News topics |
Политика.Митинги. Пикеты. Партии
[900]
|
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения
[263]
|
Суд-закон.МВД.Криминал
[1280]
|
Право, закон
[323]
|
Экономика и СЭР
[839]
|
Власть Правительство Ил Тумэн
[1207]
|
Мэрия, районы, муниципалитеты
[400]
|
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО
[215]
|
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка
[555]
|
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги
[155]
|
Коррупция
[862]
|
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство
[291]
|
Социалка, пенсия, жилье
[277]
|
ЖКХ, строительство
[132]
|
Образование и наука. Школа. Детсад
[215]
|
Люди. Человек. Народ. Общество
[224]
|
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет.
[670]
|
Алмазы Анабара
[161]
http://alanab.ykt.ru//
|
Земля. Недра
[240]
|
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода
[377]
|
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ
[158]
|
Промышленность
[43]
|
Нефтегаз
[284]
|
Нац. вопрос
[284]
|
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации
[65]
|
Дьикти. О невероятном
[183]
|
Выборы
[661]
|
Айыы үөрэҕэ
[93]
|
Хоһооннор
[5]
|
Ырыа-тойук
[23]
|
Ыһыах, олоҥхо
[102]
|
Култуура, итэҕэл, искусство
[365]
|
История, философия
[239]
|
Тюрки
[76]
|
Саха
[153]
|
литература
[42]
|
здоровье
[465]
|
Юмор, сатира, критика
[14]
|
Реклама
[7]
|
Спорт
[123]
|
В мире
[86]
|
Слухи
[25]
|
Эрнст Березкин
[88]
|
Моё дело
[109]
|
Геннадий Федоров
[11]
|
BingHan
[4]
|
|
|
Main » 2019 » Тохсунньу » 30 » Сахалыы санааһын Айыы Үөрэҕэ бэйэтэ толкуйдуур ньымалаах.
Сахалыы санааһын Айыы Үөрэҕэ бэйэтэ толкуйдуур ньымалаах. | 13:36 |
Сахалыы санааһын Айыы Үөрэҕэ бэйэтэ толкуйдуур ньымалаах.
Ол ньыма сахалыы санааһын диэн ааттанар. Киэбэ. Сахалыы санааһын сүрүннээн олоҥхолорго, былыргы кэпсээннэргэ, тойутарга уонна аман өстөргө сөҥө сылдьар. Олоҥхолорго сүрүннээн аан дойду айыллыыта уонна үөтүүлээх эйгэлэргэ буолар охсуһуулар ойууланаллар. Манна киһи Үрдүк Айыылартан ананан Орто Дойдуга түспүтэ уонна Орто Дойдуга олоҕу чэлгитэр аналлааҕа уһулуччу тутуллан кэпсэнэр. Онон биһиги олоҥхолору Айыы Сэһэнин саамай толору төрүт көрүҥүнэн ааҕабыт. Былыргы кэпсээннэргэ саха киһитин быһыыта майгыта ырытыллар. Айыы киһитэ араас түбэлтэлэргэ хайдах туттарый-хаптарый?Бу кэпсээннэргэ быстах санаа, быһыы биһирэммэт. Ырааҕы өтө крөрөр майгы суолталааҕа кэпсэнэр. Онон былыргы кэпсээннэргэ сиэр-майгы ордук толору ойууланар. Тойуктарга аан дойдуну өйдөөһүн киэҥник киирэ сылдьар. Айыы дойдута диэн тугуй? Бу дойду туохтан үөскээбитэй? Киһи бу дойдуга туох суолталааҕый? Айыы Сэһэнин сүрүн киэбэ тойуктарга сылдьар. Бу сүрүн көрүҥнэргэ биһиги өссө аман өс диэн баарын араарабыт. аман өс ис хоһооно тойуктарга баар. Маны таһынан аман өс ойуун кутуруутугар, мэнэрик ырыатыгар биллэр. Аман өс "былыргылар маннык дииллэрэ" диэн кэпсээһиннэргэ баар. Аман өс диэн сахалыы санааһыны толору тутуһан олох туһунан толкуйдааһыны ааттыыбыт. Бу толкуйдааһын араас үгэс буолан биһиги дьоммутбыһыытыгар майгытыгар сылдьар. Сэһэннэр. Сахалыы санааһыны сатыыр киһи Айыы Сэһэнин кэпсиир кыахтанар. Ол кэпсээһинэ биһиэхэ аман өс буолан биллэр. Биһиги итинник дьоҕурдаах киһини Сэһэн диибит. Сэһэннэр диэн кимнээҕий? Бу бөлөһүөктэр, олоҥхоһуттар, ырыаһыттар. Саха норуотугар сэһэннэр элбэх этилэр. Олору биһиги булан ытык дьон быһыытынан билиниэхтээхпит. Сурук - бичик быһыытынан Айыы сэһэнин төрүттээбит дьонунан Өксөкүлээх Өлөксөй уонна А.Н. Софронов буолаллар. Кинилэр суруйбут ырыалара - хоһоонноро саха сэһэнин (философиятын) төрүтүнэн ааҕыллыахтаах. Сэһэн диэн кимий? Сэһэн диэн өбүгэлэр курдук толкуйдуур киһи. Атыннык эттэххэ өбүгэлэр санааларын бэйэтин нөҥүө таһаарар киһи. Саха араатардыыр искусствота. Саха сиригэр ааспыт үйэлэргэ сылдьыбыт үөрэхтээхтэр сахалар араатардыыр дьоҕурдарын сөҕөн суруйбуттара баар. Саха араатардааһынын холобурдарын ырытан көрдөххө аман өскө маарынныыр эбиттэр. 1989 сылтан саха тылын чөлүгэр түһэрэргэ хамсааһын барыаҕыттан ыла саха араатардыыр искусствотыгар болҕомто ууруллубута. Ол гынан баран бу дьыала өр кэмҥэ сүһүөҕэр турбатаҕа. Тоҕо диэтэххэ саха араатардааһынан сөргүтэр наадатыгар саха саныыр ньыматын билиллиэхтээх эбит. Сахалыы санааһын ньыматын "Кут-Сүр" оскуола үөрэтэн барбыта. Бу ньыма олохсуйарыгар Элгээйи учуутала М.С. Николаев оруола улахан. Аман өһү балачча толору көрүҥүнэн аан маҥнай кини кэпсээн барбыта. Онон сахалыы араатардааһыны төрүттээбитэ. Билигин аман өс "Кут-сүр" оскуола биир саамай сүрүн үлэлиир көрүҥүнэн буолар. Оҥкула. Сахалыы санааһын сүрүннээн үс сүһүөхтээх. Ону быһа холоон маннык ааттаталыыбыт: Төрүтэ, тосхоло, ыраҥалааһына. Саха киһитэ ким курдук буола сатыырый? Олоҥхолорго, сэһэннэргэ, ырыаларга кэпсэнэринэн саха киһитэ айбыт Айыыларын курдукбуола сатыыр. Айыы - саха идеала. Айыылар аан дойдуну, дьону айбыттар. Айыы диэн ити төрүппүт, ити айылҕабыт. Хас биир киһи Ийэ кута - Айыы сорҕото. Онон киһи бэйэтэ эмиэ Айыы. Айыы муҥура суох күүһү илдьэ сылдьар. Киһи эмиэ Айыы. Онон киһи эмиэ муҥура суох күүстээх. Дьэ, ити испитигэр сөҥө сылдьар күүспүтүн хайдах туһанабыт? Өбүгэлэрбит бу сүдү күүһү туһанар үөрэхтээх эбиттэр. Ол үөрэх уһуйуллуу дэнэр. Кини тоҕус кэрдиистээх.Биһиги бу үөрэҕи Айыы Үөрэҕэ диэн ааттыыбыт. Бу үөрэх этэринэн киһиэхэ моһоллор бааллар эбит. Ити моһоллору киһи өйүн санаатын күүһүнэн хотон иһиэхтээх. Ону Айыы суолун арыйыы дииллэр.Киһи итигирдик бииртэн биир моһолу кыайан улам үрдээн иһиэхтээх. Онон Айыылары итэҕэйии диэн айылҕа муҥура суох кистэлэҥнэрэ киһиэхэ толору сылдьалларын билинии уонна ити кистэлэҥнэри туһаныахха сөбүн бигэргэтии буолар. Сахалыы санааһын иккис сүһүөҕэ тосхоло дэнэр. Бу сүһүөх санаа икки уһуктаах. Бииринэн Айыыларга тирэнэр. Ол аата Айылҕа дириҥ күүстэригэр туһаайыллар. Иккис өттүнэн баар, көстөр биллэр быһыыга майгыга олоҕурар. Онон бу түһүмҥэ Айыы уонна киһи сибээһэ этиллэр. Киһи Айыылардыын сибээһэ быһыы майгы, сиэр нөҥүө оҥоһуллар. Оттон быһыы майгы, сиэр көстүүтэ муҥура суох элбэх. Саха саныырынан ити хас биирдии көстүү Айыылар киһиэхэ көстөр хаачыстыбалара буолар. Онон иккис сүһүөххэ быһыы майгы, сиэр кэпсэнэр. Чуолаан быһыы майгы, сиэр киһи тосхолун үөскэтэр. Киһи тосхоло сөптөөх буоллаҕына, олоҕу бигэргэтэр күүстэри - Айыылары кытта сибээһэ бөҕөргүүр. Инньэ гынан бэйэтин, ону ааһан кэлэр ыччаттарын олоҕун көннөрөр кыахтанар. Сахалыы санааһын үһүс көрүҥүнэн ыраҥалааһын диэн аатыыбыт. Чуолаан бүгүн хайдах олоробутуй? Ханнык быһыы майгы сиэр биһиэхэ олохсуйбутуй? Бу майгыбыт биһигини мөлтөтөр дуу, күүһүрдэр дуу? Ыраҥалааһын сыыһалары, көлдьүннэри арааран билэргэ, сөптөөх суолу көрдүүргэ туһаайыллар. Сахалыы санааһын бу таһымыгар киһи кутун туругун ырытыы улахан суолталаах. Киһи бэйэтин нустук санаммат буоллаҕына, кута салайыы туругар сылдьар. Дьэ ити долгуйбут, күүркэйбит куту хайдах төннөрүөххэ, киһиэхэ бэйэтигэр эрэнэр санааны хайдах уһугуннарыахха? Бу түһүм соруга итинник. Биһиги сахалыы санааһын сүрүн оҥкулун эрэ туһунан кэпсэттибит. 1992 с. 22.04 №16 "Сахаада" хаһыат.
Эйгэ - сахалыы сайт http://eyge.ya1.ru/?fn_mode=fullnews&fn_id=1395&do=ayww
http://eyge.ya1.ru
|
Category: Айыы үөрэҕэ |
Views: 941 |
Added by: uhhan1
|
|
|
Ааҕыылар |
Баар бары (online): 89 Ыалдьыттар (гостей): 89 Кыттааччылар (пользователей): 0 |
|