Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [670]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [93]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [239]
Тюрки [76]
Саха [153]
литература [42]
здоровье [465]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [123]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2013 » Ахсынньы » 31 » Кёнгхи университет профессора, лор уонна аллерголог быраас Джунг Сэнг Чо кэлэн барда.
Кёнгхи университет профессора, лор уонна аллерголог быраас Джунг Сэнг Чо кэлэн барда.
11:51
 Джунг Сенг Чо
26.12.2013 12:30 | Автор: kyym.ru |
Ахсынньы 19-22 күннэригэр Сеултан мэдиссиинэ билимин дуоктара, Кёнгхи университет профессора, лор уонна аллерголог быраас Джунг Сэнг Чо кэлэн барда. Санатар эбит буоллахха, кини Дьокуускай куорат уопсастыбаннай палаататын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы, "Ситим” медиа-бөлөх генеральнай дириэктэрэ Мария Христофорова ыҥырыытынан кэлбитэ. Ол курдук, тойон Чо баара-суоҕа түөрт эрэ күн иһигэр "Аврора” килииникэҕэ буор босхо 200-тэн тахса киһини көрдө-иһиттэ, салгыы хайдах эмтэнэллэригэр сүбэлээтэ.

Чо профессор – улахан уопуттаах дьикти быраас. Кини төһө даҕаны Кёнгхи университетын килииникэтин бырааһа буоллар, биир сиргэ таба олорбот киһи, өрүү айаҥҥа, кэлэ-бара сылдьар. Холобур, Саха сиригэр кэлиэн эрэ иннинэ Вьетнамҥа, оттон ол иннинэ Филиппинигэ сылдьан дьону эмтээбитэ. Ити барыта – биир-биэс солкуобайа суох.

Түгэн тосхойбучча, биһиги Чо професоры кытта көрсөн кэпсэттибит.

 

-- Тойон Чо, сахаҕа кэпсэтиини "кимтэн кииннээххиний, хантан хааннааххыный?” диэн саҕалыыр үгэс баар. Эн туох дьоннооххунуй-сэргэлээххиний? Төрөппүттэриҥ кимнээҕий?

– 1949 сыллаахха Соҕуруу Кэриэйэҕэ төрөөбүтүм. Эһэм быраас этэ. Эмиэрикэҕэ үөрэммитэ. Оччолорго Соҕуруу Кэриэйэҕэ идэлээх икки эрэ быраас баара. Олортон биирэ – мин эһэм.

– Бүтүн Кэриэйэ үрдүнэн иккиэлэр этэ дуо?

– Оннук. 1900-с сс. саҕаланыыларыгар Кэриэйэ үрдүнэн иккиэлэр эрэ этэ.

Аҕам эмиэ отоларинголог быраас. Кёнгхи университетын профессора. Үс сыл устата Эмиэрикэҕэ үөрэммитэ. Мин эмиэ кинилэр туйахтарын хатаран лор быраас буолбутум.

Бииргэ төрөөбүт кыра быраатым 31 сааһыгар лейкемияттан өлбүтэ. Оччолорго кини Кэриэйэҕэ технология эйгэтигэр саамай эдэр профессор этэ. 29 сааһыгар номнуо улахан профессор ассистена буолбута. Сэттэ сыл устата Францияҕа үөрэммитэ. Ол үөрэнэ сылдьан оннооҕор Франция бэрэсидьиэнэ Шарль де Голь "Сыл бастыҥа” диэн анал бириэмийэтин ылбыта.

Ол 31 сааһыгар өлбүт быраатым бары хайысхаҕа дэгиттэр, миигиттэн таһыччы киһи этэ. Ол иһин эрдэ өлбүтэ.

– Эһэҥ быраас, аҕаҥ эмиэ. Ол аата, эн эмиэ быраас буоларыҥ эрдэттэн биллэр этэ дуо?

– Дьиҥэр, быраас буолуохпун отой баҕарбат этим эрээри, аҕам көрдөспүтэ уонна модьуйбута бэрдиттэн, дьиэ кэргэн үгэһин кэһимээри, хайыахпыный – сөбүлэспитим. Мин менеджер, урбаанньыт буолуохпун баҕарбытым.

– Ол гынан билигин кэмсиммэккин дуу?

– Суох-суох-суох. Отой кэмсиммэппин. Быраас буолар – дьылҕам уонна бэйэм быһаарыныым. Оттон өскөтүн быраас буолуохпун баҕарбыт, быһаарыммыт эбит буоллахпына – хайаан даҕаны бастыҥ быраас буолуохтаахпын диэн сыал-сорук туруоруммутум.

– Тойон Чо, биһиги билэрбитинэн, эн биир сиргэ түптээн олорбоккун. Куруук араас дойдуну кэрийэ сылдьан биир-биэс харчыта суох дьону-сэргэни эмтиигин, аһымал аахсыйалары тэрийэҕин, волонтергун. Тоҕо уонна туох сыаллаах араас дойдуну кэрийэн дьону эмтиир буолбуккунуй? Өр сыллаах уһун айаныҥ хайдах саҕаламмытай?

– Биһиги үөрэхпитин бүтэрэрбит саҕана (1970-с сс. ортолоругар) тыа сиригэр биир даҕаны идэлээх быраас суоҕа. Онон үөрэхпитин бүтэрэн баран, хайаан даҕаны алта ый устата дэриэбинэҕэ тахсан үлэлиирбит. Мин биир дэриэбинэҕэ алта ый иһигэр 16 эпэрээссийэни оҥорбутум. Бары дьадаҥы, кыаммат дьон этилэр. Ити иһин миэхэ 1979 с. Пак Чон Хи бэрэсидьиэн анал бириэмийэтин биэрбиттэрэ.

– Ол туох эрэ ураты эпэрээссийэлэр буолан, бириэмийэ ылбытыҥ дуо?

– Бу дэриэбинэҕэ былыр-былыргыттан быраас диэн төрүкү суох эбит этэ. Мин онно "тонзиллит” (судургутук эттэххэ, күөмэй ыарыыта – "воспаление миндалин”) уонна синусит (иҥ иһигэр баар көҥдөй сир – "пазуха носа”) диэн ыарыылары эмтээбитим. Аны туран, биир даҕаны эпэрээссийэ оҥорор үстүрүмүөнүм суоҕа. Инньэ гынан туох баар үстүрүмүөммүн барытын бэйэм кыһыл илиибинэн оҥорбутум. Туох түбэһэринэн, бу барсыа, сөп түбэһиэ диэбиппин көрөн.

– Ама дуу?! Туохтан-туохтан оҥорбуккунуй?

– Үрэх тааһыттан оҥорбутум, өтүйэни туһаммытым... Уопсайынан, илиибэр туох түбэһэрин барытын туһаммытым. Бука, ол иһин бэрэсидьиэн бириэмийэтин биэрдэхтэрэ буолуо (күлэр).

– Оччолорго, 1980 сыллар саҕаланыыларыгар, Кэриэйэ, кырдьык, уустук балаһыанньаҕа олорор, дьадаҥы судаарыстыба этэ. Ол гынан баран, тойон Чо, эн ол дэриэбинэҕэ кэлэн туран, аны 20-чэ, 30-ча сыл иһинэн төрөөбүт дойдум билиҥҥи таһымыгар тиийиэ, сайдыа, кыаҕырыа диэн итэҕэйэр, эрэнэр этиҥ дуо?

– Кэриэйэ сайдыа диэн, олус итэҕэйэр этим.

– Тоҕо, туохха эрэнэн?

– Оччолорго, хайдах эрэ, уопсай өрө көтөҕүллүү, үрдүк күүрүү баар этэ. Хайдах эрэ, дьон-сэргэ уһуктан эрэрэ, күнүстэри-түүннэри үлэлиирэ. Мин эмиэ хастыы эмэ түүн утуйбакка эпэрээссийэ оҥорор, үлэлиир буоларым.

Мин волонтёрдуур дьарыгым, аан дойдуну кэрийэр өссө биир биричиинэм диэн – бэйэм доруобуйам.

Доруобуйам наһаа үчүгэйэ суох. Хас да сыллааҕыта олус улаханнык инсуллаабытым. Бу түбэлтэҕэ инсуллаабыт киһи 95 %-на өлөр эбит буоллаҕына, мин тыыннаах хаалар, ону ааһан үлэлиир кыахтанан дьолломмутум. Ол кэннэ, аны туран, үс сыл буолан баран, отой алҕаска оһоҕос араага буолбуппун билбитим. Икки ый устата балыыһаҕа лип сыппытым, эпэрээссийэлээбиттэрэ. Эмиэ тыыннаах хаалбытым.

Мин санаабар, таҥара миэхэ иккис олоҕу биэрбит. Оттон таҥара миэхэ иккис олоҕу биэрбит буоллаҕына, мин онтубун сөпкө, туһалаах буоларын курдук олоруохтаахпын дии саныыбын.

Ити икки түбэлтэ кэнниттэн олоҕу көрүүм тосту уларыйбыта. Биллэн турар, үчүгэй быраас буоларбынан киэн туттабын, үөрэбин. Ол гынан баран, билиибин өссө хаҥатан, эбии үөрэнэн бэйэм эйгэбэр бастыҥ буолуохтаахпын, дьоҥҥо-сэргэҕэ, дьадаҥыларга көмөлөһүөхтээхпин диэн, бигэ сыал-сорук туруоруммутум. Бу сыал-сорук ситтэҕинэ эрэ миэхэ иккис олох халтай бэриллибэтэх диэн итэҕэйиэм этэ.

– Тойон Чо, түмүккэр өрөспүүбүлүкэ олохтоохторугар, "Кыым” ааҕааччыларыгар тугу этиэҥ этэй?

– Манна кэлиэм иннинэ Дьокуускай куорат, Саха сирэ диэн баалларын билбэт даҕаны этим. Мин, уопсайынан, төрүт бокуойа-иллэҥэ суох киһибин. Ол сырыттахпына, арай үлэлиир кииммэр Мария Николаевна тиийэн кэлбитэ уонна хас эмэ төгүл "Саха сиригэр кэлэ сырыт” диэн көрдөспүтэ. Ол түмүгэ – бүгүн Дьокуускайга олоробун.

Биһиги килииникэбит омук килииникэлэрин, ол иһигэр "Аврораны” кытта үлэлииргэ бэлэммит, интэриэс баар. Оттон онуоха ким төһө ыраах олороро, ким төһө сайдыылааҕа оруолу оонньообот. Кыах уонна баҕа баарын тухары бииргэ үлэлиэххэ наада. Ол инниттэн мин манна кэлэн олордоҕум.

– Истиҥ кэпсээниҥ иһин махтал буоллун!

 

Быйыл алтынньыга "Аврора” килииникэ Джунг Сенг Чо үлэлиир Кёнгхи университетын мэдэссиинискэй килииникэтин эписийээлинэй бэрэстэбиитэлэ буолбута. Онно анаан икки тэрилтэ бииргэ үлэлэһии меморандумун түһэрсибиттэрэ. Ол аата, мантан антах "Аврора” килииникэ нөҥүө кыһалҕалаах дьон Соҕуруу Кэриэйэҕэ эмтэнэ, оттон быраастар идэлэрин үрдэтинэ, үөрэнэ барыахтарын сөп буолла.

Оттон онуоха сыһыаннаах үлэни "авроралар” инньэ былырыыҥҥыттан ыыталлар. Ол курдук Саха сириттэн хас даҕаны быраас былырыын күһүн Кёнгхи университет килииникэтигэр таһымнарын үрдэтэн кэлбиттэрэ. Бүгүн биһиги олортон икки киһини кытта кэпсэттибит.

 

Өрөспүүбүлүкэтэҕи 2 №-дээх балыыһа Лучевой диагностикаҕа салаатын салайааччы Николай Лугинов:


-- Былырыын муус устарга Кэриэйэттэн быраастар дэлэгээссийэлэрэ кэлэ сылдьан, балыыһабытын көрөн баран, кыаллар буоллаҕына биир ыарыһаҕы көрүөхпүтүн баҕарабыт диэбиттэрэ. Биһиги тута сөбүлэһэн, биир ыарыһах быарын аппаракка (МРТ) көрбүппүт. Көрө олорон быар испэсэлииһэ профессор: "Наһаа үчүгэй, кыахтаах аппарааттаах эбиккит. Биһиэхэ кэлэн үөрэниэххитин баҕараҕыт дуо? Миниистиргитигэр ыҥырыы суруйуохпут”, -- диэбитэ. Үөрүүнү кытта сөбүлэспиппит. Ол күһүн атырдьах ыйыгар дьоммутуттан ыҥырыы кэлэн, балаҕан ыйыгар Кэриэйэлээбиппит.

Сеулга сөмөлүөттэн түһээппитин кытта тута көрсөн, университетка профессордар олорор кампустарыгар олохтообуттара. Үөрэнэр сирбит онтон биэс мүнүүтэ хаамыылах сиргэ баара.

Кёнгхига тиийэн Лучевой диагностика салаатыгар үөрэммиппит. Бу салаа иһигэр эмиэ туспа салаалардаах: рентген, компьютернай томография (КТ), МРТ, ангеография (тымыр), ультрозвук. Килииникэлэрин базата, сэбилэниитэ толору. Аппараат арааһа барыта баар. Аны туран хас биирдии салааҕа 5-тии, 6-лыы анал идэлээх профессор үлэлиир. Кинилэр идэтийиилэрэ эмиэ атын-атын. Ким эрэ мэйии, гастроэнтерология , тыҥа, ким эрэ сүһүөх, ис-үөс диэн диэн арахсар. Ити аҥаардас биир салааҕа (отделга)

Тиийбит күммүт сарсыныгар улахан мунньахха (планеркаҕа) сылдьыбыппыт. Онно кимнээхпитин-туохпутун билэн баран, профессордар бэйэлэринэн кэлэн туохха үөрэниэхпитин, тугу билиэхпитин баҕарарбытын сураспыттара. Онтон үөрэнэн киирэн барбыппыт.

Биир ый устата сырыттыбыт. Ол иһигэр биирдии нэдиэлэ сүһүөх, ис-үөс, тыҥа, ангеография диэн туспа арааран үөрэттилэр. Тута ыарыһаҕы көрөн олорон барытын саас-сааһынан кэпсииллэр, ыратан, быһааран биэрэллэр. Бу тухары олус эйэҕэстик сыһыаннастылар.

Уопсайынан, Кёнгхига сылдьыбыт биир ыйбыт иһигэр сүрдээх элбэҕи биллибит, сайынныбыт. Холобур, оһоҕос, быар-бүөр, сүһүөх о.д.а уорган араагын быһаарар, чинчийэр ньымаларыгар, улахан аппараппыт кыаҕын, атын функцияларын толору туһанарга уо.д.а. үөрэннибит. Дьиҥэр, ону биһиги бэйэбит даҕаны син билэбит буолан баран, мэдэссиинэ диэн, хаһан даҕаны биир сиргэ турбат, өрүү сайда, уларыйа турар үөрэх. Онон киһи биирдэ үөрэннэ даҕаны барытын сатыыр, билэр буолар диэн буолбатах. Быраас үлэлиирин, олоҕун тухары үөрэнэр. Оттон ол бүтүн олох усталаах улахан үөрэх – кыра-кыра билииттэн, үөрэхтэн таҥыллар.

Онон биһиги Кэриэйэҕэ ылбыт билиибит бүгүн буолбатаҕына сарсын, сарсын буолбатаҕына аны баҕар уон сылынан туһалыаҕа. Уопут хаһан да хаалбат.

 

Өрөспүүбүлүкэтэҕи 2 №-дээх балыыһа Лучевой диагностикаҕа салаатын МРТ отделын салайааччы Леонид Кларов:


-- Николай Васильевич этиитигэр кыттыһабын. Арай, эбэн эттэххэ, антах сылдьан мин ордук көнө оһоҕос араагын уонна ыарыы (араак) таһымын (стадиятын) чинчийэр ньыманы сэргээтим. Итини барытын биир тылынан быһааран биэрэр уустук буолуо эрээри, адьас судургутук быһаардахха маннык. Холобур, урут биһиэхэ "бу уорган маннык миэстэтигэр ыарыы баар буолуон сөп” диэн номнуо бигэргэммит анаалыс түмүгүн аҕалан биэрэллэрэ. Ол гынан баран, ону аппарат көмөтүнэн булан көрөр, үрдүк таһымҥа чинчийэр уустук буолара. Саарбахтыырбыт-саараҥныырбыт. Оттон үөрэнэн кэлиэхпититтэн ыла – ол кыаллар буолла.

Кёнгхи профессордора олус эйэҕэстэр. Кэпсииллэрэ-быһаараллара даҕаны судургу, тиийимтиэ, сүрдээх таһымнаахтар.

Антах биир ый устата буор босхо сылдьан кэллибит. Аһылыкпытын, олорор сирбитин барытын кинилэр уйуннулар. Бэйэбит кэлэ-бара бырайыаспытын эрэ төлөөтүбүт. Ану туран, биһигини, кэлии дьон диэн, араас култуурунай тэрээһин бөҕөтүгэр сырытыннардылар. Хас киэһэ аайы. Ол тухары эмиэ, төһө эмэ батыммыппыт үрдүнэн, барытын кинилэр төлөөтүлэр. Ааранан, киһи да кыбыстыах курдук.

Мин бэйэм 2006 с. Дьокуускайга мединституту бүтэрбитим. Инернатураны эмиэ онно рентгенологияҕа барбытым. Үөрэҕим кэннэ үлэлии сылдьан Москубаҕа, Санкт-Петербурга, Францияҕа, Германияҕа уонна АХШ-ка таһымы үрдэтэр араас куурустарга сылдьыбытым. Ол гынан баран, биир ый иһигэр, бу Кёнгхига курдук билиини ханна даҕаны ылбатаҕым.
Category: здоровье | Views: 1442 | Added by: uhhan1
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  Ахсынньы 2013  »
БнОпСэЧпБтСбБс
      1
2345678
9101112131415
16171819202122
23242526272829
3031
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 108
Ыалдьыттар (гостей): 108
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024