Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [225]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [670]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [379]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [100]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [240]
Тюрки [76]
Саха [155]
литература [42]
здоровье [466]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [123]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2024 » Ахсынньы » 30 » Тэрис. Дьыл кирбиитэ. Эргэ дьыл саҕаланыыта.
Тэрис. Дьыл кирбиитэ. Эргэ дьыл саҕаланыыта.
05:37
Тэрис. Дьыл кирбиитэ. Эргэ дьыл саҕаланыыта.

Күһүн бастакы аҥаарын кэннэки тылынан көмүс күһүн диэххэ сөп. Иккис аҥаара дьыл кирбиитэ диэн.
Ахсынньы 19 күнүн диэки кыратык былыт буолар. Ону сис былыт дииллэр. Бу кэмтэн эргэ дьылы көтөҕүү туомнара саҕаланаллар.
Сылга икки улахан дьыл баар: Саҥа дьыл муус устар 21 күнүттэн саҕаланар уонна балаҕан ыйын 21 күнүгэр диэри барар. Эргэ дьыл балаҕан ыйын 21 күнүттэн саҕаланар. Эргэ дьылга киһи харыстаныахтаах.



Балаҕан ыйын 21 күнүгэр Дьыл кирбиитин туома (Тэйилгэ) диэн оҥоһуллар. Бу кэмҥэ сырдык уонна хараҥа тэҥнэһэллэр. Хараҥа баһыйан барар. Эргэ дьыл кэлэр. Бу кэмҥэ Улуу Суорун (биир өттүнэн Ынахсыт) тыына кэлэр. Бу тыын хотугу тыалга сөп түбэһэр.
Балаҕан ыйын 21 күнүгэр дьыл киирэр, табык охсуллар. Аны хараҥа баһыйан барар. Балаҕан ыйыгар хаамыынан барар дииллэр, алтыны ый ортотуттан сэлиинэн барыа. Былыр бу кэми эргэ дьыл саҕаланыыта дииллэрэ. Кыһын өттө барыта эргэ дьыл дэнэр, сайын өттө – саҥа дьыл.



Алгыс тыллара.

Дьээ,
Балаҕан ыйын 21 күнэ үүннэ, Дьыл киириитэ тосхойдо,
Салгын куппутунан салаллан олорор кэммит буолла,
Кыһыҥҥы кэмҥэ кыаҕы ыыттыыр, хараҥа кэмҥэ санааны сытыылыыр,
Тымныы кэмҥэ тыыны уһатар болдьохпут туолла,
Дьэ, ол туһугар дьээ диэҕиҥ туруммуппутугар уруй диэҕиҥ,
Санаабыт суол буолан салҕаннын, ырыабыт аллык буолан тыргылыннын,
Моһолтон боһуллан мэһэйдэтимиибит, харгыска хаайтаран хаалымыыбыт,
Кэлии үүтүгэр кииримиибит, түөрт баҕана үүтүгэр түбэһимиибит,
Ооҕуй баран уйабытыгар олорон, көмүс ньээкэ уйабытыгар сытан,
Өйбүтүн-санаабытын сытыылаан, эбии өрө тэптэн
Үүнэн, күүспүтүн эбэн көтөҕүллэн биэриэҕиҥ.

Дьээ,
Дьыл киирбитигэр хараҥа кэм кыайарыгар,
Тымныы кэм кэлэригэр, дьаҥ-дьаһах аргыстаах,
Хайырбыт ойбон харахтаах, икки ураа муостаах
Дьыл Оҕуһа хаары сиэн халыҥаан, мууһу сиэн уойан,
Туран кэллэ, тымныыннан тыынна, силлиэнэн силбиэтэннэ,
Кырыанан дьайыҥнанна.
Онно хотторбокко уот төрдүгэр хонон, сылаас төрдүгэр сытан,
Саха буолан сандаардыбыт, киһи буолан килэйдибит,

Дьээ,
Хараҥа кэм хаайан эрэр Эргэ Дьыл элиэтээн эрэр,
Тымныы кэм тыынан эрэр,
Сулуһунан сирдэтэр, ыйынан сырдатар, кырыаннан хаамар,
Мууһунан үктэнэр кэммит кэллэ, болдьохпут туолла,

Дьээ,
Тымныыны үс харыс тэйитэн,
Силлиэни сэттэ харыс тэйитэн,
Сиэри тутуһан, силиги толорон силигэлээн олоробут
Ол туһугар бастакы төгүл ырыабытын ыллыаҕыҥ,
Чэй дуо, Чээл быраан!

Дьээ,
Хараҥа кэм хаайан кэллэ, тымныы кэм ыган кэллэ
Атыыр оҕус ыллаабыта үһү,
Алтынньы ыйга алта былас оту сиибин,
Сэтинньи ыйга сэттэ былас оту сиибин,
Ахсынньы ыйга аҕыс былас оту сиибин,
Тохсунньу ыйга тоҕус былас оту сиибин,
Олунньу ыйга уон былас оту сиибин,
Кулун тутарга холбон-илбээн оту сиибин,
Муус устарга мунньан-тараан оту сиибин,

Бу кэмҥэ буор сир дьоно салгын куппутун сайыннарабыт,
Дьиэҕэ олорон өйбүтүн сытыылыыбыт
Кэлэр сайыҥҥа бэлэмнэнэбит.
Уһун кыһын устата уох мунньабыт
Эргэ дьыл устата эрчим мунньабыт
Тыыммытын уһатабыт, көхсүбүтүн кэҥэтэбит,
Харахпытын сырдатабыт, сүргэбитин үрдэтэбит,
Сыыспат гына дьаһанабыт, халтырыйбат гына оҥостобут,
Ыараханы уйар кыахтанабыт, кытаанаҕы кыайар санааланабыт.
Ол туһугар иккис төгүл ыллаан кэбиһиэҕиҥ,
Чэй дуо, Чээл быраан.

Дьээ,
Уотум иччитэ, Күл тэллэх, Көбүөрүнньүк суорҕан,
Аһаах мас аһылыктаах, Үөл мас үктэлээх, Алтан баһырҕас,
Бырдьа бытык, Хатан Тэмиэрийэ Аан Уххан,
Үөһээ тэрчигинэн үөһээҥи үргүөрү үрэйдиҥ,
Орто тэрчигинэн ортоттон охсору туораттыҥ,
Аллараа тэрчигинэн алларааттан киирэр аргыары араардыҥ,
Дьиэбит итии киинэ буоллуҥ, уйабыт улай ортото буоллуҥ.

Хараҥа кэмҥэ сырдыгы биэрдиҥ, тымныы кэмҥэ сылааһы биэрдиҥ,
Эргэ дьылга эрчими эптиҥ,
Күөх төлөнүнэн күн дьонун көмүскээтиҥ,
Сырдык тыынынан айыы дьонун араҥаччылаатыҥ,
Тымныыны үс илии үтэйдиҥ,
Сэттэ илии тэйиттиҥ, тоҕус илии туораттыҥ,
Ахсынньы ый аргыарын ахсаттыҥ,
Тохсунньу ый тоҥун тоһуттуҥ, сэттинньи ый силиэтин тэйиттиҥ,
Олунньу ый уораанын уокуттуҥ, кулун тутар тыалын тылбыйдыҥ.

Дьэ, Аал уоппут ситэри алгыстаннын,
Кыһыны быһа кырыаны кыайар кыахтаннын,
Эргэ дьыл устата эргэни эһэр сэниэлэннин,
Куобах суорҕанын тиэрэ иилиннин, куобах ыстаанын тиэрэ кэттин,
Сылаас дьайыҥнах, итии эркиннээх көнө холумтаннаах,
Күөх оту күүһүрэн-уоҕуран көрсүөҕүҥ,
Саҥа Дьылга сайдан тиийиэҕиҥ,
Чэ, ол туһугар төрдүс төгүл ыллаан кэбиһиэҕиҥ,
Чэй дуо, Чээл быраан!

Дьээ,
Тымныы кэм ыкта, хараҥа кэм хаайда,
Эргэ дьыл эргийэн кэллэ, тымныы оҕуһа тиийэн кэллэ.
Сылаа дьиэҕэ састыбыт, итии дьиэҕэ көстүбүт,
Хаар анныгар кыталыктар олороллор үһү диэн
Биһигини былыргыттан туойан кэбиспиттэр.

Түүмэх түстэ, сулус дьиримнээтэ, халлаан уоттанна,
Сэргэбит төбөтө сэтэриччи тоҥно,
Дьиэҕэ уоппут кытарар, таһырдьа күрдьүкпүт үүнэр,
Ый-Үргэл алтыста, ычча диэн саҥа бастаата.

Чэй дуо, Чээл быраан!



Айыыларбыт тыына
Хараҥа кэм баттааһынын кыайа тур,
Эргэ дьыл кирин тэйитэ тур,
Биһиги дьиэбитигэр Иэйэхсит эҕэрдэтэ буолан диэлий,
Алаһа дьиэбитигэр Айыы алгыһа буолан сырдаа.

Эргэ дьыл устата эппитин-сииммитин эрчийэн эргэрэн биэримиибит,
Хараҥа кэм устата аспытын-үөлбүтүн көрүнэн ахсаан биэримиибит,
Тымныы кэм устата идэбитин сайыннаран эбии тэптэн биэриэҕиҥ.

Аныгы саҥа дьылга диэри ыччаппыт сайдан тиийдин,
Кэлэр кэрэ сааска диэри кэскилбит кэтирээн тиийдин,
Алаһа дьиэбит алгыһы харыстаатын,
Иэримэ дьиэбит эҕэрдэни илдьэ сырыттын.

Айыы киһитэ хараҥа кэми туоруур күүстээх санаата ылын,
Эргэ дьылы туоруур эрдээх санаата ылын,
Ити санааҕын Айыы суолугар туттар, Күн суолугар өртөө.

Уоту аҕалбыт Улуу Суорун хара аттаах буолар, бэйэтэ эмиэ хара дьүһүннээх. Ити көстүүтэ эрэ оннук. Дьиҥэр, иһигэр киирдэххэ үрүҥ киһи. Кини дьиэ иһигэр оһоххо олорон оһох иччитинээн итиини уонна сырдыгы биэрэр. Кини эргэ дьыл устатыгар (кыһын өттүгэр) умайан дьоҥҥо-аймахха дьолуону эбэр.
Category: Айыы үөрэҕэ | Views: 114 | Added by: uhhan1
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  Ахсынньы 2024  »
БнОпСэЧпБтСбБс
      1
2345678
9101112131415
16171819202122
23242526272829
3031
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 2
Ыалдьыттар (гостей): 2
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2025