Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [670]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [93]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [239]
Тюрки [76]
Саха [153]
литература [42]
здоровье [465]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [123]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2018 » Олунньу » 14 » ТЫЛ САЙДЫЫТЫН ТЫЫН БОППУРУОСТАРА
ТЫЛ САЙДЫЫТЫН ТЫЫН БОППУРУОСТАРА
10:45

Олунньу 13 күнэ – төрөөбүт тыл уонна сурук-бичик күнэ. Тыл чөл туруктаах буоларыгар судаарыстыба өттүттэн болҕомто, көмө хайаан да баар буолуохтаах. Бүгүн Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханыгар Тыл бэлиитикэтин сэбиэтин хос бэрэссэдээтэлэ, СӨ үөрэххэ уонна билимҥэ миниистирин бастакы солбуйааччыта Феодосия Васильевна Габышева тыл сайдыытын тыын боппуруостарын туһунан санааларын таһаарабыт.

Судаарыстыбаннай тыл уопсастыба бары эйгэтигэр туттуллар хомоҕой тыллаах-өстөөх, олоҕурбут нуормалаах, табыгастаах тиэрминнээх, сайдыбыт истииллээх буолуохтаах. Тыл сайдара былаас уорганнарын үлэтигэр, үөрэх эйгэтигэр хайдах туттулларыттан, кэнчээри ыччакка чөл туруктаах тиэрдэртэн, төһө айымньы, научнай үлэ сурулларыттан, кинигэ, тылдьыт тахсарыттан, норуот уус-уран айымньыта сурукка тиһиллэриттэн быһаччы тутулуктаах.

Тыл бэлиитикэтигэр ханнык судаарыстыбаннай уорган эппиэттиирий? Биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр Тыл бэлиитикэтигэр уопсастыбаннай сэбиэт Бэрэсидьиэн В.А. Штыров уурааҕынан 2002 сыллаахха тэриллибитэ. Сэбиэт сүрүн сыала-соруга – нуучча, саха уонна аҕыйах ахсааннаах хотугу омуктар төрөөбүт тылларын чөл туруктарын харыстааһын уонна сайыннарыы; үлэни былааннааһын; тэрилтэлэри, идэлээх дьону түмүү; уустук боппуруостары дьүүллэһии. Манна даҕатан эттэххэ, Арассыыйа Бэрэсидьиэнигэр иһинэн үлэлиир Нуучча тылын сэбиэтэ 2014 сыллаахха тэриллибитэ. Эмиэ биһиги сэбиэппит курдук сүбэлэһэр уонна сүрүннүүр сыаллаах-соруктаах.

Тыл бэлиитикэтин сэбиэтин А.К. Акимов, Е.И. Михайлова Бииссэ-бэрэсидьиэннии олорон салайбыттара. Билигин Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана Е.А. Борисов Тыл бэлиитикэтин сэбиэтигэр салайар үлэһиттэр, учуонайдар, учууталлар, суруйааччылар, онтон да атын сыһыаннаах дьон бааллар. Мин 2003 сыллаахтан үөрэх миниистирэ, онтон 2010-2014 сылларга Бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин солбуйааччыта буолан олорон уонна билигин эмиэ уопсастыбаннай таһымҥа бэрэссэдээтэли солбуйааччынан үлэлээн кэллим. Сэбиэт былааннаах үлэтин, күннээҕи түбүгүн эппиэттиир сэкиритээр сүрүннүүр. Бастакы сэкиритээринэн филологическай наука хандьыдаата Р.Р. Жиркова Бэрэсидьиэн уонна Бырабыыталыстыба аппараатыгар олорон, өр кэмҥэ таһаарыылаахтык үлэлээбитэ. Салгыы бу хайысха Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуоттарын департаменыгар (кэлин Национальнай бэлиитикэ кэмитиэтэ буолбута) бэриллибитэ. 2015-2016 сылларга кэмитиэт сабыллан, анал үлэлиир киһи ыстаапката сарбыллыбыта.

Тыл бэлиитикэтэ былаас болҕомтотуттан тахсыбатын туһугар, бэйэм көҕүлээммин, Үөрэх министиэристибэтин балаһыанньатыгар эбии боломуочуйа киллэртэрэн, уопсай үөрэхтээһин салаатыгар хос хайысха быһыытынан сыһыартарбытым. Биһиэхэ Национальнай оскуолалары чинчийэр, Арассыыйа наукатын академиятын Сибиирдээҕи салаатын Гуманитарнай чинчийии уонна хотугу аҕыйах ахсааннаах норуоттар үнүстүтүүттэрэ уонна Хотугулуу Илиҥҥи федеральнай үнүбүрсүтүөт салайааччылара, учуонайдар, уопсастыбаннай хамсааһыны көҕүлээччилэр, биирдиилээн энтузиаст дьон көмөлөһөллөр.

Дьиҥэ, тыл бэлиитикэтэ саха, нуучча уонна аҕыйах ахсааннаах хотугу омуктар тылларыгар исписэлиистэрдээх туспа устуруктуура буолуохтаах. Оччоҕо эрэ үлэ тиһигэ быстыбакка тэриллэрэ, хонтуруолланара көдьүүстээх буолуо.

Арассыыйа да таһымыгар Тыл бэлиитикэтинэн дьарыктанар чопчу боломуочуйалаах туспа судаарыстыбаннай уорган урут да, билигин да суох. Арай Омуктар дьыалаларын федеральнай ааҕыныстыбата, Үөрэх уонна наука министиэристибэтэ тус сыаллаах судаарыстыбаннай бырагыраамалар чэрчилэринэн куонкурустары биллэрэн араас үлэни тэрийэллэр. Ону сэргэ нуучча тылын нуорматын чочуйар, сааһылыыр, сайыннарар үлэни научнай уонна үрдүк үөрэх тэрилтэлэрэ ыыталлар:

  • Арассыыйа наукатын академиятын Тыл үнүстүтүүтэ (Институт языкознания РАН);

- Арассыыйа наукатын академиятын Тылы чинчийэр үнүстүтүүтэ (Институт лингвистических исследований РАН);

- Арассыыйа наукатын академиятын В.В. Виноградов аатынан нуучча тылын института;

- А.С. Пушкин аатынан нуучча тылын судаарыстыбаннай института;

- М.В. Ломоносов аатынан Москубатааҕы судаарыстыбаннай университет.

- Санкт-Петербургдааҕы судаарыстыбаннай университет.

Тыл бэлиитикэтин анал судаарыстыбаннай бырагыраамата. Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбаннай уонна официальнай тылларын харыстыыр уонна сайыннарар тус сыаллаах бырагырааманы туруорсан, 2005-2012 сылларга Үөрэх министиэристибэтигэр сүрүннээн үлэлэппиппит. Бырагыраама научнай төрүтүн Саха судаарыстыбаннай үнүбүрсүтүөтэ, Гуманитарнай чинчийии, Аҕыйах ахсааннаах хотугу омуктар, Национальнай оскуолалары чинчийэр институттар хааччыйбыттара уонна үгүс үлэни толорбуттара.

Анал бырагыраама баар буолан, элбэх быһаарыллыбакка, харгыстанан турбут үлэ үбүлэнэн, олоххо киирэн барбыта. Онтон үп-харчы тыырыллыыта сааһыланар, бырагыраама ахсаана аҕыйатыллар кэмнэригэр Үөрэҕи сайыннарар биир кэлим бырагыраама иһигэр хос бырагыраама (подпрограмма) быһыытынан киирбитэ. Даҕатан эттэххэ, быйыл Арассыыйа үрдүнэн үлэлии турбут “Нуучча тыла” анал бырагыраама эмиэ Үөрэҕи сайыннарар федеральнай бырагыраамаҕа холбонно.

Бырагыраама үлэлиэҕиттэн, өрөспүүбүлүкэбитигэр 1996 сыллаахха бастакы Бэрэсидьиэммит М.Е. Николаев уурааҕынан биллэриллибит Төрөөбүт тыл уонна сурук-бичик, Арассыыйа үрдүнэн 1991 сыллаахтан бэлиэтэнэр славянскай сурук-бичик уонна култуура, нуучча тылын (2011 с.) күннэрэ далааһыннаахтык тэриллэр буолбуттара.

Тыл бэлиитикэтин уонна омуктар икки ардыларыгар сыһыаны сүрүннүүр быраагыраамалар чэрчилэринэн уһулуччу ситиһиилээх дьоммутугар сыллата С.А. Новгородов, Кирилл уонна Мефодий, Н.Г. Самсонов, Н.И. Спиридонов-Тэки Одулок, В.Д. Лебедев, Г.М. Василевич ааттарынан Ил Дархан бириэмийэлэрэ туттарыллаллар. Маны таһынан, Дьокуускайга саха тылын үөрэтиэн баҕалаах улахан дьоҥҥо аналлаах куурустар баар буола сылдьыбыттара. Учууталлар дойду киин куораттарыгар идэлэрин үрдэтэр кыахтаммыттара. Оскуолаларбыт саха тылын уонна литературатын, хотугу омуктар тылларын уонна литератураларын кэбиниэттэринэн хааччыллыбыттара. Саха, эбээн, эбэҥки, дьүкээгир тылларын интэриниэт эйгэтигэр киллэрэр сыаллаах электроннай босуобуйалар, компьютернай бырагыраамалар оҥоһуллубуттара.

15 туомнаах Саха тылын быһаарыылаах тылдьыта, сахалыы таба суруйуу, тиэрмин тылдьыттара (нууччалыы-сахалыы, сахалыы-нууччалыы “Уопсастыба үөрэҕэ”, “Устуоруйа”, “Тыл үөрэҕэ”, “Менеджмент”, “Олохтоох бэйэни салайыныы”, “География”, “Тулалыыр эйгэ”, “Төрүт култуура”, “Дьыаланы бэрийии”,“̎Технология”), эбээн тылын хас да туомнаах быһаарыылаах тылдьыта, атын да хотугу аҕыйах ахсааннаах омуктар тылларыгар тэттик тылдьыттар, кэпсэтинньиктэр тахсаллар. Тыллар туруктарын чинчийии, уһук хотугу улуустарга экэспэдииссийэлэр тэриллэллэр эрээри, үбүлээһин аҕыйах, тыл элбэх буолан, кинигэ ахсаана кэмчи, чинчийии далааһына эмиэ оннук буолан тахсар.

316A7030

Таба суруйуу нуорматын олохтуурга туох үлэ ыытылларый? Сурук сүрүн тосхолун, быраабылаларын бигэтик олохсутар үлэни ыытарга кэмиттэн кэмигэр анал хамыыһыйа тэриллэр. 2001 сыллаахха Бырабыыталыстыба уурааҕынан “Сахалыы таба суруйуу быраабылалара” бигэргэммиттэрэ. Онно киирии тыллары икки барыйааннаан (сахатыйбыт да, нууччалыы да көрүҥнэринэн) суруйуу көҥүллэммитэ. Олох сайдыыта саха тыла олоҕурбут нуормалаах буолуохтааҕын дьэҥкэтик көрдөрдө. Онон 2012 сыллаахха саха арпагыраапыйатын хат бэрийэн онорор хамыыһыйа тэриллибитэ. Биллэр-көстөр тыл идэлээхтэрэ (суруйааччылар, суруналыыстар, эрэдээктэрдэр, учууталлар) түмсэн, таба суруйуу саҥа быраабылатын уонна тылдьыты онорбуттара. Кинилэр элбэх көннөрүүнү, уларытыыны, эбиини, көҕүрэтиини киллэрбиттэрэ. Арпагыраапыйа саҥа быраабылата 2015 сыллаахха эмиэ Бырабыыталыстыбанан бигэргэтиллэн, бэчээттэнэн, саҥа тахсыбыт саха тылын учуобунньуктарыгар туттуллан, сахалыы тылдьыт тарҕанан, олоххо киирэр. Сотору бу тылдьыт интэриниэтинэн туттуллар буоларын ситистэхпитинэ, киэҥник тарҕаныа.

Биллэн турар, таба суруйуу боппуруоһугар араас санаа, көрүү хаһан баҕарар баар. Учуонайдар этэллэринэн, тыл сүрүн сокуоннарыгар, саҥарыы, суруйуу үөрүйэҕэр олоҕурбут фонетическай бириинсип тутуһуллуохтаах. Күннэтэ элбээн иһэр наука, тиэхиньикэ тыллара, тиэрминнэр олохторо нууччалыы көрүҥнэринэн суруллаллара хааччахтаммат. Маннык тыллар сахатытан этиллэр буоллахтарына, сахалыы суруллуохтарын сөп.

Таба суруйуу саҥа нуормата олоххо хайдах киирэрин туһунан сэбиэт 2017 сыл алтынньытааҕы мунньаҕар дьүүллэспипипит. Хас биирдии сахалыы ааҕар, суруйар киһи булгуччу сахалыы таба суруйуу быраабылаларын тутуһар эрэ буоллаҕына, тылбыт чөл уонна тыыннаах буолуо. Бу ирдэбил ордук күүскэ хаһыат, сурунаал, араадьыйа, тэлэбиидэнньэ үлэһиттэригэр туһаайыллар. Онон бу хайысха мэлдьи болҕомто киинигэр сылдьыахтаах.

Инникитин аҕыйах ахсааннаах хотугу омуктарбыт арпагыраапыйаларын сааһылыыр, тупсарар үлэни күүһүрдүөхтээхпит.

Сахалыы тиэрмини сааһылыыр, олохсутар үлэ. Дьыала-куолу, үөрэх уонна наука эйгэтигэр тылбыт туттуллуута өссө да сөптөөх таһымҥа тахса илик. Бырабыыталыстыба мунньахтарын боротокуола, бирикээс, араас атын да докумуон үксэ нууччалыы оҥоһуллар. Былаас уорганнарыгар киирэр суруктартан көрдөххө, бэрт аҕыйах сахалыы сурук киирэр. Тоҕо дьон сахалыы суруйар бырааптарын туһамматтарый? Биир үксүн тиэрминтэн иҥнэллэр. Сахалыы суруйан көрдөххө, дьыала-куолу эйгэтигэр туттуллар тыл аҥаара нууччалыы буолан, нууччалыы суруйбут судургу курдук буолар.

Бу үлэни салгыы сайыннараары, тэтимин түргэтээри, суруналыыстар уонна тыл идэлээхтэрин көҕүлээһиннэринэн, биһиги министиэристибэбитигэр тиэрмин хамыыһыйата тэриллибитэ. Атын омук тылыттан киирэ турар тылы табыгастаахтык сахатытар, ону сэргэ хас да барыйаанынан туттулла сылдьар, олохсуйа илик тиэрминнэри салгыы сааһылыыр соруктаах үлэлиибит.

Тылбаас туруга. Тылбаас үлэтэ кэнники сылларга биллэ кэҥээтэ. Арассыыйа норуоттарын бастыҥ айымньыларын нууччалыы, нууччалыыттан омук тылыгар тылбаастааһын сөргүтүллэр. Бу хайысха салгыы сайдара тылбаасчыттар таһымнарыттан, кинилэр үлэлэрин көдьүүстээхтик тэрийэртэн, сөптөөхтүк үбүлүүртэн тутулуктаах.

Хотугулуу Илиҥҥи федеральнай үнүбүрсүтүөт исписэлиистэри бэлэмниир. Ил Дархан, Ил Түмэн, Бырабыыталыстыба таһаарар сүрүн докумуоннара тылбаастаналлар. Холобур, “Ил Түмэн” хаһыакка саҥа докумуон тылбаастанан бэчээттэнэр. Бу суругунан тылбаас сайдыбытын туоһута. Тыйаатырга, суукка тылбаас эмиэ олохсуйда. Оттон официальнай тэрээһиннэргэ тута (синхроннай) тылбаас үлэтэ кыайтарбакка турар. Биир биричиинэнэн сахалыыттан-нууччалыы, нууччалыыттан-сахалыы тустаах хайысхаларга (бэлиитикэ, экэниэмикэ, тутуу, эргиэн уо.д.а) идэтийбит, кыахтаах, тута тылбаастыыр дьон тиийбээттэрэ буолар. Улуустар, куораттар, дьаһалталарыгар маннык дьон үлэлииллэрэ буоллар, бу хайысхабытыгар “муус хамсыа этэ”. Билиҥҥи туругунан, Өрөспүүбүлүкэ саалатыгар, Ил Түмэҥҥэ, саха, опера уонна балет тыйаатырдарыгар тылбааһы хааччыйар кыах баар. Аны Бырабыыталыстыба иккис дьиэтин мунньахтыыр саалатыгар, Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан норуоттар доҕордоһууларын киинигэр техническэй тэрили туруорар, көһөрө сылдьан туттар кэмпилиэги элбэтэр наада.

Борокуратуура уонна Рособрнадзор бэрэбиэркэтэ. Ааспыт сылга Арассыыйа национальнай өрөспүүбүлүкэлэригэр ыытыллыбыт Борокуратуура уонна Рособрнадзор бэрэбиэркэтэ Саха сиригэр тыл бэлиитикэтигэр, тылы үөрэтиигэ үлэ сөптөөхтүк барарын бэлиэтээбитэ.

2004 сыллаахха үөрэх миниистирэ буолаат, үөскээбит усулуобуйаҕа Национальнай оскуоланы саҥардан сайыннарыы кэнсиэпсийэ уопутун, Сахабыт сирин уратытын учуоттуур, тирэх докумуоннаах буолуохтаахпыт диэн санааттан, базиснай үөрэх былаанын оҥорууну тэрийбитим. Оччолорго хас бэрэбиэркэ ахсын эһиги оҕону аһара сылатаҕыт, санитарнай нуорма быһыытынан, үөрэх нэдиэлэҕэ 36 чаастан ордуо суохтаах диэн күүстээх ирдэбили туруораллара. Онон көмүскэнэр сыалтан субъект бэйэтэ быһаарынар кыаҕын туһанан, саҥа былааммыт нэдиэлэтээҕи ноҕуруускатын федеральнай базиснай үөрэх былаанын нуорматыттан 6 чааһынан элбэппиппит. Оҕо бэйэтин баҕатынан үөрэнэр, интэриэстээх буоллаҕына, улаханнык сылайбат диэн норуот учуутала М.А. Алексеев көрүүтүн санаан ааһар тоҕоостоох. Табыгастаахтык тэрийдэххэ, үөрэнээччи нэдиэлэҕэ 42 да чаас үөрэниэн-дьарыктаныан сөп.

2005 сыллаахха саҥа үөрэхпит былаанын Бырабыыталастыба мунньаҕар киллэрбиппит. Онно улахан мөккүөр тахсыбыта. Боппуруоһу тоҕо бэйэҕит министиэристибэҕит иһинэн быһаарбакка, маннык үрдүк таһымҥа таһаардыгыт диэн. Ону быһаарарга улахан сыра барбыта эрээри, нвациональнай-региональнай үөрэхпит ситимигэр тирэхпит күүһүрбүтэ. Бу улахан суолталаах нормативнай докумуон, онон үп-харчы бүддьүөккэ сыллата көрүллэр. Тыллары үөрэтии чааһа аҕыйаабатаҕын, саха тылыгар булгуччулаах чааспыт эмиэ көмүскэллээх буолбутун бигэ акылаата – ити. Саха судаарыстыбаннай тылын атын омук оҕолоро баҕа өттүнэн үөрэтэллэр. Төрөөбүт тылларын биридимиэт быһыытынан үөрэтиэн баҕалаах саха оҕолоро туспа кылааска үөрэнэллэр. Федеральнай судаарыстыбаннай үөрэх ыстандаардарын былааннарыгар бу базиснай былааммыт оҥоһуллубут бириинсиптэрэ, тутула, ис хоһооно, чааһын тыырыллыыта сүрүннээн сөп түбэстэ.

Онтон эмиэ маннык бэрэбиэркэни барбыт Татарстаҥҥа, Башкортостаҥҥа судаарыстыбаннай тыллары нуучча тылын чааһын сарбыйан туран, омугуттан тутулуга суох оҕону барытын үөрэтэ олорбуттар. Эбии чаастара суох буолан, нуучча тылын чааһын кыччаппыттар.

Бырабыыталыстыба бигэргэппит Үөрэх базиснай былаанын, ол үлэ түмүгүн билигин дьэ дьиҥнээхтик өйдөөтүбүт. Чахчы да сөптөөх суолу тутуспут эбиппит.

Аны төрөөбүт тылынан иитэр-үөрэтэр уһуйааннарбыт, оскуолаларбыт уонна учууталларбыт сокуонунан толору көмүскэллээх буолууларын ситиһиэхтээхпит. Холобур, Дьокуускай хас биирдии түөлбэтигэр төрөппүт оҕотун талан ылбыт тылынан сайыннарар эйгэтэ тэриллиэхтээх.

Саха тылын, литературатын уонна култууратын учууталларын бастакы сийиэһин түмүктэрэ. 2017 сыл муус устар 4-5 күнүгэр Дьокуускайга ыыттыллыбыт саха тылын, литературатын уонна култууратын учууталларын сийиэстэригэр улуустартан, Дьокуускайтан 550 дэлэгээт уонна 49 ыалдьыт кыттыбыта.

Сүрүн сыалбыт – саха тылын сайыннарыы. Федеральнай судаарыстыбаннай үөрэх ыстандаардара киирэр кэмнэригэр төрөөбүт тылы, литератураны уонна култуураны үөрэтии ис хоһоонун, ньыматын, хааччыллыытын, идэлээх дьону бэлэмнээһини тупсарыы туһунан ыллыктаах, саргылаах кэпсэтиини тэрийэн, саха тылын, литературатын уонна култууратын үөрэтии кэнсиэпсийэтин оҥорор туһунан биир санааҕа кэлбиппит.

Сийиэс этиилэрэ, хас да сыл тиһиктээх үлэ бардаҕына эрэ олоххо киирэр, туруоруллубут боппуруостар быһаарыллар кыахтаахтар. Дэлэгээттэр этиилэрин туһааннаах тэрилтэлэргэ тириэрдээри, бииргэ үлэлээри ылыммыт докумуоммутун сайын Чурапчыга ыытыллыбыт тыа оскуолаларын дьаарбаҥкатыгар тарҕаппыппыт. Онтон ааспыт ыйга тэрилтэлэри барыларын мунньан, биэс сыллаах былаан оҥорон, Бырабыыталыстыба таһымыгар бигэргэтэр туһунан быһаарыстыбыт. Ил Түмэн, Тыл бэлиитикэтин сэбиэтэ, министиэристибэлэр, тэрилтэлэр, уопсастыбаннай хамсааһын кыаҕар тирэҕирэн, тыл эйгэтин кэҥэтиигэ бииргэ үлэлиэхтээхпит. Быйыл бастыҥ учууталларбытын, учуонайдарбытын түмэн, уопсастыбаннай тэрилтэлэр санааларын учуоттаан, күүстээх үлэни ыытан, саха тылын, литературатын уонна култууратын үөрэтии кэнсиэпсийэтин оҥотторон, киэҥ дьүүлгэ таһаарыах тустаахпыт.

Сийиэс этиилэрэ олоххо киирэллэригэр хас да министиэристибэ үбүлүүр кыаҕын туһанарга дьулуһуохпут. Уопсастыбаннай тэрилтэлэр гражданскай уопсастыбаны сайыннарар министиэристибэ граннарын куонкурустарыгар кыттан, элбэх үлэни ыытыахтарын сөп. Култуура министиэристибэтэ оҕо киинэтин оҥорууга туспа грант олохтуоҕа. Сибээс уонна көрдөрөр-иһитиннэрэр эйгэ министиэристибэтэ саха да, хотугу омуктар да тылларынан тахсар оҕолорго аналлаах араадьыйанан уонна тэлэбиисэринэн биэриилэргэ туспа судаарыстыбаннай сакаас биэриэхтээх.

Сийиэс биир улахан ситиһиитэ – саха тылын, литературатын уонна култууратын учууталларын өрөспүүбүлүкэтээҕи уопсастыбаларын тэрийии. Учууталларбыт түмсэн, куттара-сүрдэрэ бөҕөргөөн, санаалара күүһүрэн сылдьар буолан, федеральнай бэрэбиэркэ тыҥааһынын этэҥҥэ ааспыттарын туһунан этэллэр. Онон инникитин да хамсааһын тахсыа диэн эрэллээхпит. Иккис сийиэспитин биэс сылынан ыытан, үлэбит түмүгүн сыаналыахпыт.

IMG 89802

Хотугу омуктар тылларын, литератураларын уонна култуураларын учууталларын хайдах түмэҕит? Өрөспүүбүлүкэбитигэр олохтоох аҕыйах ахсааннаах хотугу омуктар тылларын тилиннэрии уонна салгыы сайыннарыы эмиэ тутаах хайысха. Эбээн, эбэҥки, дьүкээгир, чукча уонна долгаан тыллара түөлбэлээн олорор сирдэригэр официальнай ыстаатыстаахтар. Хомойуох иһин, бу биэс тыл ЮНЕСКО быһаарыытынан сүтэн эрэр тыллар ахсааннарыгар киллэриллибиттэрэ.

Кэлиҥҥи суолталаах тэрээһиннэри ахтар буоллахха, 2017 сыл ыам ыйыгар Ил Дархан иһинэн үлэлиир Тыл сэбиэтэ уонна Хотугу омуктар сэбиэттэрин холбоһуктаах мунньахтарын ыыппыппыт. Араас этии киирбитэ: граннаах куонкурустары, сайыҥҥы лааҕырдары тэрийии; тылларын билэр дьону анал учуокка ылыы; түөлбэлээн олорор сирдэригэр нэһилиэнньэни төрөөбүт тылыгар үөрэтии; суһаллык саҥа учуобунньуктары оҥоруу; хаһыаттары, сурунааллары элбэтии уо.д.а.

Мунньахха Сахабыт сирин дьонун-сэргэтин долгутар биир сытыы туруорсуу – Национальнай оскуолалары чинчийэр үнүстүтүүтү өрөспүүбүлүкэбит бас билиитигэр төннөрүү – эмиэ көтөҕүллүбүтэ. Бу боппуруоһу 2014 сылтан араас таһымҥа туруорса сатыыбыт да, билиҥҥитэ түмүк суох. Биир өттүнэн, наука федеральнай эйгэҕэ сайдара сүүйүүлээх. Ол эрээри билигин дойду үрдүнэн тэрилтэлэри (ол иһигэр, үрдүк үөрэх уонна наука тэрилтэлэрин) бөдөҥсүтүү кэмигэр үнүстүтүүттэри сабаллар, холбууллар. Аҕыйах сыллааҕыта Арассыыйа үөрэҕин академиятын аҕыйах ахсааннаах хотугу омуктары үөрэхтээһиҥҥэ научнай үнүстүтүүтүн Казань профессиональнай үөрэхтээһинин педагогикатын уонна психологиятын үнүстүтүүтүгэр холбообуттарын түмүгэр хотугу омуктарынан дьарыктанар биир да научнай үлэһит хаалбатах.

Маннык улахан уларыйыыларга 50-тан тахса сыл устата олохсуйбут национальнай үөрэҕи сайыннарар научнай оскуолабытын сүтэрэр, мүччү тутар куттал дьиҥнээхтик суоһаата. Билигин бу тэрилтэ федеральнай бүддьүөттэн 2012 сыллааҕы үбүлэниитин аҥаарын эрэ курдугу ылар, үлэһитин ахсаана эмиэ ол курдук аҕыйаата, Арассыыйа үөрэҕин уонна наукатын министиэристибэтин сакааһынан аҕыйах ахсааннаах хотугу омуктарга аналлаах үлэни толорорго күһэллэн олорор. Тоҕо диэтэххэ, хотугу омуктар дойду элбэх эригийиэннэригэр тэнийэн-тарҕанан олороллор (холобур, эбэҥкилэр 9 субъекка). Хомойуох иһин, үнүстүтүүккэ тыл бэлиитикэтинэн кэлимник уонна утумнаахтык дьарыктанарга кыах бэриллибэт.

Тылтан төрүт билии, үөрэх-иитии, устуоруйа, чөл турук, култуура сайдыылара уо.д.а. эйгэлэр бары быһаччы тутулуктаахтарынан 2017 сыл сэтинньи 21-22 күннэригэр Санкт-Петербурга Хоту, Сибиир уонна Уһук Илин аҕыйах ахсааннаах омуктар төрөөбүт тылларын, литератураларын уонна култуураларын учууталларын Арассыыйатааҕы сийиэһин көҕүлээн тэрийдибит. Федеральнай министиэристибэ, Хоту, Сибиир уонна Уһук Илин аҕыйах ахсааннаах омуктарын Ассоциацияларын, А.И. Герцен аатынан педагогическай үнүбүрсүтүөт өйөбүллэринэн сийиэс көдьүүстээхтик ааста. Национальнай оскуолалары чинчийэр үнүстүтүүппүт, дьоҕус эрээри, бары тэрээһиннэри сүрүннээн, ис хоһоонун сөптөөхтүк аттаран, элбэх үлэни дьоһуннук толорбутун бочуоттаах ыалдьыттар, дэлэгээттэр анаан-минээн бэлиэтээтилэр. Онон тыл бэлиитикэтигэр дойду араас субъектарын кытта бииргэ үлэлииргэ өссө биир кэскиллээх хардыы оҥоһулунна.

Тыл – норуот кута-сүрэ. Норуот күүһэ – көмүөл күүһэ. Тылбыт сайдарын туһугар судаарыстыбаннай (чуолаан: гражданскай уопсастыба институттарын сайдыытын; үөрэх уонна наука; култуура уонна духуобунай сайдыы; ыччат дьыалатыгар уонна дьиэ кэргэн политикатын; сибээс уонна информационнай технология министиэристибэлэрэ; Арктика дьыалаларыгар судаарыстыбаннай кэмитиэт) уонна уопсастыбаннай тэрилтэлэр бары кэскиллээх санаанан сирдэтэн, сүбэбитин-кыахпытын холбоон, бииргэ үлэлиэҕиҥ!

Category: Нац. вопрос | Views: 1444 | Added by: uhhan1
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  Олунньу 2018  »
БнОпСэЧпБтСбБс
   1234
567891011
12131415161718
19202122232425
262728
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 19
Ыалдьыттар (гостей): 19
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024