News topics |
Политика.Митинги. Пикеты. Партии
[900]
|
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения
[263]
|
Суд-закон.МВД.Криминал
[1280]
|
Право, закон
[323]
|
Экономика и СЭР
[839]
|
Власть Правительство Ил Тумэн
[1207]
|
Мэрия, районы, муниципалитеты
[400]
|
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО
[215]
|
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка
[555]
|
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги
[155]
|
Коррупция
[862]
|
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство
[291]
|
Социалка, пенсия, жилье
[277]
|
ЖКХ, строительство
[132]
|
Образование и наука. Школа. Детсад
[215]
|
Люди. Человек. Народ. Общество
[224]
|
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет.
[670]
|
Алмазы Анабара
[161]
http://alanab.ykt.ru//
|
Земля. Недра
[240]
|
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода
[377]
|
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ
[158]
|
Промышленность
[43]
|
Нефтегаз
[284]
|
Нац. вопрос
[284]
|
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации
[65]
|
Дьикти. О невероятном
[183]
|
Выборы
[661]
|
Айыы үөрэҕэ
[93]
|
Хоһооннор
[5]
|
Ырыа-тойук
[23]
|
Ыһыах, олоҥхо
[102]
|
Култуура, итэҕэл, искусство
[365]
|
История, философия
[239]
|
Тюрки
[76]
|
Саха
[153]
|
литература
[42]
|
здоровье
[465]
|
Юмор, сатира, критика
[14]
|
Реклама
[7]
|
Спорт
[123]
|
В мире
[86]
|
Слухи
[25]
|
Эрнст Березкин
[88]
|
Моё дело
[109]
|
Геннадий Федоров
[11]
|
BingHan
[4]
|
|
|
Main » 2011 » Олунньу » 15 » «Суут миигин астыннарбата. Кырдьыгы кірір дьон Ґрдүкү суукка бааллара буолуо диэн бүк эрэммитим да, үІсүґэн эмиэ туґамматым. Ґс киґи оҕобун
«Суут миигин астыннарбата. Кырдьыгы кірір дьон Ґрдүкү суукка бааллара буолуо диэн бүк эрэммитим да, үІсүґэн эмиэ туґамматым. Ґс киґи оҕобун | 10:47 |
http://www.kyym.ru/index.php?option=com_content&view=article&id=2889:2011-02-15-08-07-06&catid=43:kriminal&Itemid=67
Сууттан кэлэйдим!
15.02.2011 18:02 | Автор: Туйаара Сиккиэр | 121517Абый улууґун ҐрүІ Хайатын олохтооҕо — үлэ, тыыл бэтэрээнэ Карл Новиков соҕотох уолун Коляны, Алдан куоратыгар баар медицинскэй училищеҕа үірэнэ сырыттаҕына, түбэґиэх итирик дьон кырбаан, муомахтаан іліріллір. Бу үс итирик киґи уолтан, баара-суоҕа, табах кірдіібүттэр уонна куруубайдаата диэн сылтаҕыран кырбаан ілірбүттэр. Быґылаан 2000 сыллаахха буолбут. Силиэдэбэтэл дьыаланы сиэрдээхтик силиэстийэлии сатаабакка, сабар эрэ аакка сылдьыбыт. Соҕотох уолун сүтэрбит аҕа аахсан-киирсэн барбытын эрэ кэннэ, былырыын 2010 сыллаахха, дьэ, биирдэ суут буолбут.
Буруйдаах Александр Перфильев (1975 сыллаахха Иркутскай уобаласка тіріібүт) сууттанан сэттэ сылга хаайыллыбыт. Санаан кірүІ, уон сыл ааспытын кэннэ. Арай, аҕа туруорсубатах буоллун? Оттон икки кыттыгаґа тэбис-тэІІэ кырбаґан бараннар туох да миэрэҕэ тардыллыбатахтар. Кіннірү туоґу эрэ быґыытынан сылдьыбыттар.
Уон сыллааҕыта... (Бириигэбэргэ сурулларынан)
Суут бэс ыйын 9 күнүгэр таґаарбыт бириигэбэригэр сурулла сылдьарынан хартыына маннык ойууланан тахсар:
Быґылаан Алдан куоракка 2000 сыл алтынньы 20-21 күннэригэр киэґэ 20 чаастан түүн 03 чааска диэри буолбут курдук. Атын туоґулар («Север-Хоту» маҕаґыын атыыґыттара) суукка эппиттэринэн, түүн 12 чаас ааспытын кэннэ биир саха уола кинилэр маҕаґыыннарыгар киирбит. Киирбит уол тута сылдьар пуховигын атыыґыкка атыылыы сатаабыт. Ол кэмІэ таґыттан 22-25 саастаах кірүІнээх нуучча уола киирбит. «Баҕар, быраатым атыылаґыа» диэн пуховигы интэриэґиргээбит. Соннук иккиэн тахсан барбыттар. Бу кэннэ туох буолбута биллибэт.
Оттон Перфильев, Осипов уонна Прокопьев кірдірүүлэригэр аара утары кірсүбүттэриттэн эрэ кэпсэнэр. Балар үґүін итирик туруктаах сылдьан Дзержинскэй уонна Горькай уулуссалар быґа охсууларыгар Новиковы утары кірсүбүттэр. Итирик дьон, туох да тірүітэ суох, эйэ дэмнээхтик ааґан иґэр киґини тохтотон табах кірдіібүттэр. ДьиІинэн, итирик-холуочук дьон соҕотох киґиттэн "табах кірдүүллэрэ” туох ис хоґооннооҕо син ійдінір. Новиков тута «табаҕым суох» диэбит. Сутуруктара кыґыйа сылдьар дьон кырбаары ыган кэлбиттэр. Уол саІардыы куотан эрдэҕинэ кэнниттэн эккирэтэн охторон түґэрбиттэр. Сытар киґини үґүін куолаан тікүнүтэ сылдьан кырбаабыттар. Перфильев ілірір сыаллаах-соруктаах таІас ыйыыр быаны сулбу таґыйан ылан, аны, сиэртибэ тыына быстыар диэри муомахтаабыт. Атастара бу быґыыны-майгыны кірін турбут курдуктар. СидьиІ дьыаланы оІорон баран бу сир быртахтара (Перфильефтээх Осипов), аны, кистиир сыаллаах, ілүгү «Новосибирский» диэн маҕаґыын диэки соспуттар уонна тимир буочука иґигэр укпуттар.
Буккуур баар
Јлірүүгэ быґаччы кыттыгастаах, эбиитин күіртээччи эрээри, суукка тоҕо эрэ туоґу быґыытынан ыІырыллыбыт Прокопьев кірдірүүтүгэр маннык сурулла сылдьар (тылбаас):
— 2000 сыл күґүнүгэр АПХ-1 таґыгар күнүс 17 чаас саҕана Перфильевы, Осиповы кірсүбүтүм. Бииргэ арыгылыах буолан сүбэлэґэн пиибэ, буокка испиппит. ХараІарбытын кэннэ ыллык устун «Кеме» диэн остолобуой аттынан ааґан испиппит. Ґіґэ диэкиттэн ыллыгынан саха дьүґүннээх уол түґэн иґэр этэ. Мин ааґан иґэр уолу тохтотон табах кірдіібүтүм. Анараа уол "табаҕым суох» диэн хоруйдаабыта. Уол куруубайдык хоруйдаабытын иґин сутурукпунан сирэйгэ сырбаппытым. Уонна үґүін (Перфильев, Осипов, Прокопьев) сытар киґини үґүін куолаан кырбаан киирэн барбыппыт. Уол утарыласпатаҕа, илиитинэн сирэйин саба тутта сатаабыта уонна хаґыытаабыта. Ґґүін тохтоло суох ханна түбэґиэх 10-ча мүнүүтэ тэбиэлээбиппит, охсуолаабыппыт. Киґибит ійүн сүтэрбитин кэннэ Перфильев уонна Осипов суол кытыытыгар соґон таґаарбыттара. Ол кэннэ Перфильев таІас ыйыыр быанан муомахтаабыта. Сиэртибэ кіхсүгэр атаҕынан үктээн туран маҕыйа-маҕыйа 2 мүнүүтэ устата тардыбыта. Осипов кини аттыгар кірін турбута».
Оттон Перфильев бастакы кірдірүүтүгэр суруллубутунан, Прокопьев туох да айдаана-куйдаана суох бэйэтэ-бэйэтигэр баран иґэр киґини тохтото-тохтото баайсыбыт, сирэйгэ бастакынан охсубут. Ол кэннэ бары куолаан кырбаабыттар. Онтон Прокопьев бараах таґыгар ыйанан турар быаны сулбу тардан ылан сиэртибэни муомахтаабыт. Кини этэринэн, Прокопьев оччолорго сокуоннай сааґын іссі ситэ илик буолан, уопсай сүбэ быґыытынан буруйу бэйэтигэр ылыммыт. Осипов кірдірүүтэ эмиэ үүт-үкчү бу курдук. Перфильев кэлин силиэстийэ кэмигэр кірдірүүтүн уларытан Новиковы ілірбүтүн билиммит диэн сурулла сылдьар.
Туоґу Р. В. Матвеев суукка этэринэн, 2004 сыл муус устар ыйыгар Прокопьевтыын арыгы иґэ олордоҕуна, анарааІІыта 2000 сыллаахха доҕотторун кытары саха уолун кырбаабыттарын, кини (Прокопьев) онно хайдах курдук таІас ыйыыр быанан сиэртибэни муомахтаабытын туґунан киґиргээн кэпсээбит.
Кіріргүт курдук, сиэртибэни үґүін куолаан кырбаабыттар. Тікүнүтэ сылдьан охсуолаабыттар, тэбиэлээбиттэр. Кинилэртэн атын бу быґыыны-майгыны ким да кірін турбатах. Онон іссі тугу гыммыттара биллибэт. Бастакытынан, туоґу бэйэтэ этэринэн, сиэртибэ кырбанан баран ійүн сүтэрбит. Оччотугар, хайыы-үйэҕэ ілін эрэр, утарылаґар, этиґэр-үіхсэр кыаҕыттан ааспыт киґини тыынын салҕаабыттар. Судмедэспиэр оІорбут түмүгүнэн, сиэртибэ муомахтааґынтан ілбүт. Онно эбии тібітүгэр кытаанах эттигинэн охсуллубут диэн быґаарар. Ол аата, сиэртибэ бу дьон үґүін кіміліін кырбаабыттарыттан доруобуйатыгар улахан эчэйиини, олоҕор кутталынан суоґуур охсуулары ыллаҕа дии. Түмүгэр ійүн сүтэрбитин туґанан муомахтаабыттар. Ону баара, суут биир эрэ киґини буруйдааҕынан аахпыт. Били кырбаспыттарын, бастакынан охсубуттарын, ілүгү кистээбиттэрин билиммит дьон "туоґу” эрэ буолан хаалбыттар. Бу хара дьыалаттан ып-ыраас тахсан кэлбиттэр.
Иккиґинэн, Перфильев бастакы уонна туоґу Матвеев кірідірүүлэриттэн кірдіххі, Прокопьев ілірбүт курдук. Онон ким дьиІнээхтии ілірбүтэ биллибэт, дьыала иґэ іссі да бүдүмүк. Баҕар, үґүін муомахтаабыттара буолуо.
Ґсүґүнэн, іссі биир туспа холуобунай ыстатыйа учуоттамматах курдук. Атыыґыттар этэллэринэн, саха уола (ол уол Новиков буолара чуолкай биллэр) пуховиктаах сылдьыбыт. Оччотугар бу дьон саха уола атыылыы сатыы сылдьыбыт пуховигын былдьаабыт буолуохтарын сіп. Кірдірін туран былдьаан-халаан ылыыны "открытое хищение” дииллэр, бу бэйэтэ туспа ыстатыйа. Біліҕүнэн сылдьан халааґын, кырбааґын, ілірүү! Ону силиэдэбэтэллэр болҕомтоҕо ылбатахтар. "Сабаҕалааґын” диэххит. Былдьыылларын ким да кірбітіх, ол гынан баран сиэртибэ атыылыы сатыы сылдьарын кірбүт дьон бааллар. Тіріппүт аҕа сіпкі абарар.
Суут-сокуон
иэччэҕэ суох
«Оҕом куота сатаабытын ситэн ылан үґүін кіміліін кырбаабыттар, тэбиэлээбиттэр. Перфильев муомахтаан ілірірүн икки табаарыстара кірін турбуттар. Ол эрээри туоґу быґыытынан эрэ сырыттылар. ДьиІинэн, уолум Коля соҕотох киґиэхэ кыайтарар кыаҕа суох этэ. Ону бары кіміліін тыынын быспыттар. Итинник санааттан бу дьону үґүіннэрин сууттатаары ааґынан кірдүм да, тугу да ситиспэтим. Ґрдүкү суукка ааґыныыбын кірүүгэ сокуону билэр кімүскээччи сылдьыбыта эрээри, туґалаабата. Бу үлүгэр ыар буруйу оІорон баран, эбиитин, ону уон сыл устата биллэрбэккэ кистии сылдьыбыт дьон холуобунай кодекс ханнык эмэ ыстатыйатынан сууттаммакка хаалбыттарын мин сатаан санаабаппын. ДьиІинэн, силиэстийэ бу дьыалаҕа эппиэттээхтик сыґыанаспыта буоллар, хара дьыала буолбут түүнүгэр да толору арыллыбыт буолуон сіп этэ. Јлірүіхсүттэр сиэртибэлэрин кыыллыы тыынын салҕаан баран, хас да чаас кэнниттэн, милииссийэ отделыгар тиийэн: «Буочука иґигэр угуллан турар ілүгү кірдүбүт», — диэн тыллаан абыраабыттар. Сибилигин киґини ілірбүт дьон быґыылара-майгылара, тыллара-істірі, тутта-хапта сылдьыылара, ама, биир даҕаны милииссийэ үлэґитин дьиктиргэппэтэх буоллаҕа дуу?! Холуобунай дьыаланы Шкулепо диэн киґи «силиэстийэлээбит». Бу тылы кабыычыкаҕа ыларбар тиийэбин. Перфильев икки тігүллээн хаайылла сылдьыбытын «буруйа дакаастаммата» диэн матыыптаан босхолоон, силиэстийэни тохтотор уураахтары таґаара олорбут. Мин кини ити уураахтарын сыыґанан ааҕан, үІсүґэн кітүттэрбитим. Ити эрэ буолбатах. Јссі уонунан ааҕыллар уураахтарын кітүттэрэн баран, кэлин бэйэтин бу дьыаланы силиэстийэлиир быраабын быстарбытым. Соҕотох оҕобун іліттірбүт киґи, бу уон сылга тіґілііх санааҕа ылларбытым буолуой?! Хомойорум, дууґам айманара муІура суох. Мин іллүм да миигиттэн уонна уолбуттан ууґаан-тэнийэн барыахтаах аҕа ууґа бу сир үрдүгэр, үрүІ күн анныгар суох буоларын ійдіітіхпүнэ, дьэ, кырдьык, ыарахан!» — диэн суруйар тіріппүт аҕа.
Манна этиллэринэн, силиэдэбэтэл буруйдааҕы «буруйа суох» диэн сирэйэ-хараҕа суох матыыптаан хаста даҕаны дьыаланы саба сылдьыбыт. Јскітүн, тіріппүт аҕа дьүккүірдээхтик киирсибэтэҕэ буоллар, дьыала соннук сабыллан хаалыах эбит! Оттон ілірүіхсүттэр "саха уолун” геройдуу ілірбүттэрин туґунан бэйэлэригэр холоонноох астастарыгар-доҕотторугар кэпсэнэ-кэпсэнэ күн бүгүнүгэр диэри күн сирин кілбіҕүрдэн кіІүл сүүрэ сылдьыахтара хаалбыт. Бу курдук "үлэлээх-хамнастаах” "силиэдэбэтэллэр” іссі тіґі дьыаланы маннык хабааннаахтык хамсаппыттарын, хамсатыахтарын ким билиэй.
Түмүк оннугар
Карл Новиков (ілбүт уол аҕата) киґитэ кини буолан, уон сылы быґа дьаныардаахтык киирсэн, Саха сирин биир саамай хотугу улууґуттан саамай соҕурууІІу кэриэтэ улууґугар буолбут быґылааны тэІІэ силиэстийэлэґэн, буруйдааҕы син хаайтарбыт. Ол гынан баран, кырдьаҕас сууттан-сокуонтан астымматаҕын, кэлэйбитин аґаҕастык хайдах баарынан эппит: «Суут миигин астыннарбата. Кырдьыгы кірір дьон Ґрдүкү суукка бааллара буолуо диэн бүк эрэммитим да, үІсүґэн эмиэ туґамматым. Ґс киґи оҕобун кіміліін ілірбүттэрэ биллибитин үрдүнэн биир эрэ киґини сууттаатылар. Мин ону букатын ійдіібіппүн. Суукка хоруупсуйа баар дииллэрин урут итэҕэйбэт этим. Онтум, кырдьык, баар эбит! Ону сокуон бэйэтэ үіскэтэрин биллим. Силиэстийэни ыытааччы баҕардаҕына буруйу оІорбут дьоІІо атыыланыан да, атыылаґыллыан да сіп эбит. Ону ким да хонтуруолуур, утарсар, бопсор кыаҕа суох. Кини іссі дьыаланы соруйан уґатан-кэІэтэн баран, кэлин «болдьоҕо тахсыбытын иґин» диэн букатын да сабар бырааптаах. Дьикти сокуон буолбатах дуо?! Билигин іріспүүбүлүкэ хаґыаттарыгар аймахтарын, кэргэттэрин, оҕолорун іліттірбүт дьон абалаах-саталаах суруйуулара тиґигин быспакка тахса турар. Итинник дьоІІо мин курдук дьаныардаахтык суруйан, салгыбакка үІсүґэн эрэ кырдьыгы булуохха сіп диэн сүбэлиэхпин баҕарабын. Бу биґиги дойдубутугар оннук эбит».
|
Views: 1600 |
Added by: uhhan2
|
|
|
Ааҕыылар |
Баар бары (online): 92 Ыалдьыттар (гостей): 92 Кыттааччылар (пользователей): 0 |
|