Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [670]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [93]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [239]
Тюрки [76]
Саха [153]
литература [42]
здоровье [465]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [123]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2013 » Сэтинньи » 21 » саха ынаҕа даҕаны, сылгыта даҕаны биһиэхэ ис эйгэбитин көмүскээһиҥҥэ сүрүн миэстэни ылаллар.
саха ынаҕа даҕаны, сылгыта даҕаны биһиэхэ ис эйгэбитин көмүскээһиҥҥэ сүрүн миэстэни ылаллар.
23:31
Саха ынаҕа барыстаах салаа буолар кыахтаах
21.11.2013 14:58 | Автор: Кыым | http://uhhan.ru/search/?q=%D0%A1%D0%B0%D1%85%D0%B0+%D1%8B%D0%BD%D0%B0%D2%95%D0%B0
Тыа сиригэр балайда үлэлээбит буоламмын, онно эбии кэлин наука эйгэтигэр – 20, ол иһигэр 7 сыл курдук т/х миниистирдэригэр штаты таһынан көмөлөһөөччүнэн үлэлээбит уопутум саҥа этиини киллэрэрбэр төһүү буолаллар.
С.Н. Платонов саха ынаҕын быыһыахтааҕа
Өрөспүүбүлүкэ т/х үлэлиир кэммэр В.А. Штыров РФ Бэрэсидьиэнигэр саха сылгытын РФ национальнай бырайыактарыгар киллэриитигэр көмө буолбуппунан киэн туттабын.         Саха ынаҕын эһии бара турар кэмигэр маны ССРС анал каталогар киллэриигэ кырата суох өҥөлөөхпүн. Ол түмүгэр саха ынаҕын генофондун харыстааһыҥҥа төрүт оҥоһуллубута. Оттон "Хотугу племхолбоһук” салайааччытынан үлэлээбитим табабыт ис туругун билсэрбэр балайда көмөлөспүт буолуохтаах.

Итилэри этэн туран, «Кыым» хаһыакка Владимир Степанов ыстатыйалара ааҕааччы киэҥ араҥатын хаптылар. Ыстатыйаҕа саха ынаҕын бонитировкатын ыстандаардын эрэ оҥорууга үлэлээбитим курдук сыыһа өйдөбүл барбыт. Дьиҥнээх үлэм ситэ ахтыллыбатах. Ону чуолкайдаан, быһааран биэриэхпин баҕарабын. Мин бу үлэҕэ научнай салайааччы быһыытынан ыстандаарды оҥорсубутум. Ол эрээри саха төрүт (аборигеннай) сүөһүтүгэр култуурунай боруодалар ирдэбиллэринэн оҥоһуллубут ыстандаарт төрдүттэн сыыһата чахчы.

Ол саха ынаҕын ыйааһыныгар эрэ буолуохтаах этэ. Тоҕо диэтэххэ, генофонд хаһаайыстыбатыгар биир тииптээх сүөһүнү иитии кыаллыбат. Ол эбэтэр дьүһүнэ, тас быһыыта, эмиийэ, атаҕын үрдүгэ араас-араас буолар. Дьэ, ону биир ыстандаарка киллэрэ сатаабыппыт. Бу саха сылгытыгар эмиэ сыһыаннаах.

Миигин саха ынаҕынан анаан үлэлэтэ 1975 с. Ленинград куоракка Бүтүн Сойуустааҕы тыа хаһаайыстыбатын сүөһүлэрин иитиигэ уонна генетикаларын чинчийэр научнай институкка (ВНИИРГЖ) ыыппыттара. Онно 1980 с. диэри ыстаарсай научнай сотруднигынан, институт Саккырыырдааҕы тирэх пуунун сэбиэдиссэйинэн үлэлээбитим. Иккис сылбар миигин кытта "Ленинскэй” сопхуос кылаабынай ветвраһа Андрей Львович Горохов институкка аспирантураҕа үөрэнэ киирэн үлэлэспитэ. Манна үлэлиир кэммэр "Ленинскэй” сопхуос дириэктэрэ Аммосов Иван Иннокентьевич, кыл. зоотехнига Гаврильев Иван Сергеевич, уо.д.а. көмөлөрүн умнарым сатаммат.

Оччолорго саха ынаҕын харыстыыр, үөрэтэр үлэҕэ сүрүн бас-көс киһи Степан Николаевич Платонов этэ. Кини миигин "Хотугу племхолбоһук” (13 оройуону хабар) начаалынньыгын эбээһинэһин толоро уонна кылаабынай зоотехнигынан үлэлии сырыттахпына, ыҥыран ылан, Ленинградка ыыппыта. Онно биир түгэн төһүү буолбута. Эбээн Бытантайга саха ынаҕын суох оҥоруу салҕанан барыаҕын, 1973 сыллаахха аан бастаан азокка тоҥмут оҕус сиэмэтин т/х институтун үлэһитэ илдьэ иһэрин Верхоянскай оройуонун мясомолпромун дириэктэрэ К.Н. Слепцов уонна оччотооҕута спорткомитет үлэһитэ, кэлин улуус аҕа баһылыга К.Н. Стручков тоҕоннор, төрүт сүөһүбүт олох сүтүөхтээҕин быыһаан тураллар. Оройуон кылаабынай зоотехнигынан олорон биэрэммин, С.Н. Платонов хараҕын далыгар киирбит буолуохтаахпын дии саныыбын. Институкка үлэлии сылдьан С.Н. Платонов көрдөһүүтүнэн, бу үлэ научнай консультанынан Петр Аполлонович Романовы анаппытым.

Хомойуох иһин, Ленинградка үлэҕэ киирэн баран төннөн кэлиибэр, С.Н. Платонов быстах өлүүттэн суох буолбут этэ. Билигин санаатахпына, С.Н. Платонов тыыннааҕа буоллар, саха сүөһүтүн дьылҕата арыый кэскиллээхтик быһаарыллыа этэ.

Саха сүөһүтэ билиҥҥэ диэри тыыннаах кэлиитигэр ВНИИРГЖ салалтата: билим дуоктардара М.М. Лебедев, К.М. Иванов улахан көмөнү оҥорбуттара. ВАСХНИЛ вице-бэрэсидьиэнэ Л.К. Эрнс сүтэн эрэр сүөһүлэр Сойуустааҕы каталогтарыгар саха ынаҕын киллэриини быһаччы өйөөн, норуот иннигэр улахан өҥөлөөх. Каталогка киллэрэр наадатын туруорса Л.К. Эрнси кытта иккитэ көрсүбүтүм.

 

Тугу гыныахха?

 

Итини этэн туран, билигин саха ынаҕын баҕалаах дьоҥҥо тарҕатар боппуруоһу быһаарыахха диэн этиилээхпин. Ордук кыра хаһаайыстыбаларга син балайда үлэ баран эрэр, өссө кэҥиирэ буолуо дии саныыбын.

Саха ынаҕын ииттиэн баҕалаах дьоҥҥо босхо илдьэн биэриэххэ. Били, түргэнник ситэр салаалары сайыннарарга сибиинньэ оҕотун тарҕата сылдьыбыт курдук. Ол саҕана сибиинньэ балачча дэлэйэ сылдьыбыта. Бырагыраама тохтообутун кэннэ, дьиҥ бэрииниилээх дьоҥҥо хаалан билигин да иитиллэ сылдьар. Ол гынан баран саха ынаҕын иитиигэ хайаан да дуогабардаһар наада.

Биллэн турар, билигин, национальнай боппуруос сытыырхайбыт кэмигэр, саха ынаҕын РФ таһымыгар таһаарыан баҕалаах салайааччы ахсааннаах буолуо. Ол -- кинилэр буруйдара буолбатах, федеральнай таһымҥа араас санаалаах бэлиитик элбэх. Эбиитин кинилэргэ хос сыҥаах буолан, бэйэлэрин интэриэстэрин өрө тутар үөрэхтээхтэр биһиги да ортобутугар урут да көстөллөрө, көстүөхтэрэ да турдаҕа. Оннук дьон "саҥаны киллэрэр аатыран” сэбиэскэй кэмҥэ "баартыйа дьаһалын олоххо киллэриигэ” өйдөрүн-санааларын ууран, саха ынаҕа элбииригэр уонна салгыы сайдарыгар тугу да оҥорбокко, буомурдар курдук үлэлээтэхтэрэ. Оннук да буолан, билигин саха ынаҕын генофондун көмүскүүр сокуон баарын үрдүнэн, туох да үлэни ыыппакка олордохторо. Билигин утарсыбатахха, саха ынаҕын олох да эһэр суолга барыахтара.

Манна даҕатан эттэххэ, сорох саха учуонайа саха ынаҕын кумааҕыга хайҕаабыта. Оттон дьиҥ үлэлэрин түмүгэ саха ынаҕын булкаас сүөһүгэ тэҥнээн, аҕыйах эт-үүт оҥоһулларын дакаастаабыттарын курдук буолан тахсыбыта. Онно кинилэри буруйдуур сыыһа буолуо, оччотооҕуга диктат - баартыйа систиэмэтэ дьону баттыыр биир сүрүн мэхэньиисимэ этэ. Бастыҥ интэлигиэнсийэбит ортотугар интернациональнай ыал буолуу "муода буола” сылдьыбыт кэмигэр, саха ынаҕын көмүскээбит киһи олоҕо алдьанара өр буолбат этэ. Ону ол диэбэккэ маныаха күүскэ үлэлэспит, дьиҥнээх научнай матырыйаал хаалларбыт дьоҥҥо махтаныах тустаахпыт.

Билигин үөһээттэн ыйыыны-кэрдиини күүппэккэ, сахабыт ынаҕын тарҕатыыга, бренд оҥорорго бэйэбит дьаһаннахпытына табыллар. Ким даҕаны "бу национальнай баайгыт” диэн кэлэн көмөлөһөрө биллибэт. Бэйэбит харчылаах уолаттарбыт хайаһаллар? Ханнык да былаастан тутулуга суох кыаҕырбыт дьон көмөлөһөллөрө дуу диэн күүтэн көрөбүн даҕаны билиҥҥитэ биллибэт. Уопсайынан көрдөххө, норуоттарын төрүт баайыгар сыһыаннара мөлтөх. Холобур, боруода сүүрүк аттары аҕалан, саха сылгытын түһэрэр курдук балаһыанньаны үөскэтэн эрэллэрэ харахха быраҕыллар.

Биллэн турар, саҥа дьыаланы тэриниэн, саха сүөһүтүнэн дьарыктаныан баҕарар киһи, саҕалыыр харчыта суох тугу да оҥорбот. Онон баай дьоммут баҕалаах дьону кытта булсан кыттыгас да тэрилтэ тэрийдэхтэринэ тоҕо табыллыбат буолуой? Саха сүөһүтүн тэнитиигэ укпут харчылара улахан эргиири, барыһы биэрбэтэҕин иһин, норуот төрүт баайын харыстааһыҥҥа, тыыннаах хаалларыыга кыттыгастаах меценат аатырыа этилэр. Олоххо араас буолар, оччотугар харчыларын, биисинэстэрин туораттан ыктахтарына, норуот көмүскэһиэ этэ.

Биллэн турар, саха ынаҕа турар хотоно атын хотоннортон туох да итэҕэһэ суох буолуохтаах, салгына ырааһа, турар сирэ сөпкө ыраастанар тэрилинэн хааччыллыбыт буолуохтаах. Бэл, былыр кырыымчык кэмҥэ саха киһитэ ынаҕын харыстаан хотонун балаҕаныгар сыһыары тутара.

Саха ынаҕа киһилии сыһыаҥҥа сөптөөх харданы биэрэр. Ол курдук, Новосибирскайдааҕы Цитология уонна Генетика институтун Алтаайдааҕы генофонднай хайаайыстыбатыгар 1978 сыллаахха 50 сүөһүнү тиэрдибиппит. 2010 с. киин тэлэбиидэнньэнэн хаһаайыстыбаларыгар көмө көрдөөбүттэрин көрдөрбүттэрэ. Онно биһиги ынахтарбытын баччааҥҥа диэри иитэн туралларын кэпсээбиттэрин эт кулгаахпынан истэн, сөҕөн турабын. Бука, туох эмэ туһаны биэрэр буолан, иитэн кэллэхтэрэ.

Манна даҕатан эттэххэ, саха ынаҕар үлэлээбит кэмим миигин биир өттүнэн бары боппуруоска, сахалыы эттэххэ "кылгас соннообуттара” эрээри, атын өттүнэн ыллахха, олоххо куруутун кимтэн да көмө көрдөөбөккө, ылыммыт үлэҕэ тутулуга суох буоларга ииппитэ. Дьэ, ол иһин сахам ынаҕар махталым улахан.

 

Бэрэсидьиэннэр суол хайбыттара, бэйэбит бытаардыбыт


 

Саха ынаҕын тилиннэриигэ иккис бэрэсидьиэн В.А. Штыров уонна кини бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлэ, үһүс бэрэсидьиэммит Е.А. Борисов үтүөлэрин бэлиэтиир хайаан да наада. Е.А. Борисов бириэмэтигэр таба өйдөөн, тыа хаһаайыстыбатын миниистирэ А.И. Степановтыын (ити кэмҥэ киниэхэ көмөлөһөөччү этим) бүддьүөт суотугар саха сүөһүтүн иитэр уонна Орто Халыма сылгытын собуотун судаарыстыбаннай тэрилтэтэ оҥорон улахан дьыаланы оҥорбуттар диэн ааҕабын. Билигин оннук дьаһанар төһө кыаллыа эбитэ буолла?

Кинилэр туохха да тэҥнэммэт улахан үтүө дьыаланы оҥорон туралларын бары-баарынан кэпсии-хайгыы сылдьабын. Төһө эмэ аартык арыллыбытын тустаах салайааччылар, испэсэлиистэр ситэтэ суох туһаналларыттан хомойо саныыбын.

Биллэн турар, саха ынаҕа даҕаны, сылгыта даҕаны биһиэхэ ис эйгэбитин көмүскээһиҥҥэ сүрүн миэстэни ылаллар. Билиҥҥи халбархай кэмҥэ былааска олорор саха сирэйдээх Арассыыйа таһымыгар төрүт сүөһүбүтүн улахан суолталааҕынан ааҕан туруорсара сүрдээх уустук. Ол иһин саха сылгытын боппуруоһун В.А. Штыров, Е.А. Борисов туруорсаннар, үгэс буолбут дьарыкпыт диэн, федеральнай таһымҥа таһаарбыт сүҥкэн улахан кылааттарын сыыйа өйд­үөхпүт турдаҕа.

Өрөспүүбүлүкэ иһигэр кэмиттэн кэмигэр саха сүөһүтүн, сылгытын иитиигэ болҕомто уурууга туруорсуу баар бөҕө. Бэлиитикэ сымнаабыт кэмигэр күүркэйии, оттон кытааппыт кэмигэр сытан биэрии олохпут биир хобдох көстүүтэ буоларын бары билэбит.

Өссө эргиллэн эттэххэ, национальнай боппуруос сытыырхайбытынан сибээстээн, сорох "сэргэх” табаарыстар билигин кэлэн төрүт сүөһүнү самнары охсо сатыыллара чуолкай. Тоҕо диэтэххэ, урут учуонайдар да ортолоругар, бэлиитиктэр да ортолоругар национальнай боппуруоска сыһыаннаах туох эмэ буолла да, онно сыһыаннааҕы төрдүттэн эһэ сатыыллара.

Ити гынан баран хаһан да, ким да, хайа да норуоту сүөһүнү иитэн кэлбитин иһин буруйдаабыта суох этэ. Ол да буоллар ону бэйэбит олус "сэрэхэдийэн”, "күнүстэри тымтыктанан була сатаан” саха ынаҕын этин уонна үүтүн элбээтиннэрэр аатыран эһэ сыспыт аньыылаахпыт. Биллэн турар, ону оҥорбуппут диэн, ким да билиммэт. Ити түгэннэри этэн туран, тус бэйэм аҕыйах хаалбыт сылларбар саха норуотун төрүт дьарыгын көмүскээн, билиҥҥи быыһык кэмҥэ сурук-бичик хаалларан, онуоха эбиитин салалтабыт Арассыыйа таһымыгар туруорсуутугар наадалаах буолуом этэ дии саныыбын.

Дьиҥэр, билигин билим күүскэ сайдан, хамныыр харамай уонна үүнээйии геннай структураларын алдьатар сыыһатын дакаастаата. Геннэй таһымҥа уларыйыы тахсыбыт буоллаҕына (генномодифицированнай), бу бородууксуйа улахан сыанабылга турбат буолбутун бары билэ-көрө сылдьар эрээри, улахаҥҥа уурбат курдук туттарбыт сыыһа. Атын боруоданы кытта булкуспатах саха аҕыйах ынаҕа, сылгыта Саха сиригэр -- бэйэбит испитигэр иитиллэллэрэ ыччаппыт кэскиллээх буоларыгар анаан хаалларар улахан суолталаах баайбыт буолуо этэ.

Түмүкпэр, төрүт сүөһүнү элбэтиигэ аҕыйах киһилээх бөлөхтө тэрийэн үлэлэтиэххэ диэн этиилээхпин. Итэҕэйдэхтэринэ, үлэлэһэргэ бэлэммин. Бөлөх саха ынаҕын көмүскэлин аҥаардас билиминэн эрэ ыыппакка, ииттиэн баҕарар дьоҥҥо сүбэ-ама биэрэр, туруорсалларыгар күүс-көмө буолар соругу толоруохтаах. Бөлөх инникитин саха ынаҕыттан барыстаах биисинэс тэрийэн тыа сирин дьоно харчы киллэринэр салааларыгар кубулутууга көмөлөһүөхтээх, кыахтаах дьону бэлэмнээһиҥҥэ үлэлиэхтээх.

Бу бөлөх суолтатын өйдөөн, бастакы сирэй киһи хонтуруоллуура ордук буолуо этэ. Тоҕо диэтэххэ, биһиэхэ быыс-хайаҕас булан, үбү-харчыны бэйэлэрин туһаларыгар тардынар араас көрүүлээх, үөрэхтээх аҕыйаҕа суох. Оччотугар кытаанах хонтуруола суох үлэ туран хаалыан эбэтэр бытаарыан сөп.

 

В.С. Винокуров, экэниэмикэ билимин хандьытаата, СӨ т/х үтүөлээх үлэһитэ, Анаабыр, Эбээн Бытантай уонна Өймөкөөн улуустарын бочуоттаах олохтооҕо.

 

 
Category: Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка | Views: 1538 | Added by: uhhan1
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  Сэтинньи 2013  »
БнОпСэЧпБтСбБс
    123
45678910
11121314151617
18192021222324
252627282930
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 20
Ыалдьыттар (гостей): 20
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024