Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [670]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [93]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [239]
Тюрки [76]
Саха [153]
литература [42]
здоровье [465]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [123]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2018 » Олунньу » 15 » «Ийэ тыл - өйүнэн өлбөт буолуу өрөгөйө:
«Ийэ тыл - өйүнэн өлбөт буолуу өрөгөйө:
16:40

Өксөкүлээх Өлөксөй саха тылыгар суруйбут научнай үлэлэрин кинигэтэ сүрэхтэннэ

Олунньу 14 күнүгэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин Наукатын академиятын уораҕайыгар айар тыл аҕатынан уонна бөлүһүөгүнэн сураҕырбыт А.Е. Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй тыл үөрэхтээҕин, лингвист уонна литература теоретигын быһыытынан чинчийэр, анаарар үлэлэрин түмпүт «Труды по якутскому языку» кинигэтин сүрэхтэниитэ буолла.

 

Тэрээһиҥҥэ Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Түмэнин Бэрэссэдээтэлэ Александр Жирков, Өксөкүлээх Өлөксөй сиэннэрэ Раиса Реасовна, Лариса Реасовна Кулаковскаялар, хос сиэннэр, аймахтар, учуонайдар, тыл үөрэхтээхтэрэ, интеллигенция кыттыыны ыллылар, санаа атастастылар.

 

Кинигэ сүрэхтэниитин «Саха сирин суруйааччылара» ассоциация бэрэссэдээтэлэ Олег Сидоров иилээн-саҕалаан ыытта.

 

Бу кинигэ А.Е. Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй сиэнэ, эһэтин баай литературнай, научнай нэһилиэстибэтин чинчийиигэ, тарҕатыыга, кини аатын үйэтитиигэ олоҕун анаабыт, ХИФУ А.Е. Кулаковскай институтун төрүттээччи дириэктэрэ, А.Е. Кулаковскай аатынан судаарыстыбаннай бириэмийэ лауреата, филологическай наука кандидата Людмила Реасовна Кулаковская бүтэһик, кэриэс үлэтинэн буолар.

Ийэ тылбыт үйэлэргэ үүнэ-сайда турдун!

Олунньу 13 күнэ – төрөөбүт тыл уонна сурук-бичик күнэ. Норуот олорбут олоҕо, силиһэ-мутуга тылыгар иҥэн сылдьар. Оҕо төрүөҕүттэн ийэ тылын эйгэтигэр иитилиннэҕинэ, омук кутун-сүрүн, үйэлэр тухары муспут муудараһын этигэр-хааныгар иҥэринэр, төрөөбут тылын, бэйэтин омугун харыстыыр киһи буолар. Хайа да омук төрөөбүт тылын билэр, таптыыр, сыаналыыр кэнчээри ыччаттардаах буоллаҕына, салгыы сириэдийэ сайдар, тоҕой сэлэ курдук чэчириир, баай тиит курдук барҕарар.

 

 

Д.К. Сивцев-Суорун Омоллоон аатынан

судаарыстыбаннай Опера уонна балет театрыгар

 

«Ийэ тыл - өйүнэн өлбөт буолуу өрөгөйө: Өксөкүлээхтэн Ойуунускайга» диэн төрөөбүт тыл уонна сурук-бичик күнүгэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Түмэнин Бэрэссэдээтэлэ Александр Жирков, норуот депутаттара, өрөспүүбүлүкэ үрдүкү ситэриилээх былааһын бэрэстэбиитэллэрэ, уопсастыбаннас, ийэ тыл энтузиастара, куорат ыалдьыттара, олохтоохторо кытыннылар.

 

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын Тыл бэлиитикэтин сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Михаил Гуляев үөрүүлээх дьоро киэһэни Төрөөбүт тыл уонна сурук-бичик күнүнэн эҕэрдэ тылынан аста. «Быйыл саха литературатын төрүттээбит суруйааччы саха судаарыстыбаннаһын тэрийсибит уһулуччулаах политическэй деятель лингвист-учуонай Платон Алексеевич Ойуунускай төрөөбүтэ 125 сылын туолар үбүлүөйдээх сыла. Кини олорбут олоҕун, айбыт айымньыларын өссө чинчийэн үөрэтэр сыаллаах чуолаан эдэр ыччакка уонна оҕолорго аналлаах былаан оҥоһуллан үлэҕэ киирдэ. Быйыл олунньу 12 күнүгэр өссө биир сүдү киһибит, биллиилээх революционер, политическэй, партийнай, хаһаайыстыбаннай деятель, Саха сирин Автономиятын төрүттэспит дьоннортон биирдэстэрэ Исидор Никифорович Барахов төрөөбүтэ 120 сылын туолла. Кини саха тыла сайдарын, бу тыл киэҥник күннээҕи олоххо-дьаһахха туттулларын, нуучча тылын кытта тэҥ бырааптанарын, маны таһынан нуучча тыла кини туттуллуута хааччахтамматын, хотугу омуктар тыллара чэчирии сайдалларын туһугар туһуламмыт үгүс үлэни ыыппытын билэбит. 1926 сыллаахха Азербайджан киин куоратыгар Бакуга буолбут Бүтүн Сойуустааҕы бастакы тюркологическэй съезкэ Саха сириттэн Анемподист Иванович Софронов-Алампа, Алексей Андреевич Иванов-Күндэ буоланнар кыттан кэлбиттэрэ. Саха чулуу уолаттара кылгас, чаҕылхай олохторун бүүс-бүтүннүү норуоттарын туһугар анаабыттара», - диэн аҕынна.

 

«Өрөспүүбүлүкэбитигэр судаарыстыбаннай официальнай тыллары үөрэтиигэ сөптөөх усулуобуйаны тэрийии, үөрэхтээһин эйгэтигэр норуоттар бэйэ-бэйэлэрин байытыһыыларыгар тыл статуһун үрдэтии тыл политикатын сүрүн соруктарынан буолаллар. Төрөөбүт тылбыт үтүө үгэстэрин хас биирдии ыччакка тириэрдии биһиги сүрүн сорукпут буолар. Өрөспүүбүлүкэбитигэр 652 уопсай үөрэхтээһин тэрилтэтэ баарыттан сахалыы тылынан үөрэтии 419 оскуолаҕа барар. Ол эбэтэр уопсай оскуола ахсааныттан 64%-на оскуолаҕа саха тылын үөрэтэллэр. 726 оҕо уһуйаана баарыттан 520 тэрилтэҕэ 30000 тахса оҕо сахалыы иитиллэр. Аҕыйах ахсааннаах хотугу омуктар тылларын 40 оскуолаҕа, ол иһигэр 19 оскуолаҕа 718 оҕо эбээн тылын, 12 оскуолаҕа 946 оҕо эбэҥки, 3 оскуолаҕа 101 оҕо юкагир, 51 чукча, 132 оҕо долган тылын үөрэтэллэр. Саха тылын өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 48 идэтийбит орто үөрэх тэрилтэлэригэр 17000 тыһыынча кэриҥэ ыччат киһи үөрэтэр», - диэн Михаил Дмитриевич иһитиннэрдэ.

 

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын Тыл бэлиитикэтин сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Михаил Гуляев саха тыла сайдарын туһугар туруулаһар ыччаты иитэн таһаарыаҕыҥ диэн туран, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын бириэмийэлэрин туттартаата. Төрөөбүт төрүт тылы сайыннарыыга, саха тылын, литературатын, култууратын үөрэтиигэ өр сыллаах айымньылаах үлэтин иһин Семен Андреевич Новгородов аатынан Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын бириэмийэтин Нам улууһун Арбын орто оскуолатын саха тылын уонна литературатын учууталыгар Вера Колесоваҕа, С.А. Новгородов аатынан "Бичик" кинигэ кыһатын дириэктэригэр Август Егоровка, юкагир тылын уонна култууратын сайыннарыыга үгүс сыллаах таһаарыылаах үлэтин иһин Николай Спиридонов-Тэки Одулок аатынан бириэмийэни Гуманитарнай чинчийии уонна аҕыйах ахсааннаах хотугу омуктар кыһалҕаларын институтун үлэһитигэр Людмила Жуковаҕа, эбэҥки тылын уонна култууратын сайыннарыыга үгүс сыллаах таһаарыылаах үлэтин иһин Глафира Васильевич аатынан бириэмийэни Нерюнгри оройуонун Золотинкатааҕы орто оскуола эбэҥки тылын уонна литературатын учууталыгар Маргарита Кирилловаҕа, алын кылаас үөрэнээччилэригэр аналлаах сахалыы остуоруйа сериятын иһин Николай Мординов-Амма Аччыгыйа аатынан бириэмийэни саха норуодунай суруйааччытыгар, Россия суруйааччыларын сойууһун чилиэнигэр Семен Попов-Тумакка туттартаата.

 

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Түмэнин Бэрэссэдээтэлэ Александр Жирков Төрөөбүт ийэ тыл күнүнэн эҕэрдэлээн туран, мустубут дьоҥҥо саха бастакы Президенэ Михаил Ефимович Николаев аатыттан сахалыы сайаҕас, истиҥ эҕэрдэтин тириэрдибитин саала ытыс тыаһынан айхаллаата. «Россия Конституциятыгар, өрөспүүбүлүкэбит Төрүт Сокуонугар тыл, культура, социальнай эйгэ өттүттэн көрөр дойдубут сүрүн докумуоннарыгар барытыгар олохтоох омуктар тыллара бырааптара тэҥнэрин, харысхаллаах,

көмүскэллээх буолууларын, инникитин сайдалларыгар судаарыстыба бэйэтинэн мэктиэлиирин туһунан чопчу сурулла сылдьар. Дьиҥ сокуон өттүттэн көрөр буоллахха, хайа да омук тылын күөмчүлээһин суох. Ханнык баҕарар омук бэйэтин төрөөбүт тылын харыстааһын, көмүскээһин норуокка бэйэтигэр сүктэриллэр. Манна биһиэхэ өр кэмнэргэ быһаарыллыбат ыарахаттар бааллар», - диэн эттэ.

 

Александр Николаевич ханнык баҕарар тыл туттуллар эйгэлээҕин, норуот ол эйгэтин сүтэрэр түгэнигэр киһи төрөөбүт тылын төһө да билиннэр, сатаан туттубат кыһалҕата үөскүөн сөбүн бэлиэтээтэ. Киэҥник туттуллар тыл дьалхааныгар саба оҕустаран, тыл сүтүөн, симэлийиэн сөбүн этэн, саалаҕа олорор дьону толкуйдатта.

 

«Тыл туттуллар эйгэтин кэҥэтиигэ культура, литература, сорох хайысхаларга үөрэх, наука тирэх буолаллара. Итиннэ хара маҥнайгыттан бэйэбит литературнай тылбытын сайыннара сатааһын улахан суолталаах. Төһөнөн аҕыйах ахсааннаах хотугу норуоттарбыт тылларын көмүскүүр, харыстыыр ньымалары тобулабыт да, оччонон сахалыы тылбытын харыстыыр, сайыннарар нымалары олохсутабыт. Төрөөбүт тыл эйгэтин кэҥэтиигэ ситимнээх үлэ барар», - диэн спикер бэлиэтээтэ.

 

Александр Жирков Доҕордуу буолууну бөҕөргөтүүгэ уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин кытта бииргэ үлэлээһиҥҥэ кылаатын иһин Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Түмэнин Бочуотунай грамотатынан Россия Кинигэ таһаарааччыларын Сойууһун вице-президенин Константин Чеченевы, Ил Түмэн Бочуотунай грамотатынан «Саха» национальнай иһитиннэрэр-көрдөрөр компания» «Геван» айар холбоһугун редакторын, Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын үтүөлээх үлэһитин Нина Кудринаны, Ил Түмэн Бэрэссэдээтэлин Махтал суругунан «Н.Е.Мординов-Амма Аччыгыйа аатынан «Кэскил» оҕо издательствота» кыраайы үөрэтэр салаатын редакторын, Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын үтүөлээх үлэһитин Анатолий Павлов-Дабылы уонна «Сахабикипиэдьийэ» салайааччытын, «КиберСаха» ситим бөлөх сүрүннээччитин Николай Павлов-Халаны наҕараадалаата.

 

Дьоро киэһэ Саха Өрөспүүбүлүкэтин Конституционнай суутун бэрэссэдээтэлэ Александр Ким-Кимэн, Москва куораттан ыалдьыппыт Россиятааҕы кинигэ Сойууһун вице-президенэ Константин Чеченев, филологическай наука доктора, профессор, академик, саха тылын лексикологиятын уонна лексикографиятын үөрэтиигэ уһулуччу кылааттаах Петр Слепцов, Алексей Елисеевич Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй сиэнэ Лариса Кулаковская тыл эттилэр.

 

«Саха сирин суруйааччылара» ассоциация бэрэссэдээтэлэ Олег Сидоров уонна С.А. Новгородов аатынан «Бичик» национальнай кинигэ кыһатын

дириэктэрэ Август Егоров «Суруйааччылар - оскуола библиотекаларыгар» тэрээһин чэрчитинэн Дьокуускай куорат оскуолаларын библиотекаларыгар саха суруйааччыларын айымньыларын, кинигэ эгэлгэтин бэлэхтиир 150000 тыһыынча сууммалаах тyohy суругу Дьокуускай куорат дьаһалтатын үөрэх управлениетын салайааччытыгар Василий Петровка туттардылар.

 

«Дьокуускай аэропорт» генеральнай дириэктэрэ Николай Местников акционернай уопсастыба анал бириэмийэтин филологическай наука докторыгар, М.К. Аммосов аатынан ХИФУ профессорыгар Гаврил Филипповка, журналистикаҕа Саха Өрөспүүбүлүкэтин Судаарыстыбаннай бириэмийэтин лауреатыгар, саха омугун культуратын, үгэһин, историятын туһунан араадьыйанан биэрии ааптарыгар, радиожурналист Николай Максимовка уонна филологическай наука докторыгар, профессорга, академик, саха тылын лексикологиятын уонна лексикографиятын үөрэтиигэ уһулуччу кылааттаах Петр Слепцовка туттартаата.

 

Үөрүүлээх чаас кэннэ тэрээһин кыттыылаахтара А.Е. Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй «Саха интеллигенциятыгар суругар», «Ойуун түүлэ» поэматыгар, П.А. Слепцов-Ойуунускай «Кыһыл Ойуун» олоҥхо-тойугар олоҕурбут уус-уран дьүһүйүүнү көрдүлэр.

 

 

А.Е. Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан

Норуоттар доҕордоһууларын дьиэтигэр

 

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын Тылга Сэбиэтэ, Өрөспүүбүлүкэтээҕи Олоҥхо Ассоциацията, "Ийэ тыл" көҥүл түмсүү «Сахалыы үөрэх - омукпут кэскилэ!» диэн дьоро киэһэҕэ сахалыы саҥалаах Үс саха удьуорун түмтэ.

 

Тэрээһиҥҥэ мустубут дьон саха суругун-бичигин төрүттээбит, сахаттан бастакы тыл үөрэхтээҕэ Семен Андреевич Новгородов туһунан саҥа тахсыбыт «Лингвист» киинэттэн кэрчиги көрдүлэр. Айар тыл аҕалара, улуу суруйааччыларбыт, ытык дьоммут этэн хаалларбыт кэс тылларын иһиттилэр, олоҥхо эйгэтиттэн сомсон, ыччат дьону түмтүлэр, кэрэмэс дьоммут кэскиллээх этиилэрин сэргээтилэр.

 

Дьоро киэһэни Ытык дьон Гаврил Гаврильевич Филиппов, Иван Егорович Алексеев-Хомус Уйбаан, Тарас Лукич Тарасов-Тускул тыл этэн астылар.

 

"Ийэ тыл" көҥүл түмсүү бэрэссэдээтэлэ, норуот депутата Егор Жирков саха норуотугар бэлиэ күнүнэн истиҥник эҕэрдэлээтэ уонна түмсүү Ытык Бэлиэтин Гаврил Филипповка, махтал суругу Нина Герасимоваҕа туттарда.

 

Тэрээһин бастакы түһүмэҕэр быйылгы сылга үбүлүөйдээх суруйааччыларбытын ахтан-санаан, ааттарын ааттаатылар. Сахаттан бастакы тыл үөрэхтээҕэ учуонай, политическай деятель Платон Алексеевич Ойуунускай, талааннаах романист, саха норуодунай суруйааччыта Василий Семенович Яковлев-Далан уонна биллиилээх топонимист-чинчийээччи Михаил Спиридонович Иванов-Багдарыын Сүлбэ тустарынан экраҥҥа кэпсээн, көрдөрөн сырдаттылар. Кинилэр айымньыларынан ырыаны, хоһоону иһитиннэрдилэр.

 

Кэнчээри ыччаты уһуйар-такайар, иитэр-үөрэтэр учуутал дьон: сахалыы үөрэтиини олоххо киллэрэ сылдьар Александр Чиряев, төрүт култуура учуутала Василий Сивцев, уһуйаан иитээччитэ Аркадий Афонскай мустубут дьону Ийэ тыл күнүнэн эҕэрдэлээтилэр. Салгыы сыанаҕа өссө биир Үс саха - айар тыл суолун тутан иһэр эдэр суруйааччылар: Ньургун Захаров, Айаал Молокотин, Дорҕоон Дохсун ыҥырыллан тахсан хомоҕой хоһооннорун аахтылар.

 

Ил Түмэн Бэрэссэдээтэлэ Александр Жирков бүгүн Дьокуускай куоракка икки сиринэн төрөөбүт тыл күнэ бэлиэтэнэрин этэн туран, Ийэ тыл күнүнэн эҕэрдэлээтэ.

 

«Биһиги төрөөбүт тылбыт инники кэскилин туһугар долгуйабыт. Ааспыт сыл сэтинньи ыйыгар Бүтүн Россия үрдүнэн Санкт Петербург куоракка Саха сирин көҕүлээһининэн Хотугу аҕыйах ахсааннаах норуоттар тылларын үөрэтиигэ, сайыннарыыга аналлаах научнай конференция буолан ааспыта. Өссө бу тиэмэҕэ эмиэ сэтинньи ыйга Санкт Петербурга Герцен университета тэриллибитэ 220 сылыгар анаан XVIII норуоттар икки ардыларынааҕы конференцияҕа Саха сирин тыл үөрэхтээхтэрэ ситиһиилээхтик кыттан кэлбиттэрэ», - диэн иһитиннэрдэ.

 

«2017 сыл балаҕан ыйын 10 күнүгэр сахалыы бастакы хаһыат тахсыбыта 110 сылын, сурунаал бэчээттэммитэ 105 сылын өрө көтөҕүллүүлээхтик бэлиэтээбиппит. Ити биһиги норуоппут культурнай историятыгар улахан суолталаах. Сахалыы тыл сайдыытыгар ити хаһыаттар, сурунааллар олук уурбуттара. Кэлин Өктөөп өрөбөлүүссүйэтэ кыайбытын кэннэ, Сэбиэскэй Сойууска ыытыллыбыт култуурнай өрөбөлүүссүйэ түмүгэр сурук-бичик, тыл-өс, хаһыат, сурунаал норуокка бэриллибитэ диэн этии олоҕо суоҕун бигэргэппитэ. Ыраахтааҕылаах Россия кэмигэр саха бастакы интеллигенцията бэйэтэ туруорсан улахан утарсыылары, мэһэйи-моһолу, бобууну туораан туран хаһыаттаммыта, сурунаалламмыта, литературнай тылын олохтообута», - диэн спикер Александр Николаевич мустубут дьоҥҥо история быыһын сэгэттэ уонна төрүт тылбыт эйгэтэ кэҥииригэр, сырдык, сылаас буоларыгар баҕарда.

 

Тыл күнүгэр олоҥхо иһилиннэ, кылыһахтаах тойук дуораһыйда, этигэн хомус дьүрүһүйдэ, сахалыы ырыа саймаарыйда, хомоҕой хоһоон ааҕылынна, Омоҕой оһуохайа олохтонно.

 

Сахалыы сайаҕастык саҥарар, иэйиибитин истиҥник этинэр Ийэ тылбыт үйэлэргэ сүппэккэ үүнэ сайда турдун!

 

Ил Түмэн пресс-сулууспата

Кини киирии тылларын, комментарийдарын сиһилии суруйан, бастакы эрэдээксийэлээһинин oҥopoн хаалларбытын кыыһа Анастасия Кузнецова-Кулаковская салгыы үлэлэһэн кинигэ бэчээттэнэн таҕыста.

 

Хомуурунньукка архыып фондаларыттан көстүбүт үлэлэр таҥыллан киирбиттэр. Ыстатыйаларга Алексей Кулаковскай саха тылын сайдыытын туһунан концепцията арыллан көрдөрүллэр, Саха сиригэр XX үйэ 20-с сыллардааҕы тыл бэлиитикэтин кыһалҕалара сырдатыллаллар.

 

Өксөкүлээх Өлөксөй «Новая транскрипция якутского языка», «Якутский язык», «Русские слова, перенятые и усвоенные якутами (кроме собственных имен и названий)», «Ол бу сирдэр, улуустар, уокуруктар тыллара». «Наречия разных местностей, улусов и округов с прибавлением архаизмов, специальных охотничьих терминов, омонимов и синонимов», «О происхождении слова «якут», «Правила якутского стихосложения» уонна да атын ыстатыйалара учуонайдары, устудьуоннары эрэ буолбакка, хайа бaҕaрар ааҕааччыны интэриэһиргэтиэхтэрэ.

 

Кинигэ биир тугунан да сыаналаммат матырыйаалынан Алексей Елисеевич Кулаковскай Э.К. Пекарскайга, И.С. Говоровка, С.А. Новгородовка, П.А. Ойуунускайга И.Н. Бараховка, суруктара киирбиттэр.

 

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Түмэнин Бэрэссэдээтэлэ Александр Жирков Алексей Елисеевич Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй саха бастакы көлүөнэ интеллигенциятын биир саамай чаҕылхай бэрэстэбиитэлэ буолар диэн этиитин саҕалаата. «Өксөкүлээх Өлөксөй «Хоһоону айыы төрүттэрэ» диэн үлэлээх. Ол үлэ бу кинигэҕэ киирбит. Хаһан суруйбута биллибэт, 1925 сыл диэн массыыҥканан охсуллубут. Онно кини үс сүрүн өйдөбүлү киллэрбит. Бастатан туран, саха хоһооно нуучча хоһоонуттан быдан атын диэн. Иккиһинэн, саха хоһоонун уратытынан аһаҕас дорҕооннор дьүөрэлэһиилэрэ буолар диэбит. Итинэн көрдөхпүнэ, «Закон гармонии гласных» диэн өйдөбүлү саха литературатыгар аан бастаан киллэрбит. Ону наһаа үчүгэйдик ырыппыт. Аллитерация ирдэбилэ хоһоон саҕаланыытыгар тутуһуоллаах диэбит. Кылгас уонна уһун хоһооннор тустарынан санаатын суруйбут. Мин хоһоону ырытан баран, олоҥхо туһунан тоҕо тугу даҕаны эппэтэҕий диэн дьиктиргээбитим. Кэнники өссө ааҕан, чинчийэн көрбүтүм, ити ырыппыт хоһоонноро барыта сахалыы олоҥхо, тойук тыллара эбиттэр. Анал үөрэҕэ суох киһи бэйэтэ айылҕаттан бэриллибит өйүнэн саха олоҥхото хайдах оҥоһуллан тахсыахтааҕын бу кылгас ыстатыйатыгар төрдүн суруйбут хаалларбыт», - диэн санаатын эттэ.

 

Салгыы Александр Николаевич Алексей Елисеевич 1926 сыллаахха суох буолбутун, өлбүтүн кэннэ кини суруйууларын омсолоох айымньылар диэн кириитикэлээһин саҕаламмытын, билигин биһиги олус холку кэмҥэ олорорбутун, Өксөкүлээҕи куһаҕаннык саҥарбыт киһи бэйэтэ мөҕүллүөн сөбүн эттэ. «Тыл туһугар туруулаһыы тохтообот, омук бэйэтэ баарын тухары кини тылын туһугар үлэлэһиэхтээх. Оннооҕор былыргы үйэҕэ туттуллубут тыллар эйгэлэрин сүтэрбэтэх буоллахтарына, омуктара суох, тыллара баар буолар. Тыл уонна саха норуотун кэскилин туһугар үлэлээһин иккиэн тэҥҥэ тутуллан ыытыллыахтаахтар. Итиннэ улуу убайдарбыт ааттарын харыстааһын, кинилэри кэнчээри ыччакка сырдатыы, ааттарын саҥаттан-саҥа эйгэҕэ таһаарыы бу билиҥҥи көлүөнэ учуонайдарга, тыл туһугар туруулаһар дьоҥҥо сорук быһыытынан турар», - диэн бэлиэтээтэ.

 

«Бигэргэтиллибит история уонна киниттэн ураты, соччо тутулуга суох история эмиэ баар. Биһиэнэ официальнай историябыт 1950-с сылларга оҥоһуллан турар. Үс томнаах кинигэ тахсыбыта. Бастакы томугар барыта Алексей Окладников суруйуута этэ. Ол кэмтэн ыла үйэ аҥарыттан ордук кэм ааста, элбэх үлэ сурулунна. Билигин итини иккиһин саҥардыы үлэтэ ыытыллан түмүктэнэн эрэр. Эмиэ үс томнаах кинигэ буолуохтаах. Структурата уруккутааҕар атын, саҥалыы оҥоһуллар. Мин рукописьтарын көрө сылдьабын. Биирдиилээн кинигэлэр таҕыстылар. Ити үчүгэй, хайҕаллаах. Саҥа тахсар Саха сирин официальнай историятын кинигэтигэр ким да мөккүспэт гына бастакы көлүөнэ саха интеллигенциятын суолтатын, кинилэр үлэлэрин, ситиһиилэрин, тугу гыммыттарын, үлэлэрэ инники өттүгэр туох кэскиллээх буолбутун, норуоттарыгар хайдах дьайбытын

барытын киллэриэх тустаахпыт. Бастакы көлүөнэ чаҕылхай дьоно бука бары түмүллэн кинигэҕэ киирдэхтэринэ, кэнчээри ыччаппытыгар дьоһун бэлэх буолуо этэ», - диэн түмүктээтэ.

 

Ил Түмэн спикерэ Александр Жирков Сербияттан анаан-минээн кинигэ сүрэхтэниитигэр кэлбит Өксөкүлээх Өлөксөй сиэнигэр Лариса Реасовна Кулаковская-Велисавлевичка омук сиригэр дойдутун ааттата сылдьар, тэрээһиннэри ыытар киһиэхэ махтанан туран, «Саха сирэ Россия састаабыгар киирбитэ 385 сыла» бэлиэни туттарда.

 

Өксөкүлээх Өлөксөй саха тылыгар научнай үлэлэрэ «Историческая память» партийнай бырайыак чэрчитинэн уонна «Саханефтегазсбыт» тэрилтэ генеральнай дириэкгэрэ, Ил Түмэн депутата Игорь Никитин өйөбүлүнэн, туспа кинигэ буолан таҕыста. Сүрэхтэниигэ Игорь Никитин Людмила Реасовна туһунан олус истиҥник аҕынна. «Кинини кытары алтыһан олус элбэҕи биллим, бэл диэтэр, биир хаартыскаҕа бэйэм эһэбин буллум. Кини туһунан үөрэтиэхпин баҕарабын», - диэн санаатын эттэ.

 

Филологическай наука доктора, академик Петр Слепцов, филологическай наука доктора, литературовед Прасковья Сивцева-Максимова бэйэлэрин этиилэригэр, Людмила Реасовна Кулаковская бу тиһэх үлэтигэр Өксөкүлээх научнай үлэлэрэ, суруктара олус дьоһуннаахтык, дириҥник бэриллибиттэрин, кинигэ суолталаах өрүттэрин бэлиэтээтилэр. Учуонайдар бу кинигэҕэ ураты сыаналааҕынан Людмила Кулаковская суруйбут комментарийдара буолаллар диэтилэр.

 

«Улуу Өксөкүлээх – сырдатааччы, бөлүһүөк, саха уус-уран литературатын төрүттээччи, уопсастыбаннай деятель, туохтааҕар даҕаны, сахатын дьоно-сэргэтэ үөрэхтээх, кимтэн да итэҕэһэ суох сайдыылаах, дьоллоох буолуон баҕарара», - диэн Людмила Реасовна Кулаковская биир интервьютугар этэн турардаах. «Архыыпка докумуоннары көрдөөн булууга, чинчийиигэ, эһэм тыыннаах ситимэ буоларым миэхэ көмөлөһөр курдук. Ол докумуоннарга кини туохтан туоххаһыйбытын, сүрэҕэ туохтан аймаммытын, долгуйбутун, геннай таһымҥа өйбүнэн-санаабынан, эппинэн-хааммынан чугастык ылынан өйдүүбүн дии саныыбын. Өксөкүлээх кинигэлэрэ бэчээккэ тахсалларыгар, мусуойа тэриллэригэр, айымньылара үөрэх учебниктарыгар үчүгэйдик, өссө киэҥник, олохтоохтук киллэриллэллэригэр, онтон да атын кэккэ боппуруостары быһаарыыга, эрэл кыыма баар», - диэбит ыра санаата олоххо киирэригэр баҕарабыт.

 

Ил Түмэн пресс-сулууспата

Category: Саха | Views: 1563 | Added by: uhhan1
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  Олунньу 2018  »
БнОпСэЧпБтСбБс
   1234
567891011
12131415161718
19202122232425
262728
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 22
Ыалдьыттар (гостей): 22
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024