Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [670]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [93]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [239]
Тюрки [76]
Саха [153]
литература [42]
здоровье [465]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [123]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2018 » Олунньу » 28 » Сунтаарга – Бэйэ оҥорон таһаарыытын сыла!
Сунтаарга – Бэйэ оҥорон таһаарыытын сыла!
09:49

grigorБыйыл Сунтаар улууһун бүддьүөтүттэн аҥаардас тыа хаһаайыстыбатын оҥорон таһаарыытыгар (переработка) – 9 мөл. солк., уоннааҕы, атын урбаан хайысхаларын сайыннарыыга (холобур, тууска, цеоликка ылсыбыттарга, уустарга уо.д.а. анаан) – 20-тэн тахса мөл. солк. көрбүттэр.

Салгыы улуус баһылыга Анатолий Васильевич Григорьевы кытта кэпсэтииттэн быһа тардыыны билсиҥ:

– Урбааннньыттарбыт, сүрүннээн, атыы-тутуу хайысхатыгар ылсан, таһаарыылаахтык үлэлэһэллэр. Этэргэ дылы, хааннарыгар баар диэххэ сөп. Былыр-былыргыттан атыы-тутуу тарҕаммыт сирэ. Салгыы атын хайысхалары эмиэ сайыннарар, көҕүлүүр сыалтан, Бэйэ оҥорон таһаарыытын сылын биллэрдибит. Өрөспүүбүлүкэҕэ биллэриллибит Дьарыктаах буолуу сылыгар дьүөрэ хайысха. Уустарбытын, талааннаах тарбахтаахтарбытын, уопсайынан, оҥорон таһаарыыга үлэлэһиэн баҕалаах дьоммутун өйүүр сыалтан грант олохтоотубут. Болҕомто саҥа үлэ миэстэтин таһаарыыга, оҥорон таһаарыы көрдөрүүтүн үрдэтэргэ туһаайыыллар.

Оҥорон таһаарыы сыахтарын саҥардыыга, саҥаны тутууга үлэлэһиэхпит. Манна даҕатан эттэххэ, бэйэ оҥорон таһаарыытын көрдөрүүтэ биһиэхэ үрдээн иһэр. Бастаан утаа олохтоох бородууксуйанан улууһу толору хааччыйар сыалы тутуһабыт. Кыах улааттаҕын аайы, хабар иэммитин кэҥэтиэхпитин баҕарабыт.

Улууспут атыттартан уратыта – тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйатын астыыр, соҕотуопкалыыр 5 тэрилтэлээх. Кириэстээх, Күндэйэ, Түбэй Дьаархан кэпэрэтииптэрэ, “Хочо” МУП уонна “Алсу” тэрилтэ “Сулус” нөҥүө астатан, утумнаахтык дьарыктаналлар. Сунтаар бородууксуйата улууска, Ньурбаҕа, Мииринэйгэ тарҕанар. Салгыы сайыннаран Өлөөҥҥө, Анаабырга батарар баҕалаахпыт.

selsk

Үүт хайысхалаах сүөһүнү – Алтаайтан, эккэ анаан Калмыкияттан аҕалтарбыппыт. Владимир Африканович Алтаай ыанньыктара үүтү биэриилэрэ үчүгэйин бэлиэтиир. Кини 4 тыһ. т тиийэ үрүҥ илгэни туттарар. Бэйэтэ – 40 сүөһүнү, кэргэнэ – 25 сүөһүнү көрөллөр.

Калмык сүөһүтүн үөрэтэн, дьэ, дэмин булан эрэллэр. Бастаан ыарахаттары көрсүбүппүт. Туруктара тупсарга барда. Нэһилиэнньэ бу боруода сүөһүн этин сөбүлээн атыылаһар буолан эрэр.

Тыа хаһаайыстыбатын көрдөрүүтүнэн, бастыҥ нэһилиэк ахсааныгар былырыын 5 нэһилиэкпит киирэн, граҥҥа тиксибиттэрэ.

selsk2

Сиргэ үлэ, ходуһаттан ууну таһаарыы түмүгэр туһаныллар сир балай эмэ кэҥээтэ. Сүөһү аһын оҥоруу эбиллэн, сүөһүбүт 14 тыһ. 715, сылгыбыт –13 тыһ. 930 төбөҕө тиийэн, хайаларыгар да эбиллиилээхпит. Бырабыыталыстыба сүрүн сорудахтарыттан от, үүт былаана туолла. Арай эккэ уонна килиэп оҥоһуктарга туолбатаҕа, ити өттүгэр үлэлэһиэхпит.

Дьоммут “Саҥа саҕалыыр бааһынай”, “Ыал пиэрмэлэрин өйөөһүн” федеральнай бырагыраамаҕа хапсаллара үксээтэ. Холобур, ыал пиэрмэлэрин өйүүргэ 2014 сылга 3-4 бааһынай хапсан, үбүлэммит эбит буоллаҕына, кэнники сылларга 9-16 киһи тигистэ.

selsk3

Онтон саҥа саҕалааччылартан бастакы сыл 1 эрэ хаһаайыстыба ылбыт буоллаҕына, кэлин 4-6 бааһынай тиксэр.

Тыа хаһаайыстыбатын сайыннарыыга инники күөҥҥэ Күндэйэ, Аллыҥа, Куокуну, Кириэстээх курдук бөдөҥ хаһаайыстыбалаах нэһилиэктэр сылдьаллар. Кэлин атын нэһилиэктэрбит – Маар Күөл буоллун, Уһун Күөл да буоллун тардынан, балачча ылсан эрэллэр. Федеральнай бырагырааманан грант ылбыт хаһаайыстыбалар бэлиэ хамсааһыны таһааралларын бэлиэтиэм этэ.

Category: Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка | Views: 982 | Added by: uhhan1
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  Олунньу 2018  »
БнОпСэЧпБтСбБс
   1234
567891011
12131415161718
19202122232425
262728
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 116
Ыалдьыттар (гостей): 116
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024