Кэрээкин Бүөтүр Уйбаанабыс СӨ Национальнай архыыбын тутаах научнай үлэһитэ
Халыым туҺунан
Биллэрин курдук, 1924 сыл ахсынньы 15-тэн 22-гэр диэри буолан ааспыт III Саха сирин Сэбиэттэрин съеһигэр Саха Сирин Киин Ситэриилээх Кэмитиэтин чилиэнэ Иван Дмитриевич Емельянов «Об отмене калыма» диэн дакылааты аахпыта. Ол кэмтэн ыла халыым уурайбыта. Ол саҕана пропагандистар суруйаллара:
«Поднимают голову бесправнейшие из бесправных, низвергнутые в самую глубину общественной несправедливости, крепко окованные цепями традиций, законов и религиозных догматов. Истерзанные телом и духом, боязливо и все же неудержимо, восточные женщины вступают в борьбу за свою свободу и равноправие. Освободительное движение на Востоке можно сравнить с начинающим ливнем. Правда, зарницы еще слабо блещут, но в них предвестие приближающейся грозной бури. Этим подтверждается, что пролетарская революция действительно будет истинно-мировой революцией и благодаря ей, последние из угнетенных и порабощенных, добьются своего освобождения. В советских республиках клуб восточных женщин отнюдь не является местом поощрения мирных стремлений к женскому равноправию. Нет, он – сборный пункт революционных сил, он школа революции …Предстоит большая и сложная в высшей степени ответственная работа по дальнейшему развертыванию и углублению клубной работы среди женщин, как базиса партийной работы в ее борьбе за действительное раскрепощение женщины».
Саха омугар баар сорох эргэрбит диир үгэстэрбит XX үйэ бастакы аҥаарыгар сэбиэскэй былаас бэлиитикэтигэр сөп түбэспэт этилэр. Саха өрөспүүбүлүкэтин бырабыытылыстыбата дьахтар-аймаҕы бырааба суох буолууттан босхолуурга уонна социалистическай олоххо сыһыарарга күһэллэрэ. Ол туһатыгар, култуурунай өрөбөлүүссүйэҕэ уопсастыба бары араҥата кыттыыны ылыахтаах этэ. Былаас көрүүтүгэр эргэрбит туруктаах курдук көстөр, аныгы сахалар олохторуттан туораан биэриэхтээх үгэстэртэн биирдэстэринэн – халыым буолбута.
Чинчийээччи Л.И. Винокурова этэринэн: «XX үйэ бастакы чиэппэригэр буолбут «гендернэй дэлби барыы» (ол аата дьахтар
икки эр киһи икки ардыларыгар сыһыан уустугуруута) улахан тосту уларыйыылары аҕалбыта».
1924 сыл ахсынньы 22 күнүгэр III Саха сирин Сэбиэттэрин съеһин анал уурааҕынан халыым үгэһин толоруу чэрчитэ көтүрүллүбүтэ. Бу уураахха маннык диэн суруллубут этэ: «Өктөөп өрөбүлүүссүйэтэ хапытаал хара батталын самнарбыта уонна киһи киһини бэйэтин интириэһигэр туһаныытын суох оҥорбута. Ґлэһит дьону бэйэ туһатыгар туттаарылар, баһылаан олорор кылаастар, ыраахтааҕы бырабыытылыстыбата уонна тойоттор, араас ол-бу батталы, тэҥэ суох буолууну сымыйа санаалары өйүүллэр этэ, ол иһигэр, дьахтары сиэрэ суох атаҕастааһыны, хам баттааһыны. Ити көстүүлэр ордук Илин уонна Хоту омуктарыгар тарҕаммыттара. Саха дьахтарын эксплуатациялааһын уонна бырааба суох оҥоруу биир көстүүтүнэн «Халыым» буолар. Халыым саха дьахтарын, кини баҕарбатын үрдүнэн, туора дьон барыыстаах дьыалаларыгар кытыннарар, дьахтары бэйэтэ баҕарарынан холоонноох доҕорун, олоҕун аргыһын талан ылан, сөбүлэҥҥэ киллэрэн холбоһон олоруоҕун бобор. Халыым ордук дьадаҥы өттүгэр охсор. Күүс өттүнэн кэргэннэммит, сатамматах олохтоох дьахтар эриттэн кыайан арахсан барбакка сор-муҥ бөҕөтүн көрөр, эригэр чаҕар буоларыгар тиийэр.
«Халыым», Өктөөп Өрөбүлүүссүйэтин тутулун сүрүн өрүттэрин уонна дьахтар-эр киһи тэҥ бырааптаныытын кытта букатын дьүөрэтэ суох; халыым, патриархально-родовой олох-дьаһах көстүүтүн быһыытынан, производственнай күүстэр сайдыыларыгар уонна саргылаах саха ыалын үөскээһинигэр мэһэйдиир – онон, халыым суох оҥоһуллуохтаах. Бу мантан сиэттэрэн, III Саха сирин Сэбиэттэрин съеһэ уураахтыыр: Халыымы, обычнай право тутула буоларын быһыытынан, көтүрэргэ. Съес Саха сирин Киин ситэриилээх кэмитиэтигэр халыымы көтүрэр уураахха сөптөөх сокуону уонна инструкциялары ылынарыгар дьаһайар. Манна, сүрүн болҕомтону дьахтар арахсар түбэлтэтигэр малын-салын былдьаппатыгар, уонна саастара ситэ илик оҕолору кэргэннээбэт буолууга ууруллуохтаах», диэбиттэр.
Бу уураахха этиллибит «сөптөөх сокуону» Саха сирин Киин ситэриилээх кэмитиэтин Президиумун 1928 сыл кулун тутар 13 күнүгэр буолбут мунньаҕар ылыллыбыт.
Дьэ, бу уураах ылыллыбытын кэнниттэн халыымы хайдах суох оҥорбуттар эбитий?
Сэбиэттэр съестэрин кэннэ, 1925 сыл олунньутугар Саха Сирин Киин Ситэриилээх Кэмитиэтин халыымы Саха өрөспүүбүлүкэтин үрдүнэн бобор туһунан уурааҕа тахсыбыта. Бу
уураах 1 ыстатыйатын кэспит дьоннору суукка тардыахтарын сөбө уонна маннык ыстатыыйаларынан дьыалаларын көрөллөрө: «1. Халыымы ылыы уонна биэрии, ханнык да көстүүтүгэр буолтун иһин, халыымҥа бэриллибит баай ортотуттан үрдүгэ суох сууммаҕа ыстыраабынан, эбэтэр 6 ый үлэлэринэн накаастанар. 2. Дьахтары көҥүлүн сарбыйан күүс өттүнэн кэргэннээһин биир сыл үлэлэринэн накаастанар. Итинник күүһүлээһин 16 сааһын ситэ илик оҕоҕо туһаныллыбыт буоллаҕына, буруйдаахтар 3 сылга тиийэ хаайыллаллар. 3. Бу кэмтэн ыла, суут бирикээһинэн, бэриллибит халыым, энньэтин халыымтан көҕөрөппөккө туран, биэрбит киһиэхэ төннөрүллэр».
Халыым төннөрүүтүн кэмин оччотооҕу Холуобунай Кодекс 21-с уонна 22-с ыстатыйаларыгар олоҕуран оҥоһуллара. Дьахтар ыал буолуутугар, алаһа дьиэ туттуутугар, туспа хаһаайыстыба тэриниитигэр урут олоро сылдьыбыт дьонун баайыттан ирээтэ бэриллиэхтээх этэ.
Манна ахтыллыбыт уураах Саха Сирин Киин Ситэриилээх Кэмитиэтэ бигэргэппитин уонна «Автономная Якутия» хаһыакка тахсыбытын эрэ кэннэ күүһүн ылбытынан ааҕыллара. Уураах инструкцияларын уонна ыстатыыйаларын РСФСР кодекстарыгар сыһыарыы быһыытынан барар Саха АССР усулуобуйатыгар сөп түбэһэр ыстатыыйалар кэккэлэригэр киллэрэригэр Саха АССР юстициятын Норуодунай кэмитиэтин соруйбуттар.
Онон, халыымы туһанааччылар административнай кодексынан эрэ буолбакка, холуобунай кодекс ыстатыыйаларынан эмиэ сууттанан, дьыалаҕа тардыллаллара.
Халыым аҥаарыгар диэри төлөнөр ыстыраабы олохтооһун дьадаҥы хаһаайыстыбалары көмүскүүр сыалтан тахсыбыт эбит. Бу ыстыраап суумматын 5 солкуобайтан саҕалаан 500 солкуобайга тиийэ быспыттар. Кэнники, бу суумма 6 мөһөөккө диэри улааппыт. Халыым хаалбыт аҥаара судаарыстыба хааһынатыгар буолбакка, мөлтөх саха ыалын хаһаайыстыбатыгар төннөн барара. Энньэни төннөрбөт буолуу уонна чуолкай суумалары туһаныы сүктэр кыыс аймаҕын өттүттэн уонна уол дьонуттан административнай иискэлэр киирэллэрин тохтоторо. Сорох халыым сууммата 1,5-2 тыһыынчаҕа тиийэрэ биллэр. Саамай тарҕаммыта – 100 солкуобай.
«Кыыс урут олоро сылдьыбыт дьонун баайыттан ирээтэ бэриллиэхтээх» диэн пуун, гражданскай состояние акталарын кодексатыгар баар ыстатыйалларга олоҕурара. Холобура, кини 16-ттан 18-гар диэри төрүүр, ыал хотуна буолан төрөппүт оҕолорун иитэр бырааптаах эрээри, төрөппүттэрин баайын ылар бырааба
суох этэ. Ол иһин, эдэр ыалы дьадаппат баҕаттан ирээтин ыларыгар көҥүллүүллэрэ.
Ахтыллыбыт уураах халыымҥа эрэ сыһыаннаах этэ. Халыыма суох күүстэринэн дьахтары кэргэн биэрбэт, эбэтэр кэргэн биэрэр түбэлтэлэрин бу уураах хаппатах. Онно туспа, маннааҕар ыарахан накаастабыллаах ыстатыыйалар Холуобунай кодекска бааллара. Халыым иһин накаастабыл чэпчэки буолбута исторически дьон-аймах өйүгэр-санаатыгар олохсуйан хаалбыт төрүт үгэһи быстах кэмҥэ суох оҥорор сатамматын билинииттэн тахсара.
Сэбиэскэй былаас сахалар былыр-былыргыттан илдьэ кэлбит үгэстэрин халыымы утарбыта, суох оҥорбута. Сэбиэскэй киһигэ итинник үгэһи хараҥа түктэри буолуохтаах диэн биир халыыпка киллэрбитэ. Мин саныахпар биһиги норуот быһыытынан биир уратыбыт эмиэ сотуллубута, тоҕо диэтэххэ халыым былыргы, төрүт үгэс буолар. Халыым үчүгэй өрүттэрин этэттээтэххэ маннык.
Сахалар обычнай быраабаларыгар баар пууннар барылара чуолкайдык толорулла сылдьыбыттара эбитэ буоллар, саха дьахтара бэрт элбэх бырааптаах курдук буолан тахсар эбит. Обычнай быраап ыал ыһылларын утары элбэх үтүөлээҕэ эмиэ көстөн тахсар. Обычнай быраапка халыым туһунан суруллубут пууннар өссө биир үчүгэйдэрэ – сүөһү боруодатын тупсарыыта (энньэннэн уонна халыымынан кэлбит ынах, сылгы хаана булкуһар). Бэйэбит көрүөҕүҥ. Федоров М.М. «Памятники права Саха (Якутия)» диэн хомуурунньугар баар сахалар XIX үйэ бастакы аҥаарынааҕы обычнай бырааптарыгар суруллар:
«Сµктэр кыыс ийэлээх а±ата халыым соро±ун эбэтэр барытын ылбыттарын кэннэ кыыстара бэргэ´элэммэккэ сылдьан атын ки´ини кытта куотан хаалар тµбэлтэтигэр, т³л³ммµт халыыма кыы´ы кµрэппит ки´инэн тобо±о суох т³л³н³р уонна буруйдаахтар дьон-норуот мустуутугар та´ыллаллар.
Кэргэннэ´ии µлэ´иитин бы´ыытынан, кµтµ³т а±а уонна ийэ кылыннара халыымы ылан баран биэрбит тылларын кэ´эн туран кыыстарын атын ки´иэхэ ойох биэрдэхтэринэ, кинилэртэн туох баар итинтэн тахсыбыт хоромньуну т³л³тт³р³лл³р.
Кэпсэтиилээх уол кыыс ту´угар халыым т³л³³бµт буолан баран атын кыы´ы кэргэн ылла±ына, бэриллибит халыыма барыта бастакы кыы´ыгар хаалар уонна уопсастыба баарыгар уолга быыгабар о²о´уллар.
Кэргэнниилэр бэргэ´элэнэн баран төһө эмэ кэм, эбэтэр уон уонна онтон ордук да сыл, бииргэ олорбуттарын кэннэ, дьахтар эрэ ³л³н хаалла±ына, уонна дьахтар ³сс³ биирдэ кэргэн тахсыан ба±арда±ына, кэргэн тахсыахтаах ки´итэ дьахтар урукку ³лбµт
кэргэнин дьонугар т³л³ммµт халыым а²аарын т³лµ³хтээх; билигин буолла±ына ити µгэс парохиальнай а±абыыттар к³±µлээ´иннэринэн тохтотуллан турар, ол и´ин сахалар халыым т³лµµр µлэхтэригэр элбэх ночоокко киирэллэр.
Кэргэнэ суох эр ки´и уонна дьахтар сокуоннайа суох дьуккаахта´ыыларын тµбэлтэтигэр, управа кинилэри холбо´оллоругар модьуйар, онтон кµтµ³т ойо±ун дьонугар халыым т³лµ³хтээх; холбо´уохтарын ба±арбатахтарына, дьыалалара суукка бэриллэр.
Сокуоннай кэргэннии ыалы ы´ар ки´и, µс туо´у баар буолла±ына дьыалата суукка ыытыллар, оттон туо´у суо±угар дьыалата инороднай управа к³рµµтµгэр хаалар.
Уон эбэтэр онтон ордук сыл бииргэ олорбут кэргэнниилэртэн а±а ба´ылыктара ³л³н хаалар тµбэлтэтигэр, кини кэннэ хаалбыт ойо±о кэргэннэниэн ба±арда±ына, ол са²а кэргэнэ ³лбµт ки´и а±атыгар эбэтэр убайдарыгар балыстарыгар т³л³ммµт халыым а²аарын биэриэх тустаах», диэбиттэр.
Сахалар халыымы биэрэн туран кэргэннэһиилэригэр араас элбэх биричиинэлээх уустук боппуруостар үөскииллэр эбит. Холобура маннык диэн суруллубут:
«Өр кэм эрин кытта олорон баран дьахтар кини миигин астыннарбат диэн баран хаалар; итинник майгы соро±ор с³пт³³х, соро±ор албын буолар; с³пт³³х буолла±ына ойо±о буруйа суох, кэргэнэ буруйданар, халыым т³´³ сµ³´µ бэриллибитинэн т³нн³рµллэр; албын эбит буолла±ына дьахтар буруйдаах эбэтэр буруйа суох буолар, то±о диэтэххэ ки´итин таптаабат, эбэтэр эрэ хабыр сы´ыаннаах буолуо±ун с³п». Дьэ, манна дьиктитэ диэн, эр киһи ойоҕун «астыннарбатын» хайдах быһыылаахтык уорбалаан-чинчийэн билэллэрин суруйбатахтар.
Салгыы: «Хотун дьахтар бэйэтэ эриттэн арахсан барар тµбэлтэтигэр, халыымы бµттµµнµн бу дьахтар а±ата т³лµ³хтээх. Ойо±о арахсыбытын кэннэ эр ки´и ³л³н хаалла±ына, бу ки´и хаан уруу дьоно урукку ойо±ун эргэ биэриэ суохтаахтар, арай дьахтар дьоно эргэ биэрээри гыннахтарына, урукку эрин дьонугар дьахтар арахсан барыытыгар туох т³л³нµ³хтээ±ин барытын т³лµµллэр, ол гынан баран дьахтар бастакы эриттэн ы²ыырдаах атын икки, та²а´ын икки эрэ бэйэтигэр ордорон хаалар: итигийдик дьахтар бэйэтэ да±аны к³²µллµк, халыыма суох кэргэн тахсыан с³п.
Хотун дьахтар а±атыгар олорон эрэн эрин кытта хоонньо´умуна ³л³н хаалла±ына, халыымы барытын т³ннµрµллµ³хтээх, оттон хоонньо´он баран ³лл³±µнэ, халыымын а²аарын эрэ т³нн³р³лл³р. Халыымнар туох да улахан ночооту
аҕалбаттар, тоҕо диэтэххэ, хардарыта бэрсии түмүгэр күтүөт икки төгүл даҕаны элбэх барыыстанар. Сиэнэр сүөһүнү ылар эбит буоллахха, аймахтаһар ыаллар биир эрэ өттүлэрэ аһынан маанылаатаҕына (холобура, күтүөт курумутун, а.э. күндүлээһинин ыыттаҕына (ол аата, биир сүөһүттэн 10-15 диэри, сороҕун тыыннаахтыы, сороҕун бүтүн сүөһү этинэн), атын өттө бу ас аҥаарын төлүүр. Туох да биричиинэтэ суох ойо±ун быра±а барбыт ки´и кыыс баайын т³нн³рб³т, ойо±о илдьэ кэлбит та²а´ыттан-сэбиттэн ураты.
Дьахтар эриттэн атын дьон кигиитинэн куотан хаалар эбит буолла±ына, халыымы уонна туох баар халыымы кытта сибээстээх тахсыбыт хоромньуну, кигэн биэрбит дьон т³лµµр уонна кинилэри та´ыйаллар, итинник тµбэлтэлэргэ кэргэнниилэри араартыылар уонна халыымтан ураты тахсыбыт хоромньуну кикпит дьон уонна куоппут дьахтар µллэстэн т³лµµллэр» диэбиттэр. Манна хоромньуга туох киирэрин быһааран биэриэххэ сөп. Манна киирэр этэ: энньэннэн төннөрүллэр сулуу (ол аата, аҕыйах өттүттэн 100-кэҕэ тиийэ тыыннаах сүөһүнэн бэриллэр) сыҥаах хооноҕор, эбэтэр атыннык этиллэринэн – уос аһар (ити, тыыннаах сүөһү, бүтүн сүөһү этэ эбэтэр уу харчы), хоннорор кэһии, быһырым кэһии, түҥүр-ходоҕой кэһии (ол аата кыанарынан көрөн бүтүн ынах этэ эбэтэр биир тыыннаах сүөһү).
Дьэ, бу, уол өттүттэн киирэр баай көрүҥнэрин ааттаатыбыт. Оттон кыыс баайыгар туох киирэр этэй?
Өбүгэлэрбит кыыс баайыгар туох киирэрин маннык дииллэр: энньэтэ бэйэтэ, харамньыта (ол аата атыгар илдьэ барбыт баайа), сэмсэтэ (төрөппүттэрэ эбии биэрбит, усулуобуйаҕа ыйыллыбатах эдэр сүөһүлэрэ, кулуннара уонна ньиирэйдэрэ), кыыс кэһиитэ (буспут эт уонна уулларыллыбыт арыы – энньэҕэ кэлсибит иһиккэ угуллар, буут аҥаарыгар тиийэ буолар), дьиэ бэлэҕэ (саһыл уонна тоҕус кырынаас, эбэтэр киэргэтиллибит биир эмэ кырынаас тириитэ), сэргэ бэлэҕэ (биэни баайан биэрии) уонна кийиит күтүөт ийэтигэр, убайыгар уонна балыстарыгар биирдии сону биэрбитэ эмиэ кыыс баайыгар киирэр.
Халыым олох устуутун уустугурдан, кэҥэтэн биэрэр иһэр эбит. Хаһан эрэ урут мин маннык диэн түбэлтэ үөскүү сылдьыбытын суруйан турардаахпын: «О брачно-семейных отношениях якутов Орготского наслега Средневилюйского улуса в середине XIX в. можно узнать из прошения якутки этого наслега Екатерины Венедиктовны Новиковой в Вилюйское окружное управление от 20 мая 1850 г. Она пишет, что в возрасте 22 лет ее выдали замуж за сына якута Жемконского наслега Антона Андреевича Иванова. В браке у них родились дочь и сын. Дочь умерла в младенчестве, а сын до 3-х лет
оставался инвалидом. Поэтому свекор Екатерины – Андрей Иванов под предлогом того, что его сын и ее жена оказались дальними родственниками, развел их и присвоил себе калым в количестве 6 голов скота, уплаченный за Екатерину. После жалобы Екатерины, на имя улусного начальства и окружного исправника этот скот был отобран у Андрея Иванова и передан Екатерине Новиковой. Затем, по приказанию Средневилюйской инородной управы, выборный Прокопий Петров хотел отобрать данный скот в пользу Андрея Иванова, оправдывая это тем, что калым за невесту в свое время был переплачен. Екатерина Новикова в своем прошении указывает на незаконность действий выборного Петрова. Она пишет, что скот должен был быть отобран не у нее, а у ее отца Венедикта Новикова, так как она вынуждена содержать и воспитывать сына инвалида Антона 5-ти лет. По предписанию Вилюйского окружного управления скот у Андрея Иванова в количестве 5 голов был отобран и дан старосте Орготского наслега Гермогенову до разрешения дела. Однако Венедикт Новиков не спешил предоставить скот за калым в инородную управу, пользуясь покровительством старосты Гермогенова. В донесении головы Средневилюйского улуса Якова Еремеева от 29 сентября 1850 г. говорится, что староста Гермогенов решил присвоить себе чужой скот, поэтому не вызывает своего родовича Венедикта Новикова в инородную управу. К сожалению, дальнейших сведений о ходе дела в документах Национального архива не имеется, поэтому мы не можем узнать, чем закончилось дело» диэн.
Түмүккэ этиэм этэ, халыым боппуруоһа билигин даҕаны толору үөрэтиллэ илик. Халыымы үөрэтиигэ көмөлөһүөх матырыйаал баһаам элбэх. Холобура, бу ыстатыыыйаҕа туһаныллыбыт сибидиэнньэлэр В.Л. Серошевскай «Якуты» кинигэтиттэн уонна М.М. Федоров «Памятники права Саха (Якутия)» диэн хомуурунньугуттан, уонна, биллэн турар, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Национальнай архыыбын докумуоннарыттан ылылыннылар. Национальнай архыыпка ыраахтааҕы кэминээҕи пуондаларыгар халыым туһунан докумуон эмиэ элбэх. Маны таһынан, элбэх баҕайы матырыйаал, 1920-һис, 30-тус сылларга Саха Өрөпүүбүлүкэтин наукаларын академиятын Комиссията тэрийбит этнографическай экспедиция докумуоннарыгар баар. Саха сирин наукаларын академиятын архыыбыгар халыым туһунан матырыйааллар эмиэ харалла сытар буолуохтаахтар. Уопсайынан, халыымы билиҥҥи дьон билиэхтэрин наада, тоҕо диэтэххэ, өбүгэлэр бэйэлэрин истэригэр баар буола сылдьыбыт сыһыаннары арыйарын ааһан, халыым урукку да билиҥҥи да саха киһитин
менталитетын, кини олоххо сыһыаннаах көрүүлэрин өйдүүргэ көмөлөһөр.
|