Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [225]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [670]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [379]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [100]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [240]
Тюрки [76]
Саха [155]
литература [42]
здоровье [466]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [123]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2024 » Ахсынньы » 30 » «Саха төрүт итэҕэлигэр хараҥа кэм оройун туһунан»
«Саха төрүт итэҕэлигэр хараҥа кэм оройун туһунан»
05:34
Тэрис.
«Саха төрүт итэҕэлигэр хараҥа кэм оройун туһунан»

Ахсынньы 21-22 күннэригэр буолар күн кыһыҥҥы туруутуттан саҕалаан күн хаамыыта уһаан барар. Сир соҕуруу полушариета күн уотугар муҥутаан эргиллиэҕэ, оттон Хотугу полушариеҕа бу кэмҥэ кыһын турар. Бу астрономическай түгэн, күн саҕахха саамай чугас сылдьар, ол, эбэтэр, алын кырыытын эрэ үрдүнэн устар кэмэ буолар.
Күн кыһыҥҥы туруута календарнай сыл уонна күн дьыллаах дьыл икки ардыгар уратыларыттан сибээстээн куруутун халбаҥныы сылдьар.



Итиннэ, биһи, саха итэҕэлигэр, Айыы үөрэҕэр барыларыттан үрдүк Үрүҥ Айыы Тойон дьонун Күн Дьөлдьүүт дьон, Айыы Намыһын удаҕаттар диэн сардаҥа дьону ахтыахтаахпыт. Ити айыылар өйдөрө-санаалара, тыллара, туттуулара алгыс буолан аан дойдуну тутан тураллар. Орто дойдуга улахан алдьархай буоллаҕына, дьону быыһыы түһэллэр эбит.

Биир оннук кэм кыһын оройо буолар. Күн уота муҥутуу аҕыйыыр, дьоҥно-аймахха ырахан кэм кэлэр. Онно Айыы Намыһын удаҕаттар сиргэ түһэн алгыстарын биэрэллэр. Ол түмүгэр күн уһаан барар. Айыы Намыһын удаҕаттар түһүүлэрэ ахсынньы 21 күнүгэр буолар. Ол күн улахан туом ыытыллыахтаах.

Үрүҥ Айыы Тойон Аан дойдуну бүтүннүүтүн айбыт. Туох баар үүнэр-үөскүүр барыта кини айыыта. Айыылар, иччилэр кини оҕолоро. Киһи эмиэ Үрүҥ Айыы Тойон кыырпаҕа.

Үрүҥ Айыы бэйэтэ ураты дириҥ, түгэх айылҕа. Кини этиттэн-сииниттэн сардаҥа тахсар, алгыс тахсар. Ити алгыс араас айыылар буолан дьүһүн кубулуйар. Айылҕа араас көстүүтэ буолан эргийэр.

Үрүҥ Айыы күүһүн хантан ыларын ким да билбэт. Ити кини түгэҕэ суох кистэлэҥэ буолар.



Сахаҕа этиллэринэн Айыы Намыһын удаҕаттар Үрүн Айыы Тойон кыргыттарын быһыытынан биллэллэр. Кинилэр үгэс курдук сэттэ буолаллар, сүрүннээн олоҥхоҕо кэпсэнэллэр. Бу удаҕаттар уратылара диэн улахан эмчиттэр. Бэл киһи баттаҕын, хараҕын буллахтарына, төттөрү киһи оҥорон таһаараллар. Атыннык эттэххэ киһини клоннуур кыахтаахтар. Киһини эрэ эмтиир буолбатахтар. Айылҕаны чөлүгэр түһэрэн чэлгийэтэн таһаараллар. Балар сиргэ дэҥ түһэллэр.

Хараҥа кэм оройо – ахсынньы 21 күнүгэр хараҥа кэм муҥутуу уһуур. Нууччалыта – Зимнее солнцестояние, быйыл, 9 чаас 20 мүнүүтэҕэ саҕаланар. Айыы Намыһын удаҕаттарга өрөгөй ырыа ылланар.

Бу удаҕаттар орто дойдуга өлүү-алдьархай буоллаҕына түһэн сири-дойдуну чөлүгэр түһэрэллэр, ыалдьыбыты үтүөрдэллэр, өлбүтү тилиннэрэллэр. Кинилэр хараҥа кэмҥэ үтүө тыыннарын ыытан биһигини араҥаччылыахтаахтар дэнэр. Бу күн эргин түүлгэ Намыһыннар ырыалара иһиллиэн сөп дэнэр, ити ырыа дьону кэлэр сылга көһөллөрүн хааччыйар диэн өйдүүллэр эбит. Ырыаларын истэргэ диэн анаан «түүлү көтөҕүү» туомун ыыталлара.

Олоҥхо матырыйааллара көрдөрөллөрүнэн, бу Айыы Намыһын удаҕаттартан барыларынааҕар улаханнара халлаан удаҕана Айыы Умсуур удаҕан. Кини саамай улахан удаҕан быһыытынан биллэр. Атын удаҕаттар кинини истэллэр. Халлаан түгэҕэр баар бухатыырдары иитэр. Бухатыыр буолар оҕо ап-чарай быаҕа кэлгиллэн турар буолар. Онтон Айыы Умсуур күн аайы алгыыр. Ити курдук бухатыыр буолар киһини иитэр. Атын Айыы Намыһыннар ити иитиигэ кытталлара биллибэт. Ол гынан баран кинилэр алгыыр идэлээхтэр. Алгааннар өлбүт бухатыыры тилиннэрэллэр. Кэхтибит сири чөлүгэр түһэрэллэр. Кинилэр алгыс этэллэригэр Айыы Умсуур салалтатынан хас да буолан киирэр идэлээхтэр дииллэр эбит.

Сахаҕа Айыы Намыһыннар арыт аҕыс буолалларын туһунан этии баар. Олоҥхоҕо үксүн үс буолан киирэллэр. Онтон биир этиигэ айыылар уонна иччилэр сэттэлии ыаллаах буолалларын туһунан этии баар. Сахалар ити этиини олохтоох дииллэрэ. Онон Айыы Намыһыннары сэттэлэр диибит.

Айыы намыһыннар орто дойдуга муҥутуур ыарахан кэмҥэ киирэллэр. Оннугунан олоҥхо кэмигэр бухатыыр өлүүтэ буолар. Онтон билиҥҥи кэмнэ саамай ыарахан кэммит хараҥа кэм оройо буолар. Ол иһин билигин кыһын ортотугар ахсынньы 21 күҥүгэр Айыы Намыһын удаҕаттарга хайыһаллар.


Ити үөһээ этиллибит ахсынньы 21 күнүнээҕи туом биир өттүнэн арҕааҥы тыалга аналлаах. Ити тыал Айыы Намыһыннар тыыннарын илдьэ сылдьыахтаах. Ый бүтүүтүгэр сис былыт кэлэр тыала биллэр. Эмиэ кыра тыаллаах буолар. Ону ахсынньы ый салгына дииллэр.

Дьылы атахтаһыннарыыга ахсынньы 25 күнүн ылаллар. Ити күнү дьыл ыпсыыта дииллэр. Дьыл атахтаһыытыгар кыһыҥҥы өттүн сайыҥҥы кэм батыһар.

Батыһыы маннык:
-Сылаас буоллаҕына тымныы.
-Ардахтаах буоллаҕына, хаардаах.
-Барыта төттөрү буолар.
Холобура, ахсынньыга хаар, тыал буоллаҕына, бэс ыйыгар хаһыҥ күүтүллэр. Түүмэхтээх буоллаҕына, өҥ сыл битэ дииллэр.

Ол эрэн, 2004 сыллааҕы сылыйыы кэлиэҕиттэн былыргылыы батыһыы уурайда курдук буолла.


Халлаан удаҕана Айыы кыыһа Айыы Умсуур аннынан баар удаҕаттар ааттара маннык:
Күн кыыһа Күөгэлдьин, Ый кыыһа Ыйбалдьын, Чолбон (Марс) кыыһа Чолбодук (арыт Туналыкаан дэнэр), Үргэл (Плеяды) кыыһа Үкэйдээн (арыт Сааннык дииллэр), Араҥас Сулус (Большая Медведица) кыыһа Айгынар, Дьэллэҥэ кыыһа Дьэргэстэй (арыт Сэймэлдьин дэнэр, Дьэллэҥэ диэн Венера сулус. Онтон Дьэргэстэй диэн тыл оту-маһы үүннэрэр иччи аата. Манна маарынныыр Дьэрэлин куо диэн баар. Кини эмиэ айыы удаҕана).

Айыы Намыһын удаҕаттар ордук биллэр сулустар эбэтэр туспа турар бөлөх сулустар иччилэринэн ааҕыллаллар, бэйэлэрэ анал ааттаах буолаллар. Саха сулустары киһи дьылҕатын кытта сибээстээх дии саныыр. Биир сулус суулунна да биир киһи олоҕо бүттэ диэн ааҕар.

Сулустары түмэн үөрэтиинэн бастаан, философия билимнэрин кандидата Дмитрий Степанович Макаров дьарыктаммыта. Кини ол үлэтин «Народная мудрость: знания и представления» диэн кинигэтигэр (1983) сыллаахха суруйбута.

«Кут-сүр» кыһа салайааччыта, филология билимнэрин кандидата Лазарь Андреевич Афанасьев-Тэрис, Макаров сулустары үөрэтиилэрин түмэн көрөн баран 2000 сыллаахха аныгы зодиакка сөп түбэһиннэрбитэ. Ону «Таҥха» (2000) диэн кинигэтигэр суруйбута.

Ити Үргэл диэни көрүөҕүҥ. Кус уйата диэн сулус баара ыам ыйыгар чугаһыыр. Кини Близнецы бөлөх сулуска сөп түбэһэр. Киниттэн бэттэх Тиэйиилээх сыарҕалаах уонна Үс бөлөх сулустар чугастар. Бу сулус ыам ыйыгар көстүбэт. Түүммүт сырдаан иһэр. Онтон атын кэмҥэ көстөр. Кус уйата диэн ааттыллар. Арыт бу тылынан Үргэли ааттыыллар. Близнецы таһынан чугас-чугас турар Үс уоттаах сулус баар. Биһиги ити сулустары Кус уйата диибит.

Саха саамай таптыыр аһа кус буолар. Былыр кус уйалаах сири хаһаастарын курдук көрөллөрө. Кус оҕолоро улаатыахтарыгар диэри тыыппаттара. Дьэ, ити сирбит халлааҥҥа тахсыбыт.
Кус Хаҥыл – Үрүҥ Айыы Тойон кыыһа.

Араҥас сулус ахсынньы ыйга сөп түбэһэр. Стрелец бөлөх сулуһу ыйар. Кини иннигэр Ох уонна Лира бөлөх сулустар сыталлар. Бу кыра хомуос сулус атаҕар сөп түбэһэр. Былыр хомуос сулус араҥас сулус дэнэрэ. Ону учуотаан Араҥас сулус диибит. Халлаан саамай ортотугар чугаһыыр.
Араҥас диэн киһи аһаҕас салгыҥҥа ууруллубута. Саха этэринэн онно киһи Үс үйэ тухары сытар. Ол тухары урууларыгар-аймахтарыгар өйдөбүл буолара. Онтон төрдүс үйэҕэ сиргэ көмөллөр уонна кинини санаабат буолаллар. Онон араҥас өйдөбүл буолууну кытта сибээстээх. Онтукабытын халлааҥҥа таһаарабыт. Үтүө өйдөбүл буолан үйэ тухары турдун дииллэр.

Тоҥус Араҥас сулуһа диэн эмиэ баар.
Былыр Араҥас сулуһунан бириэмэни билэллэрэ. Кутуругун хомуоһун кытта тэҥнээн түүн төһө буолбутун быһаараллара. Тоҥус Араҥас сулуһа арыт Тоһоҕо сулус диэн ааттанара. Кутуругун саамай төбөтө халлаан ортотугар баара.

Манна даҕатан эттэххэ, Дьэндэҥэ – Меркурий, Дьэндэли, эбэтэр Мэндэҥэ диэн Сатурн, Сэндэли диэн Юпитер.

Үс мэндэҥэ кулун тутар ыйы бэлиэтиир. Рыбаҕа сөп түбэһэр. Рыба диэки Үс муннук, Кассиопа уонна Сирээпэ баллар. Биһиги Кассиопа таһынан үс уоттаах сулуһу көрөбүт. Үс мэндэҥэбит диэн ити.
Уоттаах сулуһу саха Мэндэҥэ сулус диир. Аммаҕа Мээдийэ диэн сир баар. Ити биир кыыс төрөөбүтүн кытта ситимнээх аат эбит. Кини төрүүр кэмигэр Үс мэҥдэҥэ көстөн турбуттар. Ол иһин Мээдийэ диэбиттэр.
Мэндэҥэни Сатурн быланыатаҕа сыһыарыы баар.
Биһиги Үс Мэнэдэҥэни туспа бөлөх сулус быһыытынан көрөбүт. Онтон көннөрү Мэндэҥэни Сатурн быһыытынан ааҕабыт.

Ый-Күн алтыыта ахсынньыга быйыл 16-с күнүгэр буолта биллэр.



Итэҕэл ис хоһооно өйдөнөр биир утумнаах:
-Саамай улахан туом ыһыах дэнэр.
-Манна кылгастык тиэрдэр сыллааҕы алта туом баар: сайын кэлиитэ, иччилэргэ алгыс, сыл оройо, дьыл киириитэ, кыһын оройо уонна саас кэлиитэ. Балар улахан туом дэнэллэр.
-Ыһыах ыйдарынан бытарыйыыта ыйдааҕы туомнар дэнэллэр. Балар 14-тэр.
-Онтон манна ыһыахха чопчу тиэрдэр туомнар 300-тэн тахсалар.
Олоҥхолортон ахсынньыга айаны ойуулааһын киирэр. Тоҕус тоҕойдоох толомон маҥан суол, аҕыс адаардаах анылҕаннаах аартык диэн аатанар. Айыы бухатыырын айана тургутуулаах буолар. Ити тургутууну ааспыт эрэ киһи олоҕу көмүскүүр кыахтанар дэнэр.
Айыы Намыһын удаҕаттары таарытыы – ахсынньы бүтүүтүн эргин оҥоһуллар туом. Айыы Намыһын удаҕаттар тымныы, хараҥа кэмҥэ айыы дьонун харыстыыр алгыстарын ылар туһугар оҥоһуллар, өйү күүһүрдэллэр.
Манна Айыы Намыһыннар сиргэ түһүүлэрэ уонна эккэ-сииҥҥэ киириилэрэ ойууланар. Алгыс ыарыһах киһи өйүн-санаатын күүһүнэн этин-сиинин эмтииригэр аналлаах.
Бу алта алгыс Айыы үөрэҕин саамай улахан алгыстара буолаллар. Бу алгыстарга Айыы үөрэҕин ис хоһоонноро бэриллэр. Алгыстар бэйэлэрэ көннөрү дьоҥҥо эрэ этиллэр буолбатахтар. Дьон барыта бу алгыстар толорулларыгар кыттыһыахтаахтар.
Итэҕэл быһыытынан, алгыс этилиннэҕинэ, үрүҥ былыт үөскүүр, Саха сирин барытын хабар дииллэр эбит. Онон ким баҕарар ити былыттан үтүө санааны ылыан сөп. Онон алгыс оҥоруу Саха сиригэр барытыгар ананар.



Алгыһа:

1.
Дьээ,
Тымныы оройугар,
Хараҥа үгэнигэр,
Дьыл ыпсыытыгар,
Сыл быыһыгар,
Ахсынньы 21-с күнүгэр
Айыы дьоно
Айыыларбыт диэки хайыһыаҕыҥ,
Күн дьоно күн диэки көрүөҕүҥ,
Үгэстээх дьон этибит,
Үгэспитин өйдүөҕүҥ,
Итэҕэллээх дьон этибит,
Итэҕэлбитигэр эргиллиэҕиҥ.
Доом ини доом
Диэн ыллыаҕыҥ.

2.
Дьээ,
Тымныы оройугар,
Хараҥа үгэнигэр,
Дьыл ыпсыытыгар,
Сыл быыһыгар
Эппит тылбыт иччилэннэ,
Саҥарбыт саҥабыт саталанна,
Айыы халлаана
Ахпайан-ахпайан арылынна,
Дьээ,
Үрдүкү халлааҥҥа олохтоох,
Үүт-аас бэйэккэлээх,
Үүт-таас олбохтоох,
Үкээр куйаас тыыннаах Үрүҥ Айыы Тойон
Хаһан да кыһыны билбэт,
Өрөөбөт өтөннөөх,
Кэрээбэт кэҕэлээх,
Үүт көлүйэлээх,
Сүөгэй сүдүрүүннээх,
Иэдьэгэй бадарааннаах,
Сырдыктан да сырдык,
Сылаастан да сылаас,
Чэбдиктэн да чэбдик,
Чэпчэкиттэн да чэпчэки
Ыраас дойдута арылынна,
Кэрэ дойдута көһүннэ.

Дьээ,
Тымныы оройугар,
Хараҥа үгэнигэр,
Дьыл ыпсыытыгар,
Сыл быыһыгар
Эппит тылбыт иччилэннэ,
Саҥарбыт саҥабыт саталанна,
Аан дойду арчыһыттара,
Күн сирин сүлгүөрдьүттэрэ
Айыы кыыһа Айыы Умсуур,
Күн кыыһа Күөгэлдьин,
Ый кыыһа Ыйбалдьын,
Үргэл кыыһа Үкэйдээн Куо,
Чолбон кыыһа Туналыкаан Куо,
Араҥас Сулус кыыһа Айгынар Куо,
Дьэндэҥэ кыыһа Айбаҥса Куо буолан
Алдьаммыты абырахтыыр,
Быстыбыты салҕыыр,
Ыалдьыбыты үтүөрдэр
Үрүҥ тыыннара
Үрүҥ тыыммытын өллөйдөөтө,
Хара тыыммытын харыһыйда,
Айар кыаҕы биэрдэ,
Оҥорор күүһү укта.
Доом ини доом диэн ыллыаҕыҥ.

3.
Дьээ,
Үрдүкү халлааҥҥа олохтоох,
Үүт-аас бэйэккэлээх,
Үүт-таас олбохтоох,
Үкээр куйаас тыыннаах
Үрүҥ Айыы Тойон
Маанылаах кыргыттара,
Аҕыс халлаан арчыһыттара,
Тоҕус халлаан домньуттара,
Айыы кыыһа Айыы Умсуур,
Күн кыыһа Күөгэлдьин,
Ый кыыһа Ыйбалдьын,
Үргэл кыыһа Үкэйдээн Куо,
Чолбон кыыһа Туналыкаан Куо,
Араҥас Сулус кыыһа Айгынар Куо,
Дьэндэҥэ кыыһа Айбаҥса Куо буолан
Бэттэх көрөн
Мичик гыммыттара
Сырдык буолан сыдьаайан,
Дьаралык буолан сандааран,
Өркөн буолан үрүлүйэн
Түһэн иһэр,
Айыы суола буолан арыллара,
Күн суола буолан тэлэллэрэ буолла.
Оройбут арылынна,
Харахпыт аһылынна,
Кулгаахпыт тобулунна,
Санныбыт хайаҕастанна,
Өттүкпүт үүттэннэ,
Эппит саастанна,
Уҥуохпут куодаланна,

Дьээ,
Алгыстаах тыллаах
Улахан эдьиийдэрбит
Айхал диэбиттэрэ абыраллаах буолла,
Уруй диэбиттэрэ олохтоох буолла,
Биһиги диэки
Бэттэх көрөн
Мичик гыннылар.
Алдьаммыты абырахтыыр,
Тостубуту салгыыр,
Ыалдьыбыты үтүөрдэр тыллара
Уот мээчик буолан
Тыргыллан түспүтүн
Эппитигэр-хааммытыгар иҥэриннибит,
Куппутугар-сүрбүтүгэр холбоотубут,
Өйбүтүгэр-санаабытыгар сыһыардыбыт,
Бу ылбыт абыраллаах тыыммыт өрүһүлтэлээх сүрбүт
Эппит сааһынан эттин,
Уҥуохпут куодатынан олохсуйдун,
Хараҥаны кыайар кыаҕы биэрдин,
Тымныыны кыайар дьоҕурунан дьоллуолаатын,
Айыы тыынын ылар гына аһыллан биэриэҕиҥ.
Доом ини доом диэн ыллыаҕыҥ.

4.
Айыы Намыһын Эдьиийдэрбит тыыннара
Оройбутугар кэлэн олохсуйдун,
Туску буолан тохтоотун,
Айхал буолан айаатаатын.
Доом! Доом! Доом!

Харахпыт сырдаата,
Кулгаахпыт тобулунна,
Хара сурукпут тимирдэ,
Үрүҥ сурукпут үөскээтэ.
Доом! Доом! Доом!

Тыҥабытытыгар тиийэн тыын буолан
Тыыммытын уһатан биэрдэ,
Үрүҥ Айыы Тойон
Сэргэтигэр өртөөтө.
Доом! Доом! Доом!

Сүрэхпитигэр тиийэн дьиҥ буолан билиннэ,
Кырдьык буолан кылбайда,
Олох суолун туттарда,
Кэскил суолун кэҥэттэ.
Доом! Доом! Доом!

Хайҕахтаах быарбытыгар сайан киирдэ,
Быччыҥмыт устун быыппаһынна,
Силгэбит устун сиэллэ,
Үлэлиир көх буолла,
Хамсыыр кыах буолла.
Доом! Доом! Доом!

Үллэр өрөһөбүтүгэр кэлэн
Күүстээх санаа буолан көстө түстэ,
Үрүт күүс буолан үлүннэ,
Алын күүс буолан алынна.
Доом! Доом! Доом!

Киһи буолбут кииммитигэр тиийэн
Ийэ куппут ис күүһүн уһугуннарда
Аҕа куппут саспыт күүһүн таһаарда.
Иэйэхсит эҕэрдэтэ буолла,
Иччи Этиитэ буолла.
Доом! Доом! Доом!

Ытык эппитигэр тыргыллан тиийэн
Дьаралык буолан дьааһыйда,
Ыал буолар уоппутун уматта,
Киһи буолар кэскилбитин тэрийдэ.
Доом! Доом! Доом!

Дьээ,
Айыы тыынын ылыаҕыҥ,
Эдьиийдэрбит эҕэрдэлэрин иҥэриниэҕиҥ.
Күлүм-мичил! Күлүм-мичил! Күлүм-мичил!
Эдьиийдэрбит бэттэх эргилинниннэр.
Көхсүбүт кэҥээтэ, сүрэхпит көнньүөрдэ,
Күүһү уктун, кир хоҥуннун,
Дьай дьалбарыйдын, ыарыы тэйдин,
Айыы дьоно буолан сандаарыыбыт,
Күн дьоно буолан күндээриибит.
Доом ини доом диэн ыллыаҕыҥ.

5.
Дьээ,
Сырдыктан да сырдык,
Сылаастан да сылаас,
Чэбдиктэн да чэбдик,
Чэпчэкиттэн да чэпчэки
Айыы дойдутугар олорор
Айыы Намыһын эдьиийдэрбит
Айыы кыыһа Айыы Умсуур,
Күн кыыһа Күөгэлдьин,
Ый кыыһа Ыйбалдьын,
Үргэл кыыһа Үкэйдээн Куо,
Чолбон кыыһа Туналыкаан Куо,
Араҥас Сулус кыыһа Айгынар Куо,
Дьэндэҥэ кыыһа Айбаҥса Куо буолан
Бэттэх көрөн
Мичик гыммыттара
Алдьаммыты абырахтыыр,
Тостубуту салгыыр,
Ыадьыбыты үтүөрдэр тыллара
Уот мээчик буолан түспүтүн
Эппигэр-сииммэтигэр иҥэрдибит,
Куппутугар-сүрбүтүгэр  холбоотубут,

6.
Дьээ,
Хараҥа кэм оройугар,
Тымныы кэм үгэнигэр
Айыы күүһүн ылан биэрдибит,
Күн күүһүнэн күрүөлэнэн кэбистибит,
Тымырбыт чөлөрүйдэ,
Кырдьыгы кылбатта,
Дьиҥи килбэттэ.
Тымныыны үс илии тэйиттибит,
Хараҥаны сэттэ илии тэйиттибит,
Уруй-туску буоллун,
Айхал-талба буоллун.
Доом ини доом диэн ыллыаҕыҥ.

Айыы Үөрэҕин туомнарын уларытан, Тэрис саҕанааҕытын суурайан аныгылыы-саҥалыы, «дириҥэппитэ» буолан туһанар дьоннору улахан охсуу күүтэр, онон, бука диэн, итинниккэ кыттыспакка буола сатыахтаах, саха киһитэ...
Category: Айыы үөрэҕэ | Views: 112 | Added by: uhhan1
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  Ахсынньы 2024  »
БнОпСэЧпБтСбБс
      1
2345678
9101112131415
16171819202122
23242526272829
3031
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 2
Ыалдьыттар (гостей): 2
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2025