News topics |
Политика.Митинги. Пикеты. Партии
[900]
|
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения
[263]
|
Суд-закон.МВД.Криминал
[1280]
|
Право, закон
[323]
|
Экономика и СЭР
[839]
|
Власть Правительство Ил Тумэн
[1207]
|
Мэрия, районы, муниципалитеты
[400]
|
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО
[215]
|
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка
[555]
|
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги
[155]
|
Коррупция
[862]
|
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство
[291]
|
Социалка, пенсия, жилье
[277]
|
ЖКХ, строительство
[132]
|
Образование и наука. Школа. Детсад
[215]
|
Люди. Человек. Народ. Общество
[225]
|
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет.
[670]
|
Алмазы Анабара
[161]
http://alanab.ykt.ru//
|
Земля. Недра
[240]
|
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода
[379]
|
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ
[158]
|
Промышленность
[43]
|
Нефтегаз
[284]
|
Нац. вопрос
[284]
|
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации
[65]
|
Дьикти. О невероятном
[183]
|
Выборы
[661]
|
Айыы үөрэҕэ
[100]
|
Хоһооннор
[5]
|
Ырыа-тойук
[23]
|
Ыһыах, олоҥхо
[102]
|
Култуура, итэҕэл, искусство
[365]
|
История, философия
[240]
|
Тюрки
[76]
|
Саха
[155]
|
литература
[42]
|
здоровье
[466]
|
Юмор, сатира, критика
[14]
|
Реклама
[7]
|
Спорт
[123]
|
В мире
[86]
|
Слухи
[25]
|
Эрнст Березкин
[88]
|
Моё дело
[109]
|
Геннадий Федоров
[11]
|
BingHan
[4]
|
|
|
Main » 2024 » Ахсынньы » 31 » Иэйэхсит сыла 1
Иэйэхсит сыла 1 | 09:33 |
Иэйэхсит сыла 1
2025 сылы Ийэ Дойдуну көмүскээччи сылынан анаатылар.
Ити, саха төрүт үгэһин халандаарын кытта, эмиэ, син түбэстэ курдук буолла. Саха билиҥҥи халандаарынан, ааспыт сылбыт Айыыһыт сыла эбит буоллаҕына, быйылгыбыт – Иэйэхсит сылынан биллэр. Онон, быйылгы сылы сахалар Иэйэхсит Хотун сылынан билинэллэр, ити таҥара бэйэни харыстаныыны, көмүскэниини күөдьүтэр айыынан биллэр.
Иэйэхсит туһунан элбэх саха төрүт үгэһин чинчийээччи сылынайдар да, кэллиҥҥи кэмҥэ сэбиэскэй, онтон Арассыыйа да Аан дойду да учуонайдара билиминэн үлэлэригэр суруйан тураллар. Биллэн турар, ол учуонайдар архыып матырыйаалларын туһаналлара. Ордук, билим Акадыамыйатын архыыбыгар сытар матырыйааллары киллэрбиттэрэ. Онно элбэх үһүйээннэр, сэһэннэр, олоҥхоһуттартан, ойууттартан, кырдьаҕас сэһэнньиттэртэн игин ылан суруммут сибиэдэнньэлэр бааллара биллэр.
Иэйэхсит Хотун, киһи бэйэтин да харыстаныытын, тулалыыр эйгэтин да, ол, эбэтэр, Аан айылҕатын уонна Ийэ буорун харыстааһынын төрдүгэр турар таҥара буолар дэнэр. Билиҥҥиннэн эттэххэ, инстинкт самосохраненияны эппиэтиир эбит. Холобура, хара сарсыардаттан киһи тураат 44 оһоллору көрсөр. Онно кини Иэйэхсит 44 хараҕа аһаҕас буолуохтаах дэнэр. Оччотугар эрэ күнү этэҥҥэ туоруур туруктанар. Ол иһин бэйэтин көрүнэ сылдьыахтаах, олоҕун олорор тэтимиттэн тахсыа суохтаах. Кэмигэр утуйан-туран, тахсан-киирэн диэбиккэ дылы сылдьыахтаах, ис-тас эйгэтин тута сылдьыахтаах. Холобура, былыр, аанньа утуйбатах булчут тайҕаҕа тиийэн адьырҕа кыыл суолугар болҕомтотун уурумуна, ол кыыл тоһууругар түбэһэн суорума суолланынан син этэ.
Киһи Иэйэхситтэрэ диэн – үөһээҥи айыы дойдутугар олорор Иэйэхситтэр тыыннара түһэн киһи тула күрүө буолара. Бу күрүө киһини сыыһа санааттан, ыарыыттан, куһаҕантан көмүскүүр. Ол иһин киһи алгыс этэн Иэйэхситтэрин күн аайы ыҥырыахтаах. Иэйэхсити ыҥырар алгыс «Сэттэ Иэйэхситим эҥээрдэс” диэн.
Иэйэхсит биһиэхэ айылҕаҕа сыһыан уонна иитиэх кыылга сыһыан бараабылаларын биэрэр диэн өйдөбүл баар. Холобура, ойуур диэн кыыл дьиэтэ диэн этии баар. Онон ойуурга харыстабыллаахтык сыһыаннаһыахтаахпыт. Иитиэх кыылга биһиги ийэ куппут сыстар дэнэр. Онон иитиэх кыылга бэйэбит ийэ куппут курдук сыһыаннаһыахтаахпыт дииллэр. Ити барыта хас да кэс тыл буолан Иэйэхсит халлааныгар суруллубутунан ааҕыллар.
Иэйэхсит кэс тыллара
1. Бу киэлибинэн айылҕалыын ситимнэһэбин. Дом!
2. Айылҕаны харыстаан чэгиэн буолабын! Дом!
3. Куппун харыстаан олох олоробун. Дом!
4. Күлүкпүн быһа хаамтарбаппын. Дом!
5. Үрүҥ көмүс күрүө оҥостобун. Дом!
6. Былытым ыраас буоллун. Дом!
7. Айар-тутар кыахтаахпын. Дом!
Иэйэхсит Хотун айылҕаҕа сыһыан уонна иитиэх кыылга сыһыан туһунан быраабылалара
Айылҕаҕа сыһыан
– Оту-маһы мээнэ алдьатар – аньыы.
– Чыычаах уйатын тыытар – аньыы.
– Күөлгэ, үрэххэ кири быраҕар – аньыы.
– Айылҕаҕа сылдьан сыыһы, тобоҕу хомуйбат – аньыы.
– Айылҕаҕа сылдьан уотунан оонньуур – аньыы.
– Ойуурга сылдьан мээнэ айдаарар – аньыы.
– Сир кырсын мээнэ алдьатар – аньыы.
Иитиэх кыылга сыһыан
– Иитиэх кыылы кырбыыр – аньыы.
– Иитиэх кыылы сирэйгэ охсор – аньыы.
– Иитиэх кыылы кэмигэр аһаппат – аньыы.
– Иитиэх кыылы аһары үлбүрүйэр – аньыы.
– Иитиэх кыылы ыраастаабат – аньыы.
– Иитиэх кыылы дьээбэлиир – аньыы.
– Иитиэх кыылы көрүүтэ-истиитэ суох хаалларар – аньыы.
Киһи Иэйэхсити кытта сибээстэһэр этэ киин диэн. Бу эт айылҕаҕа сыһыантан үөскээн тахсар. Ууга, салгыҥҥа, окко, маска, уокка, буорга барытыгар үчүгэйдик сыһыаннаһыахтаахпыт. Оччого эрэ доруобайбыт. Иэйэхсит халлаана киһи аһыыр-сиир өттүнэн суолланар. Ол иһин ис-үөс Иэйэхсит киэлитэ дэнэр.
Аны үс куппутун харыстыахтаахпыт дэнэр. Ити харыстыырга үс күлүкпүтүн харыстыахтаахпыт. Киһи баар. Ол аата күлүктээх. Кэннэки күлүкпүт – урукку олохпут. Ортоку күлүкпүт – билиҥҥи олохпут. Бүгүн доруобай сылдьыыбыт онтон тутаахтаах. Инники күлүкпүт – инники олохпут. Ону мэлдьи былаанныы сылдьыахтаахпыт. Күлүгү харыстааһын күрүөнү оностон ситиһиллэр. Күрүөнү оностор киһи бэйэтин харыстанар өйдөнөр. Ити киһи былыта ыраас. Ол аата өйө дьэҥкэтик үлэлиир. Кини олоххо суолун арынан иһэр. Ол аата айар кыаҕа улаатар дииллэр.
Сороҕор күрүө туттууну Иэйэхситтэри ыҥырыы диэн ааттыыллар. Иэйэхситтээх киһи күрүөтэ бөҕө буолар дэнэр.
Күрүө диэн киһи тула кинини араҥаччылыыр эйгэ баара аатанар. Киһи Иэйэхситэ – Налыгыр Иэйэхсит көмөлөһөөччүлэрэ Түөрт Иэйэхсит киһи тула тураллар. Кинилэр тастан киирэр куһаҕан сабыдыалы суох гыналлар.
Налыгыр Иэйэхсит көмөлөһөөччүлэрэ мэлдьи хамсыы сылдьаллар. Ити киһи майгытыттан сибээстээх. Сороҕор ыраатан хаалаллар, сороҕор киһиттэн букатын да бараллар. Сороҕор барыытын барбаттар буолан баран тиэрэ хайыһан кэбиһэллэр. Чуолаан барбыт уонна тиэрэ хайыспыт өттүлэринэн киһи ханнык эрэ оһолго түбэһэр. Маннык өйдөөһүн аан дойду бары омуктарыгар кэриэтэ баар.
Ити аата киһини тула харысхал баарын этэллэр. Киһи этэ-сиинэ, өйө-санаата мэлдьи онно бэлэм буолуохтаах. Ол иһин кутталлаах түгэн үөскээтэҕинэ, сонно тута хардаран иһиэхтээх. Итини киһи хайа баҕар ыксаллаах түгэҥҥэ туһаныан син буолар, сэрии инники кирбиитигэр сылдьааччыларыгар тиийэ туһалыан сөп.
Ол аата, Иэйэхситинэн өйдөөһүҥҥэ киһи орто дойдуга олороро учуоттанар. Кинини түөрт Иэйэхсит төгүрүктүү сылдьар. Кинилэр киһини харыстыыллар. Иэйэхситтэр баалларын тухары киһи этэҥҥэ сылдьар.
Итини биһиги күрүө оҥорторуу диэн ааттыыбыт. Киһи төһө бөҕө күрүөлээх да соччонон бөҕө.
Күрүө алгыһа
Налыгыр Иэйэхсит
Бэттэх көрөн
Мичик гын!
Күөгэл-нусхал!
Үрүҥ Айыы Тойон
Үрүҥ тыыҥҥын түһэрэн
Күрүөлүү тур,
Илин өттүбүттэн
Эҕэрдэ эҥэрдспит,
Соҕуруу өттүбүттэн
Содуом охсубатын,
Арҕаа өттүбүттэн
Алдьархай киирбэтин,
Хоту өттүбүттэн
Ыарыы ыкпатын,
Күрүөм кэҥээтин,
Сүргэм үрдээтин,
Айыы алгыһынан
Арчыланыым,
Күн сүлгүөрүнэн
Көмүскэниим,
Көнчүөнү көтүрэн иһиим,
Сиби тэйитэн иһиим.
Айыы сырдыгынан
Сыдьаайыым,
Дом!
Арчы алгыһа
Арҕаһыттан тэһииннээх
Айыы дьоно,
Көхсүттэн көнтөстөөх
Күн дьоно,
1.
Амарах бэйэлээх
Аһаныгас сүрэхтээх,
Биири биэс гынар,
Биэһи биэс уон гынар
Иэйэхсит Хотун,
Бэттэх көрөн мичик гын.
Оннук!
2.
Иэйэхсит Хотун
Сиэллээх-сиэгилээх
Үүт маҥан
Аартыга арылынна,
Ил тыал кэлэн
Оту-маһы дьалбыйда,
Эҕэрдэ ырыалаах
Эҕир-дьаҕыр былыттар
Элиэтии көттүлэр.
Күр муус көтөҕүлүҥҥэ,
Халыҥ хаар халбарыйда.
Сааскы сүүрээн уһугунна.
Оннук!
3.
Иэйэхсит Хотун
Сиэллээх-сиэгилээх
Аартыга арылынна,
Үөһэттэн киирэр
Үргүөр үрэлиннэ,
Аллараттан киирэр
Аргыар арахта.
Ортоттон охсор
Одуруун уурайда.
Оннук!
4.
Иэйэхсит Хотун
Сиэллээх-сиэгилээх
Аартыга арылынна,
Эргэ дьыл устата
Элбии сатаабыт
Кир-хох хоҥунна,
Хараҥа кэм устата
Хаҥыы сатаабыт
Дьаҥ-дьаһах дьалбарыйда.
Тымныы кэм устата
Бүрүүкүү сатаабыт
Ыарыы-сөтөл кыйданна.
Оннук!
5.
Иэйэхсит Хотун
Сиэллээх-сиэгилээх
Үүт маҥан
Аартыга арылынна,
Тиэргэммит иһэ ырааһырдын.
Дьиэбит иһэ ырааһырдын.
Бэйэбит эмиэ ыраас буолуубут.
Аан арчы буоллун.
Оннук!
6.
Илин өттүбүтүттэн
Иэйэхсит суола
Илэ-чахчы тэлэлиннэ,
Айыы суола
Ала-чахчы арылынна,
Айыы дойдутун
Сырдыгын иҥэрэн,
Салгынын тыынан
Аан арчыланнахпын буоллун.
Оннук!
Киһи киинэ ис уорганнарын кытта сибээстээх. Манна киһи доруобуйата оҥоһуллар. Киин үөскээбит сирэ айылҕа буолар. Айылҕа киһи тас этинэн ааҕыллар. Онтон ис эт киһи бэйэтин этэ буолар. Бу икки эт сибээстэхтэр дэнэр.
Доруобуйа – киһи олоҕун төрдө. Кинини Иэйэхсит биэрэр. Сүрүн эт – киин.
Киини ортотугар тутар иһин киһи айылҕаны кытта биир буолуохтаах.
Айылҕаҕа алта эйгэни араарабыт: Салгын – тыынар эт. Уот – сүрэх. Мас, от – уҥуох. Уу – ис. Буор – куҥ эт. Санаа – былыт.
Бу эйгэлэр дьүөрэ буолуохтаахтар. Оччоҕо киһи доруобай. Билигин бу эйгэлэр экэлиэгийэҕэ киирэллэр. Киһи доруобай буоллаҕына, кутун харыстыыр. Куту уонна күлүгү харыстыырга күрүө тутуута туттуллар. Төһөнөн доруобайбыт да былыппытын үөһэ таһаарыахтаахпыт. Былыт диэн өй. Өйбүт төһөнөн элбиир да доруобуйаны харыстыыр кыахпыт улаатар. Дьэ, ити барыта хоһулаһан холбоһон биһиги чөл буолабыт.
Киһи этэ духуобунай төрүттээх. Ону кут дииллэр. Кинилэр үстэр:
– Ийэ кут. Бу таҥараттан кэлэр кистэлэҥ күүс.
– Салгын кут – санаа.
– Буор кут – эт-сиин.
Бу куттартан киһи бэйэтэ үөскүүр.
Кут алгыһа
Кут Иэйэхсит,
Бэттэх көрөн
Мичик гын,
Күөгэл-нусхал!
Ийэ кутум эҥээрдэстин,
Салгын кутум салыйбатын,
Буор кутум куоппатын,
Айыылартан кэлбит
Ийэ кутум
Ис кыаҕа арылыннын,
Сүргэбин көтөҕөр
Салгын кут
Үрдүк буоллун,
Буор кутум
Буор сиргэ
Бигэтик олордун,
Түмүктэрим
Сөллөн истиннэр,
Ийэ киэлилэрим
Илгэлэнэ турдуннар,
Айыы тыынын кытта
Арахсыбат ситимнэниим,
Сүнньүм устун
Сүр сүүрэ турдун,
Эргэ эстэ турдун,
Саҥа сайдан истин,
Дом!
Ол эрэн, сахаларга киһини этэ-сиинэ быһаарар буолбатах дииллэр эбит. Өйө быһаарар дииллэрэ. Өйө этин-сиинин харыстыыр. Өйү былыт дииллэр. Былыт ыраас буолуохтаах. Оччоҕо үөһэ көтөҕүллэр. Өй эти-сиини харыстыыра улаатар.
Эт-сиин чөл сылдьыыта өйтөн (былыттан тутулуктаах). Чөл буолуу диэн тыыннаах сылдьыы.
Киһи айылҕа оҕото буолбатах. Айылҕа уонна киһи таҥара оҕолоро. Киһи кута Аан Дойду үөскүүр кэмигэр үөскээбитэ. Урукку, билиҥҥи уонна кэлэр бииргэ сылдьаллар. Санаа дьиҥнээхтик олоруута диэн баар. Ити санаа киһини салайар. Сорохтор айылҕаны итэҕэйэргэ ыҥыраллар. Таҥараны айылҕаҕа кубулута сатыыллар. Киһи бастакы этэ-сиинэ – айылҕа, онтон бэйэтин этэ сиинэ – иккис. Айылҕа ханан алдьанар да киһи онон ыалдьар.
Саха халандаарыгар Иэйэхсит ойуута көҕүөр ойуу буолар.
Суолтата: ыраастаныы.
Тыла: күөгэл-нусхал!
Сулуһа: Эҥээр Сулус.
Бухатыыра: Сүүлэлдьин Боотур; куота: Үкэйдээн Куо.
Мала: дьалбыыр
Тыаһа: чуораан.
Үүнээйитэ: хатыҥ.
Көтөрө: куба.
Кыыла: туртас.
Аһа: саламаат.
Киһи туох эмэ куһаҕаҥҥа түбэһэригэр итини этэр бэлиэ баар буолар. Кини итини кыайан аахайбакка куҕаҥҥа киирэн биэрэр. Итиннэ сыһыаннаан икки көрүү баар:
– Киһи Иэйэхсит этиитин тутуһа сылдьыыта.
– Киһи Иэйэхсит этэрин истибэт буолуута.
Мэлдьи холку киһи барытын сөпкө көрө сылдьар. Итинник киһи кыра да уларыйыыны билэр. Онно бэлэм буолар. Итинник киһини Иэйэхситтээх дииллэр.
Куһаҕан дьылҕа диэн Иэйэхсит этиитин истибэт буолуу. Итиннэ мэһэйдээччинэн кир, сыыһа, аньыы, эмэгэт былыта буолар. Кинилэр мэһэйдээннэр киһи көрөрүн бүөлээннэр көрбөт буолан хаалар, истэрин истибэт буолан хаалар.
Иэйэхсит – иккис айыы халлаанын таҥарата, Үрүҥ Айыы Тойон кыыһа, иччилэргэ барыларыгар эдьиий. Кини сэттэ дьүһүннээх: 1) Аан Иэйэхсит, 2) Иһэгэй Иэйэхсит, 3) Күн Иэйэхсит, 4) Мичил Иэйэхсит, 5) Налыгыр Иэйэхсит, 6) Күөгэл Иэйэхсит,7) Эдьэн Иэйэхсит.
Аан Иэйэхсит – сэттэ Иэйэхситтэн бастакылара, Иэйэхсит суолун айаҕар ыал буолан олорор, киһи киинин туһунан баар киэли бастакы түмүгүн арыйар, айылҕалыын ситимнэһэр дьоҕуру биэрэр.
Иһэгэй Иэйэхсит – иккис халлаан иккис ыала. Бу ыалга сылдьыбыт киһи айылҕаны харыстыыр дьоҕуру биэрэр. Бу айыы биир өттүнэн ынах сүөһү таҥаратын быһыытынан ааҕыллар.
Айылҕа алгыһа.
Иһэгэй Иэйэхсит
Бэттэх көрөн
Мичик гын!
Күөгэл-нусхал!
Киһи от-мас
Сүрэ сүрдээх.
Салгын иччитэ
Тыыммын уһат.
Уу иччитэ
Испин-үөспүн өҥсүт.
Сир иччитэ
Эппин-сииммин эрчимнээ.
Тыа иччитэ
Уҥуохпун-иҥиэхпин кытаатыннар.
Уот иччитэ
Уохта-күүстэ биэр.
Сири бааһырдымыым,
Оту-маһы алдьатымыым,
Ууну киртитимиим,
Тыынар-тыыннааҕы харыстыым,
От-мас иччитэ оҕолор
Уруйу суруйдуннар,
Күн өттүнэн сылдьыым,
Күөх отунан хаамыым.
Дом!
Күн Иэйэхсит – иккис халлаан үһүс ыала: бу ыалга сылдьыбыт киһиэхэ кутун харыстанар дьоҕур уһуктар.
Күөгэл Иэйэхсит – иккис халлаан алтыс ыала: бу ыалга сылдьыбыт киһиэхэ бэйэ былытын харыстыыр дьоҕур уһуктар. Күөгэл-нусхал – Иэйэхсити хайыһыннарар тыл. Бу тылы этэн киһи Иэйэхсити кытта ситимнэһэр. Күөгэл-нусхал – туом оҥорорго бэйэни бэлэмниир тыл. Бу тылы этэргэ 33 хабылык ууруллар. Киһи ити хабылыктары сыҕарыта-сыҕарыта этэр. Ол аайы улам уоскуйан, холкутуйан иһиэхтээх.
Чэпчиир алгыс
Күөгэл Иэйэхсит,
Бэттэх көрөн
Мичик гын,
Күөгэл-нусхал!
Өйүм-санаам
Үрүҥ былыт буолан
Үөһэттэн туттардын.
Куһаҕан санаа
Хоммотун,
Ыарахан санаа
Ыалласпатын,
Төттөрү санаа үөрдүспэтин,
Туора санаа булбатын,
Сырдыкка талаһыым,
Киэҥҥэ тахсыым,
Быһа этиилэри
Бысталаан иһиим,
Кырыыс тыллары
Кыйдаан иһиим,
Сыта сыҥсаар буолумуум,
Хоно хооҥсоор буолумуум,
Дьэллэм өттүнэн сылдьыым,
Сайда өттүн тутуһуум,
Ат үрдугэр буолуум,
Дом!
Эдьэн Иэйэхсит – иккис халлаан сэттис ыала: бу халлааҥҥа сылдьыбыт киһи чөл буолар дьоҕурданар. Санскрит тылыттан Ааджан – төрөө (Эдьэн Иэйэхсит).
Эдьэн Иэйэхсиккэ алгыс
Эдьэн Иэйэхсит эдьиийбит
Үчүгэйи санаарыый биһиэхэ:
Орто туруу бараан дойду
Ото-маһа торолуйдун,
Күөгэйэр күөх от үктэлээх
Күн-дьыл эргийдин,
Үрэх-үрэх барыта
Өлгөмнүк өрө үүннүн,
Алаас-алаас барыта
Ача күөҕүнэн
Аҥаатта хамсаатын.
Босхо бастаах
Бороҥ урааҥхай
Кыһалҕалаах дьылҕаҕа кыпчыттаран
Эрэйи-муҥу билбэтин,
Дэлэй-былай олохтоннун.
Эһиилги сылга
Этэҥҥэ үктэннин.
Эдьэн Иэйэхсит эдьиийбит
Хара ынаҕы ханыылаа,
Эриэн ынаҕы элбэт,
Күрэҥ күрдьүгэһи үксэт,
Хоноҕор муостааҕы холбоо.
Ичигэс-куйаас кэмнэргэр
Илгэлээх ардахпыт ибиирдин,
Иитимньибитин эһимэ.
Буһурук куйаас кэмнэргэр
Быйаҥнаах самыырбыт сайдын,
Былабытын быһыма.
Үрүҥ илгэбит үүннүн,
Араҕас илгэбит таһымнаатын.
Ити курдук бука бары
Илии-илииттэн ылсан туран
Үрдүк айыыларбыт ааттарыттан
Үрүк-түрүк олордун диэн
Сүһүөхтээх бэйэбит сүгүрүйэбит,
Хаалдьыктаах бэйэбит хаҥкыйабыт.
Иэйэхсит киэлитэ – 2-с киэли, киһи киинигэр сөп түбэһэр, манна мустубут сүр киһи чэгиэн буоларын хааччыйар. Бу киэли 7 түмүктээх, түмүктэр төһө сөллөллөр да соччонон чэгиэн буолар дьоҕур улаатар.
Иэйэхсит суола – айыы 2-с халлааныгар олорор сэттэ Иэйэхсити холбуур суол. Бу суолу барытын ааспыт киһи толору Иэйэхситтэнэр.
Иэйэхсит сыла – кыра мөһүлгэ 11-с сыла, 2001 сылтан саҕаланар, 12-лии сыл буола-буола хатыланар. Иэйэхсиккэ (айылҕаҕа, доруобуйаҕа) болҕомто ууруллар. Эйгэлэрэ: сүөсүһүт, айылҕа, чөл буолуу.
Иэйэхсит ыһыаҕа – Иэйэхсит сылын саҕалыыр ыһыах, 2 дабатыылаах, айылҕаҕа уонна доруобуйаҕа болҕомто ууруллар.
Дьэргэстэй ыһыаҕа – манна ыһыах сайын ортотун саҕана тэриллэр. Биэ үүтэ, ынах үүтэ мунньуллубутун кэннэ. Дьон сололоохторугар. От үлэтин иннинэ. Иэйэхсит ийэ биэрбит быйаҥын хомуйарга өйү-санааны чэбдигирдэр, күүһү-уоҕу мунньунар көр диэн буолар.
Ойуунускай, Иэйэхсит сиэрин-туомун билбэт ойуун үтүө-сырдык айыыларга кыайан тахсыбат уонна кинилэргэ кыайан таппат. Ол иһин, бу ойуун, ыһыахтары кыайан ыыппат диир. Ыһыаҕы, сайын кэлиитин, сүөһү уонна төрдү-төбөнү төрүттээччи ийэ-удаҕан бырааһынньыгынан сыаналыыр.
|
Category: Айыы үөрэҕэ |
Views: 138 |
Added by: uhhan1
|
|
|
Ааҕыылар |
Баар бары (online): 1 Ыалдьыттар (гостей): 1 Кыттааччылар (пользователей): 0 |
|