Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [670]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [93]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [239]
Тюрки [76]
Саха [153]
литература [42]
здоровье [465]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [123]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2011 » Олунньу » 28 » Байбал: "Ыллаары кэлбитим" (Kyym.Ru)
Байбал: "Ыллаары кэлбитим" (Kyym.Ru)
20:53
Кулун тутар 7 уонна 8 күннэригэр киэһэ 5 уонна 8 чааска
Саха тыйаатырыгар

Сүрэхпэр тыын туолар
Ырыабар тыл туолар
Арбита хоһооннорун туойар
БАЙБАЛ айар киэһэтэ буолар!







Сүрэхпэр ТЫЫН туолар –
Байбал Сэмэнэп  төлөннөөх сүрэҕин сылааһын, амарах дууһатын сыдьаайын бар дьонугар бэлэхтиир;
Ырыабар ТЫЛ буолар –
тыл сүдү күүһүн өрө туппут Уйбаан Арбита үйэлээх айымньыларын Байбал эһиэхэ утары уунар.

«Этигэн Хомус» бириэмийэ 5 төгүллээх кыайыылааҕа, кыһыл көмүс «Этигэн Хомус» хаһаайына, Саха сирин үтүөлээх артыыһа

Байбал Сэмэнэп айар киэһэтигэр ааттаах поэт Иван Арбита хоһооннорунан саҥа ырыалар :
Долгуннар, Ардах иннинэ, Өйдүүбүн, Күөрэгэй, Ырыа хайдах айыллыбыта, Бастыҥ баҕам, Гитаара, Үөрүүлэр, Күһүн, Туналыйар дуол, уо.д.а


Бу киэһэ Уйбаан Арбита хоһоонноругар айыллыбыт саҥа ырыалары кытта, Байбал бар дьоҥҥо сөбүлэппит, биһирэппит урукку-хойукку ырыаларын дуоһуйа истиэххит.

Саха театрын артыыстара Роман Дорофеев, Ылдьаа Стручков, Бүөтүр Макаров, Миитэрэй Татаринов Арбита хоһооннорун ааҕыахтара, ааттаах-суоллаах «Дапсы» бөлөх доҕуһуоллуоҕа, Хатылаевтар «Тэтим» бөлөхтөрүгэр оонньуохтара – Проня Хойутаанап, Саша Максимов уонна Байбал уола Аскалон Семенов.

Дьоро киэһэ тутулун, хаамыытын таҥна Саха театрын сүрүн режиссера Руслан Тараховскай.

.
Модельер Андрей Зыков
"Хотугу таҥас" иис тэрилтэтэ


Билиэт сыаната 1200 - 1300 солк.

Кэлиҥ, сэргээҥ, сэргэхсийиҥ! Билиэт Саха театрын кассатыгар атыыланар. Билсэр төлөпүөҥҥүт: 34-13-31, 8 914 109 59 11.


БАЙБАЛ СЭМЭНЭП
«Сүрэхпэр ТЫЫН туолар, Ырыабар ТЫЛ туолар» диэн түһүлгэтигэр ыҥырар.
1.

Арбита уонна Байбал: ырыабар ТЫЛ туолар

Суруксуттаабытым балайда ыраатта да, хаһыакка анаан Байбаллыын сэлэһэ илик эбиппин. Сүрүн эрэдээктэрим хаһан эрэ: «Билиҥҥи ырыаһыттартан хайалара ордук баардааҕый?» — диэн ыйыппыттаах. Туох да муоҕа-чуоҕа суох: «Байбал», — диэбитим. Уонна «кини курдук киһи үйэҕэ биирдэ эрэ кэлэр» диэн, эбэн биэрбитим. Кырдьыга оннук. Матыып, тэтим, тыл, ис хоһоон, дьоҥҥо тиэрдии – барыта баар. Уонна барыта таһымнаах. Саха ырыатын-тойугун өрүү өрө тутар биир доҕорум этэринии, хас биирдии ырыата «хит» буолар.
Чэ, наһаа арбаамыах. Быһа этэн кэбиспэт туһугар. Ол оннугар бэйэтин кэпсээнин истиэх. Ол иннигэр Байбал Сэмэнэп бу олунньу 7, 8 күннэригэр Саха тыйаатырыгар иккилии кэнсиэри оҥороору сылдьарын туһунан этиим. Онон кэпсэтиибит бу дьоро түһүлгэни кытары ситимнээх.


— Эн биһикки хаһан билистибит этэй?

— 1994 сыллаахха, «Чуона» куонкуруска.
— Оннук эбит, өссө «Туой Хайа» буола илигинэ. Ол саҕана саҥа саҕалаан эрэр этиҥ. Этэргэ дылы, бэл, гитараҥ Аскалон киэнэ этэ.
— ¤э-һэ, таҥаһым эмиэ.
— Ол саҕана эйигин Аскалону үтүктэр дииллэрэ, кэлин Баһылай Еремееви эйиэхэ тэҥнээбиттэрэ. Биллэн турар, билигин бары тус-туспа суоллааххыт.
— Бастаан син биир кими эрэ үтүктэн саҕалыыр буоллаҕыҥ. Эбиитин биир дойду дьонобут, биири эрэ истэр буоллахпыт. Ол иһин биир майгылаах ырыалардаах буолуохпутун сөп.
— Ол аата ырыаһыт быһыытынан сайдарга элбэҕи истиэххэ наада дуо?

— Оннук. Уонна бэйэҥ туспа санаалаах буолуохтаах эбиккин: бу миэнэ, маны сөбүлүүбүн, сатыыбын, бу суолунан барабын диэн. Ону салайан биэрэр киһи наада. Маннык ыллаа, ону тутус диэн.
— Оччоҕо Павел Семенов Байбал буоларыгар ким төһүү буолбутай?
— Георгий Сергучев, Тумус Мэхээлэ, Уххан. В.Заболоцкай бэйэтин кытта илдьэ сылдьан элбэхтик ыллатара туһалаабыта, Неустроевтар сыанаҕа сылдьарга үөрэппиттэрэ. Уопсайынан, Култуура колледжыгар үөрэнэн элбэҕи ылбытым дии саныыбын. Сорохтор иккилии үрдүк үөрэхтээх сылдьан, идэлэринэн үлэлээбэттэр дии. Оттон мин дьиҥнээхтик үөрэммитим, ону идэ гынан баччаҕа диэри илдьэ сылдьабын.
— Төһө өр бу курдук ыллаан-туойан сылдьыам диигин?
— Кэм-кэрдии көрдөрөн иһиэ буоллаҕа. Ол гынан баран сааһыран истэҕим аайы ырыам майгыта уларыйан иһэр быһыылаах. Дэгэрэҥи күүскэ баһылыахха наада. Уонна кэнники кэмҥэ тылга күүскэ үлэлиэхпин баҕарабын. Тыл сүөгэйин-сүмэтин сөпкө туһанар курдук. Урут Алексей Егоровтан, Аскалонтан элбэххэ үөрэммитим, кэлин Тумус, Уххан, Сергучев тугу этэллэрин сыыска түһэрбэт буола сатыыбын. Онон билигин син тугу эрэ ситиспит, туохха эрэ үөрэммит курдук сананабын. Кэнэҕэһин ол билиибин эдэрдэргэ бэрсиэхпин сөп буоллаҕа. Холобур, дэгэрэҥи тарҕатар курдук, оскуола да тэрийдэххэ тоҕо сатаныа суоҕай?
Билиҥҥитэ, Христофор Максимов пуондата кыаҕын ситэ туһаммакка турар. Тоҕо диэтэххэ, салалта өттүттэн дьоһуннаах көмө суох. Уолаттара Трофим уонна Иннокентий аҥаардас баҕаларын күүһүнэн сылдьаллар. Хата, Анатолий Бурнашев, Виталий Очиров курдук үлэлэһэр дьон баара үөрдэр. £ссө элбээн иһиэхтэрин наада.
— Иннокентий Гаврильев-Лэкиэс эмиэ дэгэрэҥ хайысхаҕа бэрт таһаарыылаахытк үлэлиир. Ааспыкка, Ырыа айааччылар сойуустарын 10 сыллаах үбүлүөйүн бэлиэтиир кэнсиэргэ, киниэхэ Трофим Христофорович Максимов мэтээл туттарбыта. Эйиэхэ эмиэ итинник мэтээл баар.
— Ити Хр.Максимов пуондатыгар сыһыаннаах, онно үлэлэһэр, туох эрэ кылааттарын киллэрбит дьоҥҥо, дэгэрэҥ ырыаны тарҕатааччыларга бэриллэр. Саарыҥҥа, Виталий Очировка, Дмитрий Ивановка эмиэ баар.
— Хас да сыллааҕыта Башкортостаҥҥа «Урал Мэҥэ» куонкуруска баран кэлбитиҥ. Тугу ыллаабыккыный?
— «Оһуордаах ыйдаҥа» уонна «Күһүнү таптыыбын». Мантан ханнык баҕарар ырыаһыт тиийдэ да, миэстэлэһэр кыахтаах эбит. Бэйэбит курдук дьон мустар. Холобур, Саха сиригэр – Саарын, Кыргызстаҥҥа – Сэмэтэй диэбит курдук.
— Уралтан бэттэх олорор омуктарга барыларыгар дэгэрэҥнээхтэр. Саха дэгэрэҥэ туох уратылааҕый?
— Кинилэргэ истиэп иһиллэ сылдьар. Киэҥ-куоҥ, көтүүлээх буолар. Оттон биһиэхэ ол суох буоллаҕа, биһиэнэ – бадараан дэгэрэҥэ, һы-һы.
— Эс, наһаа да бадараан буолбатар, оттон алаас, тыа дэгэрэҥэ ини.
— Ээ, оттон, оннук курдук. Атынан, оҕуһунан аа-дьуо айанныыр курдук барар. Тэтимэ олох атын.
— Уйбаан Арбита айымньыларын хаһаҕын аҕай быһыылаах.
— Быйыл анаан-минээн хастым. Руслан Тараховскайдыын кэнсиэри хайдах оҥорор туһунан сүбэлэспиппит. Көннөрү кэнсиэр буолбатын курдук. Сорох ырыаһыт «сольнай» кэнсиэригэр уончалыы ырыаһыты ыҥырар. Оттон миэхэ, тоҕо эрэ, хайаан да соҕотох буолуохтаахпын диэн өйдөбүл киирэн хаалбыт.
Онон толкуйдаан көрдүбүт. Холобур, Христофор Максимов уонна Бүөтүр Тобуруокап элбэх ырыаны кыттыһан айбыттара дии. Билигин, арааһа, Күннэй уонна Сайа диэххэ сөп быһыылаах. Руслан бу кэнсиэринэн Арбита айымньытын дьоҥҥо билиһиннэриэххэ диэбитэ. ¥гүстэр Арбитаны билбэттэр эбит ээ. Онон кини этэрэ оруннаах курдук. Урут да Арбита хоһоонноругар үс ырыалаах этим, өссө Аскалон «Хантан ылыамый?» ырыатын эптэххэ – түөрт. Кэлин өссө уонча ырыаны айдым. Онон Арбита хоһоонноругар айбыт ырыаларым туспа түһүмэх быһыытынан киириэхтэрэ.
Кэнсиэргэ дьон билэр ырыаларын истэ кэлэр. Онон урукку биллибит-көстүбүт ырыаларбын эмиэ ыллыам. Ону Арбита айымньыларын кытта ситимнии сатыам. Саха тыйаатырын артыыстара кини хоһооннорун ааҕыахтара. Бэйэм да ырыаларбар Арбитаны кытары дьүөрэлэһэр санаалар бааллар. Кэнсиэрим «Сүрэхпэр ТЫЫН туолар, ырыабар ТЫЛ туолар» диэн ааттаах. Ити – Арбита «Ырыа хайтах үөскүүрүй» (итинник «хайТах» диэн суруллар) диэн хоһоонугар баар тыллар.
— Арба, быйыл «Этигэн Хомус» Дьүүллүүр сүбэтигэр киирдиҥ. Бу бириэмийэни хайдах сыаналыыгын?

— «Этигэн» диэн – артыыһы көҕүлүүр «кымньыы» тэҥэ буоллаҕа. Ырыаһыттар бу бириэмийэни ылар туһугар үлэлииллэр. Ол иһин сайдыыны түстүүр тэрээһин диэн ааҕабын.
— Оттон «Саҥа ырыа»?

— Эдэр оҕолор дьоҥҥо-сэргэҕэ биллэн хааллалларыгар тоҕоостоох. Ол эрээри, кэмиэрчэскэй бырайыак буолан, ырыа хаачыстыбатыгар, чуолаан, тылыгар-өһүгэр соччо болҕомто ууруллубат. Ырыаһыт элбэх аймахтаах-доҕордоох буоллаҕына, мөлтөһүөр да ырыа биллэн-көстөн хаалыан сөп.
— Ааспыт сырыыларга балтыгар Сайсары Куоҕа куоластаабытыҥ дуо?
— ¥лүһүйэн туран да буолбатар, аҕыйахта куоластаабытым.
— Бу соторутааҕыта кэнсиэртээтэ дии.
— Олус үчүгэйдик ааспыт үһү. Бэйэм айаҥҥа сылдьар буоламмын, кыттыбатаҕым.
— Кини айар үлэтин хайдах сыаналыыгын?
— Билигин тугу эмэ этэр эрдэ. Күүскэ үлэлээтэҕинэ, эрдэ ыал буолбатаҕына, тугу эмэ ситиһиэҕэ.
— Эн көрдөххүнэ, киһи элбэҕи эрэнэ кэтэһэр оҕолоро бааллар дуо?
— Элбэхтэрэ бэрт. Олох-дьаһах сиидэлээтэҕинэ, талааннаахтара, кыахтаахтара, үлэһиттэрэ хаалыахтара. Билигин урукку курдук буолбатах – кыах баһаам. Ханна баҕарар доҕуһуол оҥорторон, устуудьуйаҕа устан, араадьыйаҕа биэрдиҥ да – бүттэ. Ол түмүгэр мөлтөх, туох да ис хоһооно суох ырыа элбээтэ. Мин итини хонтуруоллуохпун наһаа баҕарабын. Ырыа араадьыйаҕа иһиллиэн иннинэ талар-наардыыр наада быһыылаах.
— Ол аата, урукку «худсэбиэт» курдук наада буоллаҕа?
— Наада. Сатыыр-сатаабат барыта ыллаан бардаҕына, ырыа диэн өйдөбүл ис хоһооно сүтэн хаалар. Хаачыстыба мөлтүүр. Хаһан эрэ ырыа барсарын-барсыбатын быһаарар наадатын туһунан кэпсэтии тахса сылдьыбыта, ону сөргүтүөххэ наада. Туох эрэ хаарчах ирдэнэр. Урут эн Тумус Мэхээлэлиин ырытаргыт дии. Холобур, ол курдук.
— Оччотугар, араадьыйаҕа оннук ырытар биэрии баара буоллар, кэлэн ырытыаҥ этэ дуо?
— Ырытыам этэ. Биллэн турар, ханнык баҕарар эдэр киһи бэйэтин тылыгар, бэйэтин матыыбыгар ырыаны ыллыан баҕарар. Бары да ол кэми ааспыппыт. Ол эрээри, өскөтүн үчүгэй бэйиэттэр хоһоонноругар айыаххын баҕарбат буоллаххына, саатар тылга сыһыаннаах кимиэхэ эрэ көннөттөрөн, тупсаран баран ыллаа. Ол иһин мин бу кэнсиэрбэр «маннык тыллар бааллар, маннык айыахха сөп» диэн Арбита холобуругар көрдөрүөхпүн баҕарабын. Кини да тыла-өһө барыта уу сахалыы буолбатах ээ, нууччалыы кыбытыылардаах. Ол эрээри хайдах курдук таһымнаах хоһоонноруй!
Арбитаттан саҕалаан баран, аны күһүн Тумус Мэхээлэ, Уххан, Омук Уолун тылларыгар айыллыбыт ырыаларбынан кэнсиэртиир былааннаахпын. Киһи талар хоһоонноро кинилэргэ элбэх.
— «Дапсы» уолаттара мустан эрэллэр?
— «Этигэн Хомус» кэннэ тута мустуохтаахпыт. Лэкиэс «Көмүс күһүнүн», бэйэм «Таайбыт курдук», «Киэһээҥҥи ырыа» ырыаларбын сэргэ, Арбита айымньыларын киллэрэн биэриэм.

Мэхээс Сэмэнэп.

Байбал: "Ыллаары кэлбитим" (Kyym.Ru)

Саха -- дьикти айылҕалаах. Омуктан эрэ ураты уран тылы сыаналыыр. В.Серошевскай «Сахалар» этнографическэй чинчийэр үлэтигэр: «Уустаан-ураннаан, хоһуйан-дьүһүйэн саҥарары сатыыллар уонна таптыыллар», -- диэн бэлиэтээбитэ баар. Кырдьыга оннук.

Оттон уран тылга өссө сүрэҕи-быары ортотунан сыыйыллан киирэр матыып холбостоҕуна, букатын даҕаны өлбөт-сүппэт норуот шедеврэ айыллан тахсар. «Норуот ырыаһыта, норуот ырыата» диэн бу буоллаҕа, айар киһиэхэ билинии, ылыныы муҥур чыпчаала.

Павел Семенов – Байбал, арааһа аныгы саха эстрадатын ыраас куолаһын, саймаархай сахалыы матыыбын, уран тылын эталона диэтэххэ омнуоламмата буолуо. Кини маны хайдах ситиһэрий? Бука, киһи быһыытынан даҕаны, булгуччу, сайаҕас санаалаах, олохтоох тыллаах-өстөөх, дириҥ көрүүлээх, уостубат дьулуурдаах, ыралаах буолуохтааҕа буолуо.

Аналым – ырыа

- Байбал, ырыа-ырыа, ырыаһыт-ырыаһыт араас буолар. Ким эрэ үөрдэр-көтүтэр, ытатар-соҥотор, ким эрэ толкуйдатар, соһутар... Оттон эн хайдах ырыалары ыллыыгын, «амплуаҥ» диэххэ дуу?

- Урут наар таптал туһунан ыллыырым. Билигин сааһырыы уонна уопутуруу бэрээдэгинэн, ордук киһини толкуйдатар, күдээринэ тыаһаан баран салгыҥҥа суураллан хаалбат -- үйэлээх соҕус ырыалары айа, ыллыы сатыыбын. Ырыам киһиэхэ иҥнэр ханнык диэн, толкуйдатар ырыаһыт буоларга дьулуһабын.

- Былыр, «ырыаһыт толуктаах» буолар диэн өйдөбүл баара. Дьолун ыллаан-туойан кэбиһэр диэн.

- Ити өйдөбүлү улаханнык ылыммаппын. Оннук аһара «ыһа-тоҕо» ыллаан кэбиһиэм дии санаабаппын. Ыллыы кэлбит киһи ыллыахтаах буоллаҕа. Миэхэ атын дьон эмиэ «аналыҥ-- ырыа, онон ыллыахтааххын» диэн эппиттэрэ...

- «Атын дьон» -- экстрасенстар курдук?

- … Итэҕэйэр дьонноохпун.

Суон сурах содула…

- Сыанаҕа тахсыбытыҥ ырааттаҕа дии?

- 1994 сылтан. 1996 сыллаахха Култуура колледжын бүтэрбитим.

- Оччоттон баччаҕа диэри элбэх артыыһы, артыыс да буола сатаабыт дьону элбэҕи көрөн кэллэҕиҥ. Аатырыы-сураҕырыы киһини төһө алдьатарый? Киһи эрэ маны уйар дуо?

- Аатырыы-сураҕырыы диэн… кэлиэхтээх кэлэр. Ол ону -- Айылҕа биэрбитин, сөпкө туһаныахха наада. Сиэр кэминэн. Дьон-сэргэ билиниитин ылан баран, уһуннук ол таһымҥын тута сылдьыаххын баҕарар буоллаххына, дьону кытары дьон курдук сылдьыахтааххын. Ханнык баҕарар публиканы кытары биир тылы булан, аһара нөҥүө да, бэтэрээ да түспэккэ ортотунан сылдьыахха наада.

- Оттон аатырбыттарын уйбакка испит-аһаабыт, улаатымсыйбыт-бэрдимсийбит дьону төһө билэҕин?

- Кыра ычалаах киһи кыра да аатырыыны уйбат дии саныыбын. Мин тус бэйэм оннук дьону кытары илэ билсибэппин эрээри, баалларын билэбин.

- Оттон эн, бэйэҥ хайдах уйаҕын?

- Дьыл-хонук аастаҕын аайы, киһи, күннээҕи олоҕор аатырыы үтүө да, мөкү да дьайыытын салайа үөрэнэр. Сорохтор саҥа ыллаан иһэннэр автобуһунан сылдьыахтарын кыбысталлар. Мин массыынам суох, онон автобуһунан төһө баҕарар сылдьабын. Олох кыһаллыбаппын. Ону сорохтор сүөргүлүүллэр: «Байбал, эн, таһымҥын тутуоххун наада», -- диэн. Мин идэм -- ырыа. Ырыа – истээччитэ суох ырыа буолбат, көрөөччүтэ суох артыыс – артыыс буолбат. Дьону кытары дьон курдук сылдьыахха наада, ортотунан.

Сорох дьон куһаҕаны бэйэлэрэ «сыбаан» кэбиһэллэр. «Айыбыын! Дьэ, бу Байбал, туох ааттаах улаатымсыйдыҥ, миэхэ кэлэн ыллаабатыҥ, табаарыстаргын кытары олоро түспэтиҥ, наһаа да бэйэҕин билиммиккин!» -- эҥин диэн… Эн оннуккун көрдөрбөтөҕүҥ, санаабатаҕыҥ да үрдүнэн, оннук «майгылаан» кэбиһэллэр. Итинник «сирэй-харах анньыы» кимиэхэ баҕарар, ханна баҕарар баар.


Барыта баар этэ

- Ортотун талан сылдьарга кыһаллаҕын?

- Дьонтон наар үрдүү сатаан, дьону тэҥнээбэт, ахсарбат буола сылдьар киһи, буолаары буолан ырыаһыт, туох-ханнык кэскиллээх буолуоҕай? Бу орто дойдуга, тыыннааҕыҥ тухары дьонтон үөрэнэҕин, дьону үөрэтэҕин. Холобур буолуохтааххын, онно дьулуһуохтааххын. Билинэбин: мин олохпор барыта биир кэм эриэ-дэхси буолбатаҕа, төлөрүйүү, түһүү да, тахсыы да баара, сыыһа-халты, буруй-сэмэ да баара. Арыгыны испэтэх, табаҕы тардыбатах киһи дэммэппин. Ол гынан баран, киһи сыыйа көнүөхтээх уонна майгытын-сигилитин, олоҕун-дьаһаҕын, үлэтин-хамнаһын салайына үөрэниэхтээх. Киһи ис-иһиттэн уларыйара – уларыйыы диэн буолар. Ол саҥа таҥас кэппитэ, атын баттах үүннэрбитэ – уларыйыы буолбатах.

- Тосту көннүҥ?

- «Тосту көнөөһүн» диэн миэхэ суох буолуохтаах. Барыта сыыйа кэлэр. Биир күн уларыйан уһуктубаккын.

- Дьон төһө «билэн» эрэйдиирий?

- Ардыгар таксинан баран истэххэ, ким эмэ: «Оо, Байбал, миигин биллиҥ дуо?» -- диэн ыйытара баар буолааччы. Биһиги идэбит быһыытынан, наһаа элбэх киһини кытары алтыһан, билсэн-көрсөн ааһабыт. Билбэтэх да буоллаххына, «билбит» курдук кэпсэтэ сатыыбын. Хомотумаары, өһүргэтимээри.


«Аһыҥа, лыах буолбатахпын»

- Хаһыс кэргэҥҥиний?

- Бастакы уонна соҕотох.

- Сүгүрүйээччилэриҥ (ордук кыыс-дьахтар өттө) дьиэ кэргэн олоҕун аймыы сатыыллара буолуо?

- Оннук баар. Кэргэммин кытары 16 сыл бииргэ олордубут. Арааһы барытын ааспыппыт. Муударай, өйдөөх дьахтар ыал олоҕун үрэйбэт, харыстыыр аналлаах. Киинэҕэ көстөр курдук улахан андаҕары бэрсибэтэхпит эрээри, биир олоҕу олоруохтаахпыт диэн холбоһон ыал олоҕун тэриннэхпит. Мин кырдьаҕас ыал оҕотунабын. Аҕыс бииргэ төрөөбүттэртэн саамай кыраларабын. Аҕам 78-гар өлбүтэ, ийэм 75-э. Иитиим эмиэ уруккулуу түс-бас, аһыҥа, лыах курдук бииртэн бииргэ көтүөккэлии сылдьары утарар. Ыал буоллуҥ -- олоруохтааххын. Биһиги, ыал буолан баран, 5 сыл оҕоломмотохпут. Ол гынан баран биһиги «оҕолонуохпут» диэн син биир кэтэһэр, эрэнэр этибит. Арахса соруммуппут эбитэ буоллар, ол кэмҥэ үрүө-тараа сырсыа этибит.

- Кэргэниҥ эмиэ музыка эйгэтигэр сыһыаннаах дуо?

- Суох, медколледжы бүтэрбитэ.

- Хас оҕолооххутуй?

- Биир, Аскалон диэн уоллаахпын. 5-с кылааска үөрэнэр.

Талаан, кыах баар

- Холобур, саха көрөөччүтүгэр билиннигит, сураҕырдыгыт. Онтон салгыы хайдах буолаҕыт, ханна бараҕыт?

- Салгыы барыахха наада. Онно бэйэм бүөм санаалаахпын, көрүүлээхпин. Сибилиҥҥиттэн хамсанан, дьаһанан эрэбин. Арассыыйаттан тирэҕирэн, онно кыаҕыран баран, омук сиригэр тахсыахха наада. Бастаан баайдык, кыахтаахтык олорор дьоҥҥо көстүөххэ-биллиэххэ наада...

- …Үп-харчы быһаарар?

- Үп-харчы быһаарар бөҕө буоллаҕа. Мин правительствоттан үбүлэтэр кыаҕым, билсиим суох. 45-50 сааспар диэри омук сиригэр тахсар суолбун солонуохпун наада. «Маннык ырыаһыт баарбын, мин сахабын, сахалар маннык ырыалаахтар-тойуктаахтар» диэн биллэрэр гына. Саатар.

- Талаан, кыах баар.

- Баар. Кирилиэс олуга баар, ол олукка чиҥник, тирэхтээхтик үктэниэхпин наада. Онно, биллэн турар, суос-соҕотоҕун тарапачыспаппын, дьиэ кэргэним, чугас доҕотторум көмөлөрүнэн, өйөбүллэринэн тахсар санаалаахпын. Эппит-саҥарбыт курдук судургу буолуо суоҕа. Ону өйдүүбүн. Элбэхтик үлэлиэххэ, сыраны-сылбаны барыахха, күүһү-күдэҕи ууруохха уонна олус баҕарыахха, талаһыахха наада…

- Харчы онно да, манна да суолтата улахан. Улахан талаана, дьоҕура да суох дьон «сулус» буолан хаалаллар.

- Дьиҥэтэ оннук. Харчы кыайара элбэх. Ол гынан баран, наар харчынан ыһан-тоҕон, көрөөччүнү өрүү сүүйэ турар ньиэптээх магнат биһиэхэ суох. Чэ, биирдэ-иккитэ кэнсиэртиэхтэрэ, онтон?


Кыһалҕанан кыһарыйан көөчүктээһин

- Оттон кэнсиэртэргэ бриллиант, массыына, квартира оонньотору туох дии саныыгын? Көөчүгэ суох дьон кэлиэ суоҕа диэн куттаналлар дуо?

- Шоу көрүҥэ буоллаҕа. Спонсордара уйунар кыахтаах буоллахтарына оҥордуннар ээ. Ол гынан баран, итиннэ биир куттал баар, дьону үөрэтэн кэбиһэллэр. Аныгыс сырыыга ити статустарыттан түһүө суохтарын наада. «Хайа, бу сырыыга тоҕо оонньоппото?» -- диэн буолуо эбээт.

- Оттон эн, тугу оонньотоҕун?

- Мин тугу да оонньоппоппун. Ол гынан баран, ити лотереялаах кэнсиэри тэрийэри мин саҕалаабытым. Дьон кэлиэ суоҕа диэн буолбатах, көрөөччүгэ бэлэх диэн санааттан тэрийбиппит. Убайым кэриэтэ саныыр киһим – Алексей Павлов («Киэргэ» тэрилтэ салайааччыта) көмүһүнэн көмөлөһүөм лотереята оҥор диэн эппитин ылынан, киэргэллэри оонньоппуппут.

- Квартираны оонньотуу аһара буолбатах дуо? Суоҕунан кыһарыйар?

- Чэ, ону билбэтим. Мин бэйэм квартираланаары кэнсиэртии сатыыр буоллаҕым (күлэр).

- Квартираҥ суох дуо?!

- Баар даҕаны, мас.

- Оччотугар, санаан көрдөххө, артыыстар үчүгэй харчыны сольнай кэнсиэртэн сольнай кэнсиэркэ эрэ диэри өлөрөр эбиттэр, ээ?

- Оннук курдук. Уонна гастроллаан харчы киллэринэҕин.

- Нэһилиэккэ кэнсиэртиир билиэтиҥ сыаната улаханнык «дайбаабата» буолуо?

- Биллэн турар. Уматыгыҥ сыаната, ырааҕа, хонугуҥ, аһыҥ… аны бу дьаҥ туран, улуус улууһунан карантиҥҥа бардылар. Биир да артыыһы чугаһаппаттар. «Умайаҕын» даҕаны. Өссө атын артыыстар «кассовайдар» диэн биһиэхэ ымсыыраллар. Бардахпытына толору кулуубу мунньабыт. Биллибэт-көстүбэт ырыаһыттар элбэхтэр. Айаннаан-айаннаан тиийбиттэрин кэннэ дьон кэлбэт.

- Эһигитини кытары гастролга барса сатыыр дьон элбэх буолуо? Хайдах сүүмэрдиигит?

- Бастаан рейтинин көрөбүт, онтон киһи быһыытынан хайдаҕын. Уһун-киэҥ айаҥҥа дьону кытары тапсар киһи сылдьар.

- Оттон бэйэҥ төһө хаппырыыс артыыскын?

- Мин үөрэнэн хааллаҕым дии, тугу хаппырыыстыы сылдьыамый? Сылын аайы Аркадий Алексеев тэрийэн, Бүлүү улуустарынан Лэгэнтэй, Олимпия буолан гастроллаан кэлэбит.

- Олимпия…

- Олус чаҕылхай личность. Артыыс быһыытынан ураты суоллаах-иистээх. Соһуччу, атын.

Учууталлар

- Уххан, Тумус Мэхээлэ сүбэлииллэр-амалыыллар диэбитиҥ. Убайдар ыарахан баҕайы дьон буолбатахтар дуо? Эппиттэрин толотторон баран тэйэллэрэ буолуо?

- Ылынабын, сөбүлэһэбин диир буоллаххына, эйиэхэ наадалаах буоллаҕына, ирдииллэрин толоруохтаах да буоллаҕыҥ. Ырыаһыт буоларбар, чуолаан, Тумус Мэхээлэ өҥөтө олус улахан. Урут, көннөрү попсаны ыллыы сырыттаҕым. Ону: «Тукаам, бу кырдьыаххар диэри «таптыыбын ээйигиин» дии сылдьыаҥ дуо?», -- диэн, айлыҕаҕар олоро сылдьары – дэгэрэҥи ыллаа диэн, онно үөрэппитэ. Миэхэ итинник сүбэлиир-амалыыр дьон олус наадалар.

Георгий Сергучев элбэҕи биэрбитэ. Ирдэбиллээх, грамотнай, олус тактичнай киһи. Бу дьон миэхэ сайдарбар, үүнэрбэр тирэх ууран биэрбиттэрэ.

- Дэгэрэҥи киһи эрэ барыта ыллыан сөп дуо?

- Ыллыан сөп. Айылҕатыгар баар буоллаҕына түргэнник ылынар. Холобур, Бурнашов Толик, Очиров Виталий, Саарын түргэн баҕайытык ыллаан бардылар. Саарын куолаһа дэгэрэҥҥэ өссө арыый да атын. Кини дьиэрэтэн, норуот ырыатын ыллыыра ордук табыллар. Толик – универсальнай ырыаһыт. Ханнык баҕарар ырыаны табан толорор.

Эстрада «династиялара»

- Бүлүүлэртэн элбэх ырыаһыт таҕыста. Тоҕо? «Түүлээх илии» оруола улахан дуу, эбэтэр…

- Тыымпыттан диэ… Онно ырыаһыттар тахсар усулуобуйалара урут-уруккуттан оҥоһуллан турар. Билигин да ыллыыр дьоҕурдаах оҕолор элбэхтэр, сотору биллиэхтэрэ.

- «Павел Семенов» бөҕөтө?

- Бэйэҕэ баары, сүрэххэр-быаргар сөҥө сылдьары, бэйэ куолаһынан уратытык таһаарар ыарахан. Ону, бастаан, кими эрэ үтүктэн таһаараллара бааламмат. Ол ааһыаҕа. Васек Еремеев сыыйа уларыйбытын курдук уларыйыахтара. Бэйэлэрин суолларын тобулуохтара.

-…Эн, балтыгын Сайсары Куону таһаараҕын, Сергучевтар кыыстарын, Дьөгүөрэптэр уолларын… Хайдах эрэ аймахтаһыы, династиялаһыы барар буолбатах дуо?

- Оннук баар. Тахсыахтаах дьоннор тахсаллар буоллаҕа.

- Оччотугар атын улуус киһитэ, уруута-аймаҕа суох киһи «аймахтыы артыыстар» быыстарыгар быыһылаан киирэрэ…

- Киирдиннэр ээ, ким да боппот, мэһэйдээбэт.

- Убайдара, аҕалара дьүүллүүр сүбэҕэ олороллор, кыргыттара сыанаҕа тураллар)…

- Алексей Егоров «Этигэн хомуска» дьүүллүү олорор кэмигэр Өркөн хаһан да кыайбатаҕа.

- Чэ, сөп. Талааннаах дьон барытыгар талааннаахтар. Холобур, Өркөн ыллыыр, театрга артыыстыыр, киинэҕэ уһуллар. Аскалон рок-бөлөх тэрийэр, ыллыыр, биэчэрдэри ыытар... Хас да дьарыктаахтар. Оттон эн, атын туох дьарыктааххыный?

- Тутулуга суох бизнес – «АМВЕЙ» сеть тутабын. Кэргэним үлэлээбэт, дьиэҕэ олорор, онон дьарыктанар. Дьиэ кэргэммит бизнеһэ -- ол.

- Уолуҥ Аскалон кэнсиэркэр кыттар?

- Аскалон, Герман уонна Клавдия Хатылаевтар салайар, «Тэтим» бөлөхтөрүгэр дьарыктанар. Былырыын Японияҕа баран барабаан охсор тэтимҥэ үөрэнэн кэлбиттэрэ. Дьарыгын олус сөбүлүүр. Кэнсиэрпэр үһүө буолан – Проня Хоютанов, Саша Максимов буолан кыттаары сылдьаллар.

Байбал уонна Арбита

- Бу, кулун тутар 7-8 күннэригэр кэнсиэртээри тэринэ сылдьаҕын...

- Санаабар -- улахан бырайыак толкуйдуу сылдьабын. Иван Арбита хоһоонноругар суруллубут ырыаларбын иһитиннэриэм. Арбита бэйэтин кэмигэр биллибэккэ-көстүбэккэ хаалбыт поэт. Мин кини хоһоонугар бастакы ырыам -- «Оһуордаах ыйдаҥа» диэн, балайда дьон-сэргэ билэр ырыата баар.

- Режиссеруҥ кимий?

- Руслан Тараховскай.

- Тоҕо кинини таллыҥ?

- Режиссердарбыт даҕаны элбэҕэ суохтар. Арбитаны Карл Сергучев… Сергей Потапов туруоруохтара эбитэ буолуо. Ол гынан баран, эдэр, үлэлиэн баҕарар киһини тургутан көрөөрү, баҕар кыайдаҕына, сатаатаҕына кэлин бэйэм режиссерум буолуо диэн, бүөм санаалаах – Руслан Тараховскайы ыллым. Көрүөхпүт.

- «Сольнай кэнсиэр» диэн ааттыыллар да, туох да быыһа суох атын дьон буолар. Эйиэхэ?

- Оттон итинник буолла... Көрөөччүлэр, бэл, «хайаларын кэнсиэрэ этэй?» диэн мунан хаалбыт түбэлтэлэрин истэбин. Былырыын «сольнайдартан» Бүөккэ Бөтүрүөп, Лэгэнтэй, Олимпия кэнсиэртэрэ олус табыллыбыттара. Бүөккэ гиэнэ, саастаах киһи буолан, барыта орун-оннугар, дьоһуннаахтык, лоп-бааччы барбыта. Сергей Потапов туруорбута. Лэгэнтэй, тыыннаах музыканы дьон ахтыбыта буолуо диэн, «Ый суолун» доҕуһуоллатан ыллаабыта, аһара бэрт этэ. Олимпия, шоу-көстүү өттүнэн, кыайа-хото туппута.

Мин, Олимпия курдук, хоруоптан тахсар кыаҕым суох («кыах» диэн буолуо дуо, баҕа суох) – итини дьон киниттэн ирдиир, ол иһин оннук оҥорор. Сольнай кэнсиэрт – биир киһи кэнсиэрэ. Мин айымньыбын дьон истэ-көрө кэлиэхтээх. Мин тугу туойбуппун, ыллаабыппын иһиттиннэр-биллиннэр ээ.

- Поэт тылынан киэһэҕин ааттаатыҥ: «Сүрэхпэр ТЫЫН туолар, ырыабар ТЫЛ туолар».

- Бу киэһэм, биир өттүнэн сүрүн соруга диэн – эдэр, саҕалаан эрэр ырыаһыттарга тыл суолтатын көрдөрүү буолар. Үчүгэй, үйэлээх ырыаны күдээринэ «ля-ляя» тылынан айбаккын, дьиҥнээх уус, уран тыл сүмэтэ-сүөгэйэ эрэ этилиннэҕинэ, иҥтэҕинэ тахсар диэн көрдөрөөрү гынабын. Киһи (чэ, баҕар Аскалон, Лэгэнтэй айдыннар) эргиччи талааннаах хоһоонньут ону сэргэ дэгиттэр матыып айааччы буолара бэрт сэдэх. Мин бэйэм хоһооннорбор айбыт ырыаларым бааллар. Табыллыбыттар да бааллар. Ол гынан баран, өрүү барытын бэйэбиттэн эрэ таһаарарбар «ис библиотекам» тиийбэт. Ол иһин поэттар диэннэр бааллар. Кинилэр айымньыларын ылыҥ, көрүҥ, туһаныҥ, бэйэҕит поэккытын (бу мин Арбитаны булбутум курдук) булуҥ диэн эдэрдэргэ этиэхпин баҕарабын.

- Хоһоону поэттартан ыллыҥ, буллуҥ. Оттон матыыбы айыы эйиэхэ хайдаҕый? Музыканнар «иэйдэхпитинэ эрэ тахсар» диэн этэллэр. Оттон ол иэйиим арай сылга биирдэ-иккитэ киирэр буоллун? Тугу аһыыбын?

- Кэм-кэрдии аастаҕын аайы идэтийии кэлэр буоллаҕа. Иэйии киирэриттэн-киирбэтиттэн тутулуга суох үлэлиэхтээххин.

- Кэнсиэр кэнниттэн төһө сылайаҕын?

- Урут сылайабын диир этим. Сорохтор кэнсиэртээн баран 1-2 күн сытан тураллар. Оттон мин төттөрү күүһүм-уоҕум киирбит курдук 2-3 күн баҕас «тыгыалыы» сылдьабын.

- Хас нүөмэр баар буолар?

- Уопсайа 28-29. Онтон 20-тэ миэнэ.

- Ол аата икки күҥҥэ хаста ыллыыгын?

- 80-а ыллыыбын. «Дапсы» уолаттарым доҕуһуоллуохтара. Кэнсиэр түмүгэр, «минньитэн», урут «Дапсыга» ыллыы сылдьыбыт ырыаларбытын ыллыахпыт.

- Ырыалрыҥ аранжировкатын ким оҥороруй?

- Лэкиэс кыайар.

- Кэнсиэриҥ иннинэ төһө долгуйаҕын?

- Тирээн кэллэҕинэ долгуйуом. Билигин тэрээһинигэр сылдьабын, онон санаам атыҥҥа сылдьар. Саамай сыалым-соругум диэн, дьон билиэт ылбытыттан, көрө кэлбититтэн кэмсиммэтин курдук кэнсиэрпин биэриэхтээхпин. Хас да киһи буоллун, көрөөччүм дуоһуйан төннүөхтээх.
Туйаара Нутчина


Category: Ырыа-тойук | Views: 3531 | Added by: uhhan2
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  Олунньу 2011  »
БнОпСэЧпБтСбБс
 123456
78910111213
14151617181920
21222324252627
28
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 15
Ыалдьыттар (гостей): 15
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024