Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [225]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [670]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [379]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [100]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [240]
Тюрки [76]
Саха [155]
литература [42]
здоровье [466]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [123]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2024 » Ахсынньы » 31 » Иэйэхсит сыла 2
Иэйэхсит сыла 2
09:38
                                                                                                                                                                                                                      Иэйэхсит сыла

Иэйэхсит алгыһа

Күөгэл-нусхал, күөгэл-нусхал, күөгэл-нусхал
Уйгуну оҥорооччу,
Илгэни биэрээччи,
Ойуулаах от-мас төрдө,
Хамсыыр-харамай ийэтэ,
Амарах санаалаах,
Аһыныгас сүрэхтээх,
Атаҕар алгыстаах,
Илиитигэр эҕэрдэлээх,
Күүгэннээх хоннохтоох,
Көлөһүннээх сүүстээх,
Эбирдээх муруннаах,
Иһэгэйдээх ытыстаах,
Биири биэс гынар,
Биэһи биэс уон гынар
Күн Иэйэхсит Ийэ Хотун,
Бэттэх көрөн
Мичик гын!
Дом!
Иэйэхсит ыһыаҕа айылҕаны чэлгитэргэ аналлаах.
Олоҥхо бырамана,
Эллэй Боотур үтүмэнэ,
Нуучча кэмэ,
Дьөһөгөй мөһүлгэтэ,
Иэйэхсит сыла буолла,
Уһун ураҕас үүрбэлэниҥ,
Кэтит сэтии тухары кэскиллэниҥ,
Толору араҕас быйаҥнаныҥ,
Уолбат дириҥ ойбоннонуҥ,
Аан айылҕа иччитэ бэттэх хайыстын,
Тоҕус саастаах атыыр оҕус айаатаатын,
Аҕыс саастаах атыыр сылгы иҥэрсийдин,
Үөл талах курдук үүнэн иһиэҕиҥ.
Күлүм-мичил! Күлүм-мичил! Күлум-мичил!
Бастакы алгыс

Унаар сайын түстэ,
Кэрэ кэм үүннэ,
Күөх сайын көһүннэ.
Үүт-аас бэйэкэлээх,
Үүт таас олбохтоох,
Үкээр куйаас тыыннаах
Үрүҥ Айыы Тойон
Айыы Суола буолан арылынна,
Күн суола буолан көһүннэ,
От-мас сүрэ,
Кыыл-сүөл кута,
Оҕо кута бөҕө кутулла турар
Кэмэ тосхойдо.

Быйылгы дьыл
Ол, эбэтэр,
Үрдүкү халлааҥҥа олохтоох,
Үкээр куйаас тыыннаах
Үрүҥ Айыы Тойон
Иэйэхсит Хотун буолан көһүннэ.

Иккис халааҥҥа дабайыы алгыһа

 1. Чуо – чуо!
Ураанньыктаах аппын миинэммиэн
Уһун дураара хонуу устун
Уунаҥнатан иһэбин,
Ыалы тэрийээччи,
Урууну оҥорооччу,
Биири биэс гынар,
Биэһи биэс уон гынар,
Айыыһат Хотуҥҥа сылдьан
Уол оҕо кутун
Уҥа хоннохпор кыбынным,
Кыыс оҕо кутун ылан
Хаҥас хоннохпор кыбынным,
Маннык күндү кэһиллээх
Мандар хонуу устунан
Бытыгыратан иһэбин,
Сабыдыал маҥан халлаан
Сараадыйан түһэр сиринэн
Сайгылдьытан иһэбин.

2. Чуо-чуо!
Саадьаҕай аппын миинннэмин
Сандаарар халлаан аннынан
Сайгылдьытан иһэбин.
Быйаҥы биэрээччи,
Уйгуну олохтооччу,
Үүнүүнү төрүттээччи,
Иэйэхсит Хотуҥҥа сылдьан
От-мас сүрүн,
Сүөһү кутун ылан
Иһэгэйгэ иҥэрэн
Илдьэ кэлэн иһэбин,
Иэйэхситтээх хонууларынан,
Хоннохтооох тумулларынан,
Сыалаах сыһыыларынан
Айаннаан астанаран,
Үөһээ дойду диэки
Өрө көтөҕулүннүм.

Иэйэхсит халлаанын устун сылдьыы.

1. Киин сирим устун
Киирэн истим,
Төрүт дойдум устун
Түһэн-тахсан истим.
Күлүм-мичил! Күлүм-мичил! Күлүм-мичил!

2. Уотум иччитэ көмөлөс,
Уум иччитэ испин-үөспүн өҥсүт,
Тыам иччитэ мичик гын,
Тыал иччитэ
Оту-маһы дьалбый.
Күлүм-мичил! Күлүм-мичил! Күлүм-мичил!

3. Ийэ кутум иҥэрий,
Салгын кутум бииргэ буола,
Буор кутум буҕатый,
Сүргэм үрдүк буоллун.
Күлүм-мичил! Күлүм-мичил! Күлүм-мичил!

4. Мичил Иэйэхситим
Бииргэ буол,
Үс күлүгүм үрэллибэтин,
Уруккуну умнумуум,
Билиҥҥилиин бииргэ буолуум, Сарсыҥҥылыын баалла сылдьыым.
Күлүм-мичил! Күлүм-мичил! Күлүм-мичил!

5. Налыгыр Иэйэхситим,
Сытыары майгылаа
Үрүҥ тыыҥҥын түһэрэн
Үрүҥ көмүс күрүөлээ,
Быстах былаҕай булбатын,
Хооҥсоор хоммотун,
Сыҥсаар сыстыбатын.
Күлүм-мичил! Күлүм-мичил! Күлүм-мичил!
Бу иккис халлааҥҥа тураммын Үрүҥ Айыы Тойоҥҥо хайыһан
Куту-сүру көрдөстөҕүм буоллун.
63 тоһоҕо алгыстартан
Иэйэхсит:
– Иһиҥ иҥэрсийдин.
– Таһыҥ дьалкыйдын.
– Кутуҥ куоппатын.
– Үс бараа хара күлүктэн.
– Күрүөҥ бөҕө буоллун.
– Былытыҥ үөһэ таҕыстын.
– Чөл буол.

Иэйэхсит (айылҕа таҥарата)
– Иэйэхсити олордуу – ыам ыйын саҥатыгар оҥоһуллар сүрүн туом.
Иэйэхсиккэ анаан алгыс этиллэр. Сүрү Иэйэхсит киэлитигэр мунньуллар.
Айылҕаҕа, ытык сирдэргэ болҕомто ууруллар. Бу кэнниттэн ыам ыйынааҕы туомнар оҥоһуллаллар.
Иэйэхсит бары иччилэр ийэлэринэн биллэр. Иэйэхсити бэлиэтиир ый ыам ыйа буолар.

Ыам ыйын 28 күнүгэр этэр алгыс
Иэйэхситтээх хонууларынан,
Хоһонноох тумулларынан,
Сыалаах сыһыыларынан
Сылгылдьытан иһэбин,
Ойуу-бичик оҕолор
От быыһынан сырыстылар,
Уруй бөҕө буолла,
Эрэкэ-дьэрэкэ оҕолор
Сэбирдэх быыһынан сүүрдүлэр,
Эҕэрдэ бөҕө эргийдэ,
Үктэннэрбит сирбиттэн
Үүнүү бөҕө үттүн,
Тэбиннэрбит сирбиттэн
Чэчир бөҕө таҕыстын,
Бараммат баай барҕардын,
Тохтубат уйгу олохсуйдун.

Ыам ыйын 29 күнүнээҕи алгыс.
Саадьаҕай аппын мииннэммин
Сандаарар халлаан аннынан
Сайгылдьытан иһэбин.
Иэйэхсит
Эҕэрдэтин тарҕатабын,
Аан Алахчын
Алгыһын аҕалабын,
Түү мээчиги тамныыбын,
Иһэгэйи тула ыһабын,
Хонууларга холбоон кэбиһэбин,
Сыһыыларга сыһыаран кэбиһэбин,
Һат-һат
Диэтэҕим буоллун,
Һай-һай
Диэтэҕим буоллун,
Күөх түһэн
Көхсүбүт кэҥиэҕэ,
Сылаас дьайан
Тыыммыт уһуоҕа,
Өрө көрөр,
Үрдүк айыылары саныыр,
Үөрүүлээх күммүт
Үүннэҕэ буоллун.
Салгын иччилэрэ
Салгын иччилэрэ, сахалар саныылларынан, түөртэр. Анал ааттара суох. Кинилэри көнө хайысханан олороллор дииллэр. Ол иһин маннык ааттыыбыт:
– Илиҥҥи тыал иччитэ.
– Соҕууҥҥу тыал иччитэ.
– Арҕааҥҥы тыал иччитэ.
– Хотугу тыал иччитэ.
Кинилэр хайдах дьүһүннээхтэрэ кэпсэммэт. Биһиги кинилэри Иэйэхсит оҕолорун быһыытынан билинэбит.
Тыал иччилэригэр уопсай алгыс.
Салгыны салгылатар,
Оту-маһы дьалбыйар,
Сири-буору ыраастыыр,
Үрүҥ Айыы Тойон
Үрүҥ тыынын аҕалааччы,
Иэйэхсит хотун
Эҕэрдэтин түһэрээччи
Тыал иччилэрэ.
Иэйэхсит киһини кутталтан харыстыыр. Ол иһин киһиэхэ үтүөнү баҕаран ити тылы этэллэр. Кини санаата бигэ туруктанар. Быстахтарга киириэм, сыыһа-халты гыныам диэн куттаммат буолар.
Тоҥ Суорун алгыһа:
Иэйэхситтэрим,
Үрдээн үүнэн тахсар
Үрүҥ маҥан күнүм
Үрүҥ Айыы Тойон буолан
Орто туруу баран дойду
Оҥоһуллан үөскүүр күнүгэр
Үүнэр от-мас төлкөтө диэн,
Үөскүүр сүөһү үйэтин туһа диэн
Уҥа өттүгэр
Тоҕус субан туруйа курдук
Уолан уол доҕуһуолланан,
Хаҥас өттүгэр
Сэттэ тыһы кыталык курдук
Кыыс сэнньэлгэлэнэн түһэн
«Бу орто туруу баран
Дьалкыһыйар уулаах,
Күөгэйэр күөх от үктэллээх,
Көр дьаҕыл дойду
Тэлээгэлии эргичийэн,
Көлүөһэлии күөрчэхтэнэн
Төгүрүйэн,
Түһүрүйэн үөскээбит
Түһүмэллэх түһүү маҥан дойду
Төлкөтө барахсан
Үйэттэн үйэҕэ үрэллибэтин!» – диэн
Төлкөлөөн өрө көппүтэ.
Биллэн турар, ыһыах алгысчыта бу алгыстары бэйэтэ ситэрэн-хоторон биэрэр кыахтаах. Ол эрэн, Айыы Үөрэҕин тосхолуттан уонна ыһыах ыытыытын сиһилии бэриллибит хаамыытыттан (холобура, сэргэни уулатыы, аман өс, соҕуоллатыы, от төгүлүн, дьон төгүлүн биэрии уо. д.а. элбэх өрүттэринтэн) тахсыа суохтаах.
Дабайыылаах ыһыах алгыһа сыл аайы атын-атын. 12 эрэ сыл буолан баран хатыланар. Билигин сыл аайы биири этэллэр. Ыһыах алгыһын истиини оччоҕо дьон сыаналаабат буолар. Итинтэн сылтаан ыһыах барыта суолтата түһэр. Онтон 12 ыһыах аан дойдуга киэҥник тарҕаммыт мөһүлгэ киэбинэн барар. Бэйэтин төрдө тоҕус айыы халлааныгар дабайыы суолталаах. Онон былыргы ыһыаҕы маарынныыр өрүттээх.
Айылҕаны итэҕэйии түҥ былыр сайдыбыта. Ити кэм айылҕаны тыыннаан өйдөөһүн диэн ааттанар. Быһа холоон 70-40 тыһыынча сыл диэхпитин сөп. Онтон Эллэй соҕурууттан кэлиитэ 1000 кэриҥэ сыллааҕы. Ынахха сүгүрүйүү 5-3 тыһыынча сыллаах буолуо. Онон, Иэйэхсит туомнара 70 тыһыынча сылтан 100 сылга диэри кэми хабаллар.

Ытык сир – саха биир эйгэтэ, Иэйэхсит сылыгар, ыйыгар (ыам ыйыгар) сөп түбэһэр. Ытык сирдэргэ аналлаах. Ытык сирдэргэ алгыс – ыам ыйын 22 күнүттэн бэс ыйын 12 күнүгэр диэри ытык сирдэргэ сылдьан алгыс этиллэр, салама ыйанар. Ытык сирдэр туомнара – ытык сирдэргэ аналлаах туомнар: 1) ытык мас алгыһа, 2) ыһыахтыыр сир алгыһа, 3) төрүттэр сирдэригэр алгыс, 4) тапталлаах сиргэ алгыс, 5) Ынахсыкка алгыс, 6) Дьөһөгөйгө алгыс, 7) аартык алгыһа, 9) кэрэх алгыһа, 10) Айыы Дьиэтин алгыһа.
– Иэйэхсити чугаһатыы (ыйынан туом). Иэйэхсити чугаһатыы ыам ыйын 22 күнүгэр диэри оҥоһуллар. Ыйдааҕы туомҥа киирэр. Иэйэхсит оту-маһы үүннэрэр таҥара. Кини кэлбитигэр үөрэн алгыс этэбит. Оттон дьону күөх сэбирдэхтээх талаҕынан дьалбыйыы оҥоһуллар. Бу барыта сааскы ыраастаныы биир көрүҥэ буолар.
– Ойуу-бичик оҕолор күннэрэ – саҥ тардыытын туома: ыам ыйын 22 күнүгэр (сайын кэлэр күнүгэр) оҥоһуллар, 7 саастаах оҕолорго аналлаах. Оҕолор айылҕалыын билсэллэр.
– 7 саас. Эрэкэ-дьэрэкэ оҕо ыһыаҕа. Ыам ыйын 22 күнүгэр эбэтэр кэпсэтии быһыытынан атын да кэмҥэ ыытыллар. Күннээҕи туомҥа киирэр. Сэттэлэрин туолаары сылдьар эбэтэр сэттэлэрин туолбут оҕолор мусталлар. Кинилэр төрөөппүттэрэ кэлэллэр. Илинэн арҕаа диэки хайысханан үс түптэ иитиллэр. Оҕолор устуруойдаан тураллар. Алгысчыты батыһа хаамаллар. Алгысчыт маҥнайгы түптэҕэ тиийэн сайын туһунан алгыс этэр. Ол кэниттэн «Чээл мыраан» диэн ыллыы-ылыы түптэни күн өттүнэн эргийэр. Оҕолор батыһан иһэллэр. Иккис түптэҕэ тиийэн сайыҥҥы саммыыр туһунан алгыс этэр. Эмиэ ыллыы-ылыы түптэни эргийэр. Үһүс түптэҕэ тиийэн эмиэ алгыс этэр, онтон түптэни ыллыы-ыллыы эргийэр. Оҕолор барытын үтүктэн иһэллэр. Үс түптэни ааһан баран төгүрүччү тураллар. Биир оҕо миискэҕэ килиэп бытарыйбытын тутар. Оҕолор «Чэ!» диэн хамаанда кэнниттэн ити миискэттэн ытыс кээмэйдээх килиэп бытархайын ылаллар. Уонна сүүрбэччэ хаамыы сүүрээн баран килиэп бытархайын сиргэ ыһан кэбиһэллэр. Ити аата сири-дойудуну аһатар быһыылара. Туом итинэн бүтэр.
Күөх Хонуу
Күөх Хонууга былыр булгунньах турбута. Онно эмиэ былыргы үгэһинэн дорҕоон табык туруорбуттара. Дорҕоон табык диэн аҕыс кырыылаах ампаар. Ону хас да оҕус эбэтэр сылгы тириитинэн бүрүйэллэр. Үс киһи улахан сүллүгэстээхтэр. Онон охсон тыас таһаараллар.

Күөх Хонуу былыргыттан биир саамай элбэхтик оттуур сирдэрэ этэ. Суйгулла сүөһүтэ үксэ Күөх Хонууттан отунан хааччыллара. Ол да иһин Күөх Хонуу диэн ааттаатахтара. Саас ыам ыйын бүтүүтүн саҕана дорҕоон табыктарын охсон табыыгырыталлара. Уопсайынан Туймаада хочотугар элбэх сиргэ дорҕоон табыктар тыаһыыллара. Ити хайдах эрэ этиҥ этэрин маарынныыра. Табыгы охсон дьон сир иччилэрэ – Эрэкэ-Дьэрэкэ оҕолору уһугуннарбыт курдук саныыллара. Сир иччилэрин оҕолоро Эрэкэ-Дьэрэкэ оҕолор кыһын сиргэ киирэн утуйан хаалаллар. Олору саас уһугуннарыахха наада.
Оҕолор уһуктан сир кырсыгар тахсаллар. Сүрдээх кыралар. Онон харахха көстүбэттэр. Ол гынан олус быһыйдар. Киһи оту-маһы көрдөҕүнэ дьиримниир курдук гынар. Ону Эрэкэ-Дьэрэкэ оҕолор сырсаллар дииллэр. Чуолаан кинилэр тыыннарыттан от-мас көҕөрөн тахсар. Дьэ, ол иһин табыгы охсоллор.
Маны таһынан Булгунньах таһа өссө биир ураты суолталааҕа. Күөх Хонуу халаан кэмигэр ууга барара. Булгунньаҕы көрөн дьон уу төһө кэлбитин билэллэрэ. Дьон уу кэлиитин кытта Эрэкэ-дьэрэкэ оҕолору кытта бииргэ өйдүүллэр.

– Чөл – саха олоҕун биир эйгэтэ: Иэйэхсит сылыгар, ыйыгар (ыам ыйыгар) сөп түбэһэр. Айылҕаны харыстыырга, доруобуйаны көрүнэргэ аналлаах.
– Чөл буолуу – айыы 14-с өйдөбүлэ: киһи эт-сиин, өй-санаа уонна кут-сүр өттүнэн чэгиэн буолуута.
Аан Иэйэхсит сүрүн туома салама ыйааһын диэн.
Аан Алахчын – дойду иччитэ, Иэйэхсит кыыһа, айылҕа иччилэрин эдьиийдэрэ, от-мас иччилэрэ Ойуу-Бичик диэн оҕолордоох, ханнык эмэ баай маска, үксүгэр хатыҥҥа, олорор дэнэр. Киниэхэ анаан салама ыйыыллар.

Аан Алахчыны олордуу – от ыйын саҥатыгар буолар сүрүн туом. Аан Алахчыҥҥа анаан алгыс этиллэр. Бу кэмтэн киһи Иэйэхситин киэлитигэр сүрү мунньар, от ыйынааҕы туомнар оҥоһуллаллар.

1. Маска салама ыйааһын. Саас биир эбэтэр хас да хатыҥ икки ардыгар салама ыйанар.
Дойду иччитэ аас баттахтаах дьахтар баай хатыҥҥа олорор (итинник баай хатыҥы булан салама ыйаныллар).
Сайылык ыалын дьахталлара мустан салама ыйааһына диэн буолара. Хас биирдии ыал дьахталлара биирдии уһун саламалаахтар. Онтукалара сылгы сиэллээх өрбөх сыыстаах, туос ынах уонна сылгы сүөһүнү кырыйан симииллэр. Икки суон хатыҥ икки ардыгар ыйыыллар.
2. Ууга салама тардыы. Сэттэ мас анньыллар. Ол мастар бастакылара ууга тиийэр буолар. Ити мастар устун салама тардыллар. Сэттэ мас баарын иһин сэттэ төгүл алгыс этиллэр. Бүтэһик алгыһы этэн баран ууга ас бэриллэр.
Ойуун кумахха сэттэ титириги анньар. Бутэһик титирик ууга тиийэн турар буолар. Сэттэ саһааннаах ситии тардаллар. Титириктэр икки ардыларыгар куобах тириитин, көтөр куорсунун ыйыыллар. Саамай ууга тиийэр уһукка чороонноох кымыс турар. Ойуун ити кымыһынан ууну аһатар. Уу иччитин кытта кэпсэтэр.

3. Ууга үүт кутуу. Ууну аһатыы көрүҥэ элбэх. Олортон биир киэҥник биллибиттэрэ ууга үүт кутуу буолар. Сэбиэскэй кэмҥэ маны баайдар эрэ оҥорор, кинилэр акаарыларын күлэр тиэмэлэрэ этэ.
Былыр аҥаардас сылгынан байбыт Эчиэһэй диэн киһи олорбут. Үүт көлүйэ буллун диэн биэлэрин ыата-ыата көлүйэҕэ куттарар эбит.
Омоҕой Баай билигин Покровскай сиригэр турар кыра күөлгэ Ыаҕа Бас диэн биэтинин ыатан үүт куттарбыт.
Булчут
Булчут төрдө Иэйэхсит буолар. Оттон орто дойдуга кини уола Байанай. Кини бэрт  элбэх байанайдары бас билэр. Бу киниттэн саҕалаан булчуттар үөскээбиттэр.
Байанайы олордуу – сэтинньи ый саҥатыгар оҥоһуллар сүрүн туом, Байанайга анаан алгыс этиллэр, Иэйэхсит киэлитигэр сүрү мунньуллар, аска-үөлгэ болҕомто ууруллар. Иэйэхсит халлаанын өйдөбүллэрэ ааҕыллар. Бу кэмтэн сэтинньи ыйдааҕы туомнар оҥоһуллаллар.
Байанай ыһыаҕа – Байанай сылын саҕаланыытыгар оҥоһуллар ыһыах. Айылҕаны, кыылы-сүөлү харыстыыр өйү-санааны биэрэр. Онон Дабатыыта Иэйэхсиккэ курдук оҥоһуллар.
Байанайыҥ күүстээх иччилэр ахсааннарыгар киирсэр. Ол иһин, туомҥа Иэйэхсиккэ эмиэ хайыһаллар. Ыам ыйынааҕы Иэйэхсит Хотун туомугар кини оҕолоругар Аан Алахчыҥҥа уонна Байанайга эмиэ хайыһаллар. Туомҥа «харчы туос» уматаллар, баайы-дьолуону тардаллар. Булчуттарга анаан туомнары оҥороллор, сааларыгар-саадахтарыгар байанайы иҥэрэллэр.
Саха биир хаачыстыбата  булчут буолар. Бу хаачыстыба бииринэн бойобуой үгэс салгыыта буолар. Сонордооһун, айылҕаҕа сатаан сылдьыы, утуйбаты, аччыктыыры тулуйуу – булчут идэтин төрдө. Ол иһин  булчут буоларга оҕону ыытыы оҕону уһуйааҥҥа иитии биир туһаайыы буолар. Бу хамсааһын хайа эрэ өттүнэн бойскаут хамсааһынын маарынныыр. Ол иһин даҕаны сахалары сэрии хонуутугар үчүгэй саллаатар диир буолуохтаахтар.
7 саастаах оҕону айылҕаҕа тахсыбыт оҕо быһыытынан ааҕаллар. Туом «Иэйэхсиккэ сыһыарыы» диэн аатанар. Оҕоҕо үс тыл этиллэр: чыычааҕы тыытыма, сибэккини үргээмэ, мас төбөтүн тоһутума. Бэлиэтиир кэм – ыам ыйа.

Иччилэр Үрүҥ Айыы Тойон көмөлөһөөчүлэригэр киирэр эбиттэр. Айыылар бастакы көмөлөөһөөччүлэрэ буолаллар. Онтон иччилэр иккис көмөлөһөөччүлэр. Айыылартан үс айыы иччилэрдээх:

– Иэйэхсит – айылҕа иччилэрин биэрэр.
– Дьөһөгөй – киһи иччилэрин биэрэр.
– Улуу Суорун Кытай Бахсы – ууһу биэрэр.
Онтон атын айыылар биирдиилээн иччини биэрэллэр.
– Хотой Айыы – хотойу.
– Улуу Суорун – суору.
– Аан Дьаанын – этиҥи.

 
Category: Айыы үөрэҕэ | Views: 124 | Added by: uhhan1
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  Ахсынньы 2024  »
БнОпСэЧпБтСбБс
      1
2345678
9101112131415
16171819202122
23242526272829
3031
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 1
Ыалдьыттар (гостей): 1
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2025