News topics |
Политика.Митинги. Пикеты. Партии
[900]
|
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения
[263]
|
Суд-закон.МВД.Криминал
[1280]
|
Право, закон
[323]
|
Экономика и СЭР
[839]
|
Власть Правительство Ил Тумэн
[1207]
|
Мэрия, районы, муниципалитеты
[400]
|
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО
[215]
|
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка
[555]
|
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги
[155]
|
Коррупция
[862]
|
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство
[291]
|
Социалка, пенсия, жилье
[277]
|
ЖКХ, строительство
[132]
|
Образование и наука. Школа. Детсад
[215]
|
Люди. Человек. Народ. Общество
[224]
|
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет.
[670]
|
Алмазы Анабара
[161]
http://alanab.ykt.ru//
|
Земля. Недра
[240]
|
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода
[377]
|
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ
[158]
|
Промышленность
[43]
|
Нефтегаз
[284]
|
Нац. вопрос
[284]
|
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации
[65]
|
Дьикти. О невероятном
[183]
|
Выборы
[661]
|
Айыы үөрэҕэ
[93]
|
Хоһооннор
[5]
|
Ырыа-тойук
[23]
|
Ыһыах, олоҥхо
[102]
|
Култуура, итэҕэл, искусство
[365]
|
История, философия
[239]
|
Тюрки
[76]
|
Саха
[153]
|
литература
[42]
|
здоровье
[465]
|
Юмор, сатира, критика
[14]
|
Реклама
[7]
|
Спорт
[123]
|
В мире
[86]
|
Слухи
[25]
|
Эрнст Березкин
[88]
|
Моё дело
[109]
|
Геннадий Федоров
[11]
|
BingHan
[4]
|
|
|
Main » 2013 » Ахсынньы » 6 » Былаас, төһө да коррупцияҕа (бизнескэ эмиэ баар) батылла сыттар, государствоны ыспат сыалтан күүстээх сокуоннары оҥорон үлэҕэ киллэриэхтээх
Былаас, төһө да коррупцияҕа (бизнескэ эмиэ баар) батылла сыттар, государствоны ыспат сыалтан күүстээх сокуоннары оҥорон үлэҕэ киллэриэхтээх | 10:42 |
http://forum.ykt.ru/viewtopic.jsp?id=2985422&f=149 Автор: бээди1 (94.245.133.146) 05.12.2013 (22:21)
Сокуонунан эрэ көмүскэнэр кыахтаахпыт
Россия халбархай политикалааҕынан аан дойдуга биллэр. Онтукпут омуктар сыһыаннарыгар да көстөр. Кими эрэ өрө тутабыт, кими эрэ атаанныыбыт, үөҕэбит. Кылгастык эттэххэ, миграционнай политика киитэрэйдик, ким эрэ туһатыгар ыытыллар. Оттон ону оҥорооччулар үрдүкү былаас дуоһунастаах дьоно уонна Госдума депутаттара буолаллар. Биллэрин курдук, кинилэр үксүлэрэ инникилэрин хааччынар чааһынай бизнестээхтэр. Чэпчэки үлэһит илиинэн барыстарын үрдэтэр инниттэн омуктары аҕалан үлэлэтэллэр. Ол үксэ Орто Азия, Кавказ дьоно буолаллар. Союз ыһыллыытын түмүгэр ити республикаларга баар производство эстэн, үлэ миэстэтэ суоҕуттан дьоннорун иитэр кыһалҕаттан кэлэллэр. Бырааһынньыгы, өрөбүлүн, уоппускатын туһанар олохтоох киһитээҕэр кэлии дьону үлэлэтии быдан барыстаах.
Ол эрээри маннык балаһыанньаттан тахсар суол-иис син биир көрдөнүллүөхтээхтэр. Былаас, төһө да коррупцияҕа (бизнескэ эмиэ баар) батылла сыттар, государствоны ыспат сыалтан күүстээх сокуоннары оҥорон үлэҕэ киллэриэхтээх. Россия састаабыттан тахсыбыт, туһунан государство буолбут республикалар нэһилиэнньэлэрин үлэнэн хааччыйыы биһиги дойдубут эбээһинэһэ буолбатах. Онон Россияҕа буккуһууну хонтуруолга ылыахха, үлэ ырыынагар олохтоох дьону туһаныахха (биһиги республикабытыгар эмиэ сыһыаннаах) наада.
Предпринимательство туһунан сокуону хаттаан көрүөххэ. Нолуогунан тумнарбакка, сайдалларыгар кыахта биэриэххэ, үлэ миэстэтин таһаарыахха уонна онно барытыгар олохтоох дьону эрэ үлэлэтиэххэ. Улахан государственнай корпорацияларга, нефть-газ, көмүс-алмаас ырыынагар барытыгар бастатан Россия олохтооҕо эрэ үлэлиэхтээх. Оччоҕуна эрэ үлэлээх буолуу боппуруоһа быһаарыллыа, омуктар атааннаһыылара аччыа, государство атаҕар туруо. Ама, государство салалтата маны кыайан өйдөөбөтө буолуо дуо? Өйдөөн бөҕө буоллаҕа дии. Ол эрээри итинник дьаһанары утарар, бэйэлэрэ байалларын туһугар тугу да кэрэйбэт күүстэр бааллар. Россия сайдыытын атахтыыр сүрүн харгыс – коррупция. Ону өйдөөн, муҥур уһукка тиийэн Президент Путин салайааччылар, депутаттар дохуоттарын уонна кыраныысса таһыгар күрэппит үптэрин, дьиэлэрин-уоттарын учуокка ылар туһунан этии киллэрэр.
Россия киин, улахан куораттарыгар националистар түмсүүлэрэ «Россия только для русских» диэн күөмэйдэрин муҥунан хаһыытыы-хаһыытыы хаамсаллар. Маны барытын билэ-көрө олорон былаас да, полиция да туох да дьайыыны оҥорботтор. Онтон эр ылан, дириҥээн биһиги Сахабыт сиригэр тиийэ кэлэн национализмы көрдөөн, үөҕэн-хараардан барар буоллулар. Бу дьон бэйэлэрин үптэрин суотугар кэлбэттэрэ-барбаттара, ким эрэ «үөһээттэн» үбүлүүрэ чуолкай. Ол да иһин куттамматтар-сэрэммэттэр. Оттон биһиги, онно сөбүлэспит курдук, саҥата суох олорон хаалабыт. Куттаспытын, кыайан аахсыбаппытын сабынан «культурабытын көрдөрүөхтээхпит, аахсар, киирэн биэрэр табыллыбат» диэн бүтэр-бүппүтүн кэннэ бэйэбитин уоскутунан куолулуубут. Ону көрө сылдьан Саха сирин дойду оҥостон, туһанан олорор сорох-сорох учуонайдарбыт төбөҕө ытталлар. «Ыт аһаабыт иһитигэр кулгуйар» диэн сахалар маны этэн эрдэхтэрэ.
Саха – кырдьаҕас, муударай омук. Кэлии омуктар соруйан бэйэлэригэр тэҥнии, түһэрэ-намтата сатаан биһигини куотан-көһөн кэлбиттэр дииллэр. Ити – сымыйа. Хайа да омук итии, үчүгэй дойдуттан маннык тымныы сиргэ кэлбэт. Төрүт олохтоох норуот буоларбытын сиргэ-уокка, кыылга-сүөлгэ сыһыаммыт, айылҕалыын биир ситимҥэ киирэн, уустуктартан чаҕыйбакка, аймаммакка, эйэлээхтик олорорбут туоһулуур. Олохпут ыарахан дии-дии атыттар курдук уулуссаҕа тахсан айдаарбаппыт, барытын саҥата суох тулуйан олохпутун бэйэбит оҥостобут. Дьэ, оннук холку, муударай саха киһитэ, эгэ, атын омугу атаҕастыа дуо? Хата, күүһэ кыайарынан көмөлөһө сатыаҕа.
Кэлиҥҥи кэмҥэ национальнай культурабытын, өбүгэлэрбит оонньууларын аан дойдуга таһаараммыт, ааппытын ааттатан эрэбит. Халыҥ норуот буоламмыт маны барытын баччаҕа илдьэ кэлбиппит чуолкай. Төһө да билигин аҕыйах ахсааннаах арыыланан хаалларбыт, кэлин уруккубут курдук ууһаан-тэнийэн барыахпыт. Элбэх атын омуктан сөҕүмэр ордук ситиһиилэрдээхпит. Россия үрдүнэн элбэх саҥа саҕалааһыннары бастаан биһиги оҥорбуппут. Аҥардас «Азия оҕолоро» оонньуубут элбэҕи этэр. Маны барытын билэ-көрө сылдьан ордугурҕаан, бэрт былдьаһан, ити Казарян курдуктары кигэн, саха норуотун түһэрэ сатыыр буоллулар.
Үс сүрүн боппуруос – коррупция, миграция, омуктар атааннаһыылара быһаарылыннаҕына, Россия государствота сайдыы суолугар үктэниэҕэ. Ол туһугар дойду хас биирдии олохтооҕо турунуохтаахпыт. Норуоту норуокка утары туруорар, дойдуну ыһа сатыыр «масюктарга», «митричтэргэ», «казаряннарга» сөптөөх хоруйу биэриэхтээхпит. Национальнай боппуруос бэйэтэ да тыҥаан турарын билэ-билэ соруйан күөттээн биэрэр провокатордары эппиэккэ тардарга ааҕааччылар ааттарыттан туруорсабын, буруйдаах накаастаныахтаах. Путин Президент буолаат, «Указ об обеспечении межнационального согласия» диэн Ыйаахха илии баттаабыта. Боппуруос мээнэҕэ көтөҕүллүбэт, балаһыанньа муҥур уһукка тиийбитин туоһулуур. Государственнай социальнай экономика туруга мөлтөөтөҕүнэ бэрээдэги кэһии элбиир, норуоттарга атааннаһыы тахсар. Оттон государство олоҕо туруктаах, өйдөөх салалта, өйдөөх сокуоннар баар буоллахтарына уонна, кылаабынайа, демократия тылга буолбакка, дьыалаҕа баар буоллаҕына – национальнай боппуруоһу ким да көтөҕүө-күөдьүтүө суоҕа.
Онон элбэх национальнай республикалартан турар государство федеративнай сыһыаҥҥа олоҕуран сайдыахтаах (тыла, культурата, дьарыга, географическай уратыта). Олоххо-дьаһахха туттуллар сокуоннар балары учуоттаан оҥоһуллуохтаахтар. Республика салалтата толорооччу эрэ буолбакка, ону туруорсар эбээһинэстээх.
Государство айгыраабытын билэ сылдьан, сирин баайын үллэстээри, норуоту норуокка утары туруоран Россияны тобуктата, ыһа сатыыллар. Дьэ, онно ити эппит «масюктарбытын», «митричтэрбитин», «казаряннарбытын» туһаналлар. Бу дьонуҥ маны ис дьиҥин билбэттэрэ да буолуо, ким эрэ харчы биэрэн суруй диэтэ, суруйда, бүттэҕэ ол. Оттон билэ-билэ оҥорор буоллахтарына, государственнай буруйдаахтар ахсааннарыгар киирэллэр. Аан дойду үрдүнэн сир баайын, территорияны былдьаһыы бара турар кэмигэр биһиэхэ иҥсэрээччи элбэх. Ону ситиһэр инниттэн харчыларын харыстаабаттар. Мантан көмүскэнэн Россия экстремизми утары сокуон ылыммыта. Онон бу этэр дьоммутун омук үспүйүөннэрэ эбэтэр Россияҕа баар оппозиционер-экстремистэр диэххэ сөп. Тоҕото биллэр, биир государство иһигэр олорор омуктар иирсэр түгэннэригэр, государство ыһыллар. Маны салалта билбэтэ буолуо диэбэппин. Онон «масюктары», «митричтэри», «казаряннары» экстремизм ыстатыйатынан эппиэккэ тардыахха сөп этэ. Дьаһал ылыллыбатаҕына, уордайбыт норуот уулуссаҕа тахсар түгэнигэр экстремист бу сылдьар диэн бэйэбитин сууттаары тииһиэхтэрэ. Саха норуота маннык холобурдары этинэн-хаанынан билбитэ. Оччоҕуна эрэ инникитин хатыланыа уонна маннык кэпсэтии тахсыа, норуот айманыа суоҕа. Урут да, билигин да үөҕэллэр, онтон кыайан көмүскэммэт эбиппит. Историяны ырыппакка кылгастык эттэххэ, автономияны турууласпыт саха ньургун уолаттара уонна кэлин Союз ыһыллар дьалхааннаах кэмигэр саха саарына Михаил Николаев толлубакка туруорсан ылбыт үрдэллэрин ыһыктыбакка олоруохтаахпыт.
Онон биһиги сокуонунан көмүскэниэхтээхпит, онуоха туһааннаах, хамнастаах үлэһиттэр бааллар, олор хааччыйыахтаахтар. Иван СИВЦЕВ-Бээди.
Ответить саха - санаайа 05.12.2013 (23:55) (85.26.241.70) хайа ба5арар омук бэйэтин итэ5элин оро тутара бу кини ис культурата , сайдыыта.Бэйэтин , тула эйгэтин убаастыыр нация хаьан да урдуку турар. Хомойуох иьин кырдыьк ардыгар биьи бэйэ дьонугар комолоьуохпут оннугар кэлии дьонно илин- кэлин туьуохпут.
|
Category: Нац. вопрос |
Views: 1338 |
Added by: uhhan1
|
|
|
Ааҕыылар |
Баар бары (online): 83 Ыалдьыттар (гостей): 83 Кыттааччылар (пользователей): 0 |
|