Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [670]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [93]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [239]
Тюрки [76]
Саха [153]
литература [42]
здоровье [465]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [123]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2013 » Сэтинньи » 27 » урут биллибэт чахчылар эбилиннилэр — Турантаев уонна Аверинскай кэпсээннэрэ. Ойуунускай уІуо±а дьэбириэйдэр кылабыыґаларын иґигэр да±аны, кэ
урут биллибэт чахчылар эбилиннилэр — Турантаев уонна Аверинскай кэпсээннэрэ. Ойуунускай уІуо±а дьэбириэйдэр кылабыыґаларын иґигэр да±аны, кэ
18:52
Былатыан ханна көмүллүбүтэ буолла?
(Боло Уус)
                        Биллиилэх государственнай деятель, суруйааччы уонна ученай Платон Ойуунускай тіріібµтэ 100 сылыгар Климент Корякин салалтатынан анал правительственнай комиссия 1990-1993 сылларга Ойуунускай кімµллэ сытар сирин булан, кімµс уІуо±ун киґилии кіті±ін, анараа дойдуга атаараары µлэлээбитэ. Комиссия µлэтин тµмµктэрэ «Якутия» хаґыат 2000 сыл алтынньы 7 кµнµнээ±и «Так где же захоронен Ойунский?» диэн ыстатыйа±а сиґилии суруллан турар. Ыстатыйаттан кістірµнэн, Ойуунскайы 1939 сыл алтынньы 31 кµнµгэр ілбµтµн паталоаналог быраас Николай Чириков, санитар татаар омук Сабиров, тµрмэ ат кірііччµтэ, дьэбириэй омук киґитэ татаардар дуу, дьэбириэйдэр дуу кылаабыґаларыгар кімпµттэр курдук.
Урут биллибэтэх информациялар киирбиттэринэн уонна билиІІи кэм кірдііґµІІэ туттар араас ньымаларын туґанан Ойуунускай уІуо±ун кірдіін кіріргі холоннубут.
Быйыл саас, арай биирдэ, Бүөтүргэ µлэтигэр киирэ сырыттым. Ону-маны кэпсэппэхтээн баран, быйыл Ойуунускай тіріібµтэ 120 сылын туолар, ханна кімµллµбµтэ биллибэт, уІуо±а кісті илик диэтэ. «Онон, Ойуунускай уІуо±ун кірдіін кіріірµ гынабыт, онно кыттыаІ дуо?» — диэн ыйытта. Онуоха: «Ол кини уІуо±ун хайдах булаары гына±ыт? — диэн ыйыппыппар, манныгы кэпсээтэ.
 
Норуокка биллэр, тостубут уІуо±у кіннірін тутааччы, отоґут Турантаев Гурий Чіркііх музейын директорыгар Ньукулай Боппуокка Ойуунускай кімµллэ сытар уІуо±ун туґунан іссі биир урут биллибэтэх сонуну кэпсээбитэ эбитэ µґµ. Ол иґин, быйыл Турантаев Гурий Дьокуускайга Медицина киинигэр эмтэнэ киирэ сытта±ына, Ойуунускай уІуо±ун туґунан тугу билэрин истээри, Бүөтүр баран кірсі сылдьыбыт. Онуоха Гурий манныгы кэпсээбит.

Сэрии кэнниттэн, арааґа, 50 сыллар диэки, арай биирдэ Гурий а±ата киниэхэ, оччолорго уонуттан тахсыбыт кыра уолга, иґит таґар тимир подноска «П.А. Ойунский» диэн суругу тоґо±онон дьілµтэ охсон суруттарбыта эбитэ µґµ. Ол суруйа олорон ал±аска биир буукубаны кітµтэн, а±атыттан мі±µллэн кэтэххэ охсуллубутун бу баардыы ійдіін хаалбыт. Ол суруктаах тимир подноґу кылабыыґа±а илдьэн Ойуунускай уІуо±ун бэлиэтии укпута эбитэ µґµ. То±о диэтэххэ, Ойуунускай уІуо±ар хаста да±аны мас бэлиэни анньыбытын, кэлэр-барар дьон ылан быра±ан кэбиґэллэрэ эбит. Ойуунускай уІуо±а дьэбириэйдэр кылабыыґаларын тас іттµгэр ачаахтаах мас анныгар баар диэн а±ата Гурийга кэпсээбитин ійдіін хаалбыт.

Чэ, оннук тимир поднос бэлиэни укпут буоллахтарына, син кірдіін кірµіххэ сіп буолла±а дии санаан, кірдіґіргі сібµлэстим уонна хаар ууллан, сир ирэ тµспµтµн кэннэ тахсан кылабыыґаны кірі сылдьыах буоллубут. Биир µтµі кµн, ыам ыйын 10 кµнµгэр Бааска уонна Бүөтүр буоламмыт дьэбириэйдэр общиналарыттан кіІµл ыламмыт, кылабыыґаны тахсан кірі сырыттыбыт. Кылабыыґа Туймаада стадион кэтэ±эр, паарканан киирдэххэ, баар эбит. Территорията олус улахана суох, со±уруу іттµн кµрµітэ былыргы остуруоктар кµрµілэрин(тыннарын) курдук уґуктаах ба±аналарынан тиґиллэн оІоґуллубут. Ба±аналар бэйэ-бэйэлэрин икки ардыгар икки сиринэн тµіртµµ кырыылаах холло±ос мастарынан тиґиллибиттэр. Кылабыыґа ар±аа диэки эркинэ эмиэ тыннарынан оІоґуллубута эбитэ µґµ. Ону кылабыыґаны кэІэтэллэригэр кітµрбµттэр уонна хаптаґынынан кµрµі оІорбуттар диэн буолар. Оннук да±аны быґыылаах, то±о диэтэххэ, билигин ар±алыы-со±уруу муннугар ар±аа эркин а±ыйах ба±аната ордон турар уонна тыннар тура сылдьыбыт оннулара, кітµрэллэригэр хаґыллыбыта ханааба буолан хаалбыта кістір. Бу тыннар тµІ былыргынан аргыйан, кірбµт киґиэхэ эрэ барытыгар ыйытык µіскэтэллэрэ саарба±а суох.

 Хантан кэлбит тыннарый, ама дьэбириэйдэр бачча элбэх, иккилии сиринэн µµттээх ба±аналары оІоруохтара дуо диэн. Ба±ар Дьокуускай остуруогун кітµрбµттэрин аллараа эмэ±ирбит іттµн эрбээн кылгатан баран, кіґірін илдьэн туруорбуттара буолаарай? Ба±аналарга дентохронологическай эскпертиза оІорор киґи, ити былыргы тын мастарын саастарын чопчу быґааран, бука, бу ыйытыкка толору эппиэт ылыа эбитэ буолуо. Ар±аа эркини кітµрэн бараннар, чараас хаптаґынтан саайан олбуору саІардан оІорбуттар. Дьэбириэйдэр кылабыыґаларыгар былыргы кімµµлэр тыа са±атынан бааллар, ортотугар ыраас сиргэ элбэх ааттара биллибэт, бэлиэтэ суох кімµµлэр элбэхтэр эбит. Кылабыыґа кэІэтиллибит ар±аа диэки іттµгэр, тыннар турбут ханаабаларын ніІµі, омос кірдіххі, кімµµлэр баар сибикилэрэ кістµбэт. Онно икки ачаахтаах мастар баалларын бэлиэтии кірдµбµт.

Ыам ыйын 20 кµнµгэр кылаабыґа харабылын Николай Беттери кытта болдьоґон баран, ох курдук оІостон, µс приборунан сэбилэнэн, сири дьілµтэ анньар уґуктаах тургутар тимирдэри оІостон, дьэбириэйдэр кылабыыґаларын ар±аа кэІэтиллибит іттµн чинчийэ тиийдибит.
То±о диэтэххэ, Ойуунускайы биир кімсµбµт киґинэн  хайыыттан атынан тиэйэн илдьибит дьэбириэй омук киґитэ, НКВД тµрмэтин ат кірііччµтэ Коган буолар. Ол Коган кэпсээниттэн кірдіххі, кини бэйэтин илиитинэн Ойуунускайы дьэбириэйдэр кылаабыґаларын эргэ олбуорун аннараа іттµгэр кімпµтэ эбитэ µґµ. Кылаабыґа бэйэтин иґигэр туґунан итэ±эллээх атын омук киґитин кімір кіІµллэммэт диэн суруллубатах сокуон баарын Николай Беттер эмиэ бигэргэтэр. Атын іттµттэн кірдіххі, бу сир Гурий Турантаев а±ата ыйбыт сиригэр эмиэ майгынныыр – дьэбириэйдэр кылабыыґаларын тас ітті уонна ачаахтаах мастардаах. Кылабыыґа схематыгар бу сир араІас уонна кµіх сурааґыннар икки ардыларыгар сытар. Бу сири барытын сиґилии чинчийэн кэнсиэрбэ баанкаларыттан уонна биир маркировка суруктаах тимир ылтаґынтан атыны тугу да±аны булбатыбыт. Булбут ылтаґыммыт, арааґа, бу сир аннынан хотуттан со±уруу диэки хайысханан саІардыллыбыт хаптаґын олбуор чугаґынан барар турба маркировка бэлиэтэ быґыылаах. Ити турба µрµгэр приборбут улаханнык тыаґаан, подноґу буллубут дуу ханнык дуу диэн санааны кылам гыннаран, долгуйан сµрэхпит  битигирээн ылбыттаах. Бэлиэтии кірбµт ачаахтаах мастар аттыларын барытын тургутан кірдіібµппµт µрдµнэн, чинчийии туох да±аны тµмµгµ биэрбэтэ.

Бу Николай Беттер бэйэтэ эмиэ дьикти дьарыктаах киґи эбит. Кини эмиэ били Бахча Баатырбыт курдук силовой экстриминэн дьарыгырар эбит. Ол курдук, икки сµµрбэлээх тимир тоґо±олору  кириэстии утарыта тутан баран эрийтэлээн бэйэ-бэйэлэригэр баайталаан кэбиґэр, сµµрбэлээх угольник тимири лиэнтэ курдук эрийбитэ дьиэтин таґыгар сытар, эмиэ сµµрбэлээх арматура тимири маІнай тобугун кіміліґµннэрэн баран, сµнньµгэр кэтэн, токуруччу тутан кэбистэ. Биґиги «бухатыырбыт» Бааска ол тимири токуруччу баттыалаан кірді да, тимирэ барбах имиллэІниир эрэ. Ону таґынан киґибит дьикти кэпсээннээх буолан биэрдэ. Кини бу кылабыыґа абааґыларын дьиІ-чахчы кірбµт µґµ. Онноо±ор биирдэ, бу дьиэтин таґыгар биир хап-хара тµµлээх икки муостаах абааґыны дьиэтин аттыгар уґун ба±айы кутуругун тібітµттэн харбаабыта, кутуругун быґа тардан, куотан контейнер анныгар баар хорооІІо киирэн хаалбыт. Хара±а буолла±ына кып-кыґыл эбит уонна киґи хара±ын курдук сытыары буолбакка туруору эбитэ µґµ. Јссі биир оннук улахан ба±айы абааґы киґи уІуо±ун кµрµітµн µрдµгэр олорорун кірбµтµм диир.

Ити кэнниттэн Бааска били ааспыт сырыыга чинчийбит дьэбириэйдэр кылабыыґаларын ар±аа кэІэтиллибит іттµн туґунан манныгы кэпсээтэ. Суруйааччы Борокуопай Чукаар студеннары паарка±а баар дьэбириэйдэр кылаабыґаларыгар эксурсия±а илдьэ сылдьан, Ойуунускай ханна эрэ манна кімµллэ сытар диэн кэпсии-кэпсии ити сири кірдірірі эбитэ µґµ. Борокуопай Чукаар тіліпµінµн булан, болдьоґон баран, дьиэтигэр тиийэ сырыттыбыт. 

Борокуопайбыт халтарыйан охтон тµґэн илиитин тоґуппут, гиипсэлээх сылдьар. Чэ, ону-маны кэпсэттибит. Биґигини, кимтэн ыйдаран миигин буллугут, онон-манан киирэн-тахсан сµрдээх дьоІІут, мин кінітµнэн сылдьааччыбын диэтэлээтэ. Ол быыґыгар кини хайдах Москва±а тиийэн А. Кулаковскай уІуо±ун булбутун туґунан кэпсээтэ. Ойуунускай уІуо±ун кірдііґµнµнэн кимтэн да соруга суох бэйэм кірдіібµтµм диир. Кини: «Ахсыанньа диэн дуу (аатын умнан кэбиспит) кірбµіччµнµ булан ыйыппыппар, маІнай дьиэ±э олорон эрэ, Дзержинскай уулусса±а баар тµрмэттэн таґааран паарканы кэккэлэґэ баар дьэбириэйдэр кылаабыґаларыгар тиэйэн илдьибит суолларын ойуулаан кэпсээбитэ. Ол кэнниттэн биґигини, хас да киґини, (Сардаана Платоновна Ойунская кытта баара) паарка±а илдьибитэ. Парка аанын аттыгар µс сµнньµлээх бэс мас ортокутунан тыа са±атынан, ар±алыы-со±уруу хайысханан, кыІаатахха, син балайда тэйиччи, илин диэки туґаайбыт іІкµгµр мас кістірі. Ол маска тиийэн баран дьэбириэйдэр кылаабыґаларын хаптаґын олбуорун быыґынан кірдіххі, чугас со±ус томто±ор кµіх кырыстаах кімµµгэ майгынныыр сир баара. Ону кірбµіччµ бу Ойуунускай кімµллэ сытар уІуо±а диэбитэ. Муода ба±айы, кэлин ол бэлиэ мастарбын да±аны, ол кµіх оттоох томто±ор сири кыайан булбата±ым, ба±ар, кірбµіччµ харахпын баайбыта буолуо. Ити туґунан хаґан эрэ хаґыакка суруйбутум ханна эрэ баар буолуохтаах», — диэн кэпсээтэ Борокуопай.    

       Сарсын миэстэтигэр тиийэн кірі сылдьарга быґаардыбыт. НіІµі кµнµгэр, ыам ыйын 23 кµнµгэр, Борокуопайы дьиэтиттэн ылан, Бааска биґиги кылабыыґа±а айаннаатыбыт. Аара Бүөтүрү  Дмитрий Кустуурапка дьиэтигэр «ыалдьыттата» хааллардыбыт, то±о диэтэххэ кини били перестройка са±ана, КГБ архыыба аґылла сылдьыбыт кэмигэр, Ойуунускай дьыалатын кытта сиґилии билсэн кинигэ суруйан таґаарбыттаах. Ба±ар кімµµгэ сыґыаннаах,  кинигэтигэр ахтыбатах туох эрэ докумуон баара буолуо диэн. Ити иннинэ кµн мин бэйэм Дмитрий Кустуровка эрийэ сылдьыбыппар, ол архыып докумуоннарын миэхэ кірдірµөн ба±арбата±а. Онтон Бүөтүрү билэр киґитэ буолан, «ыалдьыттыырыгар» сібµлэспит этэ. Паарка±а тиийэн, били бэлиэ мастарбытын кірµтэлээн кірдµбµт да±аны, Борокуопай эппитин курдук кістµбэттэр. Борокуопай кірдірір сирэ дьэбириэйдэр кылабыыґаларын кэІэтиллибит ар±аа эІэрэ, били биґи µнµрµµн чинчийбит сирбит эбит. Онон бу сырыыга иккистээн да буоллар, кімµµгэ майгынныр оІкучах оннулаах сирдэри чинчийтэлээтибит да, били подноспут баара биллибэт.

Хата Боруокуопай, дьиэтигэр тиэрдиэхпитигэр диэри, кірбµіччµтµн аатын ійдіін Аксинья Левина диэтэ уонна ханна эрэ Пушкин библиотекатын диэки олорор этэ диэтэ. Оччону истэн баран, Аксиньяны ыйыталаґа, кірбµіччµлэри уонна эІин араас дьиктилээх дьон туґунан бэчээттээн таґаарар «КистэлэІ кµµс» сурунаал редакциятыгар киирдибит. Киирэн Аксиньяны ыйыталастыбыт. Билэллэр эбит да, кинилэргэ сылдьыбат µґµ, арай «Арчы» дьиэтигэр сылдьа𠵴µ диэтилэр. Хата аныгы технология —  Интернет ситимигэр баар Фейсбук диэн социальнай ситим нөҥүө билсэр буоламмыт, сурунаал редактора Александра Гаврильева хас да, биґиэхэ кіміліґµін сіптііх кірбµіччµлэр тіліпµіннэрин биэрдэ. Ол кірбµіччµлэргэ эрийэн «кылабыыґа±а киґи уІуо±а ханна сытарын ыйан биэриэхтэрин сіп дуо» диэн ыйытан кірдµм да, бары аккаастаннылар.

Арчы дьиэтигэр тиийэн Аксиньяны иккитэ кірдіґі сырыттыбыт. Сырыы аайы кэлэннэр илдьэ барбыт буолан иґэллэр. Балайда уґуннук кэтэстибит да, кэлбэтэ. Кэтэґэ таарыйа харабыл Аксинья туґунан кэпсээнин иґиттибит. Арай биирдэ массыыналарын уордаран, икки уол кэлбиттэр. Уордарбыт сирдэриттэн са±алаан Аксинья ханнык уулуссанан уонна суолларынан массыыналара барбытын кэпсии испит. Онтон уолаттара, кэлин олоххо олорон аанньа ахсарбатахтыы кµлµс да кµлµс буолбуттарыттан кыыґыран, Аксинья массынаттан тµґэн, тахсан барбыт. Кэлин уоруйахтар Покровскайтан тутуллубуттар. Онно ГАИ-ларга быґаарыыларын кірбµттэрэ — Аксинья эппит уулуссарынан айаннаан испиттэр эбит. Иккис тµбэлтэни харабыл бэйэтин кыыґын µлэбиттэн барыам этэ диэбитин иґин, Аксинья±а а±ала сылдьыбытын кэпсээтэ. Кыыґа ір-ітір буолбатах, хара±ын тігµрµччµ кірін а±ай тахсан, а±атыгар манныгы кэпсээбит. Кирээтин кытта Аксинья тугу да ыйыппакка эрэ бэйэтэ кэпсээн барбыт. Ґлэ±иттэн бараары гынар эбиккин, барыта µчµгэй буолуо, барыма диэбит. Уоллаах эбиккин, ол уолгун кытта сыґыаІІыт тупсан сотору сыбаайбалыаххыт диэбит. Ити кірµµлэниитэ туоланнар, билигин кыыґа ыал буолан µлэтигэр µлэлии сылдьар диэн кэпсээтэ харабыл. Ґґµс сырыыбытыгар, дьэ, таба туттубут. Бааска биґиги тиийиибитигэр, Бүөтүр эрдэ кэлэн, Аксиньяны кытта кэпсэтэ олорор этэ. Биґиги остуолга Аксинья утары олордубут.

Арай кірдіххі, Аксинья биґиги µрдµбµтµнэн µіґээ диэки кірі олорон кэпсэтэр. Онтон Бүөтүр Аксиньяны утары то±о эрэ кірбіт, тібітµн умса туттан, остуол сирэйин кірі олорон кэпсэтэр. Аксинья, аны, Баасканы ыІыран ылан, бэйэтин аттыгар олорто. Борокуопай Чукаардыын сылдьыбытын ійдµµр эбит. Ол туґунан-эІин кэпсэттибит. Аксинья миигин, утары олорор киґини, харахпын таба кірбіт, син биир маІнайгытын курдук µіґээ диэки кірін олорон кэпсэтэр. Онтон эттэ: «Туох да±аны суох, кураанах, ол иґин туох да±аны кістµбэтэ, ба±ар уІуо±ун тиэйэн илдьибиттэрэ буолуо», —  диэтэ. Дьэ, дьикти. Аксинья бэйэтэ урут Борокуопайга оІорбут кірµµлэниитин то±о уларытта?  Ба±ар, дьэбириэйдэр кылабыыґаларын кэІэтиллибит ар±аа іттµгэр, били, була сылдьыбыт турбабытын уураары сири хаґалларыгар кімµµгэ тµбэґэн, тиэйэн илдьибиттэрэ буолаарай? Ити турбаны хаґан уурбуттара эбитэ буолла?

Атын іттµттэн кірдіххі, Аксинья урукку сырыытыгар Борокуопайга дьэбириэйдэр кылабыыґаларын илин дуу хоту дуу іттµн ыйбыта эбитэ буоллар, билигин «туох да±аны суох, кураанах» диирэ оруннаах буолуо этэ, то±о диэтэххэ, татаардар кылабыыґаларын илин ітті уонна дьэбириэйдэр кылаабыыґыларын илин уонна хоту эІэрдэрэ — гаражтар, «Эллэй Боотур» спорт дыбарыаґа, «Туймаада» стадион тутуллалларыгар «вертикальнай планировка» диэІІэ тµбэґэн, эмпэрэ сыыр буора барыта тµірэ хаґыллан тиэйиллибит. Ол буору кытта ити эІэр олбуор таґыгар баар кімµµлэр баар эбит да буоллахтарына, барыстахтара, ону ити эІэр кімµллµбµт буолла±ына, Ойуунускай уІуо±а кытта.

Таґырдьа тахсан баран, арай Бааскам: «Ити Аксинья, таґыгар олордон баран, миигин «дьээбэлээн» испин дьырылатта, ону утарсан нэґиилэ тохтоттум», — диэн буолла. Дьэ, дьикти. Онтон Бүөтүртэн то±о эрдэттэн бэринэн умса тутта олордуІ диэн ыйытан кірдµм да, киґим тугу да саІарбата.

Сабиров кірдірµµтµгэр Ойуунускай кімµллµбµт сирин татаар кылабыыґата диэбит. Суруйааччы Н.М. Заболоцскай (Чыысхаан) «Кµн да уґун» 1968 сылга тахсыбыт кинигэтигэр «Кини кэриэґэ» диэн ахтыытыгар бу курдук суруйбут. Кини Ойуунускай ілбµтµн кэннэ, а±ыйах хонон баран, тµрмэ балыыґатыгар µлэлиир дьэбириэй о±онньору кірсµбµт. Ол о±онньор Платон Алексеевиґы бэрт эрдэттэн билэр эбит. «Былыр Губревком са±ана тойонум этэ, ону бу илиибинэн-атахпынан тутан кімтµм», — диэбит. Кинини дьэбириэй кылабыыґатын анараа іттµгэр боростуой тµірт муннуктуу оІоґуллубут хоруопка уган кистээбиттэ𠵴µ.

Ґіґээ ахтыллыбыт хаґыакка тахсыбыт ыстатыйа±а Чириков Николай Васильевич диэн хирург-быраас кыыґын кірдірµµтэ баар. Оччолорго Н.В. Чириков тµрмэ±э паталоанатологынан µлэлиирэ µґµ. Кини уруккуттан Ойуунскайы билэр эбит. Ол иґин Ойуунускай, оло±ун тиґэх кµннэригэр, киниэхэ кэриэс тылын эппит: «Мин туох да куґа±аны норуоппар оІорбото±ум, туох да±аны істііх, µспµйµін буолбатахпын, миигин ыт курдук буолбакка, киґилии кім. Нууччалар да±аны, сахалар да±аны муІнаатылар. Онон кинилэр ортолоругар буолбакка, туспа, ыраас сиргэ кім», —  диэн кірдіспµтµн толорбутум диирэ µґµ. Бу кірдірµµттэн таґаардахха, ба±ар, Ойуунускайы дьэбириэйдэр кылабыыґаларын кµрµітµн ар±аа тыннартан оІоґуллубут эІэрин тас іттµгэр татаардар кылабыыґаларыгар кімпµттэрэ буолаарай?

Ыам ыйын 24 кµнµгэр эмиэ биир ураты дьарыктаах уонна кірµµлээх білµґµік киґини, Баґылай Оконешниковы, кытта Бүөтүр µлэтигэр болдьоґон кірµстµбµт. Кірµµлэнэригэр анаан интернеттэн Google программанан туґанан, татаардар уонна дьэбириэйдэр кылабыыґаларын картатын бэлэмнээбиппитин биэрдибит уонна Гурий Турантаев кэпсээнин иґитиннэрдибит.  

Киґибит кэпсээнэ элбэх. Сербия±а Новый Сад диэІІэ тиийэн барон Н.Е. Врангель а±атын уІуо±ун булбутун кэпсиир, то±о диэтэххэ, Халымалар Врангелы улаханнык убаастыыр киґилэрэ эбит. Баґылай алтан рамкатын ылан, карта±а ханас илиитигэр туппут уруучкатынан ыйа-ыйа, уІа илиитигэр туппут алтан рамкатынан биллэ-биллибэттик остуолга турар кумаа±ы иґитин тоІсуйан тобугурата-тобугарата, Ойуунускай ханна баар диэн, кини хаартыскатын кірі-кірі, киґи кыайан киирбэт эйгэтигэр киирэн Ойуунускай кута ханна хаалбытын ботугуруур курдук уоґун эрэ  хамсатан сураґан барда. Јр-ітір буолбата, икки сири дьэбириэйдэр кылабыыґаларын ар±аа тыннартан оІоґуллубут кµрµітµн тас іттµгэр, со±урулуу-илиІІи муннуктан чугас со±ус, бэлиэтии ыйда. Бииригэр тимир лаппаакы баар курдук, иккиґигэр Ойуунускай кута баар курдук диэн буолла уонна тиийэн миэстэтигэр кіріргі диэн этии биэрдэ. Баґылай кэпсээнинэн буолла±ына, киґи кута ілбµт сиригэр эрэ буолбакка, элбэхтэ сылдьыбыт сиригэр эмиэ иІэн хаалыан сіп µґµ. Ол курдук биирдэ, Халыма±а киґини кірдіппµттэригэр, рамата ол киґи тыа±а мас-мастаабыт сирин ыйбыт.

Сонно тута уталыппакка миэстэтигэр тиийэн, били карта±а бэлиэтэммит сирдэри приборунан уонна дьілі анньан тургутар тэрилбитин туґанан, чинчийдибит да±аны били улахан лаппаакы курдук тимирбитин да±аны, бэлиэ подноспутун да±аны булбатыбыт. Ити эргин Баґылай эмиэ рамкатын ылан чопчулаан хас да±аны сири ыйбытын прибор да±аны, дьілі анньыы да±аны кірдµµр суруктаах подноспутун булларбата. Хата, биир ыйбыт сирин дьілі аспыппытыгар, куґа±ан ба±айы сыт тахсан, сµрэхпит іліхсµйэн куотарга бардыбыт.

Ыам ыйын 28 кµнµгэр Бааска, аны, Сааша Дьяконовы ыІырда. Бааска кэпсээнинэн Сааша эмиэ биир дьикти ірµттээх µґµ. Кинини археологтар илдьэ сылдьан былыргы дьон кімµµлэрин кірдµµргэ туґаналлар диир. То±о диэтэххэ, Сааша былыргы кімµµ баар сирин аттыгар чугаґаатар эрэ сµрэ±э іліхсµйэн хотуолаабытынан барар, оччо±уна археологтар ол сиртэн былыргы кімµµнµ кэбэ±эстик булан ылалла𠵴µ. Биґиги дьэбириэйдэр кылабыыґаларын олбуорун тас іттµгэр, киґи уІуохтара суох ыраас сиргэ ба±ар биир эмэ кімµµнµ «детектора µэлээтэ±нэ» ыйан биэриэ диэн санааттан ыІырбыппыт да±аны, то±о эрэ Саашабыт биирдэ да±ны сµрэ±э іліхсµйэн ылбата. Бааска арааґа Саашаны «аґаппатыбыт» ол иґин «детектора» сатаан холбоммота быґыылаах диэтэ. 

Ыам ыйын 29 кµнэ. Бүөтүр Лүүсэни аны ыІырда. Лүүсэ кэлэн баран Уус Майа±а олорбут Аверинскай Уйбаан диэн ветеринар туґунан кэпсээтэ. Оччолорго Аверинскайы ыстаада табалара сибирскэй язванан ыалдьан ілбµттэригэр, норуот істіі±µнэ±ин диэннэр буруйдаан, Дьокуускай тµрмэтигэр а±алан хаайбыттар. Ойуунускай бу Аверинскай о±онньордуун сэргэстэґэ камера±а сыппыттар. Кэлин Аверинскай чекистэр дьону сордуур биир ньымаларын кэпсээбит.

 Хайыылаахтары икки табуретканы µрµт-µрдµгэр туруоран баран, онно таґааран туруораллара µґµ. Табуреткалар µрдµлэригэр тахсыбыттарын кэннэ олоппостору сууллары тэбэн кэбиґэллэр. Оччо±уна сууллан тµґэллэригэр, ким эрэ ойо±осторун, ким эрэ илиитин, ким эрэ ата±ын тосту тµґэннэр, ый-хай бі±і буолалла𠵴µ. Оннук гынан Ойуунскай илиитин харытынан тоґуппутта𠵴µ. Илиитэ тостубутугар ыарыытыттан Ойуунскай «то±о миигин сордуугут, мин сэбиэскэй былааґы олохтоспут киґибин» диэн хаґытаабытын истибитин ійдіін хаалбыт µґµ. Аверинскай кэпсииринэн, ачыкытын уІуо±ар бииргэ уган баран татаардар уонна дьэбириэйдэр кылабыыґаларын олбуорун таґыгар кімпµттэр. Ол о±онньор ыалдьан ілірµгэр Луусэ баар эбит. Паталоанатологтар Аверинскай ілµгµн эттииллэригэр кірді±µнэ, ойо±осторо тостон баран туора-маары оспуттара олох кісті сылдьара µґµ. Ону кірін баран быраастар наґаа муодар±аабыттара диэн Лүүсэ кэпсээнин тµмµктµµр.

Бүөтүр µнµргµттэн рамканан кірдітµіххэ баар эбит диэн санаатын этэрэ. Ол иґин билэрдии рамканан туттары баґылаабыт араас патогеннай зоналары булар, киґи да±аны аурата кэґиллибит сирдэрин булан кіннірір Ньукулай Слепцовтан (Сылык) ыйыталаґан кірдµм да, биґиги сорукпутун истээччитин сібµлэспэтэ. 

Арай биирдэ Бүөтүр биир оннук рамкалаах Уйбаан Емельянов диэн киґини булан, Чіркііх музейын директорыныын Ньукулай Поповтыын кэллилэр, онон приборгун тургутар тимирдэргин илдьэ кэл диэн буолла. Кэлбитим, рамкалара µнµр биґиги чинчийбит дьэбириэйдэр кылабыыґаларын урукку олбуорун хотулуу-ар±аа муннугун тас диэки іттµн ыйар курдук. Ити эргин сиґилии чинчийии эмиэ туох да тµмµгµ биэрбэтэ.

Алтынньы 29 кµнэ. Бµгµн эрдэттэн суруттаран Ирина Жиркова диэн кірбµіччµгэ сырыттыбыт. Ирина туґунан быйыл сайын Никиитэ кэпсээн турар.  Никиитэ±э, мин санаабар, Ирина олус сіпкі кірµµлэммит этэ: «Эйиэхэ ібµгэлэрин илдьит ыыталларын истибэккэ кулгаа±ын таґынан ыытар эбиккин», —  диэн. Ону истэн баран мин олус сі±ін Никита±а: «Онтон мин дойдубутуттан, Биттикиттэн, ібµгэлэрбит руна суруктаах уонна дьикти ба±айытык хайа охсуллубут биґилэхтэрин, бухатыыр куйа±ын, сааларын-сэптэрин булбуппун эйиэхэ кэпсии сатыыбын да±аны, соччо болгомто±ор уурбаккын, ону кірбµіччµ сірµ-сіпкі эппит», — диэбитим. Онуоха Никита дойдубутугар тахса сылдьыыґыкпыт диэн ба±а санаатын быктарбытын быґа гыммакка, сайын тахсан, саха сиэринэн, дойдубутун арыылаах алаадьынан айах тутан, остуруок турбут, ыґыахтыыр, куйах кістµбµт, тимир уулларбыт сирдэринэн кэрийэ сылдьан сиґилии кэпсээн турардаахпын.

Кірбµіччµнµ кытта кірсµґµµгэ тіліпµінµнэн суруттарарбар, биґиги кылабыыґа±а өрдөіҕүтэ кімµллэн баран сµтэн хаалбыт киґи уІуо±ун буллартараары гынабыт диэбиккэ, Ирина сібµлэґэн, бириэмэтин анаан баран, кылабыыґа картатын илдьэ кэлээрин диэбитэ. Онон ба±ар тугу эрэ ыйан биэриэ диэн эрэл кыымын сахта. Болдьоспут кэммитигэр Бүөтүрдүүн Ирина µлэтигэр тиийдибит. Ирина иннигэр интернеттэн Google программанан туґанан дьэбириэйдэр уонна татаардар кылабыыґаларын картатын кырыйан ылбыппытын тэлгэттибит уонна Ойуунускай хаартыскатын остуолга ууран баран, бу дьэбириэйдэр дуу татаардар дуу кылабыыґаларыгар Ойуунускай кімµллµбµт.

 Биґиги ону буларбытыгар кіміліґµіІ дуо диэн ыйытыкпытын туруору эттибит. Ирина утары олорон эрэ тібітµн икки чэчэгэйдэрин остуолга тоІолохтообут илиилэринэн хам тутан, харахтарын симэн баран туругар киирэн кірµµлэнэн барда. «УІуо±а кириэстии сытар, Ґрдµнэн – туора туох эрэ ааґар... УІуо±ун хаґан уларыта сылдьыбыттар курдук, кыайан булларыа суох -  кистэммит... хата илиинэн суруллубут урут биллибэтэх 34  сыллаах µлэтин булун. Ол суругар маннык ойуулар бааллар диэн баран кыра кумаа±ы лоскуйугар уруґуйдаата. Ол буолуо — киниэхэ дьиІнээх ійдібµнньµк». Ирина Ойуунускай манна сытар быґыылаах диэн карта±а  чопчу ыйан кірдірбіті. Ол да буоллар, ба±ар, били дьэбириэйдэр кылабыыґаларын ар±аа кэІэтиллибит іттµгэр турба ууралларыгар кини уІуо±ар тµбэґэ сылдьыбыттара буолаарай диэн мунаах со±ус да±аны буоллар, ыйытык µіскээн тахсар.
Ыытыллыбыт чинчийиилэргэ оло±уран маннык тµмµгµ оІоруохха сіп.

Ойунускай 100 сылыгар аналлаах µлэлээбит комиссия µлэтигэр Ойуунускай кімµµтµгэр сыґыаннаах саІа, урут биллибэт чахчылар эбилиннилэр — Турантаев уонна Аверинскай кэпсээннэрэ.
Ойуунускай уІуо±а дьэбириэйдэр кылабыыґаларын иґигэр да±аны, кэІэтиллибит ар±аа диэки эІэригэр суох быґыылаах диэн быґаарылынна.
Хаґыы оІорон Ойуунускай уІуо±ун чопчулуур түгэн үүннэҕинэ хоруобун тµірт муннуктаах быґыыта, хоруобугар угуллубут ачыкыта, харытын уІуо±а тостуула±а уонна уІуо±ар угуллубут поднос туґалаах буолара саарба±а суох.
Дьэ, ити курдук, биґиги быйылгы холонуубутугар тіґі да±аны Ойуунускай уІуо±ун кыайан булбатахпыт иґин, инники кірдііґµннэргэ олук охсуу буолара саарба±а суох.

Category: История, философия | Views: 1879 | Added by: uhhan1
Total comments: 2
2 ПВ  
Зоя Егоровна, а какое отношение имеет М. Николаев к нынешним поискам останков Ойунского?

1 мадамесвеером  
всполошились.. николаев михаля все никак не успокоится... пусть лучше могилку своего отца ищет..

Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  Сэтинньи 2013  »
БнОпСэЧпБтСбБс
    123
45678910
11121314151617
18192021222324
252627282930
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 90
Ыалдьыттар (гостей): 90
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024