Алгыс суолтата
Билигин тэрээһин барыта алгыстан саҕаланар уонна күргүөм оһуохайынан түмүктэнэр буолла. Алгыһы билигин сөпкө оҥоробут, алгыыбыт дуо?
Саха бастакы дьахтар олоҥхоһута, учуонай М.Н. Андросова-Ионова үбүлүөйдээх сылынан быйыл элбэх тэрээһиннэр ыытылыннылар. Мария Николаевна «Үүт аас бэйэлээх Үрүҥ Айыы тойон ыччаттара» диэн олоҥхото саха итэҕэлин энциклопедията буолар. Айыылар, иччилэр тустарынан, аан дойду айыллыыта барыта бу соҕотох олоҥхоҕо тиһиллибит.
Алгыс суолтатын туһунан Мария Николаевна олоҥхолоругар киэҥник, дириҥник кэпсэнэр. Ол курдук «Күл-Күл Бөҕө оҕонньор уонна Силирикээн эмээхсин икки» диэн олоҥхотугар сиэн кыыстара, эриттэн арахсан, атын киһиэхэ ойох тахсаары гынар. Бу иннинэ Харахаан уолугар тахсарыгар кыыс дьонуттан алгыс ылбыттара, уруу тэрийбиттэрэ, онтон уол олоҕор тиийэн уол дьонун алгыстарын ылан олорон бардахтара дии. Ону кыыс бэйэтин баҕатынан булбут киһилээх. Эрдэттэн. Онон олоро түһэн баран, арахсыбыта аатыран күрүүр. Эбэлээх эһэтигэр атын киһилээх тиийэн кэлэр: «Дьэ, тапталбын кытары холбоһобун, алҕааҥ», -- диир. Эһэтэ оҕонньор тыаҕа тахсыбыт эбит, Силирикээн эмээхсин оҕонньоро суох тугу алгыай? Арай сиэнин олоххун алдьаттыҥ дии сатыырын кыыһа истибэт. «Атын да сиртэн алгыс ылар инибит», -- диэннэр ыраата бараллар. Үөмэн тиийбэт үрдүк ааттаах Күн Өлкөт ойуун алгыһын ылаллар. Ол да буоллар, олохторо табыллыбат, огдолуйар.
Тоҕо? Тоҕо диэтэргин киһи биирдэ олоҕун оҥостор уонна өбүгэлэрбит сиэри-туому тутуһаннар, оҕолоро ыал буолалларыгар чугас хаан аймах, саастаах эр киһинэн алҕаталлар эбит. Оччоҕуна эрэ ыал олоҕо олох буолар эбит. Саҥа ыалга олорор сир, дьиэ-уот, ас-таҥас көрүллэн быр-бааччы, харах далыгар олороллор. Аҕалара барытын дьаһайар, көрөр-истэр.
Оттон билигин уруубут алгыһа хайдаҕый? Баар суох оҕолорбут урууларыгар ыҥырыынан, тастан, туора тосту атын, оҕолору билбэт киһи кэлэн алгыыр. Тоҕо? Тоҕо диэтэххэ, алгыһы сатыыр эр киһи дьиэ аайы суох. Тоҕо? Уһун кэмнэргэ эр киһи оруола намтатыллан, эр дьону өрө туппатахпыт содула. Ол тастан кэлбит алгысчыт биһиги оҕолорбут олоҕун хайдах түстүөй? Ити нэһилиэккэ эмиэ сыһыаннаах. Ыһыахха, тэрээһиннэргэ олохтоох киһи алгыахтаах. Бу мин тус санаам, этиим буолбатах. Ити олоҥхоҕо суруллубуту кэпсиибин.
Билиҥҥи олохпутугар дьахтар баттаныахтаах диэбэппин, сахалар аҕа ууһунан тэнийэн кэлбиппит. Аҕа ууһа тумус туттар баһылык киһилээх буолуохтаах.Ол ситим быстан хаалан, сиэрбитин-туоммутун да сатаан толорбоппут. Тас көстүүгэ оҕуннубут, буоллун-хааллын диэн.
Алгыспыт баар? Баар эбит, ону Анал байыаннай дьайыы толоонугар ыҥырыллан барбыт, саха уолаттара дьонтон эрэ чулууларын, олоххо сыһыаннарын, таһыччы үрдүк таһымнаахтарын аан дойдуга көрдөрдүлэр. Онон өбүгэлэрбит олорбут олохторо, сиэрбит-туоммут оннун булуо диэн эрэнэбин.