News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии
[900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения
[263]
Суд-закон.МВД.Криминал
[1280]
Право, закон
[323]
Экономика и СЭР
[839]
Власть Правительство Ил Тумэн
[1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты
[400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО
[215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка
[555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги
[155]
Коррупция
[862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство
[291]
Социалка, пенсия, жилье
[277]
ЖКХ, строительство
[132]
Образование и наука. Школа. Детсад
[215]
Люди. Человек. Народ. Общество
[224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет.
[670]
Алмазы Анабара
[161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра
[240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода
[377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ
[158]
Промышленность
[43]
Нефтегаз
[284]
Нац. вопрос
[284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации
[65]
Дьикти. О невероятном
[183]
Выборы
[661]
Айыы үөрэҕэ
[93]
Хоһооннор
[5]
Ырыа-тойук
[23]
Ыһыах, олоҥхо
[102]
Култуура, итэҕэл, искусство
[365]
История, философия
[239]
Тюрки
[76]
Саха
[153]
литература
[42]
здоровье
[465]
Юмор, сатира, критика
[14]
Реклама
[7]
Спорт
[123]
В мире
[86]
Слухи
[25]
Эрнст Березкин
[88]
Моё дело
[109]
Геннадий Федоров
[11]
BingHan
[4]
Main » 2013 » Ахсынньы » 9 » П.Р. Шишигин Президент М.Е. Николаев ыам ыйын 21 күннээҕи 446 №-дээх ыйааҕынан Саха Өрөспүүбүлүкэтин Геологияҕа уонна сир баайын туһаныыга с
П.Р. Шишигин Президент М.Е. Николаев ыам ыйын 21 күннээҕи 446 №-дээх ыйааҕынан Саха Өрөспүүбүлүкэтин Геологияҕа уонна сир баайын туһаныыга с
19:31
Геологияны салайар уорган тэриллиитэ уонна сахаттан биир бастакы бас салайааччы үлэтэ
Саха киһитэ геологияҕа Айылҕалыын ситимнээх буолан таһаарылаахтык үлэлиир. Ол гынан баран бастакы күөҥҥэ тахсыбыт, бас салайааччы буолбут дьоммут араас төрүөтүнэн тарбахха баттанар. Бастакы бас салайааччы быһыытынан саха биир бастакы геолога Г.Т.Семенов буолар, кини 1933-35 сс. эҥэрдэригэр Дьокуускайдааҕы геологоразведочнай трест уонна "Союзникельоловоразведка” трест Саха сиринээҕи салаатын управлющайынан үлэлээбитэ. 1957-69сс.Саха Сиринээҕи геологическай управление кылаабынай геолога. 20 сыллаҕыта ыам ыйын 19 күнүгэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин Үрдүкү Сүбэтэ 1478-XII №-дээх уурааҕынан, СР Президенин М.Е. Николаев этиитин ылынан, СР сударыстыбаннай уорганнырын уструктуратын уларытыы туһунан уураах ылыммыта. Онно СР геологиятын салаатын уонна сирин баайын салайар уорганынан Саха Өрөспүүбүлүкэтин Геологияҕа уонна сир баайын туһаныыга судаарыстыбаннай кэмитиэтин тэрийэргэ уураахтаабыта.П.Р. Шишигин Президент М.Е. Николаев ыам ыйын 21 күннээҕи 446 №-дээх ыйааҕынан Саха Өрөспүүбүлүкэтин Геологияҕа уонна сир баайын туһаныыга судаарыстыбаннай кэмитиэтин бэрэссэдээтэлинэн анаммыта уонна уонча сыл бу салааны саамай күчүмэҕэй кэмҥэ, охторбокко, олохтон туораппакка, сайыннарар суолга киллэрэрдии салайан кэлбитэ. 1992 сыл саҥатыгар Саха Өрөспүүбүлүкэтин Президенэ М.Е. Николаев бастакы Бырабыытылыстыбатыгар Бырамыысылыннас уонна геология министиэристибэтэ бигэргэнэн, В.Ф. Красноштанов миниистиринэн ананан, бу эйгэҕэ бэйэни саҥалыы дьаһанар судаарыстыбаннай уорган үлэтин саҕалаабыта. Бырамыысылыннаска хайа салаата баһыйарынан, бу хайысха күннээҕи-сыллааҕы эрэ сыалынан-соругунан олорорунан, оттон геология салаата, кэм инники кэскиллээх сыаллаах-соруктаах буоларынан, биир салалта иһигэр киирбиттэрин, геология общественноһа, саха дьоно ылымматаҕа. Онно эбии ӨГК (Республиканский геологический центр) уонна СГК (Координационный геологический центр) дьиэн министиэристибэҕэ куолутугар эрэ бас бэринэр, РФ быстан эрэр бюджетыттан үбүлэнэр геологияҕа кытаанах сир баайын уонна ньиэп-гаас салаатын салайар, кэлии дьон салалталаах уорганнар үлэлии олорбуттара. Саҥа миниистир уонна хайа бырамыысылыннаһын салалтата геология хайысхата, сир баайын көрдөөһүнэ, саппааһын разведката хостуур тэрилтэлэр бэйэлэрин сыаллара-соруктара буолуохтаах, ону бэйэлэрэ сөбүн көрөн, үбүлээн сайыннарар кыахтаахтар дьиэн тускулу тутуспуттара. Ол содулугар, сыл иһигэр Куларга, Дьугдьуурга, Өлүөхүмэҕэ, Бүлүү эҥэригэр, Кэбээйигэ, Халымаҕа геологическай тэрилтэлэр сабыллан барбыттара. Онон геологияҕа уонна сир баайын туһаныыга Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр туспа судаарыстыбаннай уорган тэриллэрэ биир сүрүн ыйытыы быһыытынан салгыҥҥа ыйаммыта. 1993 сыл саҥатыгар мин учуонайдар уонна исписсэлиистэр "Сайдыс” Ассоциациятын (президент- эдэр техническэй билим дуоктара Петров Е.Е.) аатыттан Бастакы Президеҥҥэ Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр геологияҕа уонна сир баайын туһаныыга туспа судаарыстыбаннай уорган тэриллэрин дакаастаан сурук киллэрбитим. Михаил Ефимович 1993 сылтан бырамыысылыннас салаатын саҥа салайан эрэр вице-примьер Е.Г.Егоровка хамыыһыйа тэрийэн бу боппуруоһу быһаарарга сорудахтаабыта. Хамыыһыйа, Е.Г. Егоров өйөөн, оннук уорганы тэрийэри өйөөбүтэ. Саха Өрөспүүбүлүкэтин Үрдүкү Сүбэтин дьокутааттарын кытта үлэлэһэргэ бэйэм учууталбар, СГУ профессора Р.М. Скрябиҥҥэ тахсан сүбэлэспитим. Кини дьокутаат, геологияҕа ыалдьар киһи быһыытынан тута өйөөн, дьокутааттар истэригэр, салалтатыгар улахан үлэни ыыппыта. Ол үлэҕэ, Томпоттон норуот дьокутаата, Ааллаах-Үүн геологическэй экспедиция сыһыытааҕы партиятын салайааччыта П.Р. Шишигин үлэлэспитэ. Ити кэмҥэ ӨГК уонна СГК салайааччылара Киин Сиргэ суолларын солонон, ыырдарын кэҥэтэн, барардыы оҥостон, оттон хаалааччылара тутум түһэн, харыс хаптайан, геология салаата өлбөтүн туһугар туох саҥа санааны саҕар кыаҕа суох олороллоро. Онон ӨГК салататыгар саҥа олохтоох киһи ананара эмиэ турбута. Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр геологияҕа уонна сир баайын туһаныыга туспа судаарыстыбаннай уорган тэриллэринэн, учуонайдар уонна исписсэлиистэр "Сайдыс” Ассоциацията (Петров Е.Е., Кириллин Н.Д., Шамаев И.И., Бурцев Н.Н., Уаров В.Ф., Ноговицын Р.Р. уо.д.а.) бу салалтаҕа СР Үрдүкү Сүбэтин дьокутаата П.Р. Шишигин ананарын туруорсубута. Миигин, ол судаарыстыбаннай уорган тэриллэрин туруорса, хамыыһыйаҕа үлэлии сырыттахпына, Е.Г. Егоров муус устар 30 күнүгэр бэйэтин салаатын хайысхатыгар Бырабыытыстыбаҕа консультант-эксперт дуоһунаһыгар үлэҕэ ылбыта уонна салгыы бу уорганы тэрийэргэ үлэлэппитэ. Инньэ гынан бу судаарыстыбаннай уорган аатыттан саҕалаан, бастакы Балаһыанньатын барылын оҥорбуппуттан киэн эрэ туттуохпун сөп. Шишигин П.Р. 1953 сыл ыам ыйын 12 күнүгэр Амма Сатаҕайыгар төрөөбүтэ. Оскуоланы бүтэрэн, баҕатынан Иркутскайдааҕы геологическай техникумҥа 1973 сыллаахха техник-геолог идэтин баһылаан, Ааллаах Үүннээҕи геологическай экспедицияҕа уһун, элбэххэ уһуйар, кэскиллээх үлэтин саҕалаабыта. 1974-76 сс. Сэбиэсэй Аармыйаҕа ыҥырыллан, Туркмения (Черджоу), Украина (Кривой Рог) байыаннай аэродромнарыгар авиамеханик идэтин баһылаан, ытык иэһин толорбута. Төннөн кэлэн Ааллаах Үүннээҕи геологическай экспедицияҕа 1993 с дылы геолог идэтинэн бары таһымнары барытын дабайан (техник-геолог, геолог, старшай геолог, этэрээт онтон партия салайааччытынан) Дьугдьуур көмүстээх хайатын геологическай картатын оҥорууннан, сирин баайын көрдөөһүнүнэн, билгэлээһиининэн тахсыылаахтык үлэлээбитэ. 1984 с. кэтэхтэн СГУ бүтэрэн, хайа инженер-геолога буолбута. Петр Романович дьонун-сэргэтин, салалтатын үлэтинэн, сыһыанынан биһирэбилин ылан, норуот бастакы демократическай быыбарын кыайан, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Үрдүкү Сүбэтин дьокутаата буолбута. Мин Петр Романовиһы кэтэхтэн, суруйбут геологическай отчуоттарынан 1980-с сыллар бүтэһиктэриттэн, сирэй 1991 с. билэрим. Онтум ис хоһооно маннык: 1980-с саҥаларыгар, 30-пун ааспыт, геолог идэтин балай эмэ баһылаан, инники кирбиигэ дабайар турукка киирбит, бастакы таһым салалтаҕа тахсан эрэр (старшай геолог) саха киһитэ "тоҕо саха геология салаатыгар үрдүкү салалтаҕа суоҕуй”дьиэн ыйытыыга хоруй була сатаан, үлэлии сылдьар саха геологтарын була сатаабытым уонна кинилэр таһымнарын кэтэхтэн да, сирэй да чинчийэн-тургутан барбытым. Онно ордук 1988 с. 1:50000 масштабтаах геологическай устууга уонна сир баайын көрдөөһүҥҥэ улахан тематическай үлэни саҕалаан, 100-эн тахса оннук үлэлэргэ суруллубут отчуоттары үөрэппитим буолар. Отчуоттар ааптардарын, ханнык түһүмэхтэри ким суруйбутун, чуолаан сахалар суруйбуттарын буллахпына, кичэйэн, хайдах суруйбуттарын үөрэтии, төһө да үлэм сыала-соруга буолбатар да, биир сүрүн сорук буолбута. Кыһалҕата – араспаанньабыт нууччалыы буолан "петровтары, ивановтары, сидоровтары” булар күчүмэҕэйдээҕин иһин, Шишигин П.Р, Шадрин И.С., Лыткин С., Кычкин В.Р., Копылов Г.Н, Ефремов В.Н., Баланов В.о.д.а, син сабаҕалаан да буоллар, булаттаабытым. Бэйэм геологическай олоҕум үөрүйэҕиттэн, бу үөрэппит үлэлэрим түмүгүнэн халбаҥнаабат биир санааҕа кэлбитим: билиибитинэн-көрүүбүтүнэн, үлэбитинэн саха геологтара баар салайааччылартан туох да итэҕэһэ суох, элбэх хайысхаҕа, Дойдубутугар-Айылҕабытыгар, дьоммутугар-сэргэбитигэр сыһыаммытынан, үгүстэри баһыйар таһымнаахпытын. Онно П.Р. Шишигин суругун-бичигин, геологическай матырыйаалы буларын, сөпкө туһанарын, геологическай өйүн-санаатын тута үрдүктүк сыаналаабытым уонна чөмчөкөбөр онуоха-маныаха дьиэри хатаан кэбиспитим... П.Р. Шишигин салалтаҕа кэллэ кэлээт, саха киһитин үгэһинэн исписсиэлиистэр саҥаларын-иҥэлэрин, толкуйдарын истэн, элбэх киһини кытта алтыһан, саҥа, ордук ньиэп-гаас хайысхатыгар дьону таҥан, үлэтин наҕылыччы соҕус, тыаһа-ууһа, дьирбиэнэ-дарбаана суох саҕалаабыта. Үбү туруорсуу, бэриллибит үбү сөпкө туһаныы биир сүрүн буоларынан, бу хайысхаҕа бастакы нормативнай правовой акт ылыллыбыта. Ол иһин геологияҕа кэлбит дуона да суох үп көдьүүстээхтик туһаныллара мэктиэлэммитэ. Тутум түспүт, харыс хаптайбыт, урукку үлэлэринэн араас сыһыаннаах, араас омук дьоно, бэйэни харыстаныы сокуонугар да олоҕуран, геология туһугар булгуруйбат санааҕа кэлэн, П.Р. Шишигин тула биир сомоҕо буола түмсүбүттэрэ. Бу бастакы кыайыы этэ! Петр Романович айылҕаттан холку, сэмэй, дьон тылын-өһүн истэн баран быһаарыныы ылынар үгэстээх, өйүн-санаатын саймаарыччы сахалыы да, нууччалыы этинэр, бары информацияны сиһилии анааран, толуйдаан баран, эппиэтинэһи ханнык да күчүмэҕэй боппуруоска бүтүннүү бэйэтигэр ылынар салайааччы. 1990-с сыллар хайдахтаах курдук ыарахаттарын, киһи билигин сатаан санаабат. Сылы сыллаан хамнас төлөммөт, үлэһиттэргэ, сиргэ барар дьоҥҥо ас-таҥас, оттук, матырыйаал тиийбэтинэн, аччыктыы сылдьан, инчэҕэй тирбэҕэ быстыбатынан үлэ барара. Үлэ биир да күн тохтооботоҕо, Россия киэҥ дуолатыгар Саха Сиригэр эрэ геология салаата үлэлиир, айар-арыйар дьоҕурдаах ордон хаалбыта. Бу иккис ситиһии! Төһө да Республики бюджета кыратын, геологияҕа бэриллэр харчы кырыымчыгын иһин, 1993 – 2003 сс. Россияҕа дорҕоонноохтук иһиллибит геологическай үлэлэр, арыйыылар буолбуттара. Күүдьүс, Бадараан көмүстээх, Прогноз, Манхааһай үрүҥ көмүстээх, Эльга чохтоох, Чайыҥда гаастаах, Таалакаан ньиэптээх сирдэрин баай саппаастара ГКЗ көмүскэммиттэрэ, Ботуобуйа, Ньурба алмаастаах трубкалара о.д.а. сирдэр баайдара булуллан үөрэтиллибиттэрэ. Саха Сиригэр судаарыстыбыннай геологическай сулууспата ити ситиһиилэринэн Россия оннук сулууспата 300 сылыгар баарын биллэрэн дорҕооннохтук эппитэ, салайааччыта 1999 с. Россия үтүөлээх геологын аатын сүкпүтэ. Бу П.Р. Шишигин салайар салатын үһүс кыайыыта! Ааспыт ыарахан кэмнэри туорааһын түһүүлээх да, тахсыылаах да этэ. Сорох кэмҥэ санаа түһүүтэ, бэйэни сыыһа сыаналааһын, олорсо сылдьан сыарҕа быатын быһыы курдук араас сыһыаннар бааллара. Ол гынан баран, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Геологияҕа уонна сир баайын туһаныыга судаарыстыбаннай кэмитиэтигэр оччотооҕуга үлэлээбит дьон П.Р. Шишигини дьоҥҥо сыһыанын истиҥник саныыр, үлэтин, салайар талаанын үрдүктүк сыаналыыр. Ону бу күннэргэ кини 60 сааһын туолбутугар анаммыт көрсүһүүгэ истиҥ-иһирэх тылларынан эттилэр. Петр Романович билигин сир баайын туһаныыга, билгэлээһиҥҥэ санаатын сайдыытынан, тобуллаҕас толкуйунан, киэҥ билиитинэн ыҥырыыга сылдьар эксперт буолар. Ханнык баҕарар сир баайдаах түөлбэни туһаныыга саҥа санаалаах, этэр этиилээх. Петр Романовичка, бу бэлиэ сылынан ситимнээн, кытаанах доруобуйаны, таһаарыылаах, үтүө түмүктээх үлэни, тус бэйэтигэр уонна дьиэ кэргэнигэр кэскиллээх олоҕу баҕарабыт! Ньукулай Кириллин, СР үтүөлээх геолога, 1990-с сылларга СР геологическай салаа сайдарын туруорсааччы
Category: Земля. Недра |
Views: 1696 |
Added by: uhhan1
Ааҕыылар
Баар бары (online): 30
Ыалдьыттар (гостей): 30
Кыттааччылар (пользователей): 0