Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [670]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [93]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [239]
Тюрки [76]
Саха [153]
литература [42]
здоровье [465]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [123]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2019 » Тохсунньу » 21 » Аар Айыы диэһин төһө сөптөөх-табыгастаах эбитий?
Аар Айыы диэһин төһө сөптөөх-табыгастаах эбитий?
16:18
Аар Айыы диэһин төһө сөптөөх-табыгастаах эбитий?
Дьиҥ-чахчы кистэлэҥэ арылынна!

Ханна да көр «Аар Айыы» диэн хоһулатыыны туһанар буоллуллар. Дьэ ити төһө сөптөөҕүн көрүөххэ.
Билигин, христианство кэлиэҕиттэн үөскээбит «Аар Айыы Тойон» диэн неологизм күүскэ тарҕана сылдьар кэмигэр олоробут.
1664 сыллаахха Амстердам куорат губернатора Николас Витзен сахалыы тылбаастаммыт «Отче наш» малыыппаны сурукка бэлиэтэммитэ.
Онно, «Айыыбыт биһиэнэ Мэҥэ таҥара үрдүгэр» диэн этииннэн «Жизнь» (Олох) каноническай сакральнай суолтатын Айыы диэбиттэр.
Сперанскай реформатын саҕана, 1825 сыллаахха Степной Дума тойотторо олохтоох православие былаастарын дьаныйыытынан буолуо, Үрүҥ Айыы Тойон аатын, урукку саха итэҕэлигэр киирэ сылдьар «Аар», аҕа диэн суолтаҕа туһанан, христиансай археяҕа, Христос өйдөбүлүгэр чугаһатан «Үрүҥ Аар» диэн сурукка тиспиттэрэ. Ити синкретизм, сахалыы эттэххэ иэҕиллии холонуута этэ.

Инник гынан, үрдүкү таҥара аатын уларытан, бу тойоттор, төрүт өбүгэ итэҕэлин түһэн биэртэрэ, эттэринэн-хааннарынан православияны ылыммыттара. Чэ ол хааллын. Саха норуотугар өҥөлөрө элбэҕэ, ол иһин кинилэри, уже православияны ылыммыттары, өбүгэ үөрэҕин умнубут дьоннору күүскэ дьүүллүүр сатаммат. Хайыаҥый, улахан бэлиитикэ халыыбыгар сырыттахтара дии, дьоннорбут. Хата, билиҥҥи «көҥүл» олоххо, барыта биллэр кэмигэр кыратык да өйдөрүн үлэлэтэн көрүөн баҕалаахтар суохтара киһини дьиксиннэрэр.

Хата туран, отой быһаччы, кыккыраччы Үрүҥ Айыы диэһинтэн аккаастамматахтар, биир эмит туора урдустар дьайыыларыныын туруулаһар өркөн өйдөөхтөрө баара буолуо буоллаҕа. Ол курдук, «Үрүҥ Айыы (айыы), Үрүҥ Аар (таҥара), уонна Сүр (Улуу Тойон-иччи). Балартан улаханнара Үрүҥ Айыы», диэбиттэр. Ол курдук, Үрүҥ Айыыны – Господь Саваоф, Үрүҥ Аары – Сын Божий, Сүрү – Дух Святой диэҥҥэ уларыппыттарын туһунан суруйбуттар.
Дьэ ити кэннэ, дорҕоонноохтук иһиллэр буолан, Үрүҥ Аар Тойон диэн вариана норуокка тарҕаммыта, олоҥхоҕо даҕаны бигэргэтэ сатаабыттара. Аар диэн Айыыны уот гынан көрүү былыргы канона баара саха итэҕэлигэр кэһиллибитэ. Саха өйүн-санаатын христианствоҕа иэҕии Үрүҥ Аар диэһининэн саҕалламмыта.

Онтон ыла Аан Дойдуну Үрүҥ Айыы буолбакка, Үрүҥ Аар Тойон айбыт аатырбыта. Быһатын эттэххэ, Иисус Христос баар буолан, Аан Дойду үөскээбитин курдук тойоннооччу дэлэйэр. Бу тиэрэ өйдөбүлү дьон хараҥа, нүкэн араҥатыгар тарҕатыыга олоҥхону туһаналлар, төрүт өбүгэ итэҕэлэ ыһыллан, мөлтөөн, норуокка дьайыыта биллэ аччыыр, сиэр кэһиллэр, дьон-аймах ыар олоххо үктэнэр. Итинтэн ыла саха итэҕэлин утары үлэ өссө эбии күүһүрэр.
Оччолорго сорох олоҥхо апокрифы, атыннык эттэххэ, религиознай үөрэҕи сырдатар эбит буоллаҕына, Үрүҥ Айыы Тойону – Үрүҥ Аар Тойонунан солбуйан, дьону буккуйуу саҕаламмыта.

Христианскай синодиктар матыыптарын киллэрии барбыта. Өлөн баран тиллии, өлүү кэнниттэн аатырыы-суолуруу, дьахтары Эр киһи ойоҕоһуттан оҥоруу, дьахтар үрдүк суолтатын намтатыы, Эр киһини туспа үрдэтии, абааһы-еретик уобарастара кытары үллэс гыммыттара.
1843 сыллаахха епископ Нил «Кылгас Катехизис» сахалыы тылбааһыгар Айыы Тойону намтатан, Аары инники таһааран Саха Сиринээҕи православнай церковка Аар – Айыы Тойон диэн саҥа канону бигэргэтэр. Бу религиознай реформаны Миддендорф уонна Маак салайааччылаах экспедициялара тутатына бэлиэҕэ ыланнар саха итэҕэлин охсор охсуутун ситэрэн биэрбиттэрэ.

Нил итинник гыммыт төрүөтэ – христианскай религиознай реформаны кытыы сиргэ бигэргэтии этэ.

Епископ Нил бу сырыыта саха религиознай сүрүн канонун, постулатын православнай церковь ирдэбилигэр сөп түбэһиннэрии тосхолун тутуһуннарбыта. Ол курдук, кини кэнниттэн Айыыны буолбакка, Аар диэни инники күөҥҥэ тутуу саҕаланар. Маныаха даҕатан эттэххэ, Аар диэн эрдэтээҥи өттүгэр саха итэҕэлигэр Арт буоларын А. Слепцов, В.Л. Приклонскай уонна протоиерей Д.Д. Попов бэлиэтээһиннэригэр баар. Арт диэн архаты кылгатан ааттааһын сахаҕа киирэ сылдьара. Ону кэлин отой атын суолталаан, эмиэ итэҕэлгэ баар хараҥа өттүн хостоон таһааран туһаммыттара.

Православнай церковь епискоба Дьокуускайтан бараатын кытта, 1844 с. олунньу 18 күнүгэр, наука Петербургтааҕы академиятын экспедицията кэлэр. Салайааччыта академик А.Ф. Миддендорф бу религиознай реформация саҕаланыытыгар түбэспитэ уонна манныгы бэлиэтэммитэ: «Ар - Айыы тойон». Ол аата Айыы тойон буолбакка, Аар өрө тутуллар туоһута этэ.

Р.К. Маак 1854 сыллааҕы экспедиция түмүгүнэн «...по понятиям якутов, верховный правитель мира и зиждитель жизни на земле есть Ар Тойон (или Ар – Айыы тойон)» диэн эбии чиҥэтэн биэрбитэ. Төһө да Аары инники собуччоруйан ылан укпуттарын иһин, бу икки чинчийээччилэр Аар уонна Айыы тойон диэннэри арааран бэлиэтээбиттэрэ.

Инньэ император Петр I саҕаттан барбыт церковнай реформа силигин дьэ сиппитэ. «Господь дал царям власть над народами, но над совестью людей властен один Христос» диэһинэ туолбута.

Аар – Уол таҥара (Христос) итинтэн ыла Айыы тойону – Аҕа Таҥараны кыайбыта. Айыы тойон үтүрүллүбүтэ.
Саха религиознай өйдөбүлүгэр киирбит уларыйыыга Бетлингк 1851 сыллаахха икки алҕаһы таһаарбыта. «Юбер ди Шпрахе дер Якутен» кинигэтигэр. Бастакытынан, саҥа религиознай символга лексиграфическай алҕаһы оҥоруу. Сурук бэлиэтин – дефиһы көтүтэр. Дефис көппүтүн түмүгэр «Ар айыы тойон» диэн неологизм үөскээбитэ.

Бетлингк, дьиҥэр, бу религиознай символы Миддендорф хомуйбут матырыйаалыттан ылбыт уонна итинник алҕаһаабыт. «... Когда Миддендорф возвратился в 1845 г. из Сибири, из своего наиплодотворнейшего во всех отношениях путешествия, я попросил его выбрать из своих дневников все сюда относящееся, дав ему обещание позаботиться о том, чтобы эти материалы были обработаны».

Бетлингк иккис алҕаһа, бу сыыһа үөскээбит неологизмҥа Уваровскайы сигээһинэ. Уваровскай «Ахтыыларыгар» итинник ончу суох. «Эр Соҕотох олоҥхотугар» Аар диэһин биирдэ эрэ ахтыллар. Ону да Аар аҕа суолтаҕа. Бетлингк лексиграфическай алҕаһын Э.К. Пекарскай бэйэтин тылдьытыгар 1899, 1907 сылларга хос хатылаабыта. Инньэ дииригэр Бетлингтэн ураты кими да ыйбатаҕа. Ол аата «Аар Айыы» диэни атын ким даҕаны ити омуктар иннилэригэр эппэтэх эбит.

Айыы үөрэҕин, итэҕэлин көбүтүү барбытыгар таҥараны итэҕэйээччилэр Аар Айыы диэн ити сомоҕо домоҕу ороон таһаарбыттара. 2000 сыл чугаһыгар Пекарскай тылдьытыттан. Айыбыын! Улуу Пекарскай буоллаҕа! Ол түмүгэр, сүүрбэччэни кыайбат сыл иһигэр, «куту-сүрү эмтиир», таҥараны айыылартан «көмүскүүр» Аар Айыы итэҕэлэ үөдүйдэ. Бу көстүү саха 1664 сыллааҕы религиознай постулатыгар уонна оннооҕор 1825 сыллааҕы «Обычное право якутов» диэн юридическай докумуон бигэргэппит религиознай символларыгар ханан да сөп түбэспэт. Ити суруктар Айыы каноническай сакральнай суолтата саха дьонугар таҥаратааҕар үрдүгүн уонна улаханын бигэргэтэллэр.

Аар Айыы диэбэккэлэр эрэ Аар Тойон диэн Дыгын уолататтарын өлүүтэ 100 сылын туолуутугар этиллибит аманыйыыны 1742 сыллааха Якоб Линденау бэйэтин экспедиционнай матырыйаалыгар суруйан турардаах.

1724 сыллааҕы сиэргэ-туомҥа Тыгын уолаттарын кэриэһигэр хаҥаластар икки сирэйдээх демоҥҥа – Аар Тойоҥҥо хайыспыттар. «Булгу харахтаах, хаптаҕай тыллаах, таба атааннаах Аар Тойоҥҥо!». Бу аманыйыы ытык дьон өлбүтэ 100 сылыгар анаммыт. Өлүүнү үтэйиигэ, ыар сүтүк кутурҕанын уҕарытыыга диэн анаан оҥоһуллубут.

«Аар» диэн өйдөбүл индийскэй төрүттээҕэ биллэр. «Арйа» (аар аньыы) «киһини толук тутааччы» диэн. Ол иһин, аартан сиэмэ-аһаама, диэн ааттаһан көрдөһөллөр эбит. Бу өйдөбүл өлүү культугар турар түҥ үйэтээҕи өйдөбүл буолар. Сэрэнэ-сэрбэнэ ыҥырыллар үөр (өлбүт дьон тыына) баһылыга.
Билигин кэлэн, сорох-сорох үөлээннээхтэрбит, оннооҕор «Куруубай хааннаах Кулун Куллустуур» ийэ-олоҥхоҕо эмиэ «Үрүҥ Аар Айыы» баар диэн сымыйаннаан суруйаллар.

Бу архыыпка сытар, Ырыа Мииккэ уонна Тэккэллэ курдук улаханнык биллибит, уһуктаах үчүгэй куоластаах, иһити-хомуоһу кытта лыҥкынатар олоҥхоһуттары батыһа сылдьан биһирээн туран истибит-үөрэммит олоҥхоһут – Тимофеев-Теплоухов тылыттан Дьокуускайдааҕы Норуот Айымньытын Дьиэтин фольклорга методиһа – Петр Никифорович Попов-Хайахсыытскай суруйан ылбыт олоҥхотугар биирдэ да инник дэниллибэт. Куруутун, хас үрдүкү таҥараны ахтыллар илиистэригэр барытыгар, «Үрүҥ Айыы Тойон» эрэ диэн суруллубут. Ол аата, бу олоҥхоһуппут дьиҥ-чахчы ийэ-олоҥхоһут буолара көстөн кэлэр.

Быйыл 150 сылын томточчу туолар Теплоухов-Тимофеев олоҥхолоругар, ол «Куруубай хааннаах Кулун Куллустуура» да, «Эриэдэл Мэргэнэ» да буоллуннар, ис хоһоонноро майгыннаһаллар. Эриэдэл Мэргэн сүрүн мөккүөрэ эмиэ Кулун Куллустуур курдук ойуун абын-хомуһун айыы киһитэ кыайыыта, удаҕаны ойох ылыыта кэпсэнэр. Маны таһынан ити олоҥхо биир суол боччумнаах уратылаах: бу олоҥхо бухатыырдара Үрдүкү айыылартан улаханнык толлубаттар да буоллаллар, этиллибит дьылҕалара синэ биирэ туолар, төһө да кинилэр мөккүөрдэрэ, охсуһуулара аҥаардас Орто Дойду иһинэн бартын, быһаарыллыбытын иһин.

Онон, манна, киһи ордук, бэйэ күүһүгэр эрэнэн, бэйэ күүһүгэр тирэнэн олоҕун оҥостунара, ис кыаҕын арынара көстөр. Кимтэн да көмө көрдөспөккө, бары кыһалҕаларын көстүбэт күүс көмөтүнэн буолбакка, киһи тус бэйэтин илэ күүһүнэн кыайара-хоторо, сырдык ыра санаатын толороро, дьылҕатын уларыта тутуон сөбө көрдөрүллэр.

Үтэ гыммыт Кулун Куллустуурун, Дыырай Бэргэни, Оҕо Тулаайаҕы, Дьэр хара аттаах Дьэргэстэй Бэргэни, Эриэн таба аттаах Эҥэлэй Баатыры, Иккилээх эмньик кулун аттаах Эриэдэл Мэргэни, Тойон Чөллүүт бухатыыры, Үрүҥ Уоланы, Кылааннаах өргөстөөх Кыыс Ньургуну онтон да атын 40-ча олоҥхону толортуур дьиҥ былыргы олоҥхоһут сыыстарбатаҕа буолуо.

Өссө биир архыып докумуонугар, А.А. Саввин-Боло пуондатыгар баарга маннык дэммит: «Аньыы ойууна киһини-сүөһүнү сиир, айыыга кыырбат. Кини Ынахсыт да таппат, Дьөһөгөйгө да барбат. Кинини айыылар сөбүлээбэттэр. Кини Аар Айыыга кыырар» дэммит былыргы үгэһи билээччи, иччилээх тыллаах Чурапчы эмээххинин кэпсээнигэр (ЯНЦ СО РАН. Ф.4. Оп.12. Д.64. Л.94).

Алгысчыт эрэ Үрдүкү Айыыларга хайыһыан сөбө, ханнык да ойуун ону кыайбатын, Аар Айыы диэн үөрдэри кытары ситимнээҕэ ырылхайдык көстөн кэлэр бу докумуоҥҥа. Итинник холобурдар элбэхтэр.

Итини барытын ыйан туран эттэххэ, билиҥҥи кэмҥэ «Аар Айыыга» үҥэр-сүктэр букатын да оруна суоҕа, онеу ааһан, аньыылааҕа-харалааҕа, сэттээх-сэлээннээх диэн күдээринэ сэһэн эрэ буолбакка отой сэрэхтээх буолара, дьэ тахсан кэлэр.
Ыстатыыйа араас источниктартан таҥыллан оҥоһулунна.
Category: Айыы үөрэҕэ | Views: 1091 | Added by: uhhan1
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  Тохсунньу 2019  »
БнОпСэЧпБтСбБс
 123456
78910111213
14151617181920
21222324252627
28293031
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 91
Ыалдьыттар (гостей): 91
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024