News topics |
Политика.Митинги. Пикеты. Партии
[900]
|
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения
[263]
|
Суд-закон.МВД.Криминал
[1280]
|
Право, закон
[323]
|
Экономика и СЭР
[839]
|
Власть Правительство Ил Тумэн
[1207]
|
Мэрия, районы, муниципалитеты
[400]
|
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО
[215]
|
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка
[555]
|
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги
[155]
|
Коррупция
[862]
|
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство
[291]
|
Социалка, пенсия, жилье
[277]
|
ЖКХ, строительство
[132]
|
Образование и наука. Школа. Детсад
[215]
|
Люди. Человек. Народ. Общество
[224]
|
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет.
[670]
|
Алмазы Анабара
[161]
http://alanab.ykt.ru//
|
Земля. Недра
[240]
|
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода
[377]
|
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ
[158]
|
Промышленность
[43]
|
Нефтегаз
[284]
|
Нац. вопрос
[284]
|
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации
[65]
|
Дьикти. О невероятном
[183]
|
Выборы
[661]
|
Айыы үөрэҕэ
[93]
|
Хоһооннор
[5]
|
Ырыа-тойук
[23]
|
Ыһыах, олоҥхо
[102]
|
Култуура, итэҕэл, искусство
[365]
|
История, философия
[239]
|
Тюрки
[76]
|
Саха
[153]
|
литература
[42]
|
здоровье
[465]
|
Юмор, сатира, критика
[14]
|
Реклама
[7]
|
Спорт
[123]
|
В мире
[86]
|
Слухи
[25]
|
Эрнст Березкин
[88]
|
Моё дело
[109]
|
Геннадий Федоров
[11]
|
BingHan
[4]
|
|
|
Main » 2013 » Ахсынньы » 3 » Аныгыс сылтан 5 ынахтан элбэх ынахтаах эрэ хаһаайыстыбаларга дотация көрүллэр.. “үүт харчыта” диэн ааттанар сүөһүлээх ыалга, хаһаайыстыбаҕа
Аныгыс сылтан 5 ынахтан элбэх ынахтаах эрэ хаһаайыстыбаларга дотация көрүллэр.. “үүт харчыта” диэн ааттанар сүөһүлээх ыалга, хаһаайыстыбаҕа | 08:26 |
"Тыа сирин сыла” бүттэ – харчы эмиэ бүттэ... Норуот депутаттара норуоттарын таҥнардылар?
Понедельник, 02 Декабря 2013 17:49 "Тыа сирин сыла” бүттэ – харчы эмиэ бүттэ... Норуот депутаттара норуоттарын таҥнардылар? Ааспыт бээтинсэҕэ Ил Түмэн депутата, "СР” фракциятын салайааччыта, "Атлас” ХЭТ дириэктэрэ Юрий ГРИГОРЬЕВ суһаллык суруналыыстары ыҥыран пресс-конференция ыытта. Онно кини аныгыс сылга "үүт харчыта” диэн ааттанар сүөһүлээх ыалга, хаһаайыстыбаҕа көрүллэр дотация харчыта 300 мөл. солкуобайынан аччатыллан эрэрин биллэрдэ. - Быйыл сүөһү төбөтүгэр көрүллэр - үрүҥ ас оҥоруутугар туһуланар харчы 1 млрд 400 мөл. солкуобай этэ. Хаһаайыстыбалар төһө сүөһүлээхтэриттэн тутулуга суох ыанар ынахха сылга 10 тыһыынча көмө харчы ылбыттара. Бу сырыыга 2014 сылга бу сууманы 300 мөлүйүөнүнэн аҕыйатан эрэллэр. Аныгыс сылтан 5 ынахтан элбэх ынахтаах эрэ хаһаайыстыбаларга дотация көрүллэр буолаары турар. Биһиги фракциябыт, мин эмиэ депутат буоларым быһыытынан, итини букатын утарабыт. Уларытыы киллэриллэр эбит да буоллаҕына эмискэ буолбакка, былааннанан, икки сыл иннинэ эрдэттэн дьону сэрэтэн баран оҥоһуллуохтааҕа. 2013 сыл ахсынньы 31-гэр көмө оҥоһуллар, түүн үөһүттэн хаарчахтанар. - Сокуон барылын көҕүлээччи кимий? - Саха сирин Правительствота. Дьиҥинэн, кыаммат-түгэммэт дьоҥҥо көмө - дотация оҥоһуллуохтаах. Бу сырыыга кыраларга буолбакка төттөрү улахан хаһаайыстыбаларга эрэ көмөлөһүөххэ диэн тыл көтөҕүллэр. Улахан хаһаайыстыбаларга дотация буолбакка, атын көрүҥүнэн – лизиҥҥэ, кредит ылалларыгар көмө оҥоһуллуохтааҕа. Дьон дотация харчытыгар эрэнэн, кыстыкка хас сүөһүтүн кыстатарын учуоттаан сайыны быһа оттоон, хотон туттан былааннаатаҕа. Ону баара субу курдук кыс ортотуттан дотацияларын быһан кэбиһэллэрэ ханна да баппат быһыы! Тыа олохтоохторо билигин ким да, тугу да билбэккэ олорор, кинилэр дьылҕаларын быһаарар ханнык сокуону Ил Түмэн ылан эрэрин түһээн да баттаппкка олроохтууллар. Эрдэ биллэрбиттэрэ эбитэ буоллар, ыаллар кыттыһан, сүөһүлэрин холбоон дотация харчыттан маппат курдук дьаһаныахтара этэ. Биһиэхэ барыта соһуччу, эмискэ оҥоһуллар. Дьон өйдөөбөккө да хаалар! - Ил Түмэн анал кэмитиэтэ ити этиини өйүүр? - Хомойуох иһин өйүүллэр. Тыа уонна аграрнай политика кэмитиэтэ (председатель - Дмитрий САВВИН, ЕР, Таатта-Томпо биир мандаттаах уокуругуттан талыллыбыта – аапт.) уонна Бюджеккэ, үпкэ, нолуок уонна сыана политикатыгар, бас билии уонна приватизация кэмитиэтигэр (председатель - Юрий МИХАЙЛОВ, ЕР испииһэгинэн талыллыбыта – аапт.) ити боппуруос хас да күнү быһа илдьиритилиннэ да, кэмитиэттэр итини барытын өйөөтүлэр. Биһиги утара сатаатыбыт да, ахсааммытынан баһыйтардыбыт. Ахсынньы 5 күнүгэр сессияҕа ити сокуон барылын аһардаары соруна сылдьаллар. - Бу "үүт харчытын” аҕыйатар төрүөттэрэ диэн тугуй? - Бастатан туран, харчы суох, иккиһинэн хаһаайыстыбалар бытанан олорбокко бөдөҥсүйүөхтээхтэр диэн этэллэр. Холкуостааһыны өссө 20-30 сылларга барбыт хобдох уопуттаахпыт. "Уопсай” сүөһүгэ сыһыан хайдах буолбутун билэбит. Сүөһү үксэ билигин кэтэх хаһаайыстыбаларга – ыалларга турар. Олору өйөөбөтөхпүтүнэ – саха ыала ынаҕыттан матар турукка киирэр. Онто да суох сыллата сүөһү ахсаана аччыы турар. Бу сокуон барыла - тыа дьонун бүтэһик эрэллэрин быһыы буолар. - "Экономияламмыт” 300 мөлүйүөнү ханна гыналларый? Дефицити сабаллар дуу, атын салааҕа көһөрөн биэрэллэр дуу? - Бюджет дефицитин сабаары гыналлар. "Тыа сирин сыла” тыаҕа болҕомто улаатыа диэбиппит, төттөрү буолан таҕыста. *** Юрий ГРИГОРЬЕВ суруналыыстары муспут сүрүн төрүөтүттэн ураты, түгэн тосхойбучча, хаһыаччыттар атын боппуруоска эмиэ санаатын этэригэр эттилэр: - Юрий Иннокентьевич, эн депутат мандатын Ньурба куорат мээриттэн – Гаврил Васильевтан туппутуҥ. Биир партиялааҕыҥ билигин хаалла сытар, бириигэбэрэ таҕыста. Итиннэ санааҥ? - Мин эрэ буолбакка, элбэх киһи Васильев бириигэбэрин аһара суостаах диэн сыаналыыр. Буруй буруйга араас буолар. Васильев дьиҥнээхтик бэрик ылбыт да буоллаҕына, уурааҕа син биир олус тыйыс. Бу дьыала хара маҥнайгыттан олус бүдүмүктүк саҕаламмыта. Туоһулар уларыйа сылдьаллара, аны ол бэрикпит "бэриллэ сыспытын” дуу, "сыспатаҕын” дуу дакаастабылларын сүүрүҥүйэ – барыта сымыйанан, олоҕо суох буруйдааһын барбыта дьэҥкэтин көстөр. Саарбахтаабаппын даҕаны... - "Сахабулт” концерн, "Сахамедстрах” хампаанньа приватизацияланарын туох дии саныыгын? - Бас билээччи көдьүүһэ суох салайар буоллаҕына, ол актыыбыттан босхолонуохтаах. - "Сахамедстрах” барыһа суох тэрилтэ буолбатах. - Ол иһин этэбин – көдьүүһэ суох салайыллар тэрилтэлэри диэн... - Хоту таһаҕас таһыы харгыстаммытыгар буруйу барытын биир киһиэхэ түһэрэр хайдаҕый? - Сэтинньи ыйга кэлэн буруйдааҕы көрдүү сатыахтааҕар, сайын саҕаланыыта, ортото таһаҕас таһыыга болҕомто ууруллуохтааҕа. Гидрометеосулууспалары истэн, учуоттаан, өрүс сүнньүн дириҥэтэн... Барыта кэмигэр оҥоһуллан испитэ эбитэ буоллар маннык балаһыанньа үөскүө суох этэ. - "Саха сирин салалтатын сакаастаабыттар” диэн айдааны туох дии саныыгын? - Мин саныахпар суруналыыстар соруйан күүркэтэллэр. Оннук айылаах анаммыт, улахан тэриллиилээх сойуолааһын, сакаастааһын тахса турар дии санаабаппын. Биирдиилээн дьон бөлөҕө айдааны күөртүө сатыан сөп. - Нуучча киһитин быһыытынан эттэххинэ, Саха сиригэр бэйэҕин хайдах сананаҕын, ыкпаттар-түүрбэттэр дуо? - Суох, бэйэбин олус үчүгэйдик, нус-хас сананабын. - Саха сирин президенин үлэтин хайдах сыаналыыгын? - 10 иһинэн сыаналыыр буоллахха, 6-8 баллы биэриэм этэ. Ортоттон үрдүк. - Тоҕо саамай үрдүк сыананы биэрбэккин? - Хас биирдии киһи куруук баартан үрдүгү, элбэҕи кэтэһэр. *** Аартык.ру Комментарии #1 555 02.12.2013 19:07 Как всегда этот наивный народ получил пустое блюдо. #2 тыа кыыьа 02.12.2013 20:01 ОО, дьэ диэ. Онтон тыалар иэдэйэрбит кэлбит дии. Тугуй суоьубутун эьэргэ куьэллибиппит дьии. Хайдах буолабыт? #3 глас народ 02.12.2013 21:37 былааска тыалар быыбардаан иьин. #4 Мда 02.12.2013 22:14 Тыалар едролары талбыттара. Онон эппиэтинэс кинилэргэ бэйэлэригэр. Особенно тыа учууталара, детсадтара, медиктэрэ, адм улэьиттэрэ. Хайдах талбыккыт да оннук туруорсуц! 18 миллиард Сельхозбацца киирбитэ биир ый буолбут, бырыьыан бегете аагылынна ини. Тиийбэт 300 мелуйуеццутун онтон кердеец. Уоруйах едроларгыт хармааннара хайдыар диэри хаалана иликтэринэ модьуйаццыт тиксэ сатаац! Оо хаьан ейденергут буолла?! Баьылыктаргыт съезкэ кэлэ сылдьан сурага Барыыьабы ессе талыахпыт диэбиттэр уьу. Кытаатыц, туруусуга суох хаалыаххыт. ПЖиВ едростар хаьан да тотуохтара суога. Эьиннэххитинэ биирдэ ейдууьугут бысыылаах. #5 кырдьа5ас 02.12.2013 23:06 саха эрэйдээ5и сааьын тухары албынната сылдьар.хаьан да ейдеммете буолуо.танара оннук онорбут.албыны ере тута сылдьарга.ахаар ы омук уопсайынан.еьур гэммитэ буолуман.
Источник: aartyk.ru
|
Category: Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка |
Views: 1362 |
Added by: uhhan1
|
|
|
Ааҕыылар |
Баар бары (online): 87 Ыалдьыттар (гостей): 87 Кыттааччылар (пользователей): 0 |
|