News topics |
Политика.Митинги. Пикеты. Партии
[900]
|
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения
[263]
|
Суд-закон.МВД.Криминал
[1280]
|
Право, закон
[323]
|
Экономика и СЭР
[839]
|
Власть Правительство Ил Тумэн
[1207]
|
Мэрия, районы, муниципалитеты
[400]
|
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО
[215]
|
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка
[555]
|
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги
[155]
|
Коррупция
[862]
|
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство
[291]
|
Социалка, пенсия, жилье
[277]
|
ЖКХ, строительство
[132]
|
Образование и наука. Школа. Детсад
[215]
|
Люди. Человек. Народ. Общество
[224]
|
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет.
[670]
|
Алмазы Анабара
[161]
http://alanab.ykt.ru//
|
Земля. Недра
[240]
|
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода
[377]
|
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ
[158]
|
Промышленность
[43]
|
Нефтегаз
[284]
|
Нац. вопрос
[284]
|
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации
[65]
|
Дьикти. О невероятном
[183]
|
Выборы
[661]
|
Айыы үөрэҕэ
[93]
|
Хоһооннор
[5]
|
Ырыа-тойук
[23]
|
Ыһыах, олоҥхо
[102]
|
Култуура, итэҕэл, искусство
[365]
|
История, философия
[239]
|
Тюрки
[76]
|
Саха
[153]
|
литература
[42]
|
здоровье
[465]
|
Юмор, сатира, критика
[14]
|
Реклама
[7]
|
Спорт
[123]
|
В мире
[86]
|
Слухи
[25]
|
Эрнст Березкин
[88]
|
Моё дело
[109]
|
Геннадий Федоров
[11]
|
BingHan
[4]
|
|
|
Main » 2016 » Ыам ыйа » 26 » Олимпиец Александр Иванов
Олимпиец Александр Иванов | 22:32 |
Олимпиец Александр Иванов
Биирдэ санаан көрдөххө үс Олимпиецтыын биир көлүөнэ бөҕөстөр буоларбытынан, оҕо сааспытыттан бииргэ алтыспыппытынан даҕаны истиҥ сыһыан биһиэхэ баар. Аны улуу Куоркун барахсан үөрэҕэ биир өлүүгэ өлө сылдьар, биир сыаллаах-соруктаах буоларбытынан бэйэ-бэйэбитигэр ханнык улууһуттан тутулуга суох убай быраат курдук сыһыаннаах буолууну булгу ирдиирэ. Ытык киһи бу кыһыл көмүс быраабылата тустуу спордунан дьарыктанар уолаттары биир сомоҕо күүстээбитэ.
Оччотооҕу модун ССРС ханнык баҕарар куоратыгар саха уолаттара көрсө түстүбүт да бэйэ-бэйэни бииргэ төрөөбүт убай-быраат курдук өйөһүү, итии-истиҥ сыһыаннаах буоларбыт. Аны кыра саастаах аҕа саастааҕы, кырдьаҕас дьону булгу ытыктыахтаах, убаастыахтаах, диэн буолара. Билигин санаатахха биһиги көлүөнэ спортсменнар эһээ буолан үгүс ыччаттанан киһи--сүөһү төрдө буолан олорон кэлэр көлүөнэҕэ хаалларыахтаах иитиллиибит биир сүрүн үтүө өттө буоларын өйдөөтүм.
Улуу Куоркун ити үөрэҕэ Чурапчы интернат оскуолатыгар эрэ буолбакка атын улуус тустуук уолаттарыгар эмиэ дьайара. Ол иһин эбитэ дуу, олимпиецтары кытары биир бэйэм син биир атын улуус уолаттарын курдук олус чугас истиҥ сыһыаннаахпын. Табаарыһым Арамаан Михайлович Дмитриев туһунан баарыгар сааһым тухары бииргэ иилэҥкэйдэһэн баран биир да үтүө тылы тиһэн хаалбатахпын. Билигин кэлэн ити улахан алҕаспын өйдөөн Александр Николаевич Ивановы кытары анаан-минээн кэпсэтии ыытан кини туһунан биир эмэ үтүө тылы суруйарга бэйэтиттэн уонна кэргэниттэн Варвара Афанасьеваттан көҥүл ыллым.
Атаспыттан көҥүл ылан үөрэн-көтөн дьиэбэр кэлэн суруксуттаары көмпүүтэрбэр төҥкөйдүм. Арай доҕоор ханнык эрэ дьикти сүдү күүстэн сүр баттатан эмискэ мах бэрдэрдим!!! Сүрэҕим ньүөлүйбэхтээн, сүһүөҕүм мөҕөн ылла! Бай бу тугуй?!-- диэн соһуйан, дөйүөрэн балачча олорбохтоотум. Быдан былыргы дьыллар мындааларыттан, урукку дьыллар улаҕаларыттан үтүмэннээх үйэлэри уҥуордаан өбүгэлэрбитинэн хоһуллан кэлбит олоҥхо дойдутун сүдү бухатыыр дьонун, айыы ньургун уоланнарын улуу олоҥхоһуттар олоҥхоҕо хоһуйар тыллара кулгаахпар иһиллэргэ дылы гынна. Аҕыс акыйаан анараа өттүгэр, тоҕус муора уҥуоругар айыы бухатыыра бар дьонун көмүскээн аҕыс иилээх-саҕалаах аан ийэ дойдуну атыйахтаах уу курдук аймаабыт абааһы уолунаан ыйы-ыйынан охсуһар ыһыылаах-хаһыылаах, алдьатыылаах, хаан олбохтоох өлөр-тиллэр икки ардынан дуолан охсуһууга кыайан орто дойдуга айыы дьонун уруйун-айхалын ыларын санаталаатым.
Ойон туран төттөрү-таары хаамыталаатым уоскуйан ыстакааҥҥа уу куттан иһэн, илэ бодобун тардынан сибилигин туста киирэн иһэр киһилии оҥостон, тэринэн көмпүүтэрбэр хаттаан төҥкөйдүм. Сөп ээ, Олимпиец диэн эттэххэ судургу. Дьиҥ иһигэр киирдэххэ оччолорго сир саарыгар түөрт миллиартан тахса ахсааннаах киһи аймахха орто аан ийэ дойду өркөн-өйдөөхтөрүн, дуулаҕа күүстээхтэрин, сүүс араас сүдү албастаах мэҥэ күүстээхтэрин охтортообут эргиччи өттүнэн модун күүстээх, түҥ былыргытынан таҥараҕа тэҥнээх, чахчы да бөдөҥ улуу дьон буоллахтара.
Буолан баран орто дойду улууттан улуулара, чулууттан чулуулара билиммит Улуу Пехлеван-Александр Иванов.
Аны үс Олимпиец медалист биир Олимпиадаттан. Аны саха ахсаана бу аҕыйаҕын. Оччолорго балтараалыы миллиардтаах улуу кытай, индия курдук уонна да атын бөдөҥ сайдыылаах судаарыстыбалар Олимпийскай мэтээлгэ кыайан тиксибэт этилэр. Олимпийскай мэтээл суолтата оннук улахан сүдү, күндү. Оттон сахалар элбээн-элбээн, эбиллэн-эбиллэн билигин баара суоҕа кыһыл оҕотуттан саҕалаан 450 000 эрэ буоллубут. США куораттарыгар биир өссө балтараа мөлүйүөн киһи батар небоскребтара бааллар. Ол аата США саатар биир дьиэтин аҥаарын да кыайан толорбот аҕыйах ахсааннаах омукпут.
Мантан Олимпиадаҕа бэлэмнэнэр саастаах эр дьону сүүмэрдээтэххэ өссө кыра ахсаан тахсар. Аҥаарбыт быһа холуйан дьахтар. Ол аата 225 00 тыһыынча эр киһи хаалла. Маны 70 сылга түҥэтиэх. Ортотунан 3214 киһи буолла. Аны Олимпийскай оонньууларга бэлэмнэнэр кыахтаах 16 сааһыттан 25 сааска диэри тоҕус сылга төгүллүөх. Баара суоҕа 28 921 эр киһиттэн талыллан, сүүмэрдэнэн үс олтимпийскай мэтээл. Бу аата хайдаҕый? Баара суоҕа биир улуус олохтооҕүн ахсаана. Ити өссө билиҥҥи ахсаанынан быһа холуйан суоттаатым. 1976 сыл саха ахсаана өссө биллэ аҕыйах буолуохтаах.
Саха омуга омуна суох чахчы даҕаны улуу өркөн өйдөөҕүн, күлүмэх күүстээҕин, талааннааҕын бу үс Олимпиецтарбыт уонна ССРС үтүөлээх тренерэ Д.П.Коркин дакаастаабыттар. Кинилэри иитэн-үөрэтэн таһаарбыт улуу учууталбыт Д.П.Коркин чахчы да сүдүтэ улуута манна көстөр. Бу түөрт улуу дьон сир үрдүгэр саха омук баарын тухары Саха норуотун аатын үрдүктүк тутан ааттара ааттана туруоҕа. Улуу тренер Д.П.Коркин итинэн саха киһитэ ыстаал курдук кытаанах доруобуйалааҕын эрэ буолбакка былыргыта улахан сайдыылаах, халыҥ, кырдьаҕас омук сорҕото буоларбытын дакаастаабыт.
Сахалар быйыл биһиэхэ Россия чемпионата ыытылларынан сибээстээн Монреаллааҕы Олимпиадаҕа бу улуу кыайыы 40 сылын өтөрүнэн умнуллубат гына дьоһуннук бэлиэтээри олоробут.
Биһиги эрабыт быдан инниттэн Олимпийскай оонньуулар кыайыылаахтарын уруйдаан номох оҥостон кэпсээннэригэр кэпсииллэрэ, хоһоонноругар холбууллара, ырыа гынан ыллыыллара, тойуктарыгар туойаллара. Орто дойду эт-хаан, өй-санаа өттүнэн итинник уһулуччу сайдыылаах дьонун уһулуччу үрдүктүк тутан улуу кыайыы сиимбэлэ оҥостон уруйдууллара-айхаллыыллара үтүө үгэскэ кубулуйан күн бүгүнүгэр диэри сайдан-сайдан кэллэҕэ. Ити туһунан араас улахан дойдуларга Олимпиецтарын национальнай герой быһыытынан хайдах уруйдуулларын туһунан араас дьикти улахан чиэстээһиннэрин истэн ааҕан элбэҕи билэбит.
Саха Республикатыгар көҥүл тустуу тэриллибитэ 60 сылынан, Монреаллааҕы Олимпиадаҕа сахалар үс мэтээли ылбыппыт 40 сылын чиэһигэр быйыл ыытыллаары турар Россия чемпионатыгар тустууктар эрэ буолбакка ыалдьааччылар, саха норуота уонна СР салалтата интеллектуальнай, материальнай уонна социальнай өттүнэн сайдыыбытын историяҕа хаалларар биир дьоһун историческай түгэнинэн буолуоҕа.
Варя Макарова
Александр Николаевич туһунан бииргэ үөрэммит уолаттара кэргэнэ Варяҕа үтүө тыллары этэллэрин, махтаналларын биирдэ эрэ истибэтэҕим. Доҕотторо этэллэрин уонна сөҕөллөрүн курдук Варя саха дьахтарын өркөн-өйүн кэргэн быһыытынан кэрэтин, олоххо дьулуурун, тулуурун, кэргэҥҥэ бэриниилээҕин саамай сөпкө хайгыыллар. ”Кини эрэ баар буолан Александр Иванов улууттан улуулар ситиһэр сүдү ситиһиитин ситиспитэ”,-- дииллэр. Сахаҕа өс хоһоонун курдук кынаттаах этии баар: ”Үчүгэй дьахтар ханнык да бэйэлээх мөкү киһини күлүмүрдээбит үтүө эр бэрдэ оҥорон таһаарыа уонна кини бэлэмигэр көҥүл күөлэһийиэ. Мөлтөх дьахтар ханнык да күлүмүрдээбит бэйэлээҕи үлтү тэпсэн киһи аатыттан аһарыа”,--диэн. Бу иэдээни... кытаанах ол эрээри олоххо баар кырдьык.
Варя тулаайах буолан Чурапчы томторугар детсааттан саҕалаан интернат оскуолаҕа оҕо сааһа ааспыта. Онон интернат оскуола тустуунан дьарыктанар уолаттарын кытары оскуолатааҕы сыллара бииргэ ааспыта. Тустуу спорда кыра сааһыттан олоҕун эйгэтэ. Улуу Куоркун үөрэҕэр кыыс оҕону кытары тустууну сайыннарыыга сатаан таба туһанара. Сытыы-хотуу культурнай маассабай сектор салайааччытын таба көрөн спордунан дьарыктанар оҕолор дьиэлэрин ахтыбатыннар, ыраах баран аралдьыйбатыннар, диэн оскуола культурнай маассабай тэрээһинигэр Бөтүрүөбүс Варянан субуоталарга биэчэрдэри тэриттэрэр.
Дмитрий Петрович Ленинградака үөрэнэн бүтэрбит анал үөрэҕэ нуучча тылын учуутала. Ити туһунан Чурапчы оҕолоруттан маннык ис хоһоонноох кэпсээни истэрбит. Д.П.Коркин Чурапчы библиотекатыттан интернакка салаасканан кинигэ бөҕөтүн соһон таһаарара. Оҕолорго бастаан ким хас страницаны ааҕыахтааҕын сорудах биэрэн аахтарара. Оҕолор нууччалыы ааҕар буолбуттарын кэннэ иккилии үстүү этиини сөпкө суруйарга үөрэтэрэ. Үөрэххэ дьарыкка хонтуруол кытаанах этэ. Онтон устунан нуучча классиктарын айымньыларын аахтаран ону ырыттарара. Киниэхэ үөрэммит оҕолор: Ол иһин биһиги атын сиргэ түргэнник нууччалары кытары биир тылы буларбыт, диэччилэр.
Алма-Атаҕа үөрэнэ сылдьан нуучча классиктара Лермонтов, Пушкин уо.д.а. айымньыларын студеннары кытары ырытан кэпсэтиигэ Варя кытыннаҕына: Эн дедтом оҕото буолбатаххын ханнык эрэ үрдүк сайдыылаах профессордар кыыстарын курдукккун,--диэн дьүөгэлэрэ бэлиэтиллэрэ. Варя Алма-Атаҕа тиийэн нууччалары кытары кэпсэтиигэ эрэйи көрбөтөҕүм, диэн Д.П.Коркиҥҥа махталын бэрт иһирэхтик ахтар.
Онуһу бүтэрээри сырыттахтарына арааһа Варялаах Саша сыһыаннарын көрө сырыттаҕа саас Д. П. Коркин Варяны бэйэтигэр ыҥыттарар. Кыыс: “Тыый, туох буоллаҕай?”—дии саныы, саныы спортзалга киирэн кэлэр. Дьарыктана сылдьаллар эбит. Кыыс киирбитигэр Бөтүрүөбүс саҥата суох олоро түһэн баран Варяҕа туһаайан: “Саша быйыл үөрэҕин бүтэриэхтээх”,--диэн соҕотох этиини этэр. Ону Варя: “Үөрэнэ сылдьар киһи бүтэриэ буоллаҕа”,--диир. Ону Д.П.Коркин: “Суох Варя эн кинини кытары үөрэҕэр күүскэ дьарыктан. Күрэхтэһиилэргэ сылдьар буолан көтүтэрэ элбэх”,--диэн
сорудахтыыр. Хайыай кыыс сорудахтаах киһи быһыытынан көмөлөһүөх буолан сөбүлэһэн баран тахсар.
Ааҕааччы өйдөөн олордоҕо араас улуустартан, араас иитиилээх, киириилээх-тахсыылаах сытыы-хотуу уолаттары муоһалааһын манан аҕай буолбатаҕа биллэр. Куоркун сорудаҕын толорор кыыс сатаан булан-талан уолаттары көҥүл дьаһайталыыра. Кыаттарымаары гыммыт уолга: “Бээ мин Бөтүрүөбүскэ...”,--диэтэ да бүтэ турара. Кыыс оҕо улаатарыгар үгэс быһыытынан үчүгэйдик ыллыыр, үҥкүүлүүр уолаттары ордук сыаналыыр. Онтон бу интернат кыргыттара бука бары тустуу диэн баран муннукка ытаабыт, тустуу спордунан ыалдьаллара. Оннооҕор Чурапчы дьахталлара: “Оҕо буоллар ытаатын ынах буоллар маҥыраатын”,-- диэн баран тустуу күрэхтэһиитигэр ыстаналлара. Оскуола да кыргыттара онтон олох хаалсыбаттар. Тустууну сыныйан интэриэһиргииллэрэ күрэхтэһиилэри көтүппэккэ көрөллөрө. Арааһа ол иһин Варя спортивнай врач идэтин баһылаабыта уонна үйэтин тухары ити таптыыр идэтинэн олоҕун устата спортсаалаҕа тустуук уолаттарбыт доруобуйаларын араҥаччылаан дьарыктанна. Спортивнай врач идэтэ доруобай киһи доруобуйатын туругун үөрэтиигэ, иитиигэ туһунан улахан суолталаах наука.
Оччолорго Чурапчы спортивнай саалатыгар сылдьыбыт дьон иккис этээскэ оҥоһуллубут балкону көрбүт буолуохтаахтар. Бу оскуола оҕолоро күрэхтэһиини көрөллөрүгэр анаан спортсаала тутуллан бүппүтүн кэннэ оҥоһуллубут. Балкон тутуллуута эмиэ остуоруйалаах. Кыргыттар уолаттары кытары тэҥҥэ үлэлээн тустуу саалатын тутуспуттара. Истиэнэ муоҕун ханапаакылааһын, саала үрдүн буорун кутуу олоччутугар кыргыттар уолаттары кытары тэҥҥэ Дмитрий Петрович салалтатынан үлэлэспиттэрэ. Онон саха тустуутун Олимпийскай үрдэлгэ таһаарбыт спортсаала тутуутугар кыттыылара улахан дьоһуннаах миэстэни ылар. Спортзал үлэҕэ киирбитин кэннэ Н.Н.Тарскай бирииһин ыыталлар. Онно кыргыттары миэстэ суох, диэн киллэрбэтэхтэр. Спортсааланы тутуспут кыргыттар: ”Спортсааланы биһиги эмиэ тутуспуппут онон күрэхтэһиигэ сылдьар бырааптаахпыт”,--диэн айманан киэҥ айдааны тардаллар. Ол түмүгэр ити балкон эбии оҥоһуллубут. Оҕолор интэриэстэрин баҕаларын өйүүр САССР үтүөлээх учуутала В.Ф.Ермолаев оскуолаларын директорын билиҥҥээҥҥэ диэри күндүтүк санаан ахталлар.
Варябытыгар төннүөх. Интернат оскуолаҕа “А” уонна “Б” икки кылаас баара. “А” кылааска кырылас уолаттар. Варя үөрэнэр “Б” кылааһыгар үс кыыс интернаттан, тастан түөрт кыыс баара. Үөрэнэ сырыттахтарына Сылаҥ интернатыгар оҕо тиийбэт диэн Сылаҥ оскуолатын директора Аркадий Егорович Филиппов интернат оскуола директора Василий Федотович Ермолаевка кэлэн оҕо көрдөөбүт. Бу үс кыыска эппиттэр. Анараа икки кыыс үөрүүнэн сөбүлэспиттэр. Варя аккаастааччы буолбут: “Оскуолаҕа линейка оҥорон баран Макарова Варя биһиги оскуолабытыгар үөрэнэр кыаҕа суох, диэн биричиинэтин этэн туран үүрдэххитинэ эрэ барыам”,--диэн саайбыт. Ис биричиинэтэ Варя Сылаҥ интернатын билэр эбит. Ол интернакка оҕолорго таҥнар таҥас биэрбэттэр. Манна таҥнар таҥаһынан олоччу хааччыйаллар. Варя ийэтэ суох киһи онтон улаханнык саллыбыт. Икки директор оскуола оҕотуттан олохтоох, төрүөттээх атыыр аккаас кытаанаҕын ылан соһуйуу бөҕөтүн соһуйан, сөҕүү бөҕөтүн сөҕөн эрэ кэбиспиттэр.
Сотору Сылаҥтан кыргыттары ыла массыына кэлбит. Сөбүлэспит кыргыттар таҥастарын ыла костыляншаҕа сырсан тиийбиттэр: ”Онно баран тугу таҥнан-симэнэн сылдьаары гынаҕыт? Ханна да барбаккыт”,--диэн костылянша оруобуна Варя толкуйдаан саллыбыт биричиинэтинэн киирэн тулаайах кыргыттары үүртэлээн ыыппыт. Түмүгэр интернат үс кыыһа үһүөн оскуолаларыгар салгыы үөрэнэ хаалбыттар.
Александр Иванов
Саша Сунтаар улууһун Туой Хайа бөһүөлэгин олохтооҕо. Тохсус кылааска Сунтаарга үөрэнэ киирэр. Кини манна Москва куоракка ГЦОЛИФК кыһыл дипломунан бүтэрбит ССРС спордун маастара Анатолий Габышевка тустуунан дьарыктанар. Александр Николаевич Анатолий Габышевка тустуу бэртээхэй оскуолатыгар үөрэммитин: ”Дьылҕам миигин икки улуу тренергэ түбэһиннэрбитэ”,--диэн олус күндүтүк саныыр. Тохсуска үөрэнэ сылдьан Чурапчыга интернакка сборга кэлэ сылдьыбыт. Онно Варя тэрийбит биэчэригэр баянынан үҥкүүлэри доҕуһуоллаабыт. Саша Варя көрүүтүгэр сүрдээх чараас таҥастаах. Сунтаарга биһиэхэ холуйдахха быдан сылаас. Онно сылдьар таҥаһынан сырыттаҕа,--диир. Уолаттар хаатыҥканан сылдьар буоллахтарына кини баччыҥканан бүрүүкэнэн сылдьар. Кыыс ону бэлиэтии көрөр. Аны туох да үлэ буоллаҕына көрөн турбат түсүһэн үлэлээн имитэн иһэр. Ити курдук сылдьан оҕолору кытары билсэн бииргэ дьарыктанан эн мин дэһэн Сунтаарыгар төннүбүт.
Сунтаар оскуолата ыһыллар. Оҕолор дьарыктанар сирдэрэ суох буола түһэр. Чурапчыга ону истибиттэр. “Туох баар докумеҥҥын илдьэ кэл”,-- диэн Д.П.Коркинтан телеграммата кэлэр. Күһүөрү окко үлэлии сылдьан Саша телеграмманы туппутунан ийэтигэр сүүрэн тиийэр: “Тустубаккын хайаабаккын таах сибиэ эккин-хааҥҥын быһыта тыыттаран”,-- диир. Аҕатыгар тиийэн көрдөрөр ону аҕата саҥата суох мүчүк гынан баран: “Барар буоллаҕыҥ”,--диэн кэбиһэр. Боппуруос ити икки тылынан быһаарыллан Чурапчылыыр. Чурапчыга үөрэнэ сылдьан ол-бу сбордары кэрийэн үөрэҕэр көмөҕө наадыйара. Онно кылааһын оҕолоро, учууталлара өссө олох да киин сиртэн кэлэн үлэлии сылдьар нуучча кыргыттара учууталлар бары кыһаллан өйөөбүттэрин Александр Николаевич күн бүгүнүгэр диэри олус күндүтүк ахтар. Варя анаан-минээн Сашаны кытары дьарыктанара. Кэлин чугастык билсиһиигэ ити эмиэ олук уктаҕа.
Чурапчыга Сунтаартан табаарыһа Макаров Валентинныын тиийэллэр. Варя бу түгэни үчүгэйдик санаан ахтар. “Дьэ Сунтаар уолаттара кэллилэр ээ. Биирдэһэ клеш да клеш, үҥкүү да үҥкүү. Иккиспит баяҥҥа ооньуур”. Бастакы киэһэ кэнниттэн өссө арааһа аймахтыы буоллахпыт, диэтэҕэ Валентин Макаров Варяҕа эҕэрдэ ыыта охсубут. Эмиэ Бөтүрүөбүс сорудаҕынан Варя үҥкүү киэһэтин тэрийбит. Сашаҕа кэлэн баяҥҥа оонньууругар көрдөһөр ону биирдэһэ аккаастыыр. Сотору Варяны үҥкүүгэ ыҥыран үҥкүүлүүллэр. Ол сылдьан саала муннугар соҕотох чүмэчи турарын Саша саба үрэн кэбиспит. Варя: “Оо дьэ, биһиэхэ маннык сатаммат. Бэрт түргэнник умат”,--диэн буолбут. Чүмэчи иккистээн умайан үҥкүү, оонньуу, көр салҕанар.
Оскуола уонна производство.
Оскуола кэнниттэн Варя оччотооҕу хомсомуол ыҥырыытынан икки сыл Сылаҥ хотонугар үлэлии барар. Саша биир сыл тренердиир оттон Алма Атаҕа үөрэнэ барар. Бу иннинэ Константин Сергеевич Постников Варяны көрсөн: “Евдокия Яковлевнаҕа бара сырыт”,-- диэн кэргэнигэр ыытар. Евдокия Якеовлевна Барашкова интернат иитээччитэ Варяны кытары кэпсэтэр уонна түмүгэр Варяны интернакка иитээччинэн убайын Коляны интернакка суоппарынан ылар гына сүбэлэһэллэр. Варя ону үөрэ көтө аҕатыгар тиийэн кэпсиир. Аҕата сөбүлэһэр. Ону маачахата Өрүүнэ—Ирина Федоровна Артьемева: ”Бу оҕолор үөрэх бүтэрэн да көмөлөһүмээри гыннылар”,--диэн аккаас биллэрэр. Сарсыныгар Варя арыы собуотугар үлэҕэ барар устунан Сылаҥҥа дояркалыы хаалар. Коля эмиэ ханна да барбат. Ити курдук убайынаан иккиэн Сылаҥҥа үлэлии хаалаллар.
Ол кэмҥэ икки өттүттэн ханнык эбэһээтэлистибэтэ суох суруйсуулар саҕаланаллар. Кыыһырсыылар араас икки өттүттэн тус-туһунан иитиилээх дьон санааларын атастаһыылара буолар. Иккис сылыгар Алма-Атаҕа үөрэнэ сылдьан Варяны Саша ыҥырар: ”Кэлбэтэххинэ мин үөрэхпин быраҕыбын”,--диэн санаастыыр эҥин буолан барар. Ол сылдьан кыһын арай биирдэ Сылаҥҥа саҥа дьыл саҕана Газик массыына тиийэн кэллэ.
Кыргыттар: “Тыый бу туох массыынатай? Аны тойотторбут бырааһынньыкка кытары кэлэллэр эбит дуу?—дии саныыллар. Ол икки ардыгар массыынаттан Варя бырааттара бытарыс гына түспүттэр. Ону кытары Саша Платонов Бүөккэлиин киирэн кэлэллэр. Бүөккэ хараҕа бэбээскилээх. Уолаттары кытары охсуспуттар. Ону туста сылдьан өлөрбүт аатырдылар. Варя дьонун чэйдэтэр. Ол олорон кэпсэтэ түһэн баран: “Варя биһигини кытары барыс”,-- диэн буолла. Варя: “Тыый ынахтарбын ким ыаҕай барбаппын”,--диэн атыыр аккаас. Ол олорон көрдөҕүнэ кыргыттар хосторун аанын сэгэтэн туран: “Барыс барыс ынахтаргын биһиги ыахпыт”,-- диэн имнэнии илиинэн атаҕынан сапсыныы бөҕө. Ити олорон эмискэ барсар буолан турда. Инньэ гынан Чурапчыга дьонугар тиийэн бииргэ үөрэммит оҕолорунаан Шестаков Бүөккэлээҕинэн эҥин икки күн саҥа дьыллаан үөрэн-көтөн Сылаҥҥа үлэтигэр кэлэр.
Ити көрсүһүү кэнниттэн кыыска дьэ боччумнаах санаалар киирэллэр. Дьиҥнээх тус сыаллаах суруйсуулар ис хоһоонноро уларыйар.
Иккис үлэ сыла бүтэн Варя абитуриеннаары сылдьар. Ону аҕата: “Алма Атаҕа бар”,-- диир. Ону кыыс дьиҥ иһигэр онно санаалаах эбиитин кэпсэтиилээх сылдьан аҕатыгар. “Суох да суох”,-- диир.
Салгыыта бэчээттэниэ
http://uhhan.ru/news/2016-05-20-13428
Арамаан Дьөгүөрэп
|
Category: Спорт |
Views: 2068 |
Added by: uhhan1
|
|
|
Ааҕыылар |
Баар бары (online): 18 Ыалдьыттар (гостей): 18 Кыттааччылар (пользователей): 0 |
|