News topics |
Политика.Митинги. Пикеты. Партии
[900]
|
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения
[263]
|
Суд-закон.МВД.Криминал
[1280]
|
Право, закон
[323]
|
Экономика и СЭР
[839]
|
Власть Правительство Ил Тумэн
[1207]
|
Мэрия, районы, муниципалитеты
[400]
|
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО
[215]
|
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка
[555]
|
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги
[155]
|
Коррупция
[862]
|
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство
[291]
|
Социалка, пенсия, жилье
[277]
|
ЖКХ, строительство
[132]
|
Образование и наука. Школа. Детсад
[215]
|
Люди. Человек. Народ. Общество
[224]
|
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет.
[670]
|
Алмазы Анабара
[161]
http://alanab.ykt.ru//
|
Земля. Недра
[240]
|
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода
[377]
|
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ
[158]
|
Промышленность
[43]
|
Нефтегаз
[284]
|
Нац. вопрос
[284]
|
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации
[65]
|
Дьикти. О невероятном
[183]
|
Выборы
[661]
|
Айыы үөрэҕэ
[93]
|
Хоһооннор
[5]
|
Ырыа-тойук
[23]
|
Ыһыах, олоҥхо
[102]
|
Култуура, итэҕэл, искусство
[365]
|
История, философия
[239]
|
Тюрки
[76]
|
Саха
[153]
|
литература
[42]
|
здоровье
[465]
|
Юмор, сатира, критика
[14]
|
Реклама
[7]
|
Спорт
[123]
|
В мире
[86]
|
Слухи
[25]
|
Эрнст Березкин
[88]
|
Моё дело
[109]
|
Геннадий Федоров
[11]
|
BingHan
[4]
|
|
|
Main » 2015 » Муус устар » 1 » “Тыа хаһаайыстыбатын 20 сыл устата сыыһа салайбыппын”,-- диэн билиннэ.
“Тыа хаһаайыстыбатын 20 сыл устата сыыһа салайбыппын”,-- диэн билиннэ. | 18:15 |
Сатамматах сарсыардам …
Олус эрдэ уһуктан баран кыайан утуйбакка эргичиҥнии сытан күн талбытын арааһы санаатым. Саныыбын уонна бу санаабыттан өссө эбии, лаппа күүскэ оройго сааллыбыттыы дөйүөрдүм.
Биһиги республикабыт тыатын хаһаайыстыбата олох сыыһа үбүлэнэрин урут министрдэргэ түһэрэрим. Кинилэр сыыһа схеманы тутуһан программа оҥороллор, диэн кириитикэлиирим. 2002 сылтан министр бөҕө уларыйда үбүлээһин схемата уларыйбат. Оччолорго бырабыыталыстыба бэрэссэдээлэ. Билигин Ил Дархан Е.А.Борисов саха дьолугар төрөөбүт курдук туттан туран: “Мин курдук тыа хаһаайыстыбатын билэр киһи суох”, диирэ. Эппит, эттэҕинэ сөп курдук.
Кини тыа сиригэр улааппыта. Ол эрээри дьоно ынах, сылгы сүөһүнү туппатахтар, МТС-ка үлэлээбиттэр. Ол иһин уоллара Е.А.Борисов техника инженерэ идэни ылбыт. Онон сүөһү үлэтин кытары кыра сааһыттан быһаччы сибээһэ суох. От оттоон, сүөһү көрөн хаатырга үлэтигэр курдук босхону эрэ үрдүнэн холкуоска, собхуоска үлэлээн үрүҥ-хара көлөһүнэ тохтубатах. Арааһа кини бу итэҕэһэ күн бүгүн биһиги олохпутун улаханнык оҕуста.
Сотору-сотору буруйдаах аатыран министрдэр уларыйалар. Егор Афанасьевич ол аайы миэрэ ылбыт киһи ат уорҕатыгар сылдьар.
Оттон тыа хаһаайыстыбатын көрдөрүүлэрэ сылтан сыл аайы таҥнары түһэр, түһэр да түһэр. 2002 сылтан маннык систиэмэнэн үбүлэннэҕинэ тыа хаһаайыстыбатыгар ынах сылгы уон-уон биэс сылынан өрүттүбэт гына эстиэҕэ, ыччат үлэттэн тэйиэ, диэн оччолортон хаһыаттарга суруйбутум. Күн бүгүн тыа хаһаайыстыбата оператор тэрилтэлэргэ 14 миллиард, табаар оҥорооччуларга 3,5 миллиард кирэдьиитинэй иэстээх. Быйыл маны инвест бюджеттан сабыахха, диэн бэчээтинэн этии киллэрбитим. Биир да дьокутаат, чиновник ону истибэтэ, дьүүллэспэтэ. Арай миигин быыбарга Э.Б. Березкиҥҥа үлэлээтиҥ,--диэн матыыптаан үлэбиттэн уураттылар. Онон акаарыбар эбитэ дуу, “куһаҕан үлэлээх” уһуллубут да буоллаллар, министрдэр статустарын сүгэн төһө да хамнаһа суох хаалларбын дьиҥ иһигэр балачча сүөм үрдээн сылдьабын. Монологу бүтэриэххэ, олоххо киирбэт да буоллар ыра санаа курдук ахсааммытын суоттуохха.
Оччоттон баччаҕа диэри суруйууларбар тыа хаһаайыстыбатын министерствотын специалистарын муҥутуурдук аччатыахха, оператор тэрилтэлэри иитэри тохтотуохха диибин. Ааспыт быыбарга экономист идэлээх СР--ар Ил Дархаҥҥа кандидат Э.Б.Березкин ону хатылаан экономическай расчет оҥорон үөрдэн өлөрө сыста. Сыыппараларбыт кыратык уратылаах. Чиновниктар ахсааннарын аҕыйатыахха, оператор тэрилтэлэри үбүлээмиэххэ, диэһиммит олох үүт-маас сөп түбэстэ. Мин табаар оҥорооччуну субсидияннан, сүрүн средстволарга ороскуотун сабыыга күүскэ көмөлөһүөххэ диибин. Березкин итиннэ сөбүлэһэр. Мин үөрүүбэр аҕата Нам улууһугар бааһынай хааһыйстыба ассоциациятын тэрийэн бастакы бааһынайдары ииппит-такайбыт Борис Степанович Березкины элбэхтэ санаатым. Ол эрээри мин санаабар Березкин табаар субсидиятыгар Е.А.Борисов схематыгар хаайтаран, дьон түргэнник өйдөөтүн, диэбитэ дуу? тоҕо эрэ мин саныырбынааҕар үүккэ кыра үбү аахта.
ССРС кэмигэр бородууксуйа себостоимоһыттан түөрт бүк элбэҕи субсидиялыыллара. Үбү харыһыйымыахха, дьоммутун өйүөххэ, билигин көрүллэр үпкэ эбии көрдөөн да туран булуохха. Үүт себостоимоһын тыа хаһаайыстыбатын экономистара, учуонайдара олох аһара кыраны ааҕаллар. Миэнэ буолан баран барыта төттөрү өттүгэр. Себостоимоһы ааҕарга уоппуттаах, бастакы бааһынай Роман Барашков схематын уонна ааҕыытын туһаныахха. Кини киилэ үүт себостоимоһын 100 солкуобайынан ааҕар. Ону ССРС саҕана курдук түөрткэ төгүллээтэхпитинэ киилэ үүт 400 солкуобайынан субсидияланыахтаах. Маны таһынан массыына, трактор атыыластаҕына, дьиэ, хотон тутуннаҕына ороскуотун 90 бырыһыанын сабыахха. Урут холкуос ылбыт суудатын 70 бырыһыанын судаарыстыба сабара. Амурскай уобаласка тыа хаһаайыстыбатын үлэтигэр техника 90 бырыаһыанын судаарыстыба уйунар.
Үлэһит киһи нолуок төлөөн муспут харчытын маннык туһаннаҕына эрэ бэйэтигэр туһалаах дьыаланы оҥостуохтаах. Онтон биһиги бюджеппыт элбэх харчыта тугу да оҥорон таһаарбат оператор тэрилтэлэр чиновниктарын хамнастарыгар, олохторун уйгутун тупсарыыга барар. Ону общественнай тэрилтэлэр: партиялар, ассоциациялар, сойуустар онтон да атын түмсүүлэр манныктары бэрээдэктиири туруорсуохтаахтар.
Нэһилиэк, улуус баһылыктара, Ил Дархан норуотунан быыбарданан норуот санаатын баҕатын истиэх буолан андаҕайан талыллыбыт дьон, норуот туруорсуутун олоххо киллэриигэ министрдэринээн харса суох үлэлиэхтээхтэр. Кинилэр ааттыын толорооччу уорганнар, эбээһинэстэрэ.
Оттон биһиги Ил Дархаммыт бюджет харчытын бэйэтин чааһынай үбүн курдук талбытынан быһар-отор, кимиэхэ эрэ биэрдэҕинэ көҥүл, биэрбэтэҕинэ көҥүл. Ил Дархаммыт хата: “тыа дьоно сүрэҕэ суохтаргыт, үлэлээбэккит”,-- диэн дьону мөҕөр. Маннык түктэри дьаһаллары көннөрүөхтээх общественнай тэрилтэлэри тэрийиигэ РФ ФС-ан чиновниктар общественнай тэрээһиннэри тэрийии үлэтигэр кыттыа суохтаахтарын туһунан сокуон тоҕо эрэ биһиэхэ тутуһуллубат. Бу туһунан быһааран кэлин суруйуом.
Егор Афанасьевич соторутааҕыта эппитин ылан көр: “субсидия көрдөххө тыа киһитэ бөһүөлэктэн массыына, таас дьиэ атыылаһан куотар”,-- диэн саайбыт. Тоҕо саха, эбээн киһитэ куоратынан, тыанан таас дьиэлэниэ суохтааҕый? Тоҕо үчүгэй массыынаны ылыа суохтааҕый? Тоҕо тыа киһитэ кэлии дьон курдук үчүгэйдик чааһынай бизнеһин тэринэн дэлэччи аһаан-таҥнан олоруо суохтааҕый? Бөһүөлэктэн тахсыбыт соҕотох Дөгүөр Охонооһойобус эрэ олорор дьиэтигэр, үлэтигэр эргиччи норуот муспут харчытыгар бэлэмҥэ сылдьан эбиитин ыйга мөлүйүөн аҥаара хамнастаныахтааҕый? Дьэ, эмиэ дьиибэ түөрүйэлээх Аҕа баһылык буолла.
Ол да иһин: “Тыа киһитэ сайдыа суохтаах”,-- диэн оччолорго В.А.Штыров тыа хаһаайыстыбатын уопсай бюджет 15 бырыһыаныгар тиэрдиэм, диэбитин баччааҥҥа диэри утарар. Баһаалыста билигин бюджет балтараа сүүс миллиард. Онтон тыа хаһаайыстыбатын үбүлээһин 7,5 эрэ миллиард. Суоттаа күндү ааҕаачыам, бюджет хас бырыһыана буолла? Аны итинтэн үүккэ балтараа миллиарда барар. Онтон атына сүнньүнэн куоракка олохсуйар чиновниктары аһатыыга, олохторун уйгутун тупсарыыга оператор тэрилтэлэргэ сөҥөр. 150 миллиардтан 15 бырыһыанын ылан суоттаан көр. 22,5 миллиард буолуоҕа. Бачча суумма министерствоҕа табаар оҥоһуутугар субсидияҕа уонна хотон, олорор дьиэ туттубут, техника ылбыт дьоҥҥо ороскуоттарын сабарга ананнын. Субсидияны, ороскуоттары сабыыны улууһунан, переработка сыахтарынан эргиппэккэ кварталга биирдэ табаар оҥорооччуга быһаччы тиэрдиэххэ. Тыа сирэ дьиҥнээхтик сайдыа этэ. Табаар оҥорооччу харчылаах буоллаҕына оператор тэрилтэлэри ырыынак бэйэтэ айыахтаах. Массыына атыылааччы КОЛМИ курдук. Ырыынак сокуона ити мин этиибин син биир ирдиир.
Дьиҥнээх политика диэн тыа сиригэр саха, эбээн киһитэ олохсуйарын, элбиирин ситиһии. Ол инниттэн төрүт үгэспитин сылгы, ынах сүөһү, таба иитиитин, балыктааһыны күүскэ үбүлээн сайыннарыахха.
Онтон билигин ыытылла турар политика сүнньэ хайдаҕый?
Бу сарсыарда эмиэ сатамматах толкуй киирдэ дуу, Хайдаҕый? Дьыаланы ылсыах иннинэ кыаллыбат, сатаммат өттүн ырытан көрөр, дьону норуоту кытары сүбэлэһэр хаһан баҕар барыстаах. Тыа хаһаайыстыбатын өһөөн туран эстибит. Тыа сиригэр олохтоох дьон, ыччат кэскилин олус ситиһиилээхтик сарбыйдыбыт. Ол да гыннар бэчээти, телевизоры көрдөххө, араадьыйаны иһиттэххэ барыта наһаа үчүгэй үһү.
Салгыы куораппыт мээрэ кытайдарынан куоракка икки саҥа кыбаарталы туттарабын диэбит. Онтон куорат иккис уочарата тутуллуохтаах. Мээрбит бу бырайыагын куорат олохтоохторун кытары сүбэлэстэ, дьүүллэстэ, ырытта дуо? Тоҕо эрэ ол туһунан кэпсэтэр дьону истибэппин. Бэчээккэ, телевизорга, араадьыйаҕа да кимнээх эрэ үтүө мөкү өттүн ырытан эрэллэрин истэ иликпин. Кытайдар киирэн тутуу бизнеһин манна баһылаатахтарына олохтоох тутуунан дьарыктанааччылар олох да үлэтэ суох хаалаллар. Маршрутнай автобус бизнеһин, атыыны-эргиэни олохтоохтор кэлии дьоҥҥо таджиктарга, киргизтэргэ, кытайдарга, эрмээннэргэ былдьаппыттарын курдук. Хайдах хайдаҕый? төрүт олохтоох киһиэхэ тыаҕа да, куоракка да үлэ миэстэтэ суох буолсу.
Аны бу тутуубут кытай бырайыага Санкт Петербурга хамсаабат чиҥ повалаах итии сиргэ биир кварталга эксперимент быһыытынан тутуллубут. Саха сиригэр итиигэ-тымныыга сирэ хамсыы турар ирбэт тоҥҥо боруобаны бара илик. Аны истиэнэтэ полистиролу олус кэрэ көстүүлээх эмиэ чэпчэки сыаналаах матырыйаалынан бүрүйэллэр үһү. Ити полистирол гарантията 20 сыл буоларын тутуунан дьарыктанааччылар билэллэр. Уочараттаах Борисовка. Сотору эмиэ ити дьиэттэн куотуу. Оччотугар бу арбаабыт мээрбит оҥоһуга кимиэхэ туох барсы биэрэрий, туох сыаллааҕый? Биллэн турар кытайдар тутууга туттар инвестициялара Алмаазэргиэн бааҥҥа киирэн мээрбит хармаанын сылытан баран бүтээхтиир эбиппит.
Түөрт уонча сыллааҕыта куораты иккилии этээстээх мас дьиэлэр киэргэтэллэрэ. Оччолорго үчүгэй курдуга. Билигин олор куорат мөссүөнүн алдьатар, батсаабынан аан дойдуну биир гына көстөр помойка ортотугар олорор трущебаларга кубулуйда. Айсен Николаев бу бырайыага аҕыйах сылынан эмиэ ити трущебалар курдук туһаттан тахсар аналлаах. Хайдах хайдаҕый? Араас санаа киирэн сатамматах сарсыардам буолла. Тоҕо эрэ
табыллыбат, сатаммат өттө төбөбөр киирэн олох ханнык да апетита суох сарсыардааҥҥы аһылыкпар ыҥырылынным.
Бэрт настырыанньата суох аһаабыта-сиэбитэ буолан аны интернеккэ киирэн өссө ордук буорайдым. Саха республикатын правительствотын туруорсуутунан ТОР-Территория Особого Развития тэриллэрин туһунан иһитиннэриини көрдүм. Саха сирин сайыннарыа үһү. Саха сирин дьаатынан сутуйан айылҕалыын, киһилиин-сүөһүлүүн, тыынар тыыннаах олоччу өлөр, диэн иһитиннэриилэри көрөн чуут тута куһаҕан буола сыстым. Бээ эрэ, быыбарынан талыллыбыт, биһиги интэриэспитин көмүскүөхтээх аҕа баһылыкпыт төрүт олохтоох омуктарыгар туох ааттаах өстүйдэ? Бэйэбит, ыччаттарбыт, кэлиэхтээх көлүөнэбит дьылҕатын эһэр санааланна.
Бу бырайыакка В.А.Штыров, Е.А.Борисов Д.А. Медведевкэ чугаһаары кини табаарыстара дагестанец бырааттыы Магомедовтарга Кыһыл Сыыр гааһын скважинатын атыылаабыттарын бары билэбит. Оттон ити скважинаттан Дьокуускайга кэлэн Лена өрүһү туоруур гаас турбата Е.А.Борисов бас билиитэ,--диэн куттана-куттана дьон сипсиһэр. Нолуогабайтан Сахатранснефтегаз ЕГРЮЛ-ын ылан көрбүт киһи. Ким үрдэтиллибит сыаналаах гааһынан туһаммыт Е.А.Борисов хармаанын сылытар дииллэр, төһө кырдьыга буолла? Ол аата бу ТОР Ил Дархаммыт чааһынай биисинэһэ буолан тахсар дуу? Хайдах хайдаҕый? Хаһан эрэ барыта аһаҕас кырдьыгынан иһиллэ биллэ туруохтаах диир араатардар бааллара дии.
Москава да, Трутнев да онно туох да интэриэстэрэ суох. Ити тутуллар газохимическай собуоттар идеяларын олоххо киллэрэ охсоору Е.А.Борисов баһылык буолар иһин бары сиэри-туому, РФ сокуоннарын харса суох хаардыы кэһэн туран дьулуспут эбит дуу? Тоҕо эрэ кини быыбар иннинэ уонна кэмигэр бу ТОР туһунан саҥарбатаҕа. Дьэ, бэрт дьикти. Ол да иһин В.В.Путин манна кэлэ сылдьан Е.А.Борисовка хайдах курдук кэлэйбиттик сыһыаннаспытын өйдүүгүөт? Кини оччолорго да итини билэ-көрө, истэ сырыттаҕа.
Суут уорганнарын аҕа баһылыкпыт хайы-үйэ хармааныгар уктубут. Барыыһаптарын көмүскээн Үрдүкү сууппутугар киирбит Е.А.Борисов быыбарын штаба сокуоннары кэһиилэрин туһунан мөккүөрү аҥаар кырыы сууппут аккаастыы олордо. Бу сайабылыанньа түмүллэн дьыала муус устар 29 күнүгэр Москва куоракка РФ Үрдүкү суутугар көрүллүөхтээх. Көрүөхпүт онно РФ Үрдүкү суута сокуону төһө тутуһарын.
Билигин үлэлии олорор правительство үлэһиттэрэ, норуодунай депутаттар тыла суох баран кэлэр кэскиллэрин, сиэттэрин, хос сиэннэрин дьылҕатын саарбах дьыалаҕа сиэртибэлээн, быстах хамнастана түһээри чуумпурбуттар. Ол эрээри олоххо интэриэстээх дьон курдук тоҕо эрэ бука бары ыал буолан оҕо-уруу төрөтөн ууһуу-тэнийэ сатыы олороллоро эмиэ да дьикти.
Газохимическай собуоттар тулалыыр айылҕаҕа, киһиэхэ дьайыыларын туһунан ааҕан баран олох буорайдым. Маннык собуот телеуттар олорор территорияларыгар тутуллубут. Баара суоҕа собуот туруон иннинэ 800 000 тахса ахсааннаах телеуттар туһунан суруйбуттар. Билигин бэрт кылгас кэм иһигэр кинилэртэн 3 000 телеут биэс дэриэбинэҕэ хаалбыт. Бука бары ынырыктаах ыарыыга ыалдьаллар урод оҕолору төрөтөллөр. Эстэн, өлөн
биһиэхэ тутуллуохтаах собуот дьаатыттан сутуллан аҕыйах сыл иһигэр бүтээхтээбиттэр. Онтон сахалар баара суоҕа 440 000 төрүт олохтоохтор уопсайа 940 000 ахсааннаахпыт. Ити аата биһигини дөбөҥнүк да эһэр албаһы толкуйдаабыт эбит күн судаар Аҕа баһылыкпыт.
Итиннэ бэлэмнээн тыа сирин кураанахтаары тыа хаһаайыстыбатын соруйан эспит курдук. Ону бэйэтэ бу күннэргэ: “Тыа хаһаайыстыбатын 20 сыл устата сыыһа салайбыппын”,-- диэн билиннэ. Бука аҥаар кырыы сирбит баайын соҕотоҕун атыылыыр харам санааттан итинниккэ тиийдэҕэ. Төһө кэминэн эстэрбитин билгэлээн итинник 20 эрэ сыл гарантиялаах кылгас болдьохтоох дьиэлэри туталлар дуу?
Газохимическай собуот тулалыыр айылҕаны олоччу өлөрөрүн таһынан Лена өрүс тардыытыгар баар тыынар тыыннааҕы олоччу өлөрөр, сүһүрдэр эбит. Салгынынан тарҕанар сүлүһүннээх дьаата былыт буолан көтөн атын улуустары биири да матарбакка сутуйуохтааҕын туһунан суруйбуттар. Өрүс кытыытыгар ити дьааттан ынырыктаах элбэх балык өлөн сытарын көрдөрбүттэр. Дьоннор төрүөхтэрэ төннөн араас ынырык дьиикэй оҕолор төрөөбүттэр. Өрүс уута сүлүһүннээх дьаатынан сутуллан хап-харанан будулуйа устар. Ынырык хартыынаны интернеккэ көрдүм.
3-7 миллиард сыаналаах маннык собуоттар эһиннэхтэринэ 7-тэн сүүһүнэн тыһыынча киһини аҕыйах сөкүүндэнэн күдэҥҥэ көтүтэр эбит. Итинник абаарыйата элбэҕинэн аан дойду атын судаарыстыбалара газохимическай собуоту бэйэлэригэр тутартан аккаастаналлар. Оттон биһиги күн судаар Дьөгүөрбүт булбут индиятын киһитинээн 120 миллиардка тутабыт дэспиттэр. Аан дойдуга ханна да суох улахан собуот эһиннэҕинэ киһи өйдөөн-санаан көрбөтөх иэдээнэ буолсу. Эстиэ, дэлби тэбиэ суоҕа, диэн ким да, биир да специалист гарантия биэрбэт.
Саха сирэ саҥа технологияны баһылыа,--диэн киһиргэтэллэр. Ол көнө ньуурдаах, кытаанах кырыс сирдээх, итии дойдуларга эстэр сэп биһиги тыйыс айылҕалаах аһара итийэр, тымныйар, итииттэн тымныыттан тыынан сирбит хамсыы турар. Оннук сиргэ сатаан үлэлиир дуо? Аны бэйэбит үлэлиир мэнтэлитиэппит мөлтөҕө. Хайдах да арбанан, чабыланан, киһиргээн муҥнаммыппыт иннигэр биһиги сатаан туттубат тэрилбит буолуохтаах.
Үлэ миэстэтэ тахсыа дииллэр. Кырдьык тахсыа. Онно кимнээх үлэлиэхтэрэй? Биллэн турар сахалар. Тоҕо диэтэххэ ол собуотка үлэлиир киһи түөрт уон сааһын ааспат, эбиитин урот оҕону төрөтөр. Онно ханнык да кэлии киһи үлэлээбэтэ чуолкай.
Инвестиция киирэр, харчы элбиэ дииллэр. Даа, ол эмиэ кырдьык. Ол эрээри ол харчыттан биһиги соххор солкуобайы туһаммаппыт. Инвестор харчытын бэйэтигэр үлүннэрэн ылыа. Нолуок биллэн турар Москваҕа барыа. Томтор тааска курдук: “Нолуок эһиэхэ киириэ”,--диэн албынныахтара. Промышленностан солкуобайы да туһаммат гына бары бырааппыт олоччу сокуонунан бобуллубута. Итинник биһигини эһэр инниттэн биһигини сайыннарар бары кырааммытын саппыттар.
2014 сыл атырдьах ыйын бүтүүтэ биир киһи Туймаада хаһыакка “Бүлүү бөлөх улуустары олоччу Дьокуускайга киллэрэн олохсутуохха”,-- диэн ис хоһоонноох ыстатыйатын аахпыппын өйдөөн этим күүскэ “дьар” гына түстэ. Онно эбии хоту уонна илин эҥэр улуустар нэһилиэктэрин кэнэҕэс
Дьоккуускайга симэллэр үһү,-- диэни эмиэ истибиттээхпин. Хайдах хайдаҕый? Кулгааҕым чуҥкунуурга дылы. Куһаҕан сурах кырдьык буолан иэдэтээччи. Оччоҕо Дьөгүөрбүт собуотун үлэһиттэрин Дьокуускайга түмэр дуу?
Бу олорон санаатахха ити собуоттар оҥоһуллуулара олох эрдэттэн В.А.Штыров Мэҥэ бырайыагынан былааннанан үлэ бөҕөтө ыытыллыбыт. Собуоту үлэлэтэр электролиния тардыллан турар. Аһара элбэх сылга 600 000 тонна уу туттуллар. Бу дьаат буолан Өлүөнэ өрүскэ кутуллар. Өлүөнэҕэ кутуллар туттуллубут уу 30 грама киһини өлөрөр үһү. Гаас турбата баар, өрүһү туораабыта. Аны собуокка туттуллар матырыйааллары, араас химикаты таһарга тимир суол кэлбитэ. Массыына суола бэлэм. Олохтоохтор таба өйдөөн мэһэйдиэхтэрэ,--диэн Мэҥэ Хаҥалас, саха сирин бастыҥнарын политическай хонууттан былыр үйэҕэ туораппыттар.
Дьэ, итинник ынырыктаах ииннэнэр иэдээҥҥэ тойоммут төрүт олохтоох норуоттарын умса анньыбыт. Сахалар бу иһин махтанабыт дуо? Уһун сылларга дьаныһан туран биһиги кэлэр кэнчээри ыччаттарбытын хоруоптуур иһин үлэлээбит Аҕа баһылыкпытыгар. Борисовтаах бу сидьиҥ алдьатыылаах дьыалаларын суутунан сокуоннайдык арыйар кыахтаах А.Максимовы ол да иһин олоҕо суох сууттаан, сорунан туран эккирэтиһэн хаайбыттар. А.Максимов “Якутск вечерний” хаһыакка кулун тутар 20 күнүгэр биэрбит интервьютун көрүҥ. Кини онно Борисовтаах Штыровы саха сирин норуоттарын таҥнарыахсыттарынан ааттаабыт.
Гитлер европаны уонна ССРС-һы сэриилиирин харчыга хараҥарбыт аан дойду улахан банкирдара үбүлээбэттэрэ. Оттон биһиги Аҕа баһылыкпыт кинилэргэ холуйдахха быдан ордук өй хаата эбит. Ханнык да сэриитэ тааҥката, сөмүлүөтэ, артилерията суох халыҥ харчы туһугар саха сирин норуоттарын тыынын, хаарыан хампа күөх айылҕабытын бэйэбитигэр эппэккэ, сэрэппэккэ эрэ толук уурбут. Өссө хайҕатаары онно бэйэбититтэн көҥүл көрдөөн тугу да билбэккэ олорор нэһилиэнньэтиттэн илии баттааһыннары саҕалаабыт диэтилэр. Күннээҕи хамнастарын туһугар сылдьар учууталлар, быраастар оҕолорун, сиэттэрин тыынын амырыын дьаатынан сутуйарга сөбүлэһэн быыбарга курдук үөрэммит үгэстэринэн тойотторун тылын истэн илии баттаан эрдэхтэрэ. Хайдах да киһи өйүгэр баппат дьыала.
Күндү ааҕааччыам интернет ситимигэр киирэн көрүҥ уонна экологтар, геолоктар, врачтар хамнаспыт быстыа,--диэн быстах санааттан куттаммакка бар дьоммутугар мин төһө сөпкө, дуу сыыһа дуу аймаммыппын быһааран биэрдэргит. Олох өйүм-санаам иэрэгэй курдук ытыллан, үлтү кырбаммыт киһи курдук куһаҕан балаһыанньалаах куоракка ол-бу наадабар, эмп-том атыылаһа сүөдэҥнээн көрүүм.
Арамаан Дьөгүөрэп.
|
Category: Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка |
Views: 1835 |
Added by: uhhan1
|
|
|
Ааҕыылар |
Баар бары (online): 26 Ыалдьыттар (гостей): 26 Кыттааччылар (пользователей): 0 |
|