News topics |
Политика.Митинги. Пикеты. Партии
[900]
|
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения
[263]
|
Суд-закон.МВД.Криминал
[1280]
|
Право, закон
[323]
|
Экономика и СЭР
[839]
|
Власть Правительство Ил Тумэн
[1207]
|
Мэрия, районы, муниципалитеты
[400]
|
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО
[215]
|
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка
[555]
|
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги
[155]
|
Коррупция
[862]
|
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство
[291]
|
Социалка, пенсия, жилье
[277]
|
ЖКХ, строительство
[132]
|
Образование и наука. Школа. Детсад
[215]
|
Люди. Человек. Народ. Общество
[224]
|
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет.
[670]
|
Алмазы Анабара
[161]
http://alanab.ykt.ru//
|
Земля. Недра
[240]
|
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода
[377]
|
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ
[158]
|
Промышленность
[43]
|
Нефтегаз
[284]
|
Нац. вопрос
[284]
|
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации
[65]
|
Дьикти. О невероятном
[183]
|
Выборы
[661]
|
Айыы үөрэҕэ
[93]
|
Хоһооннор
[5]
|
Ырыа-тойук
[23]
|
Ыһыах, олоҥхо
[102]
|
Култуура, итэҕэл, искусство
[365]
|
История, философия
[239]
|
Тюрки
[76]
|
Саха
[153]
|
литература
[42]
|
здоровье
[465]
|
Юмор, сатира, критика
[14]
|
Реклама
[7]
|
Спорт
[123]
|
В мире
[86]
|
Слухи
[25]
|
Эрнст Березкин
[88]
|
Моё дело
[109]
|
Геннадий Федоров
[11]
|
BingHan
[4]
|
|
|
Main » 2015 » Муус устар » 19 » Ил Дархан баар, онтон Суоһалдьыйабыт…
Ил Дархан баар, онтон Суоһалдьыйабыт… | 08:34 |
Ил Дархан баар, онтон Суоһалдьыйабыт…
Кулун тутар аҕыс күнүнээҕи сарсыарда кэтэх тардыста сытан былыргы өбүгэлэрбит оччотооҕу кэмҥэ сылгы сүөһүнү ууһатар биэлэргэ улаханнык болҕомто ууруллан өйдүү-саныы сылдьар гына кулуну тутан хаалар ыйынан олус да сөпкө бэлиэтээбиттэр эбит дии санаатым.
Онно сиэттэрэн Сахабыт сирин бастакы сирэйэ дьахталларбыт барахсаттары бу күннэргэ бастарыттан атахтарыгар дылы эҕэрдэлээн баран, Төрүт сокуоммут кинилэри улаханнык атаҕастаан баран сылдьарын тобуламмын, бэри диэн бэккиһээн, сөрү диэн сөҕөн мэктиэтигэр саҥа аллайдым!!!
Арай кэлэр быыбарга дьахтар Ил Дархан дуоһунаһыгар талыллаары дөкүмүөнүн туттара тиийэн кэллин, быыбарынай хамыһыйаҕа???... Дьэ бу эрэйдээҕи ким диэн ааттыыбыт? Ил Дархан буолбат. Ил Дархан-ша…Ил Дарханка..Ил Дархаа-на, Илэ Тархана..а.а.. ээ суох.. хайдах эрэ…
Ил Дархан диэн биһиги Сахабыт сирин муҥутуур баһылыга. Ол гынан баран, мин толкуйбунан, бу тыл сахалыы тыллаах урааҥхайдарга эр киһиэхэ эрэ туһуланан, анаммыт тылын бары бэри диэн бэккэ билэбит быһылаах. Билигин суругунан бигэргэтиллибит суоруллубат сокуон буолан турар.
Сэбиэскэй Сойуус барахсан эр киһини, дьахтары тэҥнээбитин көрө-көрө көрбөтөҕө, билэ-билэ билбэтэҕэ буолан дьахталларбыт барахсаттары ити сокуонунан атаҕастаабыппыт дии саныыбын. Онтон астыммакка, били аймахтарбыт Орто Азия, эбэтэр били Бүлүү диэки баар буола сылдьыбыт тигии сирэйдээх дьирикинэйдэр курдук сирэйдэрин эрэ саба бүөлүүрбүт хаалбыт буолбаат!!!
Ити мин санаабар Туймаадабыт хочотугар дьахталларын сирэйдэрин саба баайан баран ботуоҥкатыгар толору тутуурдаах 8-9 хаамыы кэннилэриттэн хаамтарар идэлээх омуктар эбиллибиттэринэн, онно бэрт буола сатаан оҥоһуллубут эбит быһылаах диэн, бэрт омсуолаах санаа сүрэхпин быһыта кымаахтыыр...
Биир үтүө маанылаах күн Саха сирин дьахталлара маҥхааһай дьиэҕэ мунньустан, бары атах тэпсэн олорон Саха сиригэр дьахтары эмиэ хотун оҥостуохха сөп эбит онон ким диэн ааты иҥэрэбит диэн кэскиллээх тыын боппуруостарын, быһаарсаары кэпсэтэ мунньустубуттарын истэ охсон, Ил Дархан хоойго сытар холоонноох доҕоро Бороскуобуйа, бу сокуону бу дьахталлар туруннахтарына аана суох алдьархайы тардаллар онно хаххайдаһа сылдьыахтара диэбит быһыылаах, Саха сирин дьахталларын мунньан мунньахтыыр тэрилтэлэригэр төлөпүөнүнэн биллэрэ охсон, ыксал бөҕөнөн эҥин араас сиэдэрэй былааччыйа, муодунай түүппүлэ бөҕөнү ыксары сыанатын түһэрэттэрэн атыы-тутуу бөҕөтүн тардан кэбиспит.
Дьахталларбыт барахсаттар бары онно аралдьыйан, күҥҥэ көрбүт соҕотох эрэ барахсан бэлэхтээбит куортугун барытын кылыгыраччы иилиммитинэн дьиэ боруогун саҥа атыллаан киирэн эрэр Бороскуобуйа барахсаны, көхсүлэринэн туран эрэ, мааныкайдаах илиилэринэн Саха сирин бука бары дьахталларын хотунунан тала охсубуттарын билбэккэ да хаалбыттар.
Онон ити биир күн иһигэр, Саха сирин дьахталларыгар мунньахха мээнэ ньамаласпат уонна тылларын кыайан көтөхпөт, дьиэк биэрбэт усулуобуйалара тэриллэ охсубут. Дьэ тииҥ мэйии диэтэҕиҥ…
Итини мин санаабар көннөрөр кэм кэлбит быһыылаах.
Маҥхааһай дьиэҕэ аныгыскы дьахталлар мунньусталларыгар, атыыта-тутуута суох, ыһыытыылларыгар-хаһыытыылларыгар анаан, көҥкөлөйдөрүн чөллөрүтэллэригэр мууһу уулларан сылбархай ууну, элбэҕи бэлэмнээн тоһуйуохха наада.
Саха дьахтара барахсан айылҕаттан аһара намыын, мындыр. Кэлэр сырыыга Сахабыт сирин тоҕо дьахтар салайыа суохтааҕый? Салайан бөҕө буоллаҕа дии. Тэрилтэни олус сөпкө салайан олорор элбэх дьахтар баар ээ…
Ол гынан баран онно сөп түбэһэр сокуоммут суоҕа, онуоха эрдэ , тоҕо, соруйан толкуйдамматаҕын мин муодарҕыыбын эрэ. Ити үлүгэрдээх куораппыт хабыллар хаба ортотугар турар үс үллэр дьиэ тухары биир эмэ ону ыйдаҥардар эр киһи, ыйданардаах дьахтар суоҕа буолуо дуо?
санаатын суруйда Хаахай Бүөтүр
|
Category: Юмор, сатира, критика |
Views: 2228 |
Added by: uhhan1
|
|
|
Ааҕыылар |
Баар бары (online): 42 Ыалдьыттар (гостей): 42 Кыттааччылар (пользователей): 0 |
|