Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [670]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [93]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [239]
Тюрки [76]
Саха [153]
литература [42]
здоровье [465]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [123]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2013 » Ахсынньы » 2 » Үс сахаҕа “бөө” диэн дурда-хахха буолбут, “бөө туруу” уустара, боотуруускай аатыран бүппүттэрэ 101 сыла, сааһа буолла
Үс сахаҕа “бөө” диэн дурда-хахха буолбут, “бөө туруу” уустара, боотуруускай аатыран бүппүттэрэ 101 сыла, сааһа буолла
22:09
 Боотуруускай улуус аатын тилиннэриэххэ

Тоҥтон толлубатах, ириэнэхтэн иҥнибэтэх Боотур уустар этибит. Сир Ийэ үрдүгэр үс саха үөскэҕэ буолан үс аан дойдунан ситэн сириэдийэн,сэтэрээн, түөрт саха төрүөҕэ аатыран тэнийэн ууһаан, төлөһүйэн баран устунан умнуллан тэҥниллэн хаалбыппыт. Хас биирдиилэрэ отут үстүү биис уустаах үс сахаттан биирдэстэрэ буолабыт.
Атын икки сахатын сайҕанан хаалбытын чуолкайын билбэппит, сэҥээрдэҕэ эрэ буолабыт. Куттарын туурата (куттууралара) суураллан, сүтэ, симэлийэ быһыытыйбытын булан үөрэбит эрэ, астынабыт аҕай. Аҕыйахпытын манан учуонайдатан аһаппыта эрэ буолаллар, атыттара онтон асаһаллар эрэ, атыннык эттэхтэринэ, тыыннахтарына, саталаан саҥардахтарына айахтарынатыппаттар..
Үс сахаҕа "бөө” диэн дурда-хахха буолбут, "бөө туруу” уустара, боотуруускай аатыран бүппүттэрэ 101 сыла, сааһа буолла.
Арахсан барбыттар "Аан туом” (анатомия) олук тутулун аатын ылыммыттара сиэрдээх курдук. Амма диэн "Аан туом” диэн сахарал (сакральные) билиитигэр дьахтар төрүүр-ууһуур үүдэһинин ааттыыллар. Ол иһин кыыс Амма диибит, дииллэр. Кыыс оҕо этэ-сиинэ ситтэҕинэ эргэ тахсан , атын аҕа ууһун ууһатыахтаах, тэнитиэхтээх, аналын курдук арахсыахтаах этэ даҕаны, өбүгэлэр тыыннара сөбүлээбэтэхтэрэ. Эппиэтигэр Эрэһээнискэйдэрин эстиитэ, "аргыардаах Аммаҕа, мууһурбут буоругар биэс тарбах доҕоро бинтиэпкэ тиҥийбитэ” мээнэҕэ буолбатах.

Сахарал билиитигэр 40 функциялаах уол оҕо, эр киһи үүдэһинин "Тат” үүдэһин диэн аатырар. Манна "прос” диэни эбэн нууччалыы "простата” дииллэр. Ол иһин Таатталар "талах курдаах таатталарбыт” дэнэллэр.

Сиһин этэ сиппит, холун этэ хойдубут, буутун этэ буспут уола хаан буруйдаах булуохтааҕа, сэмэҕэ тиксиэхтээҕэ биллэр буоллаҕа?

Бэйэлэрэ ыллыылларын курдук "Эдэр чэгиэн туруйа, эҥин араас буруйа”, сэмэтэ сүктэриллэн барбыта. Чөл турук, эт сиин сэймэктэммитэ, хара хаан тохтубута, сибииккэҕэ симэлийбиттэрэ, хаайыыга хатаммыттара, түрмэҕэ түүнүгүрбүттэрэ. Үүнэллэрин-үөрэхтэнэллэрин үөһээттэн үүннүүллэрэ, үрдүк үөрэхтэн үүрэллэрэ, сэбиэскэй систиэмэҕэ сириллэллэрэ, үтүөх-батаах анньыллаллара. Өскөтүн хобу сиби хомуйсубат, үҥсүүнэн-хассыынан үтэлэммэт, үктэллэммэт, сойуолааһынынан соболоҥноммот, хойохтоһууну хостообот буоллахтарына маанылатыыттан маталлара, көрдөрүүгэ-көрүүгэ көөчүктэппэттэрэ.

Үөһэттэн өтөрү көрдөххө, уоскуйа быһыытыйбыттара отучча сыл буоллар даҕаны, ол кыдьыктара өссө даҕаны ааһан-араҕанбыстыа суох быһыылаах.


Өспөт өбүгэ ситимин тутуохтаах, Аҕа халлаанныын алтыһыахтаах, Боотур улууһун аатын илдьэ хаалыахтаах дьоннорбут Чурапчы улууһа буолан кубулуммуттара, аатырбыттара, сүүс биир сыл буолла. Хаһан эрэ уонча балаҕаннаахтарыттан биирдэстэрэ, ким эрэ чарапчылааҕын иһин, чарапча диэн сурукка хатаабыттарын эрэ иһин, Чарапча -Чурапчы буолбута. Онон сэлиэнньэ аата Чурапчы дэнэрэ сөптөөх, кырдьык биир чарапчылаах балаҕан баар буола сылдьыбыта сокуоннай (загон –күрүө-хааччах). Уон бэһис-алтыс үйэлэргэ нууччалар, нэс олохтоон олохсуппут дэриэбинэлэригэр Таҥара дьиэтин туттаран, онно үҥэ кэлээччилэртэн үп-ас киллэринэн баачыскалар барыһырар буоллахтарына, аҕабыыттар айахтарын ииттинэллэрин таһынан байан-тайан солотууга сууланар, көмүскэ кистэнэр, соло толорор буоллахтарына, бөһүөлэктэрин "Село”- диэн ааттыыр буолбуттара.

Алампаҕа, сурукка-бичиккэ аахтыҥ ини, аахпатын ини, испиэктээхтэргэ, Наара Суоҕу көрдүҥ ини, көрбөтүҥ ини.

Билиҥҥи көлүөнэ Чурапчылары Боотур улуус буолуохтарын туох өй-санаа мэһэйдиир эбитий?

1)Кыһыл буолан кыргыспыттарын кытыннараллар эбит, үрүҥ буолан өлөрсүбүттэрин үөттэрэллэр эбит.Хомсомуол хорсуннара, хомунньуус хоодуоттара, бассабыык бастыҥнара барахсаттар тулатынааҕы тумуллартан, аттынааҕы алаастартан өбүгэлэрин мэҥэ таастарын хомуйан билиҥҥи ыччаттара быданнааҕыта бырахпыт "барабыык ыстаансыйаларын” акылаата, муостата оҥостубуттара. Өссө билигин даҕаны үлэлии турар биир эмп-томп дьиэтэ маннык тутллубута. Ол иһин, оннооҕор луохтуур Сокольников П.Н. 1917сыллаахха хараллыбыт уҥуоҕун ыйан биэрэр киһи суох.

2)Мэҥэ таастар нэһилиэктэригэр, тумулларыгар төннөрүллүөхтээхтэр.

Эппиэтигэркүүс өттүнэн Хоту дойдуга кыстык хаары бүрүммүтүнэн, саа уоһунан үтүрүллэн, үүрүллэн тиийэн тоҥон-хоргуйан өлбүттэрин –сүппүттэрин өйдөбүнньүк гыналлар эбит. Оччотугар, оччотооҕу былааска суутунан сыана быһыллыахтаах, сэмэ-суҥха сүгүөхтээхтэр.

3) Ис күүстэринэн (искусственно) оҥорбут эбэбит, күөлбүт аата суола диэн араҥаччылаатаҕа буолар эбиттэр.1952 сыллаахха кыра, 1954 сыллаахха улахан уу киириэр диэри манна сөмүлүөт түһэр сыһыыта-хонуута этэ, урууларым Охлопков Дьаакыптаах балаҕаннара "дьарапалаан хонтуората” аатырара. Д.П. Лааһарап уунан хааччыллыы ситимин 1997 сыллаахха ситэрбитэ. Таатта үрэҕин быһыттаан, алаастар икки ардыларын сиритэ-тоҕута тэптэрэн ууну сүрүннээбитэ, онтубут аны Федеральнай суолу быһа охсон туорууругар "река Чурапча” буолан сүрэхтэммит. Сир үөрэхтэригэр көс усталаах үрүйэлэри "ручей” дииллэр, уон көс усталааҕа"речка” дэнэр, онтон киһи илиитинэн оҥорбута-хаспыта "канал” диэн аатырар.

Хатылы сиригэр уотугар сытарынан сибээстээн, "канал Хатылы”- диэн ааттаныахтаах.Тоҕо хаһыстыҥ диэтэххинэ, кыраны көннөрдөххүнэ эрэ улахан уларыйар, оннун булар.

4) Ким даҕаны билигин кэлэн Чурапчы эбэтин аатын, Чурапчы сэлиэнньэтин аатын уларытыахха диэн туруорса сатаабат, оннунан хаалыахтаах.

5) Билиҥҥи Чурапчыларсаамай куоһурданалларын Тууһа, "биһиги тустууга аан дойдуга аатырбыппыт, биллибиппит.Чабыланар дорҕоонноох ааппыт суолбут суураллыа”- диэн суолталыыллар эбит. Оннооҕор А. Медведтээх, А. Иваницкайдаах, С. Преображенскайдаах хайгыыллара, сөҕөллөрө-махтайаллара диэн буолар. Кыайарбыт-хоторбут буоллар бары даҕаны кэлэн үҥүө-сүктүө этилэр!

6) Кумааҕыларбыт биһиктэрэ, бэчээппит ойуута барыта уларыйар диэн сорохторо моһуогурбута буолаллар, үбүн-харчытын аахпыта, иҥнибитэ буолаллар.Оннугу баҕас төһөлөөх үгүстүк көрсөн аастыбыт этэй?

7) Аан дойду уста туора уйатыгар (историятыгар) сахабын дэнээччи барыта тумус боотур уустарынан эрэ сибээстэн, биллэр. Манан Боотур уус (племя) өбүгэтин ситимин 4000 сыл курдугу салгыахха-ситэриэххэ, үөрэтиэххэ сөп. Сэһэн Боло үөлээннээхпит сурукка хатаабытын курдук Эллэй оҕото Боотур уус диэн буолбатах... Билиҥҥилэр биир саҥа стадион аатын ааттаатыбыт диэн дуоһуйбута буолумаҥ!

8) Тоҥ үөрэх таһымын дьиҥнээх билим учуонайа, илэ өйдөөх (дьоппуон омугар анаан үлэлээх), аҕалыын-ийэлиин ис тыыннаах (истинный) Күөх Ньурба ыччата Афанасий Алексеевич Николаев курдук атын улуус ааттаахтара, ураты улуус уһулуччулаахтара, туспа улуус туйгуннара уолаттара эмиэ биһиги хаһан Чурапчы буолан кубулунан бүтэрбитин кэтэһэр эрэнэр бүтэһик быыһык кэмнэрэ. (СӨР Президенигэр суругу көр):

Президенту Республики

Саха (Якутия)

Е.А.Борисову

Уважаемый Егор Афанасьевич!

Корни, глубинные причины различных социальных болезней современного общества, наркомании, преступности, алкоголизации, коррупции, связаны с забвением нашей общей истории и веры. Мы стали обществом «манкуртов», маргиналов, людьми без племени и роду.

Даже в 2012 году в рамках объявленного Президентом России Года российской истории в нашей республике практически не было серьёзных, общественно значимых мероприятий с большим охватом жителей не было. Всё ограничивается узкоспециализированными научными конференциями и отдельными лекциями по линии общества «Знание».

Краеведческие исследования, проводимые отдельными краеведами-энтузиастами на уровне отдельных улусов и наслегов, заинтересованными научными, образовательными учреждениями, органами власти не поддерживаются.

Специалисты-историки из Института гуманитарных исследований СО РАН и исторического факультета, музея археологии и этнографии СВФУ ограничиваются проведением узкоспециализированных исследований по отдельным историческим темам с ограниченными временными рамками.

Масштабными, комплексными междисциплинарным исследованиями истории и религии народов Северо-Востока Азии, Якутии, с привлечением представителей разных научных дисциплин, исследователей из других регионов России, зарубежных стран, с которыми связана история и культура народа саха, на сегодняшний день фактически никто не занимается.

В результате историческое беспамятство, утрата культурного и языкового своеобразия приводят к формированию уже целых поколений маргиналов, способных лишь убивать, насиловать, грабить.

В связи с этим предлагаем рассмотреть возможность проведения следующих мероприяти
й:

1.Дать поручение Министерству образованию Республики Саха (Якутия):

- проработать вопрос о введении в школы республики преподавания курса по истории и религии народа саха, возможно в форме факультативных занятий, возможно в рамках преподавания предмета «Национальная культура»;

- совместно с главами администраций муниципальных образований организовать в летнее время работу поисковых военно-исторических отрядов из числа школьников в памятных, исторических местах республики для изучения истории и культуры Якутии;

- организовать работу с привлечением представителей издательского дома «Истоки», заинтересованных представителей общественных организаций, родительской общественности, местных сельхозпредпринимателей по созданию первого в республике сельского многофункционального образовательного центра и реализации пилотного проекта духовно-нравственного воспитания детей дошкольного и школьного возраста на базе программы «Социокультурные истоки» и якутской этнопедагогики в образовательных учреждениях Легойского наслега Усть-Алданского улуса;

2.Дать поручение Министерству здравоохранения Республики Саха (Якутия):

- организовать работу по созданию республиканского центра традиционной медицины саха в г. Якутске с филиалами в улусах, районах республики;

- предусмотреть финансирование мероприятий по пропаганде достижений народной медицины;

- организовать грантовую, ежемесячную поддержку известных народных целителей республики;

- собрать материалы по традиционной народной медицине саха и издать их массовым тиражом;

- проработать вопросы организации выездных мастер-классов, семинаров известных народных целителей в улусы, районы республики, регионы России, создания центров традиционной народной медицины саха, за пределами республики;

3.Дать поручение Академии наук Республики Саха (Якутия) разработать и внести на рассмотрение Правительства Республики Саха (Якутия):

- проект положения о республиканском Центре междисциплинарных исследований истории и религии народов Северо-Востока Азии;

- проект программы научно-исследовательской работы центра на 5 лет;

- проект штатной численности центра, сметы расходов на организацию его работы;

4.Дать поручение Правительству Республики Саха (Якутия):


-рассмотреть и утвердить положение о республиканском Центре междисциплинарных исследований истории и религии народов Северо-Востока Азии;

- рассмотреть и утвердить программы научно-исследовательской работы центра на 5 лет;

- определить источники финансирования содержания данного центра и программы научно-исследовательской работы центра и включить расходы на него в бюджет Республики Саха (Якутия) отдельной строкой;

5.Поручить Министерству культуры и духовного развития Республики Саха (Якутия) совместно с Институтом гуманитарных исследований СО РАН, заинтересованными администрациями муниципальных образований республики, с привлечением местных краеведов ускорить работу по созданию республиканского реестра священных мест и предусмотреть финансирование мероприятий по обеспечению их сохранности;

6. В связи с празднованием в 2013 году 375-летия Боотурусского улуса поддержать инициативу общественности по восстановлению исторической справедливости по переименованию Чурапчинского улуса в Боотурусский улус.

Приложения: на 3 листах.


7) С уважением,кандидат исторических наук,руководитель группы

«История и религия» научногопроекта ЦСИ СФ и СВФУ«Форсайт Республики Саха

(Якутия) до 2050 г.»

А.А.Николаев 28.05.13

Бу Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыытылыстыбатын Бэрэссэдээтэлин солбуйааччытын Сэкирэтэрийээтин эппиэттэриттэн: 12.07.13с. №496 – П 7/1

...По переименованию Чурапчинского улуса в Боотурусский улус - согласно ст. 10 Закона Республики Саха (Якутия) «О местном самоуправлении в Республике Саха (Якутия)» вопрос преобразования муниципального образования входит в компетенцию органа местного самоуправления муниципального образования. Поэтому решение о переименовании Чурапчинского улуса в Боотурусский улус может быть принято органом местного самоуправления Чурапчинского улуса с учетом мнения населения...

8) Өспөт өбүгэлэрбит өтө көрөн өлбөөдүйбэт өйдөбүллэргэ сыһыаран умнубатыннар диэн "Аан туом” олуктарынан холоон, быһыта баттаан бараабыт сахабыт сиригэр эрэ буолбакка, илин сахалартан - Сахалин тумул арыыттан саҕалаан Ураал хайатын уҥуордаан, сылгы ханна сылдьарынан ат ханна айанныырынан, акыйаантан акыйааҥҥа, муораттан муораҕа диэн олоҕу түстүүллэрэ Или - Эйэни иилииллэрэ. Бу күн бүгүҥҥэ диэри биир кырбас сылгы этин сиэбэт, хойу (барааны) манаан олорор, хой баһын туойар омуктар быһыылара-майгыларабуолбатах.

9) Үйэ эргийэ турар, Өксөкүлээх дьиксиммитэ биһиги бүгүммүтүгэр тиийэн кэллэ, харчы ханан хамсыырынан, хара баһаам дьон халҕаһалыы анньан, тимир суолу тутуһан тигинээн иһэллэр, баайгар баҕараллар, хаһааскар хараҥараллар.

Билиҥҥи тутулла турар суол иис (Өймөкөөҥҥө диэри айанныырын буоллар), төһөлөөх үп-харчы кутулла, үлүгэрдээх үгүс техника үлэлии сылдьарын көрөрүҥ буоллар өйдүөҥ этэ. Уҥуор туораабыт гааспыт эҥин, бу эйиигин эрэ абыраары анамматаҕа. кэлиэхтээх уонунан мөлүйүөн дьоҥҥо анаан бэлэмнииллэр, наһаа астыныма.

10) Бу дьону эн туоххунан тохтотуоххунуй?Төрүт дьарыккыттан, сиргиттэн-уоккуттан тэйитэр бэлиитикэ барбыта быданнаата.

Ытык ыалга киирдэхтэринэ, оҕонньордоох эмээхсиҥҥэ ытыктаан сылдьалларын курдук, үҥэ сүгүрүйэ киириэхтээхтэр, кэлиэхтээхтэр, тыаһа-ууһа суох сылдьыахтаахтар. Түүр омуктар биһигинэ суох историялара (уста туора уйалара) суох.

III – VIIүйэлэргэ диэри Мэҥэ Күөх Аҕа халлааҥҥа сүгүрүйэрбит иһин, күөх түүрдэр "голубые тюрки” дэнэрбит. Ону атын итэҕэллэр өйдүүллэринэн суолтатын түһэрэ сатаан, итии дойдуга ыал тутулунан олоробут, хол уоннуутунан (колониянан) биэстии буолан наарданан (солбуйсуулаах, сынньаныылаах)"скользящий график” буолар гына дьахтара

туһунан, эр киһитэ туһунан олорбут майгыларын сыбыыллар. Онтукаларын суохтаан билигин даҕаны сокуон ылына сатыыллар, араас айдааны таһаараллар.

11) Б э инниттэн IV-VII үйэлэргэ Үрүҥ күҥҥэ сүгүрүйэрбит иһин Күннэр, Гууннар, Хууннар дииллэрэ.

V б э иннинэ –IV үйэлэргэ Үс Кут Сахалары "скифтэр” диэн ааттаан уста туора уйатыгар киэҥник биллэллэр.

Онтон "Бөө туруу” уустары билиҥҥитэ биллэринэн б э икки тыһыынча инниттэн биллэр. Ол аата түөрт тыһыынчалаах уста туора уйалаахпыт (история). Эбэтэр бары Эллэйтэн тахсыбыппыт дэнэ, Саха омугун барытын, кэнэҕэски көлүөнэтин кытта саба сарбыйа, бүөлүүолоробут дуу? Умнаһыт ыал кумалаана, хамначчыта, ыал таптала иҥпэтэх мара, бүрэ, хара кыыстарын талан ойох ылбыт даҕаны буоллаҕына даҕаны бары онтон төрүттэммэтэхпит чахчы!

101 саас диэн уста туора уйата буолбатах. Бу биир кэлии дуу, олохтоох дуу тыыннаах оҕонньор сааһа. 375 сыл диэн Боотуруускай улуус олохтоммут сааһа буолбатах. Бу кэлии хаһаахтар биһигини билбит, сурукка-бичиккэ киллэрбит бэлиэтээһиннэрин ол суолтата.

Аҕа ууһа олус улаатан улуу уус буоллаҕына "улуус” диэн аатырар, ол аата төрүт уста туора уйалаах, төрүтолохтоох омукпут бас билэр сирдээхпит – уоттаахпыт, уулаахпыт-хаардаахпыт диэн суолталанар. Онтон биир эмэ киһи хаартаҕа хайыта - быһыта анньан уруһуйдаан ойуулаабыта оруйуон (район) аатырар.

Этэҥҥэ этиибин чопчулаабыппынан, санаабын сайҕаабыппынан дьоммор - сэргэбэр туһаайан тиэрдибиппинэн үрдүк Үрүҥ Аар Айыыларбар Үрүҥ Күҥҥэ махтаннаҕым буолуохтун!

Бары бииргэ буоллахпытына буулаан бултаһыахтара, биирдиилээн сиилээн ситиэхтэрэ суоҕа.

Айымнньылаах Айыы Сиэн
Category: История, философия | Views: 1518 | Added by: uhhan1
Total comments: 1
1 Дыгын  
Боотур уус - улуу уус аатын ылбатага, Саха сиригэр 1 улуу уус баар туур ыраахтаагыттан хааннаах

Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  Ахсынньы 2013  »
БнОпСэЧпБтСбБс
      1
2345678
9101112131415
16171819202122
23242526272829
3031
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 101
Ыалдьыттар (гостей): 101
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024