КУТ - СҮР. Айыы Үөрэҕэ
Дабыл: ОЛУННЬУ: ЫЙЫТЫЫЛАР – ХОРУЙДАР 1
Тохсунньу: ЫЙЫТЫЫЛАР – ХОРУЙДАР http://uhhan.ru/news/2020-01-11-17048
-- Тыл сакральнай канонизированнай өйдөбүлэ диэн сахалыыта хайдаҕый ?
-- Тыл иччилээх ытык өйдөбүлэ.
-- Дьэ оччотугар тыл диэни сахалыы быһаар эрэ.
-- Тыл диэн тыын тыллара. Тыын диэн баар баарын биллэрэр күүһэ. Ити күүс бэйэтин иһиттэн бэйэтэ тыллан тахсар уратылаах.Бүтүн олох таайыллыбат кистэлэҥэ буолар.
-- “В начале было слово” диэн итинниги эттэхтэрэ дии...
-- Оннукка майгынныыр.
-- Оттон тыл иччилэниитэ диэни быһаарыаҥ дуу?
-- Тыл иччилэниитэ диэн тылга иччи олоруута ааттанар.
-- Ол аата ?
-- Иччи диэн Айыы тыынын сэттэ олоҕо, кут уонна сүр буолар.
-- Итини сиһилии өйдөт эрэ.
-- Айыы тыынын сэттэ олоҕо: бит, билгэ, таҥха, дьылҕа, ыйаах, оҥоһуу, төлкө. Бу барыта бииргэ холбоспута Айыы кэбэ диэн ааттанар.
Кут диэн Үрүҥ Айыы Тойон үүннэрэр күүһэ : буор кут, салгын кут, ийэ кут (уу).
Сүр диэн хамсатар күүс. Сэттэ ытык уот буолар: аал уот, сибэ уот, аан дархан уот, түлэһи уот, таҥха уот, арчы уот, айыы уота. Бу сэттэ ытык уоттан өй сэттэ таһыма үөскүүр: өй хаата, өй мэйии, өй-төй, өй билии, өй санаа, билимтэ өй, ийэ өй.
-- Тута өйдүүргэ уустук буолсу. Оттон ытык диэммит тугуй ?
-- Иччилээх тылы суолталаан өрө тутуу, эбии сайыннаран үүннэрэн иһии.
-- Ол аата ис хоһоонун кэҥэтии буоллаҕа ?
--Оннук.
Дабыл: ОЛУННЬУ: ЫЙЫТЫЫЛАР – ХОРУЙДАР 2
-- Тыл диэн тыын тыллыыта . Оччотугар тыл-өс тугуй, бу ?
-- Түүр тыллаахтарга өс - слово суолталаах. Тыл - өс өйдөбүлэ язык-слово.
-- Өс нууччалыы ханыыта слово эбит буоллаҕына, сахалыы туох дэнэр ол ?
-- Өс диэн үөс. Саха быһаҕа үөстээҕин курдук тыл үөстээх. Тыл килэйэр киинэ, хабайар хаба ортото өс буолар. Тыл сүмэтэ, тыл сүрэҕэ, тыл мэйиитэ буолар. Ону этэбит, өс диэн.
- Оттон өстөөх, өһүөн диэннэр өскө туох сыһыаннаахтарый ?
- Бу төрдө туспа . Өч – вражда, злоба. мщение.
-- Тыл уонна өс иччитэ уратылаах дуу? Хайата ордугуй?
-- Тыл иччитэ кэптээх уонна куттаах. Оттон өс иччитэ кэптээх, куттаах уонна сүрдээх. Бу өттүнэн өс тыллааҕар дьайыыта улахан.
-- Тугунан ?
-- Сүрү илдьэ сылдьарынан. Сүр диэн хамсатар күүс. Сэттэ ытык уот буолар: аал уот, сибэ уот, аан дархан уот, түлэһи уот, таҥха уот, арчы уот, айыы уота. Бу сэттэ ытык уоттан өй сэттэ таһыма үөскүүр: өй хаата, өй мэйии, өй-төй, өй билии, өй санаа, билимтэ өй, ийэ өй.
Тыл сүрэ өстөн тутулуктаах. Өһүн сүтэрбит тыл иччитэхсийэр. Кураанах тыас, киһиэхэ дьайбат туруктанар. Ол иһин этэллэр, “тыл уҥуоҕа суох ” диэн.
Дьылҕа үрүҥ суруга
Таҥха кэмигэр айдааны тардар бобуулаах. Бу - чуумпу кэм.
Бастакыта, киэһэ аайы утуйуох иннинэ сэттэ иһиккэ уу кутуллар. Бу кэнниттэн инникини торумнуур үтүө санааны саныыгын. Бүтэй уу чуумпуга саныыгын. Уулаах иһит иннигэр. Таҥха кэмигэр ийэ кут таҥха биһигэр киириэр диэри итинник гыныллар. Тоҕо диэтэххэ, дьылҕа үрүҥ суруга суруллар кэмэ буолар.
Иккиһэ, таҥха саҕана хаар ньуурун алдьатар, үлтү кэһэр, саламалаах миэстэни аймыыр аньыы. Ийэ куту сырыытын мэһэйдээһин буолар. Ыһыытыыр, айдааны, мөккүөрү тардар кэскили сарбыйыы буолар. Тоҕо диэтэххэ, дьылҕа үрүҥ суруга суруллар кэмэ.
Үсүһэ, таҥха саҕана таҥараны арбаан үөрү көбүтэр аньыы. Ол аата өлбүт дьону ааттааһын, кинилэр тыыннарын ыҥырыы, кинилэр ааттарыгар бырааһынньыгы.сүпсүгү тэрийэр кэнэҕэс сэттээх-сэлээннэээх буолар. Тоҕо диэтэххэ, дьылҕа үрүҥ суруга суруллар кэмэ.
Дабыл: ОЛУННЬУ: ЫЙЫТЫЫЛАР – ХОРУЙДАР 3
-- Киһи тылыттан-өһүттэн өйө-санаата хайдаҕа көстөр диэбиккит. Оннук эбит буоллаҕына, төрөөбүт тыл суолтата туохханый?
-- Бэрт ыйытыы. Кырдьык хас биирдии киһи төрөөбүт тыллаах.Ол аата төрүүрүгэр « илдьэ кэлэр » тыллаах. Холобурун эттэххэ, нуучча ийэлээх, саха аҕалаах оҕо төрөөтөҕүнэ, иккиэннэрин илдьэ кэлэр. Ити иһин икки аҥы тартарар.Этэргэ дылы ыйааҕа, оҥоһуута оннук. Оттон төрөппүттэрэ иккиэн биир хааннаах буоллахтарына, төрөөбүт тыла биир.
-- Төрөөбүт тыл итинник араастаһар эбит дии.
-- Оннук. Төрөөбүт тыл эгэлгэ эрэдээктээх.
-- Оттон киһи омугун тыла, холобурга, саха тыла ?
-- Хас биирдии омук тыла үөскүүрэ, төрүүрэ уонна киһини «төрөтөрө» эмиэ судургута суох. Хас биирдии омук тыла - бүтүн оҥоһуу сороҕото.
-- Бүтүн оҥоһуу диэн ол туохпутуй ?
-- Ол аата бүтүн олох, бүппэт олох. Ийэ Кут, Ийэ Өй, Ийэ тыл.
-- Хас биирдии төрөөбүт тыл уонна омук тыла дириҥ силиһэ ити диэтэҕиҥ дуу ?
-- Ийэ кут, Ийэ өй, Ийэ тыл – хас биирдии киһи киһитийэр төрдө. Ити иһигэр киирэ сатаабакка, «таһырдьанан сылдьыы », «таһырдьанан саҥарыы » охсуута улахан.
-- «Таһырдьанан» - ол аата ?
-- Туох иһиллэри-көстөрү эрэ аҥаардастыы үтүктэр быһыы. Өйдүү, толкуйдуу сатаабакка. Бэйэ тыынын кытта дьүөрэлии, тэҥнии барбат буолуу.
Дабыл: ЫЙЫТЫЫЛАР – ХОРУЙДАР 4
-- Төлкөнү быһаарыаҥ буолаарай ?
-- Бастатан туран, төлкө диэн таҥханы, дьылҕаны, ыйааҕы, оҥоһууну өйдөөн кэлэр дьоҕур.
-- Эчи элбээбитин. Оннук дьоҕуру, дьэ, хайдах билэбин ?
-- Оччотугар таҥханы өйдөөһүнтэн саҕалыах.
-- Бээ, таҥха диэни өйдөппөккүн ээ.
-- Таҥха диэн тыын баҕарыыта.
-- Тыын, ол айылаах, тугу баҕарар ?
-- Тыын баҕарар баҕата биир : бүппэт бүтүн олоҕу олорорго дьулуһуу.
-- Тыын итинник баҕарар баҕата Таҥха буолар.
-- Таҥханы өйдүүрүм диэн тугуй?
-- Тохсунньуга бэйэ ис чуумпутугар тыын баҕатын истии уонна болҕойуу.
-- Дьылҕаны өйдөөһүн хайдаҕый ?
-- Киһи тыына тус суоллаах. Ол – дьылҕа. Киһи бэйэтин тыынын олоххо суоллаан-иистээн билэрэ дьылҕаны өйдөөһүн буолар.
-- Ыйааҕы өйдөөһүн ?
-- Киһи тыына туохтан эрэ туохха эрэ ыйдарыылаах. Ол – ыйаах. Киһи бэйэтин тыынын ыйдарыыта хайдаҕын билэрэ ыйааҕы өйдөөһүн буолар.
-- Оҥоһууну хайдах өйдүүбүн ?
-- Киһи – бүтүн оҥоһуу сороҕото. Бу оҥоһуу кимтэн киминэн эрэ бэриллэн иһэрин билэр-көрөр дьоҕурбут оҥоһууну өйдүү сатааһын буолар.
-- Төлкөнү инкарнация дииллэрэ төһө сөбүй ?
-- Сөп. Бэйэ тыынын сүппэт-өспөт гына иитии уонна ол хос эргийэн кэлэ турарын өйдөөһүн төлкө буолара чахчы.
Дабыл: ЫЙЫТЫЫЛАР – ХОРУЙДАР 5
-- Тохсунньу 20-гэр ийэ кут Таҥха биһигэр киирэр. Тоҕо?
-- Урут эппиппит курдук, тохсунньу - төрөөрү сылдьар ийэ былдьаһыктаах тиһэх ыйа. Тохсус ыйын толору олоруохтаах кэмэ. Бу иһин тохсунньуга саха олоҕор 15 хонуктаах Улуу Чуумпу сатыылыыр.
-- Ити хаһыстан ханыаха диэри ?
-- Тохсунньу 6---20 чыыһылата.
-- 20 чыыһыланы толору чуумпурабыт дуо ?
-- Толору.
-- Ийэ кут Таҥха биһигэр киирэн тугу гынар ?
-- Төлкөнү төрөтүөхтээх.Ол аата тыын баҕата – таҥха, тыын суола - дьылҕа, тыын ыйдарыыта - ыйаах, тыын оҥоруута – оҥоһуу хос эргийэн кэлиэхтээх.
-- 15 хонуктаах чуумпуруу сүрүн ис хоһооно ити эбит дии?
-- Сүрүн төрдө ити. Ону таһынан, Стрелец үргэли (айа тардыллан сытар сирин) Күн туорууругар тыҥааһыннаах бириэмэ саҕаланар.Маны намыратарга Таҥха ыытыллар.
-- Ити тыҥааһыннаах күннэргэ тугу дьаһанар буолабыт?
-- Хаар үрдүн алдьатар аньыы. Урууну тэрийэр аньыы. Айдаарсар аньыы. Абааһыны, үөрү көбүтэр аньыы. Мээнэ сыбыытыыр аньыы. Ууну уйгуурдар аньыы о.д.а. сүпсүлгэн аньыы.
-- Ити оннугар тугу гынабыт ?
-- Таҥха кэмигэр киһи бэйэтин төлкөтүн ахтара баар. Ол аата урукку олоҕун бүтүннүү анааран көрөрө.
[8:14, 19.01.2020] Дабыл: ОЛУННЬУ: ЫЙЫТЫЫЛАР – ХОРУЙДАР
-- Атын омук тылын билэр, үөрэтэр үтүктүүгэ сыһыаннаах дуо ?
-- Иҥэн-тоҥон үөрэтии, ону дьарык оҥостуу, биллэн турар, тыл иһигэр киириигэ холоонноох. Маны бэрт ахсааннаах киһи баһылыыр. Тылга идэтийии быһыытынан. Оттон көннөрү «тыас таһааран саҥарааччы»
тыл-өс иччитигэр кыайан чугаһаабат. Тоҕо диэтэххэ, атын тыыны бэйэҕэ толору бохсуруйар ылбычча кыаллыбат. Этэргэ дылы, «баҕа баҕатыгар, чоху чохутугар» буолара быдан көнө.
-- Атын тыыны бэйэ тыыныгар ыйыстарга (бохсуруйарга) тугу гынабын ?
-- ХХ үйэ саҥатыгар Өксөкүлээх Өлөксөй атын омуктар үөрэхтэрин баһылыахха диэн ыҥырбыта. Итини сорох киһи туруору өйдөөбүтэ. Бэйэтин тыынын ончу “умнан” туран, атын тыыҥҥа төбөтүн оройунан умсубута.
-- Туох диэн этэр быһыыгыный ?
-- Өксөкүлээх Өлөксөй итиниэхэ буор куту бөҕөргөтүҥ, салгын куту сайыннарыҥ, ийэ куту иитийэхтээҥ диэбитин кулгаах таһынан аһарыы, күдээр истии үгүс.
-- Тугуй ол ?
-- Киһи удьуор тыынын көрүнэ-көрүнэ, атыны сөбүнэн соҕус бохсуруйуохтаах. Бэйэ ис кыаҕын былдьаппат гына.
|