News topics |
Политика.Митинги. Пикеты. Партии
[900]
|
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения
[263]
|
Суд-закон.МВД.Криминал
[1280]
|
Право, закон
[323]
|
Экономика и СЭР
[839]
|
Власть Правительство Ил Тумэн
[1207]
|
Мэрия, районы, муниципалитеты
[400]
|
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО
[215]
|
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка
[555]
|
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги
[155]
|
Коррупция
[862]
|
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство
[291]
|
Социалка, пенсия, жилье
[277]
|
ЖКХ, строительство
[132]
|
Образование и наука. Школа. Детсад
[215]
|
Люди. Человек. Народ. Общество
[225]
|
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет.
[670]
|
Алмазы Анабара
[161]
http://alanab.ykt.ru//
|
Земля. Недра
[240]
|
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода
[379]
|
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ
[158]
|
Промышленность
[43]
|
Нефтегаз
[284]
|
Нац. вопрос
[284]
|
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации
[65]
|
Дьикти. О невероятном
[183]
|
Выборы
[661]
|
Айыы үөрэҕэ
[100]
|
Хоһооннор
[5]
|
Ырыа-тойук
[23]
|
Ыһыах, олоҥхо
[102]
|
Култуура, итэҕэл, искусство
[365]
|
История, философия
[240]
|
Тюрки
[76]
|
Саха
[155]
|
литература
[42]
|
здоровье
[466]
|
Юмор, сатира, критика
[14]
|
Реклама
[7]
|
Спорт
[123]
|
В мире
[86]
|
Слухи
[25]
|
Эрнст Березкин
[88]
|
Моё дело
[109]
|
Геннадий Федоров
[11]
|
BingHan
[4]
|
|
|
Main » 2024 » Ахсынньы » 31 » Иэйиэхсит сыла 3
Иэйиэхсит сыла 3 | 09:48 |
Иэйиэхсит сыла 3
Сахаҕа Сүөсүһүт төрдүнэн Иэйэхсит буолар, кини кыргыттара Ынахсыт уонна Ньаадьы Ньаҥха орто дойдуга түспүттэр
Хотоҥно олохсуйан ынах сүөһүҥү мэччэрэҥҥэ тиийэ харыстыыллар. Ынахсыттан саҕалаан сүөсүһүттэр баар буолбуттар. Онон, Иэйэхсиппит тыа хаһаайыстыбатыгар эмиэ оруоллаах буолан тахсар.
Саха ынах сүөһү төрдүнэн Хотугу Ытык Хайа ааттанар. Мантан бастаан ынах сүөһүнү – торбостоох ынаҕы булан ииппиттэр эбит. Г.П. Башарин этэринэн, урут саха сылгыта элбэх эбит. Кэлин ынах сүөһүтэ элбээбит. Билигин саха төрдө да сылгыһыт курдук көһүннэр тыатын хаһаайыстыбата ынах сүөһүгэ тирэнэр. Сиэр-туом үксэ ынах сүөһүнү иитиигэ аналлаах. Хотон сүөһүтүн төрдө Ынахсыт буолар. Сэһэн Боло суруйарынан Соҕурууҥҥу Ытык Хайа диэки үс ытык харыйа үүнэн турар эбиттэр. Онно Иэйэхсит олороро үһү.
Омоҕой Баай ыраах бүрээт омук сиригэр олорор кэмигэр ойуун кыыран Соҕорууҥу Ытык Хайаҕа үс харыйа үүнэн турарын көрбүт. Онно сир иччилэрэ оҕонньордоох-эмээхсин олорор эбиттэр. Кинилэр “Иэйэхситтээх сиргэ кэлэн ким эрэ олохсуйуҥ эрэ”, диэбиттэр. Маны истэн Омоҕой баай дьонун илдьэ көһөн халар. Маҥай Бүлүүгэ тиийэ сылдьыбыт. Онтон өрүһү таҥнары-өрө устан Туймаадаҕа кэлэн Киллэмҥэ олохсуйар. Үс сыл буолан баран Өлүөнэни таҥнары устан Эллэй Боотур тийэн кэлэр. Кини болуотун иинигэр Иэйэхситэ маҥан биэ буолан арыаллыыр.
Саха култууратын ылан көрдөххө, ынах сүөһүнү көрүү саха үчүгэй тимирдээх уонна сылгылаах буолан сайдыбыт. Билигин дьиҥнээх саха ынаҕа Эбээн-Бытантай улууһугар эрэ ордон хаалбыт. Онтон атын сүөһү сэнтимэнтээн боруоданан солбуллубут. Ити эрэ буолбатах. Ынах сүөһүнү көрүүнү бигэргэтэр элбэх сиэрдэр – туомнар умнуллан тураллар.
Билигин саха эйгэтин төрдө тыа сирэ (сүөһүнү иитии итиннэ киирэр) диэн өй-санаа киэҥник тарҕатыллар. Айыы Үөрэҕэ эмиэ бу өйү-санааны өйүүр. Манна киһи, сүөһү, айылҕа ситимин төрдө этиллэр. Саха сирэ, уопсайынан, сүөһүнү иитиигэ табыгаһа суох сиргэ олорор. Онон сүөһүнү иитии инникитин да барыыһа суох дьыаланан хаалыа. Бу усулуобуйаҕа өрөспүүбүлүкэ сүөһүнү иитиигэ эбии мэлдьи эбии үбү уктаҕына сатанара буолуо. Иккис өттүнэн, сүөһүнү иитии духуобунай төрүттэрэ улаханнык хаалан тураллар. Ону сөргүтүүгэ биһиги үлэлиир кыахтаахпыт. Инньэ гынан ынах сүөһү иитиитин өрө тардан уһун кэмҥэ бу санаа саха норуотун төрдө буоларын харыстыахпытын сөп.
Билигин ынах сүөһүнү харайыыга болҕомто ууруллуохтаах, ол биир төрүтэ сүөһүгэ сыһыаннаах туомнары төннөрүү буолар.
1. Кыһыҥҥы алгыс.
2. Моһол оҥоруу.
3. Туҥуй ынах алгыһа.
4. Хотону сааскы аһатыы.
5. Титииги аһатыы.
6. Атыыр оҕус алгыһа.
7. Ынах алгыһа.
8. Ходуһа алгыһа.
9. Идэһэ алгыһа.
Бу туомнары көрдөхпүтүнэ төгүрүк сылы барытын кэриэтэ хабар. Ынах сүөһүнү иитиигэ аналлаах туомнар киириэхтээхтэр. Саха өйдүүрүнэн ынах сүөһү төрдө уу. Онон киһи, сүөһү, айылҕа ситимэ диэн баар. Билиҥҥи кэмҥэ ордук суолтаны киһиэхэ уонна айылҕаҕа уурабыт. Бу икки эйгэни сибээстиир сүөсүһүт эйгэ киириэхтээх.
Ынах сүөһү таҥарата уонна иччилэрэ
Ынах сүөһү таҥаратынан Иэйэхсит ааҕыллар. Биһиги Иэйэхсити иччилэр барыларын таҥараларынан ааҕабыт.
Ынах-сүөһү иччилэрэ иккилэр:
-Наадьы Ньаҥха – хотон иччитэ.
-Ынахсыт – титиик иччитэ.
Ынах иччитэ.
Ойуун ынах иччитин ааттыыра:
Лоочуй, лычый-лычый,
Лоочуй, лэчий-чэчий.
Ньаадьы Наҥханы хоһуйуу.
Наадьы Ньаҥха кыһыҥҥы хотоҥҥо олорор. Онтон сайыҥҥы ынах ыччитэ Ынахсыт диэн. Маны ааттара эрэ атын-атын курдук көрүөххэ сөп:
Бэһирик,
Ытык Сүүдүгүр,
Ырба Дьоҕустаах,
Муҥур Быһах,
Будьур Баттах,
Муокаан-аакаан,
Буутай Бахсай,
Үрүҥ Улаанай.
Кини хотон аайы баара.
Кини (Ньаадьы) суос-соҕотох буолан баран, күн тыкпыт сырдыгын курдук сир аайы куруук баар.
Аһатыы.
Ынахсыкка биэрэр астарын уҥа илиинэн куппаттар, хаҥас илиилэрин таһынан кутан биэрэллэр үһү.
Ньаадьы уонна Ынахсыт туһалара
Ньаадьы үчүгэйэ диэн тарбыйаҕы сиир кыра абааһылары хотоҥҥо киллэрбэт.
Ынахсыт дьиэлээхтэргэ биир эрэ суол туһалыырдаах. Кини баар ыалыгар хаһан да тамыйах абааһыта киирбэт. Онон сүөһү төрүөҕэ кэлэн ол ыал байаллар үһү.
Наадьы хаадьыйара
-Наадьы улаханнык хаадьыйдаҕына, ол ыал сүөһүтүн торбос абааһыта сиэн кэбиһэр.
-Наадьы сүөһүнү күрүөлээбэт-хаһаалабат буолан хааларын кытта куһаҕан абааһылар сүөһүнү мээнэ сиэн бараллар.
-Наадьы кыыһырдаҕына, абааһылары кытта сибээстэһэн барар. Иэйэхсити кытта сибээстэспэт.
-Ньаадьы бэйэтэ куһаҕаны оҥорбот. Көстүбэт оҕуһа туран куһаҕан торбоһу төрөтөр.
Оҕус сүүлэрэ.
Сүүл кэмэ.
Сүүл кэмэ ыам ыйыттан бэс ыйыгар диэри буолар. Бу кэмнэ сүөһүнү аймыыр бобуллар.
Саас оҕустар харсыылара буолара. Оҕолорго бу биир кэрэ кэрэхсэбиллээх кэм этэ. Кинилэр:
Муос!
Тиис-Таас!
Муос!
Тиис-Таас! диэн оҕустары харсарга көҕүтэллэр.
Атыыр оҕус 10-19 ынаҕы хааччыйара. Арыт 40 ынахха тиэрдэллэрэ.
1928 сыллаахха Дьокуускайга сүөһүнү сиэмэлиир буолбуттара.
Сири нүөлсүтүү.
Сири нүөлсүтүү диэн ууну хаайыыны ааттыыллар. Былыр быһыт оҥорон ууну хаайаллара. Уу ходуһаны илитэн от үчүгэйдик үүҥэрэ. Сири быһыттааһын холкуос саҕана элбээбитэ. Ордук киин улуустарга сайдыбыта.
Түптэ оҥоруу.
Сүөһүттэн кумаары, бырдаҕы үүрэр түптэ диэни оҥороллор. Туптэ күрүөлээх буолар. Ону букээх дииллэр.
Сунтаарга Улуу Сыһыы диэн баар бу улахан күөл тула элбэх ыал олороро. Манчаары сыылкаҕа олорон Улуу Сыһыы ыалларын кэрийэ сылдьан түптэлэрин күөдьүтэн биэрэрэ.
Табык охсуута.
Көҥдөй дүлүҥүнэн алта киһи сүгэр табыга оҥоһуллар. Бу табыгы сүгэн баран хаамаллар. Инник дьон табык ырыатын ыллыыллар. Бу туому от үүннүн диэн онороллор.
Хаһаас.
Сайын кэлиэҕиттэн (ыам ыйын 22 күҥуттэн) Алтынньы 14 күнүгэр диэри ынаҕы хаһааска биэрэллэрэ. Кини ити кэмҥэ, сайын өттүгэр сүөһүнү ыыр, көрөр. Биир сүөһүгэ биир буут арыыны, 10 буут тары биэрэр. Хаһаас 1928 сылга диэри баар этэ.
Ынахсыкка киирии.
Бу туом бэс ыйын бастакы аҥаарыгар оҥоһуллар.
Иһэгэй Айыыһыкка туом оҥороллор. Ойуун битииһиттэрдээх буолар. Үстүү үс сэргэни туруораллар. Ынахсыкка киирэр ынаҕы сибэккинэн киэргэтэллэр.
Саары кэмэ.
Былыргыттан тириини таҥастыыллара:
-Эмэхтээн күҥкүтүү.
-Кыһыахтааһын.
-Талкылааһын.
-Үрүөхтээһин.
-Кырааскалааһын (сиһик уутунан).
-Саарылааһын.
Баҕа батаһа сибэккилэнэрэ.
Баҕа батаһа сибэккилэниитэ үүт элбиир.
Уу тахсыыта.
Ыам ыйыгар уу тахсар. Өрүс барар, күөл муустан босхолонор. Ыам ыйын 22 күнүттэн сайын кэлбитинэн ааҕыллар. Онно түүн тымныы буолбат.
Сайын кэлиитин туһунан.
Сайын үгэс курдук ыам ыйын 22 күнүгэр кэлэр. Ити күн улахан алгыс ааҕыллар.
Сайын кэлиитэ сахаҕа саамай улахан бырааһынньык. Ол тоҕото биллэр. Саха аан дойду биир саамай тыйыс муннугар олорор. Манна кыһын баһылыыр. Сайын бэрт кылгас кэмҥэ кэлэн барар. Онон сайын кэлиитэ бэйэтэ бырааһынньык кэриэтэ өйдөнөр.
Сайын кэлиэҕиттэн, саха этэринэн, киһи бэйэтин эрэх-турах сананар. Күөххэ үктэнним диэн үөрэр. Сайын икки аҥаардаах. Бастакы аҥаара улуу тунах кэмнэрэ диэн ааттанар. Онтон иккис аҥаара оттооһун диэн.
Сайын киһи буор кутунан эрэ олорор.
Иэйэхсит быраастарга, лесниктарга, сонунньут, ол, эбэтэр суруналыыс дьоҥҥо эмиэ сыһыаннаах, ити эйгэлэри бэрийэр дэнэр. Эмчит, булчут алгыстарыгар эбии суруналыыс алгыһа диэн баар.
Суруналыыс алгыһа
Арҕаһыттан тэһиннээх
Айыы дьоно,
Көхсүттэн көнтөстөөх
Күн дьоно,
1.
Амарах бэйэлээх,
Аһыныгас сүрэхтээх,
Үүнүүнү төрүттээччи,
Быйаҥы биэрээччи,
Иэйэхсит Хотун
Бэттэх көрөн
Мичик гынна.
Сонунньут киһи тускута,
Суруналыыс киһи уруйа оннук!
2.
Үрүҥ Айыы Тойонтон
Үрүн тыын буолан түспүт
Үүннээх-тэһииннээх тылы
Төлкөлүү сылдьыҥ,
Айыы дьонугар
Арыйан биэрэн
Алгыһы олохтооҥ,
Күн дьонугар
Көрдөрөн биэрэн
Төлкөнү олохтооҥ.
Сонунньут киһи тускута,
Суруналыыс киһи уруйа оннук!
3.
Дьиҥи истэр
Кулгаах буолан
Дьиҥи элбэтиҥ,
Көнөнү көрөр харах буолан
Көнөнү элбэтиҥ,
Үтүөнү өйдүүр
Өй буолан
Үтүөнү үксэтиҥ,
Бигэни билэр
Мэйии буолан
Бигэни бигэргэтиҥ.
Сонунньут киһи тускута,
Суруналыыс киһи уруйа оннук!
4.
Хоҥноору гыммыт хоҕу
Хоҥноро сылдьыҥ,
Ханаары гыммыт
Хараҥаны халбатырыта сылдьыҥ,
Алыстаары гыммыт албыны
Араара сылдьыҥ,
Таһымнаары гыммыт дьайы
Дьалбарыта сылдьыҥ.
Сонунньут киһи тускута,
Суруналыыс киһи уруйа оннук!
5.
Айыы дьонун
Араҥасчыта буолуҥ,
Күн дьонун
Көмүскэлэ буолун,
Сүрү күүһүрдүҥ,
Куту холбооҥ,
Сүргэни көтөҕүҥ,
Отуору олордуҥ.
Сонунньут киһи тускута,
Суруналыыс киһи уруйа оннук!
Итэҕэлинэн сиэттэрдэххэ, киһини мэлдьи Иэйэхситтэр харабыллаан сылдьаллар диэтибит. Ол гынан баран ол эриэ-дэхси буолбатах. Иэйэхсит хамсыы сылдьар. Сороҕор кыыһыран ыраах баран хаалар. Сороҕор чугаһаан биэрэр. Киһи олоҕор Иэйэхсит барар түгэнэ аҕыйаҕа суох буолар. Холобур, ыалдьыы, куһаҕан түбэлтэлэр буолуулара, майгы халбаҥнааһына. Ити барыта олоххо биллэр. Киһи этэҥҥэ сылдьар эбэтэр ыарахаҥҥа түбэһэр. Онон, дьон-аймах Иэйэхситин тэйиппэккэ буола сатаатаҕына эрэ табыллыан сөп курдук буолар.
Онно, биһиэхэ, Иэйэхсит ыйыгар уонна сылыгар төрөөбүт дьон төрүкү майгыларын тутустахпытына көмө буолар дииллэр эбит.
Таҥха 12-с оронугар олорооччу киһи сэниэлээх, хомоҕой, сымнаҕас, быйаҥы тардар, дьаныардаах, эйэҕэс, имэҥнээх, өҥнөөх, ол, эбэтэр, сылайбат, дьыалатын тиһэҕэр диэри тириэрдэр киһи, төлкөҕө баар чахчыларга тирэнээччи буолар дэнэр.
Итиннэ, Иван Гоголев-Кындыл саха суруйааччылартан биир саамай элбэхтик итэҕэл тиэмэтигэр үлэлээбит бэйээт көрүүлэрэ интириэһинэйдэр. Кэлин итэҕэл сайдан иһэр сыалай көрүүтүн үөскэппитэ. Ол көрүүтэ ордук «Иэйэхсити кэлэтии» диэн арамааныгар суруйбута.
Кини «Мистерия» диэн кинигэтигэр Аал Луук Маһы тимир мас гыммыттарын ойуулуур. Онтон ити кэм ааһыытыгар биһиги туох хайа иннинэ Аал Луук Маһы чөлүгэр түһэриэхтээх эбиппит. Ол аата тимир маһы төттөрү айылҕа күөх маһа оҥоруохтаахпыт. Ол туһугар Иэйэхсити бастаан тилиннэриэхтээхпит. Итэҕэл сайдыытын кэминэн-кэрдиинэн көрөн «Мистерия» диэн кинигэтигэр саха итэҕэлэ хас да кэрдиис кэми ааспытын ыйар.
Кини көрүүтэ биир уратылаах. Итэҕэли сыыйа тилиннэрэр соруктаах. Ол гынан баран кини Аал Луук маһы көҕөрдөр баҕата – өр кэмҥэ бүрүүкээбит албыны кыайар баҕата – биһиэхэ өйдөнөр. Саха норуотун иннигэр биир улахан соругу туруорар. Аал Луук Маһы көҕөрдүү. Чуолаан итинтэн тирэнэн салгыы сайдыыга барыахтаахпыт. Кини санаатыгар итэҕэл үлэтэ Иэйэхсиккэ сыһыаны тупсарыыттан саҕаланыахтаах. Ол аата, Иэйэхсит сылыгар чуолаан саха итэҕэлигэр бэйэтигэр туспа улахан болҕомто ууруохтаах эбиппит.
Биһиги бу былааны уопсайынан сөбүлүүбүт. Ол гынан баран толкуйбут маннык. Итэҕэлгэ үлэҕэ кырдьык айылҕаҕа сыһыаны тупсарыы бастакы буолар. Ол гынан баран итэҕэли бэйэтин бастакыттан бүтүн буолуохтаах диибит. Син биир оҕо курдук. Оҕо бүтүн буолар. Инникитин улахан киһи буолан үүнэн тахсарыгар бары өттө ситэри баар буолар. Ол курдук итэҕэл бары өттө баар буолуохтаах.
Иэйэхсити кытта сыһыаны тупсарыы айылҕаны эрэ ытыктааһын эрэ буолбатах. Өссө киһи бэйэтин доруобуйатын көрүнүүтэ буолар.
Аны туран, сылбыт Илиҥҥи омуктар халандаардарынан Эриэн Үөн сыла дииллэр. Онтуката баара, кытайдар итинник халандаары былыргы түүрдэртэн ылан тураллар. Былыргы түүрдэр халандаар сорох өрүттэрэ сахаҕа да баара биллэр.
Саха төрдүгэр былыр тимиринэн сэбилэммит сылгы көлөлөөх ураты дьон үөскээбитэр дэнэр. Ити дьон тимир ууһа, моҕой ойуун буолбуттар. Кинилэр аан дойду араас өттүгэр баран күн ууһун үөскэппиттэр. Эриэн үөн ити саҕанааҕы өйдөбүлү илдьэ сылдьар.
Эриэн үөн түүр омуктарга дьиэни-уоту харыстааччы. Эриэн үөнү өлөрөр сатаммат. Алтай номоҕор маннык этиллэр: эриэн үөн көтүөн сөп, сири да таарыйар. Күндү баайдаах сирдэри таарыйар.
Былыргы түүр-кыпчактар Кытай суруйуутунан Чжелян диэн сиргэ олорбуттар. Ити сир Джилан диэн тылтан үөскүүр эбит уонна эриэн үөн суолталааҕа үһү. Алтай хайатын биир хочото эбит.
Сылан нэһилиэгин төрдүнэн Ураанай Баатыр ааҕыллар. Кини Сылан булгунньаҕар иин хастан олорбут. Сылан бэйэтэ сэриигэ өлбүт. Кыра эрэ оҕото хаалан кэлин Сылан төрдө буолбут. Бу Сылан диэн аат атын түүрдэр йылан (эриэн үөн) диэн тылларын олус маарынныыр. Ураанай даҕаны сири хастан олорбут. Итинтэн даҕаны бу аат үөскүөн сөп быһыылаах.
Былыр Алтай биир хочотун Йылан диилэр эбит. Ол аата эриэн үөн диэн. Түүрдэр өр хайа хаспаҕын иһигэр сыппытара диэн кэпсээн баар. Ону эриэн үөн курдук сир иһигэр сыппыттара диэн йылан диэбиттэр быһыылаах. Ити хаспахха саһан сыппыттарын иһин буолуо, түүрдэр эмиэ бэйэлэрин эриэн үөнтэн төрүттээхпит дииллэр.
Иэйэхсити ырыытыга сир-дойду болҕомтоҕо ууруллар. Айыылар олорор сирдэрэ өҥнөөх-быйаҥнаах буолар. Онтон абааһы олорор сирэ күөрэ-лаҥкы, алдьана-кээһэнэ турар. Мантан эмиэ кинилэр олоҕу утары сылдьаллара биллэр. Биир ураты баар. Сири-уоту тутарга киһи суолталаах. Кини айыы киһитэ буоллаҕына үүнүүнү-быйаҥы төрүттүүр.
Олохсуйа кэлэр
Орто туйгун
Туруу дьаҕыл дойдуга,
Иэйэхситтээх
Илин халлаан анныттан
Ичигэс салгын тыал илдьиттэнэн,
Илгэ-быйаҥ самыыр ыһыахтанан
Илэ бааччы
Иэнигийэн түһэн кэллэ.
Иэйэхсит ийэ илбиһэ
Илэ да буолар эбит.
Илин Иэйэхситтээх халлаан
Дьиэгирэн-дьиэгирэн тэлэллибит.
Иэниҥ устун иэйэхситтээх
Эрсэниҥ эҕэрдэтэ эттин.
Иэйэхсити утары
– Аан Иэйэхсити утары Обот олорор. Туохха да туолбат буолуу. Киһи ситиһиини ылбыта бэйэтигэр өссө куһаҕан буолар. Бүтэһигэр улахан иэстэһиигэ түбэһэр.
– Иһэгэй Иэйэхсити утары Хагдаҥ Буурай Тойон олорор. Киһи үүммэт буолан хаалара. Сайдыыта тохтоон хаалар.
– Күн Иэйэхсити утары Хара Былыт олорор. Киһи ситиһииттэн үөрбэт буолан хаалар. Итинник киһи сотору буолан баран таҥнары барар.
– Мичил Иэйэхсит утары Кэкэ Буурай олорор. Үчүгэйи наар мөкү курдук көрүү. Бу бэйэни түүйүүгэ тэҥнээх.
– Налыгыр Иэйэхсити утары Дьадаҕай Буурай Тойон олорор. Кинини норуокка дьадаҥы киһи ынаҕын эмэр диэн ааттыыллар. Наар мөлтөҕү, кыамматы атаҕастыыр.
– Күөгэл Иэйэхсити утары Хара Былыт олорор. Сайдан баран иһэри мэһэйдиир.
– Эдьэн Иэйэхсити утары Хомоҕой олорор. Киһи тугу ситиспитин сүтэрэн иһэр.
– Кэскил Иэйэхсити утары Мэнэгэй олорор. Кини киһиэхэ быстах санааны биэрэр. Бэргэһэ быатын саҕа мэнэгэйдээх диэн тыл баар. Ол аата олус кыраны. Сибилигин бэйэтигэр наадатын ыллаҕына, сөп буолар диэн суолталаах.
Тэрис уо.д.а. суруйууларыттан таҥан оҥордо Таҥ Бүө.
|
Category: Айыы үөрэҕэ |
Views: 116 |
Added by: uhhan1
|
|
|
Ааҕыылар |
Баар бары (online): 1 Ыалдьыттар (гостей): 1 Кыттааччылар (пользователей): 0 |
|