Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [225]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [670]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [379]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [100]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [240]
Тюрки [76]
Саха [155]
литература [42]
здоровье [466]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [123]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2024 » Ахсынньы » 30 » : Айыы үөрэҕин тыллара
: Айыы үөрэҕин тыллара
05:49
: Айыы үөрэҕин тыллара

Санааны салайар тыллар.

Киһи күн устататыгар араас түгэҥҥэ киирэн тахсар. Киһи сөбүлээбэт эбэтэр сөбүлүүр түгэнигэр анал тылы саҥаран, бэйэтин санаатын салайан туругун сөптөөх өттүгэр уларытар кыахтаах: сүрү сатаан туһанар; сүрү мээнэ сүтэрбэт; сүрү чопчу сорукка туттар.

1. Дом - киһини итэҕэл өйдөбүллэрин илдьэ сылдьарга салайар. Алгыһы, санааны түмүктээн бигэргэтэргэ этиллэр.
2. Дьээ - санаа күүһүн түмэргэ киһи бэйэтэ бэйэтин соруйар тыла. Кэпсиэх, кэпсэтиэх иннинэ туһаныллар.
3. Туску - киһиэхэ үчүгэйи баҕаран, киһи кэнниттэн этиллэр тыл. Тыл иһиллэрэ ирдэммэт, киһиэхэ тускуну туһаайыы бэйэҕэ үчүгэйи баҕарбыт тэҥэ.
4. Саҥ - киһи икки дьарыктан хайатын бастатан толорорун мунаахсыйдаҕына "Саҥ" диэн баран кылгас кэмҥэ тугу да санаабат. Ол кэннэ мунаахсыйыыта сүппүт буолуохтаах.
5. Уруй - санаабыт санааны толоруллуохтаах кэмигэр булгуччу толорор туһугар этиллэр.
6. Ах - туһата суоҕу толкуйдууру тохтотор иһин туттуллар. Ити санааны санаан баран "Ах" диэн кэбиһиллэр. Оччоҕо ити саныыртан ах барыллар. Салгыы санаммат.
7. Алыас - ыраастанар тыл. Киһи куттанарыгар түбэстэҕинэ, ол көрбүтэ иҥмэтин диэн саҥарар (саныыр) тыла.
8. Кый - киһиэхэ бэйэтигэр куһаҕан санаа киирдэҕинэ, ким эрэ куһаҕаны саҥардаҕына тэйитэргэ туттуллар.
9. Нэм - ыксаллаах түгэҥҥэ киһи "Нэм" диир уонна дириҥник тыынар. Оччоҕо ыксаабыта ааһар, хараҕа сырдыыр.
10. Нум - бэйэни утуйарга соруйууга туһаныллар. Уу мустарын көрүллэр уонна "Нум" дииллэр. Утуктаабыты аһарарга уу парын көрүллэр.
11. Лах - киһи бэйэтин өйүгэр үтүө өйдөбүлү хаалларыан баҕардаҕына бу тылы саҥаран өйүгэр олордон кэбиһэр.
12. Айхал - тыл "Айыы, кэл" диэн. Үөрүү кэмигэр киһи бу тылы эттэҕинэ, айыылар чугаһыыллар уонна үөрүүтүн толору оҥороллор.

"Айыы үөрэҕин төрүтэ" кинигэттэн, автор Тэрис.
[09:19, 15.12.2024] Таҥ Бүө: Тэрис. Тэрчи.
Алыас – санааны салайар тыл. Туох эмэ кирдээҕи, киһи саатарын, сиргэнэрин көрдөххө этиллэр тыл. Оччоҕо ити кир киһиэхэ сыстыбат. Алыас диэтэххэ киһиттэн сүр тахсар.
Бу сүрү «тэрчи» диэн ааттыыллар. Тэрчи – киһиттэн тахсыбыт сырдык. Тэрчи кири суох оҥорор.
Тэрчи – уот сырдыга. Киһи эмиэ тэрчилээх буолар. Тэрчинэн ыраастаныллар, куһаҕан сабыдыалы суох оҥоруллар.
Уот сыдьаайа тэрчи дэнэр. Ити сыдьаай туланы барытын харыстыыр.
Уот иччитигэр алгыска этиллэр:
Үөһээ тэрчигинэн Үөһээҥи үргүөрү Үрэйдиҥ,
Орто тэрчигинэн Ортоттон охсору Туораттыҥ,
Аллараа тэрчигинэн Аллараттан киирэр Аргыары араардыҥ,
Дьиэбит Итии киинэ буоллуҥ, Уйабыт Улай ортото буоллуҥ.
Аллараа тэрчигинэн
Аллараттан тахсааччылары
Араара тур,
Орто тэрчигинэн
Ортоттон охсооччулары
Утаара тур,
Үөһээ тэрчигинэн
Үөһэттэн түһээччилэри
Үтэйэ тур,
Кири тэйит,
Дьаҥы-дьаһаҕы араар,
Оһолу-төрүөтү утаар,
Ыарыыны чугаһатыма.
Дом!
[09:19, 15.12.2024] Таҥ Бүө: Туох эмит куһаҕаны көрбүт буоллахха, холобура, дьиэттэн тахсан баран буомжаны көрүстэххэ, ыт өлүгэ сытарын игин – үстэ, бэйэҕэр эрэ иһиллэрин курдук сибигинэйэн, "Алыас! Алыас! Алыас! Дом!" диэн баран ааһа тураҕын. Биитэр, ватсабынан игин куһаҕаны ыыттахтарына инник диэн баран сотторон кээһэҕин. Тойонуҥ-хотунуҥ мөхтөҕүнэ, дьон кыраатаҕына, үөҕүстэҕинэ эмиэ инньэ диигин. Оччотугар ол көстүүлэр куһаҕаннара барыта эйиэхэ үчүгэй алгыс буолан кубулунан кэлэн иҥэллэр.
Ол эрээри, соруйан киһини кыыһырда-кыыһырда туһаныа суохтааххын – аньыы...
Category: Айыы үөрэҕэ | Views: 120 | Added by: uhhan1
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  Ахсынньы 2024  »
БнОпСэЧпБтСбБс
      1
2345678
9101112131415
16171819202122
23242526272829
3031
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 3
Ыалдьыттар (гостей): 3
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2025