News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии
[900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения
[263]
Суд-закон.МВД.Криминал
[1280]
Право, закон
[323]
Экономика и СЭР
[839]
Власть Правительство Ил Тумэн
[1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты
[400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО
[215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка
[555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги
[155]
Коррупция
[862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство
[291]
Социалка, пенсия, жилье
[277]
ЖКХ, строительство
[132]
Образование и наука. Школа. Детсад
[215]
Люди. Человек. Народ. Общество
[224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет.
[670]
Алмазы Анабара
[161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра
[240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода
[377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ
[158]
Промышленность
[43]
Нефтегаз
[284]
Нац. вопрос
[284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации
[65]
Дьикти. О невероятном
[183]
Выборы
[661]
Айыы үөрэҕэ
[93]
Хоһооннор
[5]
Ырыа-тойук
[23]
Ыһыах, олоҥхо
[102]
Култуура, итэҕэл, искусство
[365]
История, философия
[239]
Тюрки
[76]
Саха
[153]
литература
[42]
здоровье
[465]
Юмор, сатира, критика
[14]
Реклама
[7]
Спорт
[123]
В мире
[86]
Слухи
[25]
Эрнст Березкин
[88]
Моё дело
[109]
Геннадий Федоров
[11]
BingHan
[4]
Main » 2013 » Ахсынньы » 3 » 2006-2007 сылларга Эдьигээнтэн, Анаабыртан, Аллараа Халыма Походскайыттан эп-эмис чыыр, муксуун, тууччах кэлитэлээбитэ. Бырааһынньыктарга кы
2006-2007 сылларга Эдьигээнтэн, Анаабыртан, Аллараа Халыма Походскайыттан эп-эмис чыыр, муксуун, тууччах кэлитэлээбитэ. Бырааһынньыктарга кы
08:18
«Алмаастаах түбэ» дьаарбаҥканы күүтэбит
02.12.2013 16:11 | Автор: Станислав Алексеев | Айан суола дьэ туран, тыаттан Мииринэйгэ эт син балачча кэлэн эрэр. Ол эрээри сэмэйдик. Баар-суох аһыыр-үссэнэр, «Юбилейнай» эргиэммит кииниттэн сайыны-күһүнү быһа туох да амтана суох, эрэһиинэ курдук эти ыстаан кэллибит. Онтон олус салтыбыт. Барымтыа мииннээх, хоргуннаах, тыа сирин сыалаах эмис этин олус диэн суохтаатыбыт. Орто Азия дьоно Бүлүү эбэ мууһа тураатын кытары хоһулайан, Сунтаартан тиэйбит сылгыларын этин киилэтин 400 солк. атыылыыллар. Дьон харчытын кэрэйбэт. Үчүгэйин-талыытын куорай куртахтаахтар наардаан, бүтүн миэстэнэн былдьаһа-тарыһа ылыталаабыттара ыраатта. «Новай» сопхуос ардыгар быары, уҥуохтаах эти (субпродукты), куурусса этин «Туой Хайа», «Юбилейнай» киин лааппыларыгар киллэрбэтэ буоллар, букатын хараарҕаан иэдэйиэ эбиппит. Сүлдьүкээрдэр «Олом» общиналара урут кыыл таба этин харыыта суох атыылыыр этэ. Ону араас дьаһалынан булчуттары араабылаан, ыган-түүрэйэн, эт букатын кэлбэт буолла. Таба этин нууччалыын-сахалыын харчыны харыстаабакка ылааччыбыт. Кэлин таба этэ атыыттан сүтээри гынна быһыылаах диэн сылыктаатым. Уопсайынан, тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктанар улуустартан ас-үөл аанньа кэлбэт. Ааспыт сылларга арыыйда ама этэ. 1999-2008 сыллар күһүннэригэр биһиги улууспутугар сунтаардар, ленскэйдэр кыттыылаах «Дары осени» атыы-тутуу дьаарбаҥката ыытыллар этэ. Биллэн турар, паром сылдьар, кыдьымах киирэ илик кэмигэр. Бүтүн массыына куусабын толору хортуоппуй, хаппыыста, дьааһыгынан моркуоп, отон, барыанньа, джем эгэлгэтэ кэлэрэ. Ол далбарбыт уурайаахтаан турар. Кэлбэт-барбат буоллулар. *** Дьэ, аны ахсынньыга «Алмаастаах түбэ» дьаарбаҥканы күүтэбит. 2009 сылга диэри ахсынньы ый эргиэнин маннык хабааннаах сүрүн тэрээһинигэр Бүлүү, Эдьигээн, Аллараа Халыма улуустарыттан тиийэ кэлитэлиир этилэр. 2006-2007 сылларга Эдьигээнтэн, Анаабыртан, Аллараа Халыма Походскайыттан эп-эмис чыыр, муксуун, тууччах кэлитэлээбитэ. Бырааһынньыктарга кыһан сиир балыктанан күннээбиппит. Онтон бэттэх арыыйда чугас да сытар улуустары, хотулары да кытта ардыбыт аппыт курдук буолан хааллыбыт. Билигин атыылаатах буолар балыктара хаһан, ханна ким «илимнээбитэ» биллибэт. Балыгы кэм да Орто Азия дьоно хото атыылыыллар. Амтана уу судураай курдук. Соболорун Иркутскай уобаластан тиэйбит курдук кэпсииллэр. «Алмаастаах түбэ» 2011, 2012 сылларга буолбут дьаарбаҥкаларыгар сунтаардар, Ньурбаттан кyндээдэлэр эрэ кэлбиттэрэ. Ону да кинилэр бородууксуйаларын – чохоону, арыыны – атыы-тутуу бастакы күннэригэр мэлитэлээбиттэрэ. Кириэстээхтэр, ымсыырдыбыт курдук, биэс-алта эрэ дьааһык чохоон, барт туомугар эрэ хаан, быар, эт туруорбуттарыгар «атыыр» анньыһыы буолбуттаах. Эттэрин талыытын, нэһиилэ эбиэккэ эрэ диэри тиэрдибиттэрэ. Мииринэйдэр, амтаннаах тыа аһыгар тиксээри, уһун уочаракка этиһэн-моргуһан, сирэйбит-харахпыт олоруута хобдох этэ. Онно холоотоххо, Дьокуускай «Сайсары» ырыынагар буолар атыы-тутуу, эчи, бэрээдэгин, аһа-үөлэ арааһын, эгэлгэтин, сибиэһэйин, минньигэһин эриэхсит! Мииринэйгэ Дьокуускай киэнин курдук дэлэгэй уһун тыыннаах атыы-тутуу хаһан буолара биллибэт. Итинник уочараттарга тииһиммэккэ «ар-бур» буолууга ким-туох тиэрдэрий? Биһиги бырамыысыланнастаах улууспут уонна чугас сытар тыа улуустарын икки ардыгар суол-иис ирдэбилгэ эппиэттээбэтэ, тыа дьоно таһаарар бородууксуйаларын сиэкэнийиитэ. Саамай улахан төрүөтэ – Бүлүү умнаһын улуустарыгар тыа хаһаайыстыбатын аһын-үөлүн бэлэмнээһин таһыма аныгы ирдэбилгэ эппиэттээбэтэ. Бу улуустар бэйэлэрин эрэ этинэн-үүтүнэн хааччынар турукка киирбиттэр. Холобур, Мииринэйгэ чугас сытар улуустар кииннэригэр сырыттахха, атыыга сылгы этэ эрэ баар буолааччы. Ынах этэ, арыы – букатын кэмчи. Киһи сонньуйара диэн, бэл, остолобуойдарыгар ынах этэ суох буолан, «окорочка» эбэтэр тушенка уурбут буолааччылар. Ким да маны улаханнык аахайбат, дьиксиммэт эбит. Буолуохтааҕын курдук. Мииринэй уонна Ленскэй улуустарыгар бырамыысыланнас араас салаата балысханнык сайдан, оробуочай кылаас элбээн, үчүгэй хааччыстыбалаах, иҥэмтэлээх аһылыкка наадыйаллар. Ону Саха сирэ кыайан толуйбат. Манна бэлэмнэнэр бородууксуйа бырамыысыланнастаах улуустар эргинэр туочукаларыгар 2-3 бырыһыаны эрэ сордоон-муҥнаан ылар. АЛРОСА «Новай» сопхуоһа бэйэтэ атыылаһааччылаах буолан, ханнык да тыа улууһугар батарарыгар мэһэйдээбэт. Тыа улуустарыгар бородууксуйаны аныгы ньыманан оҥоруу, табан батарыы, сайдыы барыах тустаах. Бу туһунан биэс Бүлүү улууһун бэрэстэбиитэлэ кыттыылаах сүбэ мунньах Мииринэй улууһун дьаһалтатыгар 2010 сыл кулун тутар ыйыгар буолбута. Ол түмүгэр туох да дьоһуннаах ситиһии кэлбэтэ. «Ууга суруйбут» курдук. Ол аата, дьыала-куолу тыа хаһаайыстыбатын сайыннарыы ситэ быһаарыллыбатах боппуруостарыгар сытар. Чыпчылҕан ыйытык Мииринэй олохтоохторо Саха сирин тыатыттан кэлэр ас-үөл туһунан бу курдук санаалаахтарын сурукка тистим. Л.Лутченко: – Эт атыылаһааччыбын. Ынах, сылгы этин сиибит. Собо кэлэр түгэнигэр уончалыы киилэнэн булгуччу ылабын. Миин, фарштаммыт собо бэлэмниибин. Хантан кэлбитин ыйытааччыбын. Атыылааччылар Бүлүүттэн диэччилэр. Сотору-сотору эт-балык кэлэрэ быстан хаалар. Ону бэркэ билэбин. Суолбут-ииспит дьаабыта дьайар. Үрэхтэргэ муосталар ситэ-хото тутулла илик буоланнар, сырыы быстарыктанар. Ити уруккуттан баар быһыы-майгы. Д.Цырендоржиев: – Сылгы этин атыылаһааччыбын. Таба этин амсайан баран, соркуойга бэркэ барсар эбит диэн, биһирээн турабыт. Ол эрээри ардыгар түүтүн ситэ ыраастаабатах буолааччылар. Ахсыс павильонтан бараан этин атыылаһабын. Новосибирскайтан кэлэр. Хаачыстыбата арааһынай. «Оннук-маннык, эргэ» диэн, сирэ-тала турдаххына, аһаабаккар тиийэҕин. Хара үлэҕэ сылдьабын, тимири кытары мадьыктаһабын. Онон куруук үчүгэйдик аһыы сылдьыахха наада. Г.Оразалиева: – Сунтаарга табаарыстаһар дьонноохпут. Чааһынайдар. Кинилэртэн эт атыылаһабыт. Сылгы, ынах этэ суох сатаммаппын. Халбаһынан, кэнсиэрбэнэн олорор, биллэн турар, ыарахан. Кыралыын-улаханныын эти күнү быһа сиибит. Миин, гуляш. В.Демченко: – Эти олус астынан туран сиибит. Сөмөлүөтүнэн, уунан тиэллэн кэлэр бородуукталаах куоракка, сибиэһэй эт – олус күндү. Сыаната ыараханын билэбин. Оннук да буолуохтаах. Тыа сирин үлэтэ олус ыарахан. Хамнаһы өлгөмнүк төлүүллэрэ буоллар, тыалар син «тарбачыһан», оннуларын булуо этилэр. Р.Файзиев: – Дьаарбаҥка сылга биирдэ эрэ буолар. Кэргэмминиин куруук үлэбитигэр баттата сылдьар буоламмыт, үксүгэр тииспэккэ хаалааччыбыт. Ис миинин ордук таптыыбын. Бүтүн куубугунан (көстүрүүлэ) да кэтэрдиэх курдукпун. В.Алексеев: – Тыа улуустарын бородууксуйалара Дьокуускайга курдук атыыланара буоллар, бэрт да буолуо этэ. Ону баара, Сунтаарга да, Ньурба да диэки эттэрэ кэрэгэй быһыылаах. Хайаан манна кэлиэхтэрэй. Кэллэхтэринэ да, ончу барыһа суох. Уматыгы таах үрдэрэллэр, бэтэринээр иниспиэксийэтин ааһыахха наада. Түһэр сирдэрэ суох буолааччы. Аны туран, астара таймалара. Мииринэйдэр тыа сирин аһын-үөлүн оҥорор киһини бэйэлэрэ тэйиттилэр. Усулуобуйа тэрийбэт эрээри, таах хомуруйаллар. Урут хаста-хаста сылтах булбута буолан ыстарааптаан, ньиэрбэлэригэр оонньоон ыыппыттара буолуой?! Дьэ, билигин кэнсиэрбэни, симэһинэ сүүрбүт эти «амтаһыйан», биллилэр – тыа сирин аһын-үөлүн дьиҥнээх сыаната хайдаҕын! И.Пахомов: – Морозильниктаах буоламмын, эти бүтүн миэстэнэн хаһаанабын. Сакаастаан эрэ кэбиһэбин. Кириэстээхтэн, Тойбохойтон кэлэр эт ордук минньигэс диэн санаалаахпын. Атын сиртэн тиэллэр эти атыылаһа да барбаппын. А.Седалищев: – Чугас сытар тыа улуустарын бородууксуйалара ханна баарый? Ыйан биэрдэххинэ, хата, атыылаһыам этэ. М.Полетаева: – Үөһээ бөһүөлэккэ уонна Тихонов аатынан уулуссаҕа «Татыйыына» лааппыларыгар олохтоох ынах арыыта баар буолааччы. Сыаната ыарахан да буоллар, хаачыстыбата эппиэттиир. «Материк» арыытыгар маргарины булкуйаллар, онон амтана соччото суох буолар. «Новай» сопхуос бородууксуйатын, «Скиф» ыыһаммыт этин, халбаһыларын биһириибин. Б.Хангилов: – Эт үксэ Иркутскайтан, Новосибирскайтан тиэллэр. Манна олохтоох, сибиэһэй эти булуом диэн саараабаккын. Мэлигир дии! Дойдубар -- Иркутскайга эрэ тиийэн сибиэһэй (парной) эти тото-хана сиибин. Дьаарбаҥканы маныырга, уочаракка туран анньыһарга отой солом суох. А.Иванова: – Эт тыа улуустарыттан кэлэрин Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ сүрүннүөхтээх. Иһиттэх аайы сунтаардар отчуоттууллара бүппэт – «Мииринэйгэ эти-үүтү батарабыт» диэн. Оттон ол эттэрин-үүттэрин ханна, хайдах батараллара буолла?! Дьаарбаҥкаҕа аатыгар эрэ биир-икки күн атыылаатах буолаллар уонна сүтэн хаалаллар. Анны туран, астарыгар киһи тииспэт эрэйэ. Кыһын оройугар Бүлүүттэн собо, Анаабыртан муксуун кэлэн абырыыр. Оттон билигин Орто Азия дьоно илиилэрин нэлэҥнэтэ-нэлэҥнэтэ «Сунтаар этэ» дии-дии, атыылаан өрөпөөннөнөр эттэрэ Саха сирин киэнэ буолбатах дии саныыбын. *** Кэпсэппит дьонум – Мииринэй куорат олохтоохторо. Араас идэлээх дьон. Тугу эппиттэрин хайдах баарынан суруйдум. Дьэ, итинник дьыала-куолу манна – алмаастаах кыраайга – баар. Ис-иһигэр киирдэххэ, олус сытыы кыһалҕа. Онон бу туһунан кэпсэтиибитин салгыыр санаалаахпын.
Category: Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка |
Views: 1359 |
Added by: uhhan1
Total comments: 1
Порядок вывода комментариев:
По умолчанию
Сначала новые
Сначала старые
1
БОЛОТ
(2013-12-05 10:03)
Тыа улуустарыгар агыйах эт,уут, арыы буппутэ ыраатта, ыаллар бэйэлэрин,оголорун, аймахтарын эрэ нэьиилэ хааччыйар-хааччыйбат туруктаахтар, тыа хаьаайыстыбата эстибитин кэннэ туох кэлиэй? Мин Сунтаарга олорон ынах этэ булан сиэбэтэгим 2 сыл буолла. Учугэйин киэн сирдэргэ улахан сыанага атыылыыллар, биьиэхэ ырыгана, ууга туьэн олбут суоьу этэ атыыланар, ону санаан буолан ылбаккын. Тиэйии-таьыы тубустагына ол да суох буолуо, баай дьон эти хомуйан Германиянан, Англиянан атыылыахтара, биьиги кэлии ВТО этин сиэхпит Билигин онноогор кыьыл огого бороьуок уутун иьэрдэллэр , урукку миэркэнэн бу буруйу оноруу буолуо этэ, билигин кыьалгаттан тахсыы курдук коруллэр, баара кунду курдук, онтун да кэмчи , тиийбэт. Ол кэннэ хантан доруобай ого баар буолуой, урукку миэркэнэн бу диверсия- нэьилиэнньэни агыйатыы, Саха сирин дьонтон босхолооьун курдук коруллуо этэ. Кэнники кэлэр кэмнэ ас-уол оссо молтуо. Ону саха дьоно ойдообот, кинилэри эьэр былаас дьонугар махтан да махтан буолар, ытыьа хабыллыар диэри таьынар. Киьи кулэр да ытыыр да дьыалата.Ону оссо мииринэйдэр ас эрэйэллэр, урут биьиги аспытын олох ылбат этилэр, правительствонан сулугэстээн биэрэ сатыыр этибит. Билигин багагыт хоту кэлии аскытын сиэн. Омуктар хайдах багарар тугу багарар албыннаан атыылыахтара, сиэтиэхтэрэ. Били обугэлэрбит этэллэрин аьара тустубут- кэлэр уйэгэ сутаан олбут огус тобото 150 солк. буолуо, дьон олбут дьон унуохтарын тонсуйа-тонсуйа эьиги эрдэ олон эрэйи-муну корботугут, дьоллоох дьоннут, биьиги хоргуйан , аччыктаан эрэйи кордубут диэхтэрэ диэн. Билигин огус тоботун 150 солк. ким да биэриэ суога.Билинни туругунан бара турдахпытына хоргуйуу да ортон буолуо гыннагын дуо? Дьон доруобуйата молтооьунуттэн аран-бодон дьон торуо. Обугэлэрбит иккис этиилэрэ кэлиэн соп- кэлэр уйэгэ куох оту кыайан тосту уктээбэт тиин сага дьон торуохтэрэ диэн.
Ааҕыылар
Баар бары (online): 83
Ыалдьыттар (гостей): 83
Кыттааччылар (пользователей): 0