Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [670]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [93]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [239]
Тюрки [76]
Саха [153]
литература [42]
здоровье [465]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [123]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2016 » Алтынньы » 28 » Кэмпэндээйигэ – НКВД холуонньата
Кэмпэндээйигэ – НКВД холуонньата
17:44
Кэмпэндээйигэ – НКВД холуонньата
Билигин Кэмпэндээйи диэни иһиттилэр да, дьон үксэ эмтээх бадарааннаах сонотуоруйу, аатырбыт туус хостонор сирин, ураты кэрэ айылҕалаах, бултаах-алтаах үтүө дойдуну саныы түһэр буолуохтаахтар.
Олохтоох дьон бу сир эмтээх бадарааныгар бааһырбыт кыыл-сүөл кэлэн эмтэнэрин көрөн, туус баарын билэн, хас эмэ үйэ анараа өттүттэн туһанар буолан барбыттар. Бу сири бэйэтин кэмигэр Ерофей Хабаров кэлэн көрбүтэ биллэр. 1640 с. нуучча сулууспалааҕа Воин Шахов 100 буут ыраас тууһу хостоон Бүлүү воеводствотыгар илдьибит. 1736 с. Маны Степан Крашенинников кэлэн анаан үөрэппитэ, 3 миэтэрэ үрдүктээх өйдөбүнньүк остоолбо туруорбута (онто 1929 с. сууллубут). 1826 с. нуучча улуу композитора Петр Чайковскай аҕата, хайа инженерэ Илья Петрович Кэмпэндээйи туустаах сирин үөрэтэн барбыта. 1854 с. Ричард Маак бу сири эмиэ анаан-минээн чинчийбитин “Вилюйский округ» диэн кинигэтиттэн сиһилии билиэххэ сөп.Салгыы бу сири 1907 с. политсыылынай,  минерология профессора Петр Драверт, 1916 с. М.А. Образцов кэлэн үөрэтэн көрбүттэрэ. Сэбиэскэй былаас сылларыгар саха да дьоно хаалсыбатахтара, бу сири үөрэтиигэ кылааттарын киллэрбиттэрэ.

Аҕа дойду сэриитин сылларыгар кэрэ бэйэлээх Кэмпэндээйи атын өттүнэн аатырбыта. 1943 с. ыам ыйын бүтүүтэ Кэмпэндээйигэ үлэнэн көннөрөр холуонньа арыллыбыта. Аан бастаан 100-тэн тахса хаайыылааҕы Бүлүү куорат түрмэтиттэн баржалаах борохуотунан Сунтаарга тиэйэн аҕалбыттара. Салгыы бу дьону икки өттүттэн ыттаах, саалаах харабылларынан хомбуойдатан, 56 км ыраах сири сатыы холуоннанан хаамтаран Кэмпэндээйигэ тиэрдибиттэрэ. Бу дьон ортотугар эр дьон, дьахталлар, оҕолор, кырдьаҕастар бары бааллара. ¥гүстэрэ – хоргуйан өлүмээри бурдук туорааҕын хомуйбут, кэтэх сүөһүлэрин өлөрөн сиэбит, байыаннай нолуогу кыайан төлөөбөтөх, ордугу-хоһу тыллаһан бэлитиичэскэй буруйга тардыллыбыт, итэҕэстэммит, ол эбэтэр “арастараатаҕа” уо.д.а. буруйдаммыт дьон.

Кэлбит дьону икки улахан бараахха олохтообуттара. Икки харабыл вышката баара. Күһүөрү лааҕыры 6 миэтэрэ үрдүктээх олбуорунан эргийбиттэрэ. Букатын кыаммат, үлэни кыайбат буолбут дьону туһунан биир бараахха көһөрөллөрө. Онно киирбит дьон, үгэс курдук, өлөллөрө. Хаайыылаахтар суунар баанньыктара бөһүөлэккэ баара. Онно кинилэри хомбуойдаан илдьэн сууннараллара. Быттыйбыт дьон таҥастарын холуонньа иһигэр баар бадыбаалы оттон буһараллара. Элэктэриичэстибэ уота түүннэри-күнүстэри кэлэрэ, түүн прожектордар умайаллара. Зона икки өттүн овчарка ыттарынан харабыллаталлара. Лааҕыр штаба үөһээ бөһүөлэккэ баара. Ол таһыгар биир дьиэҕэ холуонньа начаалынньыга В.И. Бурлов ойоҕун кытта олорбута.

Хаайыылаахтар үгүстэрэ туус собуотун саамай ыарахан үлэтин толороллоро. Сорохтор – мас кэрдиитигэр, сорохтор Устьеҕа диэри суол оҥоһуутугар үлэлииллэрэ. Тайахха тэптэрэн сылдьар мөлтөх, ыарыһах хаайыылаахтар үрэҕинэн уһаарыллан кэлбит мас хостооһунугар сылдьаллара. Холобур, мас хостооһунугар хаайыылаахтар үрэх мууһунан бүрүллүөр диэри сылдьаллара. Эрэһиинэ саппыкы диэни билбэтэх дьоҥҥо ол төһөлөөх ыарахан үлэтин билигин сэрэйиэххэ эрэ сөп.Бу курдук ыарахан үлэттэн, хоргуйан дьон күн аайы өлөллөрө. Олору көмөргө анал иин хаһар туспа биригээдэ үлэлиирэ.
Уонча сыллааҕыта Иван Семенов-Көҥдөй Уйбаан диэн киһи “холуонньаҕа хаһаайыстыба үлэтигэр биир маҥан аты көлүйэллэрэ. Сордоҥноохтон уу баһаллара, өлбүт дьону тиэйэллэрэ. Өлбүт дьону кыһын сыарҕаҕа өрөһөлүү тиэйэн таһааран иһэллэрин тилэхтэрин көрөр этим” диэн кэпсээбиттээҕэ. Өлбүт дьону үөһэ таһааран туох да хоруоба-таймата суох уопсай дьаамаҕа төкүнүтэн баран, тоҥ буорунан саба тарыйан кэбиһэллэрэ.

Хаайыылаах оҕо күннээҕи нуормата – 100 г килиэп, улахан дьоҥҥо – 300 г (кэлин 400 гыммыттар). Туустаах сыа балыктан уу-ньамаан миин буһараллар эбит. Хоргуйан ыксаабыт дьон бэс субатын буһаран сии сатыылларын, хомбуойдар көрөн тута тоҕута тэбиэлээн кэбиһэллэрин кэпсииллэр. Күндэйэттэн төрүттээх, оҕо сылдьан бу холуонньаҕа олоро сылдьыбыт Николай Григорьев маннык ахтар:
– Кэдьэмэҕэ биир быста ырбыт нуучча киһитэ кур уҥуоҕу уокка кэрээн сии сытан кулуһун таһыгар өлбүтэ...

Николай бэйэтэ 1942 с. тулаайах хаалан баран, Сунтаарынан, Кэмпэндээйинэн, Элгээйинэн бырадьаагы баран, түбэһиэх хотонунан, тэрилтэ дьиэтинэн хоно сылдьыбыт. Биирдэ Элгээйи лааппытыгар саһан хонон, аһаан, балтараа сыл болдьоххо хаайыллыбыт. Ол саҕана кини баара-суоҕа 10 эрэ саастаах эбит. Оччотооҕу сокуон быһыытынан, оҕо 12 сааһыттан саҕалаан холуобунай эппиэккэ тардыллыахтаах эбит да, төһө эмэ кини 1932 с. бэс ыйыгар төрөөбүтүн мэктиэлиир докумуоннааҕын үрдүнэн, Кэмпэндээйитээҕи өлүү холуонньатыгар симпиттэр. Ол саҕана бу лааҕырга 12-16 саастаах 40-ча оҕо баара үһү. Олор үгүстэрэ хоргуйан өлбүттэр.

Холуонньа начаалынньыгынан Василий Васильевич Бурлов диэн 1909 с. төрүөх, Москубаҕа төрөөбүт нуучча киһитэ анаммыта. Кини 1933 с. – рабфагы, 1938 с. хайа дэһээтинньиктэрин кууруһун бүтэрбит, ньиэмэс тылын үөрэппит. ГУЛАГ систиэмэтигэр 1929 сылтан ыла буспут-хаппыт киһи эбит. 1943 с. атырдьах ыйыгар Бүлүү куоратыгар кэлбит, ол сыл ахсынньытыгар Кэмпэндээйи холуонньатыгар начаалынньыгынан анаммыт. Мэлдьи гимнастеркалаах, пилоткалаах, ньиэмэс овчарката батыһыннарыылаах сылдьар үрдүк, хара бараан киһи эбит. Айаҕын улахан баҕайытык дьаллаҥнатан саҥарарын иһин хаайыылаахтар кинини “Хахай” диэн ааттыыллар эбит. Бурлов иннинэ холуонньа начаалынньыгынан Венчужин диэн араспаанньалаах, саха ойохтоох, Альберт диэн уоллаах киһи үлэлии сылдьыбыт да, салалтата тоҕо эрэ сөбүлээбэтэх, ууратан кэбиспит.  

Н.Д. Григорьев кэпсииринэн, Кэдьэмэттэн биир эмээхсин ойуурга мунан барбытын тутан баран, Бурлов ытынан илдьи убахтатан кэбиспит. Таҥаһа барыта ибили тыытыллыбыт эмээхсин аҕыйах эрэ хонон хаалбыт. Өлбүт. Холуонньаттан күрээбит дьону ытынан дэлби убахтатан, кырбаан-кырбаан баран бадыбаалга хаайаллар эбит. Ол дьонноро сотору өлөн хаалаллара.
Архыыпка Кэмпэндээйи лааҕырыттан куоппут дьону тутууга-хабыыга “үтүөтүн” иһин хайҕалга сылдьыбыт Василий Васильевич Тетерин диэн стрелок туһунан докумуоннар көһүннүлэр.  Холобур...
 
Выписка из Приказа по отдельному дивизиону ВОХР ОИТК НКВД ЯАССР
25 мая 1943 г. № 14 г. Якутск
20 мая, стрелок 1-го взвода т. Тетерин В.В. был послан в розыск бежавших 2-х беглецов, совершивших побег из лесо-заготовки 1-й колонии, благодаря находчивости и проявленной инициативе со стороны т. Тетерина, беглецы в 50-ти км были задержаны и доставлены в колонию.
Стрелку 1-го взвода Тетерину В.В. объявляю благодарность с занесением в личное дело.
 
Командир отдельного дивизиона ВОХР
Мелкумян
Нач. штаба Земляков.
 
Дьэ ол кэнниттэн Тетерин карьерата салгыы үрдээбит, ыстаарсай надзиратель, онтон отделение хамандыыра буолбут бирикээстэрэ бааллар. Тетерин хаайыылаахтарга аһыныгаһа суох хабыр сыһыанынан салалтаҕа олус биһирэтэн-сөбүлэтэн, бэл, ойоҕун эмиэ холуонньа кассирынан үлэҕэ ылбыттар.
Сунтаар Сиэйэтиттэн Буххайыыс диэн хос ааттаах оҕонньору “Сталины үөхтэ” диэн түбэһиннэрбиттэр. Сээркээн сэһэнньит, бэрт хоодуот кырдьаҕас лааҕыр кыыллыы усулуобуйатын тулуйбакка ыалдьан өлбүт.

10 саастаах Николай Григорьев Бурлов ынаҕын манаан аһатар эбээһинэстээх эбит. Ону баара, ханнык эрэ күрүөйэхтэр ол ынаҕы уоран сиэн кэбиһэннэр, уолчаан мэлдьи Бурлов өлөрүөх буолан сааныытын ортотугар сылдьыбыт.

Кэмпэндээйигэ холуонньа олохсуйуоҕуттан ыла, Бүлүү түөрт улууһуттан манна киһи бөҕө кэлэ турбута. Биир кэмҥэ холуонньаҕа 300-чэкэ киһи олоро сылдьыбыта. Бачча кыра түөлбэҕэ араас ыстатыйанан сууттаммыт киһи, холуобунай буруйдаах бөҕөтүн түмэ сылдьыбыттара Кэмпэндээйи бөһүөлэгин олоҕор-дьаһаҕар бэрт куһаҕаннык сабыдыаллыыр эбит. 1944 с. Кэмпэндээйи оскуолатын дириэктэрэ Данилова отчуотугар маннык суруйбут: «Отрицательные поведения учащихся вызваны влиянием среды п. Кэмпэндяй, где много различных личностей, с разными пороками и профессиями среди которых вращаются учащиеся. Потому само условие среды создаёт большие трудности в деле воспитания дисциплины учащихся. Здесь по праздникам бывают пьянства, драки и ругани много, что конечно влияет на детей».

Этиллибитин курдук, холуонньа усулуобуйата ыараханыттан, тутуу-хабыы кытаанаҕыттан, хоргуйууттан дьон өлүүтэ олус элбэҕэ. Бу өлүү лааҕырыгар аҥаардас Чакыр (Күндэйэ) нэһилиэгиттэн  25 киһи киирэн өлбүтэ биллэр. Ол биир нэһилиэктэн оччо киһи киирэн өлөр буоллаҕына, Сунтаар 13 нэһилиэгиттэн, Бүлүү сүнньүн атын улуустарыттан төһө киһи манна түбэһэн эрэйи көрбүтүн, өлбүтүн-сүппүтүн туох билиэй? Билиҥҥитэ Кэмпэндээйи холуонньатыгар сылдьыбыт дьон испииһэктэригэр 120-чэ эрэ киһи сурулла сылдьар. Дьиҥнээх докумуоннар Дьокуускайга ИДьМ архыыбыгар умайан хаалбыттар.

1944 с. үтүө санаалаах дьон бу лааҕырга буола турар ынырык быһыыны-майгыны биллэрэннэр, Дьокуускайтан анал хамыыһыйа кэлэн бэрэбиэркэлээбит. Түмүгэр, холуонньа салалтата хаайыылаахтарга кыыллыы сыһыана дакаастаммыт, начааалынньык В.В. Бурлов үлэтиттэн ууратыллыбыт. Салалта уларыйбытын кэннэ сыыйа холуонньа олоҕо көммүтүнэн барбыт, аһылык тупсубут, ыарыһахтары эмтиир усулуобуйа тэриллибит, дьон өлүүтэ лаппа аҕыйаабыт.
Төһө да хаайыылаахтарга хабыр сыһыанын иһин ууратылыннар, В.В. Бурлов курдук “сыаналаах” каадыры салалтата сыыска-буорга хаалларбатах. Ол курдук...
 
Приказ Народного комиссара внутренних дел ЯАССР № 319  от 27 июля 1944 г.
Отозвать:  в распоряжение ОИТК НКВД ЯАССР  начальника ИТК № 8 ОИТК НКВД ЯАССР  Бурлова Василия Васильевича
Нарком ВД ЯАССР полковник госбезопасности Савинов.
... диэн кэнниттэн тута
 
Приказ №136 от 16 октября 1944 г. г. Якутск
 
  Назначается: начальник ИТК № 8 ОИТК  НКВД ЯАССР Бурлов Василий Васильевич, на должность начальника производства ИТК-1 с 12 октября 1944 г.
 Начальник ОИТК НКВД ЯАССР мл. л-т  Г.Б. Петер
 
Бурлов кэнники дьылҕата биллибэт.
Оттон билиҥҥи Кэмпэндээйи сиригэр-уотугар холуонньа турбут, киһи бөҕө чэгиэн этэ сэймэктэммит, уһун уҥуоҕа урусхалламмыт суола-ииһэ оспот баас буолан сүрэҕи тыыта, өйү-санааны ытыйа, хараҕы аала сытар. Хомойуох иһин, манна оччотооҕу суут-сокуон сууһарбыт төһө элбэх киһитэ, ол иһигэр оҕо-дьахтар, кырдьаҕас, сырдык тыына быстан, кыыл-сүөл курдук хараллан сытарын ким да билбэт, билэр да кыах суох.

Нэһилиэк уонна улуус салайааччылара манна буолан ааспыт алдьархайы ахтан-санаан, аны хаһан да маннык алдьархай хатыламматын туһугар, кэлэр көлүөнэ ыччакка анаан өйдөбүнньүк пааматынньык туруоруохтара диэн бүк эрэнэрбин биллэрэбин.
Устуоруйабытын умнуо суохтаахпыт!
 
Калистрат КИРИЛЛИН.
Category: История, философия | Views: 1579 | Added by: uhhan1
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  Алтынньы 2016  »
БнОпСэЧпБтСбБс
     12
3456789
10111213141516
17181920212223
24252627282930
31
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 33
Ыалдьыттар (гостей): 33
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024