Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [670]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [93]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [239]
Тюрки [76]
Саха [153]
литература [42]
здоровье [465]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [123]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2018 » Олунньу » 14 » Таастаахха сылдьан кыбыста санаатым
Таастаахха сылдьан кыбыста санаатым
10:32

 

Нам Таастааҕа киин улуустарга саха боруода сүөһүнэн дьарыктанар соҕотох нэһилиэк. Соторутааҕыта сүөһүлэр туруктарын билсэ бара сылдьан баран, кыбыста санаан кэллим. Тоҕотун быһаарыам.

Таастаах Нам кииниттэн тус арҕаа 52 биэрэстэ тэйиччи сытар дьоҕус нэһилиэк. Кыһыл Сыыр – Дьокуускай гаас утаҕын аттыгар сытар буолан, гаас оттуктаммыта быданнаабыт, суоллара үчүгэй. Саастаах дьон аҕыйах, биэнсийэлээхтэрэ да үлэ үөһүгэр сылдьаллар.

Учуокка турарынан 312 олохтоох баарыттан дьиҥ олорооччута – 270. 77 дьиэ кэргэн олорор. 32 үөрэнээччилээх 9 кылаастаах оскуола, 30-ча оҕолоох уһуйаан үлэлиир. 3 үлэһиттээх кулууп, 6 тыһ. кинигэ пуондалаах бибилэтиэкэ, ФАП, сайынын үлэлиир арыы сыаҕа баар.

2007 сылтан аҥаардас саха боруодатын ииттэллэр. 459 сүөһүлээхтэриттэн ыанньыга – 142. Арааһа, итинтэн аҥаара ыраас хааннаах саха сүөһүтэ, уоннааҕыта хаһыс да көлүөнэ сахатыйбыт сэмэнтээл уонна холмогор удьуордара. 397 сылгыттан биэтэ – 250. "Сис" обургу уонна 5 кыра бааһынай хаһаайыстыба баар. 3 бааһынай кыттыһан, "Таастаах" диэн ТХПК тэринэн эрэллэр эбит.

Таастаахха уһулуччу кыаҕырбыт, эбэтэр олус дьадайбыт диэн суох. Эйэ дэмнээхтик, сахалыы сиэри-туому тутуһан үлэлии-хамсыы олороллор.

Хоммут, өрөөбүт ыалларым...

Маҥнайгы күн 5 сыллааҕыта биэнсийэҕэ да таҕыстар, "Сахаагроплем" тэрилтэ (бу иннинэ "Тускул" ГБУ ) Таастаахтааҕы салаатын селекционер-зоотехнига О.А. Аргуноваҕа хоннум. Ольга Андреевна элбэх кэпсээннээх-ипсээннээх. 2 оҕото үөрэх кэнниттэн куоракка олохсуйбут, 2 сиэннээх. Кэргэнэ, Таастаах патриота, саха сүөһүтүн иитиини көҕүлээччи, сылгыһыт Дьөгүөр Аргунов 7 сыллааҕыта, баара эрэ 51 сааһыгар ыалдьан, олохтон туораабыт. Кини 2007 с. "Тускул" ГБУ мантан 3 көстөөх Горнай Улуу Сыһыытыттан саха сүөһүлэрин Таастаахха аҕалыыга, нэһилиэнньэ мунньаҕын тэрийэргэ, дьону өйдөтүүтэ, хотон өрөмүөнүгэр, сылытыыны киллэриигэ улаханнык көмөлөспүт улахан өҥөлөөх киһи эбит.

Сарсыныгар Ольга Андреевналыын тускуллар хотонноругар бардыбыт. Онно барарыгар тас аанын хатаабакка, маһынан баттатан кэбиспитин сөхтүм. Аныгы үйэҕэ маннык маһы (сиппиири) эрэ өйөннөрөн барар ыал төһө элбэҕэ буолла? Судургу эрээри, элбэҕи этэр түгэн.

Сарсыныгар 4 оҕолоох Степан уонна Надежда Азаровтар диэн биэнсийэҕэ тахсыбыттара биэс сыл буолбут дьоһун ыалга баран, икки хоннум. Уоллара Назар Хамаҕаттаҕа 8-с кылааска үөрэнэр. Кыргыттар 1-дии 2-лии үрдүк үөрэҕи бүтэрэн Дьокуускайга үлэлииллэр, үөрэнэллэр. Кыра кыыс Ньургуйаана дуобакка Аан дойду, Дьобуруопа, Арассыыйа, Саха сирин элбэх төгүллээх чөмпүйүөнэ, призера эбит. Ийэлэрэ Надежда кэлин папье-машенан оҕуруолаан-мандардаан дьикти үчүгэй чороону, иһити, араас малы оҥорор буолбут, туоһунан тигэргэ үөрэнэр.

Аһаараптар 9 саха сүөһүтүн кыстатан тураллар. Иннинээҕи күн биир ынахтара төрөөбүт этэ. Аҕалара Ыстапаан мин кэлэрбин истэн ньирэйин “Кэрэспэдьиэн диэн ааттаатым” диэн соһутта. Маҥнайгы хонугум сарсыардатыгар аны иккис ынахтара төрөөбүтүн, Иванна диэн ааттаабыт. Онон Таастаахха икки "ньирэйдэнним". Ыстапаан сахатыйбыт ынахтарыттан сайынын 10-12, кыһынын 5-6 кг ыырын этэр. О.э., ортотунан, 7 кг, оттон сыата 5 % диэххэ. Ол эрээри сайын сыахха 4-4,5%-нан туталлар үһү. Ханан даҕаны арыый намтаталлара баар суол. Интэриэһинэйэ, Ыстапаан ынахтара төрүөн иннинэ 10-ча (!) эрэ хонукка сынньаппыт. Онон сыллааҕы үүттэрин ааҕан таһаарарга, 7 киилэни 355 хонукка төгүллээтэххэ, сылга 2485 кг ыыр. Ону 5 %-сыалааҕынан суоттаатахха (базовай сыа – 3,4%), харчы аахсар 3654 (!) киилэ үүт курдук тахсар. Маны лиитирэ үүт сыанатыгар 45 солк. төгүллээтэххэ-- 164430 солк. аахсар. Итиччэ үбү эбии аһылыга суох, аҥаардас отунан аһыыр сүөһү биэрэр. Бу кэнниттэн саха ынаҕа (кыра булкаастаах да буолтун иһин) үүтэ кыра диэн сэнээҥ! Аҥаардас отунан да турдаллар, сүөһүлэрин туруга үчүгэй бөҕө. Хаһаайын хайдаҕа бу мантан да көстөр.

Тускуллар хотонноругар

"Сахаагроплем" тэрилтэ Таастаахтааҕын сүөһүлэрин дьон уруккулуу “тускуллар” диэн ааттыыр. Бу питомникка быйыл барыта 120 ыраас саха сүөһүтэ, о.и. 38 ынах, 7 атыыр уонна 2 ат оҕус баарыттан, 5 ынах төрөөбүт. Сүөһүлэри Кузьма Муксунов, Елизавета Свешникова диэн 2 оҕолоох, 50-чалыы саастаах (30-ча кэтэх сүөһүлээхтэр) уонна Семен, Ангелина Атласовтар диэн 4 оҕолоох эдэр ыал олус кыһамньылаахтык көрөллөр. Хаһаайыстыба сүрүн соруга эти-үүтү оҥоруу буолбатах, саха сүөһүтун төрөтөн -ууһатан тарҕатыы, хаан тупсарыыта, плем үлэ. Нэһилиэк ынаҕын барытын кэриэтэ филиал атыыр оҕустара буоһаталлар эбит.

Үлэһиттэр уруккута 15-тии тыһ. хамнастаахтара, былырыыҥҥыттан 30-туу тыһ. буолан, санаалара кэлбит. Кыһаллан үлэлиилэрэ көстөр. Хотон ыраас, талах сиппииринэн мэлдьи сиппийэ сылдьаллар, сүөһүлэрин туруга куһаҕана суох.

Зоя ынах ыаһар

Зоя Тарасова туһунан ааспыт сайын "Кембридж кыыһа саха сүөһүтүн үөрэтэр" диэн суруйан турабын. Зоя -- Намтан төрүттээх, ХИФУ омук тылын тылбаас салаатын бүтэрэн, салгыы хаалан билим хандьыдаата, дассыан буолан устудьуоннары үөрэтэ сылдьыбыт. Ол сылдьан "Дьулуруйар Ньургун Боотур" олоҥхону тылбаастаан, куонкуруска кыайан, Англия аатырар Кембридж университетыгар босхо үөрэнэр грант ылбыт. Онно магистратураны бүтэрэн "Саха сүөһүтэ саха омук култууратыгар суолтата" диэн дуоктар үлэтигэр матырыйаал хомуйаары, ааспыт күһүнтэн Таастаахха тахсан үлэлии сылдьар. Саах күрдьүһэр, ынах ыаһар. ХИФУ учуонайа, Англияҕа тиийэ үөрэммит куорат мааны кыыһа Таастаах түгэҕэр тиийэн хотоҥҥо үлэлиирэ соһуччу курдук да, омуктар ирдэбиллэрэ оннук үһү. Учуонай буолар инниттэн “киһи бэйэтин илиитинэн-атаҕынан үлэлээн, уопут ылан, онтун дакаастабыл оҥорон, онтугар тирэҕирэн үлэ суруйуохтаах” диэн эбит. Оттон биһиэхэ, Арассыыйаҕа, үөрэхпит хайдаҕын бэйэҕит бэркэ билэҕит.

Зояҕа ситиһиилэри баҕарабын. Миигин куораттан булан илдьэ тахсыбытын, кыһамньытын иһин махтанабын. Аара баран иһэн "Таастаахпын аҕынным даҕаны" диэбитин соһуйа, үөрэ иһиттим. Зоя Егоровна элэккэйэ-эйэҕэһэ бэйэтин киэнэ, бэлиэр Таастаах кыыһа буола охсубут. Зоя, кытаат! Саха сүөһүтүн сайдыытыгар кылааккын киллэр...

Дьэ, туохтан кыбыһынным?

Малтаччы этим: үөһээҥҥи тойотторбутуттан. Санатан хатылыыбын, сэрии иннинэ биһиги 494 (!) тыһ. саха сүөһүлээх этибит. Ол барахсаттарбытын, саханы бачча сыллар тухары иитэн кэлбит "буруйдарыгар", 1500 курдук эрэ төбө сүөһүнү хаалларан имири эспиппит. Итинтэн ынаҕа 600-кэ эрэ. Боруода быһыытынан эһиннэ, Кыһыл кинигэҕэ киирдэ! Боруода быһыытынан билинэргэ, кырата, 1000 ынахтаах буолуохтаах эбит. Ону чөлүгэр түһэрэргэ 10-тан тахса сыллааҕыттан "Бытантай", "Тускул" диэн анал ГБУ-лар тэриллэн, уураах тахсан үлэ бара сатыыр да -- өнүйбэппит. Төрүөтэ биир – үрдүкү салалта суолта биэрбэт, саха сүөһүтүн сэниир, үбүлээһин ситэтэ суох.

Х-р, Таастаах филиала 2007 с. тэриллибит. Сүөһүлэри 10 сыл устата самналлыбыт эргэ сопхуос хотонун бөрөөн-самаан кыстатарга күһэллэллэрэ. Ол хотон сууллаары көтүллүбүтүн кэннэ, хотонноро суоҕуттан, эдэр пиэрмэр грант ылан туттубут хотонун уларсыкка ылан үлэлэппиттэрэ быйыл иккис кыһыныгар барбыт. Бу хотону иллэрээ сыл үптэрэ хойутаан, тымныы түспүтүн кэннэ, сэтинньи бүтүүтэ, бүтэрбиттэр. Онон тас көстүүтэ үчүгэйин да иһин, итэҕэһэ элбэх. Тас истиэнэтин биир хос тимир илииһинэн бүрүйэн баран, тымныыга күүгэнинэн ыстара сатаабыттар да, ситэ сыстыбатах. Бүтүннүү -- кырыа. Үрдүн поликарбонатынан саппыттара көстөн турар. Хотон кыһыннары, халлаан сылыйдар эрэ, таммаҕынан "ардыыр" дииллэр. Хотону уларсалларын иһин сылга 10-нуу сүөһүнэн төлөһөллөр эбит. Аны, биир суотай оттуур ходуһалара суох. Отторун, 130 туоннаны, Үөдэйтэн атыылаһаллар. Улахан, кыра да тиэхиньикэ диэн мэлигир. Сүрүн тардар күүстэрэ – Партизан диэн саха оҕуһа. "Мэхэньисээссийэлэрэ” диэн – саах сыарҕатын үрдүгэр олордуллубут сүөкүүргэ эргийэн биэрэр тимир буочука. Бүттэ. Сүөһүнү аһатар даллара суох буолан, уулаталларыгар эрэ таһырдьа таһаараллар. Саха сүөһүтэ тымныыны тулуйар дьоҕурун ити мөлтөтөрө көстөн турар. Хотон сииктээх уонна таммалыы турар буолан, лаампалара сотору-сотору умайар. Ону үлэһиттэр дьиэлэриттэн аҕалан уларыталлар үһү

Сахабыт сүөһүтэ барахсаны итинник атаҕастаан, көйгөлөөн турарбытыттан киһи кыбыстар. Үйэ чиэппэрин устата биир хотон кыайан тутуллубатах! Бу Таастаахха финн учуонайа, бэрэпиэссэр Юхо Какконен үстэ кэлэн барбыта, атын да сирдэртэн кэлэн көрөллөр. Истэригэр бу тэринэн-дьаһанан, сүөһүбүт эрэйдээҕи дьаабылаан олорорбутуттан төһө эрэ кэлэйэллэр? Таастаахха быйылы ааспакка саҥа хотону туттахха табыллыыһы. Сүрэ да бэрт!

Иван Пономарев, Чурапчы.

Category: Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка | Views: 1497 | Added by: uhhan1
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  Олунньу 2018  »
БнОпСэЧпБтСбБс
   1234
567891011
12131415161718
19202122232425
262728
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 118
Ыалдьыттар (гостей): 118
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024