Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [670]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [93]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [239]
Тюрки [76]
Саха [153]
литература [42]
здоровье [465]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [123]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2023 » Ыам ыйа » 5 » ШТЫРОВ БААЙА. Штыровские миллиарды
ШТЫРОВ БААЙА. Штыровские миллиарды
23:09

                                                                                                                                            Штыров баайа  Штыровские миллиарды


         




“АЛРОСА” аһыллыытыттан ночоотурбатах, барыһырбыт Штыров  баар. Кини “АЛРОСА” акцияларын талбытынан дьаһайбытын туһунан кими баҕарар кэлэтэр кэпсээн, суруйуу элбэх.


http://uhhan.ru/news/2021-02-12-17478
Штыровские миллиарды


Арассыыйа Президенин Администрациятын Кылаабынай хонтуруоллуур управленията 2001 сыл олунньу-кулун тутар ыйдарга тугу көрдөрбүтүй? 1988 сыллаахха Штыров быһаарыытынан “АЛРОСА” үлэһит коллективын 1621 акциятын номинальнай сыанатын 4-5 төгүл аччатан хампаанньаҕа атыылаһан ылан биэрбиттэр.

Итинтэн 280 акция Штыров бас билиитигэр тиксибит. Бэрэбиэркэ көрдөрүүтүнэн олору “аһары кыра сыанаҕа” атыыласпыт дэнэр. Ити кэнниттэн “АЛРОСА” биир акцията мөлүйүөҥҥэ чугаһыыр солкуобайга турар буолбут. Криминал баар гынан баран ол кэмҥэ акцияны тойоҥҥо уйгуоталаах сыанаҕа биэрэр сокуонунан көҥүллэнэр үһү. Хайдах курдук халабырый?!                                                                          

  Хаһыаттар да хаалсыбатахтара, Штыровы улахан регион баһылыга диэбэккэ, хармаанын хаһыспыттара, 280 акцияны “хостоон таһаарбыттара”. “Московский комсомолец” в Якутии хаһыат (редактор, кэлин сууттаммыт Игорь Грищенко буолуо) 2004 сыл ыам ыйыгар суруйуутугар маннык лоскуй баар: ”...410 миллионов долларов (62 место!) нажитых “непосильным трудом”, именно настолько насчитали у Штырова капитала аналитики из русского издания журнала “Форбс”, согласимся неплохо”.  Сурунаал суруйуутун Штыров маҥнай мэлдьэһэ, сымыйалыы сатаабыт, кэлин, кубулдьутан да буоллар, билиммит. Суруйуу бүтэһигэр: ”А реальная цена этих 280 акций ЗАО АК “АЛРОСА”, принадлежавших (или юридически и по сей день принадлежащих?) В.Штырову, 3 миллиона 700 тысяч рублей. По нынешнему курсу 125 тысяч долларов. Не 410 миллионов долларов, конечно же, но все-таки какие-никакие, а деньги!”  Бакаа аҕыйах мөлүйүөнүнэн бырахсыы...                                                                                                                                         

 Хаһыат Штыровтан син биир арахпат, ити сыл аны бэс ыйыгар суруйар: ”Еще одна ошибка нашего президента, правда, не связанная с рейтингом “Форбса”, - покупка Штыровым “платинового” пакета услуг фешенебельного лайнера “Вестердам” стоимостью 52 тысячи евро (около 1,8 миллионов рублей) для посещения вместе с супругой Олимпийских игр в Афинах”. Түмүгэр ыстатыйа ааптара Сергей Кузнецов Штыровы уонна республика аатын харыстаан маннык суруйбут: ”Думается, было бы целесообразно благоразумному по натуре Штырову отказаться от такого дорогостоящего вояжа в Олимпиаду. А то вдруг дадут команду сверху и подследственным за спикером Ил Тумэна окажется и наш президент? Вот будет урон имиджу республики. И так не удивимся, если 62-е место Штырова в сотне самых богатых людей России будут очень долго склонять всякие Масюки”.                               

Бу хаһыат 2005 сыл муус устардааҕы нүөмэригэр “Штыров вновь попал в число самых богатых людей России!”, “Судьба “АЛРОСА” предрешена...”, “...Но общественность все еще бьется за алмазную компанию...” диэн төбөлөрдөөх суруйуулара биир балаһаҕа киирбит. Манна Штыров 51 саастааҕын, кэргэннээҕин, икки оҕолооҕун уонна 450 мөлүйүөн доллар баайдааҕа суруллар. Ахсаан хайыы үйэ солкуобайынан буолбакка, мөлүйүөн долларынан буолла! “АЛРОСА” баран эрдэҕинэ уонна общественность кинини көмүскээн болуоссакка тахсан миитиннээн тоҥо-хата турдаҕына итинник хобдох ис хоһоонноох сонун...                                                                “Жизнь Якутска” хаһыат 2021 сыл олунньу 11-18 күннэринээҕи нүөмэригэр “Штыровские миллиарды?” диэн улахан матырыйаалы федеральнай хаһыаттар суруйууларыттан уонна Интернет ситимиттэн ылан бэчээттээбитэ. Ити матырыйаалы “Криминальная Якутия” 2022 сыл атырдьах ыйын 9-16 күннэринээҕи нүөмэригэр хатылаан бэчээттээбитэ. Штыров өттүттэн ханнык да утары этии, мэлдьэһии суох.                                                                        

Итилэргэ сурулларынан, Штыров хотун ойоҕо Л.Штырова “АЛРОСА”      2 миллиард солкуобайдаах акциятын иҥэриммит. Көрдүгүт дии, мөлүйүөнтэн миллиардка барыы буолла. Штыров кыыһа Ю.Штырова “АЛРОСА-Ньурба” 43,428 мөлүйүөннээх 658 устуука акциятыгар тиксибит. Алмаас промышленноһыгар саастарын тухары үлэлээн баран акцияҕа тиксибэтэхтэр баалларын билэбит. Оттон алмааска сыһыана суох, Саха сиригэр атахтарын укпатах дьахталлар итинник байаллар. Бу дьон алмааһа да суох онно-манна сыстыбыттара, хоруупсуйаҕа кыттыбыттара итинэн эрэ бүппэтин бэлиэтииллэр. “Независимая газета” манныгы суруйбутун аҕалбыттар: ”Ю.В.Штырова была совладельцем ООО “Прогресс”, через которое  она вместе с Сарданой Егоровной Поповой, дочерью бывшего президента Республики Саха (Якутия) Егора Афанасьевича Борисова, контролировала МАК-банк. В эту кредитную организацию в свое время были переведены все расчеты “АЛРОСА”, через МАК-банк проходили огромные финансовые потоки, которые контролировались семьей Штыровых. Неплохо для семьи бывшего президента Республики Саха (Якутия), согласитесь? Это не считая огромную недвижимость семьи Штыровых – квартиры, загородные особняки. Но о них ‑ в другой раз”.

            “Независимая газета” кэлин тугу суруйбутун аахпатаҕым, аахпатах ордук курдук: иҥсэ  ‑  обот сыта, тыына кэлэр, тунуйуох, тууйуох курдук.                          

Ити да буоллар, Штыров биир баайын туһунан ситэ эппэтэх эбиппин. Кини, миллиардер киһи, маны баайынан аахпата буолуо. Кинигэ туһунан этэбин. Холобур мин сүрүн баайым – кинигэ. Дьиэбэр баппакка библиотекаларга, оскуолаларга биэрбитим да баар суол. Штыров таһаартарбыт икки кинигэтин билэбин. Баҕар таһаартарбыта элбэх буолуо. 2016 сыллаахха 590 страницалаах 3000 экземплярынан таһаартарбыт кинигэтэ миэхэ баар. Аата – “Нефтегазовый комплекс Восточной России” диэн. Саха сирин ньиэбин-гааһын хайдах туһаҕа таһааран дьон-норуот олоҕун тупсарбытын туһунан уҥа-хаҥас биэрбит интервьюларын хомуйтаран таһаартарбыт. “Айымньы” ааптарын быһыытынан бэйэтин суруммут. Кинигэ киириитигэр доҕоро Егор Борисов маннык диэбит: ”... в истории республики было четыре исторических прорыва: в 1920-е годы – становление золотой, в 1950-е годы создание алмазной, 1970-е развитие уголной промышленности.  А в начале 21 века – это диверсификация и организация абсолютно новых для Якутии производств, создание масштабной нефтяной и всех предпосылок для газовой промышленности мирового уровня. Этот этап связан с именем Вячеслава Анатольевича Штырова”.                                               

    Биллэн турар, “Роснефть”, “Сургутнефтегаз”, “Газпром” курдук хампаанньалары Саха сиригэр аҕалтаабытынан Штыров киэн туттан кэпсиир. Бу хампаанньалар “Таалакаан”, “Чайыҥда” уонна “Орто Ботуобуйа” курдук сөҕүмэр баайдаах сирдэри сүүрбэччэ сыл устата баһылыы, хостуу сылдьаллар. Элбэх кэм ааһар да тоҕо эрэ итинтэн Саха сирэ баччаны туһанна диэн былаас норуотугар эппитэ суох. Кыбыстыыттан буолуо дуо?  Арай, Айсен Николаев: ”Газ - это то, что мы действительно бездарно потеряли”, - диэбитэ баара. Эбэтэр Климент Иванов: ”Безусловно, Штыров В.А. внес большой вклад в развитие республики но, к сожалению, как я считаю, не в    развитие нефтегазовой отрасли...”.                                                                         


            Штыров үлэтин, тус олоҕун туһунан иккис кинигэ “Дуэль алмазных резидентов” диэн ааттаах. Бу – Вячеслав Щепоткин диэн суруналыыс 2017 сылга таһаарбыт кинигэтэ. 765 страницалаах, 5000 экземплярынан тахсыбыт кинигэҕэ барыта баар, бары бааллар. Мин Мииринэйгэ олорбут, алмаас промышленноһыгар кыратык да буоллар кыттыспыт киһи удумаҕалатарым син баар. Широков (Штыров), Демидов (Демьянов), Гольберг (Зельберг), Чирко (Чуйко), Горбенко (Потрубейко), Красноухов (Корасноштанов), Крикунов (Пискунов), Рудников (Рудаков), Телков (Бычков), Лев Моисеев (Леваев), Барашек (Козленок), Малютин (Калитин) – бука бары биллэр дьон. Большая Река (Лена), Большереченск (Ленскэй), Приток  (Бүлүү), трубка “Ударная” (“Удачная”) ‑ барыта сэрэйиллэр, эбэтэр “көстө” сылдьар.          
  

            Штыров уонна кини чугас дьоно алмаас промышленноһын уонна бүтүн Арассыыйаны быыһаабыттара өрө көтөҕүллэн суруллар. Штыров алмааска кэлбэтэҕэ буоллар ити промышленность эстиэхтээх, атыыланан бүтүөхтээх үһү. Оннук буолуохтааҕын Штыров дьоно, биэс-алта киһи быыһаабыт. Саха сирин, Арассыыйа салалталара кыһаммакка, көрөн баран олорбуттар курдук. ИДьМ, ФСБ, УБЭП о.д.а. Саха сиригэр уонна бүтүн Арассыыйаҕа суох буоллахтара дуу? 

Анголаҕа, гражданскай сэрии бара турар дойдутугар, алмаас хостооһунун саҕалыыр. Онто билигин баара, төһө дохуоту дойдуга киллэрэрэ биллибэт. Ленскэй ууга тимириитин быысааһыҥҥа, куораты чөлүгэр түһэриигэ кини эрэ үтүөлээх. Оттон ити иннинээҕи кыһын анал идэтийбит специалистары (дэлби тэптэрээччилэри) туһаммакка “АЛРОСА” карьерга эһэр, ити дьыалаҕа өйдөбүлэ суох дьоно дьарыктанан Өлүөнэ халааннаабытын туһунан учуонайдар быһаарыылара кинигэҕэ хайаан киириэй, суох буоллаҕа. Сүлдьүкээр курдук, төрүт олохтоохтор кыракый бөһүөлэктэрэ аныаха диэри электричествонан киһилии хааччылла иликтэрэ, Мииринэйгэ диэри суоллара суоҕа, баһаарынай массыыналарын былдьаан барбыттара, ама, кинигэҕэ киириэ дуо? Бүлүү ГЭС үһүс уочаратын Штыров туттарбыт эрээри анныгар сытар бөһүөлэги бу 21-с үйэҕэ электричествонан киһилии хааччыйбата сүрэ бэрт. “АЛРОСА” хампаанньаҕа алмааһы уорууну аччатыы курдук наадалаах боппуруос саталлаахтык тумнуллар.

Алмааһы уорууга мэһэй буола сатаабыт олохтоох специалистар, чаҕылхай, инникилээх салайааччылар Михаил Васильев, Сергей Алексеев өлөрүллүүлэрэ бэйэни хайҕаныы ухханыгар ахтыллыахтара баара дуо, суох буоллаҕа. Кинигэ төһө да “политика-экономический детектив” диэн ааттаннар итинниктэр киирбэтэхтэр. Уопсайынан олохтоох омуктартан специалистарга “кыраам” да болҕомто ууруллубатах. Саха университетын бастакынан бүтэрбит, эбэтэр киин сиргэ үрдүк үөрэҕи баһылаабыт элбэх саха горняга, геолога алмаас үлэтигэр кыттыбыта да, ахтыллыбатахтар. 2018 сыллаахха “Мир” рудникка улахан саахал тахсан  8 горняк тыыннаахтыы көмүллүбүтэ, олор сир анныгар алмаас быыһыгар сытыйа сыталлар. Уруккулары солбуйбут Сергей Иванов ити алдьархайы кини иннинээҕи салалтаҕа түһэрбитэ. Ол саамай сөп. Штыров саҕана аахайбат буолууттан, ситэ сыаналаабаттан, суолта биэрбэттэн, кэмигэр көрүммэттэн “Мир” рудникка тахсыбыт алдьархай, даамбалар тоҕо барыылара, куһаҕан уу быраҕыллыыта Бүлүүнү иэдэппитэ, аны кэлэн,                мэлдьэһиллибэт баар чахчы.         
                                                                                 

            Киһи сөҕөрө – халыҥ харчылаах олигарх Штыров 24 бэчээтинэй илиискэ оҥоһуллубут кинигэтин сахалыы тылбаастыы охсубуттар уонна презентация оҥорбуттар, сиртэн халлааҥҥа диэри хайҕаабыттар. Олигарх бэчээттэтэригэр да, сахалыы тылбаастатарыгар да аҕыйах мөлүйүөнү харыстыа дуо? Аат‑суол наада буоллаҕа, биһигиттэн кэнэн дьонтон тугу           ситиһэрин билэр.                                   

             Саха сиригэр, кини дьонугар анаан-минээн махтаммытын мин истэ иликпин. Саатар Мэҥэҕэ үҥэр-сүктэр дьоно  Улуус Бочуоттаах олохтооҕун аатын иҥэрбиттэрин, муҥ саатар, ахтыах, махтаныах эбит. Илья Егорович Винокуров уонна Михаил Ефимович Николаев онно Улуус Бочуоттаахтара буолбатахтар ээ. Уопсайынан, Саха сирэ кинини киһи оҥорбутун, атын эбитэ буоллар ханна эрэ Саратовка прорабтаан баран пенсияҕа тахсан олоруохтааҕын санаабат быһыылаах.                                 

                                Иван  БУРЦЕВ                 2023 с.  Ыам ыйын 3 күнэ

Штыровские миллиарды

И намедни известный журналист Владимир Нифонтов дал реплику насчет говорящих о своем патриотизме, что как только какой-то человек «начинает рвать на себе рубашку, так сразу начинаешь смотреть, где и чего он украсть хочет».

Мы, конечно, не утверждаем, что Штыров где-то что-то собирается украсть, но решили присмотреться к капиталам и активам Штырова.

Все приводимые нами сведения легко проверить – они опубликованы в федеральных СМИ, даются в открытых базах данных.

1. Акции алмазных компаний

Информационное агентство «Мосмонитор» (20 декабря 2018 г.):

Супруга бывшего президента Республики Саха (Якутия) Вячеслава Анатольевича Штырова – Лилия Ивановна Штырова владеет пакетом акций ПАО АК «АЛРОСА», равным 2 миллиардам рублей.

Биржевые курсы акций ПАО АК «АЛРОСА»:

  • В 2016 г. доход от акций составила 9,2% (184 миллиона рублей дивидендов при пакете акций стоимостью 2 миллиарда рублей);
  • В 2017 г. – 7% (140 миллионов рублей);
  • В 2018 г. – 10,2% (204 миллиона рублей);
  • В 2019 г. – 7,7% (154 миллиона рублей).

Всего за последние несколько лет семья Штыровых, таким образом, получила от своего пакета акций 682 миллиона рублей.

«Независимая газета» (21 декабря 2018 г.):

Дочь В.А.Штырова и Л.И.Штыровой – Юлия Вячеславовна Штырова владела пакетом акций ПАО «АЛРОСА-Нюрба» в количестве 658 штук.

 

«Рамблер-финансы» (8 ноября 2019 г.):

Как сообщил заместитель гендиректора «АЛРОСА» по финансам и экономике А.Н.Филипповский, стоимость выкупа акций ликвидируемой «АЛРОСА-Нюрба» будет составлять 66 тысяч рублей за штуку.

Следовательно, семья Штыровых владела акциями «АЛРОСА-Нюрба» на сумму 43,428 миллиона рублей.

2. Крупная транспортно-логистическая и гостиничная компания

«Руспрофиль.ру» (сайт по проверке и анализу российских юридических лиц):

Дочери В.А.Штырова и Л.И.Штыровой – Юлия Вячеславовна Штырова и Татьяна Вячеславовна Штырова были совладельцами ООО «Транстехконтракт» (гендиректор – Павел Владимирович Суриков), компания была зарегистрирована 02.04.2009 г. Адрес регистрации – город Москва, улица Льва Толстого, дом 5 стр. 2, помещение 1, эт. 5, ком. 3-4.

Валовая прибыль компании в 2019 г. составила 1,222 миллиард рублей.

После серии скандалов в СМИ «Транстехконтракт» ликвидирован 23.11.2020 г.

Вместо «Транстехконтракт» 18.06.2020 г. создано ООО «Трансфер», гендиректор – тот же П.В.Суриков, Ю.В.Штырова и Т.В.Штырова так же являются совладельцами. Адрес регистрации – тот же.
Дочерней фирмой «Трансфера» является ООО «Красная звезда», зарегистрировано 25.12.2015 г., занимается гостиничными услугами, находится по адресу: Москва, 1-й Казачий переулок, дом 4.

Это – бывшая 4-звездная гостиница «АЛРОСА».

 

Выручка «Красной звезды» в 2016 г. – 392,671 миллиона рублей, в 2017 г. – 289,078 миллионов рублей, в 2018 г. – 198,157 миллионов рублей.

Другой учредитель «Красной звезды» – Руслан Урусбиевич Бестолов, гендиректор ОАО «Алмаззолотокомплект», бывшего крупнейшего поставщика материально-технических ресурсов «АЛРОСА» и Республики Саха (Якутия). В последние годы по госконтрактам поставил в «АЛРОСА» материально-технические ресурсы на сумму 121,520 миллион рублей. А ранее, в 2012 г. сумма поставок составляла 4,7 миллиарда рублей.

3. Другие компании семьи Штыровых

«Руспрофиль.ру»:

Ю.В.Штырова является совладельцем еще нескольких компаний:

— ООО «Сибинком» (оптовая торговля зерном), другой совладелец – Олег Александрович Матвеев, сын бывшего первого вице-президента АК «АЛРОСА» и члена Совета Федерации РФ с 2003 по 2013 гг. Александра Сафроновича Матвеева. Компания была зарегистрирована 26.04.2001 г. по адресу: город Новосибирск, улица Державина, 11, ликвидирована 01.03.2017 г.;

— ООО «Большая четверка» (услуги в области бухучета, финансового аудита, налогового консультирования). Компания зарегистрирована 28 апреля 2015 г.;

— ООО «Инвестпроект» (операции с недвижимостью), было зарегистрировано 17.09.2007 г., находилось по адресу Москва, улица Большая Якиманка, дом 23, где был московский офис бывшего основного банка «АЛРОСА» – «МАК-банка». Сейчас «Инвестпроект» в процессе присоединения к другому юридическому лицу.

 

«Независимая газета» (21 декабря 2018 г.):

Ю.В.Штырова была совладельцем ООО «Прогресс», через которое она вместе с Сарданой Егоровной Поповой, дочерью бывшего президента Республики Саха (Якутия) Егора Афанасьевича Борисова, контролировала МАК-банк. В эту кредитную организацию в свое время были переведены все расчеты «АЛРОСА», через МАК-банк проходили огромные финансовые потоки, которые контролировались семьей Штыровых.

Неплохо для семьи бывшего президента Республики Саха (Якутия), согласитесь?

И это не считая огромную недвижимость семьи Штыровых – квартиры, загородные особняки. Но о них – в другой раз.

Общее состояние семейства бывшего главы Якутии Вячеслава Штырова СМИ оценили в 3,6 млрд рублей

По данным журналистов, 2 миллиарда из этой суммы принадлежат жене экс-сенатора в виде акций компании АЛРОСА

Бывший сенатор от Якутии и бывший же руководитель этого богатейшего региона России Вячеслав Штыров, судя по всему, может не волноваться по поводу невысокой пенсии, которую получают в нашей стране. Как пишет информационное агентство "Мосмонитор", у экс-чиновника и без этого не будет проблем с финансами. По подсчетам издания, "совокупное состояние Штыровых оценивается в 3,6 млрд рублей", а фамилию Штыровых "по праву можно отнести к богатейшим семьям России". Журналисты отнесли к активам бышего губернатора и его близких "элитную московскую недвижимости, включая дома и земельные участки в ближайшем Подмосковье", "различные бизнесы", а также "крупнейшие пакеты акций АЛРОСА и АЛРОСА-Нюрба среди физических лиц". В расследовании "Мосмонитор" описывает имущество, принадлежащее, по информации издания, близким Штырова.

"Его жене Лилии, дочерям Юлии и Татьяне принадлежат четыре квартиры в Москве общей площадью более 450 кв.м. Жена миллиардера Штырова Лилия владеет особняком в Подмосковье площадью 637 кв.м, и участком в полгектара. Если сюда добавить недвижимость, которой владеет сам Вячеслав Анатольевич (земельный участок, дом, гараж и баня), а также его брат Андрей Штыров, то картина получается и вовсе замечательная: более 600 кв.м. в Москве, загородные дома площадью более 2 500 кв.м. По самым скромным оценкам, такое количество элитной недвижимости может стоить около полутора миллиардов рублей. Cамым же ценным семейным активом, безусловно, являются акции компании АЛРОСА, которой Штыров руководил в период с 1996 по 2002 годы. Лилия Штырова владеет пакетом акций, ранее оценивавшимся в 31 млн долл. или 2 млрд рублей по сегодняшнему курсу.

Кроме того, жене и дочери миллиардера Юлии принадлежит самый большой среди физических лиц пакет АЛРОСА-Нюрба – 658 бумаг. Исходя из сегодняшней стоимости акции почти в 100 тыс. рублей, такое количество акций тянет почти на 65 млн. рублей", - отмечает "Мосмонитор". Как обращает внимание издание, "Юлии Штыровой так же принадлежало 30% компании ООО «Прогресс», через которое она вместе с дочерью экс-президента Якутии Егора Борисова, Сарданой Поповой, контролировала МАК-банк.

В эту кредитную организацию в свое время были переведены все расчеты АЛРОСА, и именно МАК-банк проводил оценку стоимости компании. Позже МАК-банк перестал существовать, но за время его работы расчетным центром АЛРОСы через него проходили огромные финансовые потоки, которые контролировались семьей Штырова". "Дочери Штырова в 2004 году, когда одной было 22 года, а другой 27 лет, стали совладелицами ООО «Транстехконтракт», которое зарабатывает сотни миллионов рублей на лизинге грузового транспорта. Кстати говоря, частично Транстехконтракт принадлежит еще и дочери Ивана Демьянова - одного из ближайших соратников Штырова по АЛРОСе", - говорится в публикации "Мосмонитора". Если информация верна, то сотрудникам правоохранительных органов было бы крайне интересно получить ответы на вопросы на вопросы о происхождении имущества Лилии и Юлии Штыровых.

Откуда у них "были средства на покупку акций АЛРОСА и АЛРОСА-Нюрба и других компаний, оценивающихся в огромную сумму?", - задается вопросом "Мосмонитор", особенно с учетом того, что "последней на момент увольнения отца из алмазодобывающей компании было 24 года". "Каким образом дочери Штырова удалось стать акционером МАК-банка и контролировать финансовые потоки АЛРОСы? Не возникало ли при этом конфликта интересов - ведь Штыров занимал руководящие посты в республике, руководил АЛРОСой и конечно же влиял на ситуацию…", - интересуется агентство, отмечая, что последний вопрос хотя и риторический, но все же на него требуется внятный ответ. Как сообщает "Мосмонитор", за то время, пока Штыров управлял республикой, "поступления в бюджет Якутии от стратегических активов в отличие от его семейных доходов значительно снизились".

"Именно в те времена в частные руки по минимальным ценам были переданы алмазные, железнодорожные и нефтегазовые активы. В результате Якутия отстала от других регионов по целому ряду показателей. Можно добавить, что и на посту руководителя АЛРОСы Штыров не достиг сколько-нибудь значимых успехов. Напротив, Вячеслав Анатольевич больше запомнился технологическими ошибками, допущенными при проектировании рудника «Мир», на котором в прошлом году произошла авария. Поговаривают, кстати, что Штыров лишился сенаторского поста в том числе из-за попыток переложить свою вину за ЧП на нынешнее руководство АЛРОСы", - говорится в материале информагентства.

Category: Власть Правительство Ил Тумэн | Views: 2629 | Added by: uhhan1
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  Ыам ыйа 2023  »
БнОпСэЧпБтСбБс
1234567
891011121314
15161718192021
22232425262728
293031
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 83
Ыалдьыттар (гостей): 83
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024