News topics |
Политика.Митинги. Пикеты. Партии
[900]
|
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения
[263]
|
Суд-закон.МВД.Криминал
[1280]
|
Право, закон
[323]
|
Экономика и СЭР
[839]
|
Власть Правительство Ил Тумэн
[1207]
|
Мэрия, районы, муниципалитеты
[400]
|
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО
[215]
|
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка
[555]
|
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги
[155]
|
Коррупция
[862]
|
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство
[291]
|
Социалка, пенсия, жилье
[277]
|
ЖКХ, строительство
[132]
|
Образование и наука. Школа. Детсад
[215]
|
Люди. Человек. Народ. Общество
[224]
|
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет.
[670]
|
Алмазы Анабара
[161]
http://alanab.ykt.ru//
|
Земля. Недра
[240]
|
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода
[377]
|
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ
[158]
|
Промышленность
[43]
|
Нефтегаз
[284]
|
Нац. вопрос
[284]
|
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации
[65]
|
Дьикти. О невероятном
[183]
|
Выборы
[661]
|
Айыы үөрэҕэ
[93]
|
Хоһооннор
[5]
|
Ырыа-тойук
[23]
|
Ыһыах, олоҥхо
[102]
|
Култуура, итэҕэл, искусство
[365]
|
История, философия
[239]
|
Тюрки
[76]
|
Саха
[153]
|
литература
[42]
|
здоровье
[465]
|
Юмор, сатира, критика
[14]
|
Реклама
[7]
|
Спорт
[123]
|
В мире
[86]
|
Слухи
[25]
|
Эрнст Березкин
[88]
|
Моё дело
[109]
|
Геннадий Федоров
[11]
|
BingHan
[4]
|
|
|
Main » 2019 » Тохсунньу » 27 » Эдэр сэнэх буолуу кистэлэҥэ
Эдэр сэнэх буолуу кистэлэҥэ | 11:18 |
Эдэр сэнэх буолуу кистэлэҥэ
Үөрэх этэринэн киһи 120 сыл олоруохтаах эбит. Норуоттар икки ардыларынааҕы быраастар уонна психологтар бөлөхтөрө олоҕу уһатар уонна кырдьыыны кыйдыыр уон пуунтан турар бэлиэтээһиннэри оҥорбуттар:
1. Элбэҕи аһааман. Сорох күн куртаххытыгар сынньалаҥ күн оҥорон аскытын олох кыччатыҥ, оччотугар эккит-хааҥҥыт чэбдигириэ.
2. Аһыыр ас сааскытыгар сөп түбэһиэхтээх:
30 саас кэннэ элбэхтик эриэхэни, быары сиэҥ.
40 саас кэннэ бетакоратиннаах оҕуруот астарынан аһааҥ, холобур, моркуоп. Эр дьоннор бу саастарыгар сыыры уонна бүөрү сиэхтэрин наада, селен диэн эттик олох охсууларын уйарга көмөлөһөр.
50 саас кэннэ уҥуоҕу.бөҕөргөтөр астарынан аһааҥ. Бу кэмҥэ элбэхтэ балыкта сиэн, бу сүрэх, тымыр ыарыыларыттан көмүскүүр.
3. Бэйэҕит сөбүлүүр идэҕитинэн үлэлээн, оччотугар бэйэҕит сааскытыттан быдан эдэр буолан көстүөххүт.
4. Хайаан да иккиэ буолуҥ! Таптал уонна бэйэ-бэйэҕэ сылаас сыһыан - саамай үчүгэй эмп. Күүстээх таптал киһиэхэ дьолтон атыны аҕалбат. Бэйэтин дьоллоохтук сананар киһи доруобуйата бөҕөргүүр, үйэтэ уһуур.
5. Бэйэҕит билиигитин кимҥэ да биэримэҥ. Сүүрүк хоту устар киһитээҕэр бэйэтин санаатын сайа этэр, үлэтигэр туһанар киһи үлэтэ да тахсыылаах, үйэтэ да уһун буолар.
6. Сүүрүн-көтүҥ, элбэхтэ хамсаныҥ! Күҥҥэ 8 мүнүүтэ устата спордунан дьарыктанар киһи олоҕун биллэрдик уһатар.
7. Сөрүүн хоско утуйуҥ! Сөрүүн хоско утуйар киһи итии хоско утуйар киһитээҕэр эдэрчи көрүҥнээх буолар.
8. Сотору-сотру бэйэҕит сөбүлүүр аскытын-таҥаскытын атыылаһан бэйэҕитин маанылааҥ, манньыйыҥ.
9. Кыыһырбыккытын искитигэр тутумаҥ, хайаан да таскытыгар таһаарыҥ! Этиҥ-тыыныҥ, тыаһааҥ-ууһааҥ. Хомолто санааны искэ тута сылдьыы ыарахан ыарыыга тиэрдэр. Санаа баттала - ыарыы төрдө.
10. Төбөҕүтүн үлэлэтиҥ! Сотору-сотору кроссворда таайыҥ, элбэх киһилээх оонньууларга кыттыҥ, омук тылын үөрэтиҥ, ахсаанна суоттааҥ. Ахсааны туох да тэрилэ суох өйгө суоттааҥ. Төбөҕүтүн быыстала суох үлэлэтэр буоллаххытына хара өлүөххүтүгэр диэри түөһэйиэххит суоҕа.
Эдэр-сэнэх, чэгиэн буолуҥ!
|
Category: здоровье |
Views: 1072 |
Added by: uhhan1
|
|
|
Ааҕыылар |
Баар бары (online): 44 Ыалдьыттар (гостей): 44 Кыттааччылар (пользователей): 0 |
|