эбит. Бэлэхтээн баран, тарҕастахпыт дии.
Итинник санаалаах, 525 миэтэрэлээх, бобиналаах лиэнтэни Москубаҕа илдьэ бардым. Ол саҕана Сойуус үрдүнэн соҕотох "Мелодия” фирмаҕа тиийэн "грампластинка таhаараары гынабыт, онно туох ирдэбил баарый?” диэн ыйыталастым. Онуоха хайаан да Композитордар сойуустарын чилиэнин ырытыыта, биир эмэ кириитик өйүүр суруга наадатын эттилэр. Быһата, оччотооҕу кэм ирдэбилинэн, улахан "Худсэбиэт” сиидэтин ааспыт буолуохтаах. Оччоҕо биирдэ "көрүөх эрэ” буоллулар.
"Өйдөөтөҕүнэ, кини өйдүө” диэн, А.Троицкайы санаан кэллим. Кини тэлэбиисэргэ "Программа А” диэн ол кэмҥэ соҕотох аныгы муусуканы көрдөрөр, ырытар, олус интэриэhинэй биэриини ыытара. Кинини хайдах көрдөөн булбутум – туспа устуоруйа. Хаста да төлөпүөнүнэн кэпсэттибит, кэмниэ кэнэҕэс көрүстүбүт. Истэн баран эрийиэх буолан эрэннэрдэ. Нэдиэлэ курдугунан дьиэтигэр ыҥырда. Төһө да улахан таһымнаах киһи буоллар, букатын улаатымсыйбат. "Иһиттим, үчүгэй эбит. Ол эрээри, устуу хаачыстыбата мөлтөх. Грамластинка таһаарар буоллахха, Москубаҕа устуохха наада. Уонна тылбааһа баара ордук этэ”, – диир. Мин хайдах кыайарбынан тылбаастыах буоллум.
Ити курдук хаста да көрүстүбүт. Толору тылбаастаабакка, туох туһунан ылланарын суруйан биэрдим. Түмүгэр, "Мелодия” фирмаҕа буолбакка, биир эмэ чааһынай устуудьуйаҕа устар ордук буолуо диэн быһаардыбыт. Ол кэмҥэ оннук устуудьуйа элбээбитэ, "Тамбурин”, "Телевизор”, "Странные игры”, "А-ВИА”, "Аукцыон” курдук урут биллибэт-көстүбэт бөлөхтөр пластинкалара тахсыбыттара. Урук бобууга сылдьыбыт рок-муусука босхо ыытыллыбыт, чааhынай устуудьуйалар тэриллибит уларыта тутуу кэмнэрэ этэ. Онон саха рок-муусуката тахсарыгар туох да хааччах суоҕа. "Чолбон” пластинкатын таhаарыахха сөп эбит диэн санаа онтон да сиэттэрэн тахсыбыта буолуо.
Дьоммор эрийдим, кэмин болдьостубут. Бастаан 1988 сылтан кэпсэтэн саҕалаабыт буоллахпытына, уолаттар 1990 сыл сааһыгар баран уһуллубуттара. Ити кэмҥэ ыал буолан эрэр буоламмын, барсыбатаҕым. Ол буоллар, барыларын тиксиһиннэрэн, тэрийэн биэрбитим. Биллэн турар, онтон сорох тэрээhин боппуруоһа кыайан ситимнэспэтэҕэ гынан баран, сүрүн сыал-сорук ситиhиллибитэ.
Ити курдук, "Кырыыстаах таас” ("Проклятый камень”) 1992 с. тахсыбыта. Саха сиригэр рок-бөлөх бастакы уонна бүтэһик винил-пластинката.
– "Чолбоннор” ол айаннарын хайдах уйуммуттарай?
– Үлэлиир сопхуостара үбүлээбитэ. Үөһээ Бүлүү дьоно улаханнык өйөөбүттэрэ.
Ити иннинэ, 1989 с. ахсынньытыгар, "Чолбон” Москубаҕа "Сырок” диэн бүтүн Сойуустааҕы бэстибээлгэ кыттыбыта. Саха сириттэн аан бастаан ыраах барыылара этэ. Александр, Сэмэн Ермолаевтар, Алексей Амбросьев, Иннокентий Каменев уонна мин барсыбыппыт. И.Каменев киинэ камератынан устубута. Кыһыыта диэн, ол устубута туга эрэ табыллыбатаҕа, билигин баара буоллар, туохха да тэҥнэммэт баай буолуох этэ.
Онно этэ дии – Никииппэр Сэмэнэп эрэпэтииссийэҕэ тахсан ыллаабытыгар, колонкалара хайа бара сыһара! "Алдьатаары гынныгыт!” – диэн сүүрэкэлэһии бөҕө буолбуттара.
1990 – сурдээх тахсыылаах сыл этэ. Табык бэстибээл саҕаламмыта. "Рок-Азия” бэстибээлгэ "Чолбон” "супер-бөлөх” аатын ылбыта. Эмиэ ити кэмҥэ "Программа А” ССРС бастыҥ авангарднай бөлөҕүнэн ааттаабыта. "Сэргэ” – "Рок-периферия” бэстибээлгэ лауреат аатын ылбыта. "Чороон”, "Ай-Тал”, "Сэргэ” Алма-Атаҕа "Азия Даусы” бэстибээлгэ кыттыбыттара. Рок-муусука илин диэки баран эрэр” диэн онно билиммиттэрэ.
– Анарааҥҥылар "Чолбону” хайдах ылыналларай?
– "Сырок” кэмигэр, бастаан утаа, улаханнык сэҥээрбэт курдук этилэр. Онтон бастакы аккордарын оонньоотторун кытта, эмискэ айдаан-куйдаан тохтоон хаалла, харахтара барыта кинилэргэ хатанна. Уонна бары сыана диэки кутуллан тиийдилэр. Оонньоон бүтэллэрин саҕана, букатын иирэн хааллыллар, саала иһэ оргуйан олордо.
Дьоммут олох дьоруой буола түстүлэр. Мусукааннар, суруналыыстар бары кинилэргэ саба түс да түс, ону-маны ыйыт да ыйыт буолаллар. Биир гитарист уол адьас эккирэтэ сылдьан: "Миигин гитариhынан ылыҥ”, – диэн хаайар. Өр эккирэппитэ.
"Сырок” кэмигэр өссө Ленинградка ыытыллар "Голос Земли” бэстибээлгэ ыҥыран кытыннарбыттара.
– Кэлин эдэр бөлөхтөр үөскээн эрэллэр. Холобур, Чолбон ¤ааска "Үргэл” диэн күүстээх бөлөҕү тэрийэ сылдьыбыта. Анатолий Босиков "Ый Суолун” тэрийбитэ. Сиэн Тиитэп күүстээх уолаттардаах. Өссө да бааллар. Итини "утум салҕанар” диэххэ сөп дуо?
– Бу хамсааһын быстыбакка бара турар. Ситим быстыбат. Ардыгар намырыыр, сороҕор күөдьүйэн кэлэр. Олоххо барыта оннук түһүүлээх-тахсыылаах дии.
– "Чолбон” ситиһиитин хатылыыр кыахтаах биир эмэ бөлөх үөскүө дии саныыгын дуо?
– Саарбах. "Чолбон” – саха муусукатыгар хатыламмат, олус үрдүк, ураты көстүү. Аан дойду устуоруйатын ырытан да көрдөххө, холобур, "Битлз” курдук тэҥэ чыпчаалга тахсыбыт баар дуо? Суох. Оттон "Чолбон” курдук ис күүстээх, ураты тыыннаах муусука хаһан да өлбөт-сүппэт, өрүү үрдүк таһымнаах сылдьар, классика буолар.
– "Табык” бэстибээл хайдах тэриллибитэй?
– Эппитим курдук, ити иннигэр биһиги бөлөхтөрбүт Сибиир араас куораттарыгар бэстибээллэргэ кыттыбыттара. Биhиги эмиэ ол кэмҥэ А.Ермолаев, Р.Плотников ("Сэргэ” бөлөх) буолан миэхэ мустан олорон, "биһиэхэ эмиэ бэстибээл тэрийиэххэ наада” диэн санааҕа кэлбиппит. Таарыйа устуу дьиэтин тэрийэр, кэнсиэрдиир, устар аппаратураҕа харчы булар баҕа эмиэ баара. Тэлэбиидэнньэҕэ үлэлиир Сэмэн Ермолаевтыын кэнсиэпсийэ суруйбуппут. Вотяков диэн худуоһунньук уруһуйун туһанан, эмблематын оҥорбуппут. "Табык” диэн ааты Сэмэн толкуйдаабыта. Хомсомуол обкуомугар (оччолорго өссө да баара) култуура отделын салайар Антонида Ефимоваҕа (Корякина) кэпсээбиппитигэр тута өйөөбүтэ. Оннук саҕаламмыта.
Бастакы "Табык” 1990 сыл ыам ыйыгар буолбута. 23 сыл ааста. Бастакы "Табыктар” олус таһымнаах этилэр. Мантан салгыы хайдах барара эдэрдэртэн тутулуктаах.
– Оччоттон баччаҕа диэри барытын билэ-көрө сылдьаҕын, "Табыгы” көтүппэккин. "Рок” диибит дуу, "тыыннаах муусука” диибит дуу – бу көстүү салгыы ханнык хайысханан барыай?
– Холобур, "Чолбон” бэйэтэ хайысхалаах, эппитим курдук, ону хатылыыр уустук буолуо. Ол эрээри, муусука көрүҥэ, көстүүтэ, хайысхата баһаам. Атыннык оонньуур, атыны этэр, атын көрүүлээх бөлөхтөр син биир кэлэн иһиэхтэрэ.
– Эдэр бөлөхтөрбүт тас дойдуларга биллиэхтэрин, "Чолбон”, "Ай-Тал” курдук Саха сирин ааттатыахтарын бары да баҕарар буоллахпыт. Онуоха туох нааданый?
– Билиҥҥи кэм ирдэбилинэн, элбэх харчы наада. Билигин барыта "бизнескэ” кубулуйда. Урут оннук буолбатах этэ, айан да ороскуота кырата. Уонна оччолорго аан бастаан айымньы турара, ол эрэ кэнниттэн "харчы” диэн өйдөбүл кэлэрэ. Билигин – төттөрүтэ. Төһө да талааннаах, баардаах буол – харчыта суох өнүйбэккин.
Ол да буоллар, бэйэҕин биллэриэххэ, көстүөххэ наада. Бастаан сэҥээриэхтэрэ, "маннык дьон баар эбит” диэхтэрэ. Ол кэннэ, баҕар, сыыйа онно-манна ыҥыран барыахтара. Холобур, "Айархааны”, Чыскыырайы, Дьүрүйээнэни көр. Тыыннаах бөлөхтөрбүт да итинник ньыманан биллэн-көстөн хаалыахтарын сөп бөҕө буоллаҕа.
– Онуоха "Табык” улахан оруоллаах буолуохтааҕа. Билиҥҥитэ, бэйэтин аналын ситэ толоро илик диэххэ сөп буоллаҕа.
– "Табыгы” тэрийсибит киһи быһыытынан эттэхпинэ, бэстибээл бастакы аналын толорбута дии саныыбын. Оттон билигин олох уларыйда. Бастакылар бары сааһырдыбыт. Аны эдэрдэр тэрийиэхтэрин, киирэн-тахсан, сүүрэн-көтөн, саха муусуката атын сирдэргэ биллэрин туһугар үлэлиэхтэрин наада. Эбиитин билигин сибээс, Интэриниэт муҥутуурдук сайдан турар. Ону таба туһаныллыахтаах. Ким эрэ тустаах дьону булан, биһиги бөлөхтөрбүтүн билиһиннэрэн, улахан бэстибээллэргэ кытыннарыахтаах, анаан-минээн дьарыгырыахтаах. Оччоҕо эрэ туох эмэ түмүк кэлиэ. Оннук гымматахха, ким да биһигини "баһаалыста кэлиҥ” диэн ыҥырыа суоҕа.
|
Category: Култуура, итэҕэл, искусство |
Views: 1615 |
Added by: uhhan1
|
|
|
Ааҕыылар |
Баар бары (online): 113 Ыалдьыттар (гостей): 113 Кыттааччылар (пользователей): 0 |
|