Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [670]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [93]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [239]
Тюрки [76]
Саха [153]
литература [42]
здоровье [465]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [123]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2018 » Олунньу » 15 » Омуктар имэҥнэрэ
Омуктар имэҥнэрэ
17:18

Имэҥ-дьалыҥ диэн өйдөбүл төһө даҕаны араастаан этилиннэр, бары омукка баар. Онуоха сыһыаннаах сиэр-туом даҕаны үгүс. Холобур, номохторго-үһүйээннэргэ ахтылларынан, биһиэхэ, сахаларга, дьалыҥ тардыыта диэн сиэр-туом баара биллэр. Онуоха ханыылыы үгэс, бэл, “ССРС саҕана сиэкис диэн суоҕа” диир нуучча норуотугар киирэ сылдьар. Ол – Иван Купала бырааһынньыга. Биллэн турар, сэбиэскэй кэмҥэ “кырыыта-кылаана” мүлүрүтүлүннэҕэ.

Чэ, уһуну-киэҥи эрдэ барбакка, араас омук имэҥҥэ-дьалыҥҥа, кэргэн-уруу буолууга сыһыаннаах сиэрин-туомун, үйэлэр тухары тутуһан кэлбит үгэһин туһунан ааҕыҥ (биллэн турар, аныгы кэмҥэ онтон үһүгэ умнулуннаҕа, омнуоланар буоллаҕа). Урут түһэн эттэххэ, ол үгэстэртэн, сиэртэн-туомтан төһөтө кырдьыгын-сымыйатын бу диэн билбит, этэргэ дылы, чүмэчи туппут суох эрээри, тыала суохха мас хамсаабат дииллэр.

Тибиэт

Тибиэт

Тибиэт кыргыттара уонтан тахса эр киһини кытта хоонньоһон эрэ баран ыал буолаллара. Кыыс төһөнөн элбэх киһини кытта таптаһар да, соччонон аата-суола, дэриэбинэҕэ, дьон-сэргэ ортотугар аптарытыата лаппа үрдүүр эбит. Оттон кинилиин ким даҕаны хоонньоспотоҕуна, кыыс “мөлтөх, эр киһи сэҥээрбэт” дьахтара аатырара.

Ол гынан баран хайа быыһыгар олорор кыра ийэ-аҕа ууһугар хантан элбэх киһи кэлиэй. Онон кыыс ыал буолаат, оҕонньорун кытта хоонньоһуон иннинэ, ийэтин эбэтэр аҕаһын кытары айан аартыгар тахсара. Онно тахсан айан киһитиниин хоонньоһон баран, хоонньоспутун туоһутугар дьоҕус бэлэх ылар эбит.

Даҕатан эттэххэ, айанньыты кытта эргэ барар эрэ кыыс буолбакка, эрдээх дьахталлар эмиэ таптаһыахтарын сөп. Ол эрээри айанньыт кинилэр дьиэлэригэр киирбит, эриттэн сөбүлэҥин ылбыт буоллаҕына.

Суматра

Индонезия Суматра арыытыгар олорор Батта диэн биис ууһун эр дьоно дьахтар кырасыабай “тэрили” эрэ таптыыр диэн өйдөбүллээхтэр. Онон кэргэн ылар кыыстарыгар бэрт буолан көстөөрү, тэриллэрин тириитин иһигэр бытархай таас, тимир кыырпахтарын укталлар, оттон тэриллэригэр бэйэтигэр ол-бу ракушканы, дьоҕус уҥуоҕу-иҥиэҕи иилинэллэр эбит. Ол эр киһи сүрүн көтөҕөр, дьахтары имэҥирдэр диэн ааттыыллар.

Индия

Индия олохтоохторун имэҥин, Камасутра трактаттарын, Кхаджурахо хараам эркинин уруһуйдарын туһунан билбэт киһи ахсааннаах. Холобур, былыргы индиестэр дьахтары астыннарар инниттэн сэптэригэр көмүс, уҥуох, ол-бу күндү таастан-тимиртэн оҥоһуллубут быыһа-арда суох хара-баһаам ытарҕаны (пирсинг) иилинэллэр эбит. Онтулара “ападравиа” диэн ааттанар.

Ону тэҥэ Индия эр дьоно тэриллэригэр бөлтөркөйдөрдөөх, көҥдөй, ол эрээри бэрт чараас мас оҥоһук кэтэллэр.

Бразилия

Бразилия

Бразилия джунглиларын быыһыгар олорор биир биис ууһун эр дьоно дьахтары сөхтөрөр уонна “уһунньут” буолар инниттэн сэптэрин эриэн үөҥҥэ (аата суруллубат – ааптар) тиктэрэллэр эбит. Ол курдук, кинилэр ыал буолаат, ойохторун кытта хоонньоһуохтаах түүннэрин иннинэ тыаҕа тахсан, били үөнү көрдөөн булан тэриллэрин тиктэрэллэр. Оччотугар сэптэрин кээмэйэ улаатар, сүүлэ иһэн тахсар уонна ньиэрбэтэ тугу да билбэт гына утуйан хаалар эбит.

Ол эрээри сорох үөн дьаата аһара элбэх буолан, өлөөччүтэ, тэрилиттэн букатын матааччыта да элбэх буолар дииллэр. Онон хорсун эрэ дьон сананан эрдэхтэрэ.

Кэриэйэ

Кэриэйэ

Кэриэйэ дьахталлара эр дьону көҕүтээри, “уһунньут” оҥороору, сип-синньигэс төбөлөөх көмүс иннэнэн эр киһи сэбин төрдүн кэйиэлээн биэрэллэр. Оннук иннэни анаан-минээн оҥортороллор эбэтэр анал маҕаһыынтан атыылаһаллар. Эбэн эттэххэ, иннэни сатаан туһанар, “туочукалар” хаанан баалларын билиэххин наада. Ону сатаабатыҥ да, нууччалыы эттэххэ, “прости-прощай!”

Аляска

Төһө кырдьыгын-сымыйатын билбит суох эрээри, Аляска төрүт олохтоохторо өр кэмҥэ бултуу баралларыгар дьиэһитинэн, асчытынан-иистэнньэҥинэн биис уууттан биир дьахтары илдьэ бараллар эбит. Биллэн турар, барыта кырылас эр дьон дьахтары кытта таптаһаллара өйдөнөр. Ол эрээри дьахтар эрэ ону омнуолаабат, хата, төттөрүтүн, ойоҕун үөрэ-көтө, сыҥалаан туран биэрэр дииллэр. Тоҕо диэтэххэ, эр дьон кини ойоҕуттан астыннахтарына, кинилэр аймах “үтүө дьахтардаах-хотуннаах” аатыраллар, ааттара-суоллара үрдүүр.

Арунта

Австралия Арунта диэн биис ууһун аборигеннара ойохторун атастаһаллар диэн суруйаллар. Арунталар бэрт кыра, дьоҕус уус буолаллар. Онон хаан булкуһуута тахсыбатын туһугар кэккэлэһэ олорор уустарын кытары ойохторун хардары-таары уларсыһаллар. Ол эрээри онтулара биир “ноолоох”. Эр киһи уларсар дьахтара эрин сөбүлүүр, иһигэр киллэрэр, эрэнэр буолуохтаах. Оттон уруккуттан билсэр киһилэрэ ойоҕун биэрэртэн батыннаҕына, улахан өскө-сааска киирэллэр.

Боливия

Боливия илиҥҥи өттүгэр олорор Сиронио биис ууһун эдэр дьоно ыал буолан баран, хоонньоһуохтарын иннинэ атах тэпсэн олорон быттаһар уонна онтуларын сиир үгэстээхтэр эбит. Кэлин учуонайдар ол быттарын хааныгар киһини көҕүтэр эттиктэр (афродизиак) баалларын быһаарбыттар.

Намибия

Намибияҕа уол оҕо төрөөтөҕүнэ, сотору буолан баран, аҥаар сымыытын быан кэбиһэр үгэстээхтэр. Тоҕо диэтэххэ, кинилэр икки сымыыттаах буоллахха, игирэ оҕо төрүөп сөп, оттон игирэ оҕо төрүүрэ – улахан аньыы, сэт-сэлээн диэн өйдөбүллээхтэр.

Конго

Африка Конготугар олорор биис уустара ыал буолбут кыыһы бастаан аҕа ууһун тойонун кытта хоонньоһуннараллар. Кыыһын кини ылыахтаах. Оттон бу тойон эбээһинэһин кыайбатаҕына, кинини олбоҕуттан үүрэллэр, дуоһунаһыттан усталлар.

Египет уо.д.а.

Египеккэ, Сауд Аравиятыгар уонна Кувейка ыал буолбут кыыһы кыыс гынар “сарыытын” алдьатар сиэр-туом баар. Ол туом эдэр дьон ыал буолбут күннэригэр, ыкса аймахтарын ортотугар толоруллар. “Сарыыны” аҕа саастаах, ытыктанар дьахтар уҥа илиитин сөмүйэтигэр үрүҥ өрбөҕү эринэн баран тэһэ анньар. Таҥас хааннырдаҕына -- үтүөҕэ, үчүгэй кийиит кэлбит диэн буолар.

Экваторга

Экваторга

Африка экваторы кыйа сытар сорох дойдуларыгар кыыс “кыыһын” горилла ылыахтаах диэн суруйаллар. Төһө кырдьыгын-сымыйатын билбит суох эрээри, ыал буолбут кыыһы бастаан джунглига эбисийээнэни көрдөтө ыыталлар. Ол кэннэ кийиит сирэйэ-хараҕа бааһыран, оһоллонон кэллэҕинэ, горилланы көрсүбүт, үтүө дьахтар аатырар. Ол гынан баран, эмиэ саайка суруйалларынан, кыыһы үксүгэр тыаҕа тахсыбытын аттынааҕы түөлбэ уолаттара кэтэһэн, тоһуйан турар буолаллар үһү.

Эмиэ Индия

Былыргы Индияҕа кыыс “кыыһын” анаан үөрэммит, сиэри-туому билэр дьон ылаллар эбит. Биллэн турар, онтулара төлөбүрдээх буолар. Кыыһы “дьөһүөлдьүккэ” илдьэри-илдьибэти ийэтэ быһаарар.

Дьөһүөлдьүт кыыһы сыгынньахтаан, “чараас” сирэ ыалдьыбатын диэн, анал отунан, мааһынан сотон-биһэн баран, эр киһи тэрилигэр майгынныыр таас тэрили уган сиэр-туом толорор эбит.

Маркиз арыыларыгар

маркиз

Полинезияҕа Маркиз арыыларыгар буолар урууга сылдьыбыт Жак Марсиро диэн чинчийээччи маннык суруйар: “Уруу сиэрин-туомун кэнниттэн урууга ыҥырыллыбыт эр дьон бары кийиит кыыска уочараттыыллар. Аҕа саастаах бастыыр. Кинилэр ол курдук кыыһы дьахтар оҥороллор. Бу – былыргыттан тутуһуллар сиэр-туом”.

Category: СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ | Views: 1677 | Added by: uhhan1
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  Олунньу 2018  »
БнОпСэЧпБтСбБс
   1234
567891011
12131415161718
19202122232425
262728
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 1
Ыалдьыттар (гостей): 1
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024